Ыһыах туһунан ыллыктаах тыл

Эдьиий Дора

 Саха эрэ ыһыахтаах. Ыһыах түҥ былыргыттан тардыылаах. Ол сиэрэ-туома түҥ былыргыттан тыыннаах биһиэхэ тиийэн кэлбитэ бу бүтүн норуот духуобунай өйүн-санаатын кыладабыайа, туохха да бэриллибэт баайа-дуола. Баҕарар буоллаҕына, ким да үтүгүннүн, ол эрээри биһиги таһыммытыгар хаһан да тиийэр кыахтара суох. Тоҕо? Тоҕо диэтэххэ, саха ыһыаҕа бу Айылҕа күүһүгэр итэҕэйэр уонна олоҕун онон салайтарар хотугу киһи үгүс үйэ тухары муспут, силигилии ситэрбит барҕа баайын бары араҥата, манна кини олоҕо-дьаһаҕа барыта көстөр, көрдөрүүгэ турар, сылга соҕотохто эрэ буолар улуу түһүлгэ. Ыһыаҕы биһиги хайдах ыһабыт, ол курдук дьылы кыстыыр эбиппит. Сыл устата ыал барыта ити күҥҥэ тиийэргэ, улахан алгыска тиксэргэ эрдэттэн эттиин-хаанныын, өйдүүнсанаалыын бэлэмнэнэр. Ол аата, иистэнньэҥнэроһуордьуттар, мас, тимир, көмүс уустара, ырыа чаҕааннар, тойуксут-оһуохайдьыт бастыҥнара, күүстээхтэр-быһыйдар, сымсалар-мадьынылар, асчыт-күөсчүт чулуулара, сүөһүлээх-бултаах бастыҥнара, сүүрүк ааттаахтар, күрэстэһэр бөҕөстөр, биир тылынан эдэрдиин-эмэнниин бары таҥнан-симэнэн, Айылҕаны кытта бииргэлэһэр, уруйдаһар-айхаллаһар, күөх кэнниттэн кэлэр кыһыҥҥа байдам-сайдам олох буоларын туһугар алҕатар, арчылатар, Үрдүк Күҥҥэ, Мэҥэ Халлааҥҥа, Үрүҥ Ыйга, Үрүҥ Чолбоҥҥо сүгүрүйэр улуу кэмнэрэ бу – Ыһыах.

Ыһыахтыыр бэйэҕэ туһалаах. Ыһыах күн Үрдүкү Айыылартан биһигини арчылаары-алҕаары Айыылар түһэр иччилээх кэмнэрэ үүнэр. Айылҕа бэйэтин күлүгүн биһигинэн сирэйдээн билинэр, көрүнэр кэмэ тосхойор. Бу ураты күҥҥэ тиийиэх биир күн иннинэ олорор Эбэлэрбитин хайаан да илин өттүттэн аһатыахтаахпыт. Ким кыайан киирбэт (кыра оҕолоох, ыарыһах, кыаммат, кырдьаҕастаах дьон диэн баар), ол тиэргэнин да аһатара сөптөөҕүнэн ааҕыллар. Ол аата Айылҕа сокуона этэринэн, эрдэттэн көҥүллэтэн, арчыланан, ыраастанан эрэ баран Ыһыах түһүлгэтигэр үктэниэхтээх эбиппит. Дьиктитэ баар, былыр маннык түһүлгэҕэ киирбэт киһи диэн суох буолар эбит. Ол мээнэҕэ буолбатах, киһи киһиттэн ситимнээҕин быһыытынан, бу ураты күҥҥэ хайаан да бэйэбит кэскилбит, ыччаппыт туһугар ыһыахха киирэр ытык иэспит эбит. Тоҕо? Этэҥҥэ кыстыгы туораары, уйгулаах нүөл дьыл, сымнаҕас сайын кыһын буоларын, от-мас хойуутук чэчириирин, быйаҥнаах-байанайдаах сайын-күһүн үүнэрин туһугар Эбэбититтэн, Айылҕаттан көрдөһөн, сиэринэн-туомунан айах тутан туран, алгыс тылын анаан этиэхтээх-тыыныахтаах эбиппит. Маныаха «кирдээх» эрэ буолуу киһини хааччахтыыр, хонуктара туола илик дьон ыһыахха сылдьаллара булгуччу бобуллар. Кинилэр ити кэм устата Эбэҕэ киирэллэрэ, аһаталлара, ыһыахтыыллара сатаммат. Бу – Айылҕа сокуона. Ханнык да омук сатаан сүһэн ылбат Киһи аймах түмсэр түһүлгэтин холумтанын биһиги омук эрэ сатаан иилээн-саҕалаан ыытарбыт Айылҕабыт маанылаабыт бэлэҕэ буолар. Ыһыахха кэлбит бары омук ыалдьыт эрэ быһыытынан сылдьар кыахтаах. Кинилэр эмиэ биһигини кытта тэҥҥэ ыраастаналлар, эмтэнэллэр, арчыланаллар уонна алгыс ылаллар, өйдөрүн-санааларын байытыналлар. Алгыс кинилэргэ эмиэ тиийэр. Ол иһин кэнники кэмҥэ омуктар, тастан кэлбит ыалдьыттар ордук биһирээн-сөбүлээн, эттэринэн-хааннарынан таайан, анаан-минээн, ааттаан-суоллаан сылдьар буолан эрэллэр. Кэтээн көрдөххө, оннук. Бу – үчүгэйбит. Айылҕабыт холумтаныгар биһиги киһини омугуттан тутулуга суох арчылыыр, алгыыр ытык иэстээх эбиппит. Бу мантан биһиги туохпут да энчирээбэт, көҕүрээбэт, төттөрүтүн, Айылҕа бэйэтин, Эбэлэрбитин ааттатаары, номоххо киллэртэрээри, дьону-сэргэни итинник дьаһайар. Барытын таба туһаннахпытына, аҥаардас эбиллии-табыллыы тосхойор, баарпыт-байанайбыт өссө үрдүкү таһымыгар тахсар. Саха киһитэ билигин сатаан ыһыахтыыр буолла диир оруннаах. Урут ханнык эрэ кэрчик кэмҥэ умнулла быһыытыйбыт, соччо сэҥээриллибэтэх эбит буоллаҕына, билигин ыһыахпыт ис хоһооно урукку чөлүгэр чугаһаата, сиэри-туому тилиннэрии, туһаныы, тутуһуу да үлэтэ күүскэ ыытылынна диэн бэлиэтиир саамай сөп. Ыһыах биһигини барыбытын түмэр, сомоҕолуур ураты күүстээх Ил, Эйэ кэрэһитэ. Айылҕаттан күүстээх дьайыылаах ураты куппут. Бу күн сүргэ көтөҕүллэн, бары кэрэттэн дуоһуйан, баар кыахтан үөрэн, тэптэн, норуот сатабылыттан саҕыллан, ырыаҕа-тойукка кыттыһан сүрэхтиинбыардыын дьүһүйэргэ, саҥаны айарга-тутарга, салгыы сайдарга бэлэм буолар баҕа санааны иитиэйиэхтэнэр дьикти түгэн үүнэр. Ол киһиэхэ барытыгар аһаҕас, алгыстаах уонна абыраллаах. Көҥөнө санааччыларга манныгы этиим: биһиги ыһыахпытын хайдахтаах да омук сүһэн ылар кыаҕа суох. Тоҕо? Айылҕа түҥ былыргыттан муспут утумнаах баайын биир күнүнэн ким да ылар кыаҕа суох, сананыа да суоҕа. Үтүө буолар аакка үтүгүннүннэр. Ол эрээри биһиги Айылҕабыт биэриитин, алгыһын чуо саха киһитэ эрэ уратытык иҥэринэр, ол аайы кини бэйэтин иһиттэн иччилээх дьүһүйүүтэ – улахан иэйии, хаһан да, ханна да хатыламмат, бу тыйаатыр буолбатах!

Ыһыах уратытын өйдүөххэ Сыллата тэрийэр үрүҥ тунах ыһыахпыт ураты күн буоларын быһыытынан дьиҥнээхтик ыһыллыахтаах күнэ-дьыла хаһан да уларыйыа суохтаах эбит. Ол иһин хас биирдии нэһилиэк, улуус сыллата ол чыыһылаттан туоруо суохтаах. Биһиги, Айылҕабыт хаамыытынан олорор дьон, итини кэһиэ суохтаахпыт. Көһөр төрүөтэ биир – аанньата суох иэдээн-быһылаан тахсыытыгар, куһаҕан сурахха-садьыкка эрэ атын күҥҥэ халбарыйар сокуоннаах. Саҥа дьыл куруук биир чыыһылаҕа буоларын курдук буолар, уолгакыыска анаммыт бырааһынньыктар, Үлэ, Кыайыы күннэрэ олунньу 23 уонна кулун тутар 8, ыам ыйын 1 уонна 9 күннэриттэн хаһан да халбаҥнаабаттар. Ыһыах күнэ эмиэ оннук буолуохтаах. Онтубутун бу сыллар усталарыгар уларытан-тэлэритэн аҕай кэллибит. Бу сыыһа. Ол бэйэбит икки ардыгар итинник сыһыаммыт туоһута. Итини сөпкө ырытан, бу күнтэн ыла саҥалыы тэринэн-бэрээдэктэнэн сылдьарбытыгар баҕарабын. «Куһаҕан баҕайы…» Киһи һык гынар маннык түгэнэ баар. «Ээ, куһаҕан баҕайы ыһыаҕы ыстылар», – диэн мөҕүттэр аҥаардаах саҥаны-иҥэни сыл аайы онно-манна истэбит. Ону тохтотуҥ. Биирдэ өйдөөн көрбүппүт, итинник гынан бэйэбитин, ыччаппытын мөҕүттэр эбиппит. Кэлэр кэми тохтотор, быһан кэбиһэр курдук бэйэбитин саҥарынар эбиппит. Онон хаһан даҕаны эстиини-быстыыны ыҥырар «куһаҕан баҕайы ыһыаҕы ыстылар» диэн тылы туттуо суохтаахпыт. Бэйэбит онно кыттыбатах буоллахпытына, тус итэҕэспит-быһаҕаспыт буоларын өйдүөх тустаахпыт. Куһаҕан бити тардымыаҕыҥ, аньыыны оҥорумуоҕуҥ. Ыһыах күн түспүт алгыс, эҕэрдэ, этиллибит этии, үтүө санаа сылдьыбатах да киһиэхэ тэҥҥэ түһэр, ыһыахха сылдьыбыт курдук сананарын туһугар хайаан да кини эбэтин, эбэтэр онно сүүрдэн тиийэригэр табыгастаах тиэхиньикэтэ суох буоллаҕына, тиэргэнин да аһаттаҕына сөп буолар.

Көрдөрүүлээх ыһыах туһата суох Кэнники кэмҥэ ыһыаҕы ардыгар көр, күүлэй уонна күргүөмүнэн сынньаныы, оонньуу эрэ курдук ылыныы баар. Оннук буолуо суохтаах. Аны аҥаардастыы кэлбит ыалдьыттарга болҕомто аһары ууруллан хаалара тастан сүөргүтүк көстөр. Бу турар-турбат, үлэлиир-үлэлээбэт норуот бүттүүн күнэ, кини хаһан да арыыланан хаалыа суохтаах, бары тэҥҥэ тутуллуохтаахтар, ким да матыа суохтаах. Көрдөрүүлээх ыһыах диэн кэлбит ыалдьыттарга эрэ анаан тугу эрэ көрдөрөөрү, бэйэ олохтоох дьонун күөмчүлээн туран оҥоруу суох буолуохтаах. Налыччы, дэлэгэйдик, киэҥник-куоҥнук, ыксала суох ыытыллыахтаах. Хас биирдии түһүлгэҕэ нэһилиэк, улуус ыһыаҕа хатыламмат чопчу, ураты буоларын ситиһиэхтээх. Үтүктээйи ыһыах диэн суох. Олохтоох сир былыр-былыргыттан тутуһар үгэстэрдээх буоларын быһыытынан, онтон туоруур, атын омуктардыы тугу эрэ саҥаны киллэрэн уларыта сатыыр сатаммат.

Сатаан тэрийии суолталаах Эҕэрдэтинэн иэйэр киһи санаатын толору бэйэтэ этиэхтээх. Ол эрээри мустан турар-олорор дьон сылайбатын, сэҥээрэрин курдук тэттиктик, чаҕылхайдык тиэрдэри сатыахтаах, тылын-өһүн эрдэттэн бэлэмнэммит-сааһыламмыт буолуохтаах. Хаһан даҕаны ырааҕынан эргитэн аҕалан аһары уһуннук устуоруйаны барытын кэпсээн, эбэтэр наһаа бытааннык тугу эрэ быһаара сатаан, мунньаҕы санатар курдук этиэ суохтаах. Ыһыахха сылдьыбыт киһи дуоһуйууну ылыахтаах эбит. Оонньуу-көр, оһуохай-тойук, илин-кэлин түсүһэр күрэх барыта иһирэхтик, сатабыллаахтык ыытыллыахтаах. Ол быыһыгар түһүлгэлэринэн аһылык эмиэ чуолкайдык тэриллиэхтээх, киһи бары тиксэр, талбытын амсайар курдук эрдэттэн дьаһаллыахтаах. Ыһыах кэмигэр байтаһын сүөһү, ынах, сылгы булгуччу туттуллуохтаах. Тоҕо диэтэххэ, дэлэгэйдик астаан-үөллээн, туттан-хаптан тэрийиэхтээхпит. Ити хайаан да тутуһуллар туом.

Эбэни киртитэр – түктэри кэмэлдьи Ыһыах күн куйаас түстэр эрэ, оҕолуунулаханныын бары эбэҕэ чомполонон сөтүөлээн барар үгэстэммиттэрэ сыыһа. Бу күн ким даҕаны эбэ уутун уйгуурдуо, салгынын сатарытыа, киртитиэ суохтаах. Ити улахан сиэр, ону кэһэр табыллыбат. Онон бобуу-хаайыы баар буолара ирдэниллэр. Ууга киирэр сирдэри эриэн лиэнтэнэн бүөлүү тардан баран, сэрэтэр сурук ыйаныллыахтаах.

Саламаны ыйыыр сиэри тутуһуҥ Ыһыах туома сокуон курдук буолуохтаах, санаатаҕыҥ аайы уларыйбат. Олортон биирдэстэрэ – саламаны ыйааһын. Саламаны таптаабыт сиргэ, талбыт сэргэҕэ ыйыа суохтаахпыт, ыһыах эрэ күн көҥүллэнэр. Ыһыах бүппүтүн кэннэ үс хонук иһинэн-таһынан сүөрэн, туһунан ууран-харайан кэбиһиэхтээхпит. Ити – Айылҕа ирдэбилэ. Хайдах курдук тэрээһиҥҥэ үлэлээбиппитий, сол курдук төттөрү хааҕа түһүөххэ диэри барытын ыраастыахтаахпыт, ханан даҕаны улахан ыһыах буолбатаҕын курдук оҥоруохтаахпыт. Ол кэнниттэн «суолбутун саптан» булгуччу Эбэни аһатыахтаахпыт. Ол аата далыҥ аанын сабыллыахтаах, хаһан даҕаны аһаҕас хаалларыллыбат. Харыстыырбыт ирдэнэр.

 Өссө биир түгэн. Ыһыахтыыр сир иһин-таһын, түһүлгэтин уйгуурдуо, санаатах аайы көрөөрү-истээри диэн онно сылдьыа суохтаахпыт. Ыһыах кэнниттэн ким даҕаны, ордук ыччат дьон, онно баран күүлэйдиирэ, түүннэри мустан оонньуура, араас тиэхиньикэнэн сүүрдэрэ, ыһыытаан-хаһыытаан салгынын уйгуурдара көҥүллэммэт. Бу – ытык, иччилээх сир, барыбыт холумтаммыт, кэнэҕэски олохпут төлкөтө тутулуктанар түһүлгэтэ буоларын умнумаҥ. Алгыс араастаах «Ыһыаҕы тоҕо алҕаабатый?» диэн миигин билбэт дьон ыйытыытыгар манныгы этэбин: алгыс араастаах буолар. Арай эрэ таҥнансимэнэн аал уокка ас куппут киһи алҕаата диэн ылынар арыый да кыараҕас өйдөбүл. Мин, сахалыы дьарыктаах киһи, Дьокуускай куорат ыһыаҕын былырыын 25-с сылбын арчылаабытым, туох баар хара үлэтин оҥорбутум. Ону мин үлэлиирбэр тэҥҥэ сылдьыбыт эрэ дьонум билэллэр. Бэйэм итини-маны оҥордум диэн хаһан да түөспүн охсумматах киһибин. Ити олус улахан үлэ, ол тутуһуллар сиэрэ эмиэ кытаанах: кэпсээн-ипсээн ыһыахтанар буоллахха, субу алҕаан-арчылаан үлэлээбиккин ситинэн ыстаҕыҥ ол. Дьокуускай ыһыаҕа Үс Хатыҥ сиригэр кэлиэҕиттэн биир да сыл тохтообокко арчылаан кэллим. Эргэ ыһыахтыыр сиртэн саҥа сиргэ көһүү туомугар Нина Протопопова уонна Альбина Поисеева кыттыбыттара. Үс Хатыҥҥа аан бастаан ыһыах ыһылларыгар сэргэлэри оҥорууга Вильям Яковлевтыын биир өйгө-санааҕа кэлбиппит эмиэ баара. Оччолорго да, билигин да ыһыах тэрээһинэ этэҥҥэ ааһарын туһугар арчылыыр туому олус бэркэ билэр, сүрэхтэринэн иэйэр дьон баар. Бу сыллар устата олохтоохтук, дьаныардаахтык дьарыктаммыт, куорат дьаһалтатыгар өр сылларга култуураны салайбыт Антонида Корякина, Лариса Андреева ыһыах ыһыллар бары ымпыгын-чымпыгын дириҥник үөрэппит, өйдөөбүт дьонунан буолаллар. Былырыын саҥа састаабы кытта билсэн, өйдөһөн, ыһыах буолуон инниттэн ирдэниллэр кэмигэр барытын силигин ситэрбиппит. Үсбиэс күн иннинэ арчылааһын сиэрэ-туома оҥоһуллар. Дьааһыгынан арыы, лаҕаанынан алаадьы, лаҕаанынан лэппиэскэ, уопсай үрүҥ ас барыта, сэргэ аттыгар эҥин буолбатах, ыһыах буолар түһүлгэтигэр, хабыллар хаба ортотугар ууруллар. Ити – улахан туом. Онно миигинниин түһүлгэлэринэн тэҥҥэ хаамсыбыт ыччаттарбын эмиэ арчылыыбын. Улахан сиэри-туому оҥорбут, алҕаабыт киһи Ыһыах буолар күнүгэр, сиэр быһыытынан, түһүлгэҕэ хаамара табыллыбат. Кини бу ыһыах этэҥҥэ ааһарыгар салгынын суулаан тутан олорор. Мин кутум ирдэбилэ, тутуһуллар сиэрэ итинник. Кытаатыҥ, ыһыаҕы ыһыҥ, арчыланыҥ, этэҥҥэ буолуҥ диэн алгыыбын.

Эдьиий Дора

Чолбон. – 2023. – Бэс ыйа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар