(Остуоруйа)
Күп-күөх күндэлэс халлаан урсунугар араас быһыылаах-таһаалаах былыттар усталлар. Олор быыстарыгар биир наһаа ытанньах былытчаан баар эбит. Кини туох да төрүөтэ суох ытыыра. Хара- ҥа дьүһүннээх, наар ытаан маккырыыр идэлээҕэ. Эдьиийдэрэ, убайдара, уоскута сатааннар, араас ыкка, куска кубулуйан саарата сатыыллара да, ытанньах былыт өрө баран иһэрэ. Араас дойдуну кэрийэ устубуттар, былытчаан ону да көрөн аралдьыйбатах, хата ытыыра өссө бэргээбит.
Биирдэ ытанньах былытчаан үгэһинэн ытыы- ытыы устан истэҕинэ, күн, истэ сатаан баран, эппит:
«Эн ытаан бүт, мин эйиэхэ биир дьиктини көрдөрүөм». Ону истэн ытанньах былыт олус дьиибэргээбит уонна: «Туох дьиктитин, дьиибэтин этэҕин?» — диэн ыйыппыт Онуоха күн: «Ытаан бүттэххинэ, этиэм», — диэбит. Ытанньах былыт тохтообут уонна хараҕын уутун соттон баран кэтэспит. Ол кэмҥэ күн сандаара тыкпыт уонна халлааҥҥа олус чаҕылхай, дьэрэкээн кустук тахсан кэлбит.
Ытанньах былытчаан ону көрөн сирэйэ-хараҕа сырдаан кэлбит. Кустугу эккирэтэ оонньообут, ытаабат буолбут.
ТААБЫРЫН ОСТУОРУЙА
Көтөрдөр сууттара буолбут. Хотой барыларын ыҥыран баараҕай мас төрдүгэр олорон судьуйалаабыт. Туруйалар кэҕэни тутан аҕалбыттар. Хотой дьоһуннаахтык хонойон олорон:
- Кэҕэ кыыл, эн тоҕо оҕоҕун көрбөккүн? Сымыыккын чыычаахтар уйаларыгар хааллараҕын? Чыычаахтар барахсаттар эн сымыыккын баттыыллар, эн оҕоҕун аһаталлар, — диэбит.
Онуоха кэҕэ кэлэҕэйдии-кэлэҕэйдии саҥарбыт:
- Куук-кук, мин олох оҕо көрөр иллэҥим суох, кыайан ииппэппин, — диэбит.
Оттон мэкчиргэ кэҕэни көмүскэһэн:
- Кэҕэ кыыл иллэҥэ олох суох, сайын кэлбитин биллэрэр үлэлээх. Аны туран бэйэтэ соҕотох, кэргэнэ суох, ким да киниэхэ көмөлөспөт, — диэбит.
Онуоха буруйдааччы күөрэгэй өрө көтөн тахсыбыт уонна биир сиргэ тырыбыныы туран эппит:
- Кэҕэ иллэҥ бөҕө буолуохтаах, ити сымыйата. Мин көрдөхпүнэ, кини күнү быһа этэн кэҕийэ-кэҕийэ таах сылдьар.
Онуоха мэкчиргэ хараҕын кип-киэҥник эриличчи көрөн баран:
- Мин билэрбинэн, кэҕэ сарсыардаттан күн киириэр диэри иллэҥэ суох. Тохтоло суох этэн кэҕийэр да сылаалаах эбээт, — диэбит.
Ону истэн хотой кыыһыран:
- Мэкчиргэ, билбэт эрээригин саҥарыма! — диэбит.
Ити суукка күөрэгэй сөпкө этэн кыайыылаах тахсыбыт, онтон кэҕэни буруйдааҕынан ааҕан бириигэбэр таһаарбыттар. Ол иһин кини мэлдьи соҕотох сылдьар буолбут. Хотой мэкчиргэ сымыйалыырын хантан билбитэ буолуой?
(Саамай сөп, мэкчиргэ күнүс утуйар).
ЫРЫАҺЫТ ЧЫЫЧААХ
Олорбута эбитэ үһү ойуурга биир наһаа улаханнык ыллыыр чыычаах. Кини ыллаатаҕына, кыыллар уонна атын көтөрдөр үргэн куотан хаалаллар эбит. Бу чыычаах ырыаһыт буолуон наһаа баҕарар эрээри, хомойуох иһин, кинини ким даҕаны тулуйан истибэт эбит.
Чыычаах онтон хомойон, биирдэ ытыы олорбут. Ол олордоҕуна, суор көтөн кэлбит уонна ыйыппыт:
- Чыычаах, тоҕо ытыыгын?
- Миигин тоҕо эрэ бары атын сиргэ баран ыллаа дииллэр. Мин ыллыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ол эрээри ким даҕаны миигин истиэн баҕарбат. Ырыаһыттан атын идэлэниэхпин баҕарбаппын, — дии- дии, уйа-хайа суох ытаабыт.
Ытаама, чыычаах, мин эн ырыаҕын ким сөбүлээн истиэн сөбүн билэбин. Бу мантан чугас соҕус бөһүөлэккэ күөх кырыыһалаах дьиэ баар, онно Айтал диэн уол олорор. Кини сарсыарда аайы оскуолатыгар кыайан эрдэ туран барбат. Ол иһин уруогар наар хойутуур. Ийэтэ туруора сатыыр даҕаны, уол төрүт истибэт. Эн киниэхэ ыллаатаргын, Айтал эрдэ туруох этэ, — диэбит.
Чыычаах Айтал диэн уол туһунан истэн наһаа үөрбүт. Сарсыныгар бөһүөлэккэ көтөн тиийэн уол дьиэтин түннүгүн аттыгар улаханнык да улаханнык ыллаабыт. Уол, чыычаах ырыатын истэн, уһуктан кэлбит. Түннүгүнэн чыычааҕы көрөн наһаа үөрбүт. Ити курдук чыычаах хас сарсыарда аайы чуопчаара ыллыыра, онтон ыла Айтал оскуолатыгар хойутаабакка тиийэр буолбута.
ХАННЬАРЫ МИЧЭЭР
Куорат кытыытыгар биир кыра дьиэҕэ кырдьаҕас оҕонньор олорбут. Кини бэрт кырыымчык олохтоох эрээри, сааһын тухары ону-маны уһанар, оҥорор идэлээх эбит. Оҕолорго анаан эҥин араас үчүгэйкээн оонньуурдары оҥорон ырыынакка атыылыыр эбит. Кыыллары, куукулалары адьас субу хамсанан- имсэнэн, саҥаран-иҥэрэн кэлиэх курдук таҥаһынан тигэрэ. Хас биирдии оонньуура бэйэтэ туһунан дууһалаах, майгылаах буолан тахсар эбит.
Биирдэ оҕонньор таҥас лоскуйунан бэрт элбэх куукуланы тикпит. Барыларын олус табыллан оҥорбут. Арай биир бүтэһик куукулата уоһа сатаммакка ханньары мичээрдээх буолан тахсыбыт. Оҕонньор араастаан уларыта, тигэ сатаабыт даҕаны син биир мичээрэ ханньары буола турбут. Ол иһин оҕонньор бу оонньууру Ханньары Мичээр диэн ааттаабыт. Оонньуурдарын ырыынакка атыы- лыы барбыт. Тиийээтин кытта дьон үмүөрүһэ түһэн оонньуурдары түргэн үлүгэрдик атыылаһа охсубуттар. Арай били Ханньары Мичээри эрэ ким да ылбатах. Оҕонньор оонньууру дьиэтигэр төттөрү илдьэ кэлбит.
Түүн Ханньары Мичээр кимнээх эрэ күлсэр саҥаларыттан уһуктан кэлбит уонна тулатын көрүммүт. Арай дьиэҕэ баар оонньуурдар бары уһуктан, кинини көрө-көрө, күлсэллэр эбит. Сорохторо өссө киниттэн куттанар да курдуктуттубуттар. Ханньары Мичээр кыбыстан хайдах да буолуон билбэккэ иһийиэҕинэн иһийэн олорбут. Оҕонньор сарсыныгар эмиэ оонньуурдарын атыыга илдьэ барбыт. Эмиэ ким даҕаны Иҥнэри Мичээри атыыласпатах.
Түүн Ханньары Мичээр эмиэ күлүү гыныахтара диэн оргууй аҕай дьиэттэн тахсан барбыт. Куорат уулуссатынан, хараҥа сирдэринэн саһа-саһа, хааман испит. Эмискэ дохсун ардах түһэн кырачаан оонньууру бүтүннүү сытытан кэбиспит. Иһэ барыта баата буолан, онтукайа ууну иҥэринэн нэһиилэ хааман сыһыллаҥнаабыт. Ардах түһэрэ күүһүрэн испит, Ханньары Мичээр хараҕын уута эмиэ тохтообокко сүүрбүт. Кып-кыра оонньуур билбэт улахан куоратыгар ханна да барыан билбэккэ ньылбы сытыйбыт. Ол туран арай быраҕыллыбыт эргэ маҕаһыын кирилиэһин анныгар ыт сытарын көрбүт. Ыт эрэйдээх тоҥон халаачыктыы сууланан ибигирии сытар эбит. Ханньары Мичээр кыһалҕаттан кирилиэс анныгар киирбит. Ыт кини диэки кылап гына көрөн ылбыт уонна оргууй ыйыппыт:
- Эн кимҥиний?
Мин… мин Ханньары Мичээр диэммин. Онтон эн аатыҥ ким диэний? Эн миигиттэн куттамматыҥ дуо? — дии-дии оонньуур илиитин, атаҕын уутун ыкта сатыы турбут. — Бары тоҕо эрэ миигин күлүү гыналлар эбэтэр куттаналлар, — диэн баран үөһэ тыыммыт.
Ыт ону истэн олоро түспүт уонна:
— Суох, мин эйигин күлүү да гыммаппын, куттаммаппын даҕаны. Мин иччим суох, ол иһин аатым эмиэ суох. Кырдьыгынан эттэххэ, ааппын умнубуппун. Тоҕо бу маннык атах балай барбытым бэйэтэ туспа остуоруйалаах, — диэн баран, ыт салгыы кэпсээбит. — Миигин кыра эрдэхпинэ биир дьиэ кэргэн иитэ ылбыта, бу санаан көрдөххө, ол саамай дьоллоох кэмнэрим эбит. Ас бөҕөтүн аһаталлара, аһара тотоммун өссө аспын сирэр-талар этим. Атын ыттар кэллэхтэринэ, аспын кинилэргэ бэрсэрим, ол иһин доҕотторум элбээбиттэрэ. Кэлээт даҕаны аһыыр иһиппин өҥөйөллөрө, оттон мин аспыттан олох көҥөммөт этим. Быаҕа баайыллан тураммын босхо сылдьар доҕотторбор ымсыыран, тыыным-быарым хаайтаран, быабын быһа тардаммын көҥүл олоххо куоппутум. Син өр дуоһуйуохпар диэри көҥүлгэ сылдьыбытым. Онтон дьиэбэр кэлбитим, арай дьиэм иччитэх турара. Хас да күнү быһа иччилэрбин кэтэһэ сатаабытым даҕаны, кэлбэтэхтэрэ. Онтон атах балай барарга санаммытым, эрэй бөҕөнү көрсүбүтүм. Миэхэ кэлэр үгүс «доҕотторум» аһа суох буолуохпуттан көстүбэт буолбуттара. Саҥа иччи көрдөөммүн дьон мустар сиригэр ырыынакка барбытым. Онно биир аҥаар атахтаах киһи миигин бэйэтигэр ылбыта. Аҥаар Атах ханна да үлэлээбэт этэ, дьон тоҕуоруһар сирдэригэр харчы умналаһар дьарыктааҕа. Харчыланнаҕына, миэхэ өрүү аһыттан бэрсэрэ. Кини туох эрэ буруйу оҥорон дойдутугар кыайан барбатын туһунан кэпсээбитэ. Онтон сылтаан хараастара, санааҕа ылларара. Икки сыл биллибэккэ ааспыта, биирдэ Аҥаар Атах үөрбүт аҕай этэ, төбөбүттэн имэрийэ-имэрийэ эппитэ: «Мин дойдубар төннөр буоллум… кэргэним, оҕолорум миигин бырастыы гынаннар ыла кэлбиттэр. Хомойуох иһин, эйигин кыайан илдьэ барбаппын». Мин ону тута өйдөөбүтүм, ол иһин сайыспатаҕым. Аҥаар Атах баҕа санаата туолбутуттан кинини кытта тэҥҥэ үөрбүтүм. Күн бүгүнүгэр диэри ити икки түгэнтэн атын үтүө санаа диэн тугун билэ иликпин.
Наһаа дьикти… Мин кими да ытырбаппын, кимиэхэ даҕаны куһаҕаннык сыһыаннаспаппын, ол эрээри дьон миигин тоҕо эрэ абааһы көрөр, — инньэ диэн баран ыт хараҕын уута таммалаабыт. — Ол иһин манна саһан сытабын. Кимиэхэ да итэҕэйбэппин, эрэммэппин.
Ханньары Мичээр ыт кэпсээнин олус болҕойон истибит. Эмискэ кини үөрэ түспүт уонна:
— Хомойума, эн биһикки мантан ыла доҕордуу буолуохха, — диэбит.
Ити курдук, икки соҕотох муҥнаахтар булсан доҕордоспуттар. Билигин да иккиэн бииргэ сылдьал- лар. Эһиги кинилэри көрөөччүгүт суох дуо? Уулуссаҕа биир ыт оонньууру соһо сылдьар буолааччы ээ. Ол кинилэр дьоллорун, саҥа иччилэрин көрдүү сылдьаллар…
Анна Колосова
Чолбон. —2020.—атырдьах ыйа