ЫТЫЛҔАН

Күһүҥҥү буор самыыр хаһан даҕаны бүтүө суохтуу биир кэмник ибирдээн, тыынар-тыыннааҕы, бэл, хамсаабакка дьиппинийэн турар оту-маһы сылаппыт курдук. Туох барыта иһийэн, курус санааҕа ыга баттаппыттыы ньимийбит. Самыыр ардыгар сэллээн ыллаҕына тымныы тыал сабыта биэрэн, сиигирэн ыараабыт, саһарбыт хатыҥ сэбирдэхтэрин турута тыытан тэлимнэтэн иһэн, кыайбакка сиргэ түһэртиир, окко-маска сыбаан, күһүҥҥү курус оһуорун саҕалыыр.

Ол аайы хатыҥ барахсан сэбирдэхтэрин аһыйбыттыы куоҕаҥнаан ылбахтыыр…       

Айылҕа барахсан кылабыыһаттан ыар санаа баттыктаах тахсыбыт дьон атаҕын суолун арчылыырдыы ардаҕынан суурайан, тыалынан сипсийэн, мэлдьэһэн кэбистэ. «Барахсан… суолун сабынна. Бүтэһик суолга атаарбыт дьон, кытыан буруотунан ыраастанан, ардаҕынан суолларын сууйтаран, санаалара арыый бэттэх кэлиэ…» — диэн ботугураат, Миитээ өссө биирдэ ыраатан эрэр дьону көрөн турбахтыы түһээт, ойуур иһин диэки аа-дьуо хаама турда.

Миитээ бу нэһилиэккэ ананан кэлиэҕиттэн ханна даҕаны харыс хамсаабакка үлэлии олорор. Дьолун манна көрсөн, ыал буолан оҕолонон, уруу-аймах тардыспыта. Үчүгэйдик олордоххо сыл-хонук түргэнэ сүрдээх, бэлиэр чанчыктара кырыаран, орто омурҕанын аһара түһэн, түспэтийэн эрэр. «Киһи кэбирэҕин. Аҕыйах хонуктааҕыта сүүрэ-көтө, күлэ-үөрэ, инники олоҕун былаанныы сылдьыбыта баара. Аҕыйах күн иһигэр орон-тэллэх киһитэ буолаат, бырамаҥҥа бараахтаатаҕа… Дьонугар төһө эрэ ыарахан…». Миитээ санаатын ситимин быһан, бочугурас оҕолоро көтөн тирилэстилэр. Тэйиччи соҕус ийэ бочугурас оҕолорун ыҥыртаан, үһүүрэрэ иһилиннэ. Миитээ тохтоон, ханна олороллорун көрөөрү өҥөҥнөөтө. «Бээрэ… оттон мин, биһиги хайдах буолабыт? Күһүҥҥү кус саҕаланна. Быйыл күһүн куска, балыкка, туйахтаах даҕаны кыылларга сылдьаары, уоппускабын анаан ылбытым дии… Уолаттарым субу күннэргэ кэлиэхтээхтэр. Аҕыйах хонуктааҕыта эрийэн, «Барыта арыыны быспыт курдук үчүгэй , толору бэлэммит» диэбиттэрэ. Үөрүүлэрэ сүрдээх этэ. Хайдах буолабын? Сиэр-туом быһыытынан, 40 хонук устата бултуо суохтаахпын», — Миитээ хортууһун өрө анньынан, сиртэн мутук ылан быычыгырыыр саҥа диэки бырахпытыгар, адьас аттыттан, кирийбит бочугурас оҕото көтөн тилигирээбитигэр соһуйан, өттүгүн охсунна. Устунан табаҕын көрдөөн сиэптэрин таптаммахтаан, туппахтаан көрө- көрө ыллык устун хаама турда…

Миитээ санаата ытыллыан ытыллар. Сиргэ- уокка, булка сылдьыбатаҕа сыл буолла. Ааспыт күһүн, субу саалана бараары сырыттаҕына, олус ытыктыыр, эбээлэрин тэҥэ эмээхсин өлбүтэ. Миитээ бэйэтэ сүүрэн-көтөн, тэрийсэн кистэспитэ. Сиэри-туому тутуһан, 40 хонук устата булка, балыкка, бэл ыҥырыылаах бырааһынньыктарга сылдьыбатаҕа. Уоппуската дьиэ ис-тас үлэтинэн, кинигэ ааҕыытынан сыр-мыр бүппүтэ. «Чэ, бээ, сааскы кус буоллун», — диэн хаһааммыта да, үлэтигэр баттатан, онно эбии аһааҕыран, эмиэ маппыта. Ол иһин быйыл күһүн, төрүт эрдэттэн бэлэмнэнэн, этэргэ дылы «ох курдук оҥостон, кустук курдук куоһанан» сылдьара. Кэргэнэ Маайыс даҕаны: «Сынньан, айылҕаҕын, доҕотторгун кытта алтыс. Бултаабакка, сиргэ-уокка сылдьыбакка, дууһаҥ муунтуйар, ол иһин ыалдьаҕын», — диэн өрүү этэр.

…Миитээ бу оһон эрэр ыллык омооно, төһө даҕаны атын-атын элбэх ыллыктарга арахсан, үк- сүлэрэ симэлийдэр, сүрүнэ ханна тиэрдиэхтээҕин бэркэ билэр. Бастаан кэллэҕин утаа, ыкса күһүн, таһынааҕы ыаллара Ылдьаа оҕонньордоох сүтэн хаалбыт сүөһүлэрин көрдөспүтэ. Ол сылдьан, бу ыллыгы үлүбээй батыһан, ойуур иһигэр баар ырааһыйаҕа тиийбитэ уонна олус диэн сөхпүтэ. Лиҥкинэс тииттэринэн иилии эргийэн үүммүт, төп-төгүрүк ырааһыйаҕа үс салаалаах баараҕай бэс үүнэн турара. Чээлэй күөҕүнэн, күһүҥҥү курус өҥү тэйитэн, сандаарарга дылыта. Дьиҥэр, бу эргин, бэс олох үүммэт дойдута. Хайа көтөр бэс сиэмэтин тумсугар ытыран иһэн ыһыктыбыта, биитэр дойду ахтылҕаннаах киһи олордубута дуу… Ким да билбэт. Бөх-сыыс мустубатаҕыттан сылыктаатахха, бэскэ билэр эрэ дьон сылдьар быһыылааҕа. Миитээ ол күнтэн ылата санаата муунтуйдаҕына, сылаарҕаатаҕына манна кэлэн, бэскэ көхсүнэн өйөнөн, олоро түстэҕинэ чэп- чииргэ, күүһүгэр күүс эбиллибиккэ дылы буолара. Бүгүн, хаһааҥҥытааҕар даҕаны, бэһигэр сыс- тыан, ибиирэр ардах аннынан чуумпуну иһиллээн олоро түһүөн баҕаран, бу иһэр.

«Сиэри-туому учүгэйдик билбэт буолан, муунтуйан эрдэхпин. Чахчыта хайдах эбитэ буолла… Былыр, аас-туор, аччык кэмҥэ хайдах дьаһанан олороохтообуттарай? Бука, кистээт даҕаны, хара тыаларыгар, күөх далайдарыгар баран эрдэхтэрэ. Инньэ гымматахтарына, 40 хонук устата суох иэдэйэллэр буоллаҕа… Биитэр туох гыһы, сиэри-туому оҥорон баран, сыл дуу… Оттон билигин, чыычаах үүтэ кытта баар  кэмигэр, бултаабакка даҕаны сылдьыахха эрээри, эр дьон айылгыбытынан айылҕаҕа алтыспатахпытына, сокуонунан көрүллэр кылгас болдьоххо саа тутан хаампатахпытына, илим үтэн, ууну булкуйбатахпытына, биллибэтинэн туох эрэ мунньуллар, баттыыр. Үчүгэйи көрөн да туран манньыйбатахха, тула өттүҥ биир өҥнөнөн  өлбөөдүйэргэ дылы. Оттон сыл-хонук, олох устан иһэр ээ. Онто даҕаны суох, чугас эргин бултуур сир барыта хаһаайыннанан, харчыта, тиэхинньикэтэ суох киһи бултуура, айылҕаҕа тахсара да  аҕыйаата. Дьэ уонна өбүгэбит үгэстэрин хайдах сөргүтэбит…

Арай, уолаттарбар этимиим, туох даҕаны буолбатаҕын курдук барсан бултаһыым. Аныгы дьон буоллахпыт… Оо, ол эрээри Байанай  бэрсибэтэҕинэ, суолга-иискэ моһуогуран эрэйдэннэхпитинэ, бэйэм, санаа баттыга оҥостон иэдэйэр буоллаҕым. Хайа уонна хаһан эрэ, өлбүттээххэ сылдьыбытым туһунан истиэхтэрэ турдаҕа», — диэн Миитээ, ыллык суол икки салаа буолан арахсар сиригэр тиийэн, хайа диэки билбэтэхтии, тохтуу тустэ. «Хата, Дьууруй оҕонньорго бара сылдьыбыт киһи дуу… Дьон кэпсииринэн илбийэр, алгыыр сурахтааҕа, баҕар тугу эмэ сүбэлээрэй, аны ыраастаан турар дуу…» Миитээ  ити санаатыттан чэпчээбиккэ дылы буолла. Эмиэ сиэптэрин  таптаммахтаат, тэпсэҥнии түһээт, бөһүөлэгин диэки туһаайар ыллыгы тутуһан, түргэн хаамыынан түһэ турда…

Сайынын улахан ардаҕа суох бу дойду куурбута сүрдээх. Онно эбии айылҕа барахсан, сарт кутурук кэмигэр үктэнэн, айылҕалыын алтыһыах курдук. Уолаттар, кустуур күөллэрин аймаамаары, алаастарын атын өттүттэн эргийэн, ойуур иһигэр тохтоотулар. Ботугураһан кэпсэтэ, малларын-салларын сүөкээн, балаакка тартылар, сиргэ илдьэ сылдьарга аналлаах хомуллар остуолу, олоппостору туруордулар. Миитээ кулуһун оттор сир кырсын тиэрэн, тулатын ыраастаан, бэлэм тимир оллоону туруора оҕуста. Мутук хомуйан, кыра кутаа отунна.

— Оллоон бэлэм. Ньукулай, уоккун аһат эрэ… Мин төһө даҕаны ыраастаммытым иһин, аһата иликкитинэ аһатар, саа тыаһыы илигинэ тыаһатар көҥүлэ суох курдукпун… Санааҕытыгар тутумаҥ, барыта үчүгэй буолуо. Дьууруй кырдьаҕас ыраастаабыта…Киэһэ тахсан баран, үчүгэйдик кутаа оттон буһарынар инибит? Тиэрмэстэн уонна бэлэм ыһыктан хабыалыы түһүөҕүҥ. Кус көтүүтэ биирдэ киирэн аймаан, көтүтэн ытыахпыт.

— Һуу, бу үчүгэйин, чуумпутун. Куорат быылыттан, тыаһыттан-ууһуттан, күйгүөрүттэн аҕыйах күн сынньаннахпыт,-Ньукулай диэн ааттанар бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, эдэрчи киһи ойуур быыһынан күөлү кыҥастаста. — Хата диэ, аһатан бөҕө буоллаҕа. Кус көҥүллэммитэ ыраатта эрээри, Эбэбитигэр тыаһыы иликтэр быһыылаах, суол-иис соччо суох курдук дии,- Ньукулай, үрүксээгиттэн өйүөтүн хостоон, остуолга уурталаата. – Уруккум буолбатах, сири-уоту аһатарга анаан, туспа аһылыктаахпын, — суулааҕы кыра иһиттээх кымыһы туппутунан кутаа таһыгар тиийэн тобуктаан  олорон саҥарда, уотугар ас кээстэ,  кымыһыттан ыспахтаата. Сиэри-туому толорбут киһи быһыытынан боччумуран, көхсүн этиттэн, олорбохтуу түстэ…

— Дыгаар, бирэмэ баар дии, хайдах ыраастаммыккын кэпсээ эрэ, — хотуттан төрүттээх, кыра соҕус уҥуохтаах эрээри биир «мөчөкө»  көрүҥнээх  Туола тиэрмэстэн чэй куттан, олоппос аҕаланынан, остуол таһыгар олоҕун булунна. Ити «Дыгаар» диэн тылы Туола санаата кэллэҕинэ, улаханнык астыннаҕына туттар. Оттон сөбүлээбэтэҕинэ, ыксаатаҕына «Дыа» диэт, онто да суох баара-суоҕа биллибэт моонньун санныгар киллэрэн, туох даҕаны туура тардыа суох курдук, чөҥөчөҕөр кубулуйар. — Биһиги даҕаны күн сиригэр баарбыт тухары арааска түбэһиэхпиттурдаҕа. Баҕар, үөрэх гыныахпыт…

  • Кырдьык даҕаны. Чэ, уолааттар, эһэкээммит аһаата, аны бэйэбит үссэниэххэйиҥ. Ити Туола сөпкө эттэ ээ. Биир бэйэм сиэри-туому үчүгэйдик билбэппин. Миэхэ итинник туһаайбыта буоллар, эппиттэрин курдук 40 хонук «өлөн» баран сылдьыам этэ, бука. Бэл, баттахпыт маҥхайыар диэри, сири-дойдуну, уоту аһатар сиэри-туому үчүгэйдик билбэппит. Олус куоратымсыйаммыт, иллэҥэ суох аатыран, билэ-көрө сатаабаппыт. Дьэ уонна оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа хайдах иитэбит? — Ньукулай остуолга уурталаабыт астарын бэрийэр.

Ээ, абааһытын, бу да дьон, — Миитээ ойон туран иһэн, төттөрү олоро түстэ. — Ол эрээри, чахчыта даҕаны, санаа-оноо муунтуйуута ханна барыай? Сатахха, бултуом диэн, уоппускабын ылбытым. Инникини тымтыктанан көрбүт суох. Ыарахан күннэригэр дьону өйөөбөтөххө, хайдах сылдьыаҥый? Айылҕабар тахсыбат, бултаабат буоллум диэн, утуйбат да буола сырыттым ээ. Сиэр-туом, алгыс — барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах эбит. Дьэ, истиҥ даҕаны.

Дьууруй оҕонньор арыгыны амсайарын билэрим. Онон, баран иһэммин, маҕаһыыҥҥа таа- рыйан, биир иһит буокка ыллым. Киһим бөһүөлэк түгэҕэр олорор. Ардахха илийэн, бадараан бөҕөтүн үнтү кэһэн, дьиэтигэр тиийдим. Хата, киһим баар эбит. Сиик таттараары оһоҕун оттубут, сып- сылаас. Тоҕо эбитэ буолла, өлбүттээхтэргэ барбатах. Бука ардахтан, бадараантан салыннаҕа. Дьиҥэр, айах атан, иэйэ-куойа кэпсэппэтэх киһим. Биир бөһүөлэккэ олорор буоллахпыт, бэ- йэ-бэйэбитин истиһэн билсэбит. Миигин үөрэ көрүстэ. Чэй оргутар, ас тардар түбүгэр түстэ. Ол сылдьан, сиэр быһыытынан, ону-маны ыйыталаһар, кэпсиир. Остуолга ыҥырбытыгар, сиэп- питтэн буоккабын хостоон ылан, остуолга уурдум.

— Ок-сиэ! Миэхэ илии тутуурдаах, кэһиилээх кэлбэтэхтэрэ ыраатта, — диэт, ыскааптан үрүүмкэлэри аҕалан уурталаата. Буокканы аһа охсон, биир үрүүмкэҕэ быһаҕас соҕус кутан баран, ыйар тарбаҕын уган ыла-ыла, дьиэтин түөрт муннугун тыгыалаата. Онтон ордугун оһоҕун аанын аһан, уотун көрөн олорбохтуу түһээт, иккитэ төхтүрүйэн ыспахтаата. — Дьиэм иччитэ сэргэхсийдэ, ыл эрэ, олоппоскун туппутунан, бу оһох айаҕын иннигэр кэлэн олор. Мээнэ кэлбэтэххин билэн турабын, — диэт, хоһугар киирэн, үс салаалаах мутукка кыл бааллыбыт, кыра хоболордоох тэрили тутан таҕыста. Оһох суоһа сүрдээх, тиритэн бардым. — Дьэ, бу үчүгэй. Кир-хох, санаа-оноо көлөһүҥҥүн кытта тахсар.

Төбөм үрдүнэн хоболорун хобугунатан иһэн, тохтуу түстэ, сылаас баҕайы ытыһынан имэрий- бэхтээтэ: «Төбөҥ тымырдара кыараабыт, итини кыайабыт», — диэт, күүстээх тарбахтарынан ыгы- та баттыалаата, аа-дьуо имэрийдэ. Онтон эмиэ хоболоох маһынан төбөм оройун илбийдэ. Са- наабар эбитэ дуу, тымныы салгын төбөм оройунан киирэн, дьигиһитэ сыспыта. Төбөбүттэн атын эттээхпин-сииннээхпин билбэт курдук турукка киирдим. Илиибин, атахтарбын хамсатыахпын, кыайбат курдукпун, куттанным да быһыылааҕа. Симэн олорор харахпар, биир кэм, кыһыл, үрүҥ төгүрүктэр элэҥнииллэр. Ыраах баҕайыттан киһи саҥата сүтэ-сүтэ иһиллэр.

— Киһи санаа кулута, барыта бэйэҕиттэн тутулуктаах. Ол иһигэр сиэр-туом. Айылҕа кыыла- сүөлэ, балыга киһи өлүгүн сытыттан кэхтэр. Ордук, киэҥ нэлэмэн күөллэр билэллэр. Бэйэлэрин харыстанан, чохутун-баҕатын, мундутун-соботун дириҥ далайга тимирдэр. Хоммот уулаах сүү- рүктээх уулар сайҕана туралларынан туспалар. Ол эрээри сыты-сымары ханна эрэ мунньан, оһол-моһол, өлүү-сүтүү аанын аһыахтарын сөп. Ол иһин өлбүттээххэ сылдьыбыттар 40 хонук устата балыкка сылдьыа суохтаахтар. Айылҕаттан айдарыылаахтар иҥмит сыты-сымары кыра бултан сайгыыллар эрээри, балыкка сылдьыбатах көнө. Уһугун, — диэбитигэр харахпын астым. Арай олох чэпчээн хаалбыппын…

Дьууруй дьиэтиттэн тахсарбар, ыраастаммыппын итэҕэйбитим. Дууһалыын чэпчээбиккэ дылы буолбут этим. Дьэ итинник. Хайа, уолаттар, киирэр кэммит чугаһаабыт дии, аһыы охсон хомунуоххайыҥ, — Миитээ тиэрмэстэн кутуллубут итии чэйи сойутаары үрэ-үрэ иһэн бурулатта.

* * *

Кустуур сирдэрэ бөһүөлэктэн ыраах, суола- ииһэ мөлтөх буолан, дьон мээнэ тиийбэт сирэ. Дьиҥэр, Миитээлээх даҕаны бөһүөлэктэн чугас кустуохтарын сөбө. Кус баар аҕай. Ирээттэрин хайа баҕарар өлөрүө этилэр. Ону баара, табаарыстара сылаас дьиэҕэ утуйалларын, бэлэм аһы аһыы-аһыы кустуулларын сөбүлээбэттэр. Кинилэри тыаһа-ууһа суох, дьон тэпсибэтэх, бэйэ күүһүгэр, доҕотторгор эрэнэр, саҥаттан саҥа сирдэр угуйаллар. Өссө: «Өйүөтэ-таймата суох, айылҕа тугу биэрэринэн аһаан-сиэн сылдьыахха баара»,- диэн тыллаахтар. Хаһан эрэ саалаах эрэ кустуу баран соһуталлара буолуо диэн Миитээ күлэ саныыр.

Күөллэрэ ыраас уутугар диэри хорсоох саппыкы тургуйарынан кэстэрэр. Киһи атаҕар сөрүөстүбэт, сөбүгэр уһун оттоох, быыһыгар чөҥөрөк-чөҥөрөк ыраас уулардаах. Уруккута ходуһа онно буолан, дулҕата суох, үктэлэ үчүгэй. Кус таптаан төрүүр- үөскүүр, күһүн хойукка диэри аһыыр күөлэ.

Миитээ уолаттара миэстэлэрин булалларын күүтэ түһэн баран, аа-дьуо оттоох ууну күллүргэччи кэһэн, иһирдьэ киирэн истэ. Ол аайы чөҥөрөх уулартан чыркымайдар өрө сарыкынаһан турат- таатылар. Хаста даҕаны кыҥаталаан баран, уолаттара тыаһыылларын кэтэстэ. Күөрэппит куһун ыраас ууга түһэрэр санаалаах, күөл кытыытыгар ыкса киирэн, хойуу хомус быыһыгар турда. Ытарга бэлэмнэнэн, уһун хомус оттору сыҥааҕар тиийэ үрдүгүнэн булгурута тутаттаан, хахха оҥоһунна. Чохчоҥноон, саатын ытардыы өрүтэ көтөҕөлөөн, туох да мэһэйдээбэтин билэн, астынан көхсүн этиттэ. Миэстэтин булуммут, үлэтин бүтэрбит киһи быһыытынан, уоскуйан табахтаан сыыйда. Өр- өтөр буолбата, уҥуор саа тыаһа өрө хабыллаатын кытта, иһийэн турбут күөл иһэ, саалар тыас- тарынан, кус саҥатынан, кынатын тыаһынан туо- ла түстэ. Миитээ, бастаан утаа, кус элбэҕиттэн алааран хаалла. Хаста даҕаны саатын өрө көтөҕөн баран, ырааҕырҕатан, сыалыгар киллэрбэккэ тула холоруктанна. Ол туран, көрө түспүтэ, хаас саҕа биир көҕөн намыһах баҕайынан налбыҥнаан, уун-утары анньан иһэр ахан эбит. Киирэн эрэр күн сарыалыгар мөтөгөр түөһүн түүлэрэ, кынатын ис өттүн маҥаныгар өссө чуолкайданан, көмүстүү саһарымтыйан, сандааран ыларга дылы. Миитээ тыынын кылгатан, харахтарын араарбакка, саатын ыга тутан, хомуһун кэннигэр бөкчөйдө. «Оо, Эбэм…», — диэн ботугураат, көнө түһэн, сыалыгар барыгылдьытаат, ытан бытарытта. Көҕөнө төбөтүн оройун үрдүгэр баар буола оҕуста. Миитээ кэдэрийээт, өссө икки төгүл чыыбыһын тардыалаата. Көҕөн модун таһаата хамсаан көрбөтө, дьөрү хайысхатын уларыппакка, ааһа турда. Арай кус көмүс түүлэрэ бытааннык намылыстылар. Миитээ кэдэрийбит уоҕар тэмтээкэйдээн ылла, эргиллэ охсон, кэнниттэн кыҥаан иһэн, бэркиһээн саатын санньытта. «Бээ, бу хайдаҕый? Дьоҕойон, түүтүн иһинэн куйах кэтэ сылдьар дуу…», — диэн санаа охсуллан ааста. Титирэстээбит тарбахтарынан аптамаатын хоруопкатыгар сиирэ-халты ботуруон анньыталаата. Сүүһүгэр бычыгыраан тахсыбыт көлөһүнүн илиитин таһынан соттон, кэлэйбиттии кураанаҕынан силлээт, табаҕын көрдөөн, сиэбин таптанна. Ити тухары көҕөн барбыт сириттэн хараҕын араарбата. Табаҕын суптурута оборон, өрүтэ тыынан, арыый уоскуйарга дылы гынна. Синиттэн тахсан, ааһар куһу барытын ыта турда эрээри, сыалын булларбата. Биир куһу таппыта, онтуката даҕаны уйдаран, бэрт ыраах баран түстэ. Ытыытыттан, сыыһыытыттан эмиэ тиритэн барда. Ыксаан, саатын санныгар быраҕынан, ааһар кустарга кыһаллыбакка, табах уматынан эҕирийбэхтээтэ. Үргүбүт кустар арҕам-тарҕам тарҕаһан, күөлтэн тахсан бардылар. Аҕыйах кус күөл ортотугар түһэ-көтө сырыттылар. «Кэбис, бобуу, бохсуу чахчы баар быһыылаах. Байанайым бултаппат күнэ эбит. Хата, тахсан чэй оргутуум, күөс күөстүүм. Ол ордук буолсу», — диэн ботугураат, ууну күллүргэччи кэһэн, отуутугар таҕыста.

Уолаттар сааларын тыаһа кыра кэмҥэ аҕырымнаан баран, борук-сорук буолуута, күүһүрэн кэллэ. «Ок, Туола ытан тиҥийдэ, сыыста быһыылаах… Бээ, истиэххэ», — Миитээ бэргэһэтин сулбу тардан, тыынын тутан иһиллээтэ. «Хайа, доо, уолуҥ охторбут, ууну кэһэр тыаһа сүрдээх дии. Бу маладьыаһы…» — Миитээ хочулуокка уонна биэдэрэҕэ уу баһан дьалкылдьытан таһааран оллоонугар ыйаан, бэлэмнээбит туоһун илиитигэр тутан туран умата түһээт, чөмөхтөөбүт маһын анныгар аста. Уот бастаан, тылын минньитэрдии, хаппыт мастар быыстарынан онон-манан быгыалаан салаамахтаан иһэн, күөдьүйэн кэллэ. Бэйэ-бэйэлэриттэн былдьаһан эрэрдии биэдэрэни, хочулуогу иилии эргийэн өрө үөмэхтэстилэр. Итини эрэ кэтэспиттии, кутаа тулата хараҥаран, эйэҥэлиир сырдык тиийэр эрэ сирдэринэн, тииттэр күлүктэрэ барыгылдьыстылар. Саалар тыастара улаатан өссө даҕаны тыаһаамахтаан иһэн, одоҥ-додоҥ дуорайталаан, сыыйа симэлийэн, уу чуумпу бүрүүкээтэ. Күөл уҥуор, хараҥаны тыыра хайытан, банаар уоттара эйэҥэлэстилэр…

Миитээ остуолун үрдүгэр массыынаттан уот тардан, иһитин-хомуоһун бэрийэ сырыттаҕына, уолаттара ботур-итир кэпсэтэн тиийэн кэллилэр.

  • Миитээ ытыытын аайы охторботох буоллаҕына, бу киэһэ баҕас чөмпүйүөннээтим ини?
  • диэбитинэн Ньукулай куругар анал быаҕа иилинэн кэлбит кустарын сүөртэлээн, суон тиит анныгар тэлгэтэ уурталаат, түөһүн өтөтөн, өттүк баттанна. — Аҕыстар, өссө иккини сарсын булар инибин.
  • Оо, кэһэппиккин дии, эҕэрдэ. Оттон Туола хаһый? — диэбитинэн Миитээ кэлэн Туола үрүсээгин устарыгар көмөлөстө. — Мин сатамматым. Саам харан сордоото… — дии-дии хортууһун өрө аста.
  • Ээ, мин, сыыһан бурҕатыы. Ол эрээри, Байанайым маанылаата, дьуолка баара, хараҥаҕа түһэрбиппин булбутум буоллар, Дыгаарбын ситэрим хаалла. Чэ бээ, биэтэк билиэ, — Туола кустарын хостотолоон, кэчигирэччи уурталыыр.

Хайа, дыгаар, хаачыстыбабынан баһыйбыппын дии. Түөрт көҕөн, биир моонньоҕон, биир халба, биир чыркымай. Көрүҥ, бу хаас саҕа көҕөн дии…

  • Ок-сиэ, кырдьык даҕаны. Тоҕо улаханай? — Миитээ көҕөнү ылан, үөһэ-аллара ыараҥнатан көрдө. Онтон түөһүн түүтүн арыйталаан баран, сонньуйан ылла.
  • Ура-аа, син биир чөмпүйүөммүн. Хайа, чөмпүйүөнү ханна олордон аһатаҕыт? — Ньукулай дьээбэлэнэн чыначчы туттан, кутаа таһыгар турунан кэбистэ.
  • Миитээ, сааҕын ханна уурдуҥ, көрдөр эрэ. Бу чөмпүйүөн уоскуйуор диэри көрүөххэ эрэ. Тоҕо моһуоктуур буоллаҕай? — Туола сүүһүгэр кэтэ сылдьар банаарын уотун күүһүртэ. Миитээ саатын көрдөөн эргичиҥнээн иһэн, массыына кэннигэр өйөннөрө ууруллубут сааны көрөн ылла. Ботуруоннарын бырахтаран лабырҕатта. Затворун төттөрү-таары лаһырҕатан баран, прикладын сиргэ тирээн, уоһун сырдатан өҥөйбөхтөөтө. Онтон сааны туппутунан уот таһыгар кэлэн: — Дыгаар, Миитээ… олох сынаайпар эбиккин дии, дьоҕойон, буулдьанан эрэ куһу күөрэтэҕин дуу?
  • Ама дуу, хайаан… Ытыс саҕа доруобунньугунан таппакка сылдьан сүнньүөхтэннэхпиний?
  • Оттон, сүнньүөҕүнэн ытар эриллэҕэстээх насадкаҕын кэтэрдэ сылдьаҕын дии.
  • Эс! — Миитээ кутааҕа эбии мас быраҕаат, саатын харбаан ылан, уоһун көрдө. — Тууй сиэ… Кырдьык даҕаны! Хайа үлүгэрэй? Аҕыйах хонуктааҕыта Болуодьа уол киирэн: «Карабин ылар кыах суох. Саатар «Парадокс» саа ылыныам этэ. Эйиэхэ оннук саалаах үһүгүн», — диэн ынньаҕалатан саабын ылан көрбүтэ, ити насадкатын эрийэн, төһө ыйааһыннанарын бэрэ- биэркэлээн эрэрэ. «Үөрэнэ таарыйа ыһыым эрэ», — диэн бэркэ аллааҕымсыйан хомуйан, хааты- гар укпута. Оннук кэллэҕэ… Ол иһин даҕаны, сыыһан дьаабыламмыппын. Биирдэ, туртастыы сылдьан, үөр бочугурастарга түбэстибит. Уонча хаамыылаах сиргэ турар үөккэ Саҥа дьыллааҕы харыйа оонньуурун курдук олороллор. Мин ботуруоммун уларытта охсоот, тахсан биллиргэт. Соһуйуом иһин олороллор. Саатар саам тыаһыттан көппөтүлэр. Ботуруон укта турдахпына, быраатым бэркиһээтэ быһыылаах, ойон тахсан эр-биир иккини түһэрбитигэр дьэ көттүлэр. Онтон өйдөөн көрбүтүм, бу насадкабын иилинэ сылдьар эбиппин. Доруобунньугун эрийэн таһааран, аан- дойдуну биир гына ыһар быһыылаах.

Байанай, сиэр-туом манна сыһыана суох эбиттэр. Аал уоппуттан, Барыылаах Баай Байа-найбыттан көрдөһөн-ааттаһан, кутаабын аһатыым, — диэт, саатын тииккэ өйөннөрө охсоот, үрүксээгин хасыһан, буокка ойутан таһаарда. Остуолтан алаадьы ылан, уотун аһатта. Киһилэрэ олох сүүрүүнэн сылдьар буолбутун көрөн, уолаттар үөрэн ыртастылар.

  • Дьэ бу Миитээ илэ бэйэтинэн, — дии-дии Ньукулай санныга таптайбахтаата.
  • Чемпионакка кыттар буоллум! — Миитээ саатын насадкатын устан хачымахтаста. — Умна иликпинэ, бу баҕайыны устан, атыны кэтэрдиим. Дьэ, буолар да эбит. Уолаттар остуолга олоро туруҥ. Чөмпүйүөн остуол хайа өттүгэр олорорун бэйэтэ талар…

Киһиэхэ кыра да наада. Миитээ санаата кэлэн, кэпсии-ипсии, күлэ-үөрэ күөһүн оллоонтон та- һааран остуолугар ууран, иһиттэргэ кутаталаата.

  • Макароны по флотски сиэбэтэххит ырааттаҕа. Сүрүнэ сылаас аһылык буоллаҕа. Байанайбар, өбүгэм сиэригэр-туомугар хом санаабыппын алы гынан, аал уоттан көрдөстүм, ааттастым. Чэ, аһаатахпыт. Барыта үчүгэй…

* * *

«Бээ, бу диэки көтөн кэлбитэ ээ, манан охтубут буолуохтаах», — дии саныы-саныы Миитээ күөл кытыытын тэпсэ, саатын уоһунан уһун оттору арыйталыы хааман истэ.

  • Хайа, тоойуом, кускун көрдүүгүн дуу? — диэн саҥаттан Миитээ соһуйан, эргиллээри, чуут охто сыста. Көрбүтэ, чомпой бэргэһэлээх, үрүҥ сэксэ бытыктаах кыра соҕус оҕонньор күлэн сирэйэ мыртыйан турар эбит.
  • Ээ, көҕөн ыппытым бу диэки намтаабыта, баҕар, охтубута буолуо диэн көрдүүбүн. Эн хантан кэллиҥ?
  • Мин сирбин-уоппун көрө сылдьабын. Тоойуом, куһуҥ барбыта ээ… Бээрэ, бачча кэлэн бараҥҥын, илии тутуура суох хайдах барыаҥый? — оҕонньор чарапчылана-чарапчылана күөл уҥуоргутун кыҥастаста. — Бүгүн кус киирииһи. Ыппахтаһар инигин, ирээтиҥ да баардыҥы эбит…

Миитээ, оҕонньор тугу кыҥастаспытын көрөөрү, күөлү одууласта. Туох даҕаны кус киирэр сибикитин таба көрбөккө, оҕонньоругар эргийбитэ, киһитэ суох. «Туох дьикти оҕонньорой, ханна баран хаалла?» — диэн эргичиҥнээн иһэн… харытын чаһытын будильнига чыбыгыраабытыгар уһуктан кэллэ. «Ээ, сатана! Түүл эбит дуу…» — Миитээ, чаһытын тыаһын саба баттаата,

  • тыыллаҥнаан ылла. Өтөрүнэн маннык үчүгэйдик утуйбутун, уута хаммытын өйдөөбөт эбит. Саа- һыран буоллаҕа, түүнүн чаас аайы уһуктан эрэйдэнэрэ. Хата, хараҕын симээт утуйарынан маладьыас.
  • Бөлүүн, дьөрү, уһуктан да көрбөтө. Этэ-сиинэ олус чэпчээбитэ, өйө-санаата дьэҥкэрбитэ сүрдээх. Тыаһа-ууһа суох таҥнан хачыгырыйан, таһырдьа таҕыста. Халлаан өссө даҕаны хараҥа эбит. Бэҕэһээ бэлэмнээбит мутуктарын уура охсон, туоһун аллараа симэн уот сахта. Биэдэрэлээх уутун сылыта уурда. Уонна дьэ наҕылыйан, табахтаан сыыйда… «Тугу-тугу түһээтим? Дьоҕойон, Байанай оҕонньору көрдүм дуу, хайа сах…»
  • Миитээ, түүлүн саныы-саныы, сииктээх оту кэһэн, аа-дьуо иһирдьэ киирэн истэ. Онтон-мантан чуумпуну аймаан, күүстээхтик сапсынан, кустар көтөр тыастара иһиллэр. Түүҥҥү хараҥаны сырдык үтэйэр быыһык кэмэ бүрүүкүүр. Бу кэмҥэ, аҕыйах хаамыылаах сиртэн ураты, боруоран, ууну, оту-маһы биир кэлимсэ гынар. Халлаан, илинтэн сыыйа сырдаан, чаҕылыспыт сулустары бииртэн биир сүтэртээн, тэнийдэр тэнийэр. Ол аайы күөл үрдүн үүт тураанынан саба бүрүйэн турбут туман, баттаппыттыы, аллараа халыйан куотар сир көрдүүрдүү, сөрүүн сиигинэн оту-маһы бүрүйэн сыыйылла устар.
  • Миитээ хараҥаҕа балыйтаран, киэһэ турбут сирин булбакка, биир обургу чөҥөрөк уу та- һыгар тохтоото. Хааман, дьагдьайбыта ааһан, сонун капюшонун түһэрэн, бэрчээккитинэн саатын сиигин соппохтоото. Бэҕэһээ киэһэ эрийбит насадкатын чиҥэтэрдии тарбаҕын уган эрийбэхтээт, сонньуйан ылла. Ити туран хараҕын кырыытынан көрбүтэ, киниттэн түөрт-биэс миэтэрэ тэйиччи от быыһыттан биир кус ньыкыйыаҕынан ньыкыйан, устан таҕыста. Миитээ ыксаабакка, саатын аа-дьуо көтөҕөн, куһу туһаайда. Кус тохтуу түстэ, моонньун уһаппакка талбааран, бэйэтин долгунугар бигэнэ олордо. «Чугаһа бэрт, илдьи ытар буоллаҕым, кыратык хамсаан, өссө уһуннара түспүт киһи», — дии санаан, атаҕын хамсатан эрдэҕинэ, кус тахсыбыт сириттэн өссө үс кус устан таҕыста. Бастакы куска тиийэн бөлүөхсэн, уҥуоргу биир дьирбии буолан харааран көстөр кытыл диэки устан бардылар. Миитээ саатын луоһун иэдэһигэр сыһыаран, долгуйбутун кыатана, кыҥаан турда. Кустар тэйэн, от күлүгэр хараарыҥнаһан эрдэхтэринэ, ортолорун көрөөт, чыыбыһын тардан кэбистэ.
  • Саа тыаһа, сарсыардааҥҥы чуумпуну аймаан, сатараата эрээри, сөрүүн салгыҥҥа баттатан, дуорааннаммакка симэлийэ сүттэ. Чугас эргин баар кустар көтөн күпсүйдүлэр. Бэлиэ бэрил- либиттии, уҥуор саалар тыастара битигирии түстэ.
  • Миитээ ыппыт сирин кыҥастаста, туох даҕаны хараарарын таба көрбөтө. «Эс, бачча чугастан сыыспатым ини. Көппөтүлэр дии… Устан бардылар дуу…» — санаатыгар хайыттара, баран көрөөрү хамсаан эрдэҕинэ, хантан даҕаны кэлбиттэрэ биллибэккэ, үс кус тыаһа-ууһа суох көтөн кэлэн, ууну чулум-илим тыаһатан түстүлэр. Истэрин түгэҕэр куутурҕаһаат, бөлүөхсэн, маарыын ытыллан тахсыбыт кустар диэки устан бардылар. Миитээ, бэлэм турар буолан, ытан саайда. Икки кус хаптаччы барда, биир өрө тилигирээн көтөн эрдэҕинэ умсары ытан түһэрдэ. Баҕар, хойобул баара буолуо диэн, саатын санныттан түһэрбэккэ көрөттөөтө, биир да кус хамсаабата. «Дьэ, бу үчүгэй. Маннык буолуохтаах этэ буоллаҕа. Маарыыҥҥыттан даҕаны биир эмэ дэҥнэннэ ини? Чэ, бээ. Сырдаатаҕына көрүллүө», — дии саныы- саныы, саатыгар эбии ботуруон угунна.
  • Сарсыардааҥҥы көтүү саҕаланна. Кустар төттөрү-таары көтүүлэрэ, ону даҕаспытынан саалар тыастара хойдон барда. Миитээ турбут сириттэн хамсаабакка, сороҕор түһэрэн, сороҕор күөрэтэн ыта турда. Бастаан өлөрбүт кустарын ааҕа турбута, кэлин бутуллан барда. Илдьэ киирбит 30-ча ботуруонуттан уонча хаалбыт. Кус көтүүтэ сыыйа уҕарыйан, күөл ортотугар, өссө даҕаны көтөҕүллэ илик туман быыһынан кустар бөдөҥөөн, хараарыҥнаһа усталлар. Миитээ күөрэтэн түһэртээбит кустарын көрдөөн булаттаан, аны ууга сыталларын хомуйа киирдэ. Бастакынан ыппыт сиригэр тиийбитэ, от кытыытыгар икки кус сытар эбит. «Ол иһин, бачча чугастан хайдах сыыһыам этэй?» — диэн астына, көхсүн этитэ кустарын ылаттаата. Баҕар, таптарбыт баара буолуо диэн, саатын уоһунан оту арыйталаан иһэн: «Баар этэ», — диэбитинэн, от быыһыттан эр-биир икки куһу хостоон ылла. Салгыы уутун кэрийэн, кустарын хомуйда. Турбут миэстэтигэр төттөрү кэлэн, кустарын кыра үрүсээгин иһигэр угаттаата, баппатахтарын икки илиитигэр тутта. 19 кус! «Байанай биэрдэ, кус көтүүтэ бүттэ. Тахсарым дуу?» — Миитээ бэйэтэ бэйэтиттэн астына, табахтаары илиилэрин босхолоору, кустарын ууга ууруон кэрэйэн, икки хорсооҕун осторугар угаттаата, сороҕун хоонньугар симиннэ.
  • Дьэ наҕылыйан, сиэбиттэн табаҕын хостоон, саҥа тахсыбыт күн сардаҥатыгар сирэйин тоһуйан, харахтарын симэн, табахтаан сыыйда. Эмискэ күүстээх кынат тыаһа сирилээбитигэр, бэйэтэ да билбэтинэн, санныгар быраҕынан турбут саатын хаба тардан ылаат ньыкыйа түстэ. Кэнниттэн сүүрбэччэ үөрдээх көҕөн үөһээ соҕуһунан элээрэн киирдэ. Түһээри хайбаҥнаһан, кынаттарыгар даҕайсан лаһырҕастылар. Ити кэмҥэ күөл уҥуоргу өттүттэн өссө отучча үөрдээх көҕөн киирдэ. Бастакы үөр түспэккэ күөл ортотугар эргийэн эрдэҕинэ, иккис сүр түргэнник элээрэн, бастакы ис өттүнэн эргийэ тутта. Тыас-уус, куут-маат сатыыланан, төгүрүк ии буоллулар. Кынаттарын салгыныгар оҕустаран, тэйсэн биэрбэккэ, ытылҕан оҥорон, тула эргийэн кулахачыйдылар. Арахсан, ууга түһээччи суох буолла. Холорук холоругунан ытыллан турда. Маны эрэ кэтэспит курдук онтон-мантан уончалыы, сүүрбэччэлии үөрдээх көҕөттөр кииртэлээн, ытылҕаҥҥа эриллэн, өрө хо- лоруктаннылар. Алдьархайдаах сирилэс тыал биир кэм куугунаата, от-мас тосторунуу кынаттар даҕайсар тыастара лаһырҕаан олордо. Сүүһүнэн кус ытыллыбытыгар, күөл уута долгулдьуйа эриллэн, күн сардаҥаларыгар чөмчүүктэнэ ыһыахтанна. Ситэ биэс-алта мүнүүтэ буолбата, ытылҕан холорук эриллэн, кый үөһээ таҕыста. Олох үөһээҥҥилэр эргиирдэрэ мөлтөөн, холоруктан туораан үөрдүһэн, арҕам-тарҕам көтө турдулар. Ол аайы ытылҕан сыыйа мөлтөөн, алларааҥҥылар күөлгэ түстүлэр. Эргиирдэрэ улааппыттар, күөлү эргийэ көттүлэр. Сирилиир тыас сыыйа сүтээтин кытта саалар тыастара, өрүһүспүттүү, хабылла түстүлэр.
  • Миитээ, ити ытылҕантан талбааран, бытааран кэлбит көҕөттөрү ытыалаан силлиргэттэ. Ыксалга, саатын ииттээри, биир ботуруонун ууга түһэрдэ. Аптамаатын затвора аҥас гыммытын үрдүнэн, чыыбыһын тардыалыы туран, ботуруона бүппүтүн биирдэ өйдөөтө. Кыһыытыгар сиэптэрин таптаммахтаан көрдө эрээри, ботуруон хаалбатах. Атаҕын анныгар түһэрбит ботуруонун көрдөөн, ууга илиитин батары биэрэн булкуйбахтаан, ботуруонун булан ылла. Тэбии түһээт, тарбахта- рын иминэн соппохтоон ылаат, уоһугар анньан, затворун ыытан «халыр» гыннарда. Итини эрэ күүтэн турбуттуу, биир көҕөн түһээри атахтарын лапчааннара саһара сарайан, утары талбааран кэллэ. Миитээ ытаат, халбарыс гынан биэрдэ. Улахан бэйэлээх көҕөн сиирэ-халты таарыйан, аттыгар түһэн, ууну күдээриттэ…
  • Хата, Миитээ чэйэ бэлэм, — диэбитинэн тириппит-хоруппут, иннилэригэр-кэннилэригэр кус иилиммит, илиилэригэр туппут Ньукулайдаах Туола тиийэн кэллилэр.
  • Дьэ, куһу кыайдыбыт, ботуруон бүттэ, — дии- дии Ньукулай кустарын сүөртэлээн сиргэ тэлгэттэ. Астыммыт киһи быһыытынан өттүк баттанна. — 21 кус! Бэрт да бэрт.
  • Дыгаар, Миитээ, ытылҕаны көрдүҥ ини? Сүрдээх дии, үөрэхтээх киһи хайдах быһаараҕын? — Туола быалаах кустарын түһэрэн, үрүксээгин устаары икки илиитин кэннигэр быраҕан, түөһүн мөтөтөн, атаҕын төбөтүгэр дэгэрэҥнии турдаҕына Ньукулай кэнниттэн тардыһан, үрүсээги сиргэ түһэрэр.
  • Туола куһу кэһэппит дии. Дьэ, кырдьык, үйэбэр көрбөтөхпүн көрдүм. Ити хайа буолар быһыылара буолла…
  • Дьэ бу булт, — Миитээ оргуйбут чэйин кытыыга тардаат, үөрэн ыртайбытынан кэлэн, уолаттарын санныларыттан кууста. — Эһиги кустуу кэлбэтэххит буоллар, быйыл да саа тутарым саарбах этэ. Махтал, уолаттар. Астынным, көтүөхпэр кыната суох буола сылдьабын… Ити туспа уурбут чөмөхпүн үллэһиккэ быраҕаайыккытый. Дьууруй оҕонньор ирээтэ. Ити дуо? Ити кынаттарын салгыннарыгар оҕустаран, кыайан арахсан биэрбэккэ холорук

оҥордулар. Быһата оҥоһуу холорук. Урут, кыра сылдьан, истэр этим. Кус холоруга баарын. Илэ көрөн сөхтүм, үөрдүм. Итинниги үйэҕэ биирдэ эмэ көрүөххэ сөп. Барыылаах Баай Байанай бэйэтэ оҥорон биэрдэ. Мин эмиэ табыллан ыттым. Төбөлөөҕүнэн 22. Онтон 12-тэ лаһыр көҕөн. Ботуруонум бүтэн тахсыбытым.

  • Дыгаар, Миитээ. Дьууруй оҕонньоруҥ чахчы ыраастаабытын таһынан Байанайгын тар- тарбыт быһыылаах… Аһаан баран хомунан, төннөр буоллахпыт. Миэхэ уонча ботуруон баар буолуохтаах да, ол туһуттан хаалбат инибит? — Туола уолаттарын эргиччи көрөн, сыыһа эттим дуу диэбиттии саннын ыгдатар.

-Туола чөмпүйүөн! 23 кустаах, онтон 15-һэ көҕөн! Мин 11 көҕөннөөхпүн. Кырдьык, Миитээбит баар буолан, булка тииһэбит ээ. Баран, баран. Байанайбар махталбын биллэрэн сыт таһаарыам, ас кээһиим, — Ньукулай үрүсээгин хасыһар.

  • Оннук, оннук. Байанайбыт бачча биэрбитин сытыта-ымыта сылдьыахпыт дуо, сөп буолар кустанныбыт. Наҕылыччы чэйдээн, уоппутун умулуннаран, отуубутун хомуйан, кустарбытын үл- лэстэн баран, дьиэлии туруохпут. Дьэ ким билэн эрэр, эһиги да Байанайгыт эмиэ тарда сыттаҕа…

Иван Андросов-Айанньыт Чолбон. – 2017. – кулун тутар ый

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар