Суруктаах хайа – Сиинэ ытык хайата

Ол суорба очумаас тааһыгар

Былыргы киһи суруйбут,

Мындыр илии соһо тааһынан Ийэ сир тапталын туойбут.

Семен Данилов.

Саха сиригэр Суруктаах хайалары, ойуулаах-бичиктээх очуостары аан бастакынан сурукка киллэрбит, бастакы научнай сабаҕалааһыннары оҥорбут дьоннорунан Саха сиригэр сыылкаҕа кэлбит Сибиряковскай экспедиция кыттыылаахтара буолаллар. Ол курдук Г.Ф. Миллер, Д.А. Клеменц, Н.А. Виташевскай, И.И. Майнов, М.П. Овчинников уо.д.а. төрүт олохтоохтор көмөлөрүнэн Суруктаах хайаларга сыһыаннаах бастакы сибидиэнньэлэри хомуйбуттара уонна олору түмэн, оччотооҕу бэчээккэ бэйэлэрин көрүүлэрин туһунан ыстатыйалары суруйбуттара. Туох да диэбит иһин Суруктаах хайалары бастакы чинчийээччилэр Уһук Хотугу дойду историятын чинчийиигэ, үөрэтиигэ өлбөт-сүппэт, өлбөөдүйбэт өҥөлөөхтөр. Төһө да чинчийии методикатын өттүнэн билиҥҥи ирдэбилгэ ырааҕынан эппиэттээбэтин иннигэр, бастакы чинчийээччилэр суруйан хаалларбыт үлэлэрэ этнографическай өттүнэн дириҥ ис хоһоонноохтор. Ол курдук кинилэр көннөрү, харах көрүүтүнэн (глазомерная зарисовка) үтүгүннэрэн уруһуйдаан ылыыны киэҥник туттубуттара. Хас биирдии ойуу, тааска уруһуй, метрическэй кээмэйдэрин харах холооһунунан көрөн суруйаллара. Билиҥҥи курдук хас биирдии ойуу топографическай былааныгар географическай координаттарын ыйан туран хонуутааҕы сиһилии чинчийии ситэ-хото оҥоһуллубат этэ. Оттон Суруктаах хайа ойууларын хаартыскаҕа түһэрии олус сэдэхтик туттуллара. Үксүн олохтоохтор кэпсээннэриттэн сирдэтэн уопсай барылын суруйа сатыыллара. Олор Суруктаах хайалар ойууларын чинчийии историятыгар кэккэ мунаахсыйыыны үөскэтэрэ. Саха сиригэр Суруктаах хайалар петроглифтарын чинчийии уонна үөрэтии историятын учуонайдар үс суол кэрдиис кэмҥэ араараллар: 1880-1916 сс. улахан систиэмэтэ суох уопсай былаанынан үөрэтиллэн методика өттүнэн ситэтэ суохтар этилэр; онтон 1917-1938 сс. арыый научнай хабааннаахтык көрөн биирдиилээн историк археологтарынан үөрэтиллибиттэрэ. Ол эрээри бэчээттэнии өттүгэр улахан күчүмэҕэйдэри көрсүбүттэрэ. Үһүс түһүмэх 1939 сылтан саҕаланан баран билиҥҥи кэми хабар. Ол курдук ССРС Наукаларын Академиятыгар бас бэринэн археологическай экспедициялар, Саха государственнай университетын иһинэн тэриллибит орто Өлүөнэтээҕи археологическай- этнографическай экспедиция (1981) кэккэ сылларга Лена, Алдан, Амма, Мая, Өлүөхүмэ, Токко, Индигирка, Өлөөн уонна Сиинэ үрэхтэргэ үлэлээн дьоһун суолталаах тааска ойуулары-бичиктэри (петроглифтары) арыйбыттара.

Саха сиригэр көстүбүт Суруктаах хайалары ойуулаах-бичиктээх очуостары үксүн кэриэтин СГУ урукку доцена, профессор, археология уонна этнография музейын директора Н.Н. Кочмар өр сылларга дьаныһан туран утумнаахтык чинчийбитэ. Ол түмүгэр уһун унньуктаах, сындалҕаннаах археологическай экспедицияларга сылдьыбыт научнай үлэлэрин түмэн «Писаницы Якутии» 1994 сыллаахха Новосибирскайга бэчээттэмит дьоһуннаах монографияны суруйан хаалларбыта. Кини бэйэтин кэмигэр бүтүн Сибииргэ тарбахха баттанар профессионал-археолог учуонай этэ. Хомойуох иһин саха биллиилээх археолога Н.Н. Кочмар биһиги ортобутугар билигин суох. Саха сирин ойуулаах-бичиктээх очуостарын (петроглифтар) СГУ (билигин ХИФУ 1969 сылтан саҕалаан анал археологическай экспедициялары тэрийэн былааннаахтык чинчийэр уонна түмэр үлэлэри ыытар. Сиинэ аатырар Суруктаах хайатын аан бастаан Саха сиригэр биллибит краевед А.А. Саввин чинчийэн турар (1939 с.). Кини кэнниттэн үс түһүмэхтээн Н.Д. Архипов, Е.И. Михайлова уонна Н.Н. Кочмар чинчийбиттэрэ биллэр. Ол туһунан мантан аллара сиһилии соҕус сырдатыллыаҕа.

А.А. Саввин диэн кимий? Кини П.А. Ойуунускай төрүттээбит-салайбыт литература уонна култуура институтугар үлэлиир кэмигэр Бүлүү өрүһүн умнаһынан Сэһэн Бололуун кэлин уһук хоту Дьааҥы, Аллайыаха, Абый, Кэбээйи түөлбэлэринэн, киин оройуоннарынан сыралаах уһун айаҥҥа сылдьан былыргыны үчүгэйдик билэр сэһэнньиттэртэн, олоҥхоһуттартан, тойуксуттартан тыыннаахтарыгар баттаһа, сыаната биллибэт духовнай баайы суруйан хаалларбыта.

А.А. Саввин туһунан Г.У. Эргис: «Рукописное наследство А.А. Саввина представляет большой интерес для лиц, изучающих устное творчество, старый быт и культуру якутов», — диэн үрдүктүк сыаналаабыта. А.А. Саввин сэмэй аата «Ученые-исследователи Института языка и литературы и истории» диэн библиографическай справочникка киирбитэ. (Якутск, 1995, с. 188).

«ОЛ СУОРБА ОЧУМААС ТААҺЫГАР…»

Саха норуотун талба талааннаах лирик поэта Семен Данилов биир дойдулааҕар, үөлээннээҕэр П.Е. Агеевка анаабыт «Оппуоха Хайа» диэн хоһоонугар былыр-былыргыттан аакка-суолга, үһүйээҥҥэ киирбит Суруктаах хайа уустаан ураннаан ойууланар. Бу анабыл хоһоон хаһан, төһөҕө суруллубутун туһунан Прокопий Егорович маннык эппитэ баар: «Миэхэ, 1967 сыллаахха тахсыбыт хоһооннор, поэмалар диэн кинигэтин бэлэхтээбитэ. Онно суруйбута «Бу кинигэҕэ хоһуллубут биир геройбар, доҕорбор, уолбар Борокуоппай Дьөгүөрэбискэ, кини кэргэнигэр уонна оҕолоругар дьолу-соргуну баҕаран туран бэлэхтиибин.

Уруйу кытта Сэмэн.

3М-1967 с.

Дьокуускай куорат.»

Суруктаах хайа — Сиинэ ытык сирэ. Бу соһо ойуулаах хайа Маатта төрдүттэн түөрт биэрэстэ холобурдаах сиргэ, Сиинэ хаҥас биэрэгэр үрэҕи өҥөйөн, саба барыйан турар.

Сиинэ уҥуоргу өттүттэн Сүлүгэй диэн ааттаах таас үрэх сүүрдэн киирэр. Ол иһин бу сир былыргыттан Сүлүгэй быһыта диэн аатынан биллэр. Мытаах кырдьаҕас олохтоохторо Суруктаах хайаны сороҕор ханарытан Сүлүгэй хайата диэн ааттааччылар. Суруктаах хайаттан саҕалаан инньэ Синскэйгэ диэри Сиинэ уҥа-хаҥас биэрэктэрэ остуолба таастанан быста- быста уһун субурҕа очуостанан бараллар. Тоҕо диэтэххэ, Сиинэ орто уонна алын сүүрүгүнэн былыргы кембрийскэй хайа боруодаларыттан дьапталлан үөскээбит Приленскэйдээҕи платонан хайа сүүрдэн ааһар буолан, Сиинэ аллараа сүүрүгүнэн 70-90 м үрдүктээх остуолба хайалар үөскээбиттэр эбит. Хаҥалас олохтоохторо кэпсииллэринэн Сиинэ остуолбаларын сорох очуостара «Ыллыыр хайалар» диэн бэргэнник ааттаммыттар.

Плато диэн хаптаҕай эбэтэр долгуннуран көстөр, мөлтөхтүк быһытталаммыт муора таһымыттан улаханнык үрдээн көстөр дэхси сир. Биһиги улууспут сирэ-уота Приленскэй платонан тайаан сытар буолан Хайалаах улуус диэн саамай сөпкө ааттаммыт эбит. Кырдьык улууска халлааҥҥа харбаһар хайа суоҕун иһин, Саха сирин киин дэхси сиригэр соҕотох физико- географическай ааттаах улуус буолар.

Суруктаах хайа туруору, киһи хантайан көрөр очуос сирэйигэр, аата биллибэт былыргы худуоһунньук соһо кыраасканан тугу эрэ ааҕан- суоттаан, хаҥастан уҥа киһи сөмүйэтин саҕа суоннаах сурааһыннары туруору тардан субуруппут.

Ол суорба очумаас тааһыгар

Былыргы киһи суруйбут,

Мындыр илии соһо тааһынан

Ийэ сир тапталын туойбут.

«Оппуоха Хайа».

Бастакы ойууга улахан модьу-таҕа көрүҥнээх икки киһи таһааларын омооно харахха тута быраҕыллар. Өйдөөн-дьүүллээн көрдөххө биирдии илиилэригэр ох саа курдугу анаабыллаан тутан турар курдуктар.

Уонна ол ойуу ортотугар

Охтоох бэйэтин туруорбут…

Ол оҥоһуу үгүс сылларга

Өлбөт аат буолан турбут.

Икки сиргэ кириэскэ маарынныыр туора-маары бэлиэлэр көстөллөр. Кириэс эбэтэр «тэҥ туора» — күн бэлиэтэ буолар. Бу кылгас сурааһыннары, кириэстэри Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нууччалар кэлиэхтэрин иннинээҕи саха олоҕо» диэн дьоһуннаах кинигэтигэр киллэрбит сахалар ахсааны бэлиэтиир ньымалара диэн ааттаабыта. Атын ойууга дьарамай көҥдөй түөстээх икки киһи сиргэ атахтарын ахчаччы тирэнэн тураллар. Толорута суох киһи тарбаҕын сараадыппытын курдук киһи ытыһын саҕа ойуу омооно чуолкайдык көстөр. Ол аттыгар ортотугар кириэстээх киһи уҥуоҕар маарынныыр ойуу баара киһини толкуйдатар моһуоннаах. Сиинэ аатырар Суруктаах хайатыгар биһиги баай хара тыабыт аарыма кыыла тайах кытта ойууламмыт бадахтаах. Тайах ойуута Горнай улууһун дьаралыгар ойууламмыта түбэһиэхчэ буолбатах. Туох барыта сибээстээх. Сорох ойуулар дьыл-хонук уһун сыллаах өксүөнүн, хаар-самыыр суурайыытын тулуйбакка алдьанан- кээһэнэн, көөрөнөн суох буолбуттар. Бу наукаҕа суолталаах соһо ойуулар түҥ былыргылара бэрт буолан чуолкайдык көстүбэттэр.

Хоһуйбут уустук ойуунан

Хол дойдутун барҕа баайын

Тайах туһунан, таба туһунан,

Куһу-хааһы барытын ааҕан.

Суруктаах хайа ордон хаалбыт түҥ былыргы ойууларын дьиҥ ис хоһоонун, хаһан, кимнээх, тоҕо уруһуйдаабыттарын таба таайар уустук суол. Бука чинчийбит, анаан үөрэппит археолог учуонайдар ис хоһоонун төрдүн-төбөтүн билэн-көрөн эрдэхтэрэ. Биһиги көннөрү боростуой ойуу курдук күдээринэ көрөбүт. Тааска маннык хабааннаах ойуулар улахан научнай суолталаахтар. Биллэрин курдук, аан дойдуга барытыгар бастакы буукубалар «уруһуйдар» этилэр. Айылҕа дьикти көстүүлэрин, харамайдарын маарыннатан бастакы буукубалар айыллыбыттара биллэр. Египет, Греция, Китай упуу цивилизацияларын иероглифтара, буукубалара барыта уруһуйтан саҕаламмыта.

Саха сирин усталаах-туоратыгар маннык соһо кыраасканан ойууламмыт очуос-хайалары биһиги   өбүгэлэрбит            Суруктаах хайалар      диэн сүрэхтээбиттэр.

Сир-дойду ахсын киэҥник тарҕаммыт суорба таастарга уруһуйдаммыт быпыргы ойуупары учуонайдар петрогпифтар диэн ааттыыппар. Мытаах       Сиинэтин         Суруктаах        хайатын           петроглифтара киһи-аймах сүүһүнэн тыһыынча сыллааҕы    историятын      тыктаран          көрдөрөр        сүдү научнай суолталаахтар. Сиинэни былыр-былыр- гыттан дьон-сэргэ       сөбүлээн         сир-дойду        оҥостубута биллэр. Онон Сиинэ ойуулаах очуостара биир ханнык эрэ кэмҥэ үөскээн хаалбатахтара чахчы. Оп курдук манна инньэ түҥ былыргы Таас үйэттэн саҕалаан боруонса уонна өссө эрдэтээҥҥи тимир үйэтин саҕанааҕы ойуулары да булаттыахха сөп диэн биллиилээх академик А.П. Окпадников суруйан турардаах.

СИИНЭ СУРУКТААХ ХАЙАТЫН ОЙУУЛАРА — БЫЛЫРГЫ ҮҺҮЙЭЭҤҤЭ

Кырдьаҕастар кэпсииллэринэн Суруктаах хайа ойуулара уоспа ыарыы туһунан ис хоһоонноох үһүлэр. Ону саха бастакы этнограф учуонайа, фольклориһа Г.В. Ксенофонтов «Шаманизм. Избранные труды» диэн научнай ис хоһоонноох кинигэтигэр уоспа ыарыы туһунан суруйбут «Үөтүүлээх Өргөнтөй» диэн үһүйээнэ бигэргэтиэн сөп. Бу былыргы үһүйээни Арҕаа-Хаҥалас улууһун 2-с Малдьаҕар нэһилиэгин олохтооҕо Семенов Платон Саввич 1925 сыллаахха тохсунньу 16 күнүгэр кэпсээбитэ кинигэҕэ туох баарынан киирбитэ олус кэрэхсэбиллээх. Ону кинигэҕэ хайдах суруллубутун курдук эһиэхэ билиһиннэрэбин.

ЕТЮЮЛЭЭХ ЕРГЕНТЕЙ (Үөтүүлээх Өргөнтөй)

(Борьба шамана с оспой)

Етююлээх Ергентей — дед Мытахского шамана. Боруочаан. Брат его (ЕЕ) Кыырчыт тоже был шаман. Последний бодался с оспой и бежал от нее в тайгу, в Мытахский наслег. Когда он перекочевывал, сбежала одна кобылица с двухтравым жеребенком. Шаман вернулся за ней назад, но в это время оспа подкараулила его и пожрала. Тогда его старший брат Етююлээх Ерген пошел и тоже стал бодаться с оспой. Он победил ее и взял обязательство не бывать среди его потомков. Свой договор как сказывают, они записали на утесах речки Сини.

(Г.В. Ксенофонтов. «Шаманизм. Избранные труды.

Я. 1992. с.244).

Оттон атын үһүйээҥҥэ кэпсэнэринэн уоспа абааһыта дьахтар буолар эбит.

Былыргы кырдьаҕастар уоспа абааһытын мааны баҕайы таҥастаах дьахтар гына кэпсииллэрин туһунан кинигэҕэ элбэхтик суруйаллар. Онно кэпсэнэринэн уоспа абааһыта дойду иччитэ буолан дьүһүн кубулунан, сири- дойдуну уһаты-туора кэрийэ сылдьан, алаас дьонун барытын, ыалы ыалынан имири эһэн өлөрөн-өһөрөн барара үһү. Арай сыччах «уот оттооччу» диэн ааттаан чороҥ соҕотох биир киһини тыыннаах хаалларара үһү. Бука уот иччититтэн саллан, дьаахханан эрдэҕэ…

Арай биирдэ уоспа абааһыта дьахтар буолан кубулунан Сиинэни өрө батан иһэн оҕотун атаҕар бүттэтэ суох хатыы бөҕө киирэн хаалбыт. Оҕо эрэйдээх ыарыытыттан уйа-хайа суох ытаан сэниэтэ эстэн хаалбыт. Онтон сылтаан дьахтар муҥнаах киһи эрэ буоллар улаханнык айманан, оҕотун аһыйан, уолуйан «Бу Сиинэ үрэх биэрэгэ киһи хаампат хатыыта бэрт эбит, аны бу дойдуга хаһан да кэлиэм суоҕа, үктэммэтэх үктэннин», — диэн андаҕайан амалыйбыт. Уоспа абааһыта ол хааннаах андаҕарын ис хоһоонун Сиинэ Суруктаах хайатыгар үйэ-саас тухары соһо кыраасканан суруйан хаалларбыта үһү. Үһүйээн аата үһүйээн, ол гынан баран, былыр- былыргыттан Мытаах нэһилиэгэ ойууннааһын күүскэ сайдыбыт түөлбэтэ буоларын санатыаҕы баҕарыллар. Аҥаардас Дьаанай аҕатын ууһугар 44 улуу ойууттар төрөөн-үөскээн олорон ааспыттара да элбэҕи туоһулуур.

Дьаанай ойуун,

Моҥкурдаах

Сүдү да ааттар эбит.

Ол өбүгэлэрбин удьуордаан,

Ойуумсуйуох баар эбит.

Мин өбүгэм Моҥкурдаах

Сиинэ сиэмэх иччитин

Сотуун сукка буруйдаан,

Күрэстэһэн эспитин.

«Удьуор» С. Данилов.

Бу былыргы үһүйээннэр бигэргэтэллэринэн, кырдьык Мытаахха хара уоспа турбутун туһунан

уос номоҕо кэпсээн суох. Арай 1932 сыллаахха уоспа ыарыыга Сиинэ үрэх уҥуоргу өттүгэр, оччотооҕу көмүстээх Алдан аарыгырар айан суолун батыытынан тарҕаммыта биллэр.

(«Иннигит диэки баран иһиҥ…» Б.1991 с. 62 с.)

Үһүйээннэр биһиги түҥ былыргы историябытын санатар, сиэргэ-майгыга иитэр-үөрэтэр өбүгэлэрбит кэс тыллара буолаллар. Сорох ааптардар үһүйээннэри норуот былыр олорон ааспыт ыарахан олоҕун үһү-бадах курдук кэпсиир чопчу историческай олоҕо суох фольклорнай айымньы диэн сыыһа тойоннууллар. Мин ону ылыммаппын. Оттон сорох кырдьаҕастар этиилэринэн үһүйээҥҥэ бигэтик киирбит Суруктаах хайалар тааска ойууларын былыргы дьон бы- лыттара иҥмит ытык мэҥэлэрэ үһүлэр.

Мытаах Сиинэтигэр ордон хаалбыт Суруктаах хайа петроглифтарын аан бастаан көрөн уонна мин ыстатыйабын ааҕан билсиһэн баран, Тааттаттан төрүттээх, олоҥхону научнай кэрдиискэ таһаарсыбыт философскай наука кандидата Акулина Попова «Суруктаах хайалар — ытык хайалар. Суруллубут суоруллубат. Уоспаны кыайыы бэлиэтэ» диэн научнай хабааннаах ыстатыйатыгар маннык эридьиэстээн суруйан турар:

«Үһүйээн этэринэн икки ойуун уоспаны кытта охсуспуттар. Ону ойууга икки киһи илиилэригэр иккиэн тус-туһунан тугу эрэ тута сылдьаллара көрдөрүөн сөп курдук. Ойууннар үөрбэнэн атаранан охсуһаллара биллэр. Бу ойууннар уоспаны кытта иккитэ охсуспуттарын икки сиргэ кириэскэ «маарынныыр туора-маары бэлиэлэр» көрдөрүөхтэрин сөп. Оттон «дьарамай көҥдөй түөстээх киһи…» — уоспа көстүүтэ буолуон сөп. Кини икки ойууну кытта охсуһар, ол иһин иккитэ уруһуйдаммыт. Охсуспут ойууннартан биирдэрэ өлөр — «ортотугар кириэстээх киһи уҥуоҕар» маарынныыр ойуу…» Иккис ойуун тыыннаах хаалар, кини ийэ кыыла тайах буолан ойууланыан сөп. Тааска андаҕары суруйуу өйдөбүлэ сахаларга былыргыттан баар эбит. Ол туһунан олоҥхоҕо этиллэр. Холобур, П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотугар Ньургун Боотур аллараа дойдуга киирэн ол дойду аатырбыт бухатыырын — Уот Уһуутаакыны кытта охсуһа сылдьан:

Сытар ынах ханнын саҕа Сымара хара тааска Тоҥолохпутугар дылы Тобулута баттааммыт Хайа хайабыт Хааннаах андаҕары Алдьархайдаах аллараа дойду Аар-саарга ааттара ааттамматах

Айыыларын ааттарынан Андаҕайан көрүө этибит — диэн ол дойду «сымара хара тааһыгар» илии баттаан туран андаҕайаллар.

(«Дьикти кэрэ Сиинэҕэ…»

Акулина Попова. Б. 2004, стр. 11.)

Акулина Попова Сиинэҕэ биирдэ эрэ сылдьан баран, Суруктаах хайа петроглифтарын ис хоһоонун аан бастаан бөлүһүөктүү анааран быһаарбыта олус кэрэхсэбиллээх уонна сонун. Биһиги олохтоохтор Суруктаах хайаҕа хас санаатахпыт аайы элбэхтик сылдьабыт, көрөбүт-истэбит эрээри кини курдук научнай хабааннаахтык быһааран суруйарбыт саарбах…

Сиинэҕэ сылдьаммыт көрбүппүт

Ол очуос тааһыгар суругу,

Былыргы өбүгэм хаалларбыт

Үйэлээх бэлиэтин-бичиги.

(«Сүгүрүй, бу ытык сирдэргэр» 1999 с. Акулина Попова.)

Түгэнинэн туһанан этэр буоллахха ураты уран куттаах, туспа көрүүлээх бөлүһүөк учуонай А.С. Попова (1947-2010 сс.) Сиинэҕэ 1999 сыллаахха көмүс күһүн саҕана анаан-минээн биһигини кытта барса сылдьыбыта. Кини 1996 сыллаахха философскай наука доктордара А.Г. Новикова, В.Д. Михайлов салайыыларынан «Олоҥхо өйдөбүллэрин бүдүмүк өй-санаа аан дойдуну анаарыытын быһыытынан көрөн ырытыы» (олоҥхо комсологическай ис хоһоонун логико-гносеологическай аналиһа) диэн тиэмэҕэ философскай наукаҕа кандидатскай диссер- тациятын аан бастакынан сахалыы суруйан көмүскээбитэ.

Онон Акулина Серафимовна саха омук үйэлэргэ өскөтөх тылынан уус-уран айымньытын- олоҥхону дириҥник ырытан кини өйдөбүллэрин, араас көстүүлэрин билиҥҥи наука уустук быһаарыыларын кытта тэҥҥэ алтыһыннаран научнайдык анааран суруйуута умнуллубат үтүөлээх.

САХА СИРИН ИДЭТИЙБИТ АРХЕОЛОГ УЧУОНАЙА, ПРОФЕССОР Н.Н. КОЧМАР АНААРЫЫТА

Саха сирин петроглифтарын 1976 сылтан саҕалаан дириҥник куоһаан чинчийбит уонна 50 тахса научнай ыстатыйалары суруйбут биллиилээх археолог-учуонай Н.Н. Кочмар Сиинэ Суруктаах хайатын 1993 сыллаахха төрдүс төгүлүн сиһилии чинчийэн турар (научная инвентаризация). Билиҥҥи туругунан Саха сиригэр барыта реестрга киирбитинэн 118

Суруктаах хайалар, ойуулаах-бичиктээх очуостар бааллара биллэр. Сорох суруктаах очуостарга, чуолкайдаан эттэххэ 19 Суруктаах хайаларга бэлэх-туһах, сиэртибэ биэрэр 56 аналлаах миэстэлэр бааллара этиллэр. Н.Н. Кочмар 1988 сыллаахха Дьокуускайга бэчээттэнэн тахсыбыт «Петроглифы Якутии» диэн научнай ыстатыйатыгар Сиинэ Суруктаах хайатын туһунан сиһилии маннык сурулла сылдьар.

«Все писаницы Средней Лены расположены по левому берегу на известняковых скалах и останках. Некоторые писаницы нуждаются в уточнении географических пунктов место- нахождения. Рисунки выполнены темно-красной, красной, светло-красной, бордовой, вишневой, малиновой охрой и углем. Сохранность удовлетворительная. Петроглифы датированы от неолита до позднего средневековья.

(Саввин, 1940; Окладников, 1955;

Окладников, Запорожская, 1972).

№85 Писаница Оппуохалаах-Хая расположена на левом берегу р. Синяя в 122 км. от устья и в 4 км. ниже р. Матта. Открыта в 1939 г. А.А. Саввиным, который отметил большое количество аморфных пятен, антропоморфные и зооморфные изображения. Рисунки выполнены красной охрой. Сохранность плохая. Повторно исследовалась в 1974 г. Н.Д. Архиповым, который обнаружил новый пласт с рисунками и в 1977 г. Е.И. Михайловой, которая зафиксировала более 30 рисунков (антропоморфные и зооморфные фигуры, личина с 5 рогообразными выступами на голове, вертикальные линии, точки, птицы, аморфные пятна). Памятник предварительно датирован 11-1 тыс. до н.э. — I тыс. н.э.

(Саввин, 1940; Архипов, 1975;

Михайлова, 1977).

Мин санаабар, Суруктаах хайаттан ураты Сиинэ атын да салааларыгар ойуулаах-бичиктээх очуостар бааллара буолуо диэн сэрэйэ саныыбын. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук. Холобур, Суруктаах хайаттан 16 биэрэстэни таҥнары бардахха былыргы булчуттар сиэртибэ, бэлэх-туһах биэрэр, үөһээҥҥи үрдүк айыылартан көрдөһөр-ааттаһар хайа хаспаҕа (грот) баара биллэр. Онно аҕыс устуука киһи төбөтө моһуоннаах сэргэҕэ маарынныыр мастар (идолы) бааллар үһү. Хаспах айаҕар сылгы сиэлиттэн өрөн оҥоһуллубут былыргы саламалаах, хапкааныгар тиийэ араас бэлэх-туһах ууруллубут анал миэстэлээх Суруктаах хайаттан наһаа ырааҕа суох Сиинэ хаҥас салаатыгар Муустаах Хандааҕа улууска суох сүүнэ улахан тарыҥ (наледь) үөскээн сытар. Муустаах Хандаа сорох биэрэктэригэр хайыр таастаах очуостар

бааллар. Бу үрэҕи өрө батар киһи тугу эмит булуо эбитэ буолуо.

Былыргы биһиги өбүгэлэрбит бултаабыт- алтаабыт ахан сирдэрэ буолуо ээ. Мытаах Сиинэтигэр бу үрэххэ эрэ быйыт тахсан ыыр, үөскүүр сирэ. Муустаах Хандаа Сиинэҕэ кэлэн түһэр сиригэр Эйимҥэ кыстыыр. Былыр холкуос саҕана манна кэлэн муҥхалыыллара үһү. Быйыт тымныы уулаах сиргэ таптаан үөскүүр, ууһуур.

Сиинэ саамай уһун салаата Чына, «Тыымпынай» бизонарий баар сирэ. Бу үрэх баһыгар Өлүөхүмэ быыһыгар баар ойуулаах-бичиктээх очуоһу баччааҥҥа диэри биир да археологическай экспедиция чинчийэ илик. Билиҥҥи талбыт техника үйэтигэр хайа баҕарар аҕыйах киһилээх археологическай этэрээт анаан-минээн тиийэн чинчийиэн сөп эбитэ буоллаҕа. Оннооҕор XVIII үйэ бүтэһигэр сыылкаҕа кэлбит народоволец И.И. Майнов, Ньурбаҕаан аҕа ууһун кулубата А.А. Семеновынан ыйдаран тиийэн тайах, оҕус төбөлөөх ойуулаах очуоһу көрбүтэ историяҕа киирэ сылдьар. Ол туһунан Майнов маннык бэлиэтээһини оҥорбута олус кэрэхсэбиллээх: «Загадочных начертаний, под которыми изображены головы лося и быка». Оценив их весьма своеобразно — как «пограничные знаки между территориями тунгусов — звероловов и якутов — скотоводов». И.И. Майнов (1861-1936 сс.)

В итоге пришел к выводу о том, «что в начале XVII в. юго-западным пределом распространения якутской народности служил именно бассейн реки Синей и, быть может, небольшая часть Ленского побережья несколько выше устья этой речки…»

(И.И. Майнов,Население Якутии.

Сборник «Якутия». Л. 1927, с. 326)

Народоволец Майнов бу дириҥ суолталаах түмүктээһиннэрин уонна наукаҕа сонун бэлиэтээһиннэрин биир эмит археолог учуонай суолта биэрэн бу ойуулар кистэлэҥнэрин хасы- һан үөрэтиэн, чинчийиэн баҕарабын.

ТҮМҮК ОННУГАР

Саха сирин киэҥ киэлитигэр соһо ойуулаах-бичиктээх араас дьикти көстүүлээх суруктаах хайалар киһи мээнэ сылдьыбат чиэски түҥкэтэх сирдэргэ баалларын көрбүт дьон бигэргэтэллэр. Төһө да Г.В. Ксенофонтов, А.А. Саввин, А.П. Окладников, Н.Н. Кочмар уо.д.а. археолог учуонайдар анаан-минээн чинчийбиттэрин үрдүнэн сорох суруктаах хайалар петроглифтара билигин да толору, ситэ-хото үөрэтиллэ иликтэр диэн Н.Н. Кочмар бэлиэтээн этэн турар.

Былыргы үһүйээҥҥэ киирбит, хоһооҥҥо суруллубут. Сиинэ Суруктаах хайатын петроглифтара былыргы үгэһи уонна итэҕэли кытта сибээстээхтэр. Ону Суруктаах хайа биир туруору үрдүк очуоһугар мас кириэс туруоруллубута итэҕэтиилээхтик бигэргэтэр. Ким, хаһан, туох сыалтан туруорбутун айбыт таҥара бэйэтэ билэн-көрөн эрдэҕэ…

Дьиикимдэ орто оскуолатын оҕолоро 70- нус сыллардаахха Сиинэ уҥуор Баҕалаахха балаакканан сытан оттуулларын саҕана тиит мастан баллырдаан оҥоһуллубут кырыылаах кириэс турбута. Билиҥҥи баар кириэс саҥардыллан төгүрүк мастан оҥоһуллубут. Мин санаабар, бастакы кириэһи Сиинэҕэ олохтоох байанайдаах булчуттар туруорбут буолуохтарын сөп, быһыт быһа сылдьаннар. Көрбүттээҕэр сэрэйбит ордук.

Көрдөөбүт көмүһү буларын курдук, Сиинэ очуостаах салааларын бата көрдүүр киһи, саҥа руналаах, петроглифтаах сирдэр көстүөхтэрин сөп дии саныыбын. Ордук Муустаах Хандаа уонна Чына үрэхтэр очуостарын аныгы научнай көрүүлээх археолог идэлээхтэр саҥаттан төх- түрүйэн чинчийэллэригэр көрдөһүүлээхпин. Баҕар, биллиилээх археолог учуонай Н.Н. Кочмар 2006 сыллаахха Улахан Аан таһыгар соһуччу руна суругу булбутун курдук, наукаҕа суолталаах саҥа ойуулаах-бичиктээх очуостар көстөн хаалыахтарын сөп буоллаҕа. Туох барыта соһуччу, үөйбэтэх-ахтыбатах өттүттэн диэлийэн тахсааччы. Ол айылҕа суруллубатах сокуона, быраабылата. Судургуга улуу кистэнэ сытар. Айылҕа алҕаһаабыта диэн суох, айылҕа барытын билэр.

Онон санааны түмүктээн эттэххэ, сэрии инниттэн саҕалаан түөрт түһүмэхтээн сиһилии чинчийиллибит Мытаах Сиинэтин Суруктаах хайата республиканскай суолталаах археологическай пааматынньык уонна Горнай улууһун Ытык хайата буолар. Суруктаах хайалар — ытык хайалар. Былыргыны былыт саппат, суруллубут — суоруллубат.

Владимир ПАРФЕНОВ,

Россия Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ,

Кыраайы чинчийээччи.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар