Саха литературатыгар бэлиэ суолу-ииһи хаалларбыт поэт, прозаик, тылбаасчыт Алексей Апексеевич Бэрияк кэлэр сылга төрөөбүтэ 100 сылын туолар. Кини 26 сааһыгар, 1938 с. ССРС Суруйааччыларын союһугар киирбитэ. Партия кэккэтин эрэллээх чилиэнэ, элбэҕи эрэннэрэр суруйааччы, хас да, ол иһигэр Верхоянскай, Уус-Дьааҥы, Амма улуустарын хаһыаттарыгар редакторынан үлэлээн ааспыта. Хотугу сири сөбүлээн «Рультенин сэһэннэрэ», «Кергитаун», «Хотугу хоһооннор» диэн кинигэлэри таһаартарбыта.
Прозаҕа «Өлөксөөс» диэн сэһэнэ киэҥник биллэр. Олоҕун тиһэх сылларыгар «Уол оҕо саадаҕын үстэ курданар» диэн ыччат промышленноска үлэтин көрдөрөр улахан сэһэни суруйан иһэн талааннаах суруйааччы 1979 с. олохтон туораан ити үлэтин ситэрбэтэҕэ.
Өлөксөй Бээрийэк уонтан тахса кинигэ ааптара.
Биһиги ыалдьыппыт: Суруйааччы кыыһа, «Доруобуйа харыстабылын туйгуна», Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа, АИДА АЛЕКСЕЕВНА БЭРИЯК.
— Аида Алексеевна, эн аҕаҥ, Өлөксөй Бээрийэк бу сурунаалга өссө сэрии инниттэн, 1938 сылтан, отдел редакторынан, сэрии кэмигэр эппиэттиир редакторынан, сэкирэтээринэн үлэлээбит.
Эн аҕаҥ литератураҕа үлэлээбит нэһилиэстибэтин олоччу илиигэр тутан олорор эбиккин дии?
(Аида Алексеевна ыскааптан олус кичэллээхтик хараллан сытар аҕатын кинигэлэрин, (ол иһигэр латыынныы тылынан тахсыбыттар бааллар), илиинэн суруллубут рукописьтарын, дневнигин мин иннибэр тэлгэтэлиирин көрөн саҥа аллайдым).
— Туохтан да күндүтүк көрөр малларым бу — аҕам өйүнэн-сүрэҕинэн айыллан тахсыбыт үлэлэрэ.
—Архыыпка туттарбатах эбиккин дии…
-Аҕам өлбүтүн кэннэ «Хотугу сулус» урукку редактора А.А. Егоров көрөн, бэрийэн архыыпка биэриэхпит диэбитэ, ол эрээри сотору бэйэтэ олохтон барбыта. Кэлин Иван Гоголев, Иван Федосеев эмиэ тыл көтөҕө сылдьыбыттара да, уһаан-тэнийэн хаалбыта. Билигин кинилэр эмиэ суохтар…
—Аида Алексеевна, кэпсэтиибитин оҕо сааскыттан саҕалыах дуу…
-Мин кырабар, хас да суруйааччы дьиэ кэргэнэ биир олбуорга түөлбэлээн, ити «Лена» гостиница турар сиригэр олорбуппут. С. Саввин-Күн Дьирибинэ, А. Сыромятникова, И. Гоголев дьиэ кэргэттэрэ бааллара. Онтон Октябрьскай уулусса 4-гэр (билигин Ленин проспегын 51-гэр, Нуучча театрыныын сэргэстэһэ турар дьиэҕэ көһөн кэлбиппит. Онно Авксентий Мординов, үөрэх министрэ Саввин, аллараа этээскэ аатырбыт хирург Гурьев, бастакы авиатор В. Кузьмин, иккис подъезка САССР Верховнай Сэбиэтин президиумун председателэ Нартахова, артыыска Д. Барашкова, үһүс подъезка Грант Григорян уо.д.а. олорбуттара. Ол кэмнэргэ Нуучча театра умайан, силлиһэ турбут холодуопкалары хаппыта. Аҕам уокка былдьаппыт кинигэлэрин, кэлин кинигэ оҥоруом диэн түмпүт матырыйаалларын хара өлүөр диэри аһыйара.
—Кини дьиэҕэ-уокка төһө айар усулуобуйалааҕай?
-Төһө да кыараҕастык олордорбут, кини үлэлиир хостоох, биитэр бас билэр суруйар остуоллаах буоларыгар кыһанарбыт. Аҕабыт бөппүрүөскэ тардан унаарыта-унаарыта иһигэр киҥинэйэн ыллыыра, өргө диэри остуолуттан турбакка үлэлиирэ.
—Бииргэ төрөөбүт хаһыа этигитий?
-Үһүө этибит. Балтым Арилияна, ону кытта тоҕуһугар олохтон барбыт Сергей диэн сурдьу- лаахпыт. Соҕотох уолун аҕам олус аһыйаахтаабыта. Арилияна Алексеевна архыыпка реставратордаа- быта. Бу сиргэ икки кыыһы төрөтөн, икки сиэни көтөҕөн, аҕыйах сыллааҕыта олохтон туораабыта.
—Алексей Бээрийэк партия хайа диэки салайарынан, сиртэн сиргэ көһө сылдьан оройуон хаһыаттарыгар редактордаабыт. Дьиэ кэргэнэ ону батыһа сырыттаххыт буолуо…
-Батыһан. Өйдүүбүн ээ, Верхоянскайга баржанан көһөн иһэрбитин. Уһуннук да айаннаабыппыт! Анаммыт сирбитигэр тиийбиппит, кытылга ыт көлөлөр кэтэһэн тураллара. Каюрдар ыттарга быраҥаатта балыгы быраҕан биэрэллэрин, муоһалаан иһэн олус дьикти саҥалары таһааралларын эргийэн көрөөрү, наартаттан төкүнүйэ сыһарым.
-Врач идэтин талыыгар төрөппүттэриҥ сүбэлээтэхтэрэ буолуо…
-Суох. Ити арааһа кылаас актыыбын талыыга мэлдьи санитарынан ананыым сабыдыаллаабыта быһыылааҕа.
Анал тэтэрээттээх сылдьан кылааска оҕолор саҕаларын, тыҥырахтарын, тиистэригэр-кулгаахтарыгар тиийэ бэрэбиэркэлиирим. ол түгэҥҥэ туох эрэ быраас тэҥэ дьоһумсуйарым.
-Оччотооҕу Дьокуускайыҥ умнуллубат түгэннэрэ…
-Өктөөп, Маай парадтара олус өрө көтөҕүллүүлээхтик ааһаллара. Нуучча театрын аттыгар олорор буоламмыт, парад кэнниттэн суруйааччылар аараан ааһааччылар. Эллэй, Кулантай, Сергей Васильев үгүстүк сылдьаллара. Кинилэр сэһэргэһэллэрин ситэ өйдөөбөтөрбүн да, аттыларыттан арахсааччым суох. Аҕам биир-икки үрүүмкэни көтөҕүстэ да, утуйан хаалар үгэстээҕэ. Кини утуйдаҕына ыалдьыт барар, чуҥкуйуу буолар, ол иһин: «Кутумаҥ, эмиэ утуйуо», — диэн бопсорум. Аҕам Сургулла Баалыскай диэн аатынан үгэ суруйар буола сылдьыбыта. Үгэһит буолуу уустугун, дьон бэйэлэригэр ылынан өһүргэнэллэрин кэпсэтэллэрэ.
—Ийэҕит тугу үлэлээбитэй? Хайа улуустан төрүттээҕий?
-Ийэбит Евдокия Петровна Нам Хамаҕаттатыттан төрүттээх. Бастакы комсомолецтартан биир- дэстэрэ. Райкомолга машинисткалаабыта. Улууһугар бастакы оҕо саадын аспыт үтүөлээх.
—Дьиэ кэргэни түмэр, бары сөбүлүүр туох дьарыктаах этигитий?
-Кинигэни күндүтүтэ көрүү, ааҕыы — сөбүлүүр дьарыкпыт. Ол биллэн турар, аҕабытыттан бэрил-
либитэ. Кини олус элбэҕи ааҕара. Ханна эрэ көһөр буоллахха аан бастаан кинигэлэрин үрдүгэр түһэрэ. Тиэнэр кэм кэллэҕинэ, маҥнай кинигэлэр урутаан тахсан миэстэлэрин булаллара. Кинигэ ааҕа олорор оҕону быһа түһэн сорудахха сүүрдүбэт этилэр. Хоско олорон аҕам ийэбэр этэрин өйдүүбүн. «Аида кинигэни илиитигэр ыла илигинэ маҕаһыыҥҥа килиэп ыллара ыытыахха», — диэбитин. Кинигэни ааҕары билигин да, туохтан да ордоробун.
—Аида Алексеевна, аҕаҥ майгытыгар, өйүгэр- санаатыгар туох уратыны бэлиэтии көрөр этигиний?
-Коммунист аатын үрдүктүк тутара. Уопсай дьыалаҕа олус бэриниилээҕэ. Хоту олорбут уопсай дьиэбитигэр баар хомуоту тыастаахтык астахха-саптахха сэмэлиирэ. «Государство малын харыстааҥ! Биһиги кэннибититтэн кэлэр дьоҥҥо үчүгэй туруктаах мал хаалыахтаах», — диэн лаппыйара.
Үчүгэй маллаах ыалга биллэн турар, кыргыттар ымсыырарбыт. Оттон аҕабыт утарар суола — ити! Мещанныы быһыы диэн мааны миэбэли, иһити- хомуоһу мунньунар дьону сэмэлиирэ.
Врач киһи бэйэм хамнаспар иһит сервана ылан баран, мөҕүллүөм диэн куттаммытым баар ээ! Тиэйтэрэн тиҥкинэтэн аҕалан баран кистээн ийэбиттэн ыйытабын: «Аҕам туох диир?» — диэн. Ийэм хардары: «Үөрэр…» — диэн сипсийэн уоскуппуттаах. Ити олох хойут, 70-с сыллар ортолорун эргин этэ. Утаакы буолан баран үлэһит киһи көбүөр ылынным… Эмиэ сирэй-харах манаатым.
—Врач идэтигэр ханна үөрэммиккиний? Үлэһит буолуу сүрэхтэниитин маҥнай ханна ааспыккыный?
-1970 с. СГУ медфагын бүтэрбитим. Идэтийиим терапевт. Үс кыыс Өлүөхүмэҕэ анатан тиий- биппит. Үлэлиир да этибит! Сарсыарда 8-тан киэһэ 8-ка диэри ыарыһаҕы поликлиникаҕа приемнуур- бут, учаастактары кэрийэрбит, түүнүн вызовтарга сүүрэрбит. Үлэ диэн итинник буолуохтааҕыныы
өйдүүрбүт. Үлэ элбэҕин, хамнас кыратын хаһан да үҥсэргээбэт этибит.
Үс сыл үлэлээн баран Дьокуускайга кэлбитим. Ол тухары терапевынан үлэлээтим.
—Аида Алексеевна, эйиэхэ «Саха Республикатын үтүөлээх бырааһа» диэн бочуоттаах аат хаһан иҥэриллибитэй?
-1999 с. туттарбыттара. Ол эрээри мин саамай күндүргэтэ көрөр наҕараадам — бу, «Ударник коммунистического труда» диэн аат. Эдэрбэр үлэҕэ кынаттаабыт аат. (Аида Алексеевна значогун, дастабырыанньатын арыйан көрдөрөр).
—Аида Алексеевна, аҕаҕыт дойдутун аатынан ылыммыт араспаанньата төһө тэнийдэ? Ыччаттарыҥ туох дьон буоллулар?
-Соҕотох кыыһым Маргарита Илларионовна Бэрияк «Комдрагмекка» кадр отделын салайар. Сиэним Наталья Бэрияк юристыыр, кыра сиэн Юля 4-с кылаас үөрэнээччитэ.
—Аҕаҕыт, Өлөксөй Бээрийэк төрөөбүт улууһун, нэһилиэгин кытта төһө ситимнээххитий?
-Хаһан эмэ охсуллан ааһабыт. Бээрийэҕэ төрөөбүт алааһыгар дьиэлэрэ билигин да турар. Биб- лиотекаларыгар стенд баар, ону таһынан В.А. Протодьяконов-Кулантай музейыгар эмиэ оҥорбуттар этэ.
— Талааннаах поэт, прозаик А.А. Бээрийэк аатын үйэтитиигэ төрөөбүт улууһа, нэһилиэгэ тустаах дьаһалы ылыа дии саныыбыт.
—Оттон эйиэхэ, Аида Алексеевна, үтүө доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну баҕарабын.
АЙЫСХААНА сэһэргэһиитэ
«Чолбон» 2011 сыл № 11