ТОҤУСТУУР ААРТЫК

Бүөтүр Хара

(сэһэнтэн быһа тардыы)

…Эмискэ антах диэки туох да наһаа үлүгэр улахан тыас дэлби барда. Баһылайдаах Киргиэлэй соһуйан чохчос гына түстүлэр.

  • Туох үлүгэрэй, доҕоор! — Киргиэлэй титирэстээбит куолаһа иһилиннэ. Баһылай сэрэнэ- сэрэнэ балаҕан муннугуттан быган көрдө. Били, Тараас диэн ааттыыр киһилэрэ Байанайы кытта тоҥуу хаарынан сүүрэн быыппастан эрэллэр эбит. Ол икки ардыгар хотонноох балаҕан түннүктэриттэн саалар уостара чолоҥносто да, үрүҥнэр ытыалаан кутаалаатылар. Сонно Байа- най табыллан, тиэрэ эһиллэн хаалла.

—          Тыый! Байанайы сиэтилэр! — Баһылай кылана түстэ. Кини көрөн турдаҕына Байанай умса эргийдэ, төттөрү сыылла сатаата. Онуоха Ээх уола букатын ыксаата, тугу гыныан билбэккэ биир сиргэ тэпсэҥнии түстэ. Кини көрөн турдаҕына, оҕо сылдьан бииргэ оонньообут, баай уолаттарыттан бииргэ атаҕастаммыт киһитин ытан түһэрдилэр. «Көмөлөспөтөххө, сибилигин өлөн хаалыах муҥа буоллаҕа. Оччоҕо ким кинилэр нэһилиэктэригэр кыра, дьадаҥы дьоҥҥо кыһаллыай?» Ээх уола Баһылай үрүҥү-кыһылы быһааран араарар кыаҕа суох буола түстэ, сымыһаҕын быһа ытыраат, иннин хоту ыстанан кэбистэ. Сэгэччи ууруммут чомпойун буулдьа илдьэ барда. Сонун тэллэҕин, сиэҕин эмиэ буулдьа сиирэ-халты көтөн, бурҕас-бурҕас гыннарар. Баһылай, ким хантан ытарыгар олох да кыһаммакка, Байанай аттыгар тиийэн тобуктуу түстэ. Онтон сүүһүгэр туох эрэ наһаа ыарыылаахтык тобулу охсуллан эрэрэ да, сирэ- халлаана ытыгынан ытыйбыт курдук күөрчэх-тэнэ түстэ уонна тула өттө хабыс-хараҥа буолан хаалла.

              Тараас, иккис кыранаататын хотон түннүгүнэн элитээт, хаптас гынна. Иһирдьэ тыас-уус сатарыы түһээт, ньим баран хаалла. Арай, балаҕан иһиттэн соҕотох саа тохтоло суох тиҥиргиир уонна ким эрэ үөхсэн субурутар. Тараас кыранаатата аны суох. Хайдах гыныан билбэт. «Киһи баара биллибэт. Көрбүт киһи. Баҕар, ким эрэ тоһуйан сытара буолуо. Ол эрээри ити айылаах кэнниттэн туох ордубут үһү». Туох баар хорсун санаатын түмэн ойон турда, түннүгүнэн өҥөс гынна. Түннүк анныгар, долборукка биир киһи умса түһэн сытар, биир дьахтар бэдэр саҕынньаҕын кэппит эдэркээн уол хотон ортотугар тиэрэ түспүт уонна атын ким да баара көстүбэт. Бу от киллэрэр түннүк быһыылаах, кэҥэс соҕус. Тараас иһирдьэ киирэ сатаата да, барааҥкалаах буолан, баппата. Сонун устан илгэн кэбистэ. Балаҕан иһигэр саа тыаһыыр, киһи үөхсэр. Бу сырыыга туох да моһуога суох хотон иһигэр киирдэ. Долборуктан тахсан, саатын бэлэм туппутунан, үөмпүтэ буолан ньохчойон истэҕинэ, иннигэр киһи барыс гына түстэ. Онуоха соһуйан, саатын чыыбыһын төлө тардан кэбиспитин билиминэ да хаалла.

Киһитэ кэннин диэки эһилиннэ. Уонна уу чуумпу буолан хаалла.

  • Тараас! Тараас! Бааргын дуо? — диэн хаһыы хантан эрэ ыраахтан иһиллэргэ дылы.
  • Баарбын, — иһин түгэҕиттэн нэһиилэ ыган таһаарда. Байааттаҥнаабытынан балаҕаҥҥа таҕыста. Туохтан-туохтан эрэ тайанан, дьонум алҕас ытан кэбиһиэхтэрэ диэн санаан да көрбөккө, аһаҕас турар аанынан таһырдьа тэмтээкэйдээн таҕыста. Өлө сытар Боев уол аттыгар хаарга «лах» гына олоро түстэ, хараҕын быһа симтэ. Ким эрэ кэлэн тардыалаабытыгар ходьох гынна.
  • Антах саа тыаһа сүрдэннэ ээ, — Тэҥкэ сүрүн этэрээт барбыт сирин диэки садьыс гыммыты- гар эмискэ бэйэтэ бэйэтинэн буола түстэ. Хантан ылбыт эрчимэ эбитэ буолла, сулбу ыстанан турда.
  • Байанай Үстүүн ханнаный?
  • Өлбүт. Биир тутуллубут киһи эмиэ.

«Хаарыан киһи», — эрэ дии санаата Байанай туһунан. Соччо ырааҕа суох биир кэм тиҥиргэһэр саалар тыастарын иһиттэ. «Биһиэннэрэ тоһуурга түбэстэхтэрэ. Көмөлөһө охсуохха».

  • Эн манна тутуллубут киһини кытта хаал. Атыттар аттаргытын мииниҥ! Дьоммутугар кө- мөлөһө барабыт.

           Тарааска ким да утарбата. Ким да хамандыыр буолбатаххын диэбэтэ. Бары тойон тутта оҕустулар. Ол аата түгэнэ оннук эбит буоллаҕа. Уонча киһилээх кыракый этэрээт, тоҥуу хаары бурҕачытан, ытыалаһыы иһиллэр сирин диэки суһаллык бара турда.

«Үрүҥнэр өссө биир тоһууру оҥорор бириэмэлэрэ суох, — дии санаата Бухалов. — Түргэнник ситэ охсон, түүлээҕи былдьыах тустаахпыт. Ханна да тохтуур, аттарын уларыттар түгэн биэ- римиэххэ».

  • По ко-о-оням! — хамаанда сатараата.
  • Разведку бы отправить, — Караев хамандыырын ситэн кэлэн кэккэлэһэ түстэ.
  • Некогда. Быстро догоним — они не успеют как следует сопротивляться. А с разведкой еле будем плестись, — Бухалов сапсыйан кэбистэ. — Рысью!

Сонно сотору разведкаһыттар кэпсээбит толоонноругар тиийэн кэллилэр.

  • Там засада может быть.

Ладно. Отправим троих.

Разведкаһыттар, үс киһи, толооҥҥо киирэн сиэллэрэ турдулар. Бухалов түөһүгэр иилинэ сылдьар халампааһын хаатыттан ылан уҥуоргу тыаны кэрийэ көрдө. Имириир тыыннаах баара биллибэт, кыстыыр чыычаах «тир» гына көппөт, биир лабаа ибир гына хамсаабат. Чуҥнааччылар тараахтаан киирэргэ сананнылар. Суол икки өттүгэр тахсан, тоҥуу хаарынан бардылар.

  • Ну, зачем? — Бухалов даллах гынна. — Все равно там никого нет. Только движение задер- живаем.

        Уу чуумпу. Түҥ тайҕа баһыгар ким да көрбөтөр ханнык диэн саһан сытарга дылы ньимийбит көнө хонуу, тулатынааҕы лиҥкинэс мастар, халыҥ хаарынан бүрүнэ тардыммыт ыар-нүһэр хайалар туох эрэ буолуохтааҕын күүтэн дуу, биитэр тугу эрэ мэлдьэһэн дуу ньимилиһэн турдулар. Уу чуумпу. Саатар, куруутун халаахтыыр хара суор ханна дьөлө түспүтэ буолла?

Разведкаһыттар сир ортотун эрэ ааспыттарын кэннэ, Бухалов тулуйбата:

  • Вперед! — диэн хамаанда улахан баҕайытык сатараата да, этэрээт үрүҥнэр суолларын чэрин үктэтэн субуруйбутунан барда. Кинилэр, бэлэм суолунан үктэтэн иһэр дьон, быдан түргэннэр. Хаарынан бүрүллүбүт убаҕас талахтардаах тыа саҕатыгар чугаһаан эрэр разведкаһыттары ситиэхчэ буоллулар.

        Эмискэ ньимийэн турбут тыа саҕата «киэр барыҥ!» диэбиттии сатарыы, үллэҥнии түстэ. Субуһан иһэр ыҥыыр аттаахтар, кинилэр кэннилэриттэн иһэр сыарҕалаахтар үрдүлэринэн, ойоҕосторунан хааҥҥа баҕалаах буулдьалар чыбырҕастылар, кэннилэринээҕи хаардаах хара мастарга түһэн табырҕастылар. Разведкаһыттар үһүөн аттарыттан эһиллэн хааллылар.

Бухалов, бэргэһэтин тэһэ ыттаран баран, ыҥыырыгар өрө мөхсө түстэ:

  • В цепь! Рассыпаться! — диэн хаһыытаат, хаарга ыстанан кэбистэ. Кини аттыгар баар буола түспүт сыарҕалаах бүлүмүөт ата, хас да буулдьаҕа тэҥҥэ табыллан, умса барда. Бухалов өлбүт ат кэннигэр түстэ. «Пулемет тоҕо ыппатый?» — дии санаата.
  • Огонь, мать твою!.. — күөмэйин муҥунан хаһыытаата.

Куда стрелять-то?! — пулеметчик эргичиҥнии олордо. — Никого не видно.

  • Туда! Туда стреляй, на х..! — маатыра киэнэ сүмэһиннээҕэ пулеметчик үрдүгэр кутулунна.

Соһуйбут, ыгылыйбыт байыастар тоҥуу хаарга мочоохтоһон, сыапка сытан бардылар. Кинилэр санааларыгар тыа саҕата бүтүннүүтэ уотунан уһуурар, титирэстиир, тэйиэккэлиир. Ол да буоллар, аҥаардарын кэриҥэ Сибиир ийэ хотун киэҥ иэнин тоҕо кэһэ сылдьан, маннааҕар буолуох уоту көрсүбүт дьон хамаанда кэлэрин кытта ыта-ыта, охто-охто ойон туран, тоҥуу хаары тоҕо кэһэн, иннилэрин диэки батыччахтаабытынан бардылар.

        Бу будулҕан ортотугар ким да хаҥас өттүлэрин көрөр кыаҕа да, өйө да суоҕа. Онно тыы- тыллыбакка сытар хаар үрдүнэн туох эрэ хара көстө түһээт, сүппүтэ, онтон иккис-үһүс харалар көстүтэлээбиттэрэ, эмиэ мэлис гыммыттара. Ким эмэ көрбүтэ эбитэ да буоллар, өлөр өлүүнү кытта мөккүһэ сылдьан ол харалары, арааһа, улахаҥҥа ууруо суоҕа эбитэ буолуо. Өлөр өлүү, өстөөхтөр кинилэр иннилэригэр эрэ бааллар этэ. Одоҥ-додоҥ «ураа» хаһыытаан ыла-ыла, кыһыллар тыа саҕатыгар кыра-кыратык чугаһаан истилэр.

      Эмискэ хаҥас өттүлэригэр саалар эстэн тиҥиргэстилэр. Буулдьаҕа табыллыбыт дьон ха- һыыта элбии түстэ. Бастакынан хаҥас кынакка испит убай-быраат Басовтар оҕуннулар. Кини- лэртэн туох иһин сэриилэһэҕит диэн ыйыталлара эбитэ буоллар, сирэй-сирэйдэрин көрсөн кэбиһээт, санныларын ыгдах гыннарыахтар этэ. Онтон убай Басов боччумуран уоһун чор- боҥнотон баран: «Революция иһин», — диэн хардарыа эбитэ буолуо. Кинилэр кэннилэриттэн охтубут Хороших ити ыйытыыга бытыгын имэринэн кэбиһэн баран, колчаковецтар хайдах ки- ни дэриэбинэтин уоттаабыттарын, доҕотторун ыйаталаабыттарын бэрт уһуннук кэпсиэх этэ. Ол бэйэтэ хаһан да кэлиэм, хаарын кэһиэм дии санаабатах Сахатын сирин тоҥуулаах хаарыгар чыпчылыйбат буолбут күөх харахтарынан кыырпах да саҕа былыта суох кыһыҥҥы халлааны үүттээн эрэрдии тобулу көрөн сытар.

     Дьоннорун ситээри бүлүмүөтүн кууспутунан сыап кэнниттэн сүүрбүтэ буолан өндөрөҥнөөбүт бүлүмүөччүк суостаах малын ыһыктан, сүүһүн тобулу ыттаран хаарга олоро түстэ, онтон уҥа

өттүгэр охтон, иҥиирин таттаран чиччигинииригэр бэргэһэтэ уһуллан хаалла. Сыап иннин диэки сыҕарыйара тохтоон, дьон хаарга сытыталаан бардылар. Икки өттүлэриттэн ыктаран, элбэх сүтүктэнэн ыксаабыт дьон билигин да көстүбэт өстөөхтөрүн манан буолуохтара диэн тосхол эрэ хоту ытыалыыллар. Бэйэлэрэ элбэх киһилэрэ өллө, бааһырда, онтон кинилэр өстөөхтөрүгэр төһө хоромньуну оҥорон эрэллэрин ким да билбэт.

      Бүтүннүү хаар буолбут илии бүлүмүөтүн ыраастаатахха эрэ үлэлииһи. Оттон ыраастыы сатыыр түгэн суох. Бухалов сибилигин аҕай мас кыыныгар уктубут маузерын сулбу таһыйан ылла.

  • Вперед, ребята! За мной! — бэстилиэттээх илиитин өрө туппутунан иннин хоту туох баар күүһүнэн дьүккүйдэ.

       Антах тыа саҕатыгар сытааччылар кыҥыы-кыҥыы ыталлар. Үгүстүк табаллар, аҕыйахта сыыһаллар. Кылгас баҕайы таба саҕынньаҕы кэтэ сылдьар уол баара бэстилиэтинэн далбаа- танар киһини бэркэ кичэйэн кыҥаата. «Наһаа да дьаһалымсыйар, арааһа, тойонноро быһыы- лаах», — дии санаата уонна чыыбыһын оргууй аҕай тарта.

      Бухалов туохха эрэ кэтиллибит киһи курдук чинэс гына түстэ, уотунан хаарыйбыт түөһүн тутта түстэ. Сирэ-халлаана түөрэҥнээтэ, эргийэн иэрэгэйдэнэн барда, онтон Москва таһынааҕы дьадаҥы дэриэбинэҕэ үөскээбит киһи түгэҕэ биллибэт түҥ хараҥаҕа ньим гынан хаалла.

  • Комиссар, командира убили! — чахчыта да өлөрүттэн олус куттаммыт, титирэстээбит куолас хаһыытаата. Караев бэйэтэ да бааһыран, эрэй бөҕөтүн көрө сытар. Хата, хаана тоҕо түһэн хаалбакка, тохтоон абыраата. «Манна сытан бары өлүөхпүт. Оргууй да буоллар, чугуйан көрбүт киһи», — дии санаата кини. Иннигэр чугас бороҥ хаатыҥка сытар, хамсыыр, ол аата тыыннаах. Байыас ытар быһыылаах, хаатыҥка дөрүн-дөрүн дьигис гынар. Ол хаатыҥкаҕа бэрт эрэйинэн сыыллан тиийдэ, иччитин атаҕыттан тардыалаата:
  • Передай по цепи. Отступаем. Раненых не оставлять, — диэтэ түҥ-таҥ бара сыһа-сыһа.

Эмискэ иннилэринээҕи тыа саҕатыгар саа тыаһа хойдон бап-бачыгырас үлүгэр буола түстэ.

—        Ону кытта тэбис-тэҥҥэ ыһыы-хаһыы, өлөр сары үтүгэн түгэҕинээҕи дүбдүргэн үлүгэрин төлө ох- сон кэбиспит курдук буолла. Бэрт убаҕас, одоҥ-додоҥ «ура» хаһыы иһиллитэлээн ылла. Ыраата-ыраата чугаһыыр ити тыаһы истэн, Караев сап-салҕалас буолбут төбөтүн өндөттө. Бачча тухары көстүбэккэ сытан ытыалаан алдьархай бөҕөтүн оҥорбут үрүҥнэр, дьэ, үллэҥнэһэ түстү- лэр, төттөрү-таары сырыстылар. Ону кытта хаҥас өттүлэринээҕи үрүҥнэр эмиэ уйаларыгар уу киирдэ быһыылаах, өрө мөхсүү элбээтэ. «Ити аата Боевтаах кэллэхтэрэ», — дии санаат, Караев өйүн сүтэрэн кэбистэ.

—      Тараастаах үрүҥнэр обуостарыгар ыга киирэн, ытыалаан түптэлээн бардылар. Тыа саҕатыгар сытааччылар күүппэтэхтэригэр түбэһэн, туох да утарсыыта суох умса-төннө түстүлэр. Обуоһу харабыллааччылартан, арай, Луха саатын биирдэ эстэ. Иккиһин ытаары гыммыта, саата эстибэтэ, ботуруона харан хаалбыт. Кини иннигэр бэрт урут, хаһан эрэ көрбүт уола күөрэс гына түстэ. Луха, саатын киэр илгээт, кыыныттан быһаҕын сулбу таһыйан ылла да, иирбиттии сарылаабытынан утары турар киһиэхэ ыстанна. Сонно кинини сиэмэх буулдьа тиэрэ охсон кэбистэ. Уолугун үүтүгэр түһэттэрбит саха биир үөрэхтээҕэ түүлээхтээх сыарҕа үрдүгэр баран түстэ.

     Бөрө Саҕынньах кыһыллар кэннилэриттэн саба түспүттэригэр, кыл түгэнин иһигэр уонча киһитэ кэккэттэн өлөн туораабытыгар ыксаата. Антах, үрэх үрдүгэр сытар Чугуун Ытыстаах, Соххор Суордаайылаах диэки чугуйарыгар эрэ тиийдэ.

—       Чугуйдубут! Үрэх үрдүн диэки! — диэн хаһыытаата. Ол эрээри өлөр өлүүттэн мүччү көтө сатыы сылдьар дьоно кини хаһыытын истибэт буолбут этилэр. Биир кэм төттөрү-таары булумахтаналлар, аттарын диэки кыһылларга утары ыстаналлар. Инньэ гынан Көстөкүүннээх дьоннорун диэки төрдүө эрэ буолан сүүрдүлэр. эмискэ Көстөкүүн буута ньир гына түстэ. Атаҕы- нан балай да кыанар буолан, тута охтубакка хас да хардыы туруйалаан тиийэн, төҥүргэс лөглөйөн олороругар быардыы баран түстэ. Ойон туруохтуу өндөс гынаары төҥүргэһин нөҥүө өттүгэр оҕунна. «Табылынным. Ыраатыа суохпут. Өлөрүүһүлэр… Өлөрдүннэр! Өлбүт ордук. Саатар, биир бассабыыгы анныбар баттаан өлбүт киһи. Нуучча түбэһэрэ буоллар», — дии санаата. Турар да кыаҕа суох сытан, олус холкутун сөҕө санаата. Ыһыктан кэбиспэккэ тута сылдьыбыт харабыынын эргичиҥнэтэн көрбүтэ, ботуруонун толорунан биэрдэ. Бэйэтиттэн өрүү араарбакка сылдьыбыт бадаайытын кыыныттан тыастаахтык сулбу тардан ылан төҥүргэһигэр батары оҕуста. «Тыыннаахтыы эрэ бэриниэм суоҕа», — дии саныы-саныы, эккирэтэн иһээччилэри кыҥаан барда. Оттон Көстөкүүн, суон мас кэннигэр туран, кинини кыҥаан эрэр киһини көрбөтө.

      Суордаайы дьонугар кимнээх эрэ кэннилэриттэн саба түһэн, алдьархайы оҥорбуттарын билээт, дьонун аҥаарын уонча киһини, илдьэ көмөҕө барда да, хаххаланыах айылаах сир суох буолан биэрдэ. Онон икки киһитин сонно мэлиттэрдэ. Аны эмискэ баар буолан хаалбыт кыһыллар тыа саҕатыттан ытыалаан барбыттарыгар үс киһитэ оҕунна. «Барыта бүппүт. Бүтээхтээбиппит. Куотуохха. Дьону мээнэ өлөттөрөр сыыһа». Суордаайылаах төттөрү ыстаннылар.

  • Чугуун! Куотуохха! Онно барыта бүппүт. Аттаргытыгар ойуҥ!
  • Тииҥнээйини сиэтилэр! — Чугуун Ытыс иирбит киһи курдук буолбут. Кини бастыҥ доҕорун өлөттөрөн, кырдьык да ииримтийбит быһыылааҕа. Эбиитин хас да киһи хаар үрдүгэр хамсаабат буолан сыталлар. Күһүҥҥүттэн быһа наар кыайыы өрөгөйүнэн кынаттанан сылдьыбыт киһи көрүүтүгэр олус ыарахан, отуорун алдьатар көстүү. Чугуун Ытыс салҕалас буолбут тарбахтарынан саатыгар ботуруон сиитэлээтэ, сонун саҕатыттан тардыалыы сатыыр Суордаайыны киэр аста уонна күөмэйин муҥунан хаһыытаабытынан ойон туран кыһыллар диэки ыстанна. Ып-ыраас сиргэ кини уонча хардыыны ситэ оҥоруо дуо, биэс-алта буулдьаҕа тэҥҥэ табыллан, даллах гыныытыгар саата туора эһилиннэ. Бэйэтэ тоҕо эрэ охтубакка иҥнэҥнии турбута. Онтон өссө биир хааҥҥа баҕалаах буулдьа тапта быыһыылаах, тиэрэ баран түстэ.
  • Үрэххэ! Үрэххэ киириҥ! Аттаргытыгар! — Суордаайы мээнэнэн көрө сылдьар дьонун сыыр аннын диэки эһитэлээтэ. Онуоха өйдөнөн, эмискэ суоһар быһыыга түбэһэн хаалбыт дьон үрэҕи былдьастылар. Суордаайы дьоно тэйэллэрин, кыһыллар чугаһыылларын кэтэһэн, хаары хаһан оннун оҥоһунна. Саатын өстөөхтөрүн диэки туһаайан сыппыта.

      Кыһыллар тоҕо эрэ куоппут үрүҥнэргэ кыһаллыбатылар. Өрө-таҥнары саамылаһан, баа- һырбыттарын бэрэбээскилээн, өлбүттэрин биир сиргэ мунньан аймалаһаллар, үрүҥнэртэн был- дьаабыт түүлээхтэрин сыымайдыыллар. Кинилэр да аҕыйаабыт, аҥаардарыттан ордуктара кэккэттэн туораабыт быһыылаах.

     Суордаайы тоҥуор диэри сытан баран, кэннинэн сыыллан үрэххэ түстэ. Кыһыллар кэлэл- лэригэр-кэлбэттэригэр, көрөллөрүгэр-көрбөттөрүгэр кыһаммакка, дьоно хайа диэки барбыт- тарын чинчийэн, төттөрү-таары тэпсэҥнээтэ. Ол кэннэ суолларын батыһан, сатыы үрэҕи өрө бара турда. Өр хаампата. Талахтар быыстарыттан кистээн дьырылаппытынан бэйэлээх бэйэтин ата үөрбүт-көппүт быһыынан өрүтэ дэгдэрэҥнээн тахсан кэллэ. Сып-сымнаҕас боллоругунан иччитин тыбыс-тымныы иэдэһин хабыалаабыта буолла. Суордаайы этин сааһынан туох эрэ дьикти сылаас сайан киирдэ, сүрэҕэ күүскэ тэбиэлээн ылла. Борбуйун уйуоҕуттан киэҥ нэлэмэн тайҕаны уһаты-туора хаампыт, хааннаах болот кылаан биитин өрө салаан, Илбис Кыыһын кытта эҥэрдэспит, өлөрү-тиллэри утуйар уутугар холообут, этэ тардар диэни умнубут Соххор Суордаайы атын моонньуттан кууһан, санна дьигиҥнээн, уоһа ибирдээн, ытыы турда.

      Уһун маҥан ырбаахылаах хап-хара аанньаллар кыыһырсан, охсуһан барыах курдук далбаа- таһаллар, олус ыксаан, тохтообокко ханна эрэ сырыс да сырыс буолаллар. Таҥара күлүгүнэн сирэйин хаххаламмыт, кыһыл көмүс ырыыһалаах Хахаарын аҕабыыт куолаһын оҥосто-оҥосто ыллаан көөҕүнүүрэ иһиллэр. Кып-кыһыл муруннаах дьаахан лаадан сытын абааһы көрөн, сирэйин араастаан тутта-тутта, хадьыыланы хамсатан холурҕатар. Ньукуола таҥаратын дьиэтин улахан куолакалын охсон лоҥкунатар тыастара иһиллэр.

      Караев, ити курдук түҥ-таҥ бара-бара, өйдөнөн кэлэр. Ол кэмҥэ кимнээх эрэ аттыгар кэлэн туран, тугу эрэ ботугураһалларын истэр. Оччоҕо үрүҥнэргэ түбэстэҕим дуу дии санаан

ылар. Барыта күһүҥҥү туман саба бүрүүкээбитин курдук.

      Хаста-хаста өйүн сүтэрэ-сүтэрэ өйдөммүтэ буолла? Хараҕын аспыта хаардаах тииттэр лабаалара адаарыспытынан кэннин диэки сырсаллар. Суол очуругар оҕустарбыт сыарҕа «лик» гына түстэҕин аайы, бааһырбыт түөһэ ким эрэ тимир балтанан охсорун курдук «ньир» гынар. Хатан хаалбыт күөмэйин оҥосто сатаан силин ыйыстан көрөр да, силэ да суох буола айаҕа хатан хаалбыт. «Ханна баран эрэрбит буолла? Билиэн түбэспэтим ини, биһиги кыайбыппыт быһыылаах этэ», — дии саныыр.

  • Товарищ комиссар, — ким эрэ сэрэммит саҥата иһилиннэ. Этэрээт биэлсэрэ уол үөрбүт ыйаастыгас харахтара чаҕылыһан көһүннүлэр.
  • Бухаловы ыҥыр, — Караев бэйэтин саҥатын бэйэтэ нэһиилэ иһиттэ.
  • Тараса зови, — биэссэр уол кимиэхэ эрэ этэрэ иһилиннэ.
  • Товарищ комиссар, хайдаххыный? — Тараас сыарҕаҕа олорсо түстэ.
  • Бухалов?
  • Бухалов суох. Боев эмиэ суох. Биһиги төннөн иһэбит. Бирикээһи толордубут.
  • Төһө элбэх бааһырбыт баарый?
  • Элбэх. Уонтан тахса киһи.
  • Бухалов хан… — Караев командира буулдьаҕа табыллан охтубутун өйдүү түстэ. — Боев эмиэ дуо?
  • Боев эмиэ. Көспүт ыаллар балаҕаннарыгар тоһуур баар этэ

                Түүлээх?

  • Түүлээҕи былдьаабыппыт.
  • Өлбүттэр?
  • Сүүрбэ киһи…
  • Үрүҥнэр?
  • Уонча киһи ордон күрээтилэр.
  • Сирдьиттэрэ?
  • Сирдьиттэрин туппуппут. Утарыласпатаҕа. Кинини эрэ тыыннаахтыы туттубут.
  • Босхолооруҥ. Якутскайга кинини ким да аһыныа суоҕа. Ытан кэбиһиэхтэрэ. Дьадаҥы ки- һи. Били, билиэннэйдэри эмиэ.
  • Ол икки киһиттэн биирдэрэ үрүҥнэр бэйэлэрин буулдьаларыгар табыллан             өлбүтэ.

Биирдэрэ эрэ баар. Босхолуохпут. Сотору ыалга тиийиэхтээхпит. Киэһэ буолан эрэр. Хонон ааһыахпыт. Бэриэтчиттэрбит тиийбиттэрэ буолуо.

  • Хорошо, — Караев сылайан атын сир диэки хайыста. Хараҕар хаардаах, мэник уолаттары санатар, ол эрээри билиҥҥи кэмҥэ олус кутталлаах хойуу талахтар элэҥнэһэллэр. Этэрээт тэпсиллибит, чиҥээбит суолунан сыыдамнык айаннаан истэ. Халлаан борук-соруга баһыйан, арҕаа саҕах өһөх хаан өҥүнэн хойуутук кыыһан барда. Аар Тайҕа бэйэтин киэҥ ньуурун үрдүгэр охтубуттары аһынан ытыыр курдук биир күдьүс суугунуу турда.

Ханна эрэ ыраах соҕотох саа тыаһа эстэн, тыа баһын сатарытта.

Таатта, Хара Алдан

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар