Семен Данилов лириката

Михаил Тимофеев

Блажен, кто посетил сей мир

В его минуты роковые.

Ф. Тютчев

Саха народнай поэта, М. Горькай аатынан Государственнай бириэмийэ лауреата Семен Петрович Данилов 1997 сыл кулун тутар 20 күнүгэр төрөөбүтэ 80 сылын туолар.

Ити сурукка киирбитинэн бааспарыгар суруллубутунан.

Сэмэн бэйэтэ дьонум улааппытым кэннэ кэриим аҕабытыгар кистээн «сүрэхтэппиттэр», миэтирикэм көстүбэтэҕэ диэн кэпсиирэ. Оттон Сэмэн бииргэ төрөөбүт быраата Софрон Петрович Данилов биһиэхэ араспаанньабыт даҕаны дьиҥэ биллибэт. Аймахтарбыт этэллэринэн, Алексеевтар, эбэтэр Осиповтар дуу үһүбүт диирэ. (Бэл мин, Сэбиэскэй былаас туругурбутун кэннэ төрөөбүт киһи, куоракка киирэн, сэбиэт сэкирэтээрэ кыыс быһа холоон суруйбут ыспыраапкатынан бааспар ылбыттааҕым).

Бука ол да иһин буоллаҕа буолуо, Семен Данилов биир хоһоонугар муус устар ыйга төрөөбүт курдук суруйбут.

Төрөөбүтүм

            уон сэттис сылга,

Улуу күүрсүү ыйыгар,

«Муус устардааҕы тезис»

                                    тыла

Чочуллар сөҥ чааһыгар.

Оттон поэт төрөөбүт Бор алааһын маннык ойуулуур:

Ол быданнааҕы кэмҥэ

Мин Сиинэҕэ үөскээбитим.

Иринньэх оҕо киэбинэн

«Өй хаата уолчаан» этим.

Биһиги дьиэбит турара

Сиинэ налыы хааһыгар,

Чаллах тииттээх кыра түбэ

Кэрии маһын быыһыгар.

Сэмэн Данилов Сахатын сирин, Россия историятын бу кэрдиис кэмигэр төрөөбүтүн киэн туттуулаахтык ахтар. Төрөппүттэрэ түҥ үрэх баһа, бүтэҥи сиргэ бултаан-алтаан, таба, ынах-сылгы сүөһү иитэн айахтарыгар аһаан, санныларыгар таҥнан олорбуттар. Кэлин, бу да дьарыктара тыыннаах буолалларыгар татымыттан, кыра уолларын Софрону аймахтарыгар хаалларан, Алдан көмүһүн хостооһунугар баран «көнөн кэлэргэ» оҥостон, дьиэ кэргэнинэн үлэлии бара сылдьыбыттар.

Сэмэн онон бэрт кыра оҕо сааһыттан кыра норуоттары ыраахтааҕы былааһын, ол былааска бэриниилээх олохтоох баһылыктар (манкуртар) хара батталларын, атыыһыттар ньүдьү-балай быһыыларын этинэн-хаанынан билэн улааппыт. Ол да иһин кэлиҥҥэ диэри тэҥ быраабы олохтуох буолбут большевиктар революцияларын – Өктөөп революциятын романтикатын уруйдаан ыллаабыта.

Хаһан эрэ мин үөскээбитим

Этиҥ этиҥниин кырбаһар,

Ол сүллэр этиҥнэртэн

Сарыал төрүүр сааскытыгар.

Сэмэн Данилов бу дойдуттан барыар диэри лирическэй да, публицистическай да хоһоонноругар олорбут кэмин кэрчиктэрин толору уус-ураннык, кырдьыктаахтык ойуулаан суруйбута. Кини саарбахтаабыт да санааларын быһаччы быктартыыра. Ону бэл оччотооҕу цензура сиидэтэ сатаан туппат гына табан туймуулуура.

Кэлэр кэм. Эн кэрэ ааттааххын:

“Кэскил!” – диэн,

“Кэрэ кэскил!” – диэн.

………………………………

Оттон эн кэлиэхчэ кэлбэккин,

Мин тэлгэһэбэр киирбэккин,

Мин кэтэһэр кэрэ кэскилим.

Мин эйиигин

Туойдум ини – туойбатым ини.

Мин эйиигин

Чочуйдум ини – чочуйбатым ини.

Оо, ол эрээри

Мин холуон хомолтобор:

Көрө иликпин

Эн килбиэннээх кэрэҕин,

Таайа иликпин

Эн омуннаах оҥкулларгын,

Тыына иликпин

Эн сөлөгөй салгыҥҥын.

Кини дьиҥнээх коммунист киһи этэ. Өр кэмнэргэ Саха сирин Суруйааччыларын союһун салайбыта. Саха АССР Верховнай Советын депутата, Президиумун чилиэнэ этэ. ССКП съеһигэр делегат буола сылдьыбыта, РСФСР Суруйааччыларын союһун салайсыбыта уонна дьэ өлүөн аҕай иннинэ “Сүрэх сүгэһэрэ” диэн хоһоонугар маннык ыар тыллары төлү ыһыктыбыта:

– Эн миэхэ сүктэрбитиҥ

Аан дойду алдьархайын:

Тоҥ тааһы дьөлө үүттүүр

Тулаайах харах уутун,

Оҕолорун күүтэр, ытыыр

Огдообо түһүүр түүлүн.

– Эн миэхэ иҥэрбитиҥ

Аан дойду абаккатын:

Сүстээх ох курдук сэттээх

Баттаммыт биис кырыыһын,

Сытыы хатыы иннэлээх

Айылҕа ийэ ытыырын…

– Оо, ыраатта, ыраатта

Ол аан дойду ыарыыта

Ытарчалыы ылбыта.

Эн онтугун умнума.

Россияны эрэ буолбакка, Аан дойдуну барытын чэбдигирдиэх буолбут, романтик сүрэхтэри өр сылларга өрө күүрдүбүт Коммунизм – сырдык идеябыт итинник буолан тахсыбыта.

I

Сэмэн Данилов айылҕаҕа, төрөөбүт дойдутугар анаммыт лириката ийэҕэ-аҕаҕа, дьахталларга таптал курдук ытык уонна сүдү өйдөбүллээх. Оҕоҕо таптал курдук нарын-намчы иэйиилээх. Кини сүрэҕэ – Сиинэ сиһигэр. Аныгы үйэ үөрэхтээх, сайдыылаах киһитэ буолан, кини Европаны эргийэ айаннаабыта. Цивилизация саамай сайдыбыт сирдэригэр, ол иһигэр Италияҕа, Грецияҕа сылдьыбыта. Индия поэттарын күрэстэригэр – Мушайрыга кыттыбыта. Кини ол курдук үрдүк өрөгөйгө, кэрэттэн кэрэҕэ да тиксэ сылдьан, үөскээбит өтөҕүн саныыр, дойдутугар курдары таттарар эбит.

Сиинэ эбэбэр

Тахсыам бултуу,

Ахтар сирдэрбэр

Сааһыы, хойутуу.

………………………..

Биирдэ биир киэһэ,

Эбэбэр киириэм,

Уутуттан иһэн,

Сэниэ киллэриэм.

Буруугар тохтоон

Бокулуон ууруом,

Тумулга тахсан

Тобуктаан туруом.

Кини киһи буолбут дьоло, туох баар ситиһиитэ төрөөбүт айылҕатыттан, төрөөбүт алааһыттан ыкса сибээстээх.

Оо, алаастар… Алаастар!

Мин кэллим: “Эһиэхэ махтал!”– диэри,

Эһиэхэ үөскээбит дьолбун этээри:

Аарыма тиит лоһуордаах мутугун

силэйэн,

Мин аан бастаан мантан көрбүтүм

Аан дойду кэрэтин, киэҥин…

Дьэ ол да иһин, кини ыраах айаннарыттан эргиллэн кэллэҕинэ, дойдутугар тахсар, ууну-тыаны, оту-маһы кытта кэпсэтэр.

Тугу ахтаҕын

Лабааҥ санньыйа,

Биир дойдулааҕым,

Толуу харыйа?

Санааҥ дьэгдьийэр

Сааскы кэмҥин дуу?

Тулаҥ чэлгийэр

Сайыҥҥыгын дуу?

Поэт кимиэхэ да эппэт элэ-была, кэриэс-хомуруос тылын уһун үйэлээх, хагдарыйбат харыйаҕа итэҕэйэн этэр.

Оттон Эйигин

Көрө-көрөбүн,

Мин уйадыйан,

Санаа саныыбын.

Ылаара, ыксыы

Аргыый саныыбын:

Кыыдааннаах кыспын,

Өлөр аналбын…

Ааһар хаастары

Мин өр одуулуом,

Мин да аттаныым

Итинник буолуо.

Ити санаатын кини курус күһүн Ийэ өрүһүн кытылыгар киирэн салҕыыр: улуу өрүһэ бэл кэхтии кэмигэр киһилии кэпсэтэргэ, алҕастарын ааҕынарыгар, атастарын саныырыгар аһаҕас.

Арбы-сарбы курус хочо,

Арай баччаҕа үчүгэй, —

Арыы кумаҕар хонук хоно

Айан хаастарын кэтэһэр.

………………………….

Тула чуумпу, аас, иччитэх…

Кытыл, алар, хара мыраан…

Тоҥ долгуну сэргэхситэн,

Былыт быыһынан күн тыгар.

Мин дьалбаа олоҕум буолан,

Тымныы сүүрүк тыалы сырсар.

Төһө тыаны, хаары туораан,

Ханна тиийэн кини быстар?..

Сэмэн Данилов Сахатын сирин бары муннуктарыгар сылдьыбыта. Суолун сонунун, олоҕун, охсуһуутун ырыатын. Көрбүтэ көмүс үктэллээх хайаларын, киэҥ нэлэмэн сыһыыларын, кылбаарытта кырдалларын, холкуостаах хочолорун… Үөрэн-көтөн, үлүһүйэн туран туойбута Өлүөнэ очумаастарын, Сиинэ суруктаах, оппуоха хайаларын, Алдан, Амма, Бүлүү, Халыма… өрүстэр кэрэ кытылларын. Букатын эдэр сааһыттан Муустаах муораны кытта билсибитэ. Муора кумаҕар муҥхаласпыта туундара табаһыттарын кытары тордоххо хонсубута, Күнү, күөх Маайы көрсүбүтэ Хаардаах буурҕа, чысхаан тыал быыһынан сылдьар хоһуун булчуттары кытта доҕордоспута, таба тириититтэн, таас оҕуруоттан дьүкээбил төлөнүн дьиримнэтэр уус тарбахтаах, иистэнньэҥ дьахталлар оһуордарын сөҕө-махтайа көрбүтэ. Юкагир, эвен, эбэҥки, чукча суруйааччыларын айар үлэ аартыгар киллэрсибитэ, норуоттарын туспалаах үгэстэрин, тылларын-өстөрүн сүтэрбэттэрин туһугар дьүккүһэн үлэлэспитэ.

Кини Саха сирин хоту өттүгэр цивилизация куһаҕан тыына өтөн киирбитин, айылҕа алдьанан эрэрин илэ көрбүтэ. Дэлэҕэ ыҥырыы маннык ыар тылларын быраҕыа дуо? –

Саха аймах кута-сүрэ,

Ытык айыы – кыталык

Күн сириттэн эстэн эрэр,

Кыраһыабай кыталык.

Кыталыгы өрүһүйүҥ,

Кыталыгы эһимэҥ:

Күҥҥэ биэриҥ,

Күөх биэриҥ –

Күн сирин дьадьатымаҥ.

Дьэ ити курдук лирическэй геройбут дьон олоҕор эргиллэр, дьол туһугар ыар охсуһуутугар эмиэ кыттыспытынан киирэн барар.

Муҥу дьолго эргитэр –

Дьэ ол уустук сатабыл.

Доҕоруом, эр бэрдигэр

Ол да экчи сатанар.

“Быыра курдук быыппастыгас, быста-быста салҕанар, былаҕайга былдьаппакка быһымахтык сырыы сылдьар”, өлөрү да сатаан өлөр ол уот төрөлү эр бэртэрин туһунан түмүктээн суруйарыгар поэт эмиэ айылҕаны кытта алтыһыннарар.

Итинник дьон алгыс ырыалыы

Сырдык суолу хааллараллар.

Ийэ куттара сулус буолан,

Халлааннартан сыдьаайаллар…

Дьэ ити барытын иһин Сэмэн Данилов Аар Айылҕатыгар махтаммыт кэрэ-бэлиэ тыллара манныктар:

– Махтал! – диибин. Барҕа махтал

Миигин айбыт айылҕабар,

Киһи буолан, дьолго кыттар,

Олох олорор оҥоһуубар.

Татым да буолбут буолууй,

Син биир махтал! – мин дьылҕабар

Бу сиргэ олох олоруу

Ханныга да – дьол диэн буолар.

II

Сэмэн Данилов тапталын лириката “муора курдук дириҥ, халлаан курдук үрдүк” диэн туохтан да толлубакка этиэх тустаахпын.

Мин кини Дьокуускайга тахсыбыт кинигэлэригэр отуттан тахса сыл устата редактор буоллум. Дьэ уонна быйыл “Айыы сыдьаайа” диэн лирикатын кинигэтин таҥан оҥорон олорон биир дьиктигэ түбэстим:

“Доҕоччугуом, тоҕо маннык

Тоҥкурууннук көрсөн,

Туохтан дууһаҥ туоххаһыйан

Чоҕулуччу көрдүҥ?

Миигиттэн дуу хоргутаҥҥын

Үөрэ тоһуйбатыҥ,

Тугу мин туора туттаммын

Маннык киэр хайыстыҥ?..

– диэн саҕаланар ырыатын хоһооно кини хайа да кинигэтигэр киирбэтэх эбит.

Бу ырыа народнай буолбута ыраатта. Соҕурууҥу консерваторияны бүтэрэн кэлэр ырыаһыттар бука бары бу ырыаны ыллаабытынан кэлэллэр. Арааһа, кинилэри үөрэтэр профессордар бу ырыаны дипломнай үлэлэрин курдук чочуйалларыгар сорудахтыыллар, такайаллар быһыылаах.

Мин, бу ырыа тылларын сирийэн көрөн баран, А.С. Пушкин “Я помню чудное мгновение”, “Я вас любил: любовь еще, быть может…” диэн ырыа буолбут, Аан дойду лирическэй поэзиятын чыпчаала буолбут хоһооннорун санаан кэллим. Санаан кэллим А.И. Софронов “Үрүҥ туллук ини мөлбөстүүр” диэн ырыа буолбут чулуу хоһоонун. Дьэ уонна бу өлбөт үйэлээх улуу айымньыларга тэҥилии санаатым.

Поэт барыта бэйэтин тус олоҕор буолбуттан, сүрэҕэ-быара сүгүннүө суох курдук долгуйа умайбытыттан хоһоон суруйар. Сэмэн Данилов даҕаны ол онтон туораабат. Кини маҥнайгы үс-түөрт хоһооно төрөөбүт алааһын, сибэкки, хатыҥ, күөрэгэй туһунан эбит буоллаҕына, бэрт сотору кыыс кэрэтигэр умсугуйуу, нарын-килбик таптал буолан барар.

Өйдүүгүөн үүнүүлээх хонуунан

Күүлэйдии миигинниин испиккин

Хонууга сибэкки хомуйан

Хоскор эн киллэриэх буолбуккун?..

Кэмчиэрэ ыйытар саҥабар

Хоруйдаан биир тылы эппиккин,

Сөрүүҥҥэ, сииктээх от үөһүгэр

Сэмэйдик сиэттиһэн испиккин?..

Ол сэмэйдик сиэттиһэн испит кэрэ кыысчаан, бэйэтэ да билбэтинэн, поэт айар үлэтин уоҕурдааччытынан, поэты сырдык тыыннааччынан буолар.

Атын кыһалҕаны билбэккэ

Айанныыр эрэ аналлаах

Сөрүүн үрүйэчээн сибэкки

Силигин ситэрэр аналлаах.

Ол кэриэтэ Эн, мин доҕорум,

Бэйэҥ билиминэ сылдьаҥҥын,

Бу мин суруйар хоһооммун

Сырдык тыыннааччынан буолаҕын.

Кинилэр бу ытык иэйиилэрин этиһиэхтээх, дьон хараҕыттан кистээн таптаһыахтаах да сирдэрэ бэрт бэлиэ, бэрт сүдү – Өлүөнэ үрдүк түбэтэ.

Эн биһи көрсөр күммүтүгэр

Сааскы сарыал сатыылыаҕа,

Өлүөнэм үрдүк түбэтигэр

Сибэкки бастаан тыллыаҕа.

Мин ол көмүс сибэккилэри

Ыһыам атаҕыҥ анныгар,

Үрүҥ ньалака былыттары

Саба быраҕыам санныгар.

Эн тулаҕар сатыылатыам

Күн сардырҕас кыымнарын,

Эн халлааҥҥар ыллатыам

Сир уйаҕас чыычаахтарын.

Дьэ бу мантан саҕаланар ыал буолуу, үйэлээх уһун таптал. Поэт этэр ээ “мин чаҕаарар чаҕыл сааскым, мин сириэдийэр самаан сайыным бука барыта Эйиэхэ анаммыта, бука барытын Эн аймаабытыҥ…” – диэн.

Дьэ бу мантан саҕаланар, сахалыы эттэххэ, тапталы хаҥатаары киҥир-хаҥыр кэпсэтии даҕаны. Өр олорбут дьоҥҥо, дьон дьолун туһугар үлэнэн, охсуһуунан өрүкүйбүт дьоҥҥо, туох суох буолуой. Баар эбит араас барыта.

Хомоттум быһыылаах Эйиигин

Холус быһыыбынан,

Кыыһыртым быһыылаах Эйиигин

Халыҥ тылларбынан.

………………………………..

Доҕоруом, таптыыр уйус

Сүрэххэ, эрэбил,

Хомойуу курдук куруус,

Ыар ыарык суоҕун билэбин.

Поэт хомоппут доҕорун ханнык тылынан ааттаан бу ыар ыарыыттан таһаарыан, кини күн сиригэр суоч-соҕотох киһитин кэмсиниитин хайдах этэн уоскутуон булбат. Тиһэҕэр кини доҕоруттан маннык көрдөһөр:

Оҕону умайар дьиэттэн

Көтөҕөн куоттарардыы,

Көтөҕөн таһаар миигин

Кэмсинии кутаатыттан

Аҥардас биир тылынан.

Ол туох диэн тыл буолуой? Бука: “Таптыыбын!..” – диэн биир тыл буолуо. Биир тыл дьайар күүһэ диэн итиннэ сыттаҕа.

Сэмэн Данилов “Аан дойду талыы дьахтара” диэн хоһоонугар: “Уһун үйэм устатын тухары утуйбакка, олорбокко, улугурбакка мин көрдөөтүм Аан дойду талыы дьахтарын, Аан дойду сүгүрүйэр сүдүтүн” диэн суруйар. Ол туһугар кини улуу Дьааҥылар уҥуордуур, туундаралар тукулааннарын туораталыыр, байҕаллар даланнарын баарыстыыр. Кини ол тухары көрдүүр күн күлүмэр тэҥнээх күндү киһини. Көрдүүр да булбат. Онуоха, арай, биирдэ аас-маҥан баттахтаах аарыма кырдьаҕас этэр: “Эн бэйэлээх бэйэҥ эн-мин дэһэр, этиһэр, эйэлэһэр эмээхсиниҥ киһини тура-олоро дуумайдаа, сыта-сынньана сыаналаа: аны кини буолаарай. Аан ийэ дойдуҥ айыы тэҥнээх киһитэ, аһара талыы дьахтара?”

Маны кытта сөпсөһүөҕү баҕарыллар.

Дьэ ити да иһин Сэмэн Данилов кэргэнигэр анаан – Аан дойду биир талыы дьахтарыгар анаан – саха поэзиятын биир кыһыл көмүс кылаата буолар “Мин чаҕаарыйар чаҕыл сааскым”  хоһоону суруйбутун үөһэ ахтан аһарбыппыт, ол хоһоон түмүгэр кини маннык этэр:

Оо, кээс. Миигиттэн куттаныма. Хаар хаҥаата.

Аны мин бардам баҕаларым ааспыттар.

Айан хаастара ааһалларын курдук,

Аһыы, хомолто ааһалларын курдук.

Аны биир эрэ баҕа санаалаахпын.

Ол баҕам туоларыгар экчи эрэнэбин.

Эн аа-дьуо кырдьар уһун кыһыннаргар,

Ааспыккын ахтар курус хонуктаргар.

Атын сүүр айыылартан аккаастанан,

Эйиэхэ эрэ үҥпүт кулун баарын

Өйдөөн кэлэҥҥин дьэ үөһэ тыыныаҥ,

Аһына, ардыгар махтана саныаҥ…

Бу барыта поэт бэйэтин тус олоҕор сыһыаннаах хоһооннорун талан холобурдаатыбыт.

Үөһэ эппиппит курдук, Сэмэн Данилов лирикэтин этэр эйгэтэ киэҥ, философията да уустук. Суруйбута ээ кини оччотооҕу кириитикэттэн толлубакка кыыс күүттэриитэ – тэтиҥ дьиксиниитэ буоларын; эрэйэр имэҥнээх хараҕынан көрсүүнү; таптал нарынын, уодаһыннааҕын; дьахтар “эй диэн баран ээх” диирин, уоттуу умайар омуннааҕын. Суруйбута ээ эр дьон эрэйгэ иннилэрин биэрбэтэх эрдьигэннэрин, таптаан да таҕыллара хамматах, уоскуйбатах уоланнарын… Дьэ онно буолар дии, кыыс аатын халлааҥҥа кустугунан суруйуу, күнүүттэн аас хара холоруктар түһүүлэрэ, кырыыс буолуу, этиҥи этиҥҥэ тамнаһыы. Кыыс уолу өр күүтүүтэ, өр ытааһына уонна “түксү!” диэһинэ, табыллыбатах тапталтан алаас айылҕата аймана, сэмэлии хаалыыта…

Киһи дууһатын ити энэлгэннээх эймэниитин дэбилгэнигэр “ийэ кут”, “буор кут”, “салгын кут” диэн саха философиятын категорияларын ырыаҕа-хоһооҥҥо, саха поэзиятыгар кини урут хойуутук киллэрбитэ диэтэхпитинэ сыыстарыахпыт суоҕа.

Күннэр-дьыллар ааһыахтара. Сэмэн Данилов тапталын лирикатын кэлэр көлүөнэлэр үчүгэйдик өйдүөхтэрэ, ырытыахтара. Музыканы истэр курдук истиэхтэрэ. Сүбэһит, истиҥ доҕор оҥостуохтара.

***

Сэмэн Данилов өлбүтүн (27.II.1978) кэннэ үс том буолан тахсыбыт хоһоонунан айымньыларыттан кини айылҕаны, тапталы хоһуйбут лирикатын одоҥ-додоҥ ырыттыбыт.

Кини бэйэм олохпут барытын поэзияҕа анаатым диэбитэ бу мантан да көстөр. Поэзия – олох оонньуута, охсуһуу, умайыы. Кини партия Обкомугар А.Е. Кулаковскай икки томнаах кинигэтин таһааттарар санаатын, охсуһуутун түмүк көрсүһүүтүгэр бараары оҥосто туран охтубута. Кини “Санаалаах буолар үчүгэй” диэн хоһоонугар бэйэтин үөлээннээхтэригэр мээнэ тылы бырахпатах эбит:

“Доҕоор, космос үйэтигэр

Санаалаах буолар үчүгэй:

Үлэни өй үйэтитэр,

Сайдыы – санаа түмүгэ.

Санаалаах буол үөрүү кэмэр,

Санаалаах буол ыар да күҥҥэр.

Хаһан да эн сүтэримэ

Санааҥ бардам дэбилгэнин.

…………………………………

Олор, таптаа аныгылыы

Олорор муҥур үйэҕэр.

Өйдүү-өйдүү

                        саныы-саныы

Олорор быдан үчүгэй”.

1996 с. сэтинньи.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар