Бүөтүкээс, төһө даҕаны ыал кыра оҕото буоллар, сааһынан билигин эдьиийиттэн да, убайыттан да быдан аҕа… Бэл, аҕатын ситэрэ чугаһаата. Аҕата кыра уола сэттэлээҕэр күн сириттэн күрэммитэ, онон Бүөтүкээс кинини киһи быһыытынан соччо өйдөөбөт. Үксүн дьон ахтыытынан аҕатын оҥорон көрөөччү: сайаҕас, элэккэй майгылаах, уһун, көнө уҥуохтаах, куруук ыллыы-туойа сылдьар, киһи кэрэмэһэ диэн кини эбитэ үһү. Оннук дьон бу сиргэ уһаабаттар дииллэрэ кырдьык буоллаҕа – аҕаларын үтүө майгытын ханан эмэтэ баппыт улахан оҕолоро, биир-биир сыымайданан, эдэр саастарыгар баранан бүппүттэрэ. Арай бу, аҕата суох улааппыт, Бүөтүкээс эрэ хаалла…
Олоҕу күрэс былдьаһыы дуу, күөн көрсүү дуу курдук ылынар дьон хараҕар Бүөтүкээс, дьэ, олох олоро сатаабыт киһи курдук сыаналанара чахчы. Эдэр сааһыгар кэргэннэнэ охсон, онтон – оҕолоноот – арахса охсон, иккистээн ойох ылан эмиэ оҕо төрөтөн, сүөргүлүүр дьоҥҥо сэлээрчэх, «чэпчэки» соҕус киһи быһыытынан көстөрө буолуо.
Биир тойооску киирэн биэрбитин, оччолорго саҥа үлэлээн эрэр Бүөтүкээс, бырастыы гымматаҕа: сыыһатын булан түҥнэри көппүтэ, онтон, ол киһи уурайан барбытын кэннэ, сөптөөх үөрэхтээх киһи суоҕун иһин, босхоломмут миэстэҕэ бэйэтэ олорон харыс үрдээбитэ. Ити кэннэ, «ойоҕостон одуулааччылар» харахтарыгар, Бүөтүкээс, үлэ-хамнас чааһыгар, «чыыҥҥа-хааҥҥа» тиксэр инниттэн тугун да кэрэйбэт, ньүдьү-балай киһинэн көстөрө саарбахтаммат. Эбиитин, ол бэйэтин куһаҕаныгар тайаммыт тойон ойоҕо сүгүннээбэккэ, буолар-буолбат хобу-сиби тарҕатарын күн бүгүнүгэр диэри тохтоппот…
Атар айахтааҕы барытын бүөлээбэккин, хас биирдии «одууһукка» барытын быһаарбаккын… Ол иһин Бүөтүкээс кини туһунан ону-маны саҥаралларыгар соччо кыһаммат. Тус бэйэтин сүрэҕэр илдьэ сылдьарыгар эрэ эрэнэр, аҕам баара буоллар, арааһа, өйүө этэ диэн санаатын ыһыктыбат.
«Аҕам көмүллүбүт сиригэр, бэйэм төрөөбүт дойдубар туһалаах киһи буолуохтаахпын», – диэн санааттан Бүөтүкээс, үөрэҕин бүтэрээт, улууһугар төннүбүтэ. Оччолорго, наар батталга олорбут улууска, кини саҕа үөрэхтээх киһи суоҕа. Бастакы кэргэнэ: «Эн хаалынньаҥ дойдугар олоро барбаппын, куоракка хаалабын», – диэн этиитэ Бүөтүкээһи өссө күүскэ кымньыылаабыта, өһөс санаатын күүһүрдүбүтэ. Сүнньүнэн онтон сылтаан тус бэйэтин олоҕун алдьатан туран эдэр киһи өбүгэлэрин дойдутугар төннүбүтэ.
Кэлбит күнүгэр Бүөтүкээс киһи уҥуоҕар тахса сылдьыбыта. Тыа саҕатыгар, биир быллаар үрдүгэр, өҥө бараммыт ылтаһын веноктардаах, тулалыыр уҥуохтартан тугунан даҕаны ордон харахха быраҕыллыбат аҕатын уҥуоҕун дөбөҥнүк булан, эргиирин арыйан киирэн иһирдьэ олоро түспүтэ. Аҕатын күҥҥэ уоттуйбут хаартыскатын одуулаһа олорон оҕо сааһын ахта санаабыта. Ааспыт аастаҕа… Бүөтүкээс аҕатын тиһэх суолугар атааралларыгар ытаабатаҕа. Дьоно кырата бэрт, өйдөөбөт диэбиттэрэ буолуо эрээри… Аармыйаттан кэлэригэр убайа оһоллонон өлбүтэ. Убайын кистээбит күннэригэр Бүөтүкээс аҕатын уҥуоҕар таарыйан ааспыта… Аҕыйах сыл буолан баран эдьиийэ ыалдьан өлбүтүгэр эмиэ манна кэлэ сылдьыбыта. Ол сылдьан, хайаларыгар даҕаны харах уутун тохпотоҕо. Аймахтара: «Кытаанах да киһи!» – диэтэхтэрэ буолуо эрээри… Ол өйдөөн хаалбыт, дойдутугар үлэһит буолан кэлбит бастакы күнүгэр, Бүөтүкээс туран таҥаһын тэбэнэн баран эргиир иһиттэн тахсыбыта уонна ааны сабан, хайыспакка, ийэтиниин олорор дьиэтин диэки хаама турбута.
Иккистээн кэргэннэнэн баран аҕатын уҥуоҕар олоҕун аргыһын аҕала сылдьыбыта, онтон хойутуу оҕолорун кытта көрсүһүннэрбитэ. Ол кэмнэргэ өссө биирдэ, соҕотох бэйэтэ эрэ, эмиэ кэлэ сылдьыбыттаах…
Эдэр уол үлэтин суолун саҥа тэлэн эрэр тэрилтэтин салайааччыта, үйэ чиэппэрин кэриҥэ соҕотоҕун «бөө» диэн олорбут киһи дойдулаах, дьонноох-сэргэлээх үлэһит кэлбититтэн дьиксиннэҕэ буолуо – уолу хатыйа сатаабыта. Бүөтүкээс онно кыһаныа суоҕа эбитэ буолуо эрээри, ол тойон кини биир дойдулаахтарын атаҕастыырыттан абатыйан туох баарынан-суоҕунан өрө туран кэбиспитэ. Сатахха ол кэмҥэ дэриэбинэлэрин кулуубугар сыанкаҕа кыттыбыта уонна онно, уус бииһин көмүскүүр боотур оруолун толоро сылдьан, дьонун иннигэр: «Суон дурда, халыҥ хахха буолуом!» – диэн андаҕайбыт тыллара бэйэтин сүрэҕэр иҥэн хаалбыттар этэ…
Тэрилтэ икки тутаах үлэһиттэрэ «бэрт былдьаһан» сэриилэспиттэрин туһунан сурах бүтүн улууһу аймаабыта. Киирсиини түмүктүү – ким уурайарын, ким салгыы үлэлии хааларын быһаара куораттан хамыыһыйа тигинээн кэлбитэ. Хамыыһыйа мунньаҕын иннинэ, дэриэбинэ кытыытыгар олорор ыаллар тыа саҕатыгар туртайан көстөр киһи уҥуоҕун диэки Бүөтүкээс хааман эрэрин көрбүт буолуохтаахтар…
Ол кэмтэн номнуо сүүрбэччэ сыл ааста. Бүгүн Бүөтүкээс эмиэ аҕатын уҥуоҕар барарга сананна. Ол диэки хайыспатаҕа, сылдьыбатаҕа ыраатта. Кинини туруору майгытынан аатырбыт, «Тимир» диэн хос аат иҥмит салайааччы бэйэтин кыаҕар эрэлэ самныбакка күн бүгүнүгэр диэри аҕалбыта. Оттон бүгүн быһаарыылаах күн – Ил Түмэн быыбарыгар туруорунарга сананна. Ол санаа Бүөтүкээскэ кыһыыттан, абатыйыыттан үөскээбитэ: кыракый улуустарын икки гына хайытан ыаллыы улуустарга сыбаабыттарыттан. Ол түмүгэр Бүөтүкээс улууһун дьоно дьокутаата суох хаалар чинчилэннилэр. Чэ, баҕар, буоллун даҕаны. Кыһыыта баар – биир быспыт уокуруктарыгар соруйан, нөҥүө улуус хандьыдаата кыайдын диэн, аҕыйах ахсааннаах нэһилиэктэри биэрбиттэр. Онтон чаҕыйан, кыайтарыыттан куттанан, ол уокурукка ким даҕаны туруорумматах. Кыра улууска икки өттүнэн туруорунар да дьон суох буолаахтаатаҕа – уруккуттан, сэбиэскэй былаас саҕаттан, уостубат баттал көмөтүнэн бэлэмнээх да киһи суоҕун кэриэтэ…
Бүөтүкээс итини саныы-саныы киһи уҥуоҕун диэки хааман истэ. Халлаан сарсыардаттан былытыран ардах ибирдии да турдар кини дьиэтиттэн төһө да тэйиччитин иһин сатыы тахсыбыта. Бу санаатаҕына дьикти эбит – аҕатын уҥуоҕар куруук сатыы эрэ сылдьар. Кэргэнин кытта сиэттиһэн хаампыттара, оҕолорун – кими сиэтэн, кими сүгэн-көтөҕөн, саастарын аахсыбакка эмиэ сатыы аҕалтаабыта…
Ибиирэр ардахтан көмүскэнэн ньүксүччү туттан, сыгынньах төбөтүн төҥкөтөн, Бүөтүкээс киһи уҥуоҕар тиийдэ. Аҕатын эргииригэр туох эрэ баҕаната өйөнөн турарын көрөн соһуйда, онтон чугаһаабыта – остуолбата эмэҕирэн сууллубут эбит. Сууллан иһэн, сиэмэнинэн кутуллубут туруору билиитэттэн иҥнэн, туора түспүт. Бүөтүкээс эргиир иһигэр киирэн ол остуолбаны көтөҕөн ылан аҕатын уҥуоҕун устатынан уурда, сууллубут веноктары көннөртөөтө. Таарыччы, веноктарга суруллубут өлбөөрөн көстөр бырастыылаһар тыллары сүһүөхтээн аахта. Билигин бу ааттарын суруйбут дьон үксүлэрэ тулалыыр кылабыыһаҕа бэйэлэрин уһун ууларыгар сыттахтара…
Куруук тобуктаан олорор сиригэр кэлэн дьэ өйдөөн көрдө: сытыары билиитэ ортотунан хайдыбыт эбит, уонна ол хайдыы иһиттэн сиип-синньигэс хахыйах үүнэн тахсыбыт. Бүөтүкээс дьиктиргээн тулатын эргиччи көрдө – ханна даҕаны хатыҥ үүнэн турара көстүбэт, барыта тиит мас эбээт! «Чээн! Эн хантан кэлэн хааллыҥ?» – диэбиттии Бүөтүкээс хахыйаҕы имэрийэн ылла. Кэлин, бу хахыйах, этэҥҥэ, кыаҕын ылан улааттаҕына аҕатын билиитэтин үнтүрүтүүһү. «Чэ, буоллун. Хата, туохтааҕар да үйэлээх өйдөбүнньүк буолуоҕа…» – дии санаата. Туран, төһө даҕаны ардахха сытыйдар, чэпчээбит санаалаах эргииртэн таҕыста уонна аанын хатаан баран, быллаартан түһэн, дьиэтин диэки хаамта.
Эмискэ, ким эрэ ыҥырбытын курдук, тохтуу биэрдэ уонна, хаһан даҕаны кэннин хайыспат бэйэтэ, эргиллэн, киһи уҥуоҕун диэки көрдө. Көрөөт сүһүөхтэрэ ууллан, ыараан хаалбыт этин-сиинин уйуттубат буолан өйөнөр сири көрдөөтө. Хараҕыттан ыгыллан тахсыбыт уутугар мунан, салҕалас илиитинэн тулатын бигээн, ханнык эрэ ыал бүтэйдэрин аллараа маһын булла, олордо. Ол олорон, бастакы кэргэнин, бастакы оҕотун, кэлин хаайыы киһитэ буолбут, үүрдэрбит тойонун саныы-саныы, оҕолуу маккыраччы ытаата. Ытыырын, ааспыты саныырын тухары, бороҥ былыттаах халлаан анныгар, тиит мастар ортолоругар, суос-соҕотох синньигэс хахыйах туртайан турарыттан хараҕын сатаан араарбата…
Анатолий Слепцов
18.11.2018 с.
Орто Халыма
«Чолбон» 1-кы №-рэ, 2019 с.