Тылбаастар

Хаайыылаах

Хаайыы никсигэр хатанан сытабын,
Хааччах биһиктээх мин хотой уолабын.
Курус доҕорум кынатын сапсыйар,
Хааннаах ыһыгын таһырдьа тоҥсуйар.

Аһын быраҕан, түннүкпүн өҥөйөр
Миэхэ санаабыт бииргэтин өйдөтөр;
Көрөр көҕүтэ, ыҥырар хаһыыта
Этиэн баҕарар: «Көтүөххэ, уолдьаста!

Көҥүл көтөрдөр биһиги буолабыт!
Былыт кэтэҕэр туртайар хайабыт,
Онно, көҕөрөр байҕаллаах сирдэргэ,
Онно көччүйэр миигинниин… тыал эрэ!»

А.С. Пушкин, 1822

Баарыс

Соҕотох баарыс туртаҥныыра
Туманнаах байҕал күөҕүгэр!..
Ыраах сиргэ, тугуй, көрдүүрэ?
Тугун хаалларда дьиэтигэр?..

Долгун оонньоһор, тыал иһиирэр,
Мачта кыычыргыыр иэҕиллэн
Баҕарбат кини дьолго эрэ,
Куоппат даҕаны киниттэн!

Аннынан – уу сырдык сүүрүгэ,
Үрдүнэн – көмүс сардаҥа
Баламат санаата – силлиэҕэ,
Уоскуйуу көрдүүр буоллаҕа!

М. Ю. Лермонтов

Поэт өлүүтэ

Поэт өллө! – сиэрдээх кулута –
Хопко хотторон, оҕутта,
Сүнньүөх – түөһүгэр, иэс – туолбата,
Үрдүк төбөтүн хоҥкутта!..
Поэт дууһата, уйумматыҥ,
Быстах ыыстааһын да саатын,
Баар өһү утары барбытыҥ
Өрүү соҕотох… быһынныҥ!
Өллө! Аны кэлэн ытаамаҥ,
Хайҕал да турбат туһаҕа,
Кэмсинэ сатаабыт буолумаҥ,
Туолла дьылҕатын ыйааҕа!
Эһиги этигит буолбат дуо
Хорсун аналын үөҕээччи,
Көр гынан, уоскуйан умуллуох
Уоту күөдьүтэн биэрээччи?
Дьэ? Көрүлээҥ… – тиһэҕэр кини
Эрэйин ааста тулуйуох,
Өстө, төлөннүү, дьикти гений,
Хатта өрөгөйдөөх венок.

Кини дьэбир өлөрүөхсүтэ
Таба биэрдэ… быыһаммата.
Кураанах сүрэх мөхсүбэтэ,
Ыппыт илии тардыбата.
Туох дьиктитэй?..
Ыраах сирдэртэн
Атын сүүс дьэллиги кытта
Дьол, соло күрэҕэр кытта
Күөрэйбит дьылҕа хаан сирдьиттээн;
Сэтэриир, сэниир да этэ
Атын дойду тылын, майгытын;
Аһыныа дуо албан ааппытын;
Аахайыа дуо хааннаах дьайыытын,
Туохха барбытын илиитэ!..
Дьэ бу, сиэбиттэр – иинин булбут
Били, бэйэтэ дьиктитик хоһуйбут,
Бүтэй өһүөн толуга буолбут,
Биллибэт эрээри, кэрэтик туойбут
Ырыаһытын курдук ыар илии охторбут.
Тоҕо иллээх олохтон, көнө доҕоттортон,
Күнүүһүт, ыар тыыннаах эйгэҕэ тиийдэ ойдон
Көҥүл сүрэхтээх, төлөннүрэр иэйиилээх?
Тоҕо илии биэрдэ холуннарааччыларга,
Тоҕо итэҕэйдэ албын тылга, тапталга
Эдэр сааһыттан дьону билбиттээх?

Урукку веногун устаннар – хатыылааҕы,
Лаврынан симээннэр, кэтэрдэн кээспиттэр:
Ол көстүбэт иннэлэрдээҕэ
Сүүһүн бааһырдар эбиттэр;
Сүһүрдүллүбүттэр бүтэһик түгэннэрэ
Ньүдьү-балай уодаһыннаах сиптэринэн,
Өллө – хааллылар сиппэтэх иэстэрэ,
Туолбатах эрэлин аһыытын бүрүнэн.
Дьиктилээх ырыата ылланна,
Дьиэрэйэр дорҕоон кэҕиннэ:
Нүһэр, кыараҕас уоруктанна,
Төлөннөөх уоһа бүөлэннэ.


Онтон эһиги бэрдимсийбит,
Сидьиҥ быһыынан аатырбыт удьуордаргыт,
Кулут атаххыт тэпсилгэнэ буолар эбит
Соргу көрүгэр тиксибэтэх аймаххыт!
Иҥсэлээх үөр буолан трон аттыгар тураҕыт,
Көҥүл, Гений, Албан аат сиэхситтэрэ!
Сокуон хаххатын анныгар саһаҕыт,
Эһиэхэ суут, кырдьык – суох этэрэ!..
Таҥара дьүүлэ баар содур дьарыктаахтарга!
Тыйыс дьүүл баар, күүтэр
Көстүө суоҕа көмүс харчыга,
Санааҕын, дьыалаҕын эрдэттэн дьэ билэр.
Быыһаммаккыт оччоҕо үөхсэр тылгытынан:
Туһалыа суоҕа букатын,
Бары да сууйбаккыт хараҥа хааҥҥытынан
Поэт буруйа суох хаанын!

М.Ю. Лермонтов, 1836

Санаа

Көрө санаарҕыыбын бэйэм көлүөнэбиттэн!
Кини инникитэ – көстүбэт, хараҥа.
Түмүгэр, билэриттэн, саарыырыттан бэттэн
Хамсаммакка да кини кырдьыаҕа.
Биһикпититтэн тахсаат да, байабыт
Аҕа сыыһатынан, ороһу өйүнэн,
Соруга суох көнө суол олохтон саллабыт,
Атын малааһын көрүттэн.
Үтүө, мөкү – саата баар араарбаппыт,
Суолбут төрдүн тутаат да, кэхтэн барабыт;
Ыксаллаах түгэҥҥэ куттанан кыбыстабыт,
Тойот иннигэр – сэнэнэр кулуттарбыт.
Эрдэлээн буспут дьүдьэх отон оннук,
Амтаны минньиппэт, хараҕы үөрдүбэт,
Сибэкки быыһыгар киирии тулаайах курдук,
Эрдэ тохтор, тэҥҥэ чэчирии чэлгийбэт!

Өй-санаа курааннаабыт үп биэрбэт үөрэхтэн,
Кистиибит көҥөөн чугас дьонтон даҕаны,
Эрэммэккэ, иэйиибит элэккэ барыа диэн,
Үтүө санааны, дьоһун саҥаны.
Дуоһуйуу иһититтэн иһиэхчэ испэппит,
Оннук да ордорбоппут эдэр кыахпытын,
Хайа да үөрүүттэн, туолартан сэрэнэммит,
Сүүрдүбүппүт сүмэтин букатын.

Ырыа-хоһоон ырата, уран айымньылар,
Сөхтөрө манньытаннар өйбүт сайҕаммат,
Иэйиибит тобоҕо түөспүтүгэр тууйуллар –
Кэччэнэн кистэммит туһата суох кылаат.
Ааһан иһэн абааһы көрөбүт, таптыыбыт,
Өһүөҥҥэ, тапталга туохпут да суох биэрэр,
Куппутун дөйө тоҥорор билбэт тымныыбыт,
Хааммыт оргуйар кэмигэр.
Өбүгэ мааны оонньуутуттан чуҥкуйбуппут,
Көнө, оҕолуу содур быһыыларыттан;
Дьоло, албан аата суох күүтэр бүтэр уһукпут
Күлбүттүү кэннин хайыһан.

Нүһэр дьоннор үөрдүһэн, сотору умнуллан
Барыахпыт тыаһа суох, суола суох бу сиртэн,
Үйэлэргэ хаалыа суох санаа да саҕыллан,
Саҕаламматах улуу үлэттэн.
Удьуорбут, уордаах судьуйа, гражданин кэлэн,
Буорбутугар аныа ыыстаабыт ырыатын,
Албыннаппыт оҕо, сытыытык элэктээн,
Баайын бараабыт аҕатын.

М.Ю. Лермонтов, 1836

Суолга соҕотох тахсабын

1
Тахсабын соҕотох мин айанныы;
Тумаҥҥа чокуур суол килбэйэр;
Түүн чуумпу. Куйаар истэр айыыны,
Биир сулус атынныын кэпсэтэр.

2
Халлаан өрөгөйдүүрэ дьиктитин!
Күөх толбоҥҥо нуктуур сир-дойду…
Ыарыы дуу, туох ыара баттыыр миигин?
Тугу кэтэстим, аһыйдым дуу?

3
Тугу күүтүөмүй олохтон аны,
Ааспыты аһыйбат курдукпун;
Көрдүүбүн көҥүлү, уоскулаҥы!
Барытын умнан утуйуохпун!

4
Ииним тымныы уутугар буолбакка…
Букатын маннык утуйдарбын,
Олох күүһэ, бүтүннүү барбакка,
Түөспүнэн аргыыйдык тыыннарбын;

5
Нарын куолас түүннэри, күннэри
Манньытан тапталы ыллаатын,
Үрдүбэр, чэлгийэн, үйэлэри,
Күөх дууп хоҥкуйа суугунаатын.

М.Ю. Лермонтов, 1840

Ытыам суоҕа сайыһа, кэмсинэ

Ытыам суоҕа сайыһа, кэмсинэ,
Мас өҥө буруолуу сүтүөҕэ,
Хагдарыйыы көмүһүн бүрүнэммин,
Мин эдэр буоларым бүтүөҕэ.

Аны туох да тэбиэлии долгуппат
Хаһыҥҥа ылларбыт сүрэхпин,
Күөх сиитэс хатыҥнаах сир угуйбат
Атах сыгынньаҕын сүүрүөхпүн.

Көҥүл санаа! Дэҥ эрэ кэриэтэ
Тыынаҕын төлөннөөх тылынан.
Хаарыанын чэгиэн бэйэм сүппүтэ,
Харах уота, иэйии халаана.

Ыраларым кэччэгэй буолбуттар.
Олоҕум? Барыта түүл этэ?
Аастаҕым дуу, сааскы тыҥ хатыыта,
Кытархай атынан көтүтэ.

Бары, бары кэлбэппит букатын,
Аргыый тохтуо алтан сэбирдэх…
Үйэлэр тухары алгыстаннын
Тыллан баран кэхтэ кэлбиттээх.

С.А. Есенин, 1921

«Мөҕүмэҥ-этимэҥ. Буоллаҕа!»

Мөҕүмэҥ-этимэҥ. Буоллаҕа!
Тылынан байбыт суох этэ.
Хоҥкуҥнуура буолбут дуу, ыараатаҕа,
Төбөкөм көмүстээх бэйэтэ.

Тыа сирэ, куорат да ылбат тапталбын,
Барытын уйуомуй хайдах мин?
Хааллын барыта. Үүннэриэм бытыкпын,
Кэрийэ барыам Нуучча сирин.

Суруллубуту умнан кэбиһиэм,
Хааһахпын санныбар сүгэммин,
Умнаһыттаан, хонууга мин истиэм
Тыал ыллыырын кимтэн элбэҕин.

Редька, луук сытынан тунуйан,
Киэһээҥҥи чуумпуну үргүтүөм,
Барҕырҕаччы илиибэр сыыҥтаан
Акаары көрүн көрүлүөм.

Онтон ордук дьолу күүппэппин,
Өйө суох силлиэни истэргэ,
Бу маннык дьээбэтэ суох ол иһин
Олорбоппун сатаан бу сиргэ.

С.А. Есенин

Хатыҥ

Түннүгүм анныгар
Туус маҕан хатыҥ
Үрүҥ көмүс симэх
Бүрүммүт хаарын.

Хас көп түү лабаата
Хаар кылдьыыламмыт,
Туртайар бытырыыс
Сарбынньахтаммыт.

Оннук турар хатыҥ
Чуумпу уутугар,
Кыырпах хаар умайар
Көмүс уотугар.

Саһарҕа, нэһирэ,
Эргийэ хаамар,
Лабааҕа нэмийэ
Көмүһүн ыһар.

С.А. Есенин, 1913

Сонет

Суһуктуйар саҕахтыын мин ытыы турбутум,
Түүн сииктээх оронун тэлгэнэн барбыта,

Долгун сипсиэриттэн мин арыый уоскуйбутум,
Ханна эрэ ыраах свирель ытаспыта.

Долгун эттэ миэхэ: «Чэ, бүтүөх аймаһыйан», –
Сабыытын хаалларан, кытылга хорҕойдо,

Кубаҕай ый убураан ылбыта, тымныынан,
Хараҕым уутун чөмчүүк гына тоҥордо.

Арылхай харахтааҕым, аҕаллым, ылларгын,
Мунчаарыыттан күндү таас көмүскэм ууларын,

Долгунтан намчы күүгэннирэр сабыытын.
Туймаарыйбыт сүрэҕиҥ үөрбэт мин талталбар

Уураа миигин биирдэ, ый сыллыырын оннугар,
Мин сэмэй бэлэхпин сирдэргин барытын.

С.А. Есенин, 1915

Саһарҕа өрүнэн күөл үрдүн сырдатар

Саһарҕа өрүнэн күөл үрдүн кытардар,
Чагдаҕа чугдаара ытыыллар улардар.
Көҥдөй маска саһан айманар татыйык,
Арай мин ытыам суох – санаабар дьэ сырдык.

Билэбин, эн тахсыаҥ киэһэ суол иитигэр
Олорсуоҥ бугулга кэбиһии кэннигэр.
Итирдэ уурааммын, имитиэм симэххин,
Үөрүүттэн чэпчээммин, саатары билбэппин.

Тапталтан ууллаҥҥын, солкоҕун устуоҕуҥ,
Туймааран, талахха миигинниин хонуоҕуҥ.
Ытаатыннар, баҕар, чугдаара улардар,
Көрүлүү мунчаарда саһарҕа кытарар.

С.А. Есенин, 1910

«Бэйэбин албыннанан уурайдым»

Бэйэбин албыннанан уурайдым,
Санаа сөҥнө хараҥа сүрэхпэр.
Тоҕо мин көлдьүн киһи аатырдым?
Тоҕо миигин айдааннаах диэтилэр?

Тыаҕа халыыр дьиккэр буолбатахпын,
Хаайыыларга сордоохтору ыллатаҕым.
Сыччах уулусса хаамаайытабын,
Көрсүбүт киһибэр ымайыаҕым.

Мин Москва көрүн-нарын батыстым.
Ханна да тиий, Тверской түөлбэтигэр,
Кыбычаан сиргэ хас үрэр ытым,
Көтө-дайа хаамарбын билэллэр.

Хас ырыган да сылгы, көрсүһээт,
Төбөтүнэн миэхэ кэҕиҥниэҕэ.
Кыылларга ааттаах атаспын эбээт,
Хас хоһоонум кыыл кутун эмтиэҕэ.

Дьахталларга цилиндр кэппэпин –
Сыппах иэйииттэн сүрэх сылайан, –
Санаа көнньүөрдэн, биэҕэ сиэтэбин,
Эбиэс көмүһүн бу манна кутан.

Доҕор диэн суох дьон аймах быыһыгар,
Атын саарыстыбаҕа бэринним,
Манна баар хас биирдии ыт моонньугар
Харыстыыр да хаалтыспын биэриэҕим.

Дьэ аны ыарыыбын аһарынным.
Дьэҥкэрдэ хараҥарбыт сүрэҕим.
Ол иһин көлдьүн киһи аатырдым,
Ол иһин мин айдааннаах дэттэрдим.

С.А. Есенин, 1922

Сэргэх Сэмэй тылбаастара

Чолбон. – 2011. – № 1

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар