Студент кэпсээнэ

     Антон сааһа алтата, оттон кини эдьиийэ Маня сэттэтэ. Туруорбатах балаҕан хаҥас оронугар ийэлэрэ Малаанньа нэк суорҕаны сэҥийэтигэр диэри тардынан сытар. Антон Манялыын ийэлэрин диэки ытаһа-ытаһа дьулуһалларын күлүк курдук суодаспыт дьоннор, бакыспыт тарбахтаах илиилэринэн, төттөрү хаһыйбахтыыллар. Малаанньа, муостан оҥоһуллубут курдук, кубаҕай сирэйэ балаҕан үрдүн диэки өрө хайыспыт, хойуу уһун кыламаннара харахтарын сабан кэбиспиттэр. Антон хараҕын уута бокуойа суох саккырыыр. Оҥоспут кыараҕас түннүктэр өрүтэ эккирэтиһэн ылаллар. Көмүлүөк оһох холумтаныгар туора түспүт уоттаах хардаҕас, эмиэ ытыыр курдук, сыыгыныыр. Маня, икки илиитинэн өрө сапсыйа-сапсыйа, ытаан эймэнийэр, кылгас хара баттаҕа сүүһүн, хараҕын сабыта түспэхтиир.

— Эрэйдээх бардаҕа эмискэччитин! – диэн ким эрэ саҥата дьиэ ортотун диэкиттэн сөҥүдүйэр.

Антон итини өйдөөбөт. “Кини ханна барбытын кэпэтэр буоллахтарай?” – дии саныыр.

— Балыыһаҕа илдьиэх баара.

— Бэҕэһээҥҥэ диэри тура сылдьыбыт киһини ким маннык буолуо диэбитэ баарай!

       Дьиэ иһэ түүппэҕирэн, киһи тыына-быара ыгыллар. Антон санаатыгар, дьиэ үрдэ, эргиннэрэ үмүрүс гынан, кинини баттыах курдуктар. Кини тулуйбата. Таһырдьа мүлчү көтөн таҕыста, мээнэ сүүрэн иһэн, тохтуу биэрдэ. Хараҕа ирим-дьирим буолбахтаата, сүрэҕэ тиҥ-тиҥ тэптэ.

      Кинилэр самнайбыт балаҕаннарын эргийэн турар үрдүк харыйа тыа төбөтө оргууй-оргууй үөһэ тыынан суугунуур. Антон арыый кэҥээн, икки тарбаҕын айаҕар уган, өрө сыҥсыйар.

       Бэҕэһээҥҥэ диэри киниэхэ чугас, кэргэннэспит тыата, тиэргэн ортотугар турар кубаҕай, модьу чөҥөчөгө бүгүн кинини атыҥыраабыт, одуулаабыт курдук буолбуттар. Ааны тэлэйэ аһан, Маня сүүрэн тахсан, Антон диэки ыстанна. Антон киниэхэ утары сүүрдэ. Маня, Антону хатырбыт синньигэс илиилэринэн моонньуттан кууһаат, саннылара титирэстээн, ытаан барда. Антон онуоха күөмэйигэр өрө үтэн тахсар бүөлэри ыйыста сатаата, атахтара сири билбэт буолан, бокуһан бардылар. Онтон иккиэн, куустуспутунан, олоро түстүлэр…

      Нөҥүө күнүгэр уһун кугас баттахтаах, кэлбит-барбыт эдэр дьахтар кэлэн дьону кытта тугу эрэ сүбэлэстэ.

  • Оҕолору бүгүн куоракка детдомҥа киллэрэргэ быһаардыбыт, — диир кини уонна, сибилигин аҕай тутаттаан бараары гыммыт быһыынан, оҕолор диэки көрбөхтүүр.
  • Детдом диэн туох аатай? — диэн Маня, Антон санныгар төбөтүн кыҥнатан туран, кинини ырбаахытын сиэҕиттэн тардыалыыр.
  • Ким билэр, — Антон өрө сыҥсыйан кэбиһэр.
  • Куорат ыраах буолуо дуо? — Маня дьиктиргээбит харахтарынан дьахтар үрдүк хобулуктаах бачыыҥкаларын одуулуур.
  • Ким билэр…

Оҕолор оһох кэннин диэки сыҕарыһаллар.

  • Оҕолору бэйэбит да иитиэ этибит, — диир ким эрэ.
  • Детдомҥа үчүгэйдик аһаан-таҥнан сылдьыахтара уонна, хайа, куорат оскуолатыгар үөрэниэхтэрэ турдаҕа дии. Кэбис-кэбис, — эдэр дьахтар түргэн-түргэнник саҥаран тылыбыратар.
  • Эбэлэрэ эмээхсин бу сотору Бүлүүттэн кэлиэхтээх этэ. Баҕар, сөбүлүө суоҕа.
  • Соҕотох эмээхсин бачча кыра оҕолору кыайан көрүө-истиэ суоҕа. Кэбис-кэбис.

Антон кинилэри наһаа кыра оҕолор дииллэриттэн улаханнык өһүргэнэр. “Суох, мин кыра буолбатахпын, Маня иккитэ көтөҕөр маһын биирдэ көтөҕөбүн. Оннооҕор түптэни сатаан оҥоробун”.

  • Аҕалара бу дьон биирдээх-иккилээх эрдэхтэринэ өлөн хаалаахтаабыта. Онон… — диэн уһун, хара бэкир киһи өр кэпсиир. Антон истибэт. Үксүн билбэт дьонноро мустубуттарыттан улаханнык толлор. Эдэр дьахтар, элэстэнэн кэлэн, оҕолору дьиэ ортотун диэки соһон дьулурутта, онуоха Антон өсөһөн, кэннин диэки чинэстэ.
  • Оҕолоор, миигин кытта куоракка барсыаххыт дуо?
  • Суох! — диэн Антон дьон барыта соһуйуор диэри төлө биэрдэ.
  • Кэмпиэт, буулка сиэххитин баҕарбаккыт дуо? — дьахтар мичээрдээн, үрүҥ тиистэрэр  кэчигирэстилэр.
  • Суох! — Антон сири тиҥилэхтээн кэбистэ.

Дьахтар, мичээрдиирин тохтотон, саһархай харахтарын быһыччы көрөн, Антону одуулаата. Онтон:

  • Ок-сиэ, часкыытаан түһэн, сүрдээх киһигин, доҕоор, — диэтэ.
  • Оттон эн? — кини Маняттан ыйытта.

Маня, Антон диэки көрөн баран, саҥата суох төбөтүн илгиһиннэ.

  • Мин бачыыҥкам курдук бачыыҥканы уонна   саҥа ырбаахыны биэриэхтэрэ.

Маня дьахтар бачыыҥкаларын, онтон бэйэтин чуочайбыт саппыйаан этэрбэстэрин көрбөхтөөтө. Үөһэ тыынна.

  • Бу киэһэ бардахпытына сатанар, масыынаны баттаһыа этибит, — дьахтар илиитинэн өрүтэ анньан, кугас уһун баттаҕын көннөрүннэ.

       Антон аан диэки барда. Маня кинини батыһан эрдэҕинэ, эдэр дьахтар көтөҕөн ылан. тобугар олорто. Маня икки саннынан түтүөлэннэ, атахтарынан тэбиэлэннэ.

“Ийэм өллө, оттон эдьиийбин былдьаан илдьэ  бараары гынна”, — дии санаат, Антон таһырдьа ойон тахсан, кэлиигэ өйөннөрүллэн турар оргуһуоҕу харбаан ылла. Кини, оргуһуоҕу өрө туппутунан аан боруогун атыллаата.

  • Маняны ыыт! — диэн Антон бэйэтэ да билбэт, атын куолаһынан эмискэ үөгүлээтэ, онуоха эдэр дьахтар соһуйбут хараҕынан өрө көрдө.
  • Нохоо! — ким эрэ илиитэ сарбас гынан оргуһуоҕу төлө охсон ылла. Антон ытаан марылаата. Кэтэҕириин ороҥҥо ийэтэ саптан сытар маҥан таҥаһа өрө талбааран тахсан  эрэргэ дылы… Ким эрэ бытыктаах сирэйэ кытаран  ааста.

          Антон, таһырдьа ойон тахсан, харыйа тыа  диэки тэбинэн кэбистэ. Бэрт өр сүүрдэ. Биир арыҥахтыы сытар сыгынахха кэлэн хоруйа» түһээт, дьэ өйдөммүт курдук, тохтуу биэрдэ онтон аҕылаан эппэҥнии-эппэҥнии, тыаны  эргиччи көрдө. Үрдүк харыйа мастар төбөлөрүн  оргууй хоҥкутан улуутуйа нуоҕаһаллар.  Тыаны быыһынан күн кыһыл көмүс сардаҥаларын сандаарыппыт. Сииктээх сөрүүн салгын тыа төбөтүн имэрийэ охсор.

          Антон мээнэ баран истэ. Сылайан, субу-субу охтор буолла, ол эрээри ытаабат, онтон бэйэтэ муодаргыыр. Кини биир элбэх отонноох сиргэ тохтоон, отонноон сии сытан, утуйан хаалла. Кэлин тоҥон уһукта биэрбитэ: күн аллара түһэн, тыа төбөтүн кыһыл көмүс тылынан кылбаччы “салаабыт”. Ханна эрэ ыраах дьон үөгүлүүр саҥатын дорҕооно, тыа баһынан мэҥэһик-мэҥэһик, дуораһыйбахтыыр. Антон, ийэтин ынчыгын саныы биэрэн, өр сыҥсыйан ытаата. Онтон эмиэ туран баран истэ. Ойуур маастара, эйигиннээҕэр буолуоҕу кистээбит бэйэбит диэххэ айылаах, улам хараҥаран, муҥкуран барда. Үөһэнэн тыал сирилээн ааһар. Борук-сорук буолуута Антон иннигэр киэҥ айан суола нэлэс гынна. Уол, суол кытыытыгар тохтоон, хайа диэки барыан саныы олордо. Сайдыыр саҥа иһиллибитигэр, кини дьик гынна. Сотору хара оҕуһу мииммит дьахтар көһүннэ. Антон суол кытыытыгар үүммүт бөлкөй ыарҕа иһигэр түһэн баран, ыарҕа быыһынан көрө сытта. Сыарҕалаах оҕус бу тиийэн кэллэ.Дьахтар талах кымньыынан оҕус уорҕатын сабыыр. Хаптаһын адарайдаах сыарҕаҕа, саҥа маҥан былааты ийэтин курдук бобуонньуктуу бааммыт, Маня олорон иһэр. Антон эдьиийин көрөөт, хаһыытыы сыста, онтон ханнык эрэ атын санаа киирэн, тохтоото. Маня, сибилигин аҕай ытаабыт хараҕа өссө куура илик, хаҥас илиитигэр хас да суулаах кэмпиэти бобо туппут. Кини төбөтүн кыҥначчы  туттар, синньигэс хаастара өрө тэрбэс гыналлар. Антон эдьиийиттэн улаханнык хоргутта. “Өссө кини кэмпиэт сии-сии барсан иһэр, миигин аһымматах уонна өссө эдьиий ээ. Мин буолларбын, сыарҕаттан түһэн, дьиэбэр күрүөм  этэ”.

          Оҕус  кутуругунан дэйбиирдэнэн, суол  эргийиитигэр киирэн сүттэ. Антон тура эккирээтэ. Сүрэҕин туох эрэ итиитэ бобута туппахтаата. “Өссө биирдэ көрбүт киһи!” Уол суолу кыйа  тэбинэн кэбистэ. Балачча сүүрэн, сыарҕалаах оҕуһу ситэ баттаата, эдьиийин батыһа көрдө. Сотору мастары быыһынан Маня маҥан былаата элэҥнээн сүттэ.

      “Маня барда!” Антон  кинилэр кэлбит суолларын устун батыһа төттөрү сүүрдэ. Хараҕын уута тохтоло суох таммалаата…

       “Киров” теплоход, Москва өрүс сиэркилэ таас ньуурун силэйэ анньан, дьулуруйан иһэр. Палубаҕа экскурсияҕа баран иһэр москвичтар ыга симсибиттэр. Аккордеон тыаһа, өрө күүрэ- күүрэ, намырыыр. Ол аайы киһи үҥкүүлүөн, ыллыан саныыр, атаҕын сүһүөхтэрэ бокулдьуһан ылаллар. Уоллаах кыыс сарын сарыннарыттан тутуһан холоруктаһаллар. Солко былааччыйалар тэллэхтэрэ күөрчэхтии эргийэллэр. Түүппүлэлэр тоһугуруу тэйэллэр.

       Өрүс уутугар күн көрүнэн, кыһыл көмүс кыырпахтарынан ыһыахтанар. Теплоходтар баһаам үгүс дьону тиэйэн, хардары-таары бидилиһэн ааһаллар. Ырыа-тойук, музыка тыаһа өрө ньиргийэн тахсан, ыраас салгыҥҥа көҥүлүнэн дьиэрэйэ көтөр.

        Мин үҥкүүлээччилэргэ көҕүйэн үөһэ тыынан баран, палубаҕа таҕыстым. Киһитэ суох иллэҥ ыскамыайкаҕа олорон баран, сэргэ турар ыскамыайка диэки хайыспытым, араҕас былааччыйалаах, хара, хойуу баттаҕын хас да гына өрүнэн баран, санныгар түһэриммит кыыс олорор.

        Москваҕа, маҥнай кэллэҕим утаа, саха курдук сирэйдээх дьону ханнык омуктарын ыйы- талаһан үгүстүк “мэлийэрим”. Онон кыыһы казах дуу, бурят дуу буолуо диэн, бу сырыыга өр одуулаһа барбакка, күөх кытыл диэки хайыстым. Ол эрээри тулуйбатым, эмиэ кыыс диэки эргиллэн көрдүм. Кыыс хап-хара харахтара сотору-сотору мичээрдээн тырымнаһаллар. Кыыс аттыгар, ыскамыайкаҕа тайанан, сиэрэй көстүүмнээх киһи турар. Кини, туох эрэ көрдөөҕү кэпсии-кэпсии, күлэн илин тиистэрэ көстүмэхтиир: күөхтүҥү харахтара дьоллоохтук чаҕылыһаллар. Хара, уһун баттаҕын өрө кэҕис гыммахтыыр, ыскамыайка өйөнөрүн тарбахтарынан, үҥкүүлээн битийэн эрэрдии, тоҥсуйан тобугураппахтыыр.

        Мин: “Дьоллоох киһи”, — дии санаан баран, умса туттан кэбиһэбин. Туохтан итинник түмүккэ кэлбиппин бэйэм да өйдөөбөппүн.

        Теплоход ыраас ууну түрдэһиннэри үтүрүйэн, ыстаал быччыҥнарын сырылаччы тыылыннар- бахтыыр. Алтыс нүөмэрдээх шлюзка кэлэбит. Биир киһи теплоход иннигэр мустан турар дьоҥҥо кэпсиир:

  • Шлюз дириҥэ уон икки аҥар метр, туората алта метр…

Теплоход, шлюзка уу киирэрин күүтэн баран, эмиэ устар.

Ким эрэ санныбын таарыйбытыгар эргиллэ түспүтүм: били “дьоллоох” киһим кэлэн турар эбит.

  • Соһуттум дуо? Бырастыы гын. Мин Георгий Чавчавадзе диэммин. Билсиһэн кэбиһиэх, — киһим мичээрдээн, көмүс тиистэрэ килбэс гыннылар.
  • Федотов диэммин, — мин кини эттээх илиитин ыга туттум уонна сыҕарыс гынным. — Баһаалыста, олор.
  • Баһыыба! Экскурсияҕа сылдьар үчүгэйэ бэрт буолбат дуо?.. Мин доҕорбун кытта билис, — диэтэ кини уонна, мин туох диирбин күүтэ барбакка, илиибиттэн харбаан ылан, кыыска аҕалла.
  • Муся, билсэн кэбиһиҥ, — Чавчавадзе иккиэммитигэр тоҥхолдьуйан баран, дьоллоох, чэбдик куолаһынан күллэ. Мин симиттибитим ааһан хаалла.
  • Федотов диэҥҥин дуо? Олус үчүгэй, мин эмиэ Федотова диэммин, — кыыс чараас уостара мичээрдээн, ып-ыраас тэҥ тиистэрин төбөлөрө кэчигирэһэн көһүннүлэр.
  • Казашкаҕын дуо? — диэн ыйыттым.
  • Суох, — кыыс харахтара дьиибэлээхтик мичилистилэр. Төбөтүн кыҥначчы соҕус туттан, синньигэс хара хаастара өрө тэрбэстилэр.
  • Таай, хайа омук буолуохпунуй? Казахтар туой казах кыыһа диигит ээ.
  • Дьэ бу таабырын! — Чавчавадзе өттүк баттанна, уҥа атаҕын сото кэбистэ. — Муся, — аҕыйах ахсааннаах гынан баран, хоодуот биир омук киһитэ.
  • Буряткаҕын дуо?

Кыыс төбөтүн оргууй илгистэн, хара суһуохтара долгулдьуйан ыллылар.

  • Туркменкаҕын дуо?
  • Суох.
  • Кореянкаҕын дуо?
  • Суох, — кыыс, мичээрдиирэ тохтоон, хоргуппут курдук тутунна. Мин диэки сиэличчи көрөөт, Москва өрүс мэндэһийэн сытар уутун одуул аста.

Мин “сахаҕын дуо?”—диэн ыйытыахпын тоҕо эрэ тылым тахсыбат. Атын, сахаҕа маарынныыр омуктары ааҕан бүтэрэн баран, биирдэ эмискэ “саха эбиккин” диэхпин баҕарабын.

 —      Тувинкаҕын дуо? Эвенкаҕын?

  • Суох-суох, — кыыс уостарын төбөлөрө ибирдэһэн ыллылар.
  • Ол аата, оччоҕо, арай саха буоллаҕыҥ дии?
  • Таабырын таайылынна! — Чавчавадзе икки ытыһын охсунна.

Кыыс сэгэс гынна, мичээрдээтэ.

  • Син биллиҥ дии, — санаата туолбут киһи быһыытынан өрө көрдө. — Үгүстэр билээччилэрэ суох.

—            Мин эмиэ сахабын ээ, — саханы булбуппуттан эбитэ дуу, куолаһым титирэстээн сахалыы саҥарбыппын кыыс олус дьиктиргээн, хайдах эрэ итэҕэйбэтэх курдук көрдө.

  • Сахабын ээ, — диэн иккиһин сахалыы эттим. Онуоха кыыс харахтара сымнаан,  уотунан сыдьаайдылар.
  • Тыый, оттон мин казах диэбитим ээ. Төбөтүн хоҥкус гыннаран, кыратык күлэн кэбистэ, онуоха сымнаҕас баттаҕа дуу, түү дуу мин иэдэспэр охсуллан ааста.
  • Мин, аатын эппитигэр, саха эбит дии санаабытым, — Чавчавадзе эмиэ көмүс тэрин көрдөрөн күллэ. —         Олус бэрт, биир.дойдулаахтар көрсүспүккүт. Мин билигин кэлиэм. — Чавчавадзе дьону быыһынан кэтит  санна дарайа турда.
  • Олор. Дьэ, кэпсээ, — кыыс эмиэ сахалыы саҥарда, — хайа оройуоҥҥунуй?
  • Бүлүүбүн. Эн?
  • Якутскайбын, оттон төрөөбүт сирим Таатта. Манна Тимирязев аатынан академия  үһүс курсугар үөрэнэбин.

        Мин быйыл саҥа кэлбиппин, ханна үөрэнэрбин  уонна төрөөбүт сирим эмиэ Тааттатын кэпсээтим.

  • Аатыҥ?
  • Антон.
  • Оттон мин аатым Мария диэн.

        “Үрүҥ бөлкөй” диэн ааттанар кыра вербалара сахалыы үҥкүүлээн эрэр курдук, эргийэ устан аастылар. Теплоход тохтоото. Экскурсаннар биэрэккэ тахсан күүлэйдии, аһыы тарҕастылар.  арыыга тиийдибит. Теплоход эргийэр арыы лагласпыт хойуу хатыҥнара, верба сахалыы үҥкүүлээн эрэр курдук, эргийэ куотан аастылар.

  • Эһиги институккутугар төһө элбэх омук  дьонноро баалларый? —диэн Чавчавадзе сироптаах ууну иһэ-иһэ, миигиттэн ыйытта,  онуоха элбэх киһи мин диэки хайыста.
  • Сүүрбэччэ омуктан бааллар.
  • Һы, аҕыйах эбит. Биһиэхэ түөрт уонтан  тахса араас тыллаах омуктар бааллар, —  диэтэ Чавчавадзе уонна, кини үтүөтүнэн оччо  элбэх араас омук үөрэнэллэрин курдук туттан табаарыстарын эргиччи көрүтэлээтэ. Муся таптаабыт харахтарынан кини көрөн кэбистэ.
  • Биһиэхэ былыр үөрэхтээх дьону  киһитарбаҕынан ааҕара үһү, оттон билигин соҕотох Ленинград консерваториятыгар отучча кабардинецтар үөрэнэллэр, — диэтэ, умайбыт кыһыл кирпииччэ өҥүн курдук хааннаах, кабардин уола.
  • Оттон нанаецтартан былыр үөрэхтээх киһи баар этэ дуо? Суоҕун кэриэтэ этэ, — эдэр нанаец ойон турда.

        Итинтэн  сибээстээн, мин кыра эрдэхпинэ дьонум өлбүттэрин, эдьиийбинээн тулаайах хаалбыппытын санаан кэллим. Өскө урукку олох эбитэ  буоллар, Москваҕа кэлэн үөрэниэм, араас омук ыччаттарын кытта доҕордоһуом этэ дуо? Суох.

—     Күүлэйдиэххэ, — дьон туран, өрө үөмэлэһэн, үрүө-тараа тарҕастылар.

      Биһиги, Мусялыын, хойуу ойууру быыһынан хаамсан иһэбит. Верба сэбирдэхтэрэ  илибирии хамсыыллар, сирэйигэр  кинилэр күлүктэрэ  Муся харытыгар хара  куруһуба курдук түһэн ааһаллар. Муся үрдүк хобулуктаах түүппүлэлэринэн оргууй дугуна үктэнэн, араҕас солко былааччыйатын тэллэҕэ тобуктарыгар  өрүтэ көтүөлээн, ибирдии истэ. Итииргээн кытарбыт сирэйигэр көлөһүн үрүҥ таммахтара бычыгыраабыттар, хас да гына өрүммүт суһуохтара  суһуохтара санныгар эйэҥнии охсуллаллар.

—    Тоҕо үчүгэйэй! — Муся күөх тыаны эргиччи көрөн кэбистэ.

—    Олус чүгэй…

      Биһиги өссө ыраах тыа үөһүгэр киирдибит. Тула уу-чуумпу, дьон да саҥата иһиллибэт.  Хойуу күөх  оттор, намчы лабаалар биһигини кууһан, имэрийбэхтээн ылаллар.

      Ону-маны кэпсэппэхтээн баран, баҕар, билэр нэһилиэгим буолуо диэн, Муся Тааттаҕа ханнык нэһилиэккэ төрөөбүтүн ыйыттым. Онуоха кини мин төрөөбүт нэһилиэкпин ааттаата.

—     Дьонум кыра эрдэхпинэ өлбүттэрэ, онон Якутскай детдомугар иитиллибитим. Оттон кэлин, детдом үлэһитэ миигин, оҕо гынаары ылан, Өлүөхүмэҕэ илдьибитэ.

—     Биир нэһилиэккэ төрөөбүт эбиппит дии, — диэн мин эмиэ  нэһилиэкпин ааттаатым.

      Муся тохтуу түһэн баран, мин сирэйбин көрөн аһарда.

— Эйиигин мин билбэтим сөп. Дьонум өлбүттэрин кэннэ, алта саастаах уолу эбэм Бүлүүгэ илдьэн  ииппитэ, оттон эбэм өлбүтүн кэннэ, Ньурба детдомугар киирбитим, онно уон  кылааһы бүтэрбитим, — диэн кинини тоҕо билбэтэхпин быһаараары, өрүсүһэ соҕус саҥардым.

— Бииргэ төрөөбүттээх этиҥ дуо?

— Биир сыл аҕа эдьиийдээх этим. Кинини куоракка киллэрбиттэрэ. Кэлин сураһа сатаабытым да, булбатаҕым. Детдомҥа суох диэбиттэрэ. Аата Маня диэн этэ.

        Эмискэ өйбөр туох эрэ “күлүм” гынарга дылы гынна. Тохтуу биэрдим. Аргыһым, сирэйэ- хараҕа уларыйан, миигин батары көрдө. Иннибэр турар уһун лабаалардаах верба иэгэйэн ылла. Туох эрэ хахха сыҕарыс гынан, оҕо кэмим өйбөр арылынна. “Маня?.. Ама, кини буолуо дуо? Суох, кэбис”. Иккитэ-үстэ инним диэки хардыылаан баран көрбүтүм, Муся наһаа дьиктиргээбит, соһуйбут харахтарынан мин диэки көрөн турар.

  • Аҕаҥ… и… ийэҥ ааттара кимнээх этэй? — кини адьас атын куолаһынан ыйытта.

Мин утары биирдэ атыллаатым.

  • Лэгиэнтэй уонна Малаанньа…

Муся икки илиитинэн уолугун харбанна, тыына хаайтарбыт курдук, салгыны эҕирийдэ, онтон:

  • Антон! — диэн ыгыллыбыт куолаһынан үөгүлээт, эмискэ миигин икки илиитинэн кууһа түстэ.

Мин харахпар күөх хонуу, тыа долгулдьуһа түһээт, хайдах эрэ хойуу туман курдук силлиһэн, күөгэс гыннылар.

  • Маня! Маня! Эдьиэй… — итинтэн атыны тугу да кыайан булан эппэтим.

Хараҕым уута иэдэспэр сүүрэн түһэрин илиим таһынан, оҕо эрдэҕинээҕим курдук, ньуххана охсобун.

  • Маня, мин Антоммун ээ… Антоммун…

“Киров” теплоход, ыстаал быччыҥнара сирдьигинээн ыла-ыла, харааран сытар ууну силэйэн, Москваҕа төннөн иһэр. Онон-манан электричество уоттара хараҥаны тэһэ үүттээн чаҕылыҥнаһаллар. Халлааҥҥа сулустар, элбэх таммах уу курдук, бигээмэхтии тураллар. Кинилэр күлүктэрэ ууга түһэн эйэҥнэһэллэр.

        Маня мин санныбар төбөтүн өйөөн олорор. Кини өссө да долгуйбута ааһа илик. Көрсүһүү кэнниттэн биэс чаас устата кэпсэттибит да, өссө да туох эрэ дьоһуннаах этиллэ илик курдук. Мин эдьиийбин Маняны булбуппун хайдах да бүтэһиктээхтик итэҕэйбэппин.

        Эрбэйбит, кылгас баттахтаах, чуочайбыт саппыйаан этэрбэстээх кыыс бу этэ дуо? Маҥан былаатын, ийэтин курдук, бобуонньуктуу баанан баран, илиитигэр хас да кэмпиэти бобуччу тутан, оҕус сыарҕдтыгар олорон иһэр кыыс бу Маня этэ дуо?..

    Мин, туран Москва өрүһү одуулаатым. Хара долгуннар өрүтэ эккирэһэн теплоход икки өттүнэн тэйэ сырсаллар. Ыраах маяк уота өрө тыгыалаан көстөр.

    Үөһээҥи палубаҕа дьон үҥкүүлүүр, ыллыыр саҥата биир кэм ньиргийэр.

    Мин инники олоҕум туһунан өр санаабытым. Маня кэлэн оргууй аҕай мин санныбар илиитин уурбута, баттахтара иэдэспин таарыйан ылбыттара. Үөһээ тыыммыта.

— Антон, быраатым оҕотоо..-Маня нарын-нарыннык төбөбүн имэрийэн ылбыта. Саҥалыын, илиитэ сымнаҕастыын, адьас ийэм курдук этэ.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар