(Саха сирин норуодунай поэта, тылбаасчыт Михаил Тимофеев 80 сааһыгар)
Саха сирин норуодунай поэта, П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата Михаил Елисеевич Тимофеев 80 сааһын туолла. Кини 1932 сыллаахха Бүлүү улууһун Модут нэһилиэгэр холкуостаах ыалга төрөөбүтэ. Аҕата холкуоска балыксыттыыра, ийэтэ биэс оҕотун кытары дьиэтигэр олорбута. Эдьиийэ, убайдара улаатан бараннар бары холкуос үлэһиттэрэ буолбуттара. Ийэтин кытары дьиэтигэр хаалар уол норуот ырыаһыттарын уонна олоҥхоһуттарын ортотугар улааппыта. Төрөөбүт таайа С.Н. Харатаайап Дыгыйар Сэмэн, үс Бүлүү үрдүнэн аатырбыт-сураҕырбыт олоҥхоһут, кинилэр дьиэлэригэр хонноҕуна, сиэнин түһэҕэр көтөҕөн олорон олоҥхолуур буолара. Аҕыс сааһыттан оскуолаҕа барбыта. Үөрэнэ киириэҕиттэн саха уонна нуучча суруйааччыларын айымньыларын ааҕыынан умсугуйбута. Ордук Күннүк Уурастыырап, Амма Аччыгыйа, Эллэй, нуучча суруйааччыларыттан Пушкин, Лермонтов, Есенин кинигэлэрин таптаан ааҕара. Алтыс кылаас үөрэнээччитэ, Модуттан Дьокуускайга айаннаан иһэн, таптыыр поэттарын хоһооннорун өйүттэн субуруччу ааҕан, айанньыттары сөхтөрбүттээҕэ.
Биир дойдулаахтара уолларын көрө-истэ, сураһа сылдьар буолбуттара. Уол Дьооху оскуолатыгар үөрэнэ сылдьан, хоһоон суруйан истиэнэ хаһыатыгар таһаартарбыт “поэттары” ымсыыра көрөрө. Ити кэмтэн бэйэтэ эмиэ кистээн хоһоон суруйар буолбута. Биирдэ, уруок кэмигэр суруйбут хоһоонун, учуутала былдьаан ылан, истиэнэ хаһыатыгар таһаартарбыта. Ити кэнниттэн “Балаҕан ыйын бастакы күнэ” хоһооно оройуоннааҕы “Холкуос суола” хаһыакка бэчээттэммитэ. Дьиктитэ баара, кинини хайалара даҕаны поэт диэн хос ааттаабатахтара.
М. Тимофеев 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы педагогическай институт историческай салаатыгар үөрэнэ киирбитэ. Доруобуйатынан аһаах буолан, оскуолатааҕы сылларын курдук, институкка эмиэ тохтуу-тохтуу үөрэммитэ. Манна үөрэнэ сылдьан урут таҥара оҥостубут суруйааччыларын илэ хараҕынан көрөр эрэ буолбакка, кинилэртэн үөрэнэр дьолломмута. Студеннар ортолоругар үлэлиир “Сэргэлээх уоттарыгар” куорат эдэр ыччатын түмэр, поэт С. Данилов салайар, “Үргэл” литературнай түмсүүтүгэр көтүппэккэ сылдьара. Поэт уол дойду үрдүнэн ыытыллыбыт “ириэрии” кэмин баттаһа, Платон Ойуунускай реабилитацияламмыт үөрүүтүгэр суруйбут “Харыйа” диэн хоһооно, 1957 сыллаахха, “Хотугу сулуска” В.М. Новиков–Күннүк Уурастыырап алгыһынан уонна “Эдэр коммунист” хаһыакка Сэмэн Руфов көрүүтүнэн утуу-субуу тахсыбыта.
1962 сыллаахха эдэр суруйааччылар бастакы республиканскай сүбэ мунньахтарыгар ыҥырыллан кыттыбыта. Бу кэмтэн ылата кини айар үлэтинэн ааҕааччыларыгар элбэҕи эрэннэрэр кэмэ саҕаламмыта. Норуоттар аҕаларын культ личноска, репрессияҕа буруйдааһын, сымыйаҕа балыллан суох оҥоһуллубут норуот бастыҥ-чулуу уолаттарын сырдык ааттарын тилиннэрии сыллара, барыны барытын билиэн-көрүөн баҕалаах эдэр киһиэхэ, олоҕун устата тутуспут уонна халбаҥнаабакка батыспыт суолун саҕаланыытынан буолбуттара. Бу кэм эдэр поэт куолаһа чөллөрүйэригэр, уһулуччу бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыта.
Поэт бастакы кинигэтэ “Маҥнайгы хаар” күн сирин 1960 сыллаахха көрбүтэ уонна тута ааҕааччылар, критиктэр үрдүк сыаналарын ылбыта. Эһиилигэр элбэҕи эрэннэрэр талааннаах уолу саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар редакторынан ылбыттара. 1961 сыллаахха Сергей Васильев “Аччыгый уол”, Күннүк Уурастыырап “Ымыы уонна Налбыһах”, 1962 сыллаахха Иван Гоголев “Күн хайата”, Рафаэль Баҕатаайыскай “Уолаттар уонна кийииттэр” улахан эпическэй айымньылара, хоһоонунан романнара тахсыбыттара. Поэт кимнээхтэн холобур ыларыгар, кимнээҕи батыһарыгар, поэтическай күүһүнэн холоһоругар саҥа күүстээх санаалары ылыммыта. 1963 сыллаахха эдэр суруйааччылар Бүтүн союзтааҕы IV мунньахтарыгар саха сириттэн делегатынан талыллыбыта. Бу мунньахха тыл эппит биллиилээх нуучча поэта Егор Исаев эдэр автор хоһооннорун көрөн, “Сэбиэскэй суруйааччы” сурунаалга бэчээттэтэригэр мэктиэлээбитэ. Ити кэмтэн саҕалаан, кини хоһоонноро оччотооҕу Сэбиэскэй Союз киин хаһыаттарыгар, сурунаалларыгар бэчээттэнэн барбыттара. Михаил Тимофеев поэтическай күүһүн, маастарыстыбатын ааҕааччыларыгар, критиктэригэр көрдөрбүт “Ааныс” диэн онегинскай строфанан суруллубут хоһоонунан сэһэнэ 1965 сыллаахха тыыллан-хабыллан тахсыбыта. 1967 сыллаахха “Ледоход” бастакы нууччалыы поэтическай кинигэтэ Василий Казанскай тылбааһынан Москваҕа таһаарбыттара.
М. Тимофеев поэзияҕа олохтоохтук киирэр кэмигэр, саха литературатын уһулуччулаах суруйааччылара, поэттара: Амма Аччыгыйа, Эллэй, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Таллан Бүрэ, Болот Боотур, Сергей Васильев, Леонид Попов, Петр Тобуруокап, Баал Хабырыыс, Иван Гоголев, Моисей Ефимов, Семен уонна Софрон Даниловтар айар талааннарын үгэнигэр үлэлии-хамсыы сылдьаллара. Көйгө кыыс “Ааныс” туспа кинигэнэн тахсарын кытары кинилэр эдэр поэты айымньылаах, таһаарыылаах үлэҕэ угуйаннар, бэйэлэрин кэккэлэригэр тэҥнээхтэрин кэриэтэ киллэрбиттэрэ. Ол туоһутунан 1967 сыллаахха тахсыбыт “Саха поэзиятын антологиятыгар” М. Тимофеев биэс хоһооно киирбитэ.
Поэт “Ааныс” сэһэнэ Дьуон Дьаҥылы “Уйбаанчыгар”, “Сир сүрэҕэ” поэмата Амма Аччыгыйын “Болуоссакка санаатыгар” онуоха харда кэриэтэ буолбута. 1964 сыллаахха ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр киирбит поэт иннигэр эркээйилээх киэҥ суол арыллыбыта.
М. Тимофеев өссө оскуолатааҕы сылларыттан саха, нуучча, омук поэттарын айымньыларыттан олус элбэҕи аахпытынан, институту бүтэрэригэр киэҥ билиилээҕинэн, туспа көрүүлэрдээҕинэн, чаҕылхай талаанынан, уус-уран литератураны таһаарар кинигэ издательствотыгар кэлэн баран, мындыр редактор, тылбаасчыт быһыытынан киэҥник биллибитэ. Поэт өрө тахсыылаах 70-с сыллара, кини эволюционнай сайдыытынан, бэйэтин ураты стилинэн, талаанынан, оччотооҕу Семен Даниловы, Иван Гоголевы кытары тэҥ маастарыстыбалаах биир бөдөҥ поэтынан оҥорбута. Кини бу кэмҥэ айбыт хоһоонноро, ырыалара, поэмалара киэҥ ааҕааччыга былдьаһыкка сылдьар, маассабайдык ылланар буолбуттара. “Маҥнайгы хаар” кинигэтиттэн саҕалаан поэт бүтэһик кинигэлэригэр диэри киирбит икки сүүстэн тахса хоһоонноругар композитордар, мелодистар куоталаһа сылдьаннар ырыа суруйбуттара. Олортон үгүстэрэ норуот уоһуттан түспэт ырыа буоланнар ыллана сылдьаллар. Кини ордук нуучча композиторын Герман Комраковы кытары уһун кэмҥэ бииргэ табыллан үлэлээбиттэрэ. Композитор кини тылларыгар биэс уонча ырыаны суруйан хаалларбыта. Өссө элбэҕи үлэлиэхтэрин, эрдэ өлөн туораабыта.
М. Тимофеев айбыт ырыаларын саха театрын сыанатыттан народнай уонна үтүөлээх ырыаһыттар: Марина Попова, Матвей Лобанов, Анастасия Лыткина, Нина Чигирева, Анегина Ильина-Дмитриева, Семен Оконешников, Наталья Трапезникова, Айталина Адамова ыллааннар Саха сирин искусствотын киэҥ Россияҕа таһаарбыттара, Норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустар күрэхтэригэр аатырбыттара. Поэт ырыалара, музыкальнай либреттолара, композициялара саха норуотун музыкальнай искусствотын, литературатын сайдыытыгар сыаналаммат улахан кылааты киллэрбитэ. Михаил Тимофеев Савва Тарасовтыын кэлин Саха Республикатын гимнин тылларын суруйбуттара.
М. Тимофеев суруйар стилигэр реалистическай даҕаны, романтическай даҕаны өрүттэри тэҥҥэ булан көрүөххэ сөбө буолуо. Ол эрээри 60-с сыллардааҕы поэттар ортолоруттан кини хоһоонноро, поэмалара, тиэмэ да, ис хоһоон да идеалларын өттүттэн, дьиҥнээх олохтон тахсыбыт уһулуччу реалист-поэт буоларын көрдөрбүтэ. Кини эпическэй айымньыларыгар даҕаны, лирическэй хоһоонноругар даҕаны, оччотооҕу өрө күүрүүлээх романтическай күүрээҥҥэ бэриммэккэ, социальнай сүүрээни киллэрбитэ. Ол поэт общество уонна кини геройдара хантан кэлэллэрин, кинилэри кимнээх төрөтөллөрүн, олоҕу дириҥник көрөрүттэн, ханнык да киэргэтиитэ суох суруйарыттан көстөр. Холобура “Ааныс” хоһоонунан сэһэнэ, “Куобах үтүлүк”, “Оҕо курдук оҕонньор”, “Сир сүрэҕэ”, “Умнубат оскуолам”, “Кыраһыабай кыыска”, “Бэлэх” поэмалара итини бэркэ кэрэһэлииллэр. Поэт хоһоонноругар, поэмаларыгар чахчы буолан ааспыт уонна буола турар чахчыттан, бэйэтэ бииргэ олорор эйгэтиттэн идеалын булар.
Якутскай куоратын
Тохсунньу ыйын
Туманыгар чачайа,
Санаабар ыксаан,
Салларыйан истэхпинэ
Суханов завхоз
Санныга охсон ааста.
Санныга охсон ааста,
Санаабын аста,
Куруутун уһулбатах
Куобах үтүлүгүнэн…
Ити, Аҕа дойду сэриитин кыттыылааҕа, разведчик Дмитрий Сухарев (Суханов), Советскай Союз Геройугар Зоя Космодемьянскаяҕа, фронт инники кирбиитин туоратан баран, куобах үтүлүгүн бэлэхтээбитин туһунан поэмата.
Оҕо курдук оҕонньор
Отой маҥан баттахтаах,
Оҕо курдук, уол курдук,
Уоттаах чолбон харахтаах,
Уурбут-туппут курдук дуу
Ыраас-чэбэр таҥастаах.
Тэбэнэттээх, тиэхэлээх,
Дьэллэм киһи диэтэҕиҥ;
“Дирээстий” диэн тыллаах
Тахсан-киирэн иһиэҕэ,
Күлэ-үөрэ уруйдуу,
Кирилиэскэ көрсүөҕэ…
Доҕолоҥноон хардыылыыр,
Туора-маары дайбанар,
Илиитигэр, атаҕар
Ааспыҥ сэрии кыырпаҕа.
Бу, аатырбыт сэрииһит, кэлин “Бэлэм буол” хаһыат фотокорреспондена буолбут Канаев туһунан поэма.
Дорообо, Дьоохум оскуолата!
Дьон суоҕар кистээн кэпсэтэ,
Астым Эн ытык ааҥҥын сэгэтэн,
Алҕас тутааҕы халыгыратан…
Атахпын итиинэн аҕаата муостаҥ,
Урукку сылааһа сүүрүгүрэ…
Аймана, куттана, кыбыста
Аргыый хаамтым Эн көрүдүөргэр.
(Умнуллубат оскуолам)
Поэт суруйбут үгүс геройдара эйигин кытары бииргэ олорон ааспыттарынан, билигин да баалларын курдуктар. Араас да кэмнэргэ олордоллор майгылыын, тыллыын, көстөр сэбэрэлиин, дууһалыын кытары эйиэхэ олус истиҥнэр, чугастар, умсугута сылдьар күүстээхтэр. Ордук поэмаларын ааҕа олороҥҥун кини суруйбут геройдарыттан бэйэҕэр саҥа арыйыылары оҥороҕун. Холобура, сэрии да, эйэлээх олох да тиэмэтигэр, ол дьоннор сиэрдэригэр-майгыларыгар, поэт тус сыһыанын, иэйиитин, ахтылҕанын барытын тэҥҥэ биэрэр. Маныаха кини строкаларын ритмикэтэ, интонацията, строкалара, рифмата барыта ааҕааччы ис дууһатын тэҥҥэ таарыйарын, эйиэхэ күүскэ дьайарын билэҕин.
Михаил Тимофеев хоһооннорун, поэмаларын таһынан тылбааһынан күүскэ дьарыктаммыта. Кини казахтар уһулуччулаах поэттарыттан Олжас Сулейменовтан “Аата суох үрдэлин”, башкирдартан Мустай Карим “Өрүстэр кэпсэтэллэр” кинигэтин Семен Даниловтыын, татаардартан Муса Джалилтан, украинецтартан Тарас Шевченкоттан, киргизтэртэн Токтогултан, авардартан Расул Гамзатовтан, Монгол, Тува, Индия, Япония уонна хотугу норуоттар поэттарыттан элбэх тылбаастары оҥорбута.
Нууччалыы тылынан ааҕааччыларга поэт түөрт кинигэтэ тахсыбыта. Кини хоһоонноро аан дойду норуоттарын тылларыгар тылбаастаммыттара. Поэт кыра саастаах оҕолорун эмиэ умнубатаҕа. Кинилэргэ анаан “Хартыыналар”, “Эбэм алааһа”, “Чооруос дойдута” кинигэлэри суруйбута. Билигин арыйталаан көрдөххө поэт С. Данилов хоһооннорун кинигэлэрин, халыҥ томнарын барытын көрөн, редактордаан таһаарбыт эбит. Маны таһынан прозанан эмиэ дьарыктаммыта. “Бастакы снайпер” документальнай сэһэнэ 1971 сыллаахха тахсыбыта. Сорох кэпсээннэрэ “Санаалаах буолар үчүгэй”, “Билэр дьонум” кинигэлэригэр киирбиттэрэ. Поэт барыта хоһоонунан уонна прозанан отут кинигэлээх.
Ханнык баҕар улахан поэт олоҕо “күөх хонууну туорааһын” буолбатаҕын кини эмиэ амсайбыта. үҥсээччилэрэ бастаан, “Пушкины үтүктэн поэма суруйар, партия муударай салалтатын, норуот патриотизмын, кыайыылаах үлэтин-хамнаһын туһунан тугу да суруйбат. Ол туһунан биир да ырыата, хоһооно суох, наар лиирикэнэн дьарыктанар, онно тус бэйэтин ис иирбэ-таарба мучумаанын ааҕааччыга соҥнуур” диэннэр обкомҥа, ССКП КК тиийэ суруйа сылдьыбыттара. Ити мучумаан кэнниттэн төлөрүйэрин кытары, 1974 сыллаахха, ахсынньы ый 24 күнүгэр ССКП Саха уобаластааҕы комитетын бюрота “Д. Дыдаев “Өр сыллаах ахтылҕаным” (редактор Тимофеев) хоһооннорун хомуурунньугар таһаарыллыбыт бөдөҥ алҕастар тустарынан” уурааҕа тахсыбыта. Обком пропагандаҕа салаатын сэбиэдиссэйэ, горком сорох үлэһиттэрэ, издательство салалтата, редактордара суулларыллыбыттара. Кинигэ редактора Тимофеев кытаанах быыгабары ылбыта. Өссө партияттан таһаарыахха диэччилэр да бааллара. Поэт сүрэҕэ ыалдьан балыыһаҕа киирбитэ. Онуоха эбии төрдүс кылааска кустуу сылдьан тоноҕоһун ыараханнык тымныппыта бэргээн, издательство үлэтиттэн уурайан, инбэлииккэ тахсыбыта.
Ити айдаан кэнниттэн, 1967 сыллаахтан редактордаспыт, эдэр поэттар “Чэчир” диэн ааттаммыт бастакы кинигэлэрин сэттэ кассетатын таһаарбыта. Онно тахсыбыт поэттартан үгүстэрэ билигин саха литературатын бары жанрдарыгар ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Сорохторо биллэркөстөр общественнай деятеллэр, Саха сирин суруйааччыларын правлениетын салайааччылара, “Саха сирэ” хаһыат, “Чолбон” сурунаал тутаах үлэһиттэрэ, народнай суруйааччылар, П. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреаттара буоллулар.
Миигинниин биэс хааһах диэбиккэ дылы, Михаил Елисеевич алгыс тылын ылбыттааҕым баара: “Кытаат, эн эрэ, литератураттан тэйимэ. Дьиэ кэргэттэргэр, чугас дьоҥҥор уруй!” диэн суруйааччы билиэтин туппут күммүнэн эҕэрдэлээбитэ.
ОЙУКУ,
РФ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ,
Россия Улахан литературнай бириэмийэтин лауреата.
“Чолбон”. 2012 с. 3-с №-рэ.