УМНУЛЛУБАТ БҮТЭҺИК ЧУОРААН

(Суруйааччы күннүгүттэн)

Бэйэбин бэйэм туораттан көрүөхпүн баҕарабын. Мин туспунан атын дьон эппиттэрэ уонна бэйэм санаам атыласпат буоллахтарына, мин кимминий?..

Ааптар.

Надо учиться в школе, но еще больше надо учиться по выходе из школыт

Д. Писарев.

1960-1961 сыллардаах үөрэх дьыла саҕаланна. Онустар оскуолабытын бүтэрэр сылбыт. Үөрэҕим бастакы күнүттэн саҕалаан, түмүктэниэр диэри күннэтэ туох буолан ааһарын бэлиэтэнэн иһэр күннүкпүн саҕалаатым. Барытын кырдьыгынан уонна буолбутунан суруйуоҕум. Дьикти баҕайы, бу күннүкпэр, бэйэбин туораттан көрүөхпүн уонна билиэхпин баҕарабын. Төһөтүн да иһин, толорбут күннүкпүттэн олоҕум толору көстүбэтин билэбин. Мин манна ситиспиппин, хайҕаммыппын буолбакка, муммут-тэммит, күннэтэ куоттарбыт, хомойбут-хоргуппут, ардыгар, буруйдаммыт-сэмэлэммит суолларбын бэлиэтэниэҕим. Бэйэбэр кытары туоратык көстүбүт, өйдөөбөтөх уонна ылымматах суолларбын суруйуохпун баҕарабын.

Бүгүн балаҕан ыйын 1 күнэ.

Оскуола үөрүүлээх линейкатыгар, саҥа ананан кэлбит директор, Авксентий Терентьевич Андросов, учууталларбыт эҕэрдэлээтилэр уонна быйыл оскуоланы бүтэрээччилэргэ ситиһиилээх үөрэҕи баҕардылар. Саҥа директор, саар тэгил уҥуохтаах, арыы саһыл хааннаах, хайдах эрэ ис иһиттэн мүчүҥнээн ылар. Таатта Баайаҕатыттан төрүттээх үһү. Урукку директорбыт Иннокентий Петрович Заморщиков оройуоннааҕы партия комитетын идеологияҕа секретарынан анаммыт. Саҥа үөрэх дьылынан үөрэнээччилэри уонна учууталлары эҕэрдэлээри райсовет председателэ Георгий Павлович Багынанов кэлбит. Кини, биология учууталын, Анастасия Денисовна Софронованы, РСФСР үтүөлээх учуутала буолбутунан эҕэрдэлээтэ. Анастасия Денисовна, манна үлэлии кэлиэҕиттэн, Булгунньахтаах оскуолатааҕы учаастагын сыллата кэҥэттэрэн хас да гектардаах сир оҥотторбута, теплица туттарбыта. Оҕуруот араас аһын олордон, оскуолабыт сыллата үрдүк үүнүүнү хомуйар.

Биһиги үөрэнэ олороммут түннүгүнэн уораһыйбыт улуу өрүс дьалхааннаахтык устарын күннэтэ көрө- бүт. Өрүс үөс кумаҕар сааһын, сайынын тыыраахылар айманаллар. Өрүс кытылын батыһа оскуола учаастага тэнийэн барар. Үөрэнэ олороммут, түннүгүнэн, оҕуруокка үлэлии сылдьааччылары көрөбүт. Анастасия Денисовна күһүн уонна саас биология уруогун үксүн айылҕаҕа уонна теплицаҕа ыытар. Ким өрүстэн уу баһан таһаарар, ким оргутар, ким буор таһар, сиксийэр-ыраастыыр, ким үүнээйи, ким мас олордор, сорох буор түөрэр, сорохторо араскы тардыахтаах үүнээйигэ буор көһүйэлэри оҥорор. Үөрэнээччи элбэх харахтардаах халыыпка хара буору кутан чиҥэтэн баран, ортотугар харахтыыр. Ол кэнниттэн куурдан, хатаран бараннар сиэмэ түһэрэллэр. Аҕыйах хонугунан үүнээйи бытыгыраан тахсар.

Сааһыгар үлэттэн атыны билбэтэх, холку майгылаах, аҕыйах саҥалаах, Анастасия Денисовна соҕотоҕун олорор, үөрэнээччилэри, юннаттары батыһыннара сылдьан араас үүнээйилэри, үөннэри хомуйан көрдөрөр, билиһиннэрэр. Иитиллээччитэ үлэттэн, үөрэхтэн сүрэҕэ тэппэтэҕин, улдьаарарын биллэҕинэ, кэпсээн иһэн тохтоон, киниттэн кэлэйэн, халты көрөн кэбиһэр. Оччоҕуна, ордук, бэйэҥ хомойоҕун.

Мин көрдөхпүнэ, сайыҥҥы сынньалаҥнарыгар табаарыстарым улаатан төлөһүйэн хаалбыттар. Арай мин эрэ улааппатахпын. Ахсыска тахсарбытыгар биһигини «а» уонна «б» кылаастарга араар- таабыттара. Инньэ гынан испитигэр арахсабыт. Мин «б» кылааска үөрэнэбин. Бүгүн онус «б»- ларга бастакы уруогунан история предмета буолла. Эмиэ уруоктар уонна күннэтэ туруоруллар сыаналар саҕаланнылар. Дьикти баҕайы, мантан инньэ эн хайдаххын ол сыаналарынан быһаарыахтара. Учууталларбыт үчүгэй сыанаҕа үөрэнэр оҕолорго сыһыаннара олох атын. Кинилэр ытыс үрдүгэр уонна холобурга эрэ сылдьаллар. Онтон атыттар күлүккэ хаалабыт.

Мин перемена быыһыгар көрүдүөр түннүгэр сыстан турарбын сөбүлүүбүн. Билигин көрдөхпүнэ көрүдүөр истиэнэтэ сыгынньах турара оскуолабыт иһин олус дьүдьэтэр эбит. Сотору нэдиэлэтээҕи үөрэх расписаниета, араас биллэриилэр, кылаас хаһыаттара, күннээҕи дьуһуурустуба уонна үөрэх ситиһиитин көрдөрөр экраннары дьэргэтиэхтэрэ. Көрүдүөрү туора быһа уонна хас муннук ахсын улуу дьоннор этэн кэбиспит тыллара суруллубут плакаттара ыйаныахтара. Мин ол дьон эппит этиилэрин таптаан ааҕабын уонна үксүлэрин өйбөр хатаан сылдьабын. Чехов: «Киһиэхэ барыта кэрэ буолуохтаах: көстөр дьүһүннүүн, таҥнар таҥастыын уонна саныыр санаалыын», — диэбит эбээт!

Итинник саныы турдахпына, уолаттар кэтиэлэһэ сылдьаннар, тоҥолохпунан түннүк тааһын алдьаттым.

  • Ким түннүгү алдьатта? — дьуһуурунай учуутал айдаара түстэ. Уолаттар кыккыраччы мэлдьэһэн кэбистилэр уонна миигин ыйдылар. Кинилэр оннуларыгар бэйэм кыбыһынным.

Учуутал:

  • Ким да буруйа суох буоллаҕына, оччоҕуна, ким оҥорор? — мөҕөн барда.

Мин туораттан уолаттары аһынным:

  • Мин оҥоруоҕум… — буруйу бэйэбэр ылынным. Ол күн дьиэлэнэн олорор ыалбыттан, түннүк тааһа быһан биэрэригэр көрдөстүм. Николай Семенович аймаҕым эрээри, киниттэн үксүн толлобун. Олус бисээл уонна бириинчик киһи. Туох диэн турара биллибэт. Ол да буоллар син-биир көрдөс- түм. Киһим хара ааныттан:
  • Ак-каары башкаа, үөрэнэ да иликкиттэн оскуола түннүгүн алдьатаҕын дуо? Өстүөкүлэ да сыаналаах буолар баҕайыта!

Кини миигин итинник сэмэлии түһэн баран, тааспын быһан биэрдэ. Ону аҕаламмын оннугар олортум. Испэр кыһыйбытым иһин, таспар таһаарбаппын. Мин, Николай Семеновичтаахха, сэттис кылаастан ыла, күһүн ахсын, интернакка ылыллыахпар диэри дьиэлэнэбин. Ылыллыбатах сыл- ларбар, кыстаан даҕаны олоробун.

Балаҕан ыйын 2 күнэ.

Саҥа үөрэх дьылынааҕы бастакы общественнай сорудахпын ылан, кыһыл таҥаһы араамаҕа тиирэн, плакат суруйдум. Ханнык да идэтэ суох оҕолор иллэҥ кэмнэрэ элбэх буолар. Кинилэри ким да соруйбат. Бэйэлэрэ даҕаны хайдах эрэ сатаан аккаастаналлар. Мин кинилэри ордугургуубун дуо?

Куотунары, мэлдьэһэри, албынныыры бэйэбэр ыарыылаахтык ылынар буоламмын үлэҕэ элбэхтик түбэһэбин. Баҕарбатарбын да эмиэ толорорбор тиийэбин. Бүгүн былыта суох ыраас чаҕылхай күн.

Икки кылаас холбоһон үөрэннибит. Нуучча тылыгар саҥа учуутал кэлбит. Бэйэтин аатын билиһиннэрбэтэ эрээри, биллибит, Евдокия Егоровна диэн эбит. Кини тас тутта сылдьарыттан даҕаны, дьэбидийэн киирбитэ. Ол, учуутал идэтэ кинини үөрдүбэтэҕин, тугунан даҕаны дьоллооботоҕун көрдөрөрө. Сурунаалыттан ааҕан кэриччи ааппытын-суолбутун ыйыталаһан барда. Ол ыйыталаһар кэмигэр, кэпсэтэ олороннор, бастакы сэрэтиини онус «а» кылаастан Иванов Гоша, биһигиттэн Лукин Эдик ыллылар.

Биһиги онус «б» кылааспыт салайааччыта Елена Даниловна биология уруогар ким хайдах сынньам- мытын, сайын устата хас кинигэни аахпытын ыйыталаста. Миэхэ диаграмма уонна таблица оҥор- торо биэрдэ.

Оскуолаҕа бүтэһик сылбын үөрэнэбин диэн санаатахпына, долгуйабын уонна ийэлээх аҕабын үөрдүөхпүн баҕарабын. Миэхэ оскуолам туһунан хайдах эрэ олус үчүгэй уонна олоҕум устата сүппэт-оспот өйдөбүл хаалбыт. Учууталларым кэпсииллэрин истибитим, бэлиэтэммитим иһин, миэ- хэ уруккуттан кыайтарбатах предметтэрим элбэхтэр. Ордук алгебра, физика, нуучча тыла. Онус кылааһы бүтэрэрим эбитэ буоллар, бастыҥ баҕабын толорбут саҕа сананыах этим.

Күнү хайдах туһалаахтык атаарыахха сөбүй? Оннук атаарбыт күннэрим: хоһоон тыллара тахсыыта, кинигэттэн үчүгэй түгэни түбэһэн ааҕыы, кыра да туһалааҕы оҥоруу. Көрүнэн-нарынан ааспыт күннэрим суохтар. Атыттар оннук ыыппыт күннэрин өргө диэри кэпсээн оҥосто сылдьааччылар.

Балаҕан ыйын 3 күнэ.

История учуутала Дмитрий Иванович ааспыт уруогар биэрбит сорудахтарын хомуйда. Мин сөбүлүүр, таптыыр диэхпин тоҕо эрэ туттунабын, уруоктарбыттан биирдэстэринэн история уруога буолар. Дмитрий Иванович дьодьоҕон уҥуохтаах буолан баран, бэйэтин хайаан даҕаны, баардаах сириттэн кэлбит киһилии туттар. Көрүдүөрү ортотунан уҥа илиитин кэннин диэки тиэрэ дайбаан, хаҥас саннын өрө сүгэн, хаһаайынныы хаамыталыыр. Кылааһыгар киирэн, олоппоһугар олорбокко, бастаан, бинсээгин хаҥас сиэҕиттэн харытын эрийэ тутан таһааран, боччумнаах баҕайытык чаһытын көрөр. Ол аата кини, биһиги хаһан чуумпурарбытын кэтэһэр. Ол кэнниттэн сэниэтэ суохтук дорооболоһон, олордотолуур. Итинэн кини биһигини бэрээдэктиир, өр чуумпурбатахпытын сөбүлээбэтэҕин биллэрэр. Ол кэнниттэн дьиэтээҕи сорудахпытын ыйытыыга киирэр. История уруога мэлдьи көхтөөхтүк барар. Дмитрий Иванович саҥа тиэмэни барар буоллар эрэ хайаан даҕаны былаан уонна таблица оҥорторор. Итинник бэйэтэ туспа ньымалаах. Кини дуоскаҕа суруйан биэрбит былаанынан туһанан дьиэтээҕи сорудаҕы үөрэтэргэ уонна толорорго сүрдээх үчүгэй. Учууталбыт дуоскаҕа суруйбутунан сирдэтэн бэйэбит эмиэ таблица оҥоробут.

Дмитрий Иванович, өссө былырыын биһиэхэ:

  • Сэбиэскэй Сойууска түөрт уон сыл иһигэр социализм букатыннаахтык кыайда. ССКП уоча- рата суох XXI сийиэһигэр сайдыылаах социализмы тутуу саҕаланна. Бүттүүн сэбиэскэй дьон олоҕо биллэрдик өрө көтөҕүлүннэ, көлөһүннүүр кылаастар букатыннаахтык эһиннилэр, тыа сирин үлэтин механизациялааһын түмүгэр рабочай кылаас уонна колхозтаах бааһынай чугасаһыылара таҕыста. Социализм букатыннаахтык кыайан, аны аан дойду империализма биһиэхэ суоһурҕаныа суоҕа. Социалистическай лааҕыр байыаннай-политическай күүһэ күннэтэ үүнэ-үрдүү турар. Мантан антах биһиэхэ коммунистическай общество материальнай-техническай базатын тутуу саҕаланна. Бу былаан олоххо дьиҥнээхтик киирэрин туһугар норуот хаһаайыстыбата түргэнник сайдарыгар сэттэ сыллаах былаан ылылынна. Аны сүүрбэ сылынан эһиги коммунизмҥа олоруоххут. Учууталбыт олус үчүгэйдик кэпсиир, быһаарар. История уруога биһиэхэ остуоруйа курдук. Хайдах курдук үтүө кэми баттаһа төрөөбүппүтүй?!

Сорохпут саарбахтыыр эрээри, Дмитрий Иванович коммунизм материальнай-техническай базатын тутууну биһиэхэ сылыттан сылыгар тиийэ ааҕан-суоттаан таһаарар. Дойду үрдүнэн коммунизмы тутуу эргиччи таһымнаахтык саҕаламмыт эбит. Оннук буоллаҕына, хайдах итэҕэйиэхпит уонна олоруохпут суоҕай?

Физика уруогун, таптыыр учууталбыт, Вячеслав Михайлович Лыткин ыытар. Эдэригэр Булгун- ньахтаах оскуолатын үөрэнэн бүтэрбит. Сүрдээх мэник-тэник уол эбитэ үһү. Саастыылаахтара кэп- сииллэринэн, математикаҕа олус дьоҕурдааҕа үһү. Кини тэтэрээтиттэн устаары көрдөстөхтөрүнэ, барыта формулалары эрэ суруйар эбит. Инньэ гынан сатаан туһамматахтар. Учууталлара биэрбит сорудаҕын сонно тута суоттаан, кылаастан тахсан баран хаалар эбит. Сороҕор учууталлара бэйэ- лэрэ ыарырҕаппыт ахсааннарын суоттаан сөхтөрөр эбит.

Учууталлара:

  • Бу уолтан кэлин ученай тахсыаҕа, — эрэммиттэр.

Кини онуоха таласпатах быһыылаах. Арай, үөрэнээччилэр таптыыр уонна киэн туттар учууталлара буолбут. Үөрэтэр предметин кинигэтиттэн көрбөккө, баарталары быыһынан, хаама сылдьан кэпсиир, формулаларынан туруортаан дуоскаҕа суоттуур, истээччи өйүгэр тиийэрдии быһаарар. Кылааспытыгар бастыҥ математиктар, физиктар бааллар эрээрилэр, бары кинини сөҕөллөр. Физика предметин таптааччылар оскуола үрдүнэн элбээтилэр. Арай мин өйдөөбөппүн уонна көҕө суохпун.

  • Вячеслав Семенович, быйыл экзаменнаах сылбыт, дьэ, хайаһабыт? — ыйыталлар уолаттар.
  • Үөрэнэр — ыарахан, экзамен — сынньалаҥ буоллаҕа дии — быһааран кэбиһэр. Бүттэҕэ ол!

Кини уруогун үчүгэй үөрэнээччилэрэ кэтэһэ сылдьаллар. Мин кини быһаарар, холубурдуур кэмигэр өйдүүр курдукпун эрээри, дьиэбэр тиийэммин төбөбүттэн түһэрэн кэбиһэбин. Сорудахпын кыайан суоттаабаппыттан бэйэбин кэлэнэбин уонна учууталбын түһэн биэрбиттии, атыттартан итэҕэстээх кэриэтэ сананабын.

Математика учуутала, Анна Ивановна, тригонометрия уруогар миигин дуоскаҕа таһаарда. Олох тугу да өйдөөбөппүн. Учууталым көмөтүнэн эрэ суоттаатым. Кини Вячеслав Семенович кэргэнэ. Иккиэн бииргэ үөрэҕи бүтэрэн кэлбиттэрэ. Вячеслав Семенович холку уонна чиҥ буоллаҕына, Анна Ивановна үөрэ-көтө сылдьар, кыыһырдаҕына даҕаны, мөҕөн талыгыратан, ытамньыйа түһэн баран, аһаран кэбиһэр. Оҕолордуун олус көхтөөх. Уһун переменаҕа үөрэнээччилэрин кытары тэҥҥэ үҥкүүлэһэр, ыллаһар. Учууталларбытын кытары бииргэ киинэҕэ сылдьабыт.

Балаҕан ыйын 4 күнэ.

Өрөбүл күн колхозка хортуоппуй хостооһунугар бүттүүн оскуоланан таҕыстыбыт. Бүгүн сэппэрэҥ ардахтаах күн буолан, киэһэ эрдэ уурайдыбыт. Бэҕэһээ, оскуола линейкатыгар, директорбыт мантан инньэ хортуоппуй хостооһунугар өрөбүл ахсын тахсар буолуоххут диэн сэрэппитэ. Ийэлээх аҕабар өтөрүнэн киирбэт буоллум быһыылаах. Бүгүн Москва куоракка сылдьан түспүт пленкаларбын проявкалаатым. Киэһэ киинэҕэ сырыттым.

Балаҕан ыйын 5 күнэ.

Бүгүн эмиэ былыттаах. Ибирдээн түһэр ардахтаах күн. Нуучча тылыгар суруйбут диктаммар куһаҕан сыананы ыллым. Корнилова Зинаҕа эрэ үс сыана кэлбит, уоннааҕыларбытыгар барыларыгар «икки». Нуучча тылын уруогар күлэ олорон Козлов Володя кылаастан үүрүлүннэ. Историяҕа бастакынан эппиэттээн үчүгэй сыананы ыллым. Дьиэлэнэн олорор ыалбытыгар Корнилова Зиналыын, Ефремова Клавалыын хортуоппуй хостоотубут.

Балаҕан ыйын 6 күнэ.

Былыттаах, киһини улугурдар күн. Өрүһү үрдүнэн туман көтөр. Конституция предметин бастакы уруога буолла. Химия уруогар айылҕаҕа үлэлээтибит. Тыа иһэ иһиллээбит курдук уу чуумпу. Нуучча литературатын уруогар биир эрэ оҕо эппиэттээтэ. Геометрияҕа самостоятельнай үлэ буолла.

Балаҕан ыйын 7 күнэ.

Бүгүн среда. Кулуупка аны киинэ көрдөрбөттөр. Суол алдьаммыт буолан автобус Покровскайга сылдьыбат. Айылҕа луҥкуран, бэйэтэ даҕаны күһүҥҥү былыкка баттаппыт курдук. Маннык кэмҥэ бары-барыта иһийэр. Бастакы үс уруокка үөрэнэн бараммыт, хаалбыт уруоктарбытыгар үлэлэттилэр. Оскуола түннүгүн самааскалаатыбыт, араамаларын быыһын хайдыбыт.

Балаҕан ыйын 8 күнэ.

Киэһэ өкөрөҥ ардах түстэ. Оскуолаҕа ноһуом буор таһыытыгар үс чаас үлэлээтибит. Дьиэлэнэн олорор ыалбытыгар хортуоппуй хостоотубут. Бу өрөбүлгэ арыыга киирбит киһи. Зинаттан икки саҥа ырыаны үөрэттэрдим. Ким эрэ, саҥа ырыаны ыллыырын иһиттэхпинэ, үчүгэйгэ тиксибиттии сананабын. Уонна хайаан даҕаны үөрэтэ сатыыбын. Ол ырыа мин дууһам «баайа» буолан хаалар. Саҥа ырыалары ордук киинэлэртэн үөрэтэбит.

Физикаҕа самостоятельнай үлэбитин бүгүн ким да кыайбата — ааспыт сыл экзаменын задачалара үһү. Салгыы дьиэбитигэр тиийэн суоттуурбутугар биэрбиттэрин эмиэ кыайбакка олоробун.

Балаҕан ыйын 9 күнэ.

Пятница. Самыыр түһэр. Биэс уруокка үөрэннибит. Электротехника уруогар тракторы үөрэтиигэ киирдибит. Күнү быһа ардаата. Сарсын Покровскайга убайым аахха барар буоллум. Иллэҥ кэммэр «Кылаас муннуга» хаһыаты оҥордум. Сайын Ульяновскайга сылдьан билсибит табаарыстарбар сурук ыыталаатым.

Балаҕан ыйын 10 күнэ.

Суббота. Ыраас күн. Кыра тыаллаах. Арыыга, дьэ. киирэр буоллум. Колхоз кэнсэлээрийэтин анныттан БМК катерынан Тараҕай арыытыгар диэри олорустубут. Ол кэнниттэн Решетников Егоры кытары баатынан эрдэн, сороҕун баарыстанан, тыал хоту айаннаатыбыт. Дьөгүөр «Сүөдэр ойооһун» чүөмпэтигэр сордоҥҥо кылбатыылаата даҕаны, хаптарбата. Арыыга тохсус, ахсыс кылаас оҕоло-

ро үлэҕэ сылдьалларын көрүстүм. Кинилэр биһиги дэриэбинэбитигэр колхоз уһун дьиэтин уопсайыгар олохтоммуттар. Миигин моркуобунан, луугунан күндүлээтилэр. Киэһэ, уруккута, «Үүнэр ыччат» колхоз кулуубугар бараммыт үҥкүүлээтибит, оонньоотубут. Бараары, кэлээри суолу быһа ыллаатыбыт.Олус да кэрэтик иһиллэр, эйигин сүрдээҕин долгутар, ардыгар кынаттыыр, мунчаардар, эр-хорсун санаалыыр, нарын, чуумпу тапталга ыҥырар ырыалар бааллар эбээт!

Балаҕан ыйын 11 күнэ.

Өрөбүл. Аҕабынаан ампаарбытын сааһылаатыбыт. Саас ахсын көмүөл уута арыытааҕы дьиэбитин боруокпутугар, арыт түннүкпүт алын маһыгар тиийэ ылар. Малбыт-салбыт ахсааннаах, үксэ, мин муспут кинигэлэрим, убайдарым сэрии толоонуттан суруйбут үс муннуктаах суруктара, былыргы тэриллэр, ыһыахха туттар иһит-хомуос, батыйа, мас суха, мас барана. Итилэри аҕам күндү мал оҥостон бырахтарбакка, хас көстөҕүн ахсын таһа сылдьар. Уу ылбатын курдук хомуйан, лаабыс оҥорон үөһэ уурталаатыбыт. Малы-салы, бурдугу, дьааһыктаах таҥаһы-сабы барытын сааһылаан уурдубут, сороҕун күн уотугар салгылаттыбыт. Күһүҥҥү биир күннээх үлэбит сааскы халааҥҥа бэлэм буоллаҕа ити. Баҕар мотуок буолан хаалыан сөп.

Арыы дьонун хаартыскаҕа түһэртээтим. Фотоаппараатым «Смена-2». Ийэм алаадьылаах барыанньанан аһатта. Киэһэлик, 3 чааска, балыксыт нууччалары кытары аргыстаһан, Ынахсытынан устан, 7,30 чааска Булгунньахтаахха таҕыстым. Киэһэ киинэ көрдүм.

Балаҕан ыйын 12 күнэ.

Понедельник. Уруоктарбар бэлэмнэммэккэ гынан баран, оскуолаҕа кэлэн ааҕаммын, өрүһүннүм. Сарсын Горькай айымньытыгар сочинение суруйтараллар. Мин, түҥ хараҥа ойуур иһиттэн тахсаары, түөһүн иһиттэн сүрэҕин ороон таһааран, муммут дьоҥҥо суол сырдатааччы Данко туһунан суруйуоҕум. Арай өлөр өлүү айаҕыттан быыһаммыт дьон тоҕо кини өлөн охтубутун көрбөккө, кини сирдээн таһаарбыт сырдыгар урут тиийэ охсоорулар, Данко уоттаах сүрэҕэ умайа сытарын үрдүттэн үктээн ааһалларын хайдах быһаарыахпын билбэппин.

Балаҕан ыйын 14 күнэ.

Кыра ардахтаах, былыттаах күн. Сочинениебын ситэрбэккэ, харатынан биэрдим. Кылааспыт түн- нүгүн тааһын сууйдубут-соттубут, хайдыбыт. Практикаҕа РТС-ка сырыттыбыт.

Тойон Арыыга киирэ сылдьан түһэрбит пленкабын проявкалаатым. Маҕаһыыҥҥа килиэптэн ма- таммын, пекарняҕа баран килиэп атыыластым. Аһаан баран физзал түннүктэригэр мас эрэһээҥкилэри туруордубут. Уолаттар физзалга киирээт мээчиктээн, футболлаан бардылар. Мин онуоха көҕө суохпун.

 Үөрүү! Интернакка ылбыттар! Бүгүн «Петр I» киинэҕэ хайаан даҕаны сылдьыаҕым.

Балаҕан ыйын 15 күнэ.

Тойон Арыыга хортуоппуй хостооһунугар киирбит оҕолор таҕыстылар. Хатыҥ мас сэбирдэҕэ саһаран тыабыт сырдаан, күлүмүрдээн көстөр буолла. Көмүс күһүн кэллэҕэ. Тыаҕа тахсаммын соҕотоҕун хааман киирдим. Онно миигин тиэрдэр ыллыкчаан баар. Ол ыллык миигин алаадьы саҕа кыра ырааһыйаҕа тиэрдэр. Онно сытан хоһоон суруйабын, күннүкпүн бэлиэтэнэбин. Фотоаппа- раппын автоматыгар туруораммын хаста даҕаны хаартыскаҕа түстүм. Айылҕа барахсан кэрэтэ- мааныта, тыыныахха чэбдигэ хайдах курдук үчүгэйий! Хайдах курдук киһини үөрдэрий, бэйэтигэр ыҥырарый?! Таптыыр кыыһыҥ эмиэ маннык сырдык, күндү, умнуллубат түгэни бэлэхтиэн баҕараҕын. Ити барыта мин баҕа санаам эрэ буолар.

Быстах даҕаны ааһар, көстөн сүтэр үөрүүнү дьолунан ааттыыбын. Ол, баҕар, бэйэбин мэлдьи дьоло суохпунан ааҕынарбыттан буолуо. Дьоллоохторунан, үчүгэйдик үөрэнэр, холобурга сылдьар оҕолору ааттыыбын. Мин испиттэн үөрүүм, өрө көтөҕүллүүм, санаабар, күүтэр албын эрэлбин күүһүрдэр. Хайаан даҕаны кинини көрсүөҕүм. Кини, баҕар, миигин эмиэ кэтэһэрэ буолуо диэн саныыбын. Ол хайалара буолуой? Дьол, таптал кимҥэ барытыгар биир тэҥник сыаналанар. Кини кыым буолан, чыпчылыйыах түгэнэ көстүөн, ааһыан эмиэ сөп. Дьоллорун мүлчү туппуттар элбэхтэр.

Колхоз пааркатынан, балыыһа дьиэтин аттынан үөһэ тахсан бара турдахха төп-төгүрүк ырааһыйа баар. Онно тиэрдэр ыллыгы мин эрэ билэбин. Ол мин таптаан сынньанар уонна бары баҕа санаабын кистээн кэпсиир сирим. Ити сири булбуппун кимиэхэ да кэпсээбэппин. Соҕотоҕун эрэ тиийэбин. Эмиэ онно тиийиэххэ… Санаам тууйулунна! Үрдүбүнэн, уйулҕабын эбии хамсатыах, туруйалар турууктаһа көттүлэр. Үрдүк бэстэр хойуу лабааларын быыһынан ып-ыраас, түгэҕэ көстүбэт күөх халлаан күндэлийэр. Хатыҥ сэбирдэҕэ, миигин алҕаан эрэрдии, алтан манньыаттары атахтарбар тамныыр. Тугун бэрдэй, үчүгэйэй, тулам барыта көмүс өҥүнүү дуйдаммыт. Бэркэ билэр уонна үөрдэхпинэ-хомойдохпуна ыллыыр ырыаларым тыллара киирэн кэлэллэр:

Осенние листья

Шумят и шумят в саду.

Знакомой тропою

На встречу с тобой иду…

Киэҥник-куоҥнук ыллаан доллоһутабын. Ырыам тыллара бэйэтэ тахсар курдуктар.

Пусть годы проходят,

Живет на земле любовь.

И там где расстались

Мы,встретились нынче вновь.

Сильнее разлук, тепло наших рук,

Мой верный единственный друг.

Түөһүм эппэҥниир, санаам сайдар. Ырыа миигин кырдьык даҕаны кинини кытары көрсө, хаамса, күүлэйдии баран иһэрим кэриэтэ тиэтэтэр, көстүбэт кынаттыыр. Тапталлаах ырааһыйам бу тиийэн кэллэ. Мэлдьи буоларын курдук арай кимим эрэ манна миигин күүппэт. Соҕотох соҥуйан турбахтыыбын. Эргиччи иһиллээбит курдук уу чуумпу. Тыа иһэ сырдаан, сэндэҥэрэн көстөр. Мин эмиэ сырдыыбын…

Балаҕан ыйын 16 күнэ.

Бөөлүүн уу хаһыҥ түспүт. Киһи этин сааһа дьагдьайар. Тойон Арыыттан хортуоппуй үлэтэ бүтэн, оскуола оҕото элбээбитэ харахха тута быраҕыллар. Сарсыардаттан оскуолаҕа үөрэнээччилэр быыһа суох субустулар. Английскай уруок учуутала Нелли Никитична ыалдьыбыт. Эбиэттээн баран, интернаттан кэлэн иһэммит, Борисов Толялыын балыыһа аттынааҕы пааркаҕа хаартыскаҕа түстүбүт. 3 чаастан хортуоппуй хостуу бардыбыт. Бүгүҥҥү уруоктарбын толору оҥордум. 10 чааска сыттым.

Балаҕан ыйын 17 күнэ.

Субботаҕа үс уруокка үөрэннибит. Бүгүн 3 чааска мустаммыт, бүттүүн оскуоланан хортуоппуй хостооһунугар тахсабыт. Эбиэккэ диэри таҥаспын сууннум. 3 чаастан хомуллан хортуоппуй бааһынатыгар кэллибит. КВН-ҥа кыттыс диэбиттэрин аккаастанным.

Хас субуота киэһэтэ туох эрэ уратыны, ааспыттааҕар саҥаны аҕалыан, олохпун түҥнэри эргитиэн баҕарабын даҕаны, бүгүн эмиэ атыттартан уратыта суох күн буолла.

Тоҕо сорох уолаттар уонна кыргыттар кими эрэ кэлтэччи таптаан муҥнаналларый? Кинилэр ол табыллыбатах тапталларынан, букатын өйдөөбөт уолаттары уонна кыргыттары муҥнуулларын бэйэлэрэ таайбаттара буолуо дуо? Сорохтор тапталгын бэйэҥ эрэ ситиһиэхтээххин дииллэр. Мин дьиҥнээх таптал бэйэҕин эрэ буолбакка, иккиэҥҥит сүрэҕин тэҥҥэ уоттуохтаах, тэҥҥэ муҥнуохтаах, атыттар быыстарыгар муннарбакка буллартыахтаах дии саныыбын. Туохтааҕар да ону баҕарабын, ону кэтэһэбин! Эдэр саас бастакы таптала, сэмэйэ бэрт буолан, хайдах да муҥнаныыта, таабырына, кистэлэ суох буолбат быһыылаах.

Балаҕан ыйын 18 күнэ.

Бүгүн тымныйбыт. Чалбахтар уулара чарчыйбыттар. Сир кырса тоҥон, уллуҥаҕыҥ тыаһа лоп- лоһурҕас. Күн сылыппытын кэннэ эмиэ үлэҕэ таҕыстыбыт. Пекарня үлэлээбэт буолан, биир-икки быһыы килиэби өлүүлэнэн аһаатыбыт. 1 чааска диэри үлэлээтибит.

Балаҕан ыйын 19 күнэ.

Понедельник. Оскуолабыт иһэ сүрдээх тымныы. Остолобуойга дьуһуурунайдаатым. Кытылга киирэммин, лоһуруттаҕас тоҥ былыттардаах өрүһү хаартыскаҕа түһэрдим. Ол былыттар халлааҥҥа буолбакка өрүс түгэҕэр сөҥөн сытар курдук көстөллөр. Майн Рид «Оцеола вождь семинолов» кинигэтин ааҕа сылдьабын.

Күн сиригэр тоҕо кэлбиппин саныыбын, өйдүүбүн, билэбин, арай туох туһалааҕы оҥоруохтаахпын билбэппин. Биһиги бу сааспытыгар өбүгэлэрбит, аҕаларбыт, убайдарбыт тугу оҥорбуттарын туһунан элбэх даҕаны суруллубут. Табысхаан кулуба сүүрбэ үс сааһыгар улууһугар кулубалаабыт, эмиэ ити сааһыгар сылдьан, чаҕылхай Махсыым, партия Саха сиринээҕи губревкомун председателэ этэ. Кинилэр олорбут, үлэлээбит саастара биһиэхэ ситтэрбэттии бытаарбыт. Эрдэ олорон ааспыттар үтүөлэрин ааҕан сиппэккин. Биһиги отох сааспыт туһунан хойут тугу суруйуохтарай?

Аҕа дойду сэриитигэр аҕыс убайым барбыттарыттан сэттэтэ төннүбэтэҕэ. Мин, баҕар, кинилэр иэстэригэр төрөөбүтүм буолуо. Тугу хоруйдуохпун булумуна, өр дөйөн олоробун. Таһырдьа телеграмма остуолбаларын проводтара миигин чуҥкутардыы куугунууллар.

Ойуку

Чолбон. – 2011. – бэс ыйа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар