Өспөх Тойон нуучча государствота Саха сирин колонизациялааһынын бастакы сылларынааҕы докумуоннарыгар уонна Саха сирин историятынан дьарыктаммыт учуонайдар үлэлэригэр аата ахтыллыбыт, суругунан- бичигинэн бигэргэммит историческай личность быһыытынан биллэр. Номохторго этиллэринэн саха-саха эрдэҕинээҕи, эбэтэр, XVII үйэҕэ Уралы уҥуордаан, киэҥ Сибиир ийэни нөҥүөлээн Өлүөнэ кытылыгар нуучча хаһаахтара кэлиэхтэрин быдан инниттэн, быралыйар былыргыттан, өссө Киин Азияҕа олорбут түгэх өбүгэлэрин саҕаттан, биир сомоҕо Илгэ түмсэр аҕа уустарынан Тойон баһылыктаах ынах, сылгы, ол иһигэр истиэп дойдулаах эрдэхтэринэ бараан (хой), тэбиэн сүөһүлэнэн, дьиикэй куланы кытта дьиэтитэн ууһаан-тэнийэр испиттэр эбит. Онон саха этнос быһыытынан билиҥҥи Саха сиригэр кэлэн олохсуйуохтарын быдан инниттэн үөскээбитин уонна биһиги эрабыт дэнэр ааспыт тыһыынча сыллар иккис-үһүс үйэлэриттэн Киин Азияттан Байкал кытылынан сыыйа хас эмэ түһүмэх-түһүмэх Бүлүү, Өлүөнэ өҥ хочолорунан кыра өтөхтөр, Кулун Атах култуураларыгар тиийэ көһөн кэлэн олохсуйан испиттэрин Г.В. Ксенофонтовтан саҕалаан, кэлиҥҥи көлүөнэ чинчийээччилэр бигэргэтэллэр. Норуоту түмэр, сомоҕолуур Ил тутулугар бас бэринэн олорбут буоланнар, сахалар хас эмэ үйэлэр усталарыгар бөлөхтөрүнэн түһүмэх- түһүмэхтэринэн сыыйа кэлэн иһиилэригэр этнос быһыытынан ыһыллан, сүтэн-симэлийэн эбэтэр олохтоох омуктары кытта силбэһэн, суураллан хаалбатахтар. Онуоха хотугу олохтоох көс омуктартан духовнай култуура, байыаннай искусство, сэп-сэбиргэл өттүнэн үрдүк таһымҥа туралларын таһынан, олор хаһан да харахтаан көрбөтөх ынах, сылгы иитиитэ сүрүн дьарыктаах олохторун тосхоло, итиэннэ от кырыстаах Өлүөнэ өҥ хочолоро, Илин эҥэр алаастара, үрэхтэрэ табатааҕар сүөһү иитиитигэр ордук табыгастааҕа улахан оруоллаах эбитэ буолуо. Ол да иһин, саха кэлиэн иннинээҕи омуктар таба аһылыгын, өлгөм, булду, балыгы батыһар көс олохторо Өлүөнэ орто сүүрүгүнээҕи сири-уоту булт- алт соноругар быһа охсон ааһар, сайылыыр, күһүүр түөлбэ оҥостубут буолуохтаахтар. Өлүөнэ сүнньүнээҕи сир-уот ынах, сылгы ииттэр дьарыктаах сахалар кэлэн олохсуйуохтарыттан ыла колонизацияламмыта чуолкай. Ону саха номоҕор Ытык Хайалар иччилэрэ ойуунтан «дьонунан тутахсыйдым, дьонно-сэргэтэ сирдээн аҕалан олохсут», — диэн көр- дөһүүтүгэр этиллэ сылдьар. Сахалар бу тыйыс айылҕалаах хоту сири-дойдуну баһылаан олохсуйууларыгар Улуу Иллэрин төһө да сүтэрдэллэр, аҕа уустарынан түмсэн Тойон, Боотур баһылыктанан, Үрүҥ Аар Айыыга сүгүрүйэр үрдүк итэҕэлинэн сүрүннээн нууччалар кэлиэхтэригэр диэри хас эмэ сүүһүнэн сылларга былыргы төрүттэрин ааттарынан (холобур, Нам, Бороҕон, Дүпсүн, Байаҕантай, Хаҥалас, Мэҥэ, Боотур ууһа уо.д.а.) халбаҥнаабат сирдээх-уоттаах, салаллар бигэ тутуллаах аҕа уустарынан улуустарга түмсэн Өлүөнэ, Алдан, Бүлүү, хотугу өрүстэр сүнньүлэрин өҥ хочолорунан, өлгөм үүнүүлээх алаастарынан, үрэхтэринэн ууһаан-тэнийэн, салаллан-дьаһаллар олорбуттар. XVII үйэ отутус сылларыгар саа-сэп күүһүнэн Нуучча государствотын састаабыгар холбообут нуучча казактарын атамааннара Иван Галкин уонна Петр Бекетов дьаһаах хомуйбут 1632-1633 сс. аан бастакы биэдэмэстэригэр аҕа уустарын — улуус, улуустары — буолас, бас-көс дьоннорун — кинээс диэн сурукка-бичиккэ киллэрбиттэр.
Ити сылларга Өлүөнэ, Алдан өрүстэр сүнньүлэринэн олохтоох 16 аҕа ууһун бас бэриннэрэн, бас-көс дьонноруттан дьаһаах хомуйбут испииһэктэригэр Өспөх Дүпсүн буолаһын кинээһэ дэммит. Онон Өспөх Тойон Саха сирэ Нуучча государствотын састаабыгар холбонуутун саҕана, саха улуустарын бас-көс дьонун кытта сурукка-бичиккэ киирбит биир бастакы историческай личность буолара бигэргэнэр. Буолаары буолан, чахчы- бааччы сүүһүнэн сэрии дьонун салайар-дьаһайар кыахтаах, бас-көс тойон буоларын профессор С.А. Токарев «Оспек был главным тойоном и господствовал над многими улусами Дупсунской волости» диэн суруйуута кэрэһэлиир. Ону таһынан С.В. Бахрушин , С.А. Токарев «Якутия в XVI веке» кинигэлэригэр: «Военные действия не прерывались и в течение 1632 года. Сильные сопротивления оказали пришельцам дупсунцы, жившие на левом берегу Алдана» — диэн бэлиэтээһиннэрэ эмиэ баар. Ол да иһин, историческай докумуоннар бигэргэтэллэринэн Өспөх Тойон баһылыктаах Дүпсүттэр бөтүҥнэри уо.д.а. аҕа уустарын сэриилэрин түмэн 1931 сыл сайыныгар Иван Галкин 40-ча киһилээх этэрээтэ Алданы өксөйөн, Амма сахаларын кырга баран истэхтэринэ, Алдан өрүс төрдүн хаҥас кытылыгар тоһуйан кыргыспыттар уонна казактары биэрэккэ таһаарбатахтар. Оттон Петр Бекетов Өлүөнэ өрүс уҥа кытылыгар Кулун тутар арыыга 1632 сыл күһүнүгэр Ленатааҕы осторуок туттан Илин, Арҕаа тыа сахаларын саа-сэп күүһүнэн хам баттаары оҥостубутун сөбүлээбэккэ, Өспөх Тойон бэйэтин сиригэр-уотугар бөҕөргөтүнүүлээх күүлэ (кириэппэс) туттан кыргыһарга оҥостубутун билэн, Петр Бекетов 1633 сыл кулун тутар 12 күнүгэр 23 киһилээх уонна Дунайка Петров диэн толмачтаах (тылбаасчыттаах) этэрээти ыытан, үс хонук иһигэр дүпсүттэр кэтэбилгэ турбут дьонноруттан биирдэстэрин, бөҕөргөтүнүүлээх күүлэҕэ кыргыһыыга 20 сэрииһити, кыайан ылбатах икки бөҕөргөтүнүүгэ баар 87 киһини уматан, барыта 108 киһини кырган эргиллибиттэрин туһунан Петр Бекетов күн ыраахтааҕыга челобитнай суругар этиллэр (көр «Материалы по истории Якутии XVII века» том 3, стр. 1089).
Өспөхтөрү кырыктаахтык кыдыйыы алдьархайа сахалары чачаппыта, тойоттор уйаларыгар ууну киллэрбитэ. Онон 1633 сылга П. Бекетов отчуотугар сурулларынан 33 саха кинээстэрэ ыраахтааҕы илиитигэр бас бэринэллэрин биллэрэн дьаһаах төлөөбүттэр. Оттон Өспөх тойон сүүһүнэн сэрииһит, бастыҥ дьонун кыртаран бас бэринэргэ күһэллибит. Дүпсүн буолаһын кинээстэрэ Куочай уола Маҥгураҕы уонна Сүҥдэйи кытта 20 кииһинэн уонна киис саҕынньаҕынан дьаһаах төлөөбүттэр.
Саха сирин нуучча государствотын састаабыгар холбооһун уонна күндү түүлээх дьаһааҕынан түһээни түһэрии бастакы сыллара саха олоҕун аймаабыта, хаһаайыстыбатын айгыраппыта. Кырыктаах сыһыантан, ыар дьаһаахтан дьон олохтоох сирдэрин-уоттарын быраҕан маассабай күрээһиннэригэр тириэрдибитэ. Өспөх тойон сүүһүнэн бастыҥ сэрииһиттэрин өндөттөрөн төһө да утарсар кыаҕын сүтэрэн осторуокка киирэр андаҕар биэрэн туран, кииһинэн дьаһаах төлөөбүтүн иһин, колонизатордарга бас бэринэн олорон биэриэн баҕарбакка, ыраах айаны-сырыыны кыайар хорсун-хоодуот дьонун илдьэ суолун-ииһин билэр, сылдьа үөрүйэх, билсэр-көрсөр дьонноох Арҕаа Тыаҕа түһэн, Бүлүүнэн, Өлөөнүнэн эргийэн, кый бырах Дьэһиэй күөлүгэр тиийбит буолуон сөп. Ону нуучча хаһаахтарын дьаһаах хомуйбут биэдэмэстэригэр Өспөх Тойон аата 1632-1633 сылларга биирдэ эрэ киирбитэ, кэлиҥҥи биэдэмэстэргэ Өспөх аата ханна да суоҕа, итиэннэ Дьэһиэй сахаларын биллэр улахан аҕа ууһугар Өспөх аҕатын ууһа күн бүгүнүгэр диэри баара, билигин аҕа ууһун аата Еспек диэн араспаанньа буолан иҥэ сылдьара кэрэһэлиир.
Дьэһиэй сахаларын чиҥчийбит учуонайдар, ол иһигэр Р. Маак, Б.О. Долгих, Г.В. Ксенофоҥтов, В.Н. Васильев, И.С. Гурвич, М.С. Воронкин, икки инникилэрэ сахатыйбыт тоҥустар диэбиттэрин иһин, сүнньүнэн XVII үйэҕэ Ленаҕа нууччалар кэлиилэриттэн саҕалаан XVIII үйэ бастакы аҥарыгар күрээн тиийэн олохсуйбут сахалар буолалларынан науканан бигэргэнэн турар. Дьэһиэй сахалара — долганнар бэйэлэрин тыа сахаларынан билинэллэр, паспордарыгар саханан суруналлар. Долган тылын саха тылын кытта тэҥнээн үөрэппит, чинчийбит саха тылын синтаксиһын дириҥник үөрэппит профессор Е.П. Убрятова саха тылын диалегынан билинэн наукаҕа киллэрбитэ. 1939 сыллааҕы нэһилиэнньэ биэрэпиһигэр долганнары сахаларга киллэрбиттэрэ. РНА СО Новосибирскайдааҕы институтун аспирана Е.М. Кузнецова (Федорова): «Среди коренного населения оз. Ессей встречаются следующие доминирующие фамилии Боотулу, Эспек, Осогосток, Бэти, Чорду, Уодай. Самым многочисленным из них являются Эспек (130 чел.), Боотулу (126 чел.). Эти фамилии в прошлом представляли собой родовые названия», — диир. Өссө салгыы: Эспекский наслег многочисленным населением и поныне существует в Усть-Алданском улусе, на территории бывшего Дюпсюнского улуса…», — диэн өссө бигэргэтэн биэрэр. Онон Дьэһиэй Эспектэрэ Өспөх Тойон тиийэн ууһаппыт-тэниппит удьуордара буоларыгар саарбахтыахха сатаммат.
Өспөх Тойон Арҕаа Тыаҕа түһэригэр бэйэтин дьонун таһынан бөтүннэри, боотулулары, маймаҕалары кытта кучуйан илдьэ барбыт буолуон сөп. Кини хоһуун холобурун атын аҕа уустарын сытыы-хотуу, хорсун-хоодуот дьоно батыһан, хоту Муустаах муора кытылыгар, илин — Лаамыга, арҕаа — Бүлүү тыатыгар, Дьэһиэйгэ тиийэ тарҕаммыттар. Онно да тиийэн ыраахтааҕы былааһын уһун илиититтэн куоппатахтар эрээри, омук быһыытынан сүтэн-симэлийэн хаалбакка хотугу сахалары, Амыр, Дьэһиэй сахаларын ууһаппыттара-тэниппиттэрэ биллэр.
Өспөх Тойон аатыгар, олоҕор, охсуһуутугар сыһыаран икки түгэҥҥэ тус санаам туймуутун кытта үллэстиэхпин баҕарабын.
Бастакыта, Петр Бекетов ыраахтааҕыга челобитнай суругар: «… А поставил государев новый осторожек, я, Петрушка, против якутцково князца Мамыкова улусу…» — диэн 1632 сыл балаҕан ыйын 25 күнүгэр туппут Саха кыраайыгар урут ханна да суох бастакы осторуогун туһунан биллэрбитэ. Мымах кинээс улууһун сиригэр диэбэтэх, хайа улуус сирэ буоларын чопчу ыйбатах. Ити биир түгэн, иккиһинэн, нууччалар 1632 сыллаахха Саха сиригэр аан бастаан суолу аспыт Пантелей Пяндыттан 1632 сылга диэри уонунан сылга утум-ситим кэлитэлээбит казактар этэрээттэрэ уруккуларын курдук кэлэ-бара сылдьыбакка, букатыннаахтык олохсуйар гына осторуок туттубуттарын сөбүлээбэккэ уонна бэйэтин дьаһалыгар, салалтатыгар киирэр биис ууһун сирин-уотун былдьатан колонизатордары утары утарылаһар, кыргыһар сыаллаах бөҕөргөтүнүү туттан сүүһүнэн сэрии дьонун түммүт буолуон сөп. Тоҕо эрэ, ыксалаһа сирдээх- уоттаах Лөгөй, Мымах да утарсар бөҕөргөтүнүү туттубатахтар. Тоҕо эрэ, 1631 сыллааҕы Алдан төрдүгэр атамаан, Иван Галкин этэрээтин кытта хабырыйсыыга дүпсүттэр бөтүҥнэри кытта хорсуннук кыргыспыттара, нуучча кэлиэн иннинэ бөтүҥнэр (билигин Көбөкөн, Арбын, II Хомустаах) дүпсүттэри кытта биир уопсай тэриллиилээхтэрин көрдөрөр курдук буолбат дуо? Дьэ ол иһин, Өспөх Тойон салайар-дьаһайар аҕа уустарын сирин-уотун былдьатан кириэппэскэ сүүһүнэн сэрииһин дьонун түмэн Бекетов осторуогар саба түһэргэ сахалар аан бастаан өрө турууларын тэрийэргэ сорунуута табыллыбатах.
П. Бекетов дүпсүттэри кырган бас бэриннэрэн баран, дүпсүттэр бөтүҥнэри кытта биир түмсүүлээх тэриллиилэрин суох оҥорорго сорунар. Ол курдук, 1634 сылтан ыла дьаһаах хомуйбут биэдэмэстэргэ Дүпсүн буолаһын оннугар Өспөх буолаһа, кинээһэ Хомурук диэн уларытан киллэрэр. Ол да иһин 1720-с сылларга бастакы улуустар тэриллиилэригэр дүпсүттэри Бороҕон улууһугар, Бөтүҥнэри Нам улууһугар холбууллар. Иккиһинэн, Өспөх Тойон ордубут бастыҥ дьонун уонна колонизатордарга бас бэри- ниэхтэрин баҕарбат атын улуустар хорсун-хоодуот дьонун тылыгар киллэрэн Арҕаа тыаҕа түһэр, Бүлүүнэн, Өлөөнүнэн эргийэн Дьэһиэй күөлгэ тиийэн олохсуйар диэбиппит. Манна киһи сөҕөрө, бэркиһиирэ баар, бэл билиҥҥи киһи санаан да санаата тиийбэт кый ыраах дойдуга тиийэ айаҥҥа төһөлөөх күн-дьыл барбытын, күрүөйэхтэри ирдээн туран сойуолаһар этэрээттэри кытта хайдахтаах хабырыйсыылартан төһөлөрө бүтүн ордубутун санаан көрдөххө, чахчы булгуруйбат модун санаалаах, эр хоһуун бас-көс киһилээх буоланнар тыыннаах ортохторо, олох-дьаһах тэринэн саха ууһун тэниттэхтэрэ. Саха сиэрин- туомун тутуһан, дьарыгын сайыннаран кэллэхтэрэ, биис ууһунан салаллар-дьаһаллар тутулун ыһыктыбакка, аҕаларын ууһунан түмсэн, илдьэ кэллэхтэрэ. Ол да иһин XVIII үйэттэн нуучча таҥараҕа итэҕэлэ киириитинэн Дьэһиэй сахалара удьуор утумнарын сүтэримээри, биһиги курдук Уйбаныап, Баһылайап буолбакка, аҕаларын ууһун араспаанньа оҥостон илдьэ сылдьаллара, советскай кэмҥэ пааспардарыгар долган, дьокуут буолбакка саха диэн суруттарбыттара эмиэ ураты — саха менталитетын кимнээҕэр да өрө тута сылдьалларын көстүүтэ. Онуоха колонизатордар ыар баттыгастарын тулуйбакка сахалартан бастакы улахан утарсыыны оҥорон, саха саха эрдэҕинээҕи көҥүлүн, тутулуга суох буолуутун турууласпыт, сахалар батталы, атаҕастабылы ылымматах аҕа уустарын хоһуун-хоодуот дьонун сирдээн, салайан Дьэһиэйгэ тириэрдэн саха ууһун салҕаабыт Өспөх Тойон уһулуччу улахан оруоллаах.
Өспөх Тойон нуучча суругар-бичигэр киирбит саха историческай личностарыттан биир чаҕылхайдара эрээри күн бүгүн да ситэ сыаналамматаҕа, сорох уус-уран литератураҕа оруола намтатыллан, сорукка сылдьар сорук-боллур курдук түһэрэн көрдөрүллэр түгэннэрдээҕэ көннөрүллүөн наада. Историяны саҥалыы көрүү, сыаналааһын баар историческай чахчыларга олоҕуруохтаах, урукку олохсуйбут идеологическай хаарчах баска- бакаайы, атахха-адаҕа буолан соһуллуута хайа муҥун тохтуур кэмэ кэллэ.
Иннокентий СЫРОВАТСКАЙ, суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, Уус-Алдан улууһун, Дүпсүн, Мүрү нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо