Сытыытык, чопчутук ханалытан этэр прозаик

(Анатолий Слепцов кэпсээннэрин кэрэхсээтэххэ)

Таатта улууһунааҕы «Араҥас сулус» литературнай түмсүү кыттыылааҕыттан Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнигэр тиийэ үүммүт прозаик Анатолий Игнатьевич Слепцов тэттик кэпсээннэрин хайдах ылыммыппын тиэрдэргэ, санаабын үллэстэргэ холонуом.

Ааптар икки тылы дэгиттэр туттар ураты дьоҕурунан, айымньыларыгар уопсастыба, аныгы кэм даҕаны тирээн турар кыһалҕаларын кырдьыктаахтык бэрт дьоҕус киэп иһигэр киллэрэн киһини итэҕэтэр, толкуйдатар гына ойуулуурунан ааҕааччы интэриэһин тардар. Кэпсээннэр эрдэ этэн аһарбыппыт курдук, дьоҕус кээмэйдээхтэр, бүгүҥҥү үгүс ааҕааччы ирдэбилигэр сөп түбэһэллэр. Ол эрээри ону ааҕааччыга сөп түбэһэ сатааһын курдук буолбакка, ааптар бэйэтин ураты суруйар истиилин курдук сыаналыыбын. Тэттик кэпсээни суруйуу ааптартан талааны таһынан адьас ураты сатабыллары эрэйэр – табыллыбатаҕына айымньы ис хоһоонун сатаан тиэрдибэккэ, татымсытан да кэбиһиэххэ сөп. Оттон Анатолий Игнатьевич айымньыларын ис хоһооно, тас киэбэ даҕаны бэркэ дьүөрэлэһэллэр дии саныыбын. Тыл ис хоһоонун, араас дэгэтин өйдүүр, айар-тутар үнүстүрүмүөн быһыытынан толору баһылаабыт (нууччалыы «внимать слову» диэн өйдөбүлү тутталлар) эрэ киһи маннык  айымньылары суруйуон сөп дии саныыбын.

Ааптар айымньыларын тиэмэ өттүнэн көрөр буоллахха, үксүлэрэ дойдубут ханнык баҕарар кэминээҕи устуоруйатын чахчыларын: репрессия ыар сылларын, Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриини, чугастааҕы кэмтэн Чечня сэриитин кытта ситимнээх уонна бастатан туран сиэр-майгы, олох дьиҥ сыаннастарын анаарыыга туһуланаллар. Тэттик кэпсээннэрин притчаларга майгыннаттым (притча – это малый поучительный рассказ в дидактико-иносказательном жанре). Ааптар олус сытыытык, чопчу тылынан ханалытан бэрт сэргэх түгэннэри сэһэргиирэ киһи кутун-сүрүн долгутар.

Кэпсээннэр ордук улаатан эрэр ыччат дьоҥҥо олус наадалаах буолуохтара. Эдэр киһи бэйэтин, тулалыыр эйгэтин туһунан толкуйдуур, мунар-тэнэр кэмигэр бу кэпсээннэр эркээйи буолаллара чахчы. Биһиги көлүөнэ үксүбүт нуучча классиктарын таһынан Джек Лондон, Майн Рид, Фенимор Купер, Этель Лилиан Войнич айымньыларын геройдарын тумус туттан, ону холобур оҥостон киһи быһыытынан иитиллэн таҕыстахпыт. Чингиз Айтматов, Гавриил Троепольскай, Анатолий Алексин, Анатолий Приставкин айымньылара ааҕааччы дууһатын, өйүн-санаатын төһөлөөх аймаабыттарын, түмүгэр «эмтээбиттэрин», геройдара олоххо сирдьит сулус буолбуттарын этэ да барбаппын… Анатолий Слепцов кэпсээннэрэ үксүлэрэ эмиэ оннук айылгылаахтар диэн сөҕө-астына ааҕабын. Оттон аныгы көлүөнэ ыччакка ааҕыыны сэҥээрэригэр бэйэтин кэмин киһитин айымньылара ордук чугас буолалларыгар саарбахтаабаппын… Тэттик кэпсээннэрэ (притчалара, хомойуох иһин, чопчу тылбааһы булбатым) оҕону, эдэр киһини толкуйдатарга, дьон сигилитин ырыта үөрэнэригэр, санаатын сааһыланарыгар, сорох түгэҥҥэ ааптары кытта сөпсөспөккө, мөккүһэн да ыларыгар олус табыллыбыттар диэн тоһоҕолоон бэлиэтиэххэ сөп. Кэпсээннэр киһи ис туругун кэтэнэн көрөрүгэр, бэйэтин тус сыаннастарын таларыгар кыах биэриэхтэрэ. Бу кэпсээннэри ойуччу тутан, хомуурунньук оҥорон, оскуола программатыгар киллэрэр буоллар, оҕону ааҕыыга көҕүлүүргэ тирэх буоларын саарбахтаабаппын.

Хомуурунньук «Боруолба» диэн кэпсээнтэн  саҕаламмыта мээнэҕэ буолбатах. Хас биирдии киһи бэйэтэ «Боруолбалаах», онтон тирэҕирэн, силис-мутук тардан үүнэр-сайдар, олох олорор. Бу бэрт кылгас кэпсээн олус дириҥ ис хоһоонноох, билиҥҥи олорор кэммит саамай сытыы проблемаларын таарыйар, ааҕааччыны толкуйдатар айымньы. Төрөөбүт дойдуга таптал хас биирдиибитигэр, кырдьык, кыыһар кыһыл былаахтан саҕаламматаҕа, кимиэхэ эрэ саах сыбахтаах балаҕантан, түптэ күөх буруота унаарыйбыт сайылыгыттан, кимиэхэ эрэ сүүһүнэн чыпчыҥныыр сулустаах халлааны одуулаан, чуумпуран турбут өрүс туруору биэрэгиттэн, оттон, холобур, миэхэ – бааһына сыыс отуттан… Мин «Боруолбам» онно этэ: муоралыы долгуйар бурдуктаах бааһынаҕа, кытыыга кыбыллан үүммүт тэһиччи көрбүт сыыс от сибэккитин сөҕө көрбүт сирбэр.

Аныгы дьалхааннаах кэм сабыдыала сир-уот туругар көстөрө хас биирдиибитин долгутар, сыыйа аат-суол судургутуйан, урукку умнуллан иһэрэ дьиксиннэрэр, маны таһынан  оҕо аймах дьоллоох, чугдаархай күлүүтүнэн толору дьоллоох биэрэги бүгүҥҥү Боруолба хобдох хартыыната солбуйбута, толкуйдаатахха, элбэҕи кэпсиир.

«Лимбо» диэн кылгас кэпсээҥҥэ тохтоотоххо – арыйар тиэмэтинэн, тутулунан киһи болҕомтотун тардар айымньы. Бу дьоҕус айымньы тутулунан дьон кэпсэтиитин тиэрдии курдук, улахан быһаарыы эҥин суох, ол эрээри онно кэпсэниллэр түгэн ханна, хаһан, хайдах буолара тута сэрэйиллэр. Оскуо­ла­ны саҥа бүтэрбит эдэркээн оҕолор барахсаттар дьылҕалара – чахчы, баар буоллаҕына, таҥара илиитигэр. Ол эрээри бу кир–хах сыстыбатах, ыраас, саҥардыы олох олорон эрэр оҕолор суоллара биир сиргэ тиэрдэр, бэйэлэрэ этэллэрин, курдук хаптаҕай, томтоҕор сирэйдэриттэн тутулуга суох – аат айаҕар… Салгыы, ааҕааччы, бэйэҥ толкуйдуургар кыах бэриллэр…

Ааптар айымньыларын биир уратытынан ааҕааччытыгар бэйэтин санаатын соҥнообокко, көҥүл биэрэн, салгыы толкуйдууругар кыах биэрэрэ буолар дии саныыбын.

Анатолий Игнатьевич бэйэтэ эмчит буоларын быһыытынан үлэтин ымпыгын-чымпыгын, аһыытын-ньулуунун, ураты ыарахан эппиэтинэс буоларын, үрүҥ-хара өрүтүн итэҕэтиилээхтик ойуулуур.

Дьиэ кэргэҥҥэ, төрөппүт оҕолоругар ситэри тиэрдиллибэтэх болҕомтото, түмүгэр оҕо соҕотохсуйуута – бүгүҥҥү күҥҥэ саамай сытыытык турар кыһалҕабыт. Тапталы толору билбэтэх оҕо улуу бөлүһүөктэр, уйулҕа үөрэхтээхтэрэ да этэллэринэн, сатаан таптыы үөрэммэт. «Чэрдээх эрбэх» кэпсээн дьоруойа оҕо барахсан дьоно үлэлэриттэн кэлэллэрин күүтэр, оҕолуу ааспыт кэмин, бүгүҥҥү күнүн ырыҥалыыр. Кини тылыттан дьол түгэнин формулата суруллар, уруһууйдаабытын курдук: «аттыгар ийэтэ уонна хонуктаах уһуйааҥҥа барбыт быраата бааллар, оттон дьыбааҥҥа аҕата утуйа сытар». Ол аата, бүгүн барыта этэҥҥэ, ким да суһал көмөҕө наадыйбат, чугас дьонуҥ аттыгар… Дьол…

«Туолбатах ыра санаа…» айымньыга бу санаа ситимэ салҕанар. Ону эпиграбы аахтаххытына тута өйдүөххүт: «Мы вовсе не врачи – мы боль» (А.И. Герцен, 1812–1870) – бу уустук  идэни талааччы ис туруга, кини оспот, бүппэт дууһатын ыарыыта-кыланыыта.

Сэрии алдьархайын, ааспыт умнуллубат хабархай амтанын сэһэргиир икки кэпсээн – «Самогонщик» уонна «Баас» ураты чаҕылхайдар, киһи дууһатын саамай кистэлэҥ кылын таарыйаллар диэн сыаналыахха сөп. Ааҕааччы миигин кытта толору сөбүлэһиэ дии саныыбын, үчүгэй ырыаттан тыл сатаан көҕүрээбэтин курдук, барыта судургу, чопчу.

Дойдубут олорон ааспыт историятын, үгүс абалаах-саталаах, хомолтолоох да түгэннэрин сэһэргиир айымньыларга болҕомто уурарбыт олус суолталаах. «Таатталар», «88910» кэпсээннэргэ ол уустук кэм кырдьыктаахтык, итэҕэтиилээхтик ойууламмыт. Кулууп кэтэҕэр, бүөм сиргэ турар пааматынньыгы соччо ис хоһоонун өйдөөбөтөр даҕаны, ытыктыы көрөн улааппыт уончалаах уолчаан дьулаан хартыына туоһута буолар. Биир үтүө күн пааматынньыгын бортобуой массыына үрдүгэр моонньуттан муомахтыы быанан сөрүү тардан тиэйбиттэрин уолуйа көрөр, үгүс сыл кэнниттэн улуу киһибит бүүһэ төрөөбүт алааһыгар эмиэ бүөм сиргэ турарыттан бүтэйдии үөрбүт санаатын үллэстэр. Бүтүн норуот алдьархайа оҕо толкуйунан сыаналаммыта айымньы ис хоһоонун ордук сытыырхатар.

Анатолий Слепцов айымньыларын биир сүрүн уратытынан эпиграбы хото туттарын ааттыахха сөп. Эпиграф бастакы суолтата – мэҥэ тааска сурук. Иккиһинэн, айымньы иннигэр суруллар бэргэн этии, хос быһаарыы. Эпиграфтары биһиги классик суруйааччыларбыт үгүстүк тутталларын билэбит. Александр Пушкин «Капитанская дочка» сэһэнигэр хас баһын аайы эпиграфтааҕын өйдүүр уонна ис хоһоону ырытыыга ураты суолталааҕын өйтөн суруйууну суруйбут дьон бэркэ өйдүүр буолуохтаахтар. Литература айымньыларын ырытыы холобурдарыттан бу кылгас бэргэн этиилэри туттуу сыалын-соругун эмиэ билэбит. Бастакытынан, эппиппит курдук, айымньы ис хоһоонун сүрүн санаатын чуолкайдаан, дириҥэтэн биэрэргэ анаан туттуллар. Аны биир курдук эпиграф аныгы суруйааччыларга ааҕааччыны кытта сэһэргэһэн, кини тус толкуйун уһугуннарарга, айымньыга этиллибит санаа тула сэһэргэһиигэ ыҥырар сыаллаах туттуллар.

Эпиграфтар ылыллыбыт айымньыларыттан көрдөххө, суруйааччы араас кэм, араас ааптардар айым­ньыларын биир тэҥник тутан сэҥээрэрин, таба туттарын санатар тоҕоостоох.

«Боруолба» дьоҕус айымньы иннигэр кабардин омук сагатыттан быһа тардыы: «Ты когда-нибудь видела гнездо орла?.. Четыре ветра продувает его…» диэн этии киирбит. Бу аҕыйах бэргэн этии айымньы ис-хоһоонун өссө дириҥэтэн, кэҥэтэн биэрэр, бэрт тэттик айымньы улахан кыһалҕа туһунан кэпсиирин ааҕааччыга санатар. Бу этииттэн сылтаан төрөөбүт дойдуга таптал, патриоттыы тыын иитиллэр эйгэтин туһунан да толкуйдуохха сөп, норуот дириҥ силистээх-мутуктаах «култуура» диэн ааттыыр эйгэтэ аныгы олох сиэринэн кэһиллэрин, уларыйарын ааптар мээнэҕэ санаппат. Мин санаабар, эпиграф Аҕа дойдуга бэриниилээх буолуу, үгэһи тутуһуу тылга эрэ буолбакка, ис куттарыгар баар омук айымньытыттан ылыллыбыта эмиэ тус суолталаах. Онон эпиграф бу айымньы кээмэйиттэн таһыччы улахан толкуйга тиэрдэрин санатар диэтэхпинэ, арааһа, бары сөбүлэһэргит буолуо.

«Суорҕан» кэпсээҥҥэ эпиграф быһыытынан: «Хас биирдии быраас туспа кылабыыһалаах» диэн этии туттуллубут. Кэпсээн тутулунан үс тэттик тус-туспа лоскуйтан турар. Саамай күүрээннээх миэстэтэ ортоку лоскуйга түбэһэр. Быраас – таҥара буолбатах, кини барыбыт курдук боростуой киһи, талан ылбыт идэтинэн бэйэтин анаммыт үлэтин, иэһин сөптөөхтүк толорор да түгэнигэр, хайдах да барыта үтүөнэн түмүктэммэт, «саптар суорҕан ыйааһына барыларыгар тэҥ буолуохтааҕын» туһунан толкуйдуур аҕыйах. Хас биирдии ыарыһах бырааска биир түгэн курдук ааһан хаалбакка, үйэтин тухары «төлөрүйбэт адаҕа» буоларын, хомойуох иһин, үгүспүт өйдөөбөппүт. Учуутал идэтин талбыт киһиэхэ эмиэ оннук. Оҕо табыллыбатах дьылҕатын, киһи быһыытынан хайдах сиэрдээх-майгылаах киһи буолбутун – эн тус бэйэҥ үлэҥ түмүгүҥ курдук ылынарыҥ үгүс.

Киһи хантан

Күүс ылар?

Күнтэн,

Сиртэн,

Салгынтан.

Дьонтон, үтүө сыһыантан.

Итэҕэлтэн,

Эрэлтэн.

Уҕараабат тапталтан…

Баҕар буолуо, баара суоҕа,

Күлүм гынаат сүтэн хаалар

Дьол туттарбат кыымыттан…

«Өрөбүл күн»… кэпсээҥҥэ Арылы Дуйдаах–Мария Алексеева олус чопчу, судургу тыллаах, дириҥ ис хоһоонноох айымньытын строкалара эпиграф буолбуттар. Устудьуон уолчаан олох диэн уустугун, хараҥа өрүтэ элбэҕин, чугас дьон сыһыана хаҕыһын, өлүүнү илэ хараҕынан балыыһаҕа түүҥҥү дьуһуурустубаҕа көрөн кэлбит буолан, автобуска олорор бэһиэлэй хампаанньаны сэҥээрбэтэх түгэнэ ойууланар. Бэрт кылгас кэм иһигэр кини санаата, ис туруга тосту уларыйар. Билигин аҕай дьон үтүө сыһыаныгар, майгытыгар итэҕэйбэт буолбут, мунаарбыт, мунчаарбыт санаатын икки баттык маһы ороон таһаарбыт уол, гитараны  кыбыммыт кыысчаан, баралыыстаабыт доҕорун сүкпүтүнэн автобустан тахсыбыт бэһиэлэй уол сонно симэлитэллэр. «Дьоллоох дьон» диэн хартыына үйэтин тухары олоҕун биир саамай чаҕылхай түгэнэ буолан дууһатын биир муннугар уйаланыа. Олоххо барыта баар – кини кыра-кыра лоскуйдартан оҕуруолуу тиһиллэр, киртэн-хахтан, хомолтоттон эрэ буолбатах, кини өссө тиһиллэр «күлүм гынаат сүтэн хаалар дьол туттарбат кыымыттан…

«Лимбо» кэпсээҥҥэ эпиграф быһыытынан ааптар тыл суолтатын  быһааран биэрбит биир этиитэ туттуллар. Ол гынан баран кэпсээн бүтэһик устуруокаларын «кыһыл кыраасканан, хаанынан дуу» «ДОБРО ПОЖАЛОВАТЬ В АД» диэн истиэнэҕэ суруллубут этиини кытта инники этиллибити холбуу туттаххына, айымньы сүрүн идеята ырылыччы көстөн кэлэр. Билигин аҕай уолаттар сытыы тылларыттан үөрэн мичээрдии олорбутуҥ симэлийэн, эдэркээн оҕолор дьылҕалара хайдах салаллыай диэн долгуйуунан солбуллар…

Анатолий Слепцов суруйааччы быһыытынан үгүс сүгүрүйээччилээх буоларыгар төрүт саарбахтаабаппын. Талаана кустук араас өҥүнэн чаҕылыҥныы оонньоотун, айар аартык саҥа саҕахтара арылла турдуннар.

Галина Неустроева (Тыа Киһитэ)

«Чолбон» 1-кы №-рэ, 2020

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар