(Валентина Гаврильева «Күһүн таптала», «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн» айымньыларынан)
Валентина Николаевна Гаврильева 1970-с сылларга «Күһүн таптала», «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн», «Суол» диэн олус интэриэһинэй социальнай-психологическай сэһэннэри суруйбута. Оччотооҕу кэм сытыы кыһалҕаларын араас дьылҕалаах дьахталлар уобарастарынан көрдөрбүтэ. Ааптар персонаж ис эйгэтин психологическай ойуулааһыннар, бииртэн биир санааҕа көһүү, монолог уонна ураты сюжет көмөтүнэн тиэрдибитэ. Ааҕааччыны умсугутар ураты истииллээх суруйааччы буоларын дакаастаабыта.
Үлэбитигэр литературовед А.Б. Есин уус-уран ымпык (деталь) туһунан быһаарыытын тутустубут. Валентина Гаврильева «Күһүн таптала», «Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн» айымньыларыгар уус-уран ымпык уратыларын көрдүбүт: сүрүн символ-ымпыктары араарыы уонна уобарастар характердарын тиэрдиигэ оруолун арыйыы, атын уус-уран ымпыктары булан, характеристика оҥоруу, герой туругун арыйар ымпык өҥ көмөтүнэн эбии дэгэттэнэн, суолтата күүһүрэн биэрэрин быһаарыы.
Уус-уран ымпык айымньы быстыспат сорҕото, сиһилээһини көрдөрөр диэххэ сөп. А.Б. Есин «Принципы и приемы анализа литературного произведения» кинигэтигэр маннык быһаарбыт: «Уус-уран ымпык диэн ойуулуур эбэтэр көрдөрөр уус-уран бытархай: пейзаж эбэтэр мэтириэт элеменэ, туспа мал, быһыы, уйулҕа уларыйыыта уо.д.а.» [1, с. 75]. Ымпык хайаан да бэйэтигэр болҕомто тардар уонна быһааран көрүүтэ суох ыыппат.
Гаврильева дьахтар психологиятын олус дириҥник арыйбыт, литературнай бытархайдары (деталлары), монологтары кыайа-хото тутан уобарастары айбыт прозаик [2, с. 1]. Кини, психолог суруйааччы буоларын быһыытынан, геройдарын психологическай туруктарын, ис дууһаларын арыйарыгар элбэх уус-уран ымпыгы туттар.
Ол курдук, «Күһүн таптала» сэһэҥҥэ 10 уус-уран ымпык (иккитэ символ-ымпык) 18-та туттулларын бэлиэтиибит. Геройдар характердарын маннык ымпыктар көмөлөрүнэн тиэрдэр:
• Сүрүн символ-ымпыгынан Лукерья куоска быстыбыт кутуруга буолар. Бу ымпык Айта характерын арыйар: кэргэнин Мишаны уонна биир дойдулааҕын, дьүөгэтин Аананы аанньа ахтыбат. Айтаны кутуруга быстыбыт Лукерьяны кытта тэҥниибит. Лукерья маҥан, ол эрээри кутуруга уонна атахтара харалар – ол кэргэнэ Миша уонна дьүөгэтэ Аана буолуохтарын сөп. Кинилэр Айта эҥкилэ суох буоларыгар эбиискэ буолар курдуктар. Быстыбыт кутуруга суох, ол эбэтэр кэргэнэ суох, кини холкутук олоруон сөп. Символ энциклопедиятыгар куоска уобараһын кубулҕаттаах, албын-көлдьүн кыыл диэн быһаараллар.
• Аана Айтаны кэргэниттэн араара сатаабытын туһунан заявлениета эмиэ уус-уран ымпыкка киирсиэн сөп уонна Айта бэйэтин сыалын ситиһэрин туһугар доҕотторун да, кэргэнин да кэрэйбэтин быһаарар.
• Иккис символ-ымпык – талах. Тымныыга соҕотох туран кыыкыныыр талах Аана ис туругун сирэйдиир. Онно даҕатан эттэххэ, кини бу талаҕы санааҕа баттаппыт кэмигэр өйдөөн көрөр (сымыйанан балыйыы, эһээтин уҥуоҕар).
• «Золотой ключик» кэмпиэти атыылаһыы түгэнэ Айта бэйэмсэҕин туоһулуур. Бу түгэҥҥэ кутуругар аахайбат Лукерья курдук доҕотторун таҥнарбыта көстөр.
• Суруйааччы уус-уран ымпыктарыгар күөх уонна кыһыл өҥнөрү сөбүлээн туттар эбит: чэчирдэр, кыһыл сэлээппэ, кыһыл чүөсэҥкэ, кыһыл вино, күөх былаачыйа, күөх плющ сон. Гаврильева герой характерын уонна туругун арыйар ымпыктары өҥ көмөтүнэн эбии дэгэттээн, суолтатын күүһүрдэн биэрэр. Айта уонна Аана кыһыл таҥастарынан уопсастыбаттан чорбойоллорун, Миша, кыһыл вино иһэн, хорсун санааны ылынарын, чэчирдэрдээх аллея – сымыйа олох бырааһынньыгын көрдөрөллөр.
«Акаары дьахтар туһунан кыра сэһэн» айымньыга ымпыктар Даайа майгытын, ылыммыт быһаарыныыларын, атын геройдар олохторун көрдөрөр суолталаахтар.
• Сүрүн символ-ымпыгынан кинигэни бэлиэтиибит. Сэһэн сүрүн геройа Даайа, библиотекаҕа үлэлиирин быһыытынан, кинигэ айымньы тухары элбэхтэ көстөр. Даайа ааҕааччыларыгар бэйэтин интэриэһинэн кинигэ аҕаларыгар сүбэлиир. Кини көмөтүттэн ким эрэ аккаастанар, ким эрэ сүбэ көрдүүр курдук. Холобур, Матаһыйар Маайа киниттэн таптал туһунан кинигэтэ булаар диэн көрдөһөрүттэн, Маайа тапталын көрсө илик диэн этиэхпитин сөп. Онтон эдэр Настаа кэргэнэ куоракка сырыттаҕына Арамаанныын көрсүүлэһэрин кини детективи ааҕарыгар тэҥнии тутабыт. Кинигэ жанрын көмөтүнэн атын геройдар олохторун көрдөрөр диэн быһаарыахпытын сөп.
• Сүрүн символ-ымпык таһынан, биирдэ эмэ көстөн ааһар ымпыктар бааллар. Холобур, ньургуһун. Сахалар өйдөбүллэринэн, ньургуһун – тоҥ буору тобулан тахсар хорсун сибэкки. Геральдикаҕа аан дойдуга баар ханнык да уйан, нарын сыалын ситиһэригэр күүстээх буолуон сөп диэн быһаарыллыбыт. Даайа сэһэн саҕаланыыта ньургуһун курдук буолуоҕун биллэрэр эбит буоллаҕына, кэнники ол баҕа санаата уҕарыйар. Бу уус-уран ымпык Даайа киһи быһыытынан уларыйыытын ыйар суолталаах.
• Өссө биир Даайа олоҕун көрдөрөр уус-уран ымпыгынан оҕо эрдэҕинэ оронун үрдүгэр ыйанан турбут күөх-кыһыл өҥнөөх төгүрүк оонньуур буолар. Төгүрүк – кэскил символын быһыытынан суруллар. Өскөтүн бу төгүрүгү Даайа кэскилин быһыытынан ойуулаан көрөр буоллахпытына, Даайаны үчүгэй да, куһаҕан да түгэннэр (кыһыл уонна күөх өҥнөрүнэн) кэтэһэллэр.
• Даайа дьон саҥатыгар киирэн биэрэрин Настааҕа албыннатан хара перчатканы атыыласпыта туоһулуур. Перчатка хара үлэни үлэлээбэт үрдүк дуоһунастаах киһи символынан ааҕыллар. Онтон хара өҥө албыны кытта сибээстээх.
• Сүрүн герой дьиэтин ортотугар турар ыскааба – Даайа кэргэнин өттүттэн ис эйгэтигэр болҕомто тардар баҕата буолуон сөп. Кэргэнэ Сүөдэр ыскаап үрдүгэр сытар докумуоннара кини кэргэнин ис эйгэтинээҕэр үлэтин үрдүктүк тутарын көрдөрөр курдук буолан тахсар.
• Сүөдэр кинини акаары дьахтар диэн ааттааччы. Даайа кэргэнин өттүттэн инник сыһыаны уларытар баҕалаах уонна кыһыл сибиитэрэ бэлэхтиэх буолар. Таҥас күүһү, олох эрчимин (энергиятын) түмүүнү сирэйдиир. Оттон кыһыл өҥүнэн бэйэ кыаҕар эрэлин күүһүрдэн биэрэр. Даайа уларыйарга бигэ эрэллэммитин көрдөрөр.
• Салгыы кыһыл сибэкки туох да кыһалҕата суох уһулуччу олоххо көҕүлүүр күүһү (стимул к идеальной жизни) бэлиэтиир. Айымньыга Даайа сууллаары турар хотоҥҥо кыһыл муннук тэрийэр, кыһыл сибэккини түннүк аттыгар уурар уонна аһаҕас хаалларар. Ону арыллыбыт түннүгүнэн борооску сиэн кэбиһэр. Ол аата Даайа бэйэтин быһаарыныытынан үчүгэй, кыһалҕата суох олоҕуттан аккаастаммыт буолуон сөп. Алҕаска да буоллар, уларыйыыларга утары барарга бэлэмин бэлиэтиир суолталаах.
Даайа оҕо эрдэҕиттэн барытын, этэргэ дылы, «розовай ачыкы» нөҥүө көрө сылдьыбыт. Барыта, ааспыт барыта, саадьаҕай борооску сиэн кэбиспит сибэккитин курдук, барыта суох буолбут [5, с. 60]. Бу этиинэн суруйааччы Даайа уларыйарга санаммытын, урукку туох да кыһалҕата, куһаҕана суох олоҕун кытта быраһаайдаспытын эппит буолуон сөп. Эрдэтээҥҥи олоҕу көрүүтүн уларытар, саҥа киһи буоларга – «уһуктарга» быһаарынар.
Онон, бу икки сэһэн уус-уран ымпыктарын суолтатын үөрэтэн баран түмүктээтэххэ, Валентина Гаврильева сэһэннэрин геройдарын психологическай туруктарын, майгыларын-сигилилэрин, сыһыаннарын, олохторун даҕаны уус-уран ымпык көмөтүнэн быһаарар.
Сэһэннэргэ көстөр символ-ымпыктар айымньы устатын тухары хатыланаллар уонна ураты миэстэни ылаллар, айымньы идиэйэтин тута сылдьаллар диэн бэлиэтээтибит.
Атын уус-уран ымпыктар сүрүн геройдар характердарын, олоххо позицияларын уонна бэйэлэрин икки ардыларынааҕы сыһыаны арыйар суолталаахтар.
Валентина Гаврильева герой характерын уонна туругун арыйар ымпыктары өҥ көмөтүнэн эбии дэгэттээн, суолтатын күүһүрдэн биэрэр дьоҕурдаах.
Татьяна АНДРОСОВА
«Чолбон» 8-с №-рэ, 2020