Туруулаһыы

(Кэпсээн)

Сылгыһыт уол

Уол түүн тыал тыаһыттан уһуктан кэллэ, кукуулуттан быган тас суорҕана түспүтүн көн­нөрөн биэрдэ, ону-маны иһиллии, сарсын тугу гыныахтааҕын былаанныы сытта. Остуол анныгар кутуйах тугу эрэ хачыгыратар, таһырдьа силлиэ улуйар. Аҕата барбыта нэдиэлэттэн ор­то, бөһүөлэккэ өйүө-тайаа ылыам диэбитэ да, ыалдьарын кистии­рэ, куһаҕаннык сөтөллөр, күрдьүгүнээн тыынар буолбута ыраатта. Кэн­ники олох уһугулаан, түүнүн сүгүн утуйбакка сө­төллөн-бопторон уһуктара. Биир күн табалары аҕалан оту-маһы, мууһу тиэйбиттэрэ. Аҕата хараҕа биилэнэн, бэйэтэ харааран хаалбыт этэ. «Тоойуом, сарсыарда табаларгын эрдэ аҕа­лаар, мин уһаатахпына нэдиэлэ буолуом», – диэн кыы­кыныырын быыһыгар эппитэ. Кута-сүрэ тос­тубута, ыалдьыбыта өтө көстөрө, «Мин барсан түр­гэнник төнүннэхпинэ хайдаҕый?» – диэн көрбүтүн төрүт ылымматаҕа, оҕолорбут хайдах көрүүтэ суох хаа­лыахтарай диэбитэ. Оҕолорбут диэн иитиэхтээн турар убаһаларын этэрэ. Бу күһүн икки учаастактан холбоон 100-чэкэ убаһаны арааран иитэн туруо­раллар. Урут өссө үргүлдьү түүлээххэ былаан ылан төрүөттүүр этилэр. Килиэбэ бухааҥка аҥара хаалла, маны харыстаан үс-түөрт хонукка тиэрдэрэ буоллар. Хабдьытын туһахтарын кэрийэн мэлийбитэ, көтөр-сүүрэр барыта тымныыттан, күн кылгаабытыттан, силлиэ түспүтүттэн ханна эрэ күрэммит курдук этэ. Уол санаатыгар, барыта хайдах эрэ кыһайбыт курдук табыллыбат өттө буолан иһэрэ.

Күүлэҕэ тыал тыаһыттан туох эрэ охсуллан лүҥсүргүүр. Дьиҥинэн, оскуоланы саҥа бүтэрбит оҕоҕо эргэ өтөхтөрдөөх былыргы дьиэҕэ соҕотох олороро да кутталлаах курдук буолуо эбит. Кыра сылдьан доҕотторунуун иччи-абааһы туһунан кэп­сэтэр ахан буолаллара, оттон бу манна кини хайдах эрэ кыһаммат, куттаммат, күннээҕи тү­бүгүттэн дэлби сылайан-элэйэн, киэһэ кэлэн кы­таанахтык утуйан хаалар. Чүмэчитэ да ахсааннаах хаалла. Сарсыарда туран ыттарын батыһыннаран, үрэҕин ойбонугар киирэн сэлэтин көрүө, биир эмэ сыалыһар туппут буоллаҕына, онтун таһааран астыаҕа, төбөтүн-кутуругун ыттарга буһаран сиэ­тиэҕэ. Сыалыһары арыыга соркуойдаан сиир, онон иһэ тотор, сөп буолар, баччааҥҥа диэри ол эрэ абыраан кэллэ. Кини соҕотох да буоллар чуҥкуйбат, куруук ыттарын, убаһаларын кытта кэпсэтэн тахсар. Киэһэ кинигэ ааҕа сытан утуйар. Дьиэтин хаһан да сойуппакка оһоҕор мас быраҕан биэрэ сылдьар, сылгыларыгар бардаҕына, инчэҕэй чууркалары уган барар буолан, киэһэ кэлэригэр дьиэтэ сылаас көрсөр. Кэлэн иһэн суол кытыытыттан мас мастаан тиэнэр, кэлээт ойбонугар киирэн кэҥэтэн, көйөн, аттарын уулатар, үргүлдьү сыалыһарга сэлэтин мэҥиэлиир, ойбонун тириинэн сабар. Аттарыгар от, кыра эбиэс биэрэн аһатар. Хараҥардар да маһын мастыыр, сүгэтин уга хайдыбытын, хата, хара изолента булан дэлби эрийбитэ. Инньэ гынан күнү быһа соло булбакка хачыгыраан, күн бүппүтүн билбэк­кэ да хаалар. Убаһаларын аһатар сирэ үс-түөрт биэрэстэлээх Ынах Алыыта диэн, сайынын күөл сиэҥин батыһа оттообут сирдэрэ. Күн муҥутаан кылгаан турар кэмэ буолан, начаас хараҥарар, ол иһин уол сырдыгы баттаһаары тиэтэйэр.

Бүгүн эмиэ сарсыарда аҕыс ааһыыта туран оһо­ҕун отунна, чаанньыгын сылыта уураат, та­һырдьа таҕыста. Өссө даҕаны хараҥа бүрүүкээн турар, тыала эбии күүһүрбүт. Бүгүн убаһаларын аһаҕас сиртэн иһирдьэ хорҕоҕо үүрэн илдьэн, саҥа оту хаардаан аһатыыһы. Инчэҕэй чууркатыттан үргүлдьү көтөҕөн киллэрдэ. Суунан-тараанан, сылаас чэйи кытта балыгын тобоҕунан үссэнэ түһэн баран, үрүксээгин сүгэн, аттарын сиэтэн үрэҕэр киирдэ. Сатыы сылдьар ыллыгын тибии тибэн кэбиспит, хаары оймоон тиийэн ойбонун алларан аттарын уулатта, кытыыга тахсан талахха баайан баран, аны сэлэлээх ойбонун көйдө. Балыктааһын кини саамай сөбүлүүр дьарыга – аҕата оҕонньор хайдах баайарга, мэҥиэлииргэ үчүгэйдик такайан  биэрбитэ. Мэҥиэҕэ кыра дьарҕаа балык ордук. Сыалыһар сут, аас-туор кэмнэргэ, халыҥ хаардаах, буурҕалаах, тибиилээх кыһыннарга өбүгэлэрби­­тин элбэхтэ аччыктааһынтан быыһаабыт, ытыктанар ба­лык буолар. Үрэх сүнньүнэн олорор дьон наар ойбоннорун оймоон, онтон аһаан кыстыыллар.

Уол ойбоно хаар тибэн, хата, наһаа күүскэ тоҥ­мотох. Анньыынан күрдүргэччи анньан кэҥэтэн биэр­дэ, сүүрүнэн мууһун ыксаабакка ыраастаан, сэлэ маһа кумахха батары анньыллыбытын хоҥ­норон, оргууй өрө тардан хостоон таһааран ис­тэ. Балык туппута биллэн, ыарахан баҕайытык тах­сар, ол быыһыгар эрчимнээхтик мөхсөн тардыалыыр. Уол үөрүүтүттэн сүрэҕэ өрө мөхсө түс­тэ. Маһын ойбонун үрдүгэр таһааран туора сиргэ уурда уон­на аҕата үөрэппитин курдук ыксаабакка быатыт­тан сыыйа тардан чугаһатан истэ, улахан балык иһэрэ биллэр, быата илиитигэр быһа киирдэ, күүскэ баҕайы өлөрүнэн мөхсөр. «Оо… дьэ эбээт!.. Тыҥыччым сыылката эрэ быстыбатар» дии саныыр. Чугаһатан истэ, бастакы тыҥыччытыгар орто соҕус сыалыһар тутан мөхсүбэккэ ньолбойон кэллэ, эр­дэ тутан күүһэ эстибит быһыылаах. Улахан балы­га ортотугар сылдьара билиннэ, ойбон анныкы аалыгар тахсымаары, туора хадьырыйан, күүскэ да күүскэ мөхсөн ылла. Уол быатын туппутун ыыппакка умса бара сыста, илиитин ууга уган ылла, ол да буоллар ыыппата, мөҕүһүннэрбитинэн чугаһатан истэ, онтон бу айаҕын анныттан сыҥааҕын анныгар баар бытыга кытта көстөн ылла. Кини маннык ула­хан аарыма сыалыһары өссө көрө илик. Арааһа, бэ­йэтинээҕэр улахан, соҕуруу сом диэн ааттыыр балыктарыгар маарынныыр. Уол долгуйан, күүрэн мэктиэтигэр тириттэ, хайыытыттан тутуох буолан эрдэ­ҕинэ, күүскэ баҕайы илгистибитигэр айаҕыттан кө­төн тахсыбыт тыҥыччыта төлө баран, уол ойбон хайыҥар олоро түстэ. Туох эрэ диэн хоһооно суо­ҕу­нан ыҥыранан ылла. Улахан сыалыһар ньолбо­йон ойбоҥҥо төттөрү түспүтүгэр, ойбон уута төттөрү өрө түллэн таҕыста. Уол кураанах быатын туппуту­нан туран кэлэн хомойон ытыы сыста, ойбонун өҥөйөн балай да умса түһэн олордо, быатын субу­йан көрдө, кэнники үһүс тыҥыччатыгар эмиэ туох эрэ түбэһэ сылдьыбыт, дьарҕаанан мэҥиэлээбитэ илдьи ыстанан хаалбыт. Уол хайаахтыай, аҕата оҕонньор булду сыыһа ыттаххына, кииһи, мас көтөрүн төрүөттэн куоттардаххына наһаа ай­маммат буол, ытыыр-соҥуур, абаланар сатам­мат, кыыһырбат, улаханнык саҥа таһааран үөхсүбэт буол диирэ. Байанайы хаҥыннарыаҥ, Күөх Боллоҕу өһүргэтиэҥ диэн үөрэтэрэ-такайара. Хата, бу сыалыһарын тиийэн астаан-бэлэмнээн кэбиһиэ. Билигин ый быыһа буолан бачча туппутугар баһыыба. Оҕонньор сыалыһар ый туолуутугар хаа­мар, сэлэҕэ тутар, былыргылар онно хас да ой­бону алларан туттумахтаан хаа­лаллара диирэ. Биир атын күрүөҕэ хаалларан от биэрэн аһатта, биирин сиэтэн илдьэн кырыа­лаан ыҥыырдаата, аһаабыта буолан, балыгын астаан соркуойдуурга бэлэмнээн, бысталаан баран, уба­һаларын аһата барда. Кини онно күнү быһа сылдьыахтаах, киэһэ хойут хараҥа­ҕа биирдэ төннүө, тоҥоро уур­бут сыалыһарын быа­рын санаабытынан кэлиэ­ҕэ. Суолун буурҕа типпит буолан, хойутаан соҕус тиийдэ.

Убаһалара хаһан аһыыр сирдэриттэн субуһан, отторун аттыгар мустан эрэллэр, сорохтор эрдэ кэлэн от хорҕотугар тыалтан саһан сиэллэрэ-кутуруктара тэлээрэ тураахтыыллар. Бу манна аһаҕас алыы буолан тыал хаары ытыйан олорор. Сыарҕатын от аттыгар тохтотон, сыарҕа аҥаара оту тиэйэн, атырдьаҕын, күрдьэҕин баайан баран, күүскэ: «Кээ-ээ-элиэҥ, кээ-ээ-лиэҥ», – диэн ха­һыытаата. Бараары атын муоһатын ылан баран өссө хаһыытаата. Арай көрдөҕүнэ, кэнники иһэр убаһалара кэннилэрин хайыһан, тугу эрэ одуулуу-одуулуу, сороҕор сырсан ылаллар. Будулҕан быы­һынан көрдөҕүнэ, икки бөрө убаһалары батыһан батыччахтаһаллар, эмиэ да чугуруҥнаһаллар, кини хаһыытын иһиттилэр быһыылаах. Ыттара ол диэки көрөн, хороһон олороллор, биир уостаах саатын куруук сүгэ сылдьар буолан, ботуруонун ииттэн, бөрөлөр диэки туһаайан тыас таһааран ытта. Булчут ыттар саа тыаһаабытыгар эрдийбит курдук ыстанан кэбистилэр. Уол ыттарын тохтото сатаан ыҥыран, хаһыытаан көрдө да, истибэккэ сырса турдулар. Бөрөлөр үрдүк дулҕалаах сиэҥ диэки киирэн эрэллэрэ да, сүтэн хааллылар. Улахаттара сүрдээх, убаһалартан итэҕэһэ суохтар. Ордук биир бөрө улахана уолу сөхтөрдө, кини киинэҕэ көрөр бөрөлөрө ыт саҕа, ыттааҕар эрэ арыыйда улахан буолаллара. Уол убаһаларын үрдүнэн-аннынан ахсааннарын аахта, бэлиэ уба­һалары көрөттөөтө, бары баар курдуктар, арай биир наар былтарыйан туспа бара сатыыр, элэмэс, кыра буолан Бээгэй диэн ааттаабыт убаһата суох. Кини куруук аһатар буолан, ханнык убаһа ханнык убаһаны кытта доҕордоһон, тапсан сылдьалларын билэр. Оннооҕор хайа убаһалар урут-хойут ок­ко аһыы кэлэллэрин кытта эндэппэт. Ити кутуруктаах­тар аанньанан арахсыбаттарын, муҥнаабыттара ырааппытын билэн, убаһаларын дьиэтигэр илдьэн улахан далга хаайан аһатарга былааннанна. Эмискэ сиэҥ диэки ар-бур бөҕөтө буола түстэ. Ыттарбын сиэтилэр, тутан баайталаабакка дии санаан кэмсиннэ. Оҕонньор төһө эрэ хомойор диэт, саатын эмиэ ииттэн ытта. Убаһалар бары от аттыгар дьиксиммиттии бөлүөхсэн титирэһэ тураллар, киһийдээн да бөҕөҕүн, биһигини барыбытын ардай аһыылаахтарга туттаран сиэтээри гынныҥ буолбат дуо диэбит курдук көрөллөр. Уол бу тү­гэҥҥэ ыгылыйда, аҕата ыттарын наһаа сөбүлүүр, үлбүрүйэр этэ, буолумуна элбэхтэ аһаппыт-сиэппит эрэллээх доҕотторо буоллаҕа.

Тыал, силлиэ өссө күүһүрдэ. Уол этэрбэһин мутукка хайа үктээбитинэн хаар киирэн атаҕа тоҥ­но, сирэйин, хоонньун, саал былаата аһаҕас сиринэн түөһүн, бэгэччэгин тымныы тыал хаа­рыйар. Былыттар олох аллараа сиргэ сыстан бу­дулҕан ытыллан олорор. Айылҕа эмиэ кинини утары турбут курдук, аан дойдуга соҕотоҕун эрэ хаалбыт тэҥэ  сананна, ыттарыттан матта быһыылаах, аны биир убаһата суох. Ити кутуруктаахтар өссө хас убаһаны тардаллара биллибэт. Сыарҕаҕа от ууран аһаттахха батыһар буолаллара, онон оргууй батыһынна­ран дьиэм диэки илдьибит киһи дии санаата. Он­но аҕатынаан аттарыгар уонна биир эмэ убаһа мөлтөөтөҕүнэ арааран аһатарга диэн тиэйбит кыра оттоохтор, бүгүн-сарсын тиийиэҕэ уонна өссө эбии бу сыарҕатыгар тиэниэҕэ. Убаһалара хаһан отун ыһан аһатар диэбит кур­дук кини диэки көрдөспүт курдук көрөөхтүүллэр. Сөп буола-буола тыал эмискэ күүһүрэр, хаар өрө ытыллан олорор. Үөрэнэ сылдьан санаатыгар тыаҕа сылдьар романтика, барыта судургу курдук көстөрө, дуоһуйа бултуон-алтыан, күн аайы оскуолаҕа эрдэ туран барбакка, ким эрэ этэринэн сылдьыбакка, бэйэм бэйэбэр хайдах саныырбы­нан туруом-олоруом дии са­ныыра. Манна кэлэн тоҥмот, аччыктаабат туһугар түбүгүрүөххэ, мөх­сүөххэ, үлэлиэххэ наа­датын бил­бэт этэ. Билигин дэриэбинэҕэ дьон Са­ҥа дьыл бы­рааһынньыгар бэлэмнэнэн үөрэ-кө­тө түбүгүрэ сырыттахтара. Кини хаһан эрэ киһи олоҕо үрүҥ-хара кэрдиистэргэ арахсарын истибитэ, онон буол­лаҕына киниэхэ бу хара кэрдииһэ дьэ кэллэ быһыылаах.

«Тулуйан, бу хара кэрдииһи аһарарым буоллар» дии саныы-саныы сыарҕатыгар кэтит гына от ууруна сырытта, убаһаларыгар мэһэйдэспэтиннэр диэн туспа кыра соҕус оту ыһан биэрдэ. Ата төбөтүн хоротон, ыттар уонна бөрөлөр барбыт сирдэрин диэки тугу эрэ көрөр. Арай, кырдьык, хаар бу­дулуйарын быыһынан туох эрэ сиэҥ диэкиттэн үнүөхтээн иһэр. Уол, атырдьаҕын ууран, күрүөҕэ ыйаабыт саатыгар хаамта. Убаһалара, ата, кини бэ­йэтэ да чочумча ол үнүөхтүүрү тонолуппакка кө­рөн турдулар, онтон эмискэ ата күүскэ баҕайы иҥэр­сийдэ, онно хардаран анарааҥҥыта эмиэ иҥэр­сийдэ. Убаһалар истэригэр сэргэхсийии буолла. «Ээ… Эн эбиккин дуу?» диэбит курдук сорохторо иҥэрсийдилэр, отторун хабыалаабытынан барды­лар. Уол хараҕа сырдыы түстэ, били итэҕэс, Бээгэй диэн ааттаабыт убаһата халыҥ хомураҕы, хаары кэһэн, үнүөхтээн иһэр эбит. Арай кэннигэр туохтар эрэ субуруһаллар, өссө кутуруктара эйэҥэлиир, хата ыттара бу батыһан иһэллэр. Уол үөрүүтүттэн ыттарын ыҥыран хаһыытаан бытарытта. Ыттара истэн, кутуруктара эйэҥэлии түстэ. Бээгэй сылгы тэпсибит чигдитигэр киирэн «һуу!» диэбит курдук турунан кэбистэ, илгистэн ылла. Тириппит, өлөрүнэн мөхсө сылдьыбыта биллэр, хайдах эрэ биэтэҥэ­лээн ылар курдук. Уол убаһатыгар сүүрэн тиийдэ, Бээгэйэ нэһиилэ турар, сылайбыт быһыылаах. Тиийэн эргитэ сылдьан көрбүтэ, кутуругун төрдө уонна буутун этэ тоҕо тардыллыбыт, хаана тахсан тоҥмута кытара сылдьар. Ыттарын түүтэ эмиэ арҕастарын диэкинэн логлу убахтаммыттарыгар сыраан сыстан хаалбыт. Ол да буоллар, хата, наһаа улаханнык эмсэҕэлээбэтэхтэр, илгистэн ыллылар. Саанан тыас таһаарбатаҕа буоллар, туох буолбута биллибэт буолуох бадахтаах. Кырдьаҕас ытын Холоругу тобуктаан туран кууһан имэрийдэ. Ыта ыйылаан ылла, сылайбыт, ыарытыйбыт көрүҥ­нээх. Саба сүүрэн тиийэн убаһаларын быыһаан аҕалбыттарыттан уол түөрт атахтаах доҕотторугар улаханнык махтанна. Бэйэтэ эгди буола түстэ, туттара-хаптара эрчимирдэ, саатын ылан үөһэ өссө ытта. Биир да убаһаны эһиэхэ, ардай аһыылаахтарга, туран биэриэхпит суоҕа диэн кыланан бытарытта. Тохтуу түһэн баран, «абаккабын даа-аа-аа, үчүгэй да аһы мүччү туттахпыан» диэбит курдук сүрдээх куһаҕаннык улуйар энэлгэн иһилиннэ. Бу энэлгэҥҥэ эн биһикки туруулаһыыбыт манан эрэ бүппэт диэн суоһурҕаныы, сааныы баар курдуга. Уол этэ ис-иһиттэн тымныйан ылла.

Уол кэбиһиилээх оттон саас-сааһынан күрүө нөҥүө сыарҕатыгар томточчу тиэннэ, сыарҕатын иннигэр баайыллыбыт быаҕа балтарыгын уган кэнниттэн ыга тардан, баттаан баайда. Бо­дьуустаһан, түбүгүрэн син ирбит курдук буолла, сыарҕатын кэтирэтэ уурбут маһа маска, төҥүргэскэ эрэ саайыллыбатар, ата барахсан бу икки ардыгар тиэрдэр ини. Дьиэтигэр, доҕоругар барарыгар түр­гэтиир, уоҕургуур буолара.

Ыттара Холоруктаах, Ытылҕан урут соҕус сүүр­дүлэр, кинилэр баал­ларыттан уол үөрдэ, кини Хо­лоругу хайдах эрэ эрэнэр, аҕата да ытыктыыр, үлбүрүйэр, элбэхтэ бииргэ бултаан-алтаан үөрэ­нэн хаалбыт доҕоро. Холорук охсуһан дэриэбинэҕэ ыттарга олох хоруол этэ. Уол биир түгэни өйдүү түстэ, үөрэнэ сылдьан биирдэ үөһээ бөһүөлэккэ туохха эрэ бара сырыттаҕына, Холорук батыһан барбыта. Арай ыт бөҕөтө, үрэн моргуйа-моргуйа, Холоругу атыҥыраан, сүүрэн аҕай кэлбиттэрэ. Хо­лорук ол аайы ымыттан да көрбөтөҕө, кини тииһин килэтэн, сиһин бөгдьөтөн, хараҕа уоттанан, дьу­лаан дьүһүннэнэн, кыратык ырдьыгынаан эрэ ыл­быта, ол аайы ыттар олох уйулҕалара көтөн, кутталларыттан ыйылаһан ылбыттара, куотар аакка түспүттэрэ. Олох өлөрдүү куттанан, кутуруктарын кумутан, кулгаахтарын ньылатан, харахтара кыт­та сүүрэлэс буолбуттарын уол соһуйан, өр кө­рөн турбута. Онтон ыла Холоругу атын хараҕынан көрөр буолбута. Бу ыт суоһа-суодала, адьырҕа­та киирдэҕинэ, туохтан да толлубатын билбитэ, бэйэтигэр бүк эрэллээҕэ, ханнык да улахан ыттар киниттэн куттанан, сабардатан, салыбыраһан, кумуҥнаан, тиэрэ түһэн, атахтарын өрө көтөҕөн сытынан кэбиһэллэрэ. Тыһы ыты батыһа сылдьар халыҥ үөрдээх ыттарга тиийдэҕинэ, бары тарҕа­һан ыһылла түһэллэрэ. Холорук хаһаайын курдук хаар­дыы хааман кэбиһэрэ, биир да ыт утары ыр­­дьыгыныахтааҕар буолуох утары да көрбөт, кинини оннук билинэллэрэ, куттаналлара, сороҕор ыйылаһа-ыйылаһа тугу да быраҕан туран, куотар аакка түһэллэрэ. Кини оннук көрүҥүнэн дуу, суо­һунан-суодалынан дуу сүрдэрин баттыыр, дьик­синнэрэр этэ.

Бэчэҥэ

Кини эдэригэр, акаарытыгар, дохсунугар икки буру­һуу­налаах улахан хапкааҥҥа киирэн биэр­битэ. Хапкаан уҥа атаҕын үс тарбаҕын быһан хаалларбыта. Онно улаханнык уйулҕата хамсаан, куттанан, эрэй бөҕөнөн, бэрт уһуннук мөхсөн, атаҕа улук буолан, тоҥон иҥиирдэрэ сап курдук хаалыар диэри эрийэн, кэрбээн нэһиилэ төлө көппүтэ. Онтон ыла уһун кутуруктаахтарга, сиэллээхтэргэ дураһыйбат буола сылдьыбыта. Бу иннинэ ки­нилэри, эдэрдэри батыһыннаран, Имнээх (Хай­дыбыт Кулгаах) диэн кырдьаҕас атыыр бөрө иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыта, кини эркин курдук эрэллээх, булар-талар, сирин-уотун билэр, сэрэхтээх, өйдөөх кырдьаҕас бөрө буолан хаһан да аччык сылдьыбат этилэр.

Биирдэ, тумултан үрэх тоҕойугар супту түһэн, сүрдээх эмис убаһаны охторбуттара, онно даҕаны кырдьаҕастара наһаа саба түһэ сатаабатаҕа, хайдах эрэ сэрэммит курдук туттара, ойоҕоһуттан күөйэн эрэ биэрээччи буолбута. Эдэр бөрөлөр табаны такымыттан тута үөрэммит буоланнар хаста да сытыы туйахтар тэбиилэригэр киирэн биэрбиттэ­рэ, бииргэ сылдьар доҕоро, инники тииһин тоҕо тэптэрэн сүрдээҕин эрэйдэммитэ. Кини ийэтэ үөрэппитинэн, бэрт эрэйинэн ха­барҕатыгар ыс­танан, ыыппакка ыйана сылдьыбыта. Имнээх би­һи­рээбитин биллэрэн аттыгар кэлэн, онтон-мантан убахтаабыта буолбута. Убаһа инники атах­тарынан табыйта­лаабыта да чугаһа бэрт буолан, хата, улаханнык хотуппатаҕа. Хаана баран сыыйа мөлтөөн барбыта, түөрт атаҕын ахчаччы быраҕан, баҕаналыы тэбинэн турбахтыы түһэн баран, тиһэх күүһүнэн чэҥ­кээйи курдук ыйана сылдьар ардай аһыылааҕы төлө илгистэ, табыйа сатаабыта, ол эрээри уһаабатаҕа хорук тымырыттан хаана күүс­кэ сүүрэн, биэтэҥэлээн, сыыйа мөлтөөн, туй­маа­ран охтон түспүтэ. Бэчэҥэ тыын сириттэн ылан ыыппакка, хараҕын симэн ыла-ыла, айаҕар, аһыы­тыгар халыйан түһэр хааны сотору-сотору “кылк” гына ыйыстан иһэрэ. Онтон ыла бу тутарга уустук уонна сэрэхтээх да буоллар, минньигэс эттээх сылгыны тардарга үөрэммитэ. Охтубутун кэннэ онтун-мантын хайа тардан, иһин хостоон үссэнэ түспүттэрэ. Сылгы этэ, таба (ыыраах­таах) этинээҕэр элбэҕэ, сыата-сымата, эмиһэ сөхтөрбүтэ. Тотоннор, сыаттан үөһүрэн, бөтөн элбэҕи сиэбэккэ тумулларыгар тахсан аа-дьуо таба ыстаадатын диэки төттөрү түһэ турбуттара.

Баһылыктара Имнээх бу түгэҥҥэ хайдах эрэ наар кэтэнэр, тугу эрэ сыыһа быһыыланным диэбит­тии кэмсинэр-куттанар курдук тутта сылдьыбыта. Кинилэр үксүн хараҥанан сундулуһа сылдьаллара. Ый курдугунан таба ааҕыытын, харааллааһын кэмэ буолан, икки атахтаахтар табаларын харах далыгар тута, күөйэ-көрө сылдьар кэмнэрэ этэ. Истэрэ хапсыйан, аччыктаан, табаҕа табыллыбакка сылгыларыгар эргийэн кэлбиттэрэ. Баһылыктара Имнээх бачча тухары бастаан кэлэн баран, сиэҥ­нэригэр чугаһаан иһэн атаҕын саламмыта буо­лан, туора тахсан сытынан кэбиспитэ. Бэчэҥэ аччыктаабыта бэрдиттэн уонна кини охторбут буолан бэйэтин булдун курдук саныырыттан бас­такы буолбута. Кинилэр кэннилэриттэн сылгылар да, икки атахтаахтар да сылдьыбыт суоллара онон-манан баар курдуга, сиэгэн обургу булбаттаах буолуо дуо, орох тэппитэ ырааппыт этэ. Хайдах эрэ сүрэҕэ тугу эрэ сэрэйбит курдук тохтообута, он­тон ааспыкка ыймахтаабыт утаҕы ханнарар сылаас хааны, сыалаах минньигэс эти саныы түспµтэ. Кэннигэр доҕоро кэлэн тоҕо турабытый диэбит кур­дук ыксары анньан турар. Субуһан кэлбит үнүргү суолларынан чиҥ-чиҥник үктээн, өгдөҥөлөөн, хаа­мыы былаастаан олуктаан сиэлэн барбыта. Эмискэ атаҕын анныгар туох эрэ “чап” гынар тыа­һын кытта уҥа атаҕа уот аһыйа түспµтэ. Ону кини өлүөр диэри умнуо суоҕа, дьиҥинэн үөһэнэн соҕус ылларбыта да, ыстаныытын күүһүгэр төлө көтө сатаан мөхсүүтүгэр хапкаана тириитин саралаан, аллара субуруйан тарбахтарын сүһүөҕэр иҥнибитэ, онно иҥнэн ньиэрбэтин уһуга буолан дуу өссө ыарыылаах этэ. Онтон сиэҥэ көстө сытара, сиэҥ да диэн сиэгэнниин, суордуун быһа көмүллээн туга да ордубатах этэ. Иҥнэригэр халлаан саҥа суһуктуйан эрэр курдуга да, күнэ бүтэ охсон хараҥарбыт, түүн буолбут, эстэн сынньана-сынньана мөхсөн, хараҕа хараҥарталаан ылара…

Ханна эрэ ыраах Имнээх доҕордорун кытта бы­ра­һаайдаһан улуйаллара иһиллибитэ. Ону ис­тэн адьас уһугулаабыта, тугу да гынар кыаҕа суо­ҕуттан, көҥүлгэ көччүйэн бу манан бүттэҕим дуу дии санаан улаханнык уйадыйбыта. Хапкаа­нын чэҥ­кээйи­лиин баҕастыын үрэххэ соһон кил­лэрбитигэр, онто хойуу талахха иҥнэн, дэлби эри­йэн кэбиспитэ. Салана-салана, атаҕын кэрбээн чугаһаппыта, ол эрээри хапкаан тымныы тимирэ быһа киирэн, хаарыйан, атаҕа тоҥон көнтөс кур­дук буолбута, ол үлүйбүтэ сыыйа өрө тахсан иһэр курдуга, бабыгыраан, титирэстээн бүтүн бэйэ­тэ тоҥон барбыта. Үс тарбаҕын тыҥырахтарын хам­­са­тар үрүҥ иҥиирдэрэ эрэ хаалбыттара, бу иҥиир­дэр уунаҥалыы-уунаҥалыы быстан биэр­бэк­кэ сордообуттара. Сатахха уоһун-тииһин тоҥ хап­кааны кытта охсуһарыгар, хадьырыйарыгар улаханнык эмсэҕэлэппитэ. Хапкаана уоһун, мии­лэтин хаана тохтон, кыа-хаан буолбут этэ, онон-манан аһыытынан ытырталаабыта кылба­йан көс­тө­рө. Уоскуйан тохтуу түһэн, тимир хапкааны кыт­та охсуһан туһа тахсыбатын этинэн-хаанынан өйдөөбүтэ. Ол оннугар бары сэниэтин тоҥон хаал­быт атаҕын көмүллүүрүгэр туһаайбыта. Иҥиир­дэрэ бэйэ-бэйэлэригэр эриллэннэр өрүл­лүбүт быа курдук буолбуттара, кыратык да хамсаары гыннаҕына, сүрэҕин тымыра быстан эрэр курдук абытай ыарыы буолара. Дьиҥинэн, аһыытынан быһа ытыран кэбиһиэ эбит да хапкаана уонна бэ­йэтин атаҕа мэһэйдииллэрэ. Күүскэ тартаҕына эрэ көстөн ылаллара. Олох буорайбыта, хараҕын үрү­ҥэ хааннырбыта, ынчыктаан, ыйылаан эрэйдэммитэ аҕай. Онтон, хата, биир түгэҥҥэ төттөрү эриллэн­нэр уһаан, кэм көстөр буолбут иҥиирдэрин мун­нун тымныы хапкааҥҥа хаарыйтара-хаарыйтара, аһыы­тынан быһа хадьырыйан босхоломмута.

Бас­таан утаа, «ама… хапкаан хаалла дуу…» диэн санаан итэҕэйбэтэх курдук буолбута, онтон ньылаччы тут­тан аллара үрэххэ, кэннин хайы­һа-хайыһа со­дьороҥноон түспүтэ. Босхоломмут үөрүү­түгэр уонна ирэ да тү­һээри бырдааттанан иннин хоту түһүнэн сүүр да сүүр буолбута, тоҥон хаал­быт уҥа атаҕа бастаан мэһэйдиир курдуга, атыллан да ылара. Онтон сыы­йа хамсаан, үс атаҕа хам­сыырын үтүктэн уһуктан, кы­ра-кыратык имиллэҥнээн бар­быта, ол эрээри билигин да сатаан дугуммакка өрө көтөҕө сылдьара. Сүүр да сүүр буолбутуттан дьэ этэ-сиинэ аһыллан, ирэн-хорон тумулга тахсан, сытан эрэн атаҕын итии салгынынан ириэрэн-илгийэн уһуннук саламмыта. Хапкааны кытта наһаа да уһуннук бодьуустаспыта, санаатыгар хас да күн сордоммут курдуга.

Аа-дьуо туран, доҕотто­рун суолларынан баты­һан бэчэҥэлээн барбыта. Ол иһэн иһиттэҕинэ, үрэх диэки ыттар үрбүттэрэ. Онтон хатан баҕайы хаһыы иһиллибитэ, икки атахтаах абарбыт саҥата оргуйа түспүтэ, саа эстэн “пас-пас” гыммыта. Арай өссө чаас курдук хойутаабыта, босхоломмото­ҕо ­буоллар, ити салгыҥҥа ытыллы­быт буулдьа­лар киниэхэ ана­ныахтарын сэрэйэн, этэ-хаана тым­ныйталаан ылбыта, дьиксиммитэ, ку­туругун ку­­мутан, кулгааҕын ньылатан туму­лун диэки сун­дулу­йбута. Бэйэтэ да билбэтинэн түргэтээтэр-түр­гэтэтээн испитэ, бастаан өйдөөбөтөҕө, онтон өйө-санаата, уйул±ата сыыспатах этэ, кэннигэр ыттар аҕылаһаллара иһиллибитэ…

Холорук

Үс атахтаах Бэчэҥэни өр гымматахтара, булчут ыттар бу ситэн кэлбиттэрэ. Ыттар уонна ардай аһыылаахтар өбүгэлэрин саҕаттан үйэ-саас тухары хаан өстөөх буо­лаллар. Төһөлөөх элбэхтэ түҥ былыргыттан бу кыыллартан эмсэҕэлээбиттэрэ, бул­тарын-астарын былдьатан ата­ҕастаппыттара, үрүҥ тыыннара быстыбыта буолуой… Ол барыта ыттар тымырдарыгар-хааннарыгар иҥэ-сөҥө сыл­дьара.

Улам-улам чугаһаан оҕонньор улахан ыта Холо­рук Бэчэҥэ кутуругар түһүөхчэ буолан эрдэҕинэ, Бэ­чэҥэ обургу эргиллэ түһэн арҕаһыттан ылан тыры­та тыытардыы ыстаммыта гынан баран, ыт сым­са баҕайытык туора ыстаныытыгар тииһэ кураанах салгыны хап гыммыта. Иккиэн утарыта көрсөн ыр­дьыгынаһа турбуттара, уордара-кылыннара киирэн харахтарыттан уот сырдыргыырга дылыта. Утарыта көрсөн уһуннук турбуттара, хайалара да толлон хараҕын куоттарбатаҕа. Бэчэҥэ төһө да адьырҕа буоллар, бу булчут ыт хараҕыттан хайдах эрэ сүр баттаппыта, бу мээнэ ыт буолбатаҕын билбитэ. Ол гынан баран, аччыктаабыта, иһэ хапсыйбыта таайан, бачча бэйэлэринэн кэлэн биэрбит үтэлэри аһы ас, булду булт курдук тутуохха диэн адьырҕата өтөн, ыалдьар атаҕын да умнан ыкка ыстанан кэбиспитэ. Хаһан да буоларын курдук үнтү хадьырыйан, икки илин атаҕынан кууһан, хабарҕатыгар хатана түһэр баҕалаах этэ да, ыта куттаммакка эмиэ утары ыстаммыта. Улаханынан, ыйааһына ыараханынан адьырҕа баҕайы тутуо эбит да, Холорук да баардаах ыт буолан биэр­битэ. Кинини дэриэбинэҕэ биир да ыт утары көрбөт этэ, хайдах эрэ оннук уйулҕалара көтөн хаалара, куотар аакка түһэллэрэ, охсуһан ханнык да ыкка хотторбото, булчут ыт буолан кэбирэх сирдэригэр түһэн, син-биир үрдүлэригэр ­буолан кыайыылаах тахсара.

Бу кэмҥэ оҕонньор эдэр ыта Ытылҕан баар буола түспүтэ да, тула көтө сылдьан охсуһууга наһаа кыттыспакка үр да үр буолбута. Сороҕор эрэ тоҕоос булан бөрөнү кутуругуттан ытыран ылара. Бэчэҥэ кини диэки эргиллээри гыннаҕына, Холорук өлөрүн да кэрэйбэккэ көмүскэһэн бөрөҕө хатана түһэрэ. Бэчэҥэ икки кэлин атаҕар туран үөһэттэн ыйааһынынан Холоругу хам баттаан хабарҕатыттан ылыах буолбута, ыта ылларбатаҕа. Ол иһин арҕаһыгар түспµтэ, эмис­кэ ыалдьар атаҕыттан ылларан хараҕа хараҥаран ылбыта, тула эргийсэ сылдьан онтон-мантан ытырсан көрбүттэрэ. Сы­лайан эмиэ утарыта көрсөн ырдьыгынаһа, аҕылаһа турбуттара. Бу түгэҥҥэ Бэчэҥэ бу ыты хайдах да иннин ылбатын билбитэ, икки атахтаа±ы саныы биэрбитэ, кини ыт үрэрин истэн чугаһаан эрэр буолуохтаах. Кыра ыт, сатахха, сатарытан тµ´эн үрэрэ өй мэйдээх тулуйбат үлүгэрэ этэ.

Бэчэҥэ эмискэ эргиллэн тумул үрдүн диэки ыстаммыта да, кэннигэр харса суох Холорук са­мыытыгар хатана түспµтэ уонна соһулла сыл­дьыбыта. Холорук оҕонньор атын харса суох кымньыылаан чуга­һаан эрэрин сэрэйэрэ, өссө кыратык Бэчэҥэни тута түһэр санаалааҕа. Бө­рөтө төһө да аарыма буоллар, кэбирэх сирин бил­битэ, сэнээн, ыты ыт курдук тутуом диэбитэ табыллыбатаҕа. Эргиллэн эмиэ ар-бур дэһэн тутуспутунан барбыттара. Холорук Бэчэҥэ ыал­дьар атаҕыттан ытыран баран ыып­пак­ка ха­дьырый да хадьырый буола сылдьыбыта. Бөрө ыт арҕаһыттан ытыран көрөрө да, хапкааҥ­ҥа уоһа-тииһэ бүтэн улаханнык хотуппат этэ, олох уһугулаан барбыта. Холорук ыалдьар атаҕыттан ха­дьырыйдаҕын ахсын хараҕа хараҥарталаан ыла­ра. Ытылҕан үрэрин тохтоппокко, сүүрэ сылдьан убайыгар Холорукка көмөлөһөн Бэчэҥэни онтон-мантан хабыалаан ылара.

Ол булумахтана сыл­дьан Холорук иһиттэҕинэ Ытылҕана ыйылаан ылбыта, бу кини кыра эрдэ­ҕиттэн көрөн-истэн, такайан кэл­бит ыта буолан эргиллэ түспүтэ – Ытылҕаны атын бөрөлөр кэлэннэр тэлэкэччитэн убахтаан эрэллэрэ. Холорук тугу да быраҕан туран, оҕотун курдук саныыр Ытылҕаны көмүскэһэн ыстанан кэбиспитэ. Холорук уҥуоҕунан ыкка улахан ыт этэ да, убаһа саҕа Имнээххэ хо­лоотоххо олох ыт оҕотун курдуга. Ол эрээри кыы­һыран, кырыктыйан, суптурута түһүтэлээн, таба хаптарбакка аһаран биэрэ сыл­дьан, Имнээххэ кы­таанах утарсыыны оҥорбута. Ытылҕан барахсан илин тииһин убаһаҕа тоҕо тэптэрбит бөрөнү кытта тутуһан тула холоруктана сырыттаҕына, оҕонньор карабинын тыаһа өрө хабылла түспүтэ. Бастаан эдэр бөрө таптаран налыс гыммыта.

Имнээх оо, аатырбыт Имнээх… саа тыаһаа­бытыгар соһуйан хаалбыта. Дьиҥинэн, бу ыты тутан сиирэ олох чугаһаабыта, бэйэтэ туос-аччык ­буолан, аһыыр баҕаттан сылайбыт-эстибит ыты бүтэһик тыын сириттэн эрэ харбыыра хаалбы­та, кини ыттары сору­йан батыһыннаран, икки атах­таахтартан тэйитэн баран тутат­тыыра, олор үксүн кыра нэк түүлээх табаһыт ыттар буолаллара. Ийэтэ кинилэри батыһыннаран, үрэх баһыгар баран, наар биир сиргэ, туох эрэ эмэҕирэн хаалбыт мас лаабыс аттыгар тиийэн, төрөппүт ийэтин дуу, аҕа­тын дуу суохтаан энэлийэн ытыыр-улуйар буо­лара, икки атахтаахтар сылдьыбыт сирдэригэр олох сэрэхтээхтик, болҕомтолоохтук сылдьарга үөрэ­тэрэ, такайара.

Кырдьаҕас бөрө, аатырбыт-су­раҕырбыт Имнээх хайдах маннык киирэн биэрдэ. Бэчэҥэни хаалларан, иккиэ хаалан баран, эмиэ табыллыбатахтара, туос аччык сүүрэкэлээн, урукку сиэҥнэрин эҥин сэрэнэн кэрийтэ­лээн, ону-маны үссэммитэ буолбуттара. Доҕордорун ­суохтаабыттара, кини баа­рына булу­гас өйүнэн, эрчиминэн, түргэнинэн иккиэннэрин баһыйарын дьэ кэлэн билбиттэрэ. Ол иһин кини­ни суохтааннар төннөн кэлбиттэрэ,  Имнээх доҕоро хапкааны кууһан олорботун сэрэйэрэ, кини курдук кыах­таах дохсун бөрө төлө көтөн быыһаныахтаа­ҕар саарбахтаабат этэ. Ыт үрэрин, Бэчэҥэ кырык­таах­тык ырдьыгыныырын истэннэр чуо сүүрэн сундулу­һан кэлбиттэрэ. Кини маннык табаны, бүүчээни, та­йах оҕотун туттаҕына ырдьыгыныырын билэллэрэ. Аччыктаабыт санаа­лары­гар Бэчэҥэбит эмиэ тугу эрэ тутан эрэр, биһиги да тииһинэн хаалыахха, бу икки атахтаах ыырдам­мат сирэ, тумул үрдүгэр, болбукта быыһыгар, икки атахтаах кэлиэ дии санаабатахтара.

Саа хантан тыаһаабытын да өйдөөбөккө хаал­быта, онтон тиит кэннигэр саатын сомуогун ха­чыгырата турар, уруккуттан ыраахтан көрөн билэр оҕонньорун көрө түспүтэ. Кэлбит сирин диэки маахтаан ойон эрдэҕинэ, кутуругар абааһы ыта ыйана түспүтэ, ыт эрэ маннык баламат буо­луо дии санаабатаҕа. Оҕонньор билигин даҕаны ытарынан бэргэн этэ, кини сыыспатаҕа, холун ортотугар арыый үөһээ өттүнэн сүрэҕин тэһэ ытан таһаарбыта. Ол бириэмэҕэ Бэчэҥэ ырааппыта, иккис тумулун тү­һэн, тыалаах-мастаах сирдэринэн сөрөнөн, арыый уос­куйан биир тэҥник ойуо­лаан сири хорутан, ырааттар ыраатан, үс да атаҕынан да буоллар сит­тэрбэттии барбыта. Сатана ыта уһугулата сыста, доҕотторо кэлэн саба түһэн аралдьыппатахтара буоллар, олох сиэ эбиттэр. Имнээххэ көмөлөһөн, куолаан Холоругу тутан барыахха баара да, кэм-кэрдии наһаа кычым этэ. Оҕонньор субу ойутан кэлэн эрэрэ, онтон Имнээх обургу ону билбэккэ ­киирэн биэрдэҕэ. Кэннигэр иккитэ саа тыаһаабытын истэн, аны кини быраһаайдаһан улуйан ылбыта…

Холорук Бэчэҥэ мөлтөөбүтүн билбитэ. Иччитэ Бэчэҥэҕэ хараҕа кырыыламмыта ыраатта, бүтэ­һик кырыктаах өстөһүү саҕаланыытынан оҕонньор убаһатын тутан сиэбиттэрэ буолбута. Онтон Холорук оҕонньорго оҕо эрдэҕиттэн бэринии­лээх ыт этэ. Улахан Имнээх уруккуттан сылдьарын оҕонньор эмиэ билэр этэ, онтон суоллара үһүө буолбутун эмиэ өйдөөн көрбүтэ, онно биир уһулуччу улахан суол­лаах баара. Эрчимнээҕэ-кыахтааҕа, харса суоҕа булдугар саба түһэр суо­луттан да биллэрэ. Холорук Бэчэҥэни кытта ту­туһа сатаан сылайбыта, күүһэ-уоҕа эстибитэ. Ол кэмҥэ бу Имнээх, хаһан эрэ тыһы бөрө туһугар туруулаһыыларыгар кулгааҕа хайа тардыллыбыт, мунна эмиэ хас да сиринэн сиирэ тардыллыбыта чэр буолбут аҕа баһылык бөрө саба түспүтэ. Бэчэҥэттэн уратыта анарааҥыттан көмүскэнэргэ эрэ сылдьыбыт буоллаҕына, бу бөрө кинини олох тутар-сиир санаа­лаах этэ. Онон бы´ыы-майгы уларыйбыта. Аны Холорук көмүскэнээччи буол­бута, саамай уустуга хараҕын кырыытынан оҕотун, Ытылҕаны, кэтиирэ-маныыра. Ытылҕана олох ­уу ньулдьаҕай оҕо, охсуһары да сатаабат этэ. Ол да буоллар, туора-маары ойуоккалаан аһаран, сороҕор утары да түһүтэлээн син туруулаһа-ту­луйса сылдьара. Имнээх кини тыын сиригэр, ха­барҕатыгар түһэ сатыыра. Ол эрээри Холорук эмиэ бу бөрө курдук элбэх ыты кытта тутуһан, охсуһан, туруулаһан кэлбит үөрүйэхтээҕэ. Сырата-сылбата олох эстибитэ эрээри, оҕонньор кэлиэр диэри хайдах эрэ тулуйдаҕына эрэ сатанарын өйдүү­рэ, атахтара олох уйбат буолбуттара, быччыҥнара, этэ-сиинэ күүстээх күүрүүттэн титирэһэн, олох сытан-соһуллан хаалыах курдуга. Күүтүүлээх саа тыа­һаатын кытта Имнээх тохтуу түһээт, кэлбит сирин диэки ыстаммыта. “Суох!.. Куотуоҥ суоҕа…” дии санаат, Холорук туох баар күүһүн мунньунан, эк­кирэтэн тиийэн кутуругуттан хабан соһуллубута, оҕонньор иккистээн да ыппытын кэннэ ытырбытын ыһыктыбакка бүтэһиктээх мөхсүүтүн мөхсө сытар бөрөнү көрө-көрө аҕылыы сыппыта.

Ытылҕан сирэйэ-хараҕа турбут а±ай этэ, бэйэтэ охсуһан кыайбыт курдук уутугар-хаарыгар киирэн сүүрэн кэлэн Имнээҕи убахтаабыта, ол быыһы­гар ырдьыгыныыра, адьас кыыла киирэн хаалбыт, сотору-сотору убайын диэки тоҕо сытарый диэ­бит курдук дьиибэргээбиттии көрүтэлиирэ. Кэм­ниэ-кэнэҕэс Холорук арыый сынньанан, тыын ылан көһүйбүт атахтарынан нэһиилэ туран, суо­лу-ииһи, Бэчэҥэ хайа диэки ыстаммытын сы­тыр­ҕалаабыта… Ытылҕан утары ыстанан кэлэн киниэхэ илэмэ-салама түһэн уоһун-тииһин саламмахтыыра. Оҕонньор тап­таан ыҥырбытыгар, кырдьаҕас ыт дуоспуруннаахтык кутуругун эйэҥэлэтэ-эйэҥэлэтэ, иччитигэр барбыта. “Холорук, дьэ, маладьыас! Эн икки улуу ардай аһыылаахтары кытта олбу-солбу ту­туһан, ыттар ааттарын да, бэйэҥ чиэскин да түһэн биэрбэтиҥ”, – дии-дии оҕонньор ытын имэрийэ-то­моруйа олорбута. Дьэ, кырдьык, соҕуруу элбэх киһилээх дойдуга Холорук маннык быһыыта тута иилэ хабыллан, хабаатыннарыллан, киниэхэ, ба­ҕар, пааматынньык да туруоруллуох, көмүс буу­кубанан аата суруллуох эбитэ буолуо. Онтон манна, хоту дойдуга, төһөлөөх саха ыттара киһиэхэ туһалаабыт үтүө дьыалалара, хорсун быһыыла­ра кимиэхэ да биллибэккэ хаалаллара буолуой… Арай иччилэригэр, кинилэр быыһаабыт балыксыт, табаһыт, айанньыт дьоннорун сүрэхтэригэр-быар­дарыгар доҕордуу истиҥ таптал, махтал, ытыкта­был бэлиэтэ буолан, иҥэн-сөҥөн хаалан эрдэхтэрэ.

Ытылҕан күнүүлээбит курдук оҕонньор аттыгар эйэ­ҥэлээбитэ. “Ээ, эн эмиэ убайыҥ Холорук кур­дук улуу дьыаланы оҥордуҥ, убаһаҕа илин тииһин тоҕо тэптэрбит эдэр бөрөлүүн тэҥҥэ тутустуҥ. Олох тутан тырыта-тыытан кэби­һиэх­тээххин, кинини мин эн сытыы тиискиттэн өрү­һүйэн, эрэйдээбэккэ тыынын быстым”, – диэн дьээбэлэнэн, кыра ытын эмиэ эҕэлээхтик таптаан тылынан суустаабыта, имэрийэн ылбыта онуоха иччилэрэ.

Холорук төбөтүн илин атахтарыгар ууран оҕо­тун курдук саныыр Ытылҕанын, кини эйэҥэлээ да эйэҥэлээ буоларын таптаабыт сымнаҕас ха­рах­тарынан көрө сыппыта. Ыттарын, атын сын­ньа­на түс­түннэр диэн оҕонньор сытыы быһаҕын ылан бө­рөлөрүн сүлбүтүнэн, үөрүйэхтик тыыр­бытынан барбыта. Кини сылаастарыгар өр гым­матаҕа, начаас сүлэттээн, тириилэрин куулга уган төргүүтүгэр баам­мыта. Эттэрин, сиэри-туому ту­туһан, болбуктаны хойуутук тэлгээн, айылҕаҕа улааппыт киһи буолан, үүт-үкчү суордуу саҥара-саҥара төбөлөрүн илин, күн тахсар сирин диэки, хайыһыннаран сытыарбыта. ¥рдүлэринэн эмиэ болбуктанан, мутугунан бүрү­йэн кэбиспитэ. Тугу эрэ ботугураан ыла-ыла тонхоҥ­ноон ылбыта, онтон атын мии­нэн, киискэ уурбут хапкааннарын көрө-көрө дьиэтин быспыта.

Далга

Оту сыарҕатыгар кэтит гына толору тиэнэн, убаһаларын ыҥыран хаһыытыы-хаһыытыы, атын сиэтэн кэлбит суолунан аа-дьуо хаамта. Оту ыһан аһатар буолан, убаһалара кэнниттэн бастаан сү­рэҕэлдьээбит курдук, онтон син сэниэлээхтик ба­тыстылар. Уол Бээгэй эрэ хаалбатар дии саныыр, онто син кэннилэриттэн саппай уобуста, уба´алар  алыыны биир гына субурустулар.

Далыгар кэлэн сыарҕатыгар баар отун тула киэҥ сиринэн тэнитэ ыста, өссө эбии от тиэйэн аҕалан тарҕатта. Арай дьиэ таһыгар ­хаалбыт ата ыттары көрө-көрө, тоҕо эрэ таныытын тыаһатан ха­һыҥырыыр. “Тыый, бу ат туох буоллаҕай?” – диэн күрүө нөҥүө ыраас хаарга туох эрэ суола бадьаралаабыта баарын көрбүтэ, бөрөлөрө ки­нит­тэн үргэн аны манна кэлэ сылдьыбыттар. Дьэ буу­лаары гыннылар, оҕо диэн атаҕастаан, сэнээн дьиэм таһыгар кытта кэлэн барбыттар дии санаа­та.

Ол икки ардыгар хараҥаран барда. Ойбонугар киирэн аттарын уулата таарыйа сэлэтин мэҥиэ­тин уларыта сырыттаҕына, ыттара моҥ-моҥ диэн кыратык саҥа таһааран баран, үрэх диэки тугу эрэ одуулаһан хороһон олордулар. Көрбүтэ үрэх ортотугар хаар ытылҕанын быыһынан икки хара көстөллөр, өссө биирэ олох да сытар эбит. «Ити адьырҕалар, аанньанан арахсыа суохтар» дии санаан уол улаханнык толунна. Өй булан далын ортотугар кутаа отторго быһаарынна. Аттарын күрүөҕэ ил­дьэн ыытта, от биэрдэ. Аҕата оҕонньор бөрө сылгыны да, табаны да бэлиэтээбит, хайа тардан суол хаалларбыт буоллаҕына, онтун син-биир хаһан эмэ тутан сиир диэбитин өйдөөн Бээгэйи эмиэ туспа, аттары кытта киллэрдэ. Мас мастыырыттан санныгар сүгэн далыгар дүлүҥнэри таста. Биир маһы туора быраҕан, онно эндирдээн хойукка диэри мас мастаан букунайда, кутаатын отунна. Дал таһыттан сылбаҕы, төҥүргэһи таһан түбүгүрдэ.

Эмискэ тыаллаах ыыс-бүдүк хараҥаҕа бөрөлөр чугас соҕус улуйар энэлгэннэрэ иһилиннэ, убаһа­лара хоочугураһан биир сиргэ бөлүөхсэ түстүлэр. Аттар таныыларын тардыр±аттылар. Үрэх ортотугар маарыын олорбут сирдэриттэн улуйаллар бы­һыы­лаах, уол төрүт куттамматтарыттан кыһыйа са­наа­та, этэ тымныы уунан саба ыстарбыт курдук буол­ла. Улуйаллара эчи дьулаанын! Доруобун ылан эмиэ тыас таһааран ытта, тох­тообута буоллулар да, наһаа ырааппакка аны алыы диэкиттэн улуйдулар. Кутаатын күөдьүтэн биэрэн баран, атаҕа тоҥон дьиэтигэр киирдэ. Оһоҕун эбэн биэрэн чаанньыгын сылытта, балыгын тобоҕун хабыалаата.

Аҕатын үрүксээгин хасыһан ботуруон көрдөө­тө, биэс-алта дьэбин буолбут эргэ ботуруону булла. Эмискэ ыттар үрэ-үрэ дал диэки сүүрдүлэр. Уол бэрт тиэтэлинэн алта ботуруоннаах батарантаа­һын сонун таһынан бобо курданан кэбистэ, икки батареялаах банаарын харбаан ылла, чүмэчитин саба үрээт далыгар ыстанна. Холорук өлөр өс­төөҕүн көрбүт курдук абаран-сатаран үрэр. Үрэрэ дал саҕатыттан улам-улам ыраатан барда. Умса баран түһэ сыһа-сыһа далыгар сүүрэн тиийбитэ, убаһалара олох бэтэрээ муннукка аттар турар күрүөлэрин диэки симиллибиттэр. Кутаа да уотут­тан толлубат туох буол­бут бөрөлөрүй дии-дии уол саатын барбыт сирдэрин диэки туһаайан ытта. Ыттара өтөр буолбатылар, сүүрэн кэлэн уол атты­гар оҥостон сыттылар. Кутаатын аттыгар сирэй-харах буолан кэтэһэн олордо, убаһалара сыыйа уоскуйан ыһыллыбыт отторун сиэн, тарҕаһан бардылар. Бөрөлөр эмиэ киһи куйахата күүрүөх улуйан энэлиттилэр, уол биир уос­таах уон алталаах, тайах тириитэ быалаах эргэ саатын ыга кууһан олордо. Суоһурҕаммыт курдук, сотору-сотору батареята бүтэн эрэр банаарынан бөрөлөр барбыт сирдэрин диэки тыктарар. Тымныы, хаҕыс тыал курдаттыы үрэн, тоҥон дьагдьайан барда. Кутаатын тула эккирээн, сүүрэн ирэ сатыыр.

Эмиэ убаһалар сырсан үрэл гыннылар, мун­нук­тарын диэ­ки симилиннилэр, ыттара куруук сы­тар хорҕо сирдэриттэн үрэ-үрэ сүүрэн маҕыйан кэл­лилэр. Уол иитиилээх саатын туппутунан ыас-ха­ра­ҥаҕа көрө сатыыр да, туох да көстүбэт. Эмиэ биирдэ ытта, ботуруона олох кэмчи, кутаатын күөдьүтэн биэрдэ. Ыттара дал анараа уһугуттан төнүннүлэр, уол аттыгар кэлэн хороһон олорон тугу эрэ иһиллииллэр. Кы­ра ыт Ытылҕан тэһийбэ­тэх курдук ыйылаан ылан эргичиҥнээн-эргичиҥ­нээн баран сытта. Холорук хараҕын симэ-симэ утуктаан хоройон олорор. Кэм доҕоттордоох-доҕоттордоох курдук уол эрдийэ быһыытыйда. Ыраах ыспыт отун хомуйан бобо кууһан аҕала-аҕала убаһала­ра мустан турар сирдэригэр ыһар. Син хамсаан-имсээн ирбит курдук буолла. Онтон биирдэ тугу эрэ гынаары хааман иһэн туох эрэ уоттарын көрөн аһарда, тохтоон болҕойон көрдө уонна оргууй сүгэ сылдьар саатын түһэрэн туһаайда. Бөрөлөр уоттаах харахтара сүтэ-сүтэ көстөн ааһар, кутаа уота ыраах да буоллар сырдатар эбит. Тэйиччи да буоллар харахтар диэки туһаайан ытта, саата чап гынан хаалла. Хас сыллааҕы эбитэ буолла, түүнүк буолбут ботуруон эстибэккэ эпчиэстээтэ. Курун көннөрөн батарантааһыттан арыый саҥатык соҕус ботуруону хостоон таһаарыар диэри бөрөлөрө мэлис гыннылар.

Кутаатын аттыгар тиийэн олорон сылайан утук­таан барда, хараҕа олох симиллэ турар. Ыттар сүүрэкэлэһэ, ону-маны сытырҕалаабыта буола тү­һэн баран хорҕолоругар барбыттара. Утуйан ум­са түһэн эрдэҕинэ, убаһалар эмиэ хамсаан, ыс­таҥалаһан уһугуннардылар. Көрбүтэ олох бу дал иһигэр уоттаах харахтар киирэн ту­раллар. Өйөнөн олорор саатын туһаайа тутта да тар­дан кэбистэ, бэрт куһаҕан саҥа иһилиннэ. Эһэтин саата ыраахха дылы чөмөхтүү түһэрэринэн аныгы автомат саалардааҕар да ордук этэ. Дьиэ диэкиттэн ыттар сүүрэн кэллилэр да, өлөрдүү таптарбыт бөрө үрдүгэр түстүлэр. Уол көрдөҕүнэ биир кэм уоттаах харахтар элэҥнэһэн олороллор, ньуу-ньаа бөҕөтө буола түстэ. Арыый антах тэйдилэр уонна им-ньим буолан хаалла. Саатын хат ииттэн, хонноҕун ан­ныгар кыбынан хаамта, саллан кутаатыттан ыраах тэйиэн баҕарбат. Сотору соҕус ыттар тылла­рын былас түһэрэн, ол гынан баран сыалларын ситиспит курдук туттан, кутуруктарын эйэҥэлэтэ-эйэҥэ­лэ­тэ уолларыгар тиийэн кэллилэр, көрдөҕүнэ онон-манан түү­лэригэр салыҥ биһиллибит.

Бу сырыыга ыраах соҕус кыһыйбыт-абарбыт, эмиэ да саанар курдук энэлийии, улуйуу иһилиннэ. Убаһалар хайдах эрэ өлөр-өлүүттэн босхоломмут курдук уоскуйан, дьэ тарҕаһан аһаабытынан бар­дылар. Халлаан суһуктуйан сырдыы быһыытыйда, уол сылайан, утуктаан буорайда, иэҕэҥнии сылдьар буолла, охтон түһэн утуйуон баҕарталыыр. Сыгы­нах силиһин-мутугун алдьатан, кутаатын күөдьүтэн биэрэн баран, дьиэтин диэки саллаҥнаата.

Дьиэтэ хата сылаас соҕус турар эбит, оһоҕун то­лору оттон, ууну ыймахтыы түһэн баран этэрбэ­һин уһулла. Улахан баҕайытык хайа үктээбити­нэн хаар кии­рэн ууллан, кээнчэтэ сытыйбыт. Ону куурда ыйаата, турдаҕына абырахтанан көрүө этэ. Оронугар сытаат өлбүт курдук утуйда. Эбиэт саҕана уһуктаат, далыгар ыстанна, убаһалара нус-хас аһыы сылдьалларыттан уоскуйда. Өссө от ыһан биэр­дэ. Ол тухары хараҕа наар далга, бөлүүн ыппыт си­рин диэки бара турар. Үлэтин түмүктээт дал таһы­гар ыттар, бөрөлөр булумахтаммыт суол­ларын батыһан саатын туппутунан оргууй ба­ран истэ. Онон-манан хаан тохтуталаабыта, он­тон талах быыһыгар хаарынан бүрүллэн сытар бо­роҥ түү көһүннэ. Адьырҕа сойбута ырааппыт. Улахан атыыр бөрө моонньуга таптар­быт. Курунан моонньуттан быалаан, саатын быа­тынан салҕаан соһон күккүрүтэн дьиэтигэр илтэ. Сайын күөстэнэр хоспохторугар киллэрэн уурда. Аттарын уулата, сэлэтин көрө барда.

* * *

Бу кэмҥэ дэриэбинэҕэ дириэктэр механигын ыҥыран ылла. Массыыналара баран иһэн эмиэ алдьанан төннөн кэлбит. Бу сырыыга мас­сыы­на­ҕытын түүннэри да оҥостон учаастакка айан­нааҥ диэн кытаанахтык дьаһайда. Биирдэрэ суол наһаа тибиилээҕин, массыына нэһиилэ суол тыырарын этэ сатаата да олох саҥардыбата. Тыаҕа дьоннор өрөбүлэ, сынньалаҥа суох өлөр-тилэр икки ардыгар тоҥо-хата сылдьаллар. Эһиги манна үлэ чааһын тутуһаҕыт, көҥүл сылдьаҕыт, онто суох уһаатыгыт, буурҕа, баҕар, ыйы быһа түһүө, астыа суоҕа. От со­´ор стоговозтаах тыраахтары арыалдьыттанан ба­рыҥ, отторун-мастарын тиэйиҥ, биһиги сылгыһыттары, табаһыттары, булчуттары, тыаҕа сылдьан үлэлиир дьоннору хааччыйар эбээһинэстээхпит диэн саба саҥаран кэбистэ.

Дириэктэр оҕонньорго дьиэтигэр бара сырыт­таҕына, ыалдьа сытан кэриэс курдук, түргэнник оҕобор көмө киһитэ ыытаргыт буол­лар диэхтээбитэ уонна наар: “Бөрөлөр, бөрөлөр”, “Бэчэҥэ, Бэчэҥэ”, – диир этэ. Уол ийэтэ күн аайы хонтуораҕа кэлэн барар, оҕото эрэйи көрөн эрэрин сүрэҕэ сэрэйэн эрдэҕэ.

* * *

Уол сырдаабытын кэннэ суолу-ииһи сыныйан көрбүтэ, хаал­быт бөрө уҥа атаҕынан кыратык дугунар эбит. Бастаан тохтоон ыла-ыла, кэннин хайыһа-хайыһа, онтон көнөн барардыы барбыт. Далы тула элбэхтэ эргийбиттэр, наар үрэх диэ­киттэн, талахтаах сиринэн сөрөнөн киирэ са­таабыттар. Сиэҥтэн балтарыктаан сыарҕатыгар толору от тиэннэ, үстэ кырынна. Кутаатыгар мас бэлэмнэннэ, сыарҕалаах атынан сылдьан уһуннук умайар уккунньахтары, бэрдийбит мастары, сы­гынахтары хото таста.

Киэһэ хойут кэлэ-бара далыгар кутаатын отто сырыттаҕына, эмиэ энэ­лийэр улуйуу иһилиннэ. Суох эмиэ далын иһигэр киирэн хонууһу, тиэтэйэ-саарайа дьиэтиттэн таба тэллэҕин бүрүнэн олороругар саҕынньаҕын ылан, ботуруоннарын наардаан, үс эрэ арыый да соҕус ботуруону талан далыгар сүүрдэ. Убаһаларыгар оту бу сырыыга мустар муннуктарын диэки чохчолуу соҕус ыста. Кутаатын эмиэ көһөрөн, наар бөрөлөр киирэ сатаабыт сирдэрин диэки, убаһалары бүөлүү соҕус отунна, кыыннаах быһаҕын туттан көрдө, сүгэтин кытта аҕалан маска батары оҕуста. Ытта­рын былдьатымаары дьиэ таһыгар, хорҕолоругар баайталаата.

Тыал арыый сэллээн, халлааҥҥа бачымах сулус­тар кү­лүмнэстилэр, сотору-сотору сулустар суул­лан сундулус гыналлар. Тымныы түүн үүнүөх чинчи­лээх. Уол олорор сирин оҥоһунна гынан баран, син-биир хаама-сүүрэ сылдьыахтааҕын сэрэйэр, бу тымныыга баҕарбатаргын да хамсанарга кү­һэл­лэриҥ билэр.

Түүн ортотугар диэри туох да биллибэтэ, уол төттөрү-таары хаамыталыыр, банаарын ба­та­реята олох бүттэ, ол да буоллар тута сылдьар. Уба­һалара курдурҕаччы аһыы сылдьаллар, эмиэ икки бөлөххө арахсыбыттар, буолумуна, үөһээҥ­ҥи уонна алларааҥҥы учаастактартан ийэлэриттэн араа­рыллан, иитиигэ диэн хаалларыллыбыт бас­тыҥ уба­һалара буоллаҕа. Манна баһыйар үксэ ты­һы убаһа, иргэҕэ аҕыйах. Уол иргэхтэртэн ээр-сэмээр арыый да соҕустарын айаа­´аан ат гынаары көрө сылдьар. Икки убаһаны бэлиэтии көрбүтэ ыраатта. Биирэ үөһээ учаас­тактан кэлбит, наар бастыыр сытыы-хотуу, толлугаһа суох маҥан убаһа. Иккиһэ аллараа учаастак сиэрдиҥи убаһата – икки өттүнэн дьаҕыллаах, модьу-таҕа атахтаах, тоҥуу хаар­тан иҥнибэт, лэкэчэк да соҕус буоллар бор, кыахтааҕа биллэр сылгы тахсар чинчилээх. Эргийэн кэлэн тириитигэр олорон кутаатын күөдьүтэн, са­ҕынньаҕын бүрүнэн, өрүтэ ыһыахтанар кыымна­ры көрө олорон утуктаан барда. Саҕынньаҕа ула­хан буо­лан бµрµннэҕинэ, төбөтүн ньыкыччы тутуннаҕына бµтµннµµ киирэн хаалар уонна саатын кууһан, илиитинэн саҕынньаҕын иннин саба тутан олорор.

Түһээтэҕинэ саас быһыылаах, тыастаах баҕайы улахан үрэххэ аҕата кинини сүүһүттэн сыллаан баран тыыга олордон, сүүрүгү утары анньан эрэр. Муус бөҕөтө устар, олор быыстарынан аһаран биэрэ-биэрэ уҥуоргу кытыы диэки эрдинэр, куттанан будулуйа турар буордаах уу диэки көр­бөт, иннин диэки күүһэ баарынан эрдэн кулупаайданар, ол иһэн көрдөҕүнэ ойоҕостуу туох эрэ эмиэ кини курдук устар. Өйдөөн көрбүтэ  кинини көрө-көрө, куоталаһардыы сур бөрө сундулуйан устан иһэр эбит. Хайабыт уруттуур диэн кини эмиэ эрдинэ­рин эрчимирдэн биэрдэ, муустар бэйэ-бэйэлэригэр кэтиллэн куугунаһа-куугунаһа субу тыыны түҥнэ­рээри гыналлар, олортон нэһиилэ кыл-мүлчү аһа­ран биэрэр.

Онтон эмис­кэ уһукта биэрдэ. Бастаан утаа тугу да өйдөөбөтө, кутаата умуллан эрэр, кутаатын нөҥүө өттүгэр уоттаах харахтартарынан өтөрү көрөн бөрө олорор…

Уол хамсыыр да кыаҕа суох, өмүттэн хаалан таа­лан олордо, сатахха атаҕа улук буола уту­йан хаал­быт. Кэннигэр дьиэ диэки Холоруктаах Ытылҕан үр да үр буолан ­быаларын быһардыы мөхсөллөр. Убаһа­лар бары кинилэр ­диэки туох буолар эбитий диэ­бит­тии одуу­лаан аҕай тураллар. Оргууй аҕай хара­ҕын олох араарбакка саатын бөрөҕө утары туһаайда, туһаайан иһэн үргүлдьү сомуогун тардан туруор­да. Итинник утарыта көрсөн турдулар. Бөрөтө хай­дах эрэ сиир-аһыыр санаата суохха дылы. Аһыытын килэппэккэ кэлин атахтарыгар ыт олорорун курдук олорор. Онтон эн оҕоҕун, мин эйиэхэ өһүм суох диэбит курдук ор­гууй сүгүллэҥнээн, доҕолоҥ­ноон ыла-ыла, дал иһиттэн тахсан, сорунуулаахтык үрэ­ҕи туораан, арҕаа таастар диэки сиэлэ турда. Уол булумахтанан тура эккирээтэ, атаҕа утуйан хаалан, бэйэтэ эмиэ бэчэҥэлээн ылла.

Халлаан суһуктуйан эрэр, убаһаларын тула көтө сылдьан көрдө, аахта, бары бааллар. Дьэ уолуйбута-со­һуйбута, куттаммыта ааһан туох буол­бутун ыры­ҥалаата. Бэчэҥэ, аатырбыт Бэчэҥэ, тоҕо уолу бэйэтин да, убаһалары да тыыппата, тоҕо уол аттыгар кэлэн олордо? Икки атахтааҕы кытта туруулаһан туһа суох буолсу диэбитэ эбитэ дуу? Буруйун, кэмсинэрин биллэрбитэ дуу? Эбэтэр кыр­дьан, бохтон, анаан өлөртөрөөрү киирэн биэрэ сатаабыта дуу?

Аҕыйах сыллааҕыта эмиэ биир таба ыллар­батынан номоххо киирбит улахан атыыр бөрө уоһа-тииһэ бүтэн, дэриэбинэҕэ бөх тоҕор сиргэ өлөртөрөөрү киирэн биэрбит этэ. Онтон Бэчэҥэ билигин да наһаа кырдьаҕас буолбатах, сылдьар кыахтаах бөрө. Ону-маны эргитэ саныы-саныы, уол сылгыларын аһата сырыттаҕына, быатын быспыт Холоруга түргэн баҕайытык сүүрэн кэллэ, иччитэ баарын көрөн үөрдэ быһыылаах, туох да эппиэтэ суох икки атаҕынан уол түөһүгэр тайанан ылла, харса суох дал иһигэр төттөрү-таары сүүрэкэлээтэ. Бэчэҥэ барбыт сирин диэки сүүрэн истэҕинэ, уол хаһыытаан бытарытта, ыҥыран ылла. Холоругу имэрийэ-имэрийэ уол ытын уоскутан: “Бүттэ, бүттэ, биһиги Бэчэҥэни кытта кэпсэттибит, аны кини биһигини тыыппат”, – дии-дии быатын сүөрдэ.

Бу кэнниттэн уол т³рµт уоскуйан хаалла, кини эрэ буолуо дуо, убаһалара, ыттара эмиэ, аны куттал хантан да суоһаабат диэбит курдук налыйдылар. Тыал тохтоон, айылҕа да сэргэхсийбит курдук буолбут. Эмискэ үөр хабдьы дал үрдүнэн көтөн уол туһахтарын диэки халыйдылар.

Ити түүнүгэр дьиэтиттэн кэлэ-бара, кутаатын күө­дьүтэ-күөдьүтэ, манаан көрдө да туох да си­бики биллибэтэ. Үһүс күнүгэр убаһаларын сиэҥ­ҥэ кэбиһиилээх окко илтэ. Убаһалар хаһан аһыыл­ларын суохтааннар сиэҥ диэки улгумнук бар­дылар. Кэннилэриттэн оргууй хаамтаран иһэн, алыы саҕатыгар баар хапкааныгар туох эрэ ха­ра мөхсөрµн көрөн сүрэҕэ биллигирэс буолан ­хаал­ла. Атын тиэтэтэн атаҕынан тыбылыйар, ол иһэн буурҕа кэнниттэн саҥа хаарга киис чөм-чөм үктээн суолу төттөрү-таары туораабытын көр­дө. Ыттара киис суолун батыһа, урут-хойут түсүһэ-түсүһэ, сонордообутунан бардылар. Иҥнэн сытар киистэригэр тэҥҥэ соҕус тиийдилэр. Уол ыттарын буойан баран, маһынан кииһин чокуйда, ылан көрбүтэ көмөр хара киис бэрийэр бэр­дэ буолан биэрдэ. Кииһин өрө тутан улаханнык үстэ алакыылаан ылла. Күн диэки кииһин ик­ки илиитинэн өрө уунан ыстаҥалаан, ис-иһиттэн үөрэн, ойуоккалаан ылла. Баай Барыылаах Ба­йанай дьиппиэн, тоҥкуруун, үөрбүтэ-хомойбута биллибэт киһини сөбүлээбэт. Кыраттан да үөрүн­ньэҥ, булдуттан, бултаабытыттан сэксэс гынан омуннаахтык үөрэр киһини сөбү­лүүр, саҥа та­һааран булкун уруйдаан-айхал­лаан, хай­ҕаан да ылыахтааххын.

Суолтан арыый тэйиччи соҕус кырынааска чаар­каан­наах, онтун кэлэн иһэн көрүөҕэ. Саҥа отун хаардаан, тула сылдьан күрдьэҕинэн хаары тэ­йитэн, от үрдүгэр тахсан тиритэн-хорутан ботуччу соҕуһу тордуоҕунан тоҕута тыытан түһэрэн, саҥа сири билистиннэр, олохсуйдуннар диэн элбэх со­ҕуһу биэрдэ. Манна тыа саҕата, хорҕо сир буо­лан тыала суох. Дьиҥинэн, аһата сылдьыбыт ото да мантан чугас, аһаҕас алыы буолан тыал­лаах эрэ. Онно хаалбыт от тобоҕуттан да ыһан биэриэн сөп, үөрэнэн хаалбычча убаһалара, баҕар, онно тиийиэхтэрэ. Дьиэ­тигэр төннөн иһэн, ку­раанах мас мастаан, сыарҕатыгар ­тиэннэ, аара баар чааркааныттан кырынаас түбэспитин ылла. Ыттара чугаһаан иһэн, иннигэр түһэн дьиэлэри­гэр ыстанан хааллылар.

Ыраахтан көрдөҕүнэ, дьиэтин таһа буруо-тараа бөҕөтө, туох эрэ улахан хара үллэйэн турарын чу­гаһаан баран билбитэ массыына эбит. Арай тыаҕа соҕотох сылдьарга үөрэммит киһи санаатыгар дьон бөҕө төттөрү-таары сырсан сыбыытаһаллар. Тиийбитэ сылгы биригэдьиирэ, бэтэринээр, бэ­йэтин саастыылааҕа эмиэ сылгыһыт уол, суоппар көмө уолунаан, ты­рахтарыыстар – кини иһэрин көрөн тэлгэһэҕэ кэтэһэн тураллар. Бары кинини тургутардыы көрөр курдуктар, күрүөҕэ аты кытта ­хааллан турар Бээгэйи көрөн-истэн кэлбиттэр. Бэтэринээр хайа тардыллыбыт бааһын эмтээбит-томтообут. Тиийэн дьону кытта дорооболосто,  бары дьиэҕэ кутуллан киирэн ирэ-хоро чэйдээтилэр.

Уолаттар оту-маһы хантан аҕалалларын ыйы­талаһан баран, күнү баттаһа тилигир гынан хаал­лылар.

Биригэ­дьиир уолу утары олорон:

– Уба­һаларгын манна аҕала сылдьыбыт эбиккин, кутаа оттунан хоммуккун, бултаабыт бөрөҕүн көрдүбүт, акт оҥоруо этибит, кутуруктаахтар төһөнү тарты­лар, – диэн ыйытта.

Уол кырдьыгынан:

– Бары этэҥҥэ­лэр, ити биири эрэ оһол­лоо­буттарын хаайан аһата турабын, ыттарым баар буоланнар өрүһүйдүлэр, – диэтэ.

Онуоха киһитэ:

– Оо, уолум дьиҥнээх сылгыһыт буолсугун, дьэ маладьыас эбиккин! Сарсын баран аһатар сиргин, оккун, сылгыларгын көрүөхпүт, төһө от хаалбытын, дьаралыктарынан көрөн төһөҕө диэри ­тиийэрин быһаарыахпыт, бэтэринээри илдьэ сылдьыахпыт.  Бу бэйэҥ табаарыскын, оҕо эрдэҕиттэн сылгыга са­йын ахсын үлэлэспит уолу көмөҕө аҕаллыбыт, аҕаҥ кэллэҕинэ да сааска диэри манна сылдьыһыаҕа. Онтон бу убаһалары тутан, үөһээ учаастакка ил­дьиэ. Аҕаҥ оройуон киинигэр диспансерга барбы­та. Ар­ба, наар Бэчэҥэ кэлбитэ, сүгүннүө суоҕа диэн тыллаах этэ, ол тугуй? – диэн ыйытта.

Уол умса көрөн олорон, ким эрэ истиэ диэн сэрэммит курдук:

– Бэчэҥэ барда, аҕам ол уҥа атаҕынан до­ҕо­лоҥнуур бөрөнү этэр, – диэтэ.

Биригэдьиир бөрөҕө аналлаах хапкаан аҕаллыбыт, булчут дьон сыдьааннара буоллаҕыҥ, онно-манна кутурук­таах ороҕурар сирдэригэр иитэн көр диэбитин уол соччо аахай­­бата. Аҕа­та бэйэлэрэ булбатахтарына-буулаабатахтарына аһыы­лаахтары кытта төрүт тыытыспат буол диэн сэ­рэтэрэ. Уонна кини ордук оҕолоох тыатааҕыттан дьаахханара, дьиксинэрэ. Аанньаҕа көстүбэт, кини бэйэлээх уоругар-кылы­ныгар, кырыыһыгар киирэн биэрээйэҕин диир буолара. Кэнники Бэчэҥэ кэлэн, аттыгар олорбут сирэ ириэр дылы кэтэспитин, утуйа сыттаҕына саба түһэн тутан кэбиспэтэҕин уол үчүгэйдик өйдүүр. Кини мантан ыла адьыр­ҕалары, айылҕа оҕолорун, сылтаҕа-оруна суох үрүҥ тыын­нарыгар туруо, суолларын быһа түһүө, ааттарын да улаханнык ааттыа суоҕа, ытыктыа, кэнэҕэски да ыччаттарын, оҕоло­рун онно үөрэтиэ, такайыа, сэрэтиэ.

Бэчэҥэ төннүүтэ

Бэчэ²э төрөөбүт туундаратыттан эмиэ бу урут сылдьыбыт, эрэйи-муҥу көрбүт Чысхааннаах Чыыс­тайынан аатырбыт түбэҕэ эргийэн кэлэн, туос аччык сиэлэн иһэр. Кинилэр үһүө буолан уһун систэри быһа түһүтэлээн, Муо­ма үрэх баһыгар, үрүйэлэр чыыстайдарыгар икки атахтаахтар та­баларын маныы сылдьалларыгар түбэспиттэрэ. Онно да кини сэрэммитэ, чэлгиэҥҥэ тахсан биэр­бэтэҕэ, доҕоро үлүһүйэн бэттэх сыл­дьар таба­лары эккирэтэн иһирдьэ киирэн биэр­битэ. Ойо­­ҕос­тору­гар “Бураннар” тыастара куугунуу түс­пү­түгэр, кини биир доҕорунаан үрүйэ талахтарынан хор­ҕойон төт­тө­рү ыстананнар кыл мүлчү ­тыыннаах хаалбытта­ра. Табалары эккирэтэн барбыт доҕордорун та­ба­һыттар бэргэнник ытан өлөрбүттэрэ. Бэйэтэ да ыыраахтаахтары олус баламаттык тардыталыыра, хаһан да сөп буол­бакка бииртэн бииргэ, саҥаттан саҥаҕа түһэ-түһэ ааһан иһэрэ, онтун айыыта таай­даҕа…

Бу билигин урут Имнээҕи кытта сылдьан бул­таабыт сир­дэринэн сиэлэн-сэксэйэн иһэр, атаҕын хапкааҥҥа хаптарбыт кырыыс­таах сирэ чугаһаата. Күһүнүн эмиэ манан кэлэн ааспыта, онно тот сылдьыбыта, эдэр убаһалары үүрэн аҕалбыттар этэ. Онно кини өстөөҕө икки атахтаах оҕонньор баарын билэр, кини Имнээҕи уонна доҕорун суо­рума суоллаа­быта. Кинилэр тыыннарын толук ууран­нар, Бэ­чэ­ҥэ мүччү көтөн тыыннаах хаалбыта. Туун­дара бөрө­тө буо­лан сырдык түүлээҕэ, улахана, төрөлө. Тэбэр сүрэх­тээх, устар тымырдаах, айыл­ҕалаах айда­рыы­лаах адьыр±а киэнэ бэрдэ этэ. Им­нээ­­ҕи батыһа сылдьан, кэнники­нэн баһы­лы­гын сөбүлээбэт буолан барбыта, кырат­тан да ыр­дьыгынаһаллара элбээбитэ. «Тоҕо наар ки­ни эрэ бултарын бас билиэхтээҕий, ас үчүгэйин аһыах­тааҕый, кинилэри сабардыы, ата­ҕастыы сыл­дьыах­тааҕый» дии саныыра, дьиҥинэн дьиҥнээх охто­руутун, бултааһынын кинилэр оҥороллоро да Им­нээх өрүү бастыҥ өлүүнү былдьаан ылара. Бу эргин убаһаларга ду­ра­һыйбыттара ыраатта, кэлэ-бара барытын сы­лыктыы, билэ-көрө сылдьан эдэр, уу-нулдьаҕай уол кэлбитин, оҕонньор мөлтөөн-ахсаан ханна эрэ барбытын билбиттэрэ. Күн кыл­гаан, хараҥаҕа саба түһэргэ саа­май тоҕоостоох кэм буолбута. Ол гынан баран бу кини улаханнык эм­сэҕэлээбит сирэ, убаһаларын тартахтарына да со­дуллаах буоларын билэр уон­на саамай кыр өстөөҕө – тутуһа сылдьыбыт ыта баа­ра. Киниттэн Бэчэҥэ хайдах эрэ сүр баттат­тар, куттанар, ыкка да адьырҕа майгыта, суоһа-суодала, кырыга баар эбит этэ…

Уруккуттан бэлиэтии көрбүт, наар үөртэн тэ­йэн, туспа сылдьар элэмэс убаһа баарын сиэ² иһигэр охторуох буолтара, ыттар кэлэннэр быһа түһэн хапсыһан ылбыттара. Онно даҕаны бу ыт толлуох-торуттуох бы´ыыта суоҕа, утары кии­рэ турара. Кини бэйэлээҕи, бу туундара үрдүнэн аатырбыт Бэчэҥэни, чугуппута, уруккута ыалдьар атаҕыттан наһаа күүскэ туттарбыт буолан, ону санаан уҥа атаҕын наар кэннигэр куоттаран аһа­ран биэрэ сылдьыбыта. Туундараҕа атын бөрө­лөрү кытта тутуһарыгар онтун харыстаммакка ох­суһар буолара. Имнээҕи кытта сылдьан, ыттары батыһыннаран ыраах илдьэн тутан сииллэрэ, онон аһылыктаналлара эбээт.

Убаһаны туппатах, ыттартан чугуйбут абатыгар, икки атах­таах дьиэ­тигэр сүүрэн тиийбитэ, онно соҕотох ат хааллан турара, чуҥнуу, көрө-истэ түһэн баран, акка түһэргэ санаммыттара. Доҕоро эдэр, тугу да билбэт буолан толлоро, кини эрэ хамсаата­ҕына, бастаан саба түстэҕинэ, көҕүйэн түсүһэрэ, бу доҕоругар холоотоххо анараа табаһыттар суору­ма суоллаабыт бөрөлөрө дьорҕоот, өссө аһа­ры баламат этэ. Этитиитэ да суох өрүһүспүт курдук түһэн иһэрэ, оннугуттан да былдьанаахтаабыта. Кыр­дьаҕас бөрө көрөн-билэн чуҥнаан баран хам­сыахтааҕын күүппэтэҕэ, бэйэтэ түһэ турбута, онон кинини билиммэтин, кэнэҕэскитин төрµт да ки­ниэхэ аһыытын да көрдөрдөҕүнэ хоһуута суох буолуохтааҕын биллэрбитэ. Онтон бу хаалбыт доҕоро аһары куттаһа, наар кинини эрэ кэтэһэрэ. Бэлэмҥэ сылдьарыттан кыһыйан, доҕорун убахтаан ылбыта, хааллан турар акка киксэрэн, түһэрэн көрбүтэ да, ата харса суох сытыытык быһыта тэбиэлээн чугаһаппатаҕа.

Доҕоро буоллаҕына биһиги тоҕо судургутук тутуллар ыыраахтарга барбакка, бу сиэллээхтэри тута сатыырбыт буолла, биһиги атахпытыгар арҕаа диэки хайа тэллэҕинэн баар ыстаадалар ыраахта­ра суох ээ диэн муодаргыыра. Кини Бэчэҥэ өһү-сааһы ситиһэ, анаан бу тоҕоостоох кэмҥэ манна кэлби­­тин билбэтэ. Бэйэтэ түһээри дугдуруҥнаан, ыстанаа­ры олох бэлэм турдаҕына, алыы уһугар икки атах­таах көстүбүтэ, ыттара ыга сүүрэн кэлбиттэ­рэ. Олус күүрэн, хараҕа хаанныран, тииһин килэтэн өлөр өстөөҕөр Холорукка моонньугар хатана түһэрдии ыстаммыта да, ыта да баардаах буолан биэрбитэ. Утары ыстанан иһэн туора ойон биэрэн бэйэтин арҕаһын үрдүгэр миинэ түспү­тэ. Бу туох да сиэрэ суох быһыы, атаҕастабыл этэ. Киниэхэ ыт буолуохтааҕар бөрөлөр да ман­нык сирэйэ-хараҕа суох түһэ илик буоланнар, киҥэ-наара холлон, эргичис гынан көхсүнэн сиргэ тыастаахтык лис гына түһэн биир өттүгэр эргийэн, ыйааһынынан Холоругу үлтү сөрөөн түһэрэн бат­тыах буолта да, ынырыктаах ыарыыттан хараҥа хараҥарбыта. Эмиэ ыалдьар атаҕыттан хаптарбыта.

Мантан ыла наар куотар аакка сылдьыбыта, ол оннугар доҕоро кэлэн ыкка түһүспэтэҕин, мөлтөҕүн, куттаһын абааһы көрөн наар кини үр­дүгэр түспүтэ. Анараа доҕоро баара буоллар, адьас атын быһыы-майгы буолуохтааҕа, бу ыт сыыһын ыбылы убахтаан кэбиһиэхтээхтэр этэ. Ол эрээри булчут ыт кини кэбирэх сирин булар, аһары сымса, кырыктаах, ылбычча таба туттаран биэрбэт, тэҥнээхтэрин кытта охсуһар курдук харса-хабыра суох түһүтэлиир. Оннук да буолумуна, кини манна хаһаайын буоллаҕа, бу кини ыыра, кини дьиэ­тэ-уота. Оттон кинилэр – ааһан иһэр сиэмэх түөкүт­тэр, атын дьон баайыгар-дуолугар, иитэн таһаар­быт харамайдарыгар суудайар ардай аһыылаахтар буоллаҕа.

Ол да буоллар, син-биир биир эмэ убаһаны тардан, итии тыга сытар хаанын ыймахтаан, утаҕын ханнаран бардаҕына эрэ өһүн-сааһын ситиспит курдук сананыа. Хараҥанан хаххаланан, хайаан да икки-үс убаһаны тардар баҕалаах этилэр да, куруук аһыыр сиэҥнэриттэн барыларын икки атахтаах дьиэтигэр үүрэн аҕалан далга хаайбыт, өссө кутаа оттубут этэ. Бэчэҥэ өссө киҥэ-наара холлон, ол аайы наар доҕорун үрдүгэр түһэн тыынын таһаарынар, кыһыытыгар, баҕар, чугаһынан кинини кытта тэҥ­ҥэ сылдьыһар, тэҥҥэ бултаһар, сэймэктэһэр ар­дай аһыылаах баара буолуо диэн улуйан энэли­йэр. Убаһалар куруук аһыыр алыыларыгар хаста да баран кэллилэр, бу да оҕо мээнэ оҕо буолба­тах буолан биэр­дэ, түүнү быһа улахан тыастаах өлөр-өлүүнү илдьэ сылдьар, кинилэр эттэрин сааһа аһыллыар диэри куттанар сэптэринэн ытыа­лыыр. Ыттар хараҥаҕа толлоннор далтан наһаа ыраап­паттар, үрэллэринэн-моргуйалларынан эрэ кини киҥин-наарын холуннараллар. Арай хараҥаҕа бэттэх далтан тэйиччи кэлэллэрэ буоллар, ити Хо­лоругу кытта иккиттэн биир­дэспит буолуо этэ. Икки атахтаах эрэ мэһэйдээбэтэр, саатар кинини ыты ыт курдук тутан барыам этэ диэн абабар-сатарар.

Икки атахтаах түүнү быһа сэргэхтик манаата, онон-манан ­киирэ сатаатылар да наар баар буолан иһэр, тыастаах сэбинэн ытан сатарытар. Биирдэ доҕорун ыбылы түнэйдээн, киксэрэн бэйэ­тэ хаала соҕус далга киирбиттэрин ытан, куттас доҕорун өлөр³рдµµ тапта. Бэчэҥэ доҕорун наһаа аһыйбата-харыһыйбата, ол да буоллар мэли­йэн баран иһэриттэн кы­йаханан эргиллэ түһэн, саанан иччилээх баҕайытык улуйан энэлиттэ. Бу энэлгэҥҥэ кыһыы-аба, эрэллээх доҕотторун сүтэртээ­бит аһыыта, өстөһүү-өһүөннэһии бары­та баара. Ки­ниэхэ хоруйдаабыттыы ыраах уол саатын тыаһа пас гынна. Бэчэҥэ балайда ыраат­та, бу иһэн кырык­таах-дьайдаах олоҕун бары­тын эргитэ саныыр. Айылҕатынан-адьырҕатынан наар өһүөннээх-өстөһүүлээх, иэстэһиилээх-өлөр­­сүүлээх эрэ өттүн ыатарар. Дьиҥинэн, икки атах­таахтар ииппит-аһаппыт харамайдарыгар суу­дайбакка да эрэ ырбыт, быстыбыт, ыалдьы­быт, бааһырбыт харамайдары бэйэтэ кыаҕынан саба түһэн бултуур кыахтаа эбээт. Бу устар оло­ҕор туох да буруйа-сэмэтэ суох сылдьан, булар-талар бөрөлөрдүүн кини эмиэ алтыһан ылбыта. Имнээх ийэтин кытта кылгастык да буоллар эмиэ алтыһан ааспыта, ол сүрдээх өйдөөх, сэрэхтээх-сиэр­дээх кырдьаҕас тыһы бөрө этэ. Кини бу сылгыһыт уол аҕатын кытта устар олохторугар туох эрэ көстүбэт ситим­тээхтэрэ, эйэ­лээхтэрэ. Ону кэнники Имнээх киниэхэ киксэ­рэн, оҕон­ньор убаһатын туттаран биэрэн сыһыанна­рын кэспи­тин дьэ кэлэн өйдөөбүтэ. Айыыта таай­быта, оҕонньор иккиэннэриттэн ситиспитэ. Онтон ки­ни, Бэчэ­ҥэ тоҕо бэйэтэ буруйдааҕын билиммэккэ наар өрө баран, өһүөннэһэн тахсарый?

Сыыйа бытааран барбахтыы түһэн баран тох­тообута, киэһэриэр диэри сытан, кэтэһэн ыларга са­наммыта, атаҕын саламмыта, түүтүн-өҥүн ыраас­таммыта. Улуу-дьаалы икки атахтаахтар сы­дьаан­­нарын уолу көрсөн, бэйэтин санаатын-оноо­тун биллэрэн, бүтэһигин көрсөн бардаҕына табыл­лыыһы!.. Кини биири билиэн баҕарар, аны синиттэн таҕыста, соҕотох хаалла, уол кини тыы­ныгар турар эбит дуу, суох дуу? Чыыбыһын тар­та­ҕына бу кини Бэчэҥэ дьылҕата, ыйааҕа, аньыыта-харата туолбут буолуоҕа, онтон ыппа­таҕына кинилэр бу олоххо икки сурааһын ­буо­лан сэргэстэһэ устуохтара, бэйэ-бэйэлэрин суолларын быһа ааһыспакка тэҥҥэ барыахтара, үйэлэрин моҥуохтара. Бу түүн – кини баар дуу, суох дуу буолара быһаарыллар түүнэ!

Бэчэҥэ хайдах эрэ көхсө кэҥээбит курдук буолбута, бүтэһиктээх быһаарыныыны ылынан, тыына-быара ыгыллыбыта төлө баран, онуоха-маныаха дылы уоскуйан, хараҕын симэн са­наар­ҕаабыт курдук туттан сыппыта.

Бу икки тэбэр сүрэхтээхтэр, тыынар-тыыннаах­тар икки ардыларыгар үйэттэн үйэҕэ өйдөһүү да, өстөһүү да, туруулаһыы да хаһан да быстыбакка салҕанан бара турар аналлаах. Ол – олох сокуона.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар