Уһаарыллыы

(Сэһэн)

Бастакы баһа

Байыаннай училищеҕа

САНАА ТҮҺҮҮТЭ

Мин, армияҕа ыҥырыллан Дьокуускайтан туруохпуттан баара-суоҕа икки ый буолан баран, младшай лейтенаннары бэлэмниир N-скай байыаннай училищеҕа киирэр буолбутум.

Училище улахан куораттан сэттэ биэрэстэ арҕаа, тимир суол сүнньүгэр – Березовка станцияҕа баара. Березовка станция кыра өрүс уҥа биэрэгэр турар. Лоскуй-лоскуй талах арыылардаах, түргэн сүүрүктээх, сааскы халааныгар эрэ борохуоттары күүлэйдэтэр кыра өрүс. Ол өрүстэн станция илин тэллэҕинэн, кыра үрэх тахсар. Үрэх уһун синньигэс сыгынньах таас хайалар икки ардыларынан хоту диэки барар. Ыраахтан көрдөххө үрэх, хорууда курдук холбоҕой иһигэр сытар. Ол холбоҕойго элбэх казарма уонна хас да иккилии мэндиэмэннээх таас дьиэ бачыгыраһан олороллор. Ити дьиэлэргэ хас да байыаннай училище баара. Онон байыаннай городогунан ааттанара. Городок иһэ байыаннайдарынан толору этэ. Биһиги, курсаннар, ханна эмэ бараары гыннахпытына, илиибитин бэргэһэбит куондарыттан түһэрбэт этибит: ити иһэр сержант, ол иһэр эписиэр – барыларын эҕэрдэлиэххэ наада. Ардыгар чиэс биэрбитиҥ да үрдүнэн эйигин эписиэр дуу, сержант дуу тохтотон, «старшайга сатаан чиэс биэрбэтэҕиҥ иһин» хаһан устаап быһыытынан, илиигин үчүгэйдик чабырҕайгар сыһыаран ааһыаххар диэри, хаамтаран чырбаҥната турар. Ол иһин эписиэрдэр үгүстүк сылдьар уулуссаларын сорҕотун тумнарга кыһанарым.

Мин училище аһыллыытын икки ый кэриҥэ куоттаран кэлбитим. Онон миэхэ үөрэх аан маҥнайгыттан кытаанах буолан көстүбүтэ. Бииргэ үөрэнээччилэрим миигин эргиччи баһыйаллара, үгүстэрэ аармыйаҕа хастыы да сыл сулууспалаабыт, армия эрэйдээх олоҕор буспут-хаппыт буоланнар, физическэй аҥаардаах байыаннай үөрэххэ миигиннээҕэр лаппа дьоҕурдаах дьон этилэр. Онон мин кинилэргэ туохпунан даҕаны тэҥэ суох курдугум. Онуоха эбии, оскуола паартатыттан эмискэ байыаннай быһыыга-майгыга киирэммин, бэйэбин тууйулла, көҥүлэ суох сылдьар курдук саныырым. Са­наабар миигин киһи барыта бирикээстиир уонна барыларыттан кыралара мин буолан иһэбин. Уһаппакка биир тылынан эттэххэ, саллыбытым, сүр баттаппытым, үөрэнэр баҕам сотору ахсаабыта.

Мин, училищеҕа кэлээт, минометнай ротаҕа анаммытым. Ротаҕа сүүс түөрт уонча курсант уонна түөрт взвод, биир рота хамандыыра бааллара. Дьиссипилиинэ сүрдээх кытаанах этэ. Ол кэмҥэ биһиги Улуу Ийэ дойдубут фашистскай халабырдьыттар хааннаах саба түһүүлэрин утары охсуһар кэмэ буолан, армияҕа даҕаны, тыылга даҕаны халбаҥнаабат, биир кытаанах дьис­сипи­лиинэ ирдэнэрэ. Бу кытаанах бэрээдэккэ биһиги Советскай государствобыт мөлүйүөнүнэн ааҕыллар нэһилиэнньэтин бүттүүнүн көҥүлэ, партия тула сомоҕолоһуута уонна Ийэ дойдутугар муҥура суох бэриниилээҕин көрдөрөр санаата түмүллэрэ. Ол Советскай дьон бэйэлэрин көҥүллэрин уон­на кимтэн даҕаны тутулуга суох буолууларын хаач­чыйар тимир дьиссипилиинэлэрин чиэстээхтик толоруу, хас биирдии советскай гражданин ытык иэһинэн буолара. Онон биһиги ротабытыгар эмиэ ол дьиссипилиинэни толоруу буойунускай эбээһинэспитинэн ааҕыллара.

Ротабыт хамандыыра старшай лейтенант Афоин диэн этэ. Кини сарсыарда ахсын рота турарын кэтээн көрө казармаҕа кэлэрэ уонна рота таҥнан устуруойга турарын чаһынан кээмэйдиирэ. Мин, хаһан да таҥныбатах таҥаһым буолан, обмоткаларбын сатаан эриммэккэ, устуруойга куруутун хойутаан турарым. Оттон эрдэ туран таҥнан кээһиэхпин, устаап быһыытынан көҥүллэммэт этэ. Ол иһин хас хойутаатаҕым ахсын, миигин старшай лейтенант тренировкалыыр.

– Отбой!

Мин сыгынньахтанабын. Гимнастеркабын, бү­рүү­кэбин, курбун, бэргэһэбин устаап быһыытынан үчүгэйдик хомуйан уурабын уонна оннубун оҥостон, ороммор утуйардыы сытабын.

Хамандыырым чаһытын илиитигэр тутан туран:

– Подъем! – диэн хамаандалаан тоҕо барар.

Мин, суорҕаммын арыйа баттаат, ойон туран бүрүүкэбин кэтэбин, бачыыҥкаларбын анньынабын уонна обмоткаларбын эриммитинэн барабын.

Кырыыстаах обмоткалар! Кинилэри хаһан да умнуом суоҕа! Ол дьыл мин барытын субуйа тартахха, хас да биэрэстэ обмотканы атахпар эриммитим уонна сүөрээри өһүлбүтүм буолуо.

Ыксаан олороммун ардыгар төлө тутан кээһэбин. Обмоткам муостаҕа субулла түһэр. Эмиэ маат барабын! Хамандыыр миэхэ уочараты таһынан нэрээт биэрэр. Киэһэтигэр рота дьуһуурунайа, ханнык эрэ көрсүө сержант:

– Курсант Гаврилов, отбой кэнниттэн муостаны сууйуоҥ, – диэн биллэрэр.

Киэһээҥҥи бэрэбиэркэ кэнниттэн «Отбой» бэриллэр. Курсаннар сыгынньахтанан оннуларыгар сыталлар. Казарма иһэ им-дьим буолар. Мин хаһан да утуйуом баара дуо – муостабын сууйбутунан бараахтыыбын.

«Хата муостам, сиэмэннэммит буолан, сууйарга үчүгэй буолсу» диэн үөрэ саныы-саныы, муостам сууйуутун саа уурар пирамида турар муннугуттан саҕалаан, утуйар ороннорго кэлэбин. Хас орон туһун ахсын муостаҕа, утуйа сытар курсааннар бачыыҥкалара кэчигирээн тураллар. Көрдөхпүнэ, ааннааҕы дневальнай (эмиэ мин курдук буруйдана олорооччу) утуктаан, уһун мунна үөһэттэн таҥнары намылыйбыт. Мин, испэр кыһыйа саныы сылдьан, уһатан-кэҥэтэн толкуйдаабакка, ыллым да били миэстэлэригэр турар бачыыҥкалары хомуйа-хомуйа, барыларын биир муннукка кыстаан истим. Сүүс уонча паара бачыыҥка биир сиргэ мустубута бүтүн центнердээх бугул от саҕа буолан таҕыста.

Муостабын сууйа сылдьан, сарсыарда табаарыстарым бачыыҥкаларын көрдөөн, ити муннукка хайдах курдук өрө үөмэхтэһэ сылдьыахтарын саныы-саныы, испэр өргө диэри үөрэ саныы сырыттым: «Дьиссипилиинэлээх дьон утуйан тыылла сыттаххыт, сарсыарда ким урут таҥнарын көрүөхпүт!»

Төһө даҕаны сууйарга үчүгэй муосталаннар, сүүс түөрт уон киһи олорор казарматын соҕотоҕун сууйар, кистээбэккэ эттэххэ, илистиилээх үлэ эбит этэ. Сүрдээх өр биликтэһэн, муостам сууйуутун бүтэрдим уонна:

– Табаарыс дьуһуурунай, нэрээти толордум, муостаны сууйдум, – диэн хоско олорор сержаҥҥа киирэн дакылааттаатым.

– Утуйуоххар син, – дежурнай аат эрэ харата эппиэттээтэ.

Мин тахсан сыгынньахтанным уонна бачыыҥкаларбын бэйэм иннибэр, муостаҕа бэрт үчүгэйдик туруортаан кээстим.

Сарсыарда «Подъем!» диэн дьуһуурунай хаһыытыттан уһукта биэрдим. Эмиэ урукку сарсыардалар курдук, ыксалынан таҥнабын уонна ким-хайа иннинэ устуруойга турабын. Оттон табаарыстарым буоллаҕына, били бугулламмыт бачыыҥкаларга, бэйэлэрин бачыыҥкаларын көрдөөн, өрө үөмэхтэһэ тураллар.

Подьем кэнниттэн үс-түөрт мүнүүтэ иһигэр курсааннар бары устуруойга баар буолуохтаахтар этэ. Онтукабыт хайа баарый? Дьоммут ити дьаабылана тураллар. Ону көрөн рота хамандыыра өрүтэ тыыммахтаата – кыыһырда, чаһытын көрдө:

– Уон биэс мүнүүтэ, – диэтэ санньыйбыт куолаһынан уонна үүтэ-аата бүппүт киһилии, биир сиргэ тэпсэҥнии-тэпсэҥнии, ол-бу диэки көрүтэлии турда. Онтон кини хараҕа миэхэ тохтоото. Мин бастаабыт киһи быһыытынан, чинэйиэхпинэн-чинэйэн биэрэбин.

– Гаврилов маладьыас! – кини баҕарбатар да тыл ыһыктар.

– Советскай Союзка сулууспалыыбын! – диэн мин, оччону истибит эрэйдээх, эрдээхтик хаһыытыы түстүм.

Тиһэҕэр тиийэн, уруккунан буоллаҕына остолобуойга аһыы барарбыт чугаһаабытын кэннэ, курсааннар бачыыҥкаларын, дьэ, булуталаатылар.

Бары устуруойга турабыт. Буруйдааҕы силиэстийэлээһин буолла. Буруйдаах көһүннэ.

– Курсант Гаврилов, устуруойтан таҕыс! – диэн старшай лейтенант хамаандалыыр.

Мин устуруойтан таҕыстым.

– Курсант Гаврилов, бачыыҥкалары бутуйбутуҥ иһин үс хонуктаах устуруогай хаайыыга биэрэбин!

– Истэбин, табаарыс старшай лейтенант, үс хонуктаах устуруогай хаайыы, – диэн мин баҕар­батарбын, бэйэбиттэн хомойдорбун даҕаны хайыамый, хамандыырым бирикээһин толорорбор тиийэбин.

Хаалыылаах, мөлтөх киһи буолан, санаам түстэ. Онто да суох кыра кыахтаах киһи эбии буорайдым.

ГЕНЕРАЛЛЫЫН КЭПСЭТИИ КЭННИТТЭН

Ол курдук, тиһигин быспат да кэриэтэ уочарата суох нэрээттэр уонна кытаанах, боростуой хаайыллыы мин үрдүбүттэн түспэт буолан истилэр. Санаам бүтэһиктээхтик түстэ, «училищены хайдах да ситиһэн, үөрэхпин бүтэриэ суохпун» диэн бэйэбэр бэйэм быһаарыммытым. Онтон сотору, училищены кыайан бүтэрбэт сааппыттан куотунаары, училище начаалынньыгыттан фроҥҥа ыытарыгар көрдө­һөн, рапорт суруйдум. Сарсыныгар миигин штабка ыҥырдылар. Үөрэхпэр куһаҕан, дьиссипилиинэтэ суох курсант эрэйдээх сүрэҕим битигирээбитинэн, начальник кэбиниэтигэр киирэн, чиккэс гына тура биэрээт:

– Табаарыс генерал-майор, эн бирикээскинэн курсант Гаврилов кэллим, – диэн эрдэттэн долгуйа-долгуйа бэлэмнэммит тылларбын субуруттум.

– Вольно! – диэтэ кини туох да кыһалҕата суох, бэрт холкутук туттан олорон.

Мин көрдөхпүнэ, «бээ, тохтуу түс, эн дьыалаҥ диэн кыра» диэбиттии туттар. Уһун уктаах суон бөппүрүөскэтин пепельницэҕэ уунар уонна өр умуруора олорор. «Тоҕо саҥара охсубатый, тоҕо уһатарый?» – диэн мин испэр тырытта саныы турабын.

– Курсант, – кэмниэ кэнэҕэс кини айаҕа дьэ аһылынна, – Эн биһиги Ийэ дойдубут немецкэй фа­шистары кытта тоҕо охсуһарын билэҕин дуо? – диэтэ.

– Билэбин, – диибин.

– Оччоҕо Аҕа дойду сэриитигэр актыыбынайдык кыттыахха наада. Ийэ дойду эйигин уонча сыл оскуолаҕа үөрэппитэ. Кини билигин эйигин сэ­рии­лэһэргэ анаан үөрэтэн, хамандыыр оҥорон, дойдугун көмүскүүргэр модьуйар. Атыннык эттэххэ, Ийэ дойду эйиигиттэн эн эписиэр – кинини көмүскээччилэр хамандыырдара буоларгын эрэйэр. Өйдөөн көр, үөрэххин бүтэрбэккэ, фроҥҥа рядовой саллаатынан барарыҥ оччоҕо, сөп дуу, сыыһа дуу? – диэтэ генерал уонна миигин тобулу көрөн олордо. –
Ордук эписиэрдэр корпустара быста итээбит кэмигэр. Саллааттар бааллар, хамандыыр тиийбэт. Дьэ толкуйдаа, хайата көдьүүстээҕий?

Биһиги харахтарбыт утарыта көрсүспүттэригэр, кини ачыкылаах харахтарын биллэ-биллибэттик кыаратан ылла. Бука, сонньуйдаҕа буолуо. Манна тугу эппиэттиэхтээхпиний? Биллэн турар көрдөһүүм төрдө үөрэхпиттэн куотунуу. Харахпын кини ачыкылаах харахтарыттан таҥнары санньытабын. Кини кыргыһыы хонуутугар сэрии бөҕөнү сэриилэһэн, элбэх бааһырыылаах киһи сэмнэҕэ буолан, арыычча тыыннаах ордон кэлбит генерал.

– Эйиэхэ билигин дьэҥкэ дуо? – кини кэпсэтии итинэн бүппүтүн биллэрэрдии, миигиттэн ыйытта.

– Дьэҥкэ, – диэн мин симиттэн, кыбыстан аргыый эппиэттиибин.

– Эн тыытыллыбатах кыыс курдук эппиэттиигин, табаарыс курсант! Эн субу аҕыйах кэминэн хамандыыр буолуохтааххын эбээт, – генерал быргыстан иһэн тохтообут эмис сирэйэ, тыйыһыра түстэ. Онуоха:

– Дьэҥкэ! – диэн мин туох баар күүспүнэн хаһыытаан хабылыннардым.

Хаһыыны күүппэккэ олорбут генерал «дьигис» гынна, аҥаардас муннуттан эрэ ыйааста сылдьар ачыкыта салыбырыы түстэ. Уонна сонно тута кини сирэйигэр дьиҥнээх ымайыыны көрдөрөр дириҥ сурааһыннар субуруҥнастылар.

Бэйэтин фронтовой олоҕор эҥин араас бэртэри кытта алтыспыт, өлүү-сүтүү бөҕөтүн билбит кырдьаҕас генерал миигин адьас билбэт эрээри, тоҕо эрэ сөбүлээтэ, бэйэтин итэҕэйэр киһитин курдук, сонньуйа көрдө дии санаатым. Тоҕотун билбэтим. Арай бу дьикти түгэҥҥэ мин кэлин үгүстэ төннүөхпүн ол кэмҥэ өйдөөбөтөҕүм.

– Эрдэттэн итинник буолуох баара! Чэ, үчүгэй, хамандыыр! Бар! – диэтэ кини.

Мин, чиэс биэрэн, эргиллэн таһырдьаны былдьастым.

Киэһэтигэр комсомольскай мунньахха сырыттым, онно эмиэ хаарыллан, били муоста сууйбуппунааҕар өссө ордук илистэн, көлөһүммүн элбэхтик туора-маары сотуннум уонна көннөрүнүөх буолан тылбын биэрдим. Хайыахпыный, мантан инньэ бэйэ бодону тардыннахха сатанар диэн бигэ санааҕа кэллим.

ХАМАНДЫЫР МАХТАЛА

Ыйдар-күннэр ааһан истилэр. Сотору армия саҥа формаҕа киириитин биллэрдилэр. Саҕа­бытыгар баар петлицалары көтүртэлээн, биһиги, эписиэр буолаары сылдьар саллааттар, санныбытыгар кыһыл көмүс курдук, килбэчигэс тулалаах погоннанар буоллубут. Бу бириэмэҕэ мин сылаалаах уһун марштарга, сыгынньах сопкалары сэптиин-сэбиргэллиин өрө-таҥнары сүүрэр тактическай занятиеларга, устааптарга уонна теоретическай үөрэхтэргэ сыыйа-баайа үөрэнэн, атыттартан хаалсыбат буолан истим. Онтон сотору ити занятиелары идэ оҥостон кэбистим. Оннооҕор кинигэ ааҕарбар бириэмэ булар буоллум уонна училищеттан тахсан ханна баҕарар бэйэм наадабар сылдьарбар увольнительнай лиистэри ылар кыахтаммытым. Биһиэхэ увольнительнай лиистэри үчүгэй дьиссипилиинэлээх уонна бары занятиеларга үчүгэйдик үөрэнэн иһэр курсаннарга эрэ биэрэллэрэ. Сыралаах үөрэх, дьулуур биһигини адьас төрдүбүтүттэн уларыппыта. Рядовой саллааттары хамандыыр таһымыгар таһаарда. Өскөтүн саллаат тус бэйэтин иэһэ-күүһэ судургу буоллаҕына, эписиэр эбээһинэһэ киэҥ: үөһэ хамандыыр бирикээһин, этиитин толорторуох тустаах.

Кэнникинэн нэрээттэри дуу, быстах кэмҥэ хааччахтааһыны дуу ыларым оннугар, хаа-дьаа да буоллар, махталлары ылыталыыр буоллум. Аан маҥнайгы махталы туох иһин ылбыппыный? Ол маннык этэ.

Ыраастаан, көрөн-харайан аһата сылдьарбар миэхэ биир аты сыһыарбыттара. Ол атым аата Лысанка диэн этэ. Диэбэт даҕаны, онтум ат да буолбатах – мииниллэр биэ. Батальон хамандыырын ата. Кини маҥан түүлээх, кулун курдук кыра истээх, үчүгэй үрдүк уҥуохтаах уонна киэн туттубуттуу, хонточчу тутта сылдьар сылгы кырасаабыссата этэ. Кинини үчүгэйдик көрөрүм: кэмигэр аһатарым, уулатарым уонна түүтүн-өҥүн ыраастыырым. Конюшняҕа кэллэхпинэ, Лысанкам кистии тоһуйара. Ол курдук, кини миигин кытта доҕордоһон иччи оҥостон кэбиспитэ.

Биир күн биһиги конюшнябытыгар училище аттарын көрө элбэх начальник уонна ветеринар кэлбиттэрэ. Ханнык баҕарар комиссия, «тугу эмэ булларбын» диэбиттии, барыга барытыгар хасыһан тахсааччы. Эмиэ ол курдук, биһиэхэ кэлбит комиссия конюшня үүтүн-аанын барытын кэрийдэ уонна бүтэригэр аттар хайдах ыраастаналларын бэрэбиэркэлээтэ. Кинилэртэн биир ветеринар сиэбиттэн ыраас былааты ылан, мин Лысанкам сиһин түүтүн өрө-таҥнары соппохтоото. Лысанканы күн ахсын үрэххэ сөтүөлэтэрим уонна сууйарым, онон кини ыраас буолуохтааҕа. Ветеринар былаатын көрдө – былаат ыраас буолан биэрдэ. «Бу ат көрөөччүтэ маладьыас эбит» диэҕэ диэн мин испэр үөрэ саныыбын. Онтум баара киһим кыыһырбыт дуу, сиргэммит дуу курдук сирэйин мырдыҥнатта.

Итинэн комиссия бүттэ. Начальниктар конюшняттан тахсан бардылар.

Киэһэтигэр устуруой иннигэр, аты туйгуннук көрбүтүм иһин, батальон хамандыыра миэхэ махталы биллэрдэ.

ИС КИСТЭЛЭҤ АРЫЛЛЫЫТА

Суруйааччы Леонид Попов бэйэтин биир кыра кэпсээнигэр «төһө күүстээхтик, тирииҥ тэнийэ үлэлиигин да, соччонон үөрүүлээхтик, дууһаҕар чэпчэкитик олороҕун» диэн этэн аһарбыттаах. Эмиэ ол курдук, мин элбэхтик эрэйдэнэн, училище курсанын сүрүн үлэтин – үөрэхпин ситиһэн, үөрүүлээхтик, дууһабар чэпчэкитик олорору ситиспитим.

Аны миигин бэйэм кистэлэҥ санаам муучу гынар буолбута. Ол санаа туһунан кимиэхэ даҕаны тыл быктарбат этим уонна ону ким даҕаны таба таайыан сатаммат этэ.

Санаам табаарыстарбынан таба таайыллыбат буолуута – аҥаардас мин бүтэҥибиттэн төрүөттэммитэ. Аан маҥнай училищеҕа киирэрбэр, бииргэ үөрэнээччилэрбин кытта тута бодоруспатаҕым, оттон атыттар буоллаҕына доҕордоспутунан барбыттара. Онон кинилэртэн биллэ-биллибэтинэн тэйэр курдук буолан испитим. Кинилэр мин туспунан ону-маны билэллэрин сөбүлээбэт этим уонна уопсайынан даҕаны дууһам ис кистэлэҥэр кими даҕаны киллэрбэккэ кыһанарым.

Бу кэмнэргэ атын курсаннар бары биир кэргэн дьонунуу ыга доҕордоһон, бэйэлэрин санааларын олох бары боппуруостарыгар аһаҕастык быһаара-кэпсэтэ сылдьаллара. Кинилэр миигин абааһы да көрбөтөллөр, «бэрт киһигин ээ» диэн хайҕаабаттара биллэн турар. Табылыннаҕына биир эмэ сытыы уолчаан утары көрөн туран: «Товарищ Гаврилов, эн эписиэр да буолаары сырыттаргын, эйиэхэ дьиикэй төрүттэриҥ хаалынньаҥнара билиҥҥээҥэ диэри симэлийэ иликтэр эбит: биһигини кытта доҕордоһуоххун баҕарбаккын, куруутун соҕотох сылдьыаххын баҕараҕын», – да диэтэҕинэ, боруога суох курдук этэ.

«Киһи кыһалҕаттан үөрэнэр» диэн этэллэрэ кырдьык эбит. Кэнникинэн мин айаҕым аһыллан, сыыйа кэпсэтэр буолан испитим. Киэһэ ахсын иллэҥ кэмҥэ Саха сирин былыргытын уонна аныгытын, сахалар абыычайдарын, булт, онтон да атыттар тустарынан кыра-кыратык кэпсии сылдьар идэлэнним. Ити кэпсээннэрбэр сахалар тустарынан саҥа истэр киһи син сэргэҕэлиэн курдук үгүс түбэлтэлэр ахтыллан ааһааччылар. Холобура эттэххэ, былыргы олоҕу кэпсиир буоллаххына, дьадаҥы дьахталлар от кээһэ сылдьан төрөөн кэбиһэр түбэлтэлэрин көтүтэриҥ, өстөммүт дьоннорун «сии сылдьар» ойууттары умнарыҥ, эбэтэр көрүөхтээҕэр буолуох, сураҕын да истибэтэх, билбэт киһиҥ кэлэн эдьиийгэр күтүөттүүрүн кэпсээбэт буоларыҥ табыллыбат этэ. Онон бииргэ үөрэнээччилэрим мин кэпсээммин истэллэрин кэнникинэн сүрдээҕин сөбүлүүр буолан испиттэрэ.

Биир киэһэ Дьокуускай пааркатын туһунан аҕынным, ол пааркаҕа бэйэм хайдах сылдьыбытым туһунан кэпсээбитим уонна онно биир кыыс иэдэһин көҥүлэ суох уураан, ол кыыс иннигэр билиҥҥээҥҥэ диэри буруйдаах сылдьарбын, хай­дах эрэ оонньообучча айахпыттан төлө ыһыктан кээспиппин, кулгааҕым эрэ истэн, дьэ кырдьык ис сүрэхтэриттэн алларастаспыттара уонна ол кыыска бэрт түргэнник сурук ыытарбар сүбэлээбиттэрэ.

Табаарыстарым уопсай билиилэригэр мин дууһам урут быктарыллыбатах ис кистэлэҥэ ити курдук арыллыбыта. Ааспыт дьыала кистэл буолбатах, баҕарар буоллаххытына, ситэри кэпсээн да кэбиһиим.

Табаарыстарбар билсэр кыргыттарыттан сотору-сотору суруктар кэлэ тураллара. Кыыс оҕо сүрэҕэ намыын уонна чараас дииллэринии, кыргыттар суруктара уолаттар киэннэринээҕэр ордук ис киирбэх уонна элбэх сонуннаах буолааччы. Оттон уолаттартан туттахха, «олоробут үчүгэй, үөрэнэбин эбэтэр үлэлиибин, көрсүөххэ диэри» диэн телеграмма курдук, аҕыйах тылы суруйаат, илии баттыы охсон кээспит буолаллар.

Миэхэ кыргыттартан сурук кэлбэт этэ. Онон кырдьыга, табаарыстарбын ордугургуу саныырым уонна Вераны кытта сатаан өйдөспөтөхпүн санаатахпына, улаханнык мунчаарарым. Хаста да киниэхэ сурук суруйуохпун санаталыы-санаталыы, барытыгар чаҕыйбыт курдук буолан иһэрим, көҥүлэ суох эмискэ иэдэһиттэн уураабыппыттан кыыһырбытын өйдөөтөхпүнэ, «ити аата таптаабатах эбит буоллаҕа, өскөтүн сэриигэ сиэртибэ да буолан хааллахпына, аһыйа саныа суох, эбэтэр сэрии кэнниттэн биһиги – фронтовиктар – өстөөҕү кыайан-хотон дойдубутугар төнүннэхпитинэ, кини миигин тапталлаах мичээринэн үөрэ көрсүө суох» диэн судургутута саныырым. Арай кэнники, та­баарыстарым: «Ол кыыска сурукта суруй», – диэн сүбэлээбиттэрин эрэ кэннэ, мин испэр ити санааны утарсар таптал уота «кылам» гыммыта. Мин Вераҕа сурук суруйбутум.

Суругум ис хоһооно бэрт дуона суох этэ. Аҕыйах тылы быһыта-орута училищетааҕы олохпут­тан суруйбутум уонна бүтэһигэр эппитим: «Ааспыты бырастыы гын. Арахсарбытыгар ыксаан, сатаан кэпсэппэккэ хаалбыппыт… Миэхэ суруйаргын сылаарҕаабат буоллаххына, түргэнник эппиэттииргэр көрдөһөбүн. Армияҕа сылдьарым быһыытынан аадырыһым хаһан баҕарар уларыйан да хаалыан сөп», – диэн.

Ол сурук кэнниттэн, балтараа нэдиэлэ буолан баран, мин Вераттан бэйэм суругум биэһин саҕа уһун суругу туппутум. Ол сурукка сүрүннээн этиллэр этэ, кини миигиттэн сурук күүппүтэ өр буолбутун уонна мин сурукпуттан үөрбүтүн туһунан. Онтон атына Якутскай уонна оҕолор тустарынан этэ.

Мантан антах Вера биһикки тиһигин быспакка суруйсубуппут. Суруйсуубут аҥаардас табаарыстыы сыһыанынан буолара. Биһиги суругунан үлэ, үөрэх, туох арааһынай барытын туһунан кэпсэтэрбит. Ол гынан баран, таптал туһунан биир да тылы быктарбат этибит. Арай биирдэ эрэ Вера, «уураабыккыттан өргө диэри эйиэхэ кыыһыра сылдьыбытым уонна тоҕо эрэ куруутун эн эрэ тускунан саныыр буолан хаалбытым» диэн суруйан аһарбыта. Онуоха «кини миигин таптыыр эбит» диэн таайа санаабытым. Миигин ити өйдөбүл наһаа да бөҕөргөппүтэ, кынаттаабыта…, ону ааһан дьоллообута. Онно мин аан маҥнай дьол туһунан санаабытым.

Иккис баһа

Фроҥҥа аттаныы

ЭШЕЛОН АРҔАА АЙАННЫЫР

Училищены бүтэрээппин кытта, санныбытыгар младшай лейтенант погоннарын иилээт, биһигини эшелонунан фроҥҥа атаарбыттара. Эшелону холбоммут паровоз иккитэ-үстэ хаһыытаамахтаат, дөрүн-дөрүннүк көлүөһэлэринэн тимир рельсэҕэ лиһигирээн станцияттан арҕаа диэки хамсаабыта. Станция уоттара кыламнаспытынан кэннибити­гэр хаалбыттара: биһиги олорон ааспыт олохпут биир бэлиэ уонна хаһан да умнуллубат түгэнинэн, биһигини сайыспыт, биһиги дьылҕабытыгар долгуйбут, аймаммыт курдук.

«Быраһаайдарыҥ, биһигини үөрэппит хамандыырдар! Быраһаайдарыҥ, биһиги хаалбыт табаарыстарбыт уонна олорбут казармабыт! Оо, казармалар, казармалар! Умнуохпут суоҕа хойут даҕаны, эһиги сиэмэннэммит муостаҕытын биһиги уочарата суох нэрээттэринэн хаста сууйбуппутун! Билбэппит, Ийэ дойду көмүскэлигэр хаспыт умса хоруйуоҕун! Билбэппит, биһигиттэн хаспыт албан аата хаһыакка суруллан, эһиги истиэнэҕитигэр ыйаныаҕын!»

Ити курдук, биһиги фроҥҥа аттаммыппыт. Эшелон станцияларга кыратык тохтоон ыла-ыла, түүннэри-күннэри арҕаа дьулуруйбута. Вагоннар түннүктэринэн үрэхтэр, өрүстэр уонна үрдүк хайалар, ойуурдар, хонуулар, киэҥ истиэптэр, холкуостар, сопхуостар уонна кыратыттан улуу куораттарыгар тиийэ элэҥнэспиттэрэ.

Ити «элэҥнэһээччилэр» вагон түннүгүнэн элэҥнэһиэхтэрин иһин, телеграмма остуолбалара буолбатахтар – ардыгар итилэр эн балай да сылайыаххар, салгыаххар диэри көстөөччүлэр гынан баран, кэпсээммин түргэтэтээри этэбин.

Ол элэҥнэтэр айаммар Арҕаа Сибиир төрөлкөй, хойуу ойуурдара уонна Урал үрдэллэрэ миэхэ дойдубун – төрөөбүт Сахам сирин санаталлара. Оттон элбэх мэндиэмэннээх, бөдөҥ дьиэлэрдээх, эбэтэр былаанынан тутуллубут типовой тутуулардаах холкуостаахтар дэриэбинэлэригэр кэллэхпинэ, түннүгүнэн быган туран, иирбит дуу, итирбит дуу киһилии хаһыытыахпын баҕарарым, олус үөрэрим. Уонна бу дойдулары фашистскай халабырдьыттартан көмүскүүр чиэстэммиппин санаатахпына, үөрүүм өссө ордук өрөгөйдүүрэ. Ол эрээри ардыгар эмиэ миигин туох эрэ тэһэ анньара. Курус гынарым. Дойдубун саныырым. «Бу сирдэринэн хаһан эрэ, үөрэ-көтө төрөөбүт дойдубар төннүөм дуу, суох дуу?» – дэтэлиирим. Оттон мин табаарыстарбар ардыгар эмиэ курус санаалар киирэр быһыылаахтара. Ону кинилэр дьоҥҥо биллэрбэккэ кыһанааччылар. Оннук түбэлтэлэргэ кинилэр табах тардыынан, эбэтэр вагон тимир оһоҕун таас чоҕунан толору оттуунан дьарыктанааччылар.

Ол да буоллар, тимир суол айана, хааман дьохоохтуохтааҕар, алыс сынньалаҥ буолааччы. Холобура, айаннаан иһэн утуйабыт, түннүгүнэн ону-маны көрөбүт, ааһан иһээччилэргэ илиибитинэн далбаатыыбыт, бэйэ-бэйэбит дууһабыт ханыар диэри тото кэпсэтэбит, эбэтэр ким эрэ олоҕун түбэлтэлэриттэн дуу, остуоруйаны дуу кэпсиирин истэбит, ардыгар ыллаан ньиргитэбит.

Төһө да фроҥҥа талаһан туран айаннаатарбыт, иннибит хараҥа этэ. Онно чопчу туох да биллибэтэ. Миигин, тус бэйэбин, туох кэтэһэр, эргиллиэм дуу, суох дуу? Биллибэт суол дьиксиннэриилээх, тоҕо эрэ киһини долгутар. Эписиэр аан бастаан саллааттарын туһунан саныыр. Дьиҥнээх эписиэр бас-көс киһи буолуохтаах. Ол миэхэ кыайтарыа дуо?

ЭРГИЛЛЭРГЭ БИГЭ ЭРЭЛЛЭЭХ

Биһиги вагоммут дьоно ордук таптаан Сибиир нууччаларын былыргы ырыаларын ыллыыллара. Ити ырыалары баһылаан-көһүлээн саҕалааччы уонна барыларын матыыптарын үчүгэйдик билээччи Виктор Александрович Пипкин диэн саас ортолоох, бэйэтигэр сөп орто уҥуохтаах, тас көрүҥүнэн соччо доруобайа суох дьүһүннээх, кытарыктыйан көстөр кугас бытыктаах, бороҥ хаастаах, эһириктийбит кэтит сирэйигэр эрилиспит киэҥ харахтардаах Забайкалье олохтооҕо этэ. Кини гражданскай идэтэ – геолог. Виктор Александрович, сэрии бүттэҕинэ, миигин геологическай институкка киирэрбэр сүбэлиирэ. Кини этэрин билиҥҥээҥҥэ диэри өйдүүбүн: «Айаннаабыппыт бүгүн үһүс хонуга туолла, атыннык эттэххэ, биһиги хайа сахха Германия саҕа сири хаста да төттөрү-таары туораатыбыт. Биһиги дойдубут хайдахтаах курдук киэҥ сирий?! Оо, Россия – Ийэкээм! – Бу тылларга кини харахтара чаҕылыһаллар уонна сааһырбыт сирэйигэр, кыра оҕолуу дьоллоох мичээрдээһиннэр көстүтэлээн кэлэллэр. – Туох суоҕай киниэхэ? Бары барыта баар! Оттон бу иһэр сирбитигэр, туох да баһаам элбэх сир аннынааҕы хостонор баай баара дакаастанан турар. Ону булуу уонна саппаастарын быһааран туһаҕа таһаарыы – биһиги, геологтар ,сорукпут. Итилэртэн үгүстэрин биһиги ситэ чин­чийэ иликпит. Биһиги геологическай наукабыт өссө эдэр. Кини толору сирэлийэр кыахтаах, кинини коммунизм кэскиллээх соруктара сирдииллэр…»

Ол курдук, кини өр кэпсиирэ уонна кэпсээнин куруутун мин институту геология идэлээх бүтэрэрбэр тиийэн түмүктүүрэ.

Кини тылынан сэрии – олох быстах, сотору бүтүөхтээх, өстөөх үлтү охсуллан, кыайыы биһиэнэ буолар. Виктор Александрович муокас киһи этэ. Кини сэриилэһэ да баран истэр, ханнык эрэ быстах командировкаҕа баран иһэр киһи курдук туттара. Баҕар, өлөн хаалыам диэн санаа киниэхэ ончу суоҕун курдуга: «Сэрии бүттүн да, дьиэбэр кэлэн, оҕолорбун таптыы түһэбин, кэргэммэр сонуммун кэпсиибин уонна бардаа үлэбэр», – диирэ.

Училищеҕа үөрэнэр да кэммэр, кэлин сэриигэ айаннаан да иһэн, мин ити киһи туһунан үгүстүк толкуйдуурум. Мин кини эйэҕэс уонна өрүү үтүө майгытын сөбүлүүрүм. Туохха барытыгар кини тус бэйэтигэр уонна Ийэ дойдутугар муҥура суох эрэллээҕэ. Ол иһин кини ис иһиттэн чиҥ туруктааҕа, улаханнык таптаппыта. Испэр киниэхэ ымсыыра саныырым.

Чэйиҥ, Виктор Александрович туһунан кэпсээм­митин тохтотуоҕуҥ уонна салгыы айанныаҕыҥ. Фроҥҥа диэри билигин даҕаны ыраах. Оо, онно биһигини, хас биирдиибитин, туох эрэ быһыы-майгы кэтэһэр.

Па, эмиэ даҕаны кинитэ суох сатаммат эбиппит. Дьэ кини ыллыыр:

        По диким степям Забайкалья,

        Где золото роют в горах…

Биһиги бары көхтөөхтүк хабан ылабыт. Тута вагон иһэ дуорааннаах, санньылҕан ырыанан туолар уонна ырыа строкаларын бүтэһик дорҕоонноро көлүөһэ тохтоло суох эргиирин маарыннаһар тыастарыгар холбоһон сүтэр. Онтон эмиэ элбэх куолас өрө түллэр, эмиэ кыччыыр, эмиэ улаатан кэлэр…

Ол курдук, уонча хонон, иэдээннээх сэрии күдэн-таһаа оҥорбут Белоруссияҕа кэлбиппит. Харах ыларынан алдьаныы-кээһэнии, үлтү буомбаланыы, саахал, умайбыт дэриэбинэлэр эрэ көстөллөрө.

ГОМЕЛЬГА

Ыкса киэһэ Гомельга кэлэн, эшелон тохтоото. Биһиги вагоннарбытыттан тахсан, вокзал диэки адаарыҥнастыбыт.

Станцияттан вокзалга диэри мин биир да кылам гынар кыһыл уоту көрбөтүм. Оччотооҕуга Гомель инники кирбииттэн чугаһын быһыытынан, түүҥ­ҥү бириэмэҕэ маскировкаланары онно кытаанахтык тутуһаллара. Онон улахан куорат сибиэнэ ха­нан да биллибэт этэ. Арай бэрт чугас турар ула­хан дьиэлэр эрэ барыһан көстөллөрө уонна станциялара быыстала суох киэһээҥҥи чуумпуну уйгуурдаллара.

Вокзалга кэлэн, продпункт остолобуойугар аһаат, хайа сатанарынан – сорох сытан, сорох олорон хоннубут.

Сарсыарда грузовой массыыналарга олорон, №-скай эписиэрискэй полкаҕа бардыбыт. (Эписиэрискэй полка диэн саллаата суох, аҥаардас эписиэрдэринэн толоруллубут полка аата буолар. Киниэхэ эмтэнии кэнниттэн госпиталлартан уонна үөрэхтэн кэлээччи эписиэрдэр ананар бирикээстэрин ылыахтарыгар диэри сулууспалааччылар).

Мин көрүүбүнэн, биһиги иһэр уулуссабыт куорат бөдөҥ уулуссаларыттан биирдэстэрэ буолуохтаах этэ. Икки өттүгэр бомбаларынан уонна минала­ры­нан үлтүрүтэ тэптэриллибит, уоттан истиэнэлэрэ хоруоран хаалбыт, кураанах түннүктэрэ оҥоспут элбэх мэндиэмэннээх сөҕүмэр улахан таас дьиэлэр, куоракка буолбут ынырык охсуһууну туоһулуурдуу, суостаахтык барыһан тураллара. Олортон тохтубут кирпииччэлэринэн уонна алдьаммыт малларынан туолбут тротуардар устун, буолар буолтун кэннэ, хаһан да хайыахпытый диэбиттии, ити ынырык көстүүлээх, эрэйи-буруйу көрбүт куорат олохтоохторо наҕыллык, кэри-куру төттөрү-таары хаамсаллара.

Бу хартыыналар миэхэ, немецкэй фашистар үөрдэрэ Советскай куораттар эйэлээх нэһилиэнньэлэрин ортотугар хайдах кыыллыы быһыыламмыттарын туһунан, Аҕа дойду сэриитин кэнники киинэ сурунааллара санаппыттара. Кулгаахпар Советскай дьоннор фашистар атаҕастабылларыгар сылдьар санньыардаах музыкалара иһиллэргэ дылы гыммыта. Онтон салгыы, ити куорат олохтоохторун, эмиэ бары атын немецтэринэн ылылла сылдьыбыт куораттарга буолуталаабытын курдук, немецкэй сиэхситтэр хайдах муҥнаабыттарын-сордообуттарын уонна манна биһиги сэриилэрбит саҥа тоҕо анньан киирэллэрин, ол эрэйи-буруйу, ааһы-туору көрбүт дьон хайдахтаах курдук умнуллубат үөрүүнэн көрсүбүттэрин туһунан, испэр өйдөөн көрө истим.

Ити олордохпуна, биһиги массыыналарбыт оскуола иннинэн элээрдэн истилэр. Оҕолор тэлгэһэ хаарын ыраастыы сылдьаллара. «Ити аата манна хайа сахха оскуола аһылла охсубут буоллаҕа», – дэһэбит. Кинилэр, биһигини көрөөт, эрдээхтик хаһыытаһа түстүлэр:

– Айхал Ийэ дойду көмүскээччилэригэр!

– Ура-а!!

Биһиги илиибитинэн далбаатаһабыт, мичээрдэһэбит уонна оҕолору аһына-таптыы санаабытынан ааһа турабыт. Кинилэр эмиэ кытарчы тоҥмут илиилэринэн далбаатаһаллар, массыы­наларбытын сырсаллар уонна үөрүүнү-көтүүнү кытта кэннибитигэр хаалаллар.

Кинилэртэн ырааҕа суох, бука эмиэ оскуола оҕото, куһаҕан таҥастаах-саптаах, кыракый уолчаан иһэр. Кини көһүппэтэҕин көрсүбүттүү, биһигини көрөөт, тохтуу биэрдэ. Инники массыыналар бирилэспитинэн ааһа турдулар. Уолчаан сэрии дьонун тугунан эмэ эҕэрдэлиир туһунан өйдүү биэрдэ быһыылаах – тута тэпсэҥнии түстэ уонна мух-мах буолбутуттан кыбыстыбыттыы, өссө сонуу илик хатан куолаһынан, бэйэтигэр эрэлэ суохтук:

– Дьээдьэлэр, көрсүөххэ диэри! – диэтэ.

Биһигиттэн ким истибит бары сарсыардааҥҥы дьыбартан тоҥмут сирэйэ аһыс гыныар диэри ымайда. Итинтэн аҕыйах чаас буолан баран, биһиги массыыналарбыт полка олбуорун ааныгар кэлэн, дьэ, тохтоотулар.

Биһигини массыыналартан түһээппитин кытта устуруойга туруортаатылар. Онтон олбуор аана тэлэллэ биэрэрин кытта оркестр көрсүһүү маршын оонньоото. Биһигини эшелон начальнига, взводнай колонналарынан олбуорга киллэрдэ. Иһирдьэ полка устуруойдаабыт. Устуруойга эписиэрдэр тураллар. Кинилэр түөстэригэр уордьаннар, мэтээллэр көстөллөр уонна көрдөхпүнэ, кинилэр бары да сыһа биһигиннээҕэр аҕа саастаах, улахан званиелаах быһыылаахтара. Биһигини, училищены саҥа бүтэрэн кэлээхтээбит, өссө буорах да сытын ыла илик младшай лейтенаннары, фронтовик эписиэрдэр устуруойга туран, оркестрынан көрсөллөрүттэн мин кыбыста саныыбын.

Балай да киэҥ болуоссат атын-атын чыыннаах, арааһынай чаастар эписиэрдэринэн туолбут. Биллэн турар, кинилэр бары, атын-атын куораттартан, дэриэбинэлэртэн, атын-атын фабрикалартан, заводтартан, холкуостартан, тус-туспа тыллаах, атын-атын союһунай, эбэтэр автономнай өрөспүүбүлүкэлэртэн кэлбит дьон буолуохтаахтар этэ. Бу коммунистическай партия тула сомоҕолоспут, бары биир күүһүнэн тастан киирбит өстөөҕү үлтү охсорго соруктаммыт, биһиги Ийэ дойдубут дьоно буолаллар. Кинилэр туохтан да чугуйбат-тохтообот танкистар, кинилэр – сталинскай мохсоҕоллор, кинилэр – өстөөххө харысхала суох артиллеристар, кинилэр – эрдээх разведчиктар, кинилэр – үйэлэр тухары аатырбыт, нуучча албан ааттаах пехотатын хамандыырдара! Кинилэр итэҕэллэрэ: биһиги улуу социалистическай Ийэ дойдубут дьылҕата, ону кытта аан дойду эйэни таптааччы дойдуларын уонна сир үрдүн үлэлээн иитиллээччилэрин барыла­рын интэриэстэрэ. Ити итэҕэли кинилэр байыаннай дьыаланы билиилэринэн, бэйэлэрин төрөөбүт Ийэ дойдуларыгар уонна партияларыгар муҥура суох бэриниилэринэн, күүстээх тапталларынан толоруохтаахтар.

Биһигини эшелон начаалынньыга ол турар эписиэрдэр утарыларыгар аҕалан тохтотто уон­на кинилэр диэки хайыһыннарда, онтон сотору буолаат, оркестр, эмиэ көрсүһүү маршын оонньоо­то. Фронтовиктар уонна биһиги икки ардыбыты­нан хас да эписиэр чырбаҥнаһан иһэрэ көһүннэ. Кинилэртэн бастакылара, үрдүк уҥуохтаах, кэтит саннылаах кырдьа барбыт полковник биһиги диэки эргиллибитигэр, кини куппут курдук толору түөһүгэр кэккэлэспит орденнар үрдүлэринэн Кыһыл Көмүс Сулус килбэс гынна. Ону көрөн, «Советскай Союз Геройа» дии санаатым. Бүгүҥҥээҥҥэ диэри мин геройдартан кими даҕаны илэ харахпынан көрө илигим. Арай кинилэртэн үгүстэрин портреттарынан уонна литературалартан эрэ билэрим. Онон кинини бэркэ сэргээн туран, одуулаһан эрдэхпинэ:

– Дорооболоруҥ, Сибиир дьоно! – диир.

– Здравия желаем, товарищ полковник!!! – диэн биһиги эппиэттээтибит.

Кини биһигини Сибиир дьонунан ааттаабытын мин сүрдээҕин соһуйа истэн, 1941 сыллаахха Москва анныгар Сибииртэн кэлбит полкалар фашистары кытта геройдуу охсуспуттарын туһунан училище политругун бэсиэдэтин истибиппин өйдүү биэрдим уонна ити этиллибит Сибиир дьонуттан биирдэстэрэ буоларым туһунан бу билиҥҥэ диэри аахайбакка сылдьыбыппыттан күлэ санаатым.

– Миэхэ фронт командующайа, – диэн полковник бэйэтин этиитин саҕалаата, – эһиэхэ итии фрон­товой эҕэрдэни тиэрдэрбэр соруйбута!

– Ур-аа-аа!!! – диэн биһиги иннибитигэр тураач­чы фронтовик-эписиэрдэр көхтөөхтүк хаһыытаһан сатарыттылар.

Бу эҕэрдэлиир фронтовой «Урааттан» миэхэ үөрүү, өрө көтөҕүллүү өрөгөйдөөх түгэннэрэ элэс гынан аастылар уонна мин олоҕум саҥа кэрдииһигэр үктэммиппин тута өйдөөтүм.

Онтон полковник, эписиэрискэй училищены бүтэрии, фронтовик-эписиэрдэр билиилэрин сорох чааһа эрэ буоларын быһыытынан, биһиги сэрии уопуттарыгар үөрэнэрбитигэр сүбэлээтэ уонна бүтэһигэр:

– Эһиги кинилэртэн үөрэниэхтээххит, – диэн баран, охсуһуу хонуутугар хорсуннарын көрдөрөн ылбыт уордьаннара уонна эписиэрискэй сулустара сааскы күн уотугар килбэҥнэһэ турар фронтовик-эписиэр диэки ыйан кээстэ.

Били өтөрдөөҕүтэ кэлбит үс сүүс киһиттэн биир полкаҕа анаммыттар – Пипкин, Калдыбаев уонна мин буоламмыт Н-скай стрелковай дивизия кадрын отделын дьиэтиттэн тахсыбаппыт, таһырдьа чып хараҥа турара.

Бу ыам ыйынааҕы ичигэс түүннэртэн биирдэстэрэ этэ.

Биһиги штабтан ыйдаран, аналлаах полкабытыгар ситэ куура илик ойуур ыллыгынан бардыбыт. Чугас хам-түм, эмискэ төлүтэ биэртэлээбит курдук, полка кыра калибрдаах пушкаларын тыастара уонна балай да тэйиччи пулемет бөтүгүрүүрэ иһиллэр. Биһигиттэн ким даҕаны ити ытыалаһыы туһунан кэпсэтиини саҕалыан баҕарбатаҕа. Арай балай да барбахтаан иһэн, Калдыбаев:

– Ытыалаһаллар, – диэтэ иһиллэр-иһиллибэттик. Мин кини бэйэтэ-бэйэтин кытта дуу, биһигини кытта дуу кэпсэтэрин өйдөөбөккө, киниэхэ эппиэттээбэккэ хааллым. – Иэдээннээх дойдуга баран истэхпит.

– Сорохтор отут бэһис ыйдарын сэриилэһэллэр. Оттон биһиги буоллаҕына, киһи кыбыстыах, ык­саатарбыт да кыайан тиийэн быстыбаппыт, – диэн үтүө киһи геолог бэйэтин ис санаатын биллэрдэ.

– Аны кэлэн, Виктор Александрович, мүччү түспэппит чахчы, – диэн мин киһим санаатын көнньүөрдэрдии эттим. – Биһиги да ирээппит инни­битигэр кэтэһэн турдаҕа.

– Кырдьык да оннук, – кини сөбүлэстэ. – Өстөөх билигин да утарсыыта күүстээх.

Онтон эмиэ бары саҥата суох хаамсан истибит.

ТИЭТЭЙИИ

Ханнык баҕарар киһи өртөн күүтэ сатыырын көрсүөр диэри ону элбэхтик өйүгэр оҥоро сатыы­ра чахчы. Наар ол эрэ туһунан санааччы. Эмиэ ол курдук, мин өртөн дьулуспут санаам туолара чугаһаабытын долгуйа кэтэһэбин. Билигин биһигини Дьокуускайтан армияҕа барарбытыгар хайдах атаарбыттарын туһунан саныы истим.

Ити маннык этэ.

Тоҕус чаас сарсыарда тылланан туран бараач­чылар военкомат олбуоругар мустубуппут. Биһиги олус элбэҕэ да суох буолларбыт, военкомат киэҥ ол­буора дьонунан туолбута. Манна мустубуттар этэ: ийэлэр-аҕалар, бырааттар-балыстар, оҕолор-уруулар, кыргыттар-дьахталлар уонна көннөрү атаар­сааччылар.

Биһиги, лаһыай курдук уонах буолбут таҥастара хончоччу тоҥмут суоппардар үөһэ-аллара хасыһа сылдьар массыыналарын диэки хайыһан, устуруойга турбуппут. Кэннибитигэр атаарааччылар тохтоло суох аймалаһар саҥалара иһиллэрэ. Иннибитигэр турбут массыына кузовар горком сэкирэтээрэ, горисполком бэрэссэдээтэлэ уонна онтон да атыттар ыттыбыттара. Тута чуумпу буола түспүтэ. Ити күннэргэ Дьокуускайга түптэлэс тымныылар турбуттара. Ол күн куораты тымныы күдэригэ саба бүрүйбүтэ. Ону курдары олус улахан дьэс кыһыл күн элэҥниирэ. Ол да буоллар, кузовка тахсыбыттар бэргэһэлэрин устубуттара уонна горком сэкирэтээрэ тыл эппитэ:

– Табаарыстар, бүгүн биһиги бэйэлэрин көрдөһүүлэринэн төрөөбүт Ийэ дойдуларын немецкэй фашистар хааннаах саба түһүүлэриттэн көмүскүү барааччы бэйэбит табаарыстарбытын – улуу социалистическай Ийэ дойду эрэллээх уолаттарын фроҥҥа атаарабыт…

Бу кэмҥэ эмискэччи олбуор иһинээҕи остуолбаҕа ыйанан турбут радиорепродуктор саҥаран тоҕо барда: «…улахан охсуһуулар кэннилэриттэн биһиги сэриилэрбит Киев куорат анныгар кэллилэр. Өстөөх элбэх эписиэрэ, саллаата уонна техниката билиэн ылылынна, былдьанна…»

Оо! Дьэ итини биһиги кузовка тахсыбыт трибуна дьонунаан, туох баар атаарааччыларбытынаан, хайдахтаах курдук үөрүүнэн истибиппитий?!

Атаарыы миитинин горсовет бэрэссэдээтэлэ маннык тылларынан түмүктээбитэ:

– …Онон эһиги ыраах хаалбыт Саха сирин дьонун аатын, бэйэҕит бойобуой хамандыырдаргыт уонна Ийэ дойдугут иннигэр түһэн биэрбэккэ, үрдүктүк тутан, эрдээхтик охсуһан, кыайыыны кытта дойдугутугар төннөргүтүгэр күүтэ хаалабыт.

Туругурдун, Кыһыл армия!

Туругурдун, биһиги улуу Социалистическэй Ийэ дойдубут уонна кинини кыайыыттан кыайыыга сирдээччи – биһиги коммунистическай партиябыт!

Тула ытыс таһыныыта уонна үөрбүт-көппүт хаһыылар өрө хабылла түстүлэр. Ол барыта атаарааччылар устуруойу алдьаппытынан биһиэхэ саба сырсан киириилэринэн бүттэ. Ким барыта бэйэтин атаарааччытыгар чугаһыы охсорго кыһанар, арахсыыга тугу эрэ олус суолталааҕы, күндүнү этэ охсуон баҕарар.

Кырдьаҕас аҕалар-ийэлэр оҕолоругар тымныыттан харыстаналларыгар, буулдьаттан сэрэ­нэл­­лэ­ригэр сүбэлииллэр. Ол эрээри кинилэр оҕолорун өстөөҕү кыайан-хотон кэлэллэригэр эбээһинэстииллэрин умнубаттар этэ. Уолаттар буоллаҕына табаарыстарыгар үчүгэйдик сылдьыыны уонна кыайыыны баҕараллара, оттон кыргыттар, барыга бары ордук долгуйумтуо буола айыллыбыт аанньаллар, кулгаахтыын кытаран, сир диэки көрөн туран: «Күүтүөм», – дэһээхтииллэрэ бэйэлэрин таптыыр уолаттарыгар уонна эппэтэллэр даҕаны, кинилэр кавалердара түөһэ толору уордьаннаах кэлэрин күүтэллэрэ мэлдьэҕэ суох туолуохтааҕа биллэн турар. Били кыра бырааттар, кимтэн да кыбыстыбакка, «мин убайым Гитлер баһын быһа барда» диэн аһаҕастык хаһыытаһаллара.

Арай миигин эрэ атаарааччы ким да суоҕа. Табаарыстарым бары үөрэнэ сылдьар буолуохтаахтара. Оттон дьонум буоллаҕына, тыаҕа бааллара, өссө барарбын да истэ иликтэрэ. Онон соҕотох чуҥкуйан, барарбын күүтэн балай да турбахтаабытым кэннэ, хантан эрэ бэрт ыксалынан мин биир дойдулааҕым – ЯФАШ студентката Вера кэлбитэ.

Кини биһикки кыра остуоруйалаахпыт. Ол маннык этэ. Былырыын күһүн биир киэһэ пааркаҕа кэлбиппит. Ол кэлэн ону-маны кэпсэтэ, кими эрэ кириитикэлии, ардыгар үөрэ-көтө күлсэ, аллейкалар устун өр хаамса сылдьыбыппыт. Сүрдээх ичигэс киэһэ этэ. Биһиги, аҕыйахта эргийээт, куйааһырҕаан үҥкүүлүүр былаһааккаттан тахсыбыппыт уонна эмиэ аллейка устун хаамсыбыппыт. Ол иһэн:

– Олоро түһүөх, Федя, – диэбитэ Вера.

Биһиги чугастааҕы ыскамыайкаҕа тиийэн олорбуппут уонна хайабыт даҕаны аҕыйах бириэмэҕэ саҥарыан баҕарбатаҕа быһыылаах. Вера утары хайыһан олорон, тугу эрэ бэрт ырааҕы көрөрдүү, мин харахпын одууласпыта. Онтон кини сирэйэ улам сырдаан, оҕолуу сымнаҕас, нарын мичээринэн кыыспыта.

Баччааҥҥа диэри кини тас көрүҥүн аахайбакка сылдьыбыт бэйэм ханнык да оҥостуута суох – айылҕаттан бэлэхтэппит кини кэрэ дьүһүнүн онно эрэ үчүгэйдик өйдөөн көрбүт курдук олус долгуйбутум. Киэҥ хара харахтары дуҕалыы түспүт синньигэс, хойуу хаастар уонна дьолунан туолан олорор үрдүк түөскэ таҥнары намылыспыт өрүүлээх уһун суһуохтар оччотооҕу мин туҥуй сүрэҕим төрүөхпүттэн уларыйбат тэбиитин, бадаҕа, биллэрдик түргэтэппиттэрэ.

Тула күлсүү-салсыы, тэбэнэттээх кэпсэтии, көрдөөх музыка, ырыа-тойук буола турбута.

– Федя, атахпын үктээмэриий, – диэтэ Вера ата­ҕар төҥкөйөн олорон.

Мин тулалаабыт көрүнэн-нарынан уонна кинилиин кэккэлэспит дьолбуттан туймаарыйан, Вераны ыга кууһаат, дьэдьэннии кэйбит сылаас иэдэһигэр уоспун даҕайдым.

Бадаҕа, тиэтэйбит быһыылааҕым: кини ситэ уураппакка, миигин киэр анньаат, ыскамыайкаттан тура биэрдэ уонна:

– Акаары! – диэтэ.

Мин, кыыс быһаарыылаах хамсааһыныгар тугу хоруйдуохпун билбэккэ, кырдьык да, дьиҥнээх акаары курдук килэччи көрөн олордум. Кини, миигиттэн киэр эргиллээт, аллея устун түргэн-түргэнник атыллаамахтаан бара турда. Бачыыҥкалаах атаҕар боростуой сиэрэй наскылаах, бэйэтигэр сөп сиидэс былаачыйалаах баран иһэр Вераны, мин устуруойга турар саллаат генералы көрөрүнүү хамсаабакка, аҥаардас төбөбүн эрэ эр­гитэн, балай да ыраахха диэри батыһа көрөн олорбохтообутум. Онтон, дьэ, өй ылан, кэнниттэн эккирэппитим да, оһуокайдааччылар быыстарыгар сүтэн хаалбыта.

Итинтэн сүүрбэччэ мүнүүтэ буолан баран, үҥкүүлүүр сиргэ кэлбитим. Кини, санааҕа түспүттүү, ыскамыайка кэннигэр соҕотох турара. Ону көрөн, «буллум» диэбит санаабынан мин киниэхэ чугаһаан:

– Вера, үҥкүүлүөх эрэ, – диэбитим.

Мин кэлбиппин өйдөөбөккө турбут Вера соһуйан «дьик» гына түһээт, киэр ыстанна. Ону көрбүт ким эрэ сэтэрээбиттии күллэ:

– Һа-һа! Дьэ бу нүөмэр!

Мин, атаҕым сири билбэт буола долгуйан, бэйэбин сэмэлэнэн, үҥкүүлүүр сиртэн таһырдьа ыстаммытым.

Ол кэнниттэн миэхэ кинини көрсөн бырастыы гынарыгар көрдөһөр түгэн көстүбэтэҕэ. Онтон ыла кинини хомоттум диэн буруйданан утары көрсөрбүттэн саллан, дьаадьыйа туттар буолбутум. Кини даҕаны миигин эккирэтиспэт быһыылааҕа. Ити курдук мин хорсуммун киллэрбит биир түгэ­ним үөрэ-көтө саҕаламмыт маҥнайгы чугасаһыы­бы­тын сойутуох курдук буолан барбыта. Ол эрээри Вера туһунан мин сотору-сотору саныырым.

Биһиги иккиэн сыһыаммыт остуоруйата туох баара ити этэ. Армияҕа барар буолбутум туһу­нан мин Вераҕа биллэрбэтэҕим. Кини мин туспунан оҕолортон эрэ истэр кыахтааҕа. Кини, миэхэ чугаһаат:

– Дорообо, Федя! Эйигин тугунан эҕэрдэлиибитий? – диэбитэ.

Туох баар Советскай дьону барытын сэрии кэминээҕи олох кыһалҕата уонна күн ахсын тиһигин быспакка кэпсии турар хаһыаттар страницалара Советскай норуоттар улуу түмсүүлээх охсуһууларыгар туох баар күүспүтүнэн уонна тугу сатыырбытынан-кыайарбытынан бу охсуһууга көмөлөһөрбүтүгэр эбээһинэстиирэ. Онон мин эдэр-ахсым санаабар тэптэрэн, немецкэй фашистар Советскай норуот иннигэр оҥорбут туох баар буруйдарын барытын илэ бэйэбинэн охсуһан ситиһиэхпин баҕарарым. Ол иһин бүгүн, атаарааччыта суох буолан, соҕотох да чуҥкуйан турдарбын, тылланан армияҕа барар буолбуппуттан сүрдээҕин үөрэн турбутум.

– Дорообо! Миигин армияҕа барарбынан эҕэрдэлиэххин сөп. Уонна били былырыын күһүн көһүтүллүбэтэх уурааһыммынан соһуппуппун бырастыы гынаргар көрдөһөбүн, – диэн мин киниэхэ хоруйдаабытым. Уонна урут кини иннигэр куруутун мух-мах буолар бэйэм билигин хайдах курдук холкутук саҥарбыппын бэйэм соһуйа санаабытым.

Итини истээт, Вера чугас турар дьон баҕарбаталлар да биһиги диэки эргиллэ түһүөхтэригэр диэри минньигэстик саһыгыраччы күлбүтэ.

Бу бириэмэҕэ бараары турар массыыналартан:

– Федя түргэнник!

– Гаврилов, кэлэ оҕус! – диэн миэхэ хаһыытаабыттара.

Мин, тиэтэтииттэн ыксаан, быраһаайдаһа охсоору Вераҕа илиибин ууммутум. Кини мин илиибин тоҕо эрэ өр, кытаанахтык бобо тутан турбута. Уһун кэмҥэ көрсүөхчэ-көрсүбэккэ, сүрэх-быар ыргымтата буолбут көрсүһүү арахсыыта ыксалыттан долгуйан, мин саамай быһаарыылаах тү­гэммэр этиэхпин эппэккэ, «ах» баран турбахтаан бараммын, биир тылы быктарбытым:

– Көрсүөххэ диэри!

Вера, сэрэйдэххэ эмиэ туох да диэн булбакка туран, төбөтүн тоҥхос гынан эппиэттээтэ!

Бу маннык түбэлтэлэргэ ону-маны билбит уопуттаах уолаттар тапталларын тириэрдиигэ бэйэлэрин кыргыттарыгар обургу соҕус куоһурдары быраҕааччылар. Оттон мин, оччотооҕуга оҕочоос буоламмын, ити түбэлтэни туһаммакка хаалбытым.

Кузовка тахсан олорбутум кэннэ, массыыналар дьирилэспитинэн олбуортан тахсан бардылар. Ааһан иһэр массыына түргэнигэр икки өттүбүтүнэн түҥ-таҥ түспүт мас олбуордаах дьиэлэр аҕыйахта элэҥнэһээттэрин кытта, куорат кэннибитигэр хаалбыта. «Быраһаай, оҕо сааһым, билигин мин саллааппын» дии санаабытым. Ити курдук мин, төрөөбүт Сахам сирин киин куоратыттан – Дьо­куускайтан арахсан, ханна эрэ ыраах баар сэриилэһэр армияҕа аттаммытым.

ЗЕМЛЯНКАҔА

Билигин хараҥаҕа суолбун сиирэ-халты үктүү-үктүү, «инники кирбии чугаһаата» диэн саныы истэхпинэ, «бу баарбын» диэбиттии, биһигини бүрүйбүт хараҥа арҕаа эҥээрэ эмискэччи сырдыы биэрдэ уонна ол сырдык ситэ хараҥара илигинэ, утуу-субуу бииртэн биир үс кыһыл ракета халлааҥҥа көттө. Онтон сөҕүмэр улахан пушкалар тохтоло суох эстэр тыастара сири дьигиһиттэ, кэннибититтэн көппүт снарядтар биһиги үрдүбүтүнэн ыйыластылар.

Мин, көһүппэтэхпиттэн соһуйан, кутталларыттан остуолба курдук хонтоспут икки табаарыспын быһаарыыта суоҕунан килэччи көрөн турдум. Көппүт ракеталар халлааҥҥа дуҕа курдугу ойуулаан, таҥнары намылыһан иһэн, биир-биир умуллан истилэр. Ону кытта хаһан да тохтуо суох курдук өрө ньиргийэ түспүт пушкалар тыастара эмиэ намыраата.

– Чэ, барыаҕыҥ, – диэтэ Калдыбаев буолуо суохтан ыһыктынан кэбиспититтэн кыбыстан.

– Чэйиҥ! – диэн мин эмиэ куттаммыппын бил­лэримээри, обургу соҕустук саҥардым. Эмиэ иннибит диэки хаамсыбытынан бардыбыт. Онно-манна биирдиилээн-иккилээн эстэр тыастар тиһигин быспакка иһиллэ турдулар. Биһиги үөрүйэхпитинэн ракеталартан халлаан сырдыырын, сэрии ньиргиэриттэн сир дьигиһийэрин күүтэ иһэбит.

Сотору биһигини полка тыыллааҕы харабыллара тохтоттулар. Кинилэр, пропускпутун ыйыталаһан баран, биһиэхэ сирдьитинэн биир саллааты биэрдилэр.

Баран иһэн саллааппытыттан ыйытабыт:

 – Билигин инники кирбиигэ сэриилэһэ тураллар дуо?

– Суох, – диир саллаат.

– Оттон билигин батареялар тоҕо ытыалаа-баттарый?

– Ээ, ити тыл ыла барааччы разведчиктарга суол аһаллара буолуо?

– Оччоҕо инники кирбии мантан олох туспа дуо?

– Чугаһа суох, мантан биэс-алта биэрэстэ буолуо.

Халлаан төһө да ый быыһа хараҥа турдар, саллаат мунаахсыйбакка, түргэнник хааман, биһигини биир землянка айаҕар тиэрдэн биэрдэ.

Землянкаҕа киирбиппит, ыһыырынньыгынан сырдатыллыбыт кыра адарай остуолу тула, олус илистибит көрүҥнээх кырдьаҕас подполковник, арыый сэнэх майор, биһиги бараллаабыт старшай лейтенант олороллоро уонна антах уот кыайан сырдаппат муннугар: «Днепр! Днепр! Мин Волгабын», – диир саҥа иһиллэрэ. Биллэн турар, онно телефонист баар буолуохтааҕа. Остуолга сытар картаҕа подполковник кыһыл бэлиэлэри оҥортуура уонна тугу эрэ саҥарара. Биһиги, училищены бүтэрэн кэлбит дьон быһыытынан, кини иннигэр «чырбас» гына тура биэрдибит уонна барыбыт аатыттан:

– Табаарыс подполковник, дивизия кадрын отделыттан эн дьаһалгар младшай лейтенаннар Калдыбаев, Гаврилов уонна Пипкин кэллибит, – диэн дакылааттаата биһиги геологпыт.

– Бу үчүгэй, олорон кэбиһиҥ, младшай лейтенаннар.

Подполковник, харандааһын наҕыллык карта үрдүгэр уура-уура, биһиги диэки хайыста. Кини лаппа сааһырбыт киһи быһыылааҕа: баттаҕа туртайбыт, сирэйигэр элбэх сыллар суоллара – дириҥ сурааһыннар адаарыспыттар уонна билиҥҥээҥҥэ диэри өссө мөлтүү илик уоттаах харахтара, көп түүлээх маҥан хаастар анныларыгар ыраах көстөллөр. Ол да буоллар, кэтит санныларга сытар погоннарга олорбут улахан сулустар кини бойобуой хамандыырын толору туоһулууллар.

Чууркалартан оҥоһуллубут олох мастарга оло-
рооппутун кытта кини биһиги ханна сулууспалаабыппытын, армияҕа хаһан ыҥырыллыбыппытын, ханна үөрэммиппитин өйдөөн олорон, холкутук ыйыталаста.

Землянка балай да итии этэ. Подполковник синиэлин уһулла (итииргээтэ быһыылаах). Онно көрдөхпүнэ, кини түөһүгэр наҕараадата анньыллыбатах миэстэ суохха дылы. Ол курдук элбэх уордьаннар, мэтээллэр ыйаммыттар. Ону сөҕөн мин айылҕаттан кыараҕас буола айыллыбыт харахтарбын килэччи көрбүппүттэн буоллаҕа, кини баҕарбатар да, сонньуйда уонна миигиттэн ыйытта:

– Эн, младшай лейтенант, ханнык омуккунуй?

– Сахабын.

– Ээ, Сибиир киһитэ, ыраах хотугу кыраайтан. Биллэн турар булчут буолуоҥ? – Бу тылларыгар кини тоҕо эрэ биллэрдик үөрдэ.

– Чахчыта оннук, – диибин мин, кырдьаҕас сэрииһит сэргээбититтэн эгди буолан.

Ол курдук, балай да билсиһэн баран, кырдьаҕас подполковник биһиэхэ ону-маны элбэҕи сүбэлээтэ. Оннооҕор дойдубутугар баар дьоммутугар аттестат ыытарбытыгар тиийэ өй киллэрдэ.

Онтон бүтэһигэр штаб начаалынньыгар эттэ:

– Младшай лейтенаннары Пипкины уонна Калдыбаевы батальоннарга ыыталаа, оттон Гавриловы резервэҕэ хааллар.

– Истэбин, табаарыс подполковник! – майор турда.

Үһүс баһа

Полкаҕа

САХА БУОЛАММЫН

Полка олоҕун кытта мин ыкса билсиспитим кэннэ өйдөөтөхпүнэ, дивизия хамандыыра биһиги полкабытын улахан кыргыһыылар кэннилэриттэн резервэҕэ таһааран, дьонун ахсаанын толорбут. Саҥа кэлээччи саллааттары уонна эписиэрдэри кимэн киирии тактическай ньымаларыгар кичэйэн үөрэттэрэн, буолаары турар улахан кыргыһыыларга бэлэмнииллэр эбит. Ол да иһин биһиги полкабыт инники кирбииттэн биэс биэрэстэлээх ойуур иһигэр саспыт. Инники кирбии Днепр өрүһү бата барара, атыннык эттэххэ, өрүс уҥуоргу биэрэгэр олорор Жлобин диэн куорат өстөөхтөр илиилэригэр баара.

Тыылтан полкаҕа күн ахсын эбии дьон кэлэ турара. Полка буолаары турар охсуһууга күүскэ бэлэмнэнэрэ. Командование эписиэрдэр салалталарынан саллааттары быыстала суох үөрэтиинэн дьарыктыыллара. Барыларыттан «үөрэххэ ыара­хан буоллаҕына, сэриигэ чэпчэки» диэн улуу пол­ководец Суворов лозунун толору тутуһуу ирдэнэрэ. Полка практическай үөрэҕэ кырдьык даҕаны, сүрдээх сылаалаах этэ. Сайыҥҥы өҥүрүк куйаастарга толору сэптиин-сэбиргэллиин хастыы да көстөөх сирдэринэн марштары оҥороллоро. Ол иһэн үөрэнии сэриилэрин ыыталлара уонна улахан бадарааннары, үрэхтэри туораталыыллара.

Хара сарсыардаттан ыкса түүҥҥэ диэри саллааттар сиргэ хаһыллан оҥоһуллубут казармалара кураанах тураллара. Арай кинилэргэ бэрт аҕыйах ахсааннаах штаб уонна ас-үөл үлэһиттэрэ, ону кытта полка иһинээҕи харабыла хаалаллара. Мин, резервэҕэ сылдьарым быһыытынан, күн өрүү-өрүү дьуһуурустубалыырым уонна өрүүр күннэрбэр училищеҕа бииргэ үөрэммит табаарыстарбар Пипкиҥҥэ, Калдыбаевка, ардыгар стрельбищеҕа сылдьарым. Онно эрчиллэммин мин кылгас кэмҥэ сыалы ытыыга олус үчүгэй түмүктэри ситиспитим. Ордук «ТТ» диэн бэстилиэтинэн сыыспакка ытарбын табаарыстарым сүрдээҕин сөҕөллөрө уонна хайгыыллара. Ити бэстилиэтинэн уон миэ­тэрэ сиргэ эмэһэтинэн ууруллубут бинтиэпкэ ботуруонун сыыспакка ытарым.

Ол кэмҥэ полка үгүс эписиэрдэрин кытта билсэ охсубутум уонна атын омуктар ортолоругар саха­лыы бэлиэ дьүһүнүм миигин полка дьонун барытын билэр киһитинэн оҥорбута. Дьуһуурустубалыы сылдьан, хараҥа киэһэлэргэ казармалар айахтарынан ааһан иһэн, бэйэм туспунан саллааттар кэпсэтэллэрин үгүстүк истэрим.

– Бүгүн биһиэхэ саха уола дьуһуурустубалыыр.

– Гаврилов дуо?

– Киниттэн атын биһиэхэ сахабыт да диэн суох эбит.

– Бэрт уолчаан, сахалар үчүгэй норуот эбит.

– Иһэ-таһа сэриигэ биллиэ, – дэһэр буолаллара кинилэр.

Кырдьыга, саллааттарым миигин бэйэм истибэппэр, эписиэр да буолларбын, эдэрим бэрдин иһин буоллаҕа, уолчаанынан ааттыыллара.

Үөрэх кэнниттэн киэһэ саллааттар сылайан-элэйэн кэлиилэригэр почта куруутун кэлбит буолааччы. Саллааттар, аһаан-сиэн, сааларын-сэптэрин ыраастаан бүтээт, почтанан кэлбит суруктары ааҕааччылар. Оччоҕо сайыҥҥы уһун киэһэлэргэ бэйэлэрин ыраах дойдуларын уонна онно хаалбыт урууларын-аймахтарын саныы-ахта лаппа хойукка диэри кэпсэтэ олорооччулар. Бу маннык киэһэлэргэ мин кинилэргэ киирэн, сылайбакка кэпсэтэрим. Ону кинилэр бэркэ сөбүлүүр быһыылаахтара. Оччотооҕуга нуучча­лыы олулла соҕус саҥарарым. Онон кэпсэтэ үөрэнээри, элбэхтик саҥарарга уонна тылым кыайан өҕүллүбэккэ, сатаан ааттаабат тылларбын сөпкө этэргэ кыһана сатыырым.

Кинилэр бэйэлэрин төрөөбүт-үөскээбит дойду­ларын туһунан кэпсэтиилэрэ миигин олус сэргэҕэлэтэрэ. Ити кэпсэтиилэртэн бу дьон сэрии иннигэр ханна, тугунан дьарыктанан олорбуттарын туһунан киһи бэрт дөбөҥнүк өйдүөн сөп этэ. Истэн олордоххо, туох арааһынай барытын туһунан кэпсэтэллэр. Сорохтор балык бултааһынын, иккис истиэптэргэ сүөһү иитиитин, үһүс муораларга устууну, атыттар фабрикалар, заводтар үлэлэрин, о.д.а. Онтон иһиттэххэ, бу биһиги полкабытыгар хантан киһи суоҕай?! Биһиги Улуу Советскай Ийэ дойдубут сирдэриттэн барыларыттан бааллара. Кинилэр бу манна полкаҕа кэлэн, биир дьиэ кэргэн буолан, бэйэ-бэйэлэрин убаастаһа-таптаһа уонна хамандыырдарга бас бэринэ сылдьаллар. Онон мин хамандыыр саллааттарын итэҕэллэрин туохтааҕар да үрдүктүк тутуохтаах диэн өйдүүрүм.

Оскуолаҕа үөрэнэрим саҕана география уруогуттан мин Союзнай республикалар үгүс уобаластарын уонна куораттарын билитэлиир этим. Онон бу кэпсэтэ олорор табаарыстарым хантан кэлбиттэрин иһиттэхпинэ, «ээ, онтон кэлбит» дии саныырым испэр уонна ол дойдулар дьиҥнээх олохтоохторун кытта илэ харахпынан утарыта көрсөн олорон кэпсэтэрбин бэркэ сөбүлүүрүм. Кинилэр эмиэ мин олоҕум уонна дойдум туһунан сүрдээҕин тартаран олорон истэллэрэ.

Мин революция иннинээҕи Саха сирин, кини хайдах эрэһээҥкитэ суох хаайыы дойдутунан буолан олорбутун уонна бэйэм төрөөбүт аҕам хайдах кыһалҕалаахтык олорон, советскай былааһы көрсүбүтүгэр тиийэ кэпсээн, сэһэммин революция кэннинээҕитигэр ситимнээн, автобиографиябынан бүтэрэрим. Ол эрээри мин да, аҕам да олоҕор биһиги өттүбүтүттэн олох иннин диэки сайдан иһиитигэр уопсастыба биһиэхэ махтаныан курдук, тугу да оҥорбуппут суох. Арай биһиги, сахалар, олохпут тупсарыгар уонна мин аҕабынаан дьон буоларбытыгар көмөлөспүтүн иһин, улуу нуучча норуотугар махтанар эрэ кыахтааҕым. Ол да буоллар, Н.В. Гоголь эппитинии, аҕам биһикки олорбут уонна олорор олохпут, Саха норуотун олоҕун остуоруйатын сороҕо буолар. Онон мин боростуойдук бэйэм олохпунан Сахалар олохторун кэпсиирим табаарыстарбар ордук өйдөнүмтүө этэ.

Ити миигин саллааттары кытта ыга доҕордоһуннарбыта.

КЫРАСААБЫССА АЛЫПТААХ АЛБЫНА

Биһиги полкабыт аннынан Днепртэн тахсар кыра үрэх барара. Биир сарсыарда, мин дьу­һуурустубабын туттаран баран, онно сөтүөлүү киирбитим.

Үрэх бэтэрээ биэрэгэ сибэкки курдук хойуу сэбирдэҕинэн бүрүллүбүт, талах арыыларынан хаххаланара. Мин ити кэрэ мастары сахалыы талахха эрэ маарынныырынан талахтарынан ааттаатым. Кинилэри билэр дьон сиреннэр диэн ааттыыллара. Сиреннэр туохтан да ордук кэрэ көстүүлээх, букет сибэкки курдук сэбирдэхтээх буолааччылар. Олортон киһи муннугар үчүгэйдик биллэр кэрэттэн кэрэ арамаат сыта аҥылыйааччы. Ити сибэккилэргэ күнүс тойон ыҥырыалар уонна мүөттээх тигээйилэр мустубут буолааччылар.

Үрэххэ киирэрбэр саад аллеятын курдук кыра ыллык устун барбытым. Ыллыгым, хойуу сиреннэргэ киирдэҕинэ, үүнүүлээх от быыһынан барар кутуйах ороҕор маарынныыр: үрдүбэр сэбирдэхтэр барыһаллар, икки ойоҕоспор от былаастаах сиреннэр истиэнэлэрэ дьырылаһаллар. Арай иннибэр кыараҕас хайаҕас буолан, ыллыгым эрэ орохтуу оҥойор уонна тута сөрүүн буола түһэр. Онтон таҕыстахха, күн уота бигээбитинэн барар. Түүн аанньа утуйбаккабын утуйуохпун эрэ баҕарабын, онуоха эбии мүөт көрдөөччүлэр кынаттарын тыаһа, «утуй даа, утуй» диэбиттии, биир кэм «уу-уу» буолан олорор. Онтон күрэнэммин, үрэххэ тиийэн сөтүөлүү охсоору, хардыыбын түргэтэтэбин.

Үрэх. Анныбар кыра чүөмпэ чөҥөрүйэр, мин, сыгынньахтанаат, ууга ыстанным. Уу сөрүүнүн, үчүгэйиэн! Куйааһырҕаан уонна утуктаан сылдьар киһи хараҕа тута сырдыы түһэр. Ол гынан баран, чүөмпэм кырата бэрт буолан, киниэхэ борохуот курдук устабын, харбаатахпына, уум биэрэктэрбин сууйбахтыыр, күүгэннэнэр уонна өргө диэри уостан биэрбэт. Ол да буоллар дьигийиэхпэр диэри сөтүөлээтим. Онтон тахсан онньуускаларбын сууйталаатым. «Итилэрим кууруохтарыгар диэри сыта түһүүм» дии санаан, пилоткабын баспар уурунаат, күөх окко тиэрэ түстүм. Миигин ким эрэ таарыйбытыттан уһукта биэрдим, ойоҕоспор Галя кэлэн мичээрдии олороро.

Галя, эбэтэр биһиги полкабыт дьоно ааттыылларыныы Галя Косалапа диэн эдэр кыыс этэ. Эмискэччи истиигэ олуона уонна муокас да соҕус араспаанньалаах буоллар, Галя дьиҥнээх кырасаабысса этэ. Кини чүмэчи курдук көнө уҥуохтаах, үрдүк түөстээх, куудара баттахтаах, чыыстай украинкалардыы холку, ыллаан эрэр курдук нарын куоластаах уонна киһи сатаан эппэт үчүгэй сирэйдээх этэ. Быһатын эттэххэ, биирдэ көрө түһүүгэ дьахтарга туох баар буолуохтааҕа барыта баара. Ол гынан баран, кырасаабысса дьүһүнүн уустаан-ураннаан ойуулаан кэпсиирбин эһиги миигиттэн күүтүмэҥ. Мин киһини сатаан ойуулаабат салаҥ тыллаахпын бэйэҕит да билэн олордоххут буолуо. Дьиҥинэн, кини кырасаабыссата биһиэхэ туох буолуой. 

Дьэ бу Косалапа байыаннай чыына – старшина этэ. Кини биһиэхэ соторутааҕыта фронт пересыльнай пуунуттан кэлбитэ. Кинини полка хамандыыра сибээс взводугар анаабыта. Галя маҥнайгы күнтэн ыла үлэтигэр бэркэ кыһанан үлэлээбитэ уонна мэлдьитин күлэ-үөрэ, ыллыы-туойа сылдьара. Мин, полкаҕа дьуһуурунайдыы сылдьан, Галя Косалапа фронтовой уонна көннөрү да ырыалары гитараҕа хайдах курдук үчүгэйдик ыллыырын аҕыйаҕа суохтук истэрим.

Киһи, тас көрүҥүнэн куһаҕана суох уонна көрдөөх-нардаах буоллаҕына, дьон биһирэбилигэр сотору киирээччи. Ол курдук биһиги Галябыт эмиэ аҕыйах хонук иһигэр полка уопсай убаастабылынан туһанар буола үүммүтэ.

Николай Николаев

Чолбон. – 2020. – № 5

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар