(Поэт, тылбаасчыт, общественнай деятель А.П. Илларионов төрөөбүтэ 70 сылыгар)
«Миигин батыс, ааҕааччым! Ким эйиэхэ эттэ, бу сиргэ дьиҥнээх, өлбөт-сүппэт таптал суох диэн? Сымыйаччы кыһыл тылын быстыннар! Миигин батыс, ааҕааччыам, барсан ис, көрдөрүөм эйиэхэ итинник тапталы!»
Михаил Булгаков, «Мастер уонна Маргарита».
Афанасий Петрович Илларионов… Биһиги, кини хаан-уруу аймахтара эрэ буолбакка, саха дьоно бары убаастыыр, тумус туттар киһибит туһунан суруйарга сананан баран, тохтоон чугурус гынным. Кини личность быһыытынан судутуттэн, олоҕо-улэтэ киэҥиттэн, өркөн өйүттэн, тылга-өскө ирдэбилэ үрдүгүттэн.
Суруналыыстыкаҕа улэлээбитим тухары дьон туһунан — боростуой улэ киһититтэн үрдһк сололоохторго тииийэ — суруйдум ини, суруйбатым ини, ол эрэн, тэйиччи сылдьан дуу, убайбын кытары биирдэ да ирэ-хоро кэпсэппэтэх, сэһэргэспэтэх эбиппин, эгэ, интервью ылыам дуо? Онтон чаҕылхай олох түннүгүнэн чыычаах көтөн ааһарыныы күлүм гынан хааллаҕа… Суруйарга ыарахан. Ол эрээри, хаһан баҕарар буоларыныы, классика көмөҕө кэлэр. Ити М. Булгаков илбистээх тылларын эпиграфка таһааран баран, тобуллум, арааһа, сорукпун. Таптал, дьиҥнээх таптал. Чахчы даҕаны, бу иэйиинэн саҕыллыбыт, салайыллыбыт эбит — Афанасий Петрович сырдык олоҕун хас биирдии кэрчик кэмэ, үрдэллэрэ, алаһа дьиэ-уот тэриниитэ, төрөөбут дойдутун туһугар инники куөҥҥэ туруулаһан улэлээһинэ, айбыт айымньылара — барыта.
ОЛОХХО ТАПТАЛ
Афанасий Петровиһы Чурапчыга аҕатын үөлээннээхтэрэ «били хотугу көһөрүллүүгэ хаар үрдүгэр төрөөбүт оҕо дуо» диэн өйдүүллэр-сэҥээрэллэр эбит. Кини 70 сыл аннараа өттүгэр, Аан дойду Улуу сэриитэ дойдубутун сатарыппыт кэмигэр, алтынньы 18 күнүгэр Эдьигээн Натааратыгар күн сирин көрбүт. Чурапчы сирэ-дойдута оччолортон баччаҕа диэри айылҕа хамсааһыныттан тутулуктаах. Ардах түспэтэ да, сиэдэрэй сибэккилээх, сыалаах оттоох алаастарбыт куура хатан хаалаллар. Быйыл сайын дойдубар тахса сылдьан, аһыҥа өрө туран оннооҕор дьиэ иһигэр аһыы олордоххо остуолга көтөн түһэрин, алаастар эрэ буолбакка, хара тыа кытары саһара хаппыттарын харааста көрбүтүм. Сэрии сылларыгар сабардаабыт суту-курааны, Чурапчы алдьархайын санаан кэлбитим. Оччолорго байыаннай бириэмэ сокуонунан Чурапчы холкуостаахтара хоту оройуоннарга күүс өттүнэн көһөрүллүбүттэрэ. Петр Афанасьевич Илларионов (Оппуонньа аҕата) үлэлиир Буденнай аатынан холкуоһа 1942 сыл күһүнүгэр Хайахсыт нэһилиэгиттэн биир бастакынан ыытыллар тыйыс төлкөлөммүтэ.
Петр Илларионов (Кыра Бүөтүр) — элбэх оҕолоох Хайахсыт нэһилиэгэр улаханнык ытыктанар Охо- ноон оҕонньордоох диэн ыал 24-тэ оҕоломмуттарыттан биирдэстэрэ. Кини бииргэ төрөөбүт убай- дара, бырааттара, сэттэ ини-бии Илларионовтар уоттаах сэриигэ аттаммыттара. Онтон дойдула- рыгар хаалбыт дьон — кыралыын, кырдьаҕастыын — көһөрүү ытарчатыгар түбэстэхтэрэ. Кыра Бүөтүр төрүүрэ чугаһаан сылдьар кэргэнэ Өлөөнөлүүн икки саастаах уолларын илдьэ айаҥҥа туруммуттар.
Бу оччотооҕу политика хара мэҥэ. «Төбөтө суох» ыйаах күүһүнэн бүтүн улуус дьоно оҕолуун- уруулуун былаҕайга быраҕыллыбыттарын, история эрэ быһаардаҕа… Ол курдук эрэйи эҥэрдэ- ринэн тэлэн, өлүүнү-сүтүүнү хара ааныттан көрсөн, Эдьигээн оройуонун Натааратыгар, Дьааҥы хайатын намталыгар турар сиргэ, алтынньы ый 2 күнүгэр тиийбиттэр. Тымныынан-хаарынан чыһыыра турар кураанах кытылга кинилэри, үс көһүүгэ тиийбит колхуос дьонун, ким күүтүөй? Сыккырыыр тыыннара эрэ хаалбыт дьон аны олорор сир, хахха дьиэ тутуутугар туруммуттар. Дьэ, бу маннык кыһарҕаннаах кэмҥэ, дьиэ-уот оҥостуута ситэ бүтэ илигинэ Өлөөнө уол оҕону төрөппүт.
Ол туһунан аҕатын үөлээннээҕэ, тыыл, үлэ бэтэрээнэ Прокопий Флегонтов маннык ахтыбыт: «Өлөөнө чугас аймах эмээхситтэрэ былыргылыы «эмтээһиннэринэн» сүбэ күүс-күдэх биэрэр көрүү- лэригэр, кыһыл оҕотунуун бииргэ, дьон буолар-буолбат кыһалҕалаах күннэригэр сытаахтаабыт- тара. Бу будулҕаҥҥа Кыра Бүөтүрдээх икки саастаах оҕолоро күн сириттэн маппыта. Бу кыһын Хайахсыттан көһөрүүгэ киирбиттэр 117 киһилэрин хоргуйуу имири сотор кыһарҕаннаах кыстыгар
биирдии ииҥҥэ 5-6-лыы киһини көмөр айыылаах- харалаах ыар баттыктаах кэмҥэ, Бүөтүр элбэх бииргэ үөскээбит хаарыаннаах дьоннорун ииннэрин хасыһан, тыйыс күннэри атаарбыта.
Ол да буоллар Бүөтүр ыччат оҕото, Афонята, кэргэнэ Өлөөнө киһи буолар быалара тардан буол- лаҕа, аҕата Охоноон оҕонньор «оҕом байанайдаах булчут буолуо» диэн түстээбит төлкөтө тардан дуу, ыар кыһалҕа тыыныгар саба баттатан биэрбэт быатыгар тиит мас хаптаһынын булан, ону иэҕэн хайыһар оҥостон Натаара үрэх көҥүс аппа кирбийдэрин кэрийэн, сонордьут сорсуннаах идэтинэн саһыл, кырса, киис өлөрөр дьолго тиксэн, ону туттаран бурдук, табаар ылар соргуламмыта. Кини бу тосхоллоох булда үгүс дьоҥҥо дууһа толуга буолбута.»
Бу кылгас быһа тардыыттан да көстөр, Афанасий аҕата хайдах-туох киһитэ. Ийэ айылҕа оҕото, дуулаҕа үлэһит. Онтон ийэтэ саҥалаах-иҥэлээх, сытыары-сымнаҕас майгылаах, ыалдьытымсах үтүө хаһаайка. Елена Васильевна, аныгы кэм киһитэ эбитэ буоллар, арааһа, биллиэҕэ-көстүөҕэ хааллаҕа — олоххо көхтөөхтүк кыттааччы, дьону бэйэтигэр тардар, тэрийэр дьоҕурдаах, ырыа-хоһоон тыллаах, кэпсээнньит бэрдэ. Афанасий аҕата бэйэтин харыстаммакка үлэлээн, күөгэйэр күнүгэр сылдьан 43 сааһыгар ыалдьан өлбүт. Ийэтэ, алта оҕону төрөтөн, олортон түөрдэ киһи-хара буолан олохторун суолун булуммуттарын көрөр дьолломмута. Кини 58 саастааҕар эмискэ, ынах ыы олорон, бу сиртэн барбыта.
Хаарга түспүт сэрибиэйин, олоххо таптал, дьүккүөр күүһүнэн, төрөппүттэрин, дойдутун дьоно кыһамньыларынан тыыннаах хаалбытын туһунан Афанасий Илларионов кэнники «Ытыс сылааһа» диэн хоһоонугар махтал тылларын суруйбут: өйбөр-санаабар үтүө өйдөбүл буолан өлбөөдүйбэккэ өрүү сырдыы сылдьар аймах-билэ дьонум, алааһым ыаллара сут, сэрии сорун-муҥун суостаах күннэригэр ыһыктыбатах ытыстарын сылааһа.
АЛГЫС ТЫЫННААХ БИҺИККЭ
Оппуонньа оҕо эрдэҕиттэн эйэҕэһин-сайаҕаһын, үөрэҕэр барыларыттан таһыччы дьоҕурдааҕын, сытыытын-хотуутун туһунан кини бииргэ үөрэммитоҕолоро киэн тутта ахталлар. «Сэрии, сут-кураан сыллара сиидэлээбит араскылара», — диэн ааттаабыт доҕотторун Афанасий биир хоһоонугар. Афоня аас-туор кэмҥэ төрөөбүт буолан, төрөппүттэриттэн уҥуоҕунан лаппа кыра, хачаайы эбит. Ол эрэн оскуола саҕаттан биллибит кини тас көрүҥэр баппат ис дьиҥэ, кэрэтэ. Билиигэ-көрүүгэ тардыһыылаах бастыҥ үөрэнээччи, лоп-бааччы саҥалаах, куруутун кинигэ кыбыныылаах уолчаан актыбыыс бэрдэ буолан өрүү холобурга сылдьыбыт.
Хайахсыт сэттэ кылаастаах оскуолатын бүтэрэн баран, үрдүкү кылаастарга Дириҥҥэ үөрэммит. Манна саха тылыгар уонна литературатыгар Степан Феоктистович Софроновка (суруйааччы Феоктист Софронов) үөрэммитэ кини айар дьоҕура сайдарыгар, литератураҕа бастакы холонуутугар олук буолбута чуолкай. Литературнай куруһуокка дьарыктанан, «Айар кыһа» диэн сурунаалы үлэлэппит, маҥнайгы кэпсээннэрин, А.С. Пушкин, Расул Гамзатов хоһоонноруттан тылбаастарын таһаартаан, оҕолор кинини «Биһиги Ойуунускайбыт» диэн ааттаабыттар. Бэйэтин тылларыгар суруйбут «Туристар марштара» диэн ырыата улууска биһирэбили ылбыт. Маны таһынан, уруһуйдьут, баянист, ырыаһыт, үҥкүүһүт, хомоҕой тыллаах конферансье — кырдьык да, эргиччи талаан! Ол эрэн хаһан да бэйэтин үрдүктүк туттубатах, бииргэ үөрэммит оҕолоругар ураты болҕомтолоох, уйаҕас сыһыаннаах, көмөҕө кэлэргэ өрүү бэлэм, ханнык да ыгым түгэҥҥэ көрү-күлүүнү таһаара сылдьар эбит. Ити хаачыстыбаларын кини ханна да сырыттар, ханнык да үрдүк дуоһунаска олордор, сүтэрбэккэ, «киһи киһитэ» дэттэҕэ.
Афанасий Петрович кэргэнэ Венера Егоровна кинини оскуола саҕаттан билэр, аан маҥнай көр- бүтүн субу бүгүн курдук өйдүүр: «Мин Афоняны Чакыр начаалынай оскуолатын бүтэрэн Хайахсыт сэттэ кылаастаах оскуолатыгар бэһис кылааска үөрэнэ сылдьан көрбүтүм. Саҥа дьыл кэннэ этэ, кини куоракка оҕо санаторийыгар биир сыл сытан тахсыбыт этэ. Интернаппытыгар биирдэ кыра уҥуохтаах, элбэх баҕайы саҥалаах, сытыы уол кэлбитэ. Билиитэ-көрүүтэ да быдан ордук быһыы- лааҕа, кэлээт да, оҕолору бэйэтин тула түмэ тардааччы лидер буолан хаалбыта». Салгыы Дириҥ оскуолатыгар эмиэ алтыспыттар, Афанасий Венераттан биир сыл үөһэ үөрэммит. «Дириҥҥэ үөрэнэ тиийбитим, онно кини комсомольскай тэрилтэ секретара — биир тутаах киһибит этэ, ити сыл күһүн сэтинньи 26 күнүгэр — төрөөбүт күммэр — мин комсомолга киирбитим. Ол күн Афоня миэхэ Фадеев «Молодая гвардия» романын бэлэхтээбитэ» — диэн ахтар.
Афанасий Илларионов Дириҥ орто оскуолатын 75 сыллаах юбилейыгар анаан «Алгыс тыыннаах биһикпит» диэн хоһоон суруйбута билигин ырыа буолан ылланар:
Ханнык да сир килбиэнигэр
Ханыылаһа туруоҥ биллэр.
Үйэлэргэ махтал этиэ
Үөрэнээччиҥ көлүөнэтэ
Ахтар-саныыр
Дириҥмит — Алгыс тыыннаах биһикпит.
«МИН КҮНҮМ, КӨМҮҺҮМ, ТАПТАЛЫМ»
Венералаах Афанасий дьылҕалара да маарыннаһар эбиттэр. Иккиэн ыал улахан оҕолоро,
тулаайах хааланнар кыралары иитиһэр, көрөр-истэр эппиэтинэс кинилэргэ сүктэриллибитэ. Афоня аҕата эрдэ өлөн хаалан, дьоҕурдаах баҕайы оҕо оскуоланы бүтэрээт үөрэххэ барбатах, ийэтигэр көмөлөһөн, холкуоска үлэлии хаалбыт. Дизелист, бухгалтер, кулууп сэбиэдиссэйэ, ырыа учуутала, оройуон хаһыатыгар корректор — барыта кини.
Венера ийэтэ ахсыс оҕотун оҕолонон баран сыыстаран, күн сириттэн эрдэ бараахтаабыт. Онон эдэркээн кыыс дойдутугар Чакырга төннөн кэлэн, балтыларыгар, быраатыгар ийэ оннугар ийэ буолбут. Дьэ бу сылларга эдэр дьон, бэйэ бэйэлэригэр чугасаһан, хардарыта өйөнсөн маҥнайгы таптал истиҥ иэйиитигэр куустарбыттар. Онтон билиигэ- көрүүгэ тардыһыылара баһыйан, сиэттиспитинэн үөрэх туттарса барбыттар. Венера Киргизия Фрунзе куоратыгар библиотекарь үөрэҕэр киирэр дьолломмут. Афоня 1967 сыллаахха сайын экзамен туттарсан улахан конкурсу ааһан, Свердловскай- дааҕы юридическай институт студена буолбута.
Арахсыы-атаарсыы, истиҥ-иһирэх суруктар… Хаһан да умнуллубат 1969 сыл үүнэр дьоллоох дьоро бырааһынньыга. Ол күн Афоня Фрунзеҕа соһуччу тиийэн кэлэн доҕорун соһуппут да, үөрпүт да. Ити сыл сайыныгар эдэр дьон Хайахсыкка 300-н тахса киһилээх уруу тэрийэн аймах-билэ дьоннорун алгыстарын ылбыттар. Сайын бүтэн үөрэхтэрин салгыы Новосибирскайга диэри биир самолетунан көппүттэр. Арахсаары туран иккиэн бииргэ түспүт хаартыскаларын бэйэ-бэйэлэригэр бэрсибиттэр. Афанасий биэрбит хаартыскатын кэннигэр наһаа үчүгэй каллиграфическай буочарынан кэргэнигэр анаабыт хоһоонун суруйбут:
«Кыһыл былааттаах тэтиҥчээним,
Эдэр сааһым эрэлэ! –
Санньыар күммэр тирэхчээним
Буолаар өрүү сэргэстэһэ.
29.08.1969 сыл Якутскай-Новосибирскай-Фрунзе- Свердловскай».
Венера бастакы оҕотун Тамараны Чурапчы Дириҥэр оҕоломмута. Иккис кыыс Лена Покровскайга, аҕалара Дьокуускайга нотариустаан баран, Хаҥаласка судьуйанан ананан үлэлии сылдьар кэмигэр күн сирин көрбүтэ. Онтон кыра кыыс Айта уонна «туйах хатарааччыта» Петя Нерюнгри куоракка төрөөбүттэрэ. үчүгэйдик олордоххо, сыл — хонук. Венера Егоровна Афанасийынаан ыал буолан бииргэ олорбут 28 сыллара түргэнник да элэс гыммыт эбиттэр. Билигин санаатаҕына, хас биирдии бэлиэ түгэн, оҕолор улаатыылара, сиэн оҕо кэлиитэ, үөрүү, кыһалҕа — барыта олох үөһүгэр, үлэ-хамнас күргүөмүгэр ааспыттар уонна доҕорун истиҥ иэйиитинэн, талба талаанынан байытыллан, ырыанан-хоһоонунан доҕуһуолламмыттар.
1986 сыл Нерюнгрига олордохторуна дьахтар күнүгэр Афанасий үлэҕэ ыктаран бэлэх ылбакка, ол сарсыарда эрдэ туран хоһоон суруйбут уонна куукунаҕа көстөр сиргэ ыйаан кэбиспит: «Бэлэҕим бу…!»:
«Мин күнүм, көмүһүм, тапталым» —
Өр да мин бу тылы тумуннум.
Өр да мин ырыаны умуннум,
Мин күнүм, көмүһүм, тапталым.
Сүрэххэ, дууһаҕа иҥмити
Кыбыстар курдукпут аһары,
Күн ахсын, чаас ахсын ахтары,
— Сүрэххэ, дууһаҕа иҥмити…
Венера Егоровна — олус холку, номоҕон, сааһырдар да кэрэ мөссүөнүн сүтэрбэт — Афанасий Петрович холоонноох доҕоро. Поэт музата. Бииргэ олорбуттарын тухары биирдэ киҥир-хаҥыр саҥарсыбакка, салгыспакка арахсыстахтара. Афанасий Расул Гамзатов сонеттарыттан тылбаастара даҕаны үкчү бэйэтин кэргэнигэр анаммыт курдуктар:
Үс кыыспыт илиитэ кырынаас кэриэтэ,
Үлүбүөй сырсаллар илиигэр иилистэ,
Эн эмиэ сонньуйа одуулаан ылаҕын,
Этирбит тириилээх чэрдийбит ытыскын.
Эбэтэр:
Тоҕо эн суһуоххун уһуннук тараана,
Туртайбыт сүүмэҕи саһыара самсыыгын,
Тоҕо бу күһүҥҥү бастакы кырыаны
Торҕо күөх киистэттэн эн илгэ сатыыгын?
Дьыл-хонук киэргэтэн, эн тупсан иһэҕин,
Дьиктиргии көрөбүн билиҥҥи кэрэҕин.
СҮРЭХ ТЭБЭРИН ТУХАРЫ
Сырдык дууһа, дириҥ өй, үтүө майгы. Афанасий Петровиһы кытары үлэлээбит, бииргэ алтыспыт дьоно бары киниэхэ итинник сыанабылы биэрэллэр. Дьиҥ чахчы норуот киһитэ этэ диэн ахталлар, аанньатыгар даҕаны, дьонугар-сэргэтигэр биллибит аата: «Судьуйа Оппуонньа», кэнники сылларга — «Ил Түмэн Оппуонньа». Кини юрист идэтин толору баһылаан, Покровскайга, Нерюнгрига судьуйанан, 1990 сылтан Саха АССР үрдүкү Сэбиэтигэр сокуоннарга отдел сэбиэдиссэйинэн, онтон Саха республикатын бастакы Президенин М. Николаев конституционнай быраапка уонна государстволар икки ардыларыгар сыһыан боппуруоһугар сүбэһитинэн үлэлээбитэ. 1993 сыл ахсынньытыгар Ил Түмэн быыбарыгар кыайыылаах тахсан норуот депутатын мандатын туппута, манна парламент Бэрэстэбиитэллэр Палааталарын председателинэн талыллан, республикабыт государственноһа атаҕар туруутугар сүҥкэн өҥөлөөх.
Кинини кытары Сверловскайдааҕы юридическай институт саҕаттан билсэр доҕоро, биллэр политик Егор Ларионов бэйэтин ахтыытыгар Афанасий нууччалыы да, сахалыы да олус суруксутун, ис- иһиттэн айар талаанын уонна айылҕаттан бэриллибит сокуонньутун бэлиэтиир. Егор Михайлович, Афанасий Петрович (иккиэн парламент Палаа- таларын председателлэрэ этилэр!) араас улахан мунньахтарга хотунан-соҕуруунан сылдьыбытын, төһөлөөх элбэх мөккүөрдэргэ бэйэтин өйүнэн- таһымынан кыайыылаах тахсыбытын, ыраас лиискэ олох саҥалыы сокуон бырайыактарын суруйууларын биир саамай билэр уонна кыттыспыт киһи буоллаҕа дии.
Кини ол быыһык кэмҥэ, олохпут укулаата тосту уларыйар сылларыгар, Сахабыт сирин интэриэһин туруулаһан көмүскээбиттэрин бу курдук ахтар: «Афанасий Петрович курдук муударай, үрдүк таһымнаах профессионал суоҕа буоллар, дьэ, ким билэр, бука, кыра да, улахан да федеральнай сыһыаннаһыылар боппуруостарыгар сыыһалар- халтылар оҥоһуллан, арааһа, сурукпут-бичикпит тууһа суох миин курдук буолуон сөп этэ. Доҕорбут дьоһуннук туттан былаас бары араҥатын кытта холкутук кэпсэтэринэн, билэринэн-көрөрүнэн, ханнык да ыарахан балаһыанньаттан тахсар суолу тобула охсорунан тэҥнээҕэ суоҕа. Ол иһин бары уоскуйан биир санааҕа түмүллэн айымньылаахтык үлэлээтэхпит». «Афанасий Петрович сокуоҥҥа айымньыга курдук сыһыаннаһара. «Үчүгэйдик оҥоһуллубут, табыллыбыт сокуон үчүгэй айымньы, поэма, ырыа курдук», — диирэ. Ханнык да улахан дьыалаҕа бэйэтин сымнаҕас сыһыанын, уйаҕас эйгэтин сатаан киллэрэр, дьоҥҥо тириэрдэр, киһилии тыыннатар дьоҕурдаах киһи, политик этэ», — диэн суруйбут бииргэ үлэлээбит аҕа табаарыһын туһунан Ил Түмэн депутата Александр Николаевич Жирков.
Дьылҕа хаан чулууттан чулуу дьоммутугар кылгас да бириэмэни аныыр. Афанасий Илларионов 1997 сыл күһүөрү сайын атырдьах ыйын 8 күнүгэр сырдык тыына быстыбыта. Дойдум-дьонум туһа диэн үлэ үөһүгэр, политика күргүөмүгэр сырыттаҕа сүрэҕэ тэбэрин тухары… Ол эрэн 55 сыл олорон, элбэҕи да ситиспит, үгүс үтүө дьыалалары оҥорбут, айбыт-туппут эбит. Расул Гамзатов 60 сонета, Сергей Есенин «Персия матыыптара» циклэ, эпическэй поэма «Игорь кинээс туһунан кэс тыл» курдук уус-уран тыл чыпчааллара буолбут айымньылары сахалыы саҥардыбыта — кини көмүс кылаата. Онтон «55 сааспар — 55 хоһоон» диэн бэйэтэ бэлэмнээн хаалларбыт хоһооннорунхомуурунньуга («Уунабы/н сибэкки дьөрбөтүн») өлбүтүн кэннэ күн сирин көрбүтэ.
Олох салҕанар. Оҕолоро улаатаннар, бары бэйэлэрин суолларын-иистэрин булбут дьон, биэс сиэн оҕо аны эһэлэрин аатын ааттатыахтара турдаҕа. Улахан кыыс Тамара классическай гимназияҕа ан- глийскай тыл учуутала, Елена бэйэтэ дьыалалаах предприниматель, Айталина уонна Петр юрист идэтин баһылаан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. «Майгыларынан бары үкчү аҕаларын курдуктар — судургулар, үлэһиттэр, күүс-көмө дьон», — диэн Венера Егоровна оҕолорун туһунан киэн тутта кэпсиир.
Афанасий Илларионов аатын билигин үөрэммит Хайахсытын оскуолата сүгэр. Төрөөбүт түөлбэтигэр быйыл сайын Афанасий Петрович үбүлүөйүгэр анаммыт ыһыах ыһыллыбыта, онно эдэр дьон
кини хоһооннорун ааҕан, ырыаларын ыллаан күрэстэспиттэрэ. Ити курдук, үтүө киһи аата саха-
тын норуотугар үйэлэргэ ааттана туруо!
* * *
Афанасий мин эһэм, кини абаҕата Никита Афанасьевич Илларионов туһунан Венератыгар: «Элбэх абаҕаларбыттан Микииттэ ураты киһи. Мин кини туһунан бүтүн кинигэни суруйуом этэ — талаан баара буоллар. Кини Натаараҕа, бэйэтин аймахтарын эрэ буолуо дуо, үгүс кыамматы-тулаайаҕы өрүһүйбүт киһи», — диэн кэпсиир эбит. Оттон мин, Афанасий Илларионов туһунан «Чолбон» сурунаалга очерк суруйарга ылсан, убайбынаан хойутаан да буоллар ыкса билсэн баран, кини ырыа курдук олоҕун, өлбөт-сүппэт тапталын туһунан хоһоонунан роман суруйуохпун сөп эбит дии санаатым. Талаан тиийэрэ буоллар, бириэмэ көстөрө буоллар…
Зинаида ИЛЛАРИОНОВА,
Россия Суруналыыютары1н сойууһун чилиэнэ.
«Чолбон» №10, 2012 с.