СОФРОН ПЕТРОВИЧ УЧУУТАЛЛААҺЫНА

1942 сыл күһүнүгэр Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии үгэннээн турар кэмэ. Немецкэй фашистар Ленинграды блокадалаан, Москваны үс өртүнэн төгүрүйэн, Сталинградтааҕы улуу кыргыһыы саҕаламмыта. Өстөөҕү үлтүрүтүү уонна кыайыы туһугар түүннэри-күннэри дойду күүрээннээхтик үлэлии-хамсыы турара.

Учууталлары маассабайдык фроҥҥа ыытыы саҕаламмыта. Арай хоту оройуонтан армияҕа ылбатахтара. Ити кэмҥэ биһиги Семен Осипович Никифоровтыын Токоҕо (киинэ – Чокурдаах) үлэлии барбыппыт. Бу 1936 сыллаахха тэриллибит оройуон этэ. Манна тутуу саҥа баран эрэрэ. Райсовет, райком уонна уопсай дьиэлэр бааллара. Сэттэ кылаастаах оскуола тутулла турара. Онон начальнайдар уҥуор – Дьаархаҥҥа, оттон үрдүкү кылаастара Уолбукка үөрэниэхтээхтэрэ. Мин Уолбут сэттэ кылаастаах оскуолатыгар, армияҕа барбыт Иннокентий Эртюков оннугар историгынан, Семен Кыһыл Чуум заведующайынан ананан үлэлээри сырыттахпытына, 1942 сыллаахха атырдьах ыйыгар Софрон Петрович учууталынан ананан тиийбитэ. Кини Якутскайдааҕы пединститут маҥнайгы курсун үөрэнэн бүтэрэн, армияҕа ыҥырыллан баран, доруобуйатынан сыыйыллан кэлбитэ. Бу элбэҕи аахпыт, билбит, киэҥ билсиилээх сүүрбэччэлээх уол этэ. Кини кинигэни умсугуйан туран ааҕара, наадалаах диэбитин, билбитин-көрбүтүн уонна истибитин сурунар балачча халыҥ дневниктааҕа. Армияҕа хайдах сылдьыбытын уонна саха суруйааччыларын туһунан элбэҕи кэпсиирэ.

1938 сыллаахха педрабфакка үөрэнэ сылдьан, Саха театрыгар концертка тиийбитигэр кини суруйбут “Доҕоруом, дуораччы туойуохха” диэн хоһоонун ырыа гынан ыллаабыттарыгар улаханнык соһуйбутун үөрэн-көтөн туран кэпсиирэ. Бу уон алталаах уол ырыата сэрии иннигэр маассабай ырыа буолан, Саха сирин устун дуораһыйбыта.

Үрдүк кылаастар үлэҕэ сылдьалларынан сибээстээн миигин, Софрон Петровиһы уонна Львов Николай Павловиһы ый аҥара Дьаархан начальнай оскуолатыгар үлэлэтэ ыыппыттара. Улахан эргэ ампаарга хоно сылдьарбыт. Сарсыарда Чаара өрүскэ киирэн суунан тахсарбыт. Онуоха Софрон Сэмэн биһигини: “Эһиги суунумаҥ, онто да суох маҕаҥҥыт”, “хара дьон биһиги сырдаан көрүөхпүт” диэн хаадьылыыра. Суунаат остолобуойга аһыы ыстанарбыт. Онно биирдии тэриэлкэ “болтушка” (сэлиэйдээх мин) биэрэллэрэ.

Балаҕан ыйын ортотугар биһигини барыбытын Чокурдаахтан биэс килэмиэтирдээх “Эмээхсин күөлэ” диэн сиргэ Сокорутов Егор Егоровичка олохтообуттара. Үһүөн биир хоско олорбуппут. Уонна Уолбут оскуолатыгар үлэлээбиппит. Софрон Петрович математигынан, мин саха тылыгар, историяҕа, Николай Петрович биологияҕа, химияҕа, военнай дьыалаҕа үөрэтэрбит. Директорбыт Николай Александрович Габышев – нуучча тылыгар, Софрон Петровиһы завуһунан анаабыттара. Коллектив сүрдээх эйэлээхтик үлэлээбитэ.

Софрон Петрович элбэх сиртэн сурук тутара. Ол солунун биһигини кытта үллэстэрэ, ол үксэ саха литературатын туһунан буолара.

Даадар Горнайга литературнай куруһуогу тэрийэн үлэлэппитин, Уйбаан Арбита паспора, военнай билиэтэ суох диэн туппуттарын, онон кини истиҥ доҕоругар Чаҕылҕаҥҥа куттал суоһаабытын, ону Чаҕылҕан улахаҥҥа уурбатын, “Миигин хайыһарым быыһыа”, – диэбитин сиһилии кэпсиирэ.

Аспыт мөлтөх этэ. Нуормабытын күҥҥэ түөрт сүүс грамм хара килиэби, икки күннээҕини биирдэ биэрэллэрэ. Ону Николай Павлович биирдэ олорон турара, онтон Софрон биһикки кэмчилээн иккис аһылыкпытыгар ордорорбут. Иккис күммүтүгэр уруок кэнниттэн остолобуойга барарбыт, киирэрбитигэр сэргэх соҕус дьон буоларбыт, онтон тахсарбытыгар нэһиилэ салбаҥнаһарбыт. Ыкса саас оскуолабыт Чокурдаахха көһөн киирбитэ. Биһиги дьэ бары “һуу” гына түспүппүт.

Софрон Петрович “Омурҕан” (“Суруйааччылар уонна кинигэлэр”) диэн ахтыытыгар ити олохпут туһунан бэркэ истиҥник суруйбута. Кини “Сүрэх тэбэрин тухары” диэн романын суруйарыгар, бу оскуолаҕа үлэлээһинэ хайа эмэ өртүнэн биллэн ааспыт буолуохтаах. Ол гынан баран түмүллүбүт (собирательнай) уобарас буолалларын быһыытынан, чахчы бу киһини ойуулаабыт диэн этэр күчүмэҕэй. Бу туһунан Майаҕа ааҕааччылары кытта көрсүһүүтүгэр: “Мин бэрт элбэх учуутал атастардаахпын, табаарыстардаахпын. Онон Аласов прототиба чопчу бу киһи диэн этэрим кыаллыбат”, – диэбиттээх.

Кэлин институкка үөрэнэр уонна “Кыым” хаһыакка бииргэ үлэлиир сылларбытыгар биһиги доҕордоһуубут өссө күүһүрбүтэ.

Миигин: “Тыатыйбыккын, тугу да суруйбаккын”, – диэн сэмэлиирэ. “Олоххо билбитиҥ-көрбүтүҥ үгүс буолуохтаах, ахтыыларда суруй”, – диэбитэ. Ону ылынан сэрии сылынааҕы эдэр дьон олохторун туһунан сэһэн суруйан, “Чолбоҥҥо” биэрбитим.

Н. АРГУНОВ, педагогическай үлэ ветерана.

Чолбон 9 №, 1994 с.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар