В.Н. ПРОТОДЬЯКОНОВ КЭРИЭҺИГЭР УУС-УРАН ЛИТЕРАТУРА КИРИИТИКЭТИГЭР САБЫЫЛААХ КҮРЭС

1. СҮРҮН ТОРУМ:

1.1. «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литературатын кириитикэтин историятын чинчийээччи, уус-уран литература кириитигэ В.Н. Протодьяконов аймахтарын өйөбүллэринэн, кини кэриэһигэр уус-уран литература кириитикэтигэр сабыылаах күрэс биллэрэр;

1.2. Күрэскэ уус-уран литература биир уустук уонна ураты салаатыгар – уус-уран кириитикэҕэ саха билиҥҥи суруйааччыларын уонна билиҥҥи уус-уран литература сайдыытын анаарар, тосхоллуур үлэлэр көрүллэллэр;

 1.3. Күрэскэ кыттааччыга сааһынан, айар-чинчийэр таһымынан хааччах суох.

2. КҮРЭС СЫАЛА-СОРУГА:

2.1. П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, ХИФУ доцена, саха уус-уран литератураҕа кириитикэтин историятын чинчийээччи уонна саха уус-уран литературатын кириитигэ В.Н. Протодьяконов кэриэс санааларын, көрүүлэрин үйэтитии, тарҕатыы;

2.2. Саха уус-уран литературатын кириитикэтигэр саҥа тыыны киллэрэн сэргэхситии, сайыннарыы;

2.3. Саха уус-уран литературатын кириитикэ хараҕынан көрөн, сыаналаан билиҥҥи ааҕааччыга тиэрдэн саха аныгы литературатыгар уонна сахалыы уус-уран ааҕыыга көҕү уһугуннарыы;

 2.4. Саха уус-уран литератураҕа кириитикэтинэн дьарыктанар ааптардарга өйөбүл буолуу, литература кириитикэтигэр саҥа дьон сыстарыгар, идэтийэригэр кыах биэрии.

3. ИРДЭБИЛ:

3.1. Күрэскэ киирэр үлэ 2000 сылтан билиҥҥэ диэри кэмҥэ тахсыбыт саха уус-уран литературатын жанрыттан тутулуга суох бары айымньыларын, кинигэлэрин хабыахтаах уонна аныгы суруйааччыларга тирэҕириэхтээх;

3.2. Үлэ сүрүн идеята, тосхоло, туһуламмыт кыһалҕата толорутук, итэҕэтиилээхтик арыллыахтаах уонна уус[1]уран литература кириитикэтин ирдэбиллэригэр сөп түбэһиэхтээх;

3.3. Үлэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар туһуланыахтаах;

3.4. Күрэскэ киирбит үлэлэр ааптардара псевдонимынан кытталлара, онтон туспа файлга олорор аадырыс[1]тарын, төлөпүөннэрин нүөмэрин, электроннай аадырыстарын толору ыйан ыыталлара булгуччулаах.

4. ҮЛЭНИ КИЛЛЭРИИ СИЭРЭ:

 4.1. Үлэни күрэс балаһыанньата бэчээккэ тахсыбыт күнүттэн 2023 сыл сэтинньи 30 күнүгэр диэри бу аадырыска: е-mail: redcholbon@mail.ru ыытыҥ, эбэтэр 677000, Дьокуускай к., Орджоникидзе уул. 31, 114 хоско электроннай носительгэ уган аҕалан биэриҥ;

4.2. Киирэр үлэ ханна да бэчээттэммэтэх, эрдэ сыаналамматах уонна атын күрэскэ кытта илик буолара булгуччулаах;

 4.3. Күрэс ирдэбилигэр сөп түбэспэт үлэ көрүллүбэт.

5. КЫАЙЫЫЛААХТАРЫ БЫҺААРЫЫ УОННА БЭЛИЭТЭЭҺИН:

5.1. Кыайыылаахтары быһаарар Дьүүллүүр Сүбэни «Чолбон» уус-уран литература сурунаалын бас эрэдээктэрэ бигэргэтэр;

5.2. Бастыҥ үлэлэр Дьүүллүүр Сүбэ быһаарыытынан анал дипломунан, сыаналаах бэлэхтэринэн на[1]ҕараадаланыахтара уонна «Чолбон» сурунаалга бэчээттэниэхтэрэ. Наукалыы таһымнаах идэтийбит лите[1]ратуроведтар үлэлэрэ анал бирииһинэн бэлиэтэниэҕэ;

5.3. Күрэс түмүгэ 2023 сыл ахсынньытыгар тахсыаҕа, кыайыылаахтары бэлиэтээһин анал биллэриинэн чопчуланыаҕа.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар