Кинилэр уота суох охсуһууга охтубуттара.
Норуоттарын иһин охсуһууга, кини тупсарын, туругурарын туһугар!
Далан
Олохторун тиһэх күннэригэр диэри убайдарбын Сэмэн уонна Соппуруон Даниловтары кытары алтыспыт түгэннэрбин саас-сааһынан наардаан, сылларынан араартаан суруйан хаалларарга сананным.
«Үлэбиттэн үүрдүлэр, дьиэбиттэн уулуссаҕа быраҕылынным…». 50-с сыллар
1952 сыллаахха мин бэһис кылааска үөрэнэрим. Саха суруйааччыларын, кинилэр айымньыларын туһунан учууталларбыт уруоктарга биирдэ эмэ сырдатан ааһаллара, үксүн кинигэлэртэн дорҕоонноохтук ааҕарбыт уонна тугу өйдөөбүппүтүн кэпсиирбитинэн уруок түмүктэнэрэ. Ол да буоллар, биир түгэн өйбүтүгэр кытаанахтык хатаммыта: учууталларбыт революция иннинээҕи үс суруйааччы — А. Кулаковскай, А. Софронов, Н. Неустроев кинигэлэрин, кинилэр айымньылара киирбит учебниктара «баайдыы санаалаах норуот өстөөхтөрүн кинигэлэрэ» диэн, биир үтүө күн оскуола тэлгэһэтигэр таһааран уматтарбыттара. Кутааны тула туран олус хараастыбыппыт, оччолорго кинигэ ыал аайы баар буолбатах этэ. Ол иһин наһаа харыһыйбыппыт. Бу туһунан үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан, убайбар Семен Петровичка кэпсээбиппэр: «Оччо харыһыйа-харыһыйа саатар биир эмэ кинигэни кистээн кэбиспэтэххит, билигин ол олус наада буолуо этэ», – диэбитэ. Ону баара оччолорго кырабыт да бэрт буолан уонна дириэктэрбит: «Куораттан сорудах кэллэ. Күн бүгүн бу суруйааччылар кинигэлэрин суох гынар үһүбүт», – диэн кытаанахтык эппитэ.
Саха сиригэр интеллигенцияны национализмҥа буруйдуур үҥсүүлэр соҕуруунан-хотунан күүһүрбүттэрэ. ССКП Киин Кэмитиэтин уонна обкомун уураахтара хобу-сиби тарҕатааччыларга, үөхсээччилэргэ тирэх буолбута. Кинилэри утары саха норуотун бастыҥ интеллигенцията туруулаһан туран утарыласпыта. Төрөөбүт литературабытын төрүттээбит улуу дьоммут айымньыларын, нууччалыы тылбаастатан улуу нуучча норуотун, атын араас омуктар билиилэригэр таһаарыы утарсарга сүрүн күүс буолбута. Ини-бии Семен, Софрон Даниловтар маннык ыарахан кэмҥэ, инники кирбиигэ сылдьыбыттара. Ол түмүгэр, 50-с сыллар уонна 60-с сыллар бастакы аҥаардара олохторугар, айар үлэлэригэр ыараханнык ааспыта.
Балаһыанньа олус кытааппытыттан доруобуйалара мөлтөөн уонна айар үлэнэн дьарыктанаары Грузияҕа «сынньана» диэн барбыттар. Тус-туспа санаторийдарга сытан баран, төннөллөрүгэр биир сөмөлүөтүнэн Москвалаабыттар. Сөмөлүөттэн түһээт, Семен Петрович: «Москвам барахсан үчүгэйин, чуумпутун, сынньана түһэн баран барыам», – диэбитигэр Софрон Петрович ыксатарын санаппыт. Онуоха убайа: «Үлэбиттэн үүрдүлэр, олорор дьиэбиттэн уулуссаҕа быраҕылынным, айымньыларбын бэчээттээбэттэр, дьон-сэргэ аанньа ахсан кэпсэппэт буолла, хаайылларым эрэ хаалла. Туохха ыксаан барыахпыный», – диэхтээбит. Софрон Петрович дойдулуур, Семен Петрович кыратык хаалан, айар үлэнэн дьарыктанар.
Бу кэмҥэ «Нууччалыы мин билиим» диэн хоһооно суруллар. Хоһоону Михаил Львов нууччалыы тылбаастаан, 1954 сыллаахха буолбут ССРС Суруйааччыларын II съеһигэр академик В. Виноградов дакылаатыгар улаханнык хайҕанар. Оччотооҕу 15 сойуустаах өрөспүүбүлүкэҕэ киирэр сэбиэскэй дьон киэн тутта ааҕар айымньылара буолбута. В. Маяковскай «Стихи о советском паспорте» хоһоонун оччолорго үрдүк күүрүүлээхтик өйтөн ааҕаллара, ол курдук Семен Данилов «Мой русский язык» хоһооно эмиэ түргэнник тарҕаммыта.
Оччотооҕу кэмнэр тустарынан саха норуодунай поэта Савва Тарасов маннык кэпсээбитэ: «Семен Данилов 1953 сыллаахха „Нууччалыы мин билиим” диэн хоһоонун маҥнай бэйэтэ нууччалыы тылбаастаан баран, дойду саамай биллэр бөдөҥ „Литературная газета” хаһыатыгар ыытар. Редакторынан Константин Симонов үлэлиирэ. Кини, хоһоону ааҕаат, М. Львовка өссө чуолкайдык тылбаастата биэрэр. Дьэ, бу кэнниттэн хоһоон оччотооҕу саха литературатын саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэннэрэр. „Своим суровым оппонентам я решил ответить стихом, и в том же 53-м году написал стихотворение „Мой русский язык”, – диэн Семен Данилов оччотооҕу утарсааччыларыгар эппиэттээбитэ».
1954 сыллаахха Бор детдома сабыллар. Холбоһуктааһын туһунан боппуруос турбутугар, «Правда» уонна «Ворошилов» холкуостаахтара биир куолаһынан кыайан, нэһилиэк киининэн Дьиикимдэ буолбута. Бор кураанахсыйбыта. Үгүстэр дьиэлэрин көһөрбүттэрэ. Арай мин дьонум дьиэтэ Былларааттаахха 60-с сылларга диэри турбута. Ити саҕана Семен Данилов биһиэхэ хаста да кэлэ сылдьыбыта. Ону Эбэ алааһын ортотугар, дьиэбит тэлгэһэтигэр халаачык үтэр оһохпут таһыгар дьоммун бөдөҥ кус уонна собо тутуурдаах түһэрбит хаартыскалара (бэйэтэ эмиэ түһүспүт) туоһулууллар. Билигин санаан көрдөххө, ити саҕана литература нэһилиэстибэтин боппуруостара сытыытык турбут кэмнэрэ эбит. Үлэтиттэн, олорор дьиэтиттэн үүрүү уонна да атын хааччахтааһыннар төһөлөөх ыараханнык дьайбыттара буолуой?! Ити туһунан хаһан да тугу да кэпсээбэтэ. Биир кэм холку, сэмэй, күлэ-үөрэ сылдьар этэ. Кэллэҕинэ бултаан тахсара уонна сэһэнэ наар булт туһунан буолара.
Бэрдьигэстээх орто оскуолатыгар үөрэнэ сырыттахпына, 1957 сыллаахха кулун тутар саҥатыгар эдэр суруйааччылар бэһиэ-алтыа буолан кэлэн нэһилиэнньэни кытта көрсүбүттэрэ. Убайым миигин көрдөөн булан, остолобуойга аһаппытыгар, элбэх сэһэннээх саҥарбыт-иҥэрбит, күлбүт-үөрбүт дьонтон кыбыстан, аанньа аһаабатаҕым, үчүгэйдик ирэ-хоро кэпсэппэккэ сэмэлэммитим.
Оскуоланы бүтэрэн комсомол путевкатынан Ленин аатынан холкуоска үлэлии тахсыам иннинэ доруобуйабын көрдөрүнэ уонна дьоммун билсэ куоракка киирбитим. Инники хаһан да куоракка сылдьыбатаҕым. Семен Петровичтаах Белинскэй уулуссаҕа турар икки квартиралаах мас дьиэ аҥаарыгар олороллоро. Сэргэлээх даачатыгар бэс чагда тыа саҕатыгар ырааһыйаҕа 7×8 дьиэлэнэн, саас аайы эрдэ онно көһөллөрө. Тэлгэһэлэрин күөх бэстэр, хатыҥнар, тирэхтэр, тэтиҥнэр киэргэтэллэрэ. Күһүн хойукка диэри олороллоро. Түннүктэрин анныгар үүммүт тэтиҥнэрэ, тирэхтэрэ түргэнник саһараллара уонна оннук түргэнник маҥнайгы тымныы тыалтан сэбирдэхтэрэ эмискэ суйданан хаалара. Ону поэт «Балаҕан ыйын курус тыала» диэн хоһоонугар сыгынньах дьахтарга маарыннатан хоһуйар. Семен Петрович ити саҕана хаартыскаҕа түһэриинэн үлүһүйэрэ. Кырачаан Семка (таайым Лэгиэнтэй кыра уолун ылан ииппиттэрэ) мин илиибиттэн түспэт этэ, элбэхтик хаартыскаҕа түһэрбит. Убайым уолун атаахтатара. Ыраахтан кэллэҕинэ, уолугар эрэ саба түһэрэ. Куоракка тэһийбэтэҕим, көрдөрөн бүтээт, нэдиэлэ эрэ курдук буолан баран, Семканы ытаппытынан дойдулаабытым. Бу сырыыбар хайаатар да үрдүк үөрэххэ туттарсан үөрэнэрбэр убайым сүбэлээбитэ.
Даниловтар ииппит кыыстара Варя, онуһу бүтэрэн баран, кылааһынан саҥа тутуллан эрэр Мииринэйгэ барбыттара. Варя бу куоракка букатыннаахтык хаалбыта. Олоҕун олоччу алмаас промышленноһын сайдыытыгар анаабыта. Варяны, ийэлэрэ Маарыйа бииргэ төрөөбүт сурдьун Судургу Уйбаан кыра кыыһын, тоҕус саастааҕар Семен Петровичтаах иитэ ылбыттара.
Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ бэһиэлэр: улаханнара Лэгиэнтэй, Даниловтар ийэлэрэ Маарыйа, үһүс – мин ийэм Маарыйа, Судургу Уйбаан уонна кыралара – Ыстапыай. Ийэм сурдьун Судургу Уйбаан туһунан элбэҕи кэпсиирэ. Отутус сыллар бүтүүлэригэр икки суолга буруйдааннар: бастакыта – конфедералистарга (оччотооҕуга бандьыыттар диэн ааттыыллара) суруксуттаабыт, иккиһэ – табанан таһаҕас таһа сылдьан, аара суолга табаларын аһатаары хонон ааһар, биэс оҕолоох сутаан олорор дьадаҥы ыалга, ыарыһах оҕолорун аһынан, кыра бурдук сыыһа уонна үс куһуок саахары биэрбит. Ити буруйдарын иһин куоракка тутан киллэрбиттэринэн сураҕа суох сүппүт. Кэлин Лэгиэнтэй сураһан билбитэ, хаайыыга сытан ыалдьан өлбүт.
Ийэлэрэ аҕалара тутуллан бараатын кытта эмискэ ыалдьан өлөр. Биэс оҕо тулаайах хаалар, икки кыра кыыһы Даниловтар иитэ ылаллар: Варяны Сэмэннээх, Аняны Бүөтүстээх Маарыйа. Үс обургу оҕо хаалан, аймахтарынан сылдьан, үлэһит дьон буола улааталлар. Олортон кыра уол Март Тимофеев – хоһоонньут, «Бэрдьигэстээх барахсан» ырыа ааптара. Улахан кыыс Маарыйа Ленин аатынан холкуос чулуу үлэһитэ, Москваҕа сүөһү үлэһиттэрин мунньаҕын делегата, Семен Данилов «Ферма кыргыттара» диэн ырыа буолбут хоһоонугар хоһуллубут «биэс бэһиэлэй кыргыттартан» биирдэстэрэ. Убайдара Потап – майгылаах бастыҥа, үлэһит үтүөтэ, дьон убаастабылын ылбыт киһи этэ. Варвара Семеновна – «Бочуот знага» уордьаннаах алмаас промышленноһын бэтэрээнэ.
Софрон Петрович дьоно Бордооҕу саҥа дьиэлэрин ампаардары атыылаан, Мария Егоровна төрөппүттэрэ соҕотох оҕолорун туһугар сүөһүлэрин барытын туттан, икки өттүттэн куолаан, Маяковскай уулуссаҕа турар киэҥ олбуордаах дьиэни атыылаһан, оҕолоругар биэрэллэр уонна бэйэлэрэ дьукаах олороллор. 50-с сыллартан саҕалаан Софрон Данилов үлэ үөһүгэр түспүтэ: Саха театрыгар, радиокомитекка, «Кыым» хаһыат эрэдээксийэтигэр, кинигэ издательствотыгар үлэлээбитэ. Сүрүн үлэлэрин таһынан айар үлэнэн таһаарыылаахтык дьарыктаммыта: ыстатыйалары, кэпсээннэри, уочаркалары, рецензиялары сурунаалларга, хаһыаттарга чаастатык бэчээттэтэрэ. 1958 сыллаахха бэйэтин бириэмэтигэр улаханнык аатырбыт «Сахалар ааттарыттан» диэн драманы суруйбута, тыа кулууптарын сыаналарыгар, театрга туруоруллан, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта.
Софрон Петрович төрөөбүт Боругар бэрт сэдэхтик сылдьара. Үлэтэ үгүһэ, айар үлэнэн үлүһүйүүтэ, дьиэ кэргэнин эбиллиитэ: түөрт кырдьаҕаһы кытары алта оҕо (биэс кыыс, биир уол) элбэх көрүүнү-истиини эрэйэрэ. Бүөтүстээх Маарыйа сылга биирдэ (ордук кыһын дохуот үллэстиитин саҕана) дойдуларыгар тахсан, эт-арыы хомуйан киирэллэрэ. Мин, куоракка үөрэнэ сылдьан, Софрон Петровичтаахха биирдэ да сылдьыбатаҕым, убайым үксүн соҕуруу айар дьиэлэргэ үлэлии баран суох буолара. Кэлин 60-с сыллартан биһиэхэ чаастатык тахса сылдьыаҕыттан чугаһаспыппыт. Ити кэмтэн ыла кини истиҥ, иһирэх, эйэҕэс майгытын сөбүлээбитим, ыраата бардаҕына, эҕэрдэ открытка, сурук ыытара күндү буолара.
Софрон Петрович убайыттан уратыта диэн, литератураҕа хоһоонунан киирбитэ. Хоһооннорун хомуурунньуга икки төгүллээн: 1979, 2004 сыллардаахха кинигэнэн тахсыбыта. Манна олоххо буолар тыын боппуруостары таарыйар. Кыра формалаах кэпсээннэрэ эмиэ ити хоһооннорун курдуктар. Холобура, алталаах уолчаан убайын батыһан оскуолаҕа тиийэн, оһох кэннигэр саһан туран ымсыырбыт баҕа санаата, олоҕун тиһэх күннэригэр диэри убайа Семен Петрович быраатыгар суолдьут сулус буолбута хоһуйуллар.
Күүс-уох, сэниэ ылына кэлэрэ. 60-с сыллар
Холкуоска үс сыл үлэлээн баран, Саха судаарыстыбаннай университетыгар туттарсан, саха салаатыгар үөрэххэ киирбитим. Уопсайга хостоох этим да, Семен Петровичтаах дьиэлэрэ иккис дьиэм буолбута. Орджоникидзе болуоссатын таһыгар турар түөрт этээстээх дьиэҕэ олороллоро. Ийэлэрэ Маарыйа эмээхсин кинилэргэ баара, ыарытыйара. Семен соҕуруу чаастатык сылдьара, дьиэтигэр үксүн суох буолара. Ол иһин саҥаспар Анна Семеновнаҕа көмөлөһөрүм, доҕор буоларым. 1961 сыллаахха Семен Петрович Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн талыллыбыта. Революция иннинээҕи суруйааччылар олохторун, айымньыларын сыныйан үөрэппитэ. Үс реалист суруйааччыны сырдаппыт Г.П. Башарины көмүскээбитэ. Кулаковскай, Софронов, Неустроев айымньыларын тилиннэриигэ кытаанахтык киирсибитэ. Ол түмүгэр 1952 сыллаах ССКП обкомун уурааҕа киэр эһиллибитэ, классиктар, саха бөдөҥ суруйааччыларын, норуот тылынан уус-уран айымньылара нууччалыы тылбаастанан, Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх дьонун интэриэһиргэппитэ.
Туох өйдөөх-санаалаах, туох толкуйдаах устудьуоннар үөрэнэ сылдьарбытын, преподавателлэр саха литературатын туһунан ааҕар лекцияларын интэриэһиргиирэ. Семен Петрович командировкаларга туох сыаллаах сылдьарын сэрэйэр этим. Сорох сырыыларыттан үөрэн-көтөн, санаата көтөҕүллэн кэллэҕинэ, дьыалата табыллыбыт дии саныырым. Кини ордук соҕуруу командировкалартан үксүн табыллан кэлэрэ.
Сэдэхтик да буоллар, көрсө түһэн истиҥник сэһэргэһэрбит. Ардыгар араас боппуруостары биэрэн, маны эн хайдах саныыгын диэн ыйытан соһутара. Миигин кытары биир кууруска Дмитрий Дыдаев (ити саҕана саҥа бэчээттэнэн эрэр эдэр поэт) үөрэммитэ. Киһилии үтүө майгылаах, эйэҕэс уолу соччо сэргээбэт этибит. Ордук кыргыттар. Ити саҕана кини айар үлэ абылаҥар саҥа холонон эрэр кэмэ быһыылааҕа. Киһиэхэ тиийимтиэ, ис киирбэх хоһооннору суруйан аҕалан, лекция кэмигэр кистээн көрдөрөрө уонна санаабын ыйытара. Мин Даниловтар чугас аймахтара буоларбын ким да билбэт этэ. Бастакы, иккис сылларга кууруспут иһинэн араас дискуссиялар, мөккүөрдэр, ырытыылар буолаллара. Кураторбыт Василий Никитич Протодьяконов киэн-холку куолаһынан мөккүөрбүтүн быһаарара.
Софрон Петрович бу сылларга суруйуунан харса суох дьарыктаммыта. Суруйбутун утары бэчээттэтэн иһэрэ. «Төрөөбүт алааска», «Дьону үөрдэ сырыттарбын», «Мин эйиэхэ кэпсиим» диэн дьоҕус кинигэлэрэ тахсыталаабыттара. Биһиги куурус устудьуоннара «Сахалар ааттарыттан» спектаклы ырытарбыт, группанан театрга баран көрөрбүт. Араас оройуоннартан сылдьар буоламмыт, бэйэбит оройуоммутугар сыһыаннаах суруйааччылары, кинилэр айымньыларын ырытыыга харса суох киирсэрбит. Итинник киирсиилэргэ Дмитрий Дыдаев үксүн мин диэки буолара, тоҕо диэтэххэ, Даниловтары олус убаастыыра. Кини биһигиттэн барыбытыттан уурбут-туппут курдук, өйдөнүмтүө саҥалааҕа. Ардыгар биирдии сытыы этиилэринэн саҥата суох ыыталыыра. Оччоҕо мин киниэхэ испэр махтана саныырым. Атын уолаттардааҕар мөлтөх таҥастааҕа-саптааҕа, занятиеларга үксүн хойутаан кэлэрэ да, преподавателлэр кыһаммат этилэр.
Көрдөөх устудьуон олоҕор икки сыл эрэ буолбутум. Араас түмсүүлэргэ кыттыспатым, хаһаайыстыбалаах киһи быһыытынан дьиэбэр ыксыырым. 1963 сыллаахха куоракка олохтоох кытай уолугар кэргэн тахсан, Даркылаах диэки бэйэбит дьиэлэнэн, туспа ыал буолан олус үчүгэйдик олорбуппут. Саахсаланнахпыт күн Семен Петровичтаах үөрэ-көтө эҕэрдэлээн бэлиэтээбиттэрэ. Юрабын олус сөбүлээбиттэрэ, убайым олоҕун тиһэх күннэригэр диэри көрүстэр эрэ сэргии түһэрэ, сэһэннэрэ-сэппэннэрэ аан дойдуну түгэҕинэн эргийэрэ. Күлэ-үөрэ балыыҥкалаһан, убайым дуоһуйа сынньанара. Өр кэмҥэ кэлэ сылдьыбатахпытына, ыҥыртаан ылара. Ардыгар бириэмэлэннэхтэринэ, бэйэлэрин массыыналарынан кэлэ сылдьаллара (быраатынаан Софроннуун биирдии бэйэлэрэ «Волга» массыыналаахтара).
Дипломнай үлэбэр Г.Р. Кардашевскай Аҕа дойду Улуу сэриитигэр баран өлбүт, үүнэн испит эдэр, талааннаах прозаик суруйааччы Дьүөгэ Ааныстыырабы ыйан биэрбитэ. Олох билбэт тиэмэм этэ. Семен Петровичка эппиппэр, Григорий Нынныырабы (оччолорго «Кыым» хаһыакка үлэлиирэ) ыйан биэрэн, улаханнык көмөлөспүтэ. Дипломмун бастакынан 4-кэ көмүскээбитим. Кууруһум оҕолоруттан бүтэһик сылбар букатыннаахтык тэйбитим, аҕыйах кыыһы кытары билсэрим. Дмитрий Дыдаевы сүтэрбитим, дойдубар кэлэн оскуолаҕа үлэлии сырыттахпына, «Хара быраат хара убайыгар суруга» хоһоонугар омугумсуйуу боппуруоһугар эриллэн, эмиэ 50-с сыллар курдук, кинигэлэрин уматар туһунан уураах кэлбитэ. Софрон Петрович Дыдаевы талааннаах, үчүгэй поэт тахсыаҕын сарбыйдылар диэн кэлэ сылдьан кэпсиирэ. Талыллыбыт айымньыларыттан көрдөххө, сүбэлээн-амалаан, санаатын көтөҕөн суругунан сибээстэһэллэр эбит.
1966 сыллаахха үөрэхпин бүтэрэн, Аммаҕа икки сыл дуогабарынан барарбытын убайым сөбүлээбэтэҕэ. Миигин «Хотугу сулуска», Юраны Суруйааччылар сойуустарыгар суоппарынан хаалларар санаалаах этэ. Юрам төрөөбүт дойдутугар таласпыта.
1967 сыллаахха Семен Данилов 50 сааһыгар ини-биилэр иккиэйэҕин эрэ кэлэн, дойдуларын дьоннорун кытары көрсүһэн баралларыгар Анисия Ивановна Кириллина кинилэр тустарынан дакылааттаабытын олус болҕойон истэн, астынан тиийбиттэр этэ. Бу түгэни хаартыскаҕа түһэрбиттэрэ музейга баар.
Үтүөкэн дьонноох аатырбыт Аммаҕа икки сыл буолааппытын кытары мин дьонум төрөөбүт Мытаахпар көһөрөн аҕалбыттара. Дойдубар кэлбиппин Даниловтар улаханнык сөбүлээбиттэрэ. Кэлээт дьиэ-уот туттан, сүөһүлэнэн-астанан, быр-бааччы олорбуппут. Семен Петрович Анна Семеновналыын чаастатык кэлэр буолбуттара. Кэллэхтэрин аайы хайаан да Борбутугар бара сылдьарбыт. Ардыгар Софрон Петровичтыын кэлэн хонон-өрөөн бараллара. Убайдарым кэлиилэрэ биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бырааһынньык курдук буолара.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун салайыаҕыттан ыла, Семен Данилов төрөөбүт литературата сайдарын туһугар туох баар кыаҕын, талаанын ууран үлэлээбитэ. Сотору-сотору соҕуруунан-хотунан чаастатык көтүүлэр доруобуйаҕа буортулаахтарын туһунан этэн туран, кырдьаҕас суруйааччылар сэрэттэхтэринэ мичээрдээн эрэ кэбиһэрэ үһү (Күннүк Уурастыырап ахтыытыттан). «Сарсын-өйүүн соҕуруу көтөбүн, дойдубар күүс-уох, сэниэ ылына кэллим», – диэхтиирэ кини, мантан тиийээт соҕуруу көппүтүн туһунан истэрбит.
1952 сыллаах айдааннаах уураах 1962 сыллаахха ССКП Киин кэмитиэтин көмөтүнэн көннөрүллүбүт курдук этэ да, утарылаһар дьайыытын тохтоппотоҕо. Ол Семен Петрович салайар үлэтигэр мэһэйдэри үөскэтэрэ, ол да буоллар Сэбиэскэй Сойуус биллиилээх суруйааччылара өйөөннөр, көмөлөһөннөр, саха суруйааччыларын айымньылара чаастатык бэчээттэнэн, тылбаастанан, сэбиэскэй норуокка киэҥник биллибиттэрэ. Софрон Петрович бу сылларга айар үлэнэн таһаарыылаахтык дьарыктанан, саҥаттан саҥа айымньылара бэчээттэммиттэрэ, араас үлэлэргэ үлэлээбитэ. «Айар үлэнэн үлүһүйүү – түүннэри утуйбакка олоруу түмүгэ», – диэн ахтар Мария Егоровна. Соҕуруу айар дьиэлэргэ баран, ыйы-ыйынан үлэлээн кэлэрэ. Ол түмүгэр 60-с сылларга «Манчаары», «Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах» оҕолорго аналлаах, о.д.а. кэпсээннэрин кинигэлэрэ күн сирин көрбүттэрэ. Аатырбыт «Сүрэх тэбэрин тухары» романын саҕалаабыта. «Хотугу сулуска» дьон кэтэһэр айымньыта буолбута. Ити курдук, ини-бии Даниловтар сыралаах салайар уонна айар үлэлэринэн алта уонус сылларга саха литературата сайдарыгар улахан олугу уурбуттара.
Талааннаах суруйааччы, салайааччы быһыытынан билиммиттэрэ. 70-с сыллар
Бу сыллар Даниловтар айар үлэлэригэр, олохторугар былыта суох чаҕылыччы тыгар күннээх ыраас халлаан курдук ааспатаҕа. «Саха уус-уран литературатын сайдыытыгар уһулуччу үтүөлээх бырааттыы Семен уонна Софрон Даниловтары эккирэтиһии, кинилэргэ тэрээһиннээх саба түһүүлэр биһиги харахпыт ортотугар ааспыттара», – диэн ахтар саха норуодунай поэта Савва Тарасов. Маннык ыарахан кэмнэригэр дойдуларыгар кэлиилэрэ үксээбитэ. Чуумпутук, биллибэккэ-көстүбэккэ тапталлаах Бордоругар сынньанан, сэниэлэнэн бараллара. Семен Петрович доруобуйата бу сылларга мөлтөөн иһэр курдуга. Суоппара, «суол хоһуун таҥарата» Сэмэн Соловьев Анна Семеновналыын көрөн-истэн, бүөбэйдээн арыаллыыллара. Савва Тарасов Даниловтары тиһэх күннэригэр диэри араҥаччылыы сылдьыбыта. Биһиги киниттэн куорат сонунун истэрбит. Биирдэ Савва Иванович Семен Петровичка эппэккэ эрэ эмискэ дойдулаабытыгар: «Доҕоор, ити тоҕо үнүр эппэккэ бардыҥ, дьоммутугар тугу эмит ыытыа этибит буоллаҕа», – диэбит этэ.
Савва Иванович тапталлаах эдьиийэ Анисия Ивановна нуучча тылын, литературатын учуутала, биһиги нэһилиэкпитигэр 50-с сыллартан үлэлээбитэ. Мытаах ыччата саамай убаастыыр учууталбыт этэ. Кийиит буолан, оҕолонон-урууланан, Дьиикимдэ сэлиэнньэтин сис ыала дэтэн олороллоругар Савва чаастатык кэлэрэ. Учууталбынаан биир уулуссаҕа утарыта ыаллыы олорорбут. Бор, Бэрдьигэстээх оскуолаларыгар учууталлыыр кэмигэр, балыстара Анялыын дьүөгэлии буоламмыт, мин кинилэртэн арахпатаҕым. Онуһу ситиһиилээхтик бүтэрэрбэр уонна салгыы үрдүк үөрэххэ киирэрбэр Анисия Ивановна барахсан улаханнык көмөлөспүтэ. Холкуоска үс сыл үлэлээбит кэммэр кини ыал буолбута уонна биһиги дьиэбит таһыгар дьиэ туттан олорбуттара.
70-с сыллар саҕаланыыларыгар Семен Петрович олоҕун орто омурҕанын ааһан эрэр кэмэ этэ. Араас мунньахтар, көрсүһүүлэр, былааннаммыт күннэр, сындааһыннаах айаннар – бу барыта кини үрдүнэн ааһаллара. Оттон доруобуйата улам мөлтөөн иһэрэ. Ол да буоллар кини айар, салайар да үлэтин тохтоппотоҕо. Хаһыаттарга литература сайдыытыгар аналлаах ыстатыйалары суруйара. Эдэр суруйааччылар үүнэн тахсалларыгар сүрүн болҕомтотун уурара. «Эдэр суруйааччыта суох литература – кэскилэ суох литература», – диирэ кини. Ол иһин суруйааччылар IX съезтэрин көрсө итиниэхэ аналлаах ыстатыйа суруйбута. Оччотооҕуга эдэр, күн бүгүн сааһырбыт, аҕамсыйан эрэр суруйааччылар ону Семен Данилов 100 сааһын туолар күннэригэр дириҥ убаастабылынан, махталынан ахталлар.
Биһиги дьиэ кэргэн олохпутугар убайым Семен оҥорбут үтүөтэ туохха да кэмнэммэт. 1976 сыллаахха аҕабыт Юрий Иванович эмискэ улаханнык ыалдьан, үтүөрэр эрэлэ суох буолбутугар Иннокентий Иннокентьевич Петров көмөтүнэн куораттаппыттара. Биһиги турукпутун билбэккэ олордохторуна, мин балыыһаттан ытаабытынан даачаҕа тиийбитим. Бу күннэргэ Дьокуускайга саха литературатын күннэрэ буола турара. Тиийбитим, киһи бөҕөтө мустан, бырааһынньыктыы олороллоро. Киирээт, саҥарар да кыаҕа суох ытаан бардым. Бары соһуйдулар. Онтон истэн-билэн баран, сүбэлэһэн айманан турдулар уонна сити күн киэһэтигэр «өлбөт мэҥэ уутугар» тэҥнээх күндү эми баар оҥордулар. Быраастар улаханнык соһуйбуттара. Туох да улахан албан аата, партията суох боростуой тыа үлэһит киһитигэр улахан болҕомто ууруллубута. Ону таһынан Семен Петрович соло буллар эрэ кэлэ сылдьара. Күн аайы ыйыталаһара. Бастакы ыарахан күннэрбитигэр обком биир үлэһитин быраастары кытары сибээстэһиннэрэн, ыарыһах туругун биллэрэ туралларыгар сорудахтаабыт этилэр. Ити иннинэ син биир киһи буолбат диэн, медперсонал сыһыана мөлтөх этэ. Бу ыарыыттан 100 киһиттэн биир-икки киһи тыыннаах хаалыан сөп дииллэрэ. Күүстээх эмп уонна быраастар көмөлөрүнэн, көрүү-истии үчүгэйинэн, бытааннык да буоллар, күн-түүн бэттэхтээн испиппит. Дэлэҕэ этиэхтэрэ дуо: «Эһиги аймахтаргыт чыычаах үүтүн да булар кыахтаахтар эбит», – диэн. Онон аҕабыт сайыны, күһүнү быһа дьаныардаахтык эмтэнэн үтүөрэн, инники туругуттан итэҕэһэ суох доруобуйаланан баран, кэлин быстах өлүүгэ былдьаммыта.
Москва балыыһаларыгар уһуннук сытан эмтэнэн, Семен Петрович ама соҕус буоллаҕына, Переделкиноҕа айар дьиэҕэ уһуннук олорон саха суруйааччыларын айымньылара бэчээттэнэллэрин, тылбаастаналларын туһугар үлэлэһэрэ. Билигин улахан салайааччылар араас ыстатыйалары, этиилэри, дакылааттары чаҕардарыгар суруттаран ылаллар. Оттон кини маны барытын бэйэтэ толороро. Тус бэйэтин айар үлэтигэр тахсыылаахтык үлэлээбитэ. Ити кэмҥэ литература сайдыытыгар, дьоҥҥо, обществоҕа, олоххо мэһэйдэһэ сатааччылар поэт тус олоҕор, айар, салайар үлэтигэр даҕаны араастаан саба түһэллэрэ, холуннараллара биирдиилээн да буоллар баар этэ. Ол да буоллар, араас омук суруйааччылара, кириитиктэрэ, ааҕааччылара Семен Даниловы талааннаах салайааччы, суруйааччы быһыытынан билиммиттэрэ. Кини күн бүгүҥҥэ да диэри бар дьонугар мэлдьи тыыннаах. Ону биһиги поэт 100 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиирбитигэр биллибит. Поэт «Алааскар эн мас үүннэрэн хааллардаххына» диэн кэс тылын эппит хоһоонунуу күн сирин таптаан ыллаабыта, төрөөбүт тылыгар тапталы туойбута, өбүгэлэрин кэриэстэрин үрдүктүк туппута, бар дьонун туһугар олорбута. Киһи, суруйааччы, салайааччы буолар чиэһин ыраас суобастаахтык толорбута. «Россияҕа биэс улуу поэт баар буоллаҕына, олортон биирдэстэрэ – Семен Данилов», – диэн оччолорго мээнэҕэ даҕаны эппэтэхтэрэ.
Биһиги, биир дойдулаахтара, аймахтара, дойдутугар бииргэ сылдьыһар кэммитигэр, хайдахтаах курдук түһүүлээх-тахсыылаах олоҕу олорорун толору өйдөөбөт эбиппит. Билигин ону санаан көрдөхпүтүнэ, кыбыстыах курдукпут. Кини үксүн хайдах-туох сылдьан үлэтигэр ситиһиилэммитин үөрэ-көтө кэпсиирэ, оттон доруобуйата мөлтүүрүн, атааннаахтар айдааннарын, ордугурҕааччылар утарсыыларын тустарынан биир да тылы быктарбата. Бука, барытын ыарыһах сүрэҕэр сөҥөрдө сылдьаахтаабыта эбитэ буолуо.
«Хотугу сулус» сурунаалга Семен Петрович Саха сирин суруйааччылара дойду атын суруйааччыларын кытары айар сибээстэрин олохтоору, «Литературалар доҕордоһуулара – норуоттар доҕордоһуулара» диэн рубриканы киллэрбитэ. Ол түмүгэр атын омук суруйааччылара, сахалыы тылбаастанан, бэйэлэрин дойдуларын, норуоттарын билиһиннэрбиттэрэ. Ону таһынан суруйааччылар бэйэлэринэн ыалдьыттыы кэлиилэрэ, биһиги суруйааччыларбыт делегациянан атын дойдуларга сылдьыылара үксээбитэ. 1975 сыллаахха Москваҕа РСФСР Суруйааччыларын сойууһун VI пленумугар саха литературатын дириҥник ырытыы буолбута. Бу дьүүллэһии түмүгэр биһиги литературабыт сайдыыта түргэтээбитэ. Казахстаҥҥа Мухтар Ауэзов музейыгар сылдьан табаарыстарыгар: «Тоҕо биһиги Ойуунускайбытыгар маннык музейы тэрийбэппитий?» – диэбит уонна дойдутугар кэлээт сонно тута Платон Ойуунускайга аналлаах литература музейын тэрийтэрэр. Маны таһынан кини интернационалист суруйааччы уонна салайааччы этэ. Атын улуу омуктар суруйааччыларыгар, кинилэр айымньыларыгар сүгүрүйэрэ уонна саха норуодунай суруйааччыларын кинилэр кэккэлэригэр таһаарарга дьулуһара. Семен Данилов үлэлиир кэмигэр Саха сирин суруйааччыларын съезтэрэ үрдүк таһымнаахтык, эйэ дэмнээхтик ыытыллар буолбуттара.
Семен Петрович доруобуйатын харыстаммакка, мөлтөөн иһэрин аахсыбакка, харса суох үлэлиирэ. 1978 сыллаахха сэтинньи 27 күнэ биһиги олохпутугар суоһар этиҥ буолан сууллубута. Үлэлии, кэлэ-бара, айа-тута сылдьыбыт убайбыт эмискэччи суох буолбута олус соһуччу этэ. Кэргэмминээн Юралыын тиһэх суолугар атаара куоракка киирбиппит. Политикалыы сырдатыы дьиэтин киэҥ саалатыгар дьон бөҕө мустубута, бырастыылаһааччылар быыстала суох субуллубуттара. Кырдьаҕас баҕайы нуучча эмээхситтэрэ, оҕонньотторо (тайаҕынан сылдьааччылар да бааллара), ытаһа-ытаһа, кэлэн бырастыылаһан бараллара. Куорат олохтоохторун араас араҥатын, кырдьаҕаһыттан-эдэриттэн тутулуга суох, дьон убаастабыла дириҥин манна туран сөҕө көрбүтүм.
Тиһэх суолугар атаарыыга кутурҕаннаах тыллары үгүс киһи эппитэ. Сэбиэскэй Сойуус араас муннуктарыттан атаарса кэлбиттэрэ, политикалыы сырдатыы дьиэтиттэн Киров уулуссанан Лермонтовка тахсыыга дьон толору этэ. Семен Петрович, алта уонун эрэ туолаат, салайар, айар үлэлэрин чыпчаалыгар сылдьан, хомолтолоохтук барбыта. Аны биһиэхэ, төрөөбүт күндү дойдутугар, аймахтарыгар, кэлэн үөрэ-көтө кэпсэтэрэ, күлэрэ-оонньуура суох буолбута саныахха ыарахан этэ. Убайбын кытары кылгас кэмҥэ алтыһан ааспыт түгэннэрим үтүө өйдөбүл буолан дууһабар, өйбөр-санаабар хааллахтара. Ол да буоллар, кини норуотун туһугар олорбут чаҕылхай, ыраас, чиэһинэй олоҕо, күүрээннээх үлэтэ суолдьут сулус буолан, киэҥ халлаантан тырымныы, умайа туруоҕа диэн бигэ эрэллээхпин.
Саха АССР обкомун I сэкирэтээрэ Г.И. Чиряев Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлинэн Софрон Петрович Даниловы анаттарбыта. Сорохтор сөбүлээбэтэхтэрэ да буоллар, суруйааччылар үгүс өттүлэрэ өйөөбүтэ. Семен Петрович олорбут олоҕун кылгас кэмигэр саха литературатын киэҥ эйгэҕэ таһаарбытын быраата Софрон Петрович салгыы сайыннарар сыаллаах үлэтин саҕалаабыта. Убайым Семен Петрович суох буолбутун да кэннэ, төрөөбүт нэһилиэгэр кэлии-барыы мөлтөөбөтөҕө. Огдообото Анна Семеновна чаастатык кэлэ тураахтыыра. «Манна кэллэхпинэ, Семенум төрөөбүт дойдутугар сырыттахпына, бэйэтин көрсүбүт курдук сананабын», – диэхтиирэ. Музей тэриллибитин кэннэ, төһө киһи сылдьыбытын, тугу суруйан хаалларбыттарын, музей ырааһын, бэрээдэгин бэрэбиэркэлиир буолара.
Сорох ордугурҕааччылар, бэрт былдьаһааччылар убайбын кылгас үйэтигэр сордообуттара, ону биһиги бэйэтиттэн буолбакка, сылдьар ыалдьыттартан, хонор хоноһолортон истэ-билэ олорбуппут. Софрон Петрович эмиэ итинник балаһыанньаҕа салайан, үлэлээн ааспыта. Биһиги, Даниловтар аймахтара, боростуой тыа дьоно, Семен Петровиһы өһүөннээхтэрэ эрдэлэппиттэрин сэрэйэр этибит. Кинини солбуйбут быраата Софрон Данилов убайыгар охсуулары тэҥҥэ үллэстэн, доруобуйата мөлтөх этэ. Күндү киһитэ, чугас доҕоро, көмөлөһөөччүтэ, олоҕун аргыһа Мария Егоровна уонна оҕолоро кини ыарахан үлэтигэр бөҕө тирэх буолбуттара.
Софрон Петрович, сааһыран баран, дойдутугар сотору-сотору кэлэр буолбута уонна төрөөбүт Боругар хайаатар да тиийэ сылдьара. «Горнай» сопхуос салалтата, кэргэним Юрий Иванович, убайым Семен Степанович көмүлүөк оһохтоох бэртээхэй дьоҕус балаҕаны тутаннар, күнү-күннүктээн сытан сынньанар, ардыгар табаарыһыныын Василий Федотович Филипповтыын хонон-өрөөн барар буолбуттара. Савва Иванович Тарасовтыын, бииргэ үлэлиир буолан, ардыгар иккиэн кэлэллэрэ. Хайдах үлэлээн-хамнаан сылдьалларын, хас биирдии суруйааччылар тустарынан Савва Иванович бэйэ икки ардыгар үгүһү кэпсиирэ. Софрон Петрович кэллэҕин аайы сылайбыт-элэйбит, санааҕа баттаппыт дьүһүнүн көрдөхпүнэ, санаам түһэрэ.
Ини-бии Даниловтар үтүө санаалаах, ыраас суобастаах, сэмэй, сүрэх этэринэн олорбут, бар дьон тапталын, убаастабылын ылбыт дьон буолалларын тэрийбит музейбар үлэлиир сылларбар билбитим. Күн бүгүнүгэр диэри ыраах, чиэски сир диэбэккэ, сүүһүнэн, тыһыынчанан дьон сылдьан, үтүө өйдөбүлү суруйан, этэн хааллараллара салҕанан бара турар. Кинилэри общественнай деятеллэр быһыытынан үрдүктүк сыаналыыллара, ордук президеннэр М.Е. Николаев, В.А. Штыров, Е.А. Борисов суруйан, этэн хаалларбыттарын сылдьааччылар биһирииллэр. Софрон Данилов саха учуонайдарын А.Е. Мординовы, В.Н. Иванову, Е.Е. Алексеевы, В.П. Ларионовы, Д.Д. Саввиновы, К.Е. Кононовы, В.В. Филипповы олус убаастыыра, кинилэр дириҥ өйдөрүгэр, билиилэригэр сүгүрүйэрэ.
Семен Петрович тиһэх сылларыгар быраата «Хотугу сулус» сурунаал эрэдээксийэтигэр үлэлиирэ. Оччотооҕу биир сомоҕо, доҕордуу коллектив туһунан кэлин Далан астына ахтара. Кини Софрон Петровиһы дириҥ өйдөөх, дуоспуруннаах, салайааччы буоларыгар саамай сөптөөх киһинэн ааҕара. Убайын солообут суолун өссө кэҥэтэн, саха литературата, төрөөбүт норуота сайдарын туһугар кимиилээхтик үлэлииригэр эрэллээҕэ. Улахан суруйааччы, биллиилээх деятель Саха сирин үгүс оройуоннарын кэрийэн, ааҕааччыларын кытары көрсүһэрэ, кини кэлэрин дьон кэтэһэрэ.
Уурбут-туппут курдук тылларынан кэпсээтэҕинэ, истээччилэр болҕомтолорун олус тардара. Бэйэтин үлэлиир коллективыгар чугастык сыһыаннаһара, улахан мунньахтарга тыл этиэн иннинэ, кинилэри мунньан туох санаалаахтарын, этиилэрин истэрэ. Тылбаас боппуруоһун салгыы сайыннарбыта. Ол курдук, биллиилээх суруйааччылар айымньыларын нууччалыы тылбаастатарга үлэлэспитэ. Софрон Петрович бииргэ үлэлиир дьонун кыһалҕатын кыһалҕа, норуотун дьылҕатын дьылҕа оҥостубута. Ону биһиги суох буолбутун кэннэ, ахтыылартан өссө кэҥэтэн өйдүүбүт. Софрон Петрович «Сүрэх тэбэрин тухары» романа ааҕааччылар биһирэбиллэриттэн өссө да уоста илигинэ, 1975 сыллаахха «Киһи биирдэ олорор» диэн аатырбыт романа тахсан, Саха сирин комсомолун бириэмийэтин ылбыта. Ол «Красавица Амга» диэн аатынан нууччалыы тылбаастанан, Сэбиэскэй Сойуус ааҕааччыларыгар тиийбитэ.
Софрон Петрович убайын Семен Петрович суолун батыһан, литератураҕа уонна искусствоҕа сыһыаннаах талааннаах эдэр дьону өйүүрэ, кинилэр тустарыгар кыһаллара, суругунан, истиҥ сүбэтинэн элбэҕи көмөлөһөрө. Литератураҕа уонна искусствоҕа туох эмэ үчүгэй баар буоллаҕына, онтон олус үөрэрэ. Саха норуота омук быһыытынан, атын аан дойду сайдыылаах омуктарыттан итэҕэһэ суох буоларыгар кыһаллара.
Үтүө дьону, сырдык өйдөбүлү үйэтитээри. 80-с сыллар
Улуу убайдарым Семен уонна Софрон Даниловтар орто дойдуга бэриллибит кылгас олохтон тоҕо маннык соһуччутук эмискэ туораатылар? Үлэ үөһүгэр, айар үлэ чыпчаалыгар, төрөөбүт норуоттарын сайдыытын түстэһэ сылдьан? Былыр-былыргыттан этэллэринэн, суруйалларынан, улуу худуоһунньуктар киистэнэн бокуонньук мэтириэтин уруһуйдуулларыгар үтүө майгылаах, ыраас суобастаах киһи туох да марайа суох, сонно тута ыраас холустаҕа илэ бэйэтинэн тахсан кэлэрэ үһү. Аатырбыт биир дойдулаахпыт, норуот худуоһунньуга Афанасий Осипов Семен уонна Софрон Даниловтар мэтириэттэрин биирдии түүн иһигэр уруһуйдаталаабыта соһуччу этэ. Убайдарым барахсаттар үтүө, истиҥ, эйэҕэс майгылара тас көстүүлэригэр аһаҕастык биллэр буолан, киһи дууһатын, болҕомтотун улаханнык тардаллара.
Софрон Петрович Суруйааччылар сойуустарын салайан олорор кэмигэр айар үлэтин таһынан, саха норуота норуот быһыытынан бэйэтин аатын үрдүктүк тутан олороругар, сайдарыгар үгүс үлэни ыыппыта. 1982 сыллаахха нууччалыы тылбаастаммыт «Киһи биирдэ олорор» романа сойуус бары муннуктарыгар тиийбитэ. Кыыча уонна Томмот уобарастара оччотооҕу эдэр ыччат өйүгэр-санаатыгар дириҥник киирбитэ. Суруйааччы айымньыларын геройдара, олох уларыйыытын дьиҥнээх туоһулара буолан, ааҕааччы болҕомтотун тардаллара.
Семен Петрович ыараханнык ыалдьа да сылдьан, Алексей Кулаковскай 100 сааһын туолуутун дьоһуннаахтык бэлиэтиир туһугар, харса суох турууласпыта. Кини хоһооннорун уонна поэмаларын С. Поделковка, В. Солоухиҥҥа нууччалыы тылбаастатан, «Песни якута» диэн кинигэни таһаартарбыта. Оттон Софрон Петрович Өксөкүлээх «Саха интеллигенциятыгар суруга» бэчээккэ тахсан тарҕаныытыгар улахан оруоллаах. Мантан көстөр, ини-бии Даниловтар классиктарбыт айымньылара тиллэллэрин туһугар оҥорбут үтүөлэрэ. Софрон Петрович ордук Анемподист Софронов айымньыларыгар, олоҕун дьылҕатыгар ыалдьара. Кини эрэйдээх дьылҕатын, доруобуйата мөлтөҕүнэн эрэйдэнэрин, олоҕор табыллыбатаҕын аһына ылынара уонна Алампа туһунан улахан айымньы суруйар былааннааҕа. Хомойуох иһин, кэм уонна олох сокуона ону толотторботоҕо.
Ааспыт үйэ 80-с сылларыгар кабинетынан үлэлээһин боппуруоһа турбута. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр дьоннордоох, баай историялаах Мытаах нэһилиэгин оскуолатыттан ирдэбил улахан этэ, кэлээччи-барааччы үксээбитэ. Өрөспүүбүлүкэ салалтатыттан, атын да дойдуттан кэлэр дьону бастаан Мытаахха таһаараллара (күн бүгүнүгэр диэри оннук). Онон маҥнай саха тылын уонна литературатын хоһун тэрийэн улууска бастаабыппыт. Нөҥүө сылыгар өрөспүүбүлүкэҕэ иккис миэстэ буолбуппут. Салгыы итини таһынан Литература хоһо баар буолбута. Суруйааччыларбыт – ини-бии Даниловтар, Савва Тарасов, Григорий Данилов, Прокопий Григорьев кинигэлэринэн, өбүгэлэрбит туттар сэптэринэн, туой, туос иһиттэр арааһынан, нэһилиэк историятын көрдөрөр матырыйаалларынан, худуоһунньук Афанасий Осипов 11 хартыынатынан кэҥэс хоспутун толорбуппут. Нэһилиэк биллиилээх дьонун туһунан планшеттар истиэнэлэри толору ыйаммыттара. Ардыгар уруоктарбын бу хоспор ыытарым. Дьэ бу хос тэриллиэҕиттэн кэлии-барыы өссө үксээбитэ.
Кэлин райком сэкирэтээрэ П.С. Иванов кэлэн көрөн баран, хоһу кэҥэтэр туһунан боппуруоһу туруорбута: «Маннык биллиилээх дьоннордоох, киэҥ историялаах нэһилиэк, оскуола инникитин толкуйданнаххытына сатаныыһы», – диэбитэ. Оскуола дириэктэрэ Семен Федотович Филиппов, «Литература в школе» сурунаалга Пушкинскай ааҕыылары ыыталларын туһунан ааҕан баран, Даниловскай ааҕыылары тэрийэр туһунан сорудах биэрбитэ.
1987 сыллаахха муус устар 13-гэр, сааскы ыраас чаҕылхай күн, саха норуодунай поэта, биллиилээх общественнай деятелэ Семен Петрович Даниловка аналлаах литература музейа арыллыбыта. «Бу музейы Саха сиригэр эрэ буолбакка, урукку Сэбиэскэй Сойуус киэҥ иэнигэр, аныгы Россия усталаах-туоратыгар үчүгэйдик билэллэр», – диэн саха норуодунай поэта Савва Тарасов 1992 сыллаахха музей төрүттэммитэ биэс сылыгар кэлэ сылдьан эппитэ. Бастакы уон сылга дьон сылдьыыта балысхан этэ. Польшаттан, Чехословакияттан, Японияттан, Кытайтан, Америкаттан делегациялар кэлитэлээбиттэрэ, бэйэлэрин тылларынан санааларын суруйан хааллараллара. Сүүһүнэн сылдьааччылар кэлэн ахтан-санаан, этэн-тыынан баралларыттан убайым Семен Даниловынан киэн туттуум өссө улаатара. Билбэтэхпин билэрим, истибэтэхпин истэрим, ыраас, чаҕылхай, чиэһинэй кылгас олоҕо өссө дириҥник арыллара. «Улуу олоҥхоҕо „тоҕус суол түмсэр тоҕойо, аҕыс суол алтыһар аартыга” диэн этии баар буолааччы. Билигин бу Дьиикимдэҕэ, Мытаах нэһилиэгэр, тиксиһэр тиргил суоллар, аасыһар аараан аартыктар элбэхтэр. Ол үрдүнэн Семен Даниловка аналлаах бу музей аһылыннаҕына, ол суоллар-иистэр, ол аараан аартыктар Аан дойду бары муннугуттан тиксиэхтэрэ-тиргиллиэхтэрэ диэн бигэтик эрэнэбит», – диэн эппитэ биир дойдулаахпыт норуот поэта Савва Тарасов.
Музейы тэрийии туһунан өй-санаа миэхэ өссө 70-с сыллартан киирбитэ. Саха сирин историктарын, чинчийээччилэрин, учуонайдарын, суруйааччыларын айымньыларыгар, ахтыыларыгар, публицистикалыы ыстатыйаларыгар Мытаах нэһилиэгин сирэ-уота, дьоно-сэргэтэ үгүстүк ахтыллар. Манна төрөөн-үөскээн олорон ааспыттара – олоҥхоһуттар, остуоруйаһыттар, кус быһыйдар, ат бөҕөлөр, айылҕаттан айдарыылаах эмчиттэр, ичээннэр, сэрэбиэйдьиттэр, ойууттар уонна отоһуттар. Мытаах нэһилиэгин баай историята – Гражданскай сэрии, холкуостары тэрийии, бастакы оскуола аһыллыыта, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ тулаайах хаалбыт оҕолорго өрөспүүбүлүкэтээҕи детдому арыйыы – бу барыта Бор алааһын иһигэр буолбут событиелар. Бор – ураты айылгылаах дойду, атын сиртэн айаннаан алааскар киирдэххинэ, тыынарга чэпчэки – сэниэлэнэ түһэҕин, сынньанан улахан дуоһуйууну ылаҕын. Манна былаас уларыйыытын сылларыгар утарылаһааччы күүстэр тохтоон түмсэн сүбэлэһэн, мунньахтаан ааһар кииннэрэ буолбута. Ини-бии норуодунай суруйааччы Даниловтар оҕо, эдэр саастара ааспыт Бордорун айымньыларыгар сүрүн герой оҥостоллор. Кый ыраах сирдэринэн, араас дойдуларынан сылдьан ахтар, саныыр түөлбэлэрэ – алаастара – үөрүүлэрин, хомолтолорун үллэстэ өрүү кэлэ тураллара…
1982 сыл, бэс ыйа. Сир-дойду аттаах да киһи сылдьыбат буола килиэр халаан. Софрон Петрович 60 сааһын бэлиэтии Борбутугар танкетканан тиийдибит. Суруйааччылартан Петр Аввакумов, Савва Тарасов бааллара. Анна Семеновна, Мария Егоровна Софрон Петровиһы арыаллаан кэлбиттэрэ. Райком бастакы сэкирэтээрэ М.Е. Лукин, «Горнай» сопхуос дириэктэрэ П.П. Бурнашев, партком сэкирэтээрэ В.И. Алексеев уонна чугас аймахтар баарбыт. Аҕыйах мас хаххалаан үүммүт Былларааттааҕар тахсан төрөөбүт өтөҕүн оннун көрбүтэ, сэргэтигэр өйөнөн тура түспүтэ. Бу өтөххө саҥа төрөөбүт Софрону аҕыйах хоннороот, дьоно Саппыйаҕа эһэтэ Дьаакып дьиэтигэр көспүттэр, саҥа дьиэ туттан киириэхтэригэр диэри онно олорбуттар.
Убайым сүргэтэ көтөҕүллэн, хаамара-сиимэрэ түргэтээн, сирэйэ-хараҕа сырдаан дуоһуйбут көрүҥнээҕэ. Өтөҕүн сэргэтин үтүгүннэрэн эт илиитинэн суоран, нарылаан, буорун хаһан, олорбут дьиэтин тэлгэһэтигэр сэргэ түһэрэн барбыта. Оччотооҕу суруйааччылар сойуустарын үлэтин-хамнаһын, өрөспүүбүлүкэбит балаһыанньатын, о.д.а. сонуннары кэпсээбитэ. Оонньоон-көрүлээн, ыллаан-туойан, оҕо сааһын ахтан, Эбэ алааһыгар киирэн хаартыскаҕа түһэн күн биллибэккэ ааспыта. Аттанаары туран маннык эппитэ: «Ийэ сир диэн өйдөбүлгэ төрөөбүт-үөскээбит дойдуҥ, ол дойдуга олорор, үлэлиир дьонуҥ-сэргэҥ былыргы дьыллар мындааларыттан күн бүгүҥҥэ диэри историята бүтүннүүтэ түмүллэн этиллэр». Сынньанан, дуоһуйан, сэниэлэнэн салгыы салайарга, айарга сүргэтэ көтөҕүллэн барбыта. Бу сырыытын кэнниттэн дойдутугар кэлэрэ чаастатыйбыта. Биир кэмҥэ доҕоро Василий Федотович Филипповтыын, ССКП райкомун пропагандаҕа отделын сэбиэдиссэйинээн, Бордоругар саҥа тутуллубут балаҕаҥҥа үс хоммуттара, кэпсэтэ-кэпсэтэ аа-дьуо хаамсан дуоһуйа сынньаммыттара. Сир аһа силигилээн турар кэмэ этэ – алаас тула дьэдьэн, хаптаҕас, моонньоҕон үүнэрэ.
Суруйааччы геройдара олоххо баар дьон. Ол курдук, «Бааһына» сэһэҥҥэ кэпсэнэр холкуос бэрэссэдээтэлэ Хабырыыс уобараһа Мытаах нэһилиэгин кырдьаҕаһа Баһылай Уйбаанабыс Тимофеев олорбут олоҕор сөп түбэһэр. Сэрии ыар сылларыгар кини, оччоҕо эдэр уол, холкуос бэрэссэдээтэлинэн үлэлии сылдьан, кыаммат аччык дьоҥҥо үстүү киилэ сиэмэ бурдугу түҥэппитин иһин устаабы кэстэ диэн Сиинэҕэ оттуу сырыттаҕына тутан, Борго дьиэтигэр да таарыппакка, быһа куоракка илдьэн оччотооҕу кытаанах сокуонунан хаайаллар. Софрон Данилов «Бааһынатыгар» Хабырыыс барахсан суорума суолланар, оттон Баһылайы Сэмэн Данилов дьыалатын хат көрдөрөн, киин салалтаҕа ааһынан, болдьоҕун иннинэ босхолотор. Баһылай Уйбаанабыс кэргэнэ эрдэ өлөн, биэс кыракый оҕотун бэйэтэ көрөн-харайан атахтарыгар туруорарыгар, сэрии кэннинээҕи да ыарахан сылларга элбэх эрэйи көрсүбүтэ. Кини бар дьон туһугар оҥорбут үтүөтэ Софрон Данилов биһирэмнээх геройа буоларыгар тиэрдибитэ диэххэ сөп.
Семен Петрович суох буолбутун кэннэ, өрөспүүбүлүкэҕэ араас утарсыылар күөдьүйэн барбыттара. Софрон Петрович ыытар үлэтигэр ол улаханнык мэһэйдиирэ. Ол да буоллар, кини ити сылларга айар үлэтин мөлтөппөтөҕө. «Ийэ буор» сэһэннэр, «Күн сырдыга» кэпсээннэр хомуурунньуктара, «Барымаҥ даа, кубалар» роман, «Самаан сайын саҕана» сэһэн, араас публицистыы ыстатыйалара тахсыталаабыттара. 1982 сыллаахха Арҕаа Сибиирдээҕи кинигэ издательствотыгар «Красавица Амга» романа бэчээттэнэн, ааҕааччылар болҕомтолоро өссө улааппыта, айымньыны сөбүлээбиттэрин туһунан махтанар суруктар тиһигин быспакка кэлэллэрэ.
1986 сыл муус устардааҕы ыччаттар айдааннара эмиэ Софрон Петрович үрдүнэн барбыта. Оччотооҕу обком салалтата балаһыанньаны билэр эрээри, буруйдаахтары буолбакка, буруйа суохтары түбэһиннэрбиттэрин туһунан биһиги музейбытыгар кэлэ сылдьыбыт ийэлэр, аҕалар муҥатыйыыларыттан хойутаан билбиппит. Тимир сыабынан, тимир курбуунан, төбөтүгэр эрэһиинэ болчуоктаах бирээдьинэ быанан сэбилэнэн оҥостон кэлбит 50-ча ыччат эйэ дэмнээхтик хаҥкылыы сылдьар устудьуоннары кыа хаанынан уһуннарбыттарын туһунан сурах бүтүн сойууһу тилийэ көппүтэ. Саха норуота омугумсуйууга күтүрэммитэ. Софрон Данилов сахатын норуотун, кини ыччатын туруулаһан туран көмүскэспитэ. Оччолорго сойууска буолар пленумнарга, съезтэргэ, өрөспүүбүлүкэтээҕи мунньахтарга сытыы ис хоһоонноох тыллары этэрин туһунан кэпсииллэрэ. Кэлин Софрон Петрович чиэһинэй суобаһын этиитинэн киирсэн, түмүгэр кыайыылаах тахсыбытын туһунан махтанар тыллары суруйан хаалларбыттара Мытаахтааҕы музейга хараллан сыталлар.
Музей арыллыбытын нөҥүө сылыгар Софрон Петрович соҕотоҕун кэлэ сылдьыбыта. Хоно сытан музейы үчүгэйдик сирийэн көрбүтэ. Санаабар эбитэ дуу, олус хотторбут көрүҥнээҕэ, доруобуйата да мөлтөҕө, санаа-оноо да баттааһына көстөрө, сибигинэйэн кэриэтэ чуумпутук эппитин күн бүгүнүгэр диэри кэриэс курдук саныыбын: «Лиза, мин суох буоллахпына, эмиэ маннык тэрийээр». Дьэ бу кэнниттэн, ама, хайдах убайдарым кэриэстэрин толоруом суоҕай! Ама, бу тэриллиигэ эппиэттээбэт дьон буолуохтара дуо, ини-бии Семен уонна Софрон Даниловтар – өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ общественнай деятеллэрэ, сойууска, Россияҕа улаханнык биллибит суруйааччылар, саха омук киэн тутта ааттыыр дьоно.
1987 сыл бэс ыйа мин тус олохпор алдьархайы аҕалбыта – тапталлаах аҕабыт Юрий Иванович Максимов түөрт оҕотун, миигин хаалларан соһуччу орто дойдуттан барбыта. Ыарахан күннэрбэр убайым Софрон Петрович барахсан кэлэн аһыыбытын тэҥҥэ үллэстибитэ. Дьиктитэ диэн кэргэним суох буолаатын кытары дьиэбит таһынааҕы улахан күөлгэ соҕотох куба баар буолбута. Төбөтүн умса туттан, үс хонугу быһа биһиги анныбытынан уста сылдьыбыта, ардыгар тохтоон тумсун кытылга анньан баран олорорун дьон соһуйа көрөрө. Юрабын таһаардахпыт күн киэһэтигэр суох буолбут этэ. Софрон Петрович ыалбыт оҕонньору кытары киирэн, чугастан көрөн, улаханнык дьиибэргээбитэ уонна «Аҥардас куба» диэн дьоҕус кэпсээни Юра кэриэһигэр анаан суруйбута. Кэлин Даниловскай ааҕыыларга ити кэпсээни аахтахтарына, кэргэммин Юраны, убайбын Софрону санаан өрүү хараастабын.
Көрдөххө тыйыс соҕус, аҕыйах саҥалаах, тоҥкуруун курдук гынан баран, кини саҕа эйэҕэс, аһаҕас, аһыныгас дууһалаах киһи аҕыйаҕа буолуо. Ол иһин эр дьон аймахтарбыттан Софрон Петровиһы дууһабар, сүрэхпэр чугастык ылынарым, кини дуоспуруннаах сүбэтэ-амата, истиҥ, чугас сыһыана огдообо олохпун чэпчэтэрэ. Убайбыт кэлэн барара биһиги аймахха үөрүү, бырааһынньык курдук буолара. «Лиза, тоойуом, хайа хайдаххытый, хайдах олордугут?» – диэбитинэн киирэн кэлэрэ күндү да буолара.
Төһө да олохпор ыарахаттары көрүстэрбин, норуот поэта Семен Данилов аатынан музей-библиотека (маҥнай итинник ааттаммыта) аата өрөспүүбүлүкэҕэ, сойууска, омук сирдэригэр киэҥник биллэн барыытыгар, туох баар сырабын, дьоҕурбун уурбутум. 80-с сыллар бүтүүлэригэр дьон сылдьыыта муҥутуурдук үрдээбитэ, убайдарым тустарынан үтүө өйдөбүлү суруйан хааллараллара саныахха олус үчүгэйэ, ону билигин киэн тутта уонна махтана саныыбын.
Убайдарбынан киэн туттабын. 90-с сыллар
Мин бу ыстатыйаны суруйбут кэмим устата уонна онно эрэ буолуо дуо, биир боппуруос өйбүн-санаабын, дууһабын моруу гынар. Ол ити инники эппитим курдук, убайдарым эмискэ суох буолуулара… Хайдах киһи итинник соһуччу олохтон барыан сөбүй? Онтон сыта-тура сыымайдаан, толкуйдаан көрдөхпүнэ, бастакытынан – эдэр саастан ыарыы ыаллаһыыта, иккиһинэн – олох очурдарыгар оҕустарыы (бэрт былдьаһааччылар, ордугурҕааччылар сонордоон үйэлэрин кылгаппыттара), үсүһүнэн – общественнай деятель быһыытынан төрөөбүт норуоттарын туһугар үгүстүк туруулаһыылара. Бу туһунан саха норуодунай суруйааччыта Далан маннык ахтыбыта: «Мин санаабар, убай-аҕа туттубут дьоннорум кэмнэрин иннинэ бу дойдуттан барбыттара. Өссө даҕаны норуоттарын, дьоннорун туһугар үгүһү оҥоруохтара хааллаҕа… Ону Софрон Петрович кэнники кэмнээҕи тиһэх күннэринээҕи санаалара, үлэтэ-хамнаһа толору туоһулууллар… Кинилэр уота суох охсуһууга охтубуттара. Норуоттарын иһин охсуһууга. Кини тупсарын, туругурарын туһугар. Өр сыллаах эккирэтии, үҥсүү кинилэри суох гыммыта. Моральнай террордааһын» («Софрон Данилов туһунан ахтыылар», 1996 с., 91 стр.).
80-с сыллар бүтүүлэригэр Софрон Петрович элбэхтик хотунан-соҕуруунан балыыһаларга сытан, кэнникинэн доруобуйата ама курдук буолбута. Үгүс публицистикалыы ыстатыйалары суруйталаабыта: «Дойдум дьоно» (кылаас таһынааҕы ааҕыыга көмө), «П.А. Ойуунускай – саха норуотун чулуу уола» уонна саамай киэн туттарбыт – Саха омук бастакы конгреһыгар оҥорбут дакылаата – «Саха норуота барҕарыы суолунан». Орто дойду олоҕуттан арахсар тиһэх күнүгэр Дагестан норуодунай поэтыгар Расул Гамзатовка киэҥ ис хоһоонноох суругу ыытан баран, кини туһунан ыстатыйа суруйбута, ол тиһэх суолугар атаарыы кутурҕаннаах күнүгэр «Кыым» хаһыакка тахсыбыта. Ити курдук, Софрон Петрович олоҕо быстыан тиһэх мүнүүтэтигэр диэри айа, суруйа, үлэлии сылдьыбыта.
1992 сыл күһүнэ. Атырдьах ыйын бүтэһик күннэрэ. Софрон Петрович кэргэнинээн Мария Егоровналыын уонна Савва Тарасов буолан кэлбиттэрэ. Убайбын көрөөт «сык» гына түспүтүм. Олус сылайбыт, ыалдьыбыт көрүҥнээҕэ. Убайдарым туох да биллэриитэ, айгыстыыта суох соһуччу кэлэр үгэстээхтэрэ. Улаханнык сылайан-элэйэн, доруобуйалара мөлтөөрү гыннаҕына, Бордоругар кэлэн эмтэнэн, күүс-уох ылан бараллара. Бу да сырыыга кыратык сытан сынньана түспүтүн кэннэ Борбутугар барбыппыт. Булт-алт көҥүллэммитин да иһин, биһиги аймахха эр дьоммут олохтон туораан, аспыт-үөлбүт мөлтөһүөр этэ. Дьон бэрсибит кыра соботун буһаран илдьибитим. Бэрдьигэстээхтэн оройуон баһылыга Иван Герасимович Дьяконов, Мытаах баһылыга Егор Петрович Кириллин сылдьыспыттара. Өрөспүүбүлүкэ, Суруйааччылар сойуустарын сонуннарын үксүн Савва Иванович кэпсээбитэ. Ол курдук, президент Михаил Ефимович Николаев үлэ чааһын саҕаланыытыгар күн аайы Софрон Петровичка телефоннаан, үлэтигэр-хамнаһыгар сүбэ-ама ылан көмөлөһүннэрэрин туһунан иһитиннэрбитигэр биһиги сөҕө, киэн тутта санаабыппыт.
Балаҕаммыт тэлгэһэтигэр олорон үксэ оҕо, эдэр саас сылларын туһунан Софрон Петрович ахтыбыта. Убайын Сэмэни истиҥник да саныыра, онно-манна бардаҕына кэһиитин кинигэ аҕалара үһү, олору хат-хат ааҕан, сорохторун нойосуус да кэриэтэ билбитин санаан, кыратык мүчүйэн ылбыта: «Айымньыларым геройдарыгар киирэн, кинилэр курдук буолан хааларым уонна оннук өйдөөх-санаалаах сылдьан, дьиэ ис-тас үлэтигэр, окко-маска аҕабар, эһэбэр көмөлөһөрүм. Убайым Сэмэн соло буллар эрэ, булдунан, хаартыскаҕа түһэриинэн дьарыктанара. Кини баарыгар эдэр уолаттар, кыргыттар чаастатык сылдьаллара, арааһы кэпсэтэллэрэ, ыллыыллара-туойаллара, хоһоон ааҕаллара, кинигэ уларсан бараллара. Ардыгар убайым хастыы эмэ хонукка бултуу баран кэлэрэ. Кини баарына үксүн булт этинэн олорорбут», – диэн оҕо, эдэр сааһын ахтан аһарбыта. Софрон Петрович дойдутугар кэллэҕинэ, мэлдьи арыаллыыр дьонуттан арахсан, соҕотоҕун алааһын эргийэн, күн сирин көрбүт Былларааттааҕынан эһэтин өтөҕөр баран кэлэрэ. Сис туттан баран аа-дьуо хаамара. Бүгүн эмиэ ити барбыт кэмигэр төгүрүччү олорон, Савва Иванович үтүө да, мөкү да сонуннары кэпсиирин истибиппит.
Бу сырыыга Софрон Петрович сирэйэ сырдаан дуоһуйбут көрүҥнээҕэ, хаамара-сиимэрэ түргэтээн, саҥаран-инэрэн, күлэн-үөрэн барбыта. Атаара батыһа көрөн хаалбытым, хайдах эрэ дууһабар олус ыарахан этэ. Убайым барахсан тиһэх сырыыта буоларын сүрэҕим сэрэйбитэ эбитэ дуу?
1992 сыл күһүнүттэн сиэннэр ыраах дойдуларга үөрэнэр буоланнар, оҕолор бэйэлэрэ тус-туспа дьиэлэнэн-уоттанан, «ат эккирэтэр» улахан дьиэҕэ оҕонньордоох эмээхсин бэйэлэрэ эрэ хаалан, Софрон Петрович туспа киэҥ үлэлиир хостонон, чуумпуран уонна доруобуйата да мөлтөөн, соҕуруу айар дьиэлэргэ барара тохтообута.
Саха омук бастакы конгреһын тэрийэр туһунан уонна онно сүрүн дакылааты Софрон Петрович оҥороругар дьаһал тахсыбыта. Онон айар үлэтин тохтотон туран, «Саха норуота барҕарыы суолунан» диэн ааттаах дакылааты бэлэмнээбитэ. Конгресс 1992 сыллаахха ахсынньы 15 күнүгэр Опера уонна балет судаарыстыбаннай театрын дьиэтигэр буолбута. Конгресс буолбута үйэ чиэппэрин ааһан эрэр, ол тухары үгүс этиилэр, ахтыылар бэчээттэннилэр, барыларын ис хоһооно биир – саха норуотун кэскилин түстээһин.
1993 сыл балаҕан ыйын 6 күнэ. Софрон Данилов эмискэ суох буолбутун туһунан сурах, эмиэ убайа Семен курдук, олус соһумардык иһиллибитэ. Сатаан санаабаппын хайдах итинник дьылҕалаах дьонуй?! Савва Иванович солбуйааччынан үлэлии сырыттаҕына сэрэппиттэр этэ: «Киһиҥ ресурсата олох бүппүт, сэрэнэн сырыт». Дьэ ити курдук тиһэх тыыннарыгар диэри үлэлии-хамныы сылдьыбыттар. Сааһы, сайыны быһа ыалдьыбыта, ордук кэнники ыйдарга олус мөлтөөбүтэ, үксүн балыыһа киһитэ буолбута. Хомойуох иһин, ити сайын суруйааччыларга ыараханнык ааспыта. Софрон Данилов саамай дурда-хахха оҥостор, сөбүлүүр доҕотторо – Кулантай, Болот Боотур, Реас Кулаковскай утуу-субуу олохтон туораабыттара. Үһүөннэрин тиһэх суолларыгар кыайан атаарбатаҕа, доруобуйата оннук улаханнык мөлтөөбүтэ. Ону кэтэх санаалаахтар соруйан сылдьыбатын курдук сураҕы ыыталлара…
Балаҕан ыйын 9 күнүгэр Опера уонна балет судаарыстыбаннай театрыгар буолбут бырастыылаһыыга норуот поэта Савва Тарасов кутурҕаннаах этиитэ мустубут дьону харааһыннарбыта, Софрон Петрович үтүө буолан иһэн, эмискэччи суох буолуутугар буруйдаахтары ааттарын аатталаабатар да, кимнээх буолалларын билэн туран, кытаанах тыллары эппитэ мустубут дьоҥҥо абарыыны үөскэппитэ. Тиһэх суолугар атаарыыга үгүс киһи мустубута, ытааччылар да бааллара. Соһуччута бэрдиттэн бөтө бэрдэрэн, харах уута мэһэйдээн, холку тыллар кыайан этиллибэтэхтэрэ, олор кэлин сурукка тиһиллэн ахтыыларга сурулуннахтара.
Убайбын тиһэх суолугар атаара киирэрбэр күн сирин көрбүт төрөөбүт өтөҕүттэн Былларааттаахтан, оҕо сааһа ааспыт Боруттан буор ылан, иинигэр илдьэн куппутум. Үгүһү-элбэҕи этэр кыах суох этэ: «Төрөөбүт буоруҥ сылаас суорҕан, сымнаҕас сыттык буоллун», – эрэ диэбитим, дьалты хааман дьон быыһыгар түспүтүм. Кыһайбыкка дылы, халлаан ардаа да ардаа, маныаха диэри кураан бөҕө турбута ээ. Сир ийэ чулуу уолаттарын сүтэрэн, аһыытын-кутуутун киэҥ көхсүгэр хаайа сатаан баран тулуйбакка, хараҕын уутун харса суох халытан кэбиспит курдук буолбута. Тиһэх остуолга сылдьыбатаҕым, сүүрбэ үс көһү өй-мэй курдук айаннаан дьиэбин булбутум.
Ити күннэргэ мин дууһабар ыар аһыы дириҥник сатыылаабыта. Кэргэним Юра, убайдарым Даниловтар – мин дьиэ кэргэммин араҥаччылааччылар суох буолбуттара, саныахха олус да ыарахана. Софрон Петрович олохтон барыан ый иннинэ, открыткаҕа маннык суруйан ыыппыта, онно «Лиза! Эйиигин этэҥҥэ сылдьаҥҥын, биһигини көр-иһит диэн этэн туран, бары үтүөнү-үчүгэйи баҕарабын» диэн тыллардааҕа. Ону баара кыайан көрбөккө-истибэккэ, ыар ыарыыттан быыһаабакка, хара санаалаах дьонтон харыһыйбакка былаҕайга былдьаппытым…
Убайдарым ыраах да сырыттахтарына, куруутун сибээстэһэр этилэр: открыткалары, суруктары ыыталлара. Кинилэр суох буолуохтарыттан ыла, сибээһим уурайан, тулаайахсыйбытым. Убайым Софрон Петрович суох буолбутун кэннэ, кини дьиэ кэргэнин кытары сибээһим мөлтөөн барбыта.
Софрон Данилов суох буолбутун да кэннэ, Анна Семеновнаны аҕала таарыйа, Савва Иванович биһиэхэ чаастатык сылдьара. Онно Софрон Петрович тиһэх сылларын туһунан үгүһү кэпсиирэ. Саҥаһым да суруйааччылар тустарынан ахтара үгүс этэ. Суруйааччылар сойуустарын суоппара, биһиги дьиэ кэргэммит ыкса доҕоро Софрон Николаев элбэх сонуннаах буолара. Онон убайдарым үлэ үөһүгэр айа-тута, үлэлии-хамныы сылдьан, тоҕо итинник эмискэччи олохтон барбыттарын сэрэйбитим, билбитим. Софрон Петровиһы тиһэх суолугар атаарар бырастыылаһыы кэмигэр дойду бары муннугуттан кутурҕаннаах телеграммалар кэлбиттэрэ, ол быыстарыгар ураты ис хоһоонноохтор бааллара, онтон биири Савва Иванович ааҕан иһитиннэрбитин сорохтор сөбүлээбэтэхтэрэ. Ол да буоллар үгүс дьон сэҥээрэн: «Сөпкө аахтардыгыт, ити аата хойутаан да буоллар, буруйу билинии бэлиэтэ», – диэбиттэр этэ. Савва Иванович кэлин биһиэхэ кэлэ сылдьан: «Мин ол телеграмманы тыыннаах өлбүккэ хотторуутун, ону билиниитин туоһута этэ диэн өйдөөбүтүм», – диэн билиммитэ. Дьэ ити ээ, тыыннааҕар мөлтөх доруобуйалаах киһини сордоон-сордоон баран, өлөөтүн кытары өйдөммүтэ буолуу… Убайбынаан араас түгэннэр тустарынан истиҥник сэһэргэһэрбитигэр биирдэ этэн турардаах: «Олох сотуллубат сокуона буолуо гынан баран, өлбүккэ үгүс сибэккини куустаран, үтүө тыллары этэн атаарартан биир эмэ сибэккитин, биир эмэ үтүө тылын тыыннааҕар, ыарахан кэмигэр эппит, биэрбит буоллар, бокуонньук өссө уһуннук олоруо эбитэ буолуо». Толкуйдаан көрдөххө, эмиэ да сөптөөх этии курдук…
Ини-бии Даниловтары үлэ үөһүгэр сырыттахтарына, ордугурҕааччылар төһөлөөх сордообуттарын кэлин истэбит, билэбит. Убайым барахсан ол иһин санаата түстэҕинэ, итинник санаахтыыра буолуо. «Убайбын кинилэр эрдэлэппиттэрэ», – диэн аһаҕастык норуот суруйааччыта Далаҥҥа эппиттээх эбит. Ол курдук, кинини бэйэтин эмиэ эрдэлэппиттэрин Далан эмиэ ахтар. Норуот киэн туттар дьонун араастаан хараарда сатааһын, бэрт былдьаһыы, була сатаан холуннарыы — хаалынньаҥ, мөлтөх дьон идэлэрэ. «Кырдьык үрдүгэр сымыйа ыттыбат, арыы үрдүгэр уу дагдайбат» диэн өс хоһооно этэринии, кырдьык хойутаан дуу, эрдэлээн дуу, мэлдьи кыайыылаах тахсар.
Софрон Петрович Мария Егоровнаҕа ыыппыт суругуттан: «Эн бу уһун олохпут тухары биллэҕиҥ буолуо миигин. Итэҕэһим элбэх буолуо да, албын, сымыйаччы, хобуоччу, киһиэхэ куһаҕаны баҕарар, илин-кэлин сирэй буолар адьынаттары кытта сыстыспатах баҕайым. Туох баарбынан-суохпунан, көнөтө, чиэһинэйэ, кырдьыга буолаарай диэн аһаҕастык сылдьабын». Кини ити эппит тылларынан олорбута, үлэлээбитэ. Өссө да кыратык олоро түспүтэ буоллар, үгүһү да айыах, этиэх-тыыныах, үлэлиэх-хамныах киһи соһумардык барбыта. Софрон Петрович убайынааҕар арыый уһуннук олорбут буолан, былаас, олох балысханнык уларыйыыларын уу хараҕынан көрбүтэ, эт кулгааҕынан истибитэ, өйүнэн-санаатынан кыттыспыта, кэлин суох буолбутун кэннэ тахсыбыт кинигэлэригэр киирдилэр. Кини сахатын дьонугар кинигэлэрин ааттарынан кэриэс курдук хаалларбыта: «Киһи биирдэ олорор», «Сүрэх тэбэрин тухары», «Дьоллоох буолуҥ, бар дьонум» диэн уонна «Тиһэх күммэр» диэн хоһоонугар эппитин курдук, эт илиитэ туппутун, дьоҕус дьоҕура айбытын барытын норуотугар анаабыта. Үтүө санаанан, ыраас суобаһынан, сэмэй сүрэх этэринэн олорбута.
Кылгас түмүгүм
Саха норуодунай суруйааччылара, М. Горькай аатынан РСФСР судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттара, бөдөҥ общественнай деятеллэр ини-бии Семен уонна Софрон Даниловтар Ийэ буор дойдуларыгар убайа кылгастык, быраата арыый уһуннук олорон айан-тутан, үлэлээн-хамнаан ситиһии үрдүк өрөгөйүн, хотторуу хомолтотун билэн, олох олорон ааспыттара.
Убайдарым тус олохторун дьоллоохтук олорбуттара. Семен Петрович таптыыр кэргэн бүөбэйинэн арчыланан, үөрүүлэрин-хомолтолорун тэҥҥэ үллэстэн, эйэлээх дьиэ кэргэн этилэр. Майгылара тас көрүҥнэригэр да көстөрө. Чугас доҕотторо, аймахтара «Сэмэн», «Сеня», «Нюта», «Аня» диэн ыҥырарбыт, ол кинилэргэ тоҕо эрэ олус сөп түбэһэрэ. Оттон Софрон Петрович кэргэнин, оҕолорун «тоойуомтан», «тооруккаттан» атыннык ааттаабат этэ. Алта оҕо амарах аҕата, таптыыр, таптатар кэргэн чугас киһитэ буолан толору дьолу билбитэ.
Тус бэйэлэрин олохторугар дьоллоро кинилэр общественнай уонна айар үлэлэригэр күүстээх тирэх буолара. Саха суруйааччыларын үгүстэрэ Даниловтары ытыктыыллара, кинилэр салайар кыахтарыгар сабырыттараллара, дьиҥнээх лидердэрин курдук ылыналлара суох буолбуттарын кэннэ араас ахтыылартан, суруйуулартан, этиилэртэн көстөр. Даниловтар тыыннаахтарыгар ити ахтыллыбыт сылаас тыллар тус бэйэлэригэр этиллибиттэрэ буоллар, үйэлэрэ арыый уһуо эбитэ дуу дии саныыбын. Убайдарбын Семену уонна Софрону норуот санаатыгар сөп түбэһэн, улуу дьоннорунан ааҕабын, тоҕо диэтэххэ, ардыгар олох очуругар төһө да кытаанахтык оҕустардаллар, төрөөбүт литературалара, искусстволара, культуралара сайдарын, саха норуота омук быһыытынан атын сайдыылаах омуктартан хаалсыбат олохтонорун туһугар бэйэлэрин кылгас үйэлэригэр турууласпыттара, мөккүөрдээх да, хайҕаллаах да үлэлэринэн дакаастаабыттара.
Тус бэйэм уһуну-киэҥи толкуйдаан, ааҕан-үөрэтэн бараммын, убайдарбынан киэн туттабын уонна кинилэр үтүмэн үгүс үлэни үлэлээбиттэрин сөҕөбүн. Убайдарбынаан алтыспыт аҕыйах кэмнэрим туһунан төһө өйдүүрбүнэн, билэрбинэн, сыаналыырбынан кылгастык суруйдум. Иккиэн холбоон отучча сыл суруйааччылар сойуустарын салайбыт суоллара-иистэрэ, биэс уонча сыл айбыт айымньылара, орто дойду олоҕо ааһан истэҕин аайы бар дьон өйүттэн-санаатыттан сүтүө суоҕа диэн санаалаах олорон, бу кылгас бэлиэтээһиннэрбин бооччойдум.
Елизавета Максимова,
СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ,
РСФСР үөрэҕириитин туйгуна,
Горнай улууһун бочуоттаах олохтооҕо, 2017 сыл