– Паапа, кэлиий. Паапа, ханна бааргыный?.. – диэн ытамньыйбыт куолаһынан сотору-сотору хаһыытыыра.
Куруҥ мас эмэҕин хасыһа олорбут киргил кыыл кыыстан соһуйан тыа үөһүн диэки көтөн күлүпүччүйэн иһэн, тугу эрэ сэрэйбиттии айманан ытаан сыналыйда. Күн сырдыгын хаххалаабыт тэҥкэ тииттэр, хараҥа харыйа ойуур, суостаахтык чугаһаабыт баһаартан куттанан иһиллээбит курдук уу чуумпута. Арай сүүрэн иһэр тиҥилэх тыаһа уонна аҕылыыр тыас бу чуумпуга иһиллэн ылара.
Саха сирэ! Саха омук! Саха сирэ барахсан бэйэтэ манна иитэн-үөскэтэн таһаарбыт норуотун көрөн-истэн, аһатан-сиэтэн этэҥҥэ 2014 сылга үктэннэрдэ. Сылтан сыл ахсын кутуйах хаамыытынан да буоллар, ахсааммыт син эбиллэн иһэр курдуга үөрдэр. Биһиэхэ хас биир саҥа киһи төрөөн, күн сирин көрүүтэ таҥара биэрбит бэлэҕэ буолар. Билиҥҥи туругунан 500 тыһыынча кэриҥэ буоллубут, бу үчүгэй көрдөрүү! Тоҕо диэтэххэ, төһөлөөх элбэх өлүүнү-сүтүүнү, эрэйи-муҥу көрбүтэ буолуой, бу кыракый норуот?! 1642 сыллааҕы биэрэпис докумуона туоһулуурунан, уйаара-куйаара биллибэттии тэнийбит хотугу кыраайга 18 тыһыынча дьаһаах төлөөччү баар эбит (18 сааһын ааспыт эр киһитэ). Историктар сабаҕалааһыннарынан оччолорго быһа холоон, дьахтардыын оҕолуун 40 тыһыынча эрэ саха бачча улахан сири-дойдуну баһылаан олорбут. Билиҥҥинэн көрдөххө, биир улахан улуус дьонун ахсааныгар тэҥнэһэр…
Ити суруйбут тылларбын ааҕааччым, баҕар, сүөлүргүөҥ, дьиибэргиэҥ. Муммут кыыс туһунан ааҕаары гыммыппыт баара, тоҕо эмиэ кэпсээҥҥэ төрүт сыһыана суохха халыйан хаалла диэн. Саамай сөпкө өйдөөтүҥ! Баҕар, мин татым өйбүнэн сыыһарым буолуо. Ол эрээри кэннибитин хайыһан көрүөххэ син биир наада эбээт.
Миигин илим хотоҕоһунуу салҕанан бара турар иэдээннээх сурахтар, букатын кыра оҕолор араас быһылааннарга түбэһэн суорума суолланыылара дьиксиннэрэллэр. Кинилэр тиһэх кыланыылара, ытааһыннара, ийэлээх аҕаларын көмөҕө ыҥыраллара үйэ саас тухары биһиэхэ, Саха сирин үрдүнэн хара мэҥ буолан ыйанан хаалыа турдаҕа, мэлдьитин! Оҕо өлүүтэ диэн киһи тылынан кыайан кэпсээбэт да, суруйбат да үлүгэрэ. Дьиҥинэн айылҕа сокуонунан оҕо төрөппүтүн көмүөхтээх, оттон биһиэнэ, хомойуох иһин, төттөрү эргийэн эрэр. Биһиэхэ, сахаларга, биир тыллан эрэр кэнчээри сүтүүтэ, улахан омукка, холобура, нуучча норуотугар киирдэҕинэ, 30 киһиэхэ тэҥнэһэр (сахаҕа икки оҕо, нууччаҕа 60 оҕо). Бу кыракый омукка улахан охсуу буолар.
Мин ытыыбын!.. Ытыыбын суруйа олорон уонна абаккарабын. Бу манна ким буруйдааҕый?! Биллэрин курдук, бастатан туран, төрөппүттэр уонна общество ньүдү-балай дьонноро, ол иһигэр — биһиги!..
Ол курдук биир иэдээннээх быһылаан 2014 сыл сайыныгар буолбута. Быһаччы эттэххэ, түөрт саастаах Сайыына кыыс сүтүүтэ. Дьон бары маньяк сиэртибэтэ дии санаабыттара чахчы, тоҕо диэтэххэ Өлүөхүмэ улууһа Сиинэ дэриэбинэтиттэн субу турдаҕа. Биллэрин курдук, биир оҕо туһугар республика бүттүүн аймаммыта, ол быыһыгар мин эмиэ! Баҕар, бу аньыы-хара наһаа халыҥаан, Айылҕа хотун биһиэхэ сэрэтэр моһуона эбитэ дуу, туох билиэй? Сөпкө сабаҕалыыр буоллахпына, иэдээн! Түөрэхпит эрэ түҥнэстибэтин.
Сайыына Федорова Өлүөхүмэ улууһугар Олгуй диэн ааттаах үс эрэ дьиэлээх, аҕыс киһилээх кыракый дэриэбинэҕэ 2010 сыллаахха төрөөбүтэ. Кыыс төрөппүттэрэ тыа боростуой үлэһит дьоно этэ: сүөһү-ас ииттэн, оттоон-мастаан, айахтарыгар Баай Байанай тугу биэрэринэн үссэнэн, онон түбүгүрэн тахсаллара. Бу дойдуга бэл рация, телефон, тэлэбиисэр да ситимэ суох буолан, түҥ хааһах сиринэн ааҕыллара.
Олгуй дэриэбинэ диэн ааттанара эбитэ дуу, суоҕа дуу? Кус оһоҕоһунуу эрийэ-буруйа сүүрэр Бүрүк үрэхтэн аһаан-сиэн олорор дьаҕа баһын дьоно олохсуйбут сирдэрэ арааһа булчуттар, балыксыттар учаастактара дэнэрэ буолуо. Сайынын киин сири кытары сибээстиир суол- иис диэн ончу суох этэ, хам-түм мотуордаах оҥочолор эрэ сылдьаллара. Оттон тулата хас эмэ уонунан көһүнэн тайаан сытар эһэ-бөрө дойдута, аар тайҕа этэ.
От ыйын 29 күнэ тигинээн тиийэн кэлбитэ. Сайыына сарсыарда соһуччу уһукта биэрбитэ. Күөдэл буола ыһыллыбыт кирдээх дьиэтин иһигэр, таныыта хаһыҥыраан утуйа сытар эбээтэ Балбаараттан ураты ким да суоҕа. Тута бэҕэһээ кэһии бөҕөлөөх күүлэйдии кэлбит аҕатын саныы биэрбитэ. Арба даҕаны бүгүн оҥочонон үрэх устун күүлэйдии барыахтаахтар этэ дии. Кини ыксалынан колгуоткатын, былааччыйатын булан кэтэ оҕуста, атаҕар кылгас остоох саппыкытын булан анньынна уонна таһырдьа ойон тахсаат, ытын оҕотун ыҥырда:
Саарык… Саарык… Паапа ханна барбытай?
Тута киниэхэ сүүрэн кэлбит ыт кыыс саҥатын өйдөөтө быһыылаах, кутуругун эйэҥэлэппитинэн аллараа үрэх диэки такынайда. Кини кэнниттэн Сайыына кыыс баттаҕа кулунчук кутуругунуу тойтойон эккирэтэн сэрбэкэчийдэ. Онно үрэххэ аҕатын кытархай өҥнөөх оҥочото кытылтан тэйэн үрэх ортотугар тиийэн номнуо долгуҥҥа өрүтэ күөрэҥнээн эрэрэ. Оҥочоҕо иккилэр этэ. Кинилэр мотуору собуоттуу сатаан тугу эрэ гынан букунаһаллара. Кыыс хаһыытыан икки ардыгар уу сэбэ күөх буруонан уһууран бирилии түспүтэ да, иннин диэки тумса хантайбытынан куугунуу турбута. Аҕа эргиллэн оҕотугар туох эрэ диэн хаһыытаан айаҕа оҥоҥнообута уонна илиитинэн далбаатаабыта: «һыллыый, дьиэҕэр бар». Ити быстаҕас хаһыы биллэн туран ситэ иһиллибэккэ, салгыҥҥа туора оҕустаран көтөн хаалбыта.
Кыыс хараҕын уута субурус гынна. Ытаата! Кытыл кумаҕар батары анньыллыбыт оҥочо баайар тоһоҕо маһы илиитинэн тарбыы, ытынаан икки эрэ буолан тулаайахсыйан туран хааллылар. Оҕо барахсан хантан билиэй, биирдэ эмэ аанньал курдук көстөн ааһар тапталлаах аҕатын ойуур баһаарыгар ыксалынан ыҥыран ылбыттарын. Кыыс барахсан хантан билиэй, ийэлээх аҕата арыгыттан сылтаан былыр үйэҕэ арахсаннар тус туһунан олороллорун. «Итинник буоллаҕына мин бэйэм даҕаны эйиэхэ тиийиэҕим» дии санаата уонна эбээтинээн аҕата олорор дэриэбинэтигэр хаста да бара сылдьыбыттарын өйдүү биэрдэ.
Бастакы күн
Күнү быһа хара тыаҕа аҕатын көрдөөн сирэйэ- хараҕа дарбаччы иһиэр диэри ытаан, кута-сүрэ айманан атах-балай мэскэйдэнэ сылдьыбыт оҕо, киэһээнэн ибили сылайан, үөҥҥэ-көйүүргэ дэлби сиэтэн, сыҥыргыы-сыҥыргыы ытын кытары сэргэстэһэ кумуччу туттан олорунан кэбиспитэ. Халлаан хараҥарыыта дьиэтигэр барыахтааҕын, утуйарыгар тугу эрэ аһыахтааҕын дьэ өйдөөбүтэ даҕаны, суолун ончу бутуйан кэбиспитэ. Урут эмиэ дьоно аһыы ууну итириэхтэригэр диэри истэхтэринэ ньамалаһыыларын, охсуһан сахсараҥнаһалларын сөбүлээбэккэ бу курдук дьүө- гэлэрин солбуйбут чөҥөчөхтөөх ойууругар, эбэтэр тапталлаах үрэҕин устун мэнээк баран хаалар этэ. Уонна хаһан «уһуктуохтарыгар», кыра киһилээх этибит дуу диэн дьэ өйдөөн ыҥыран хаһыытыахтарыгар диэри онно ытын кытары (кинилиин оонньоһор оҕо суох этэ) оонньуу, үрэх кырыылаах таастарынан дьиэ тутта, ыаллаах буола күнү күннүктээн тугу да аһаабакка, аҥардас сиикэй уунан куртаҕын толорон сылдьар этэ.
Сотору аламай күн барахсан кытара кыыспытынан саҕахха киирэн хаалбыта, ону кытары халлаан сөрүүдүйэн чараас былаачыйалаах кыыс тоҥон барбыта. Айылҕа хотун сороҕор икки атахтаахха наһаа тоҥкуруун буолааччы, оттон билигин тоҕо эрэ сүрэҕэ-быара сымнаан, кыракый кыыска көмөлөһө сатаабыта. Аргыый аҕай үөһэнэн көтөн кэлэн, Сайыынка оройун үрэн сирилэппитэ уонна:
– Чэ, тоойуом, киһи буолаҕын дуу, кии буолаҕын дуу? Эрэйдээх дьылҕаҕын бэйэҥ илиигэр чуо-бааччы туттарабын. Дьонуҥ-сэргэҥ оҥорбут аньыылара-харалара билигин эйиэхэ сүктэрилиннэ. Кытаат! Өрөйөн-чөрөйөн биэр, – диэт, оту-маһы барчалаан ийэ холорукка кубулуйан тус илин диэки куугунуу турда.
Ити тыллартан оҕо тыына-быара тыҥаабыта төлөрүйэн, арыый уоскуйбут курдук буолбута. Кини сиртэн ойон турбута уонна эмиэ үлүбээй, сирэйин хоту хаампытынан барбыта, хата, чэлгиэн салгын охсон үөн-көйүүр намыраабыта. Арай Саарыга туохха да кыһаллыбат этэ, иччитин иннигэр-кэннигэр түһэн кутуруга сахсыллан эйэҥэлии сылдьыбыта.
Кыыс иннигэр көстөр ыллыгынан бара сатыыр, төннөн кэлэн туора салаллар, ол да буоллар хараҕар билэр сарайдара көстөн биэрбэтэҕэ. Онтон кини куттаныах санаата кэлбэтэ, буолуохтааҕын курдук санаабыта, баҕар, олоҕо кытаанаҕыттан, иитиитэ итиннигиттэн, эбэтэр Айылҕа хотун киниэхэ сибигинэйбититтэн эбитэ дуу? Оттон, мин санаабар, түөрт-биэс сааһын туолбут хас биирдии оҕо мэйиитигэр, ити кэмҥэ «животный инстинкт» диэн ааттанар кис- тэлэҥ килиэккэлэр сайдаллар, оччоҕуна кыракый киһи элбэҕи ырыта санаабат, аһара тулуурдаах уонна тыйыс буолар эбит. Биир тылынан эттэххэ, сааһын сиппит эбисийээнэ саҕа өйдөнөр. Инньэ гынан кыыс сирэйэ хайа диэки хайыһар да, онно салаллан, иһирдьэ, түҥ тыа диэки бардар бара турбута. Били нуучча норуотун «Маша и медведь» диэн остуоруйатын ис хоһоонун хатылыырдыы. Ити гынан баран биир арыый уратылааҕа – биһиги «Машабыт» доҕор ыттааҕа, ону кэпсээнтэн туора хаһыйан кэбиһэр быраабым да, кыаҕым да суох.
Күндү ааҕааччыларым! Мин бу дьиҥнээх олох «Машенькатын» кэнниттэн тилэх үктэһэрбин көҥүллээҥ. Аргыый аҕай киниэхэ биллэрбэккэ эрэ саһа сылдьыаҕым диэн эһиэхэ эрэннэрэбин, ол эрээри эһигини хомоторбор тиийэбин. Кыыһы мин эрэ батыспатаҕым, кинини суор баҕайы эмиэ бэлиэтии көрбүтэ.
Иккис күн
Оҕо барахсан тулуурдаах даҕаны эбит (сирэйин дуомугар бырдах тохтообокко саба түһэрэ, ону ытыһынан ньалҕарытан туора соттон иһэрэ). Түүнү быһа утуйбакка ойуур устун охто-охто, иннин диэки бардар баран испитэ, таарыйа сиикэй отону итигэстээн айаҕар быраҕара уонна чалбах уутугар түбэстэҕинэ умса сытан иһэн сыпсырыйара. Ол быыһыгар эмиэ даҕаны ытын кытары кэпсэтэрэ.
– Саарык, эбээ бырдаҕы мас лабаатынан охсуолаан суох оҥороҕун диэбитэ. Мин эмиэ инньэ гыныам сөп дуо? Бу турааччы мас наһаа үчүгэй, – диэт, бэйэтиттэн эрэ өндөс хахыйахха ойон тиийэн, лабаатын тоһута сатаабыта. Син ырычаахтаһан, ынчыктаан, балачча уһуттары туура тардыбыта уонна барытын бобо тутаат сапсынан барбыта.
Халлаан сырдыыта кимнээх эрэ мас кэрдибит дэлээнэлэригэр тахсан кэлбитэ. Бу солооһуну туоруубун дуу, суох дуу диэбиттии тулатын кылап-халап көрө турбута. Үөнтэн-көйүүртэн харыстанан маһын лабаатынан быыстала суох туора-маара охсуолуура. Сотору кини, күн уотун сылааһыгар таттаран көхсө сылыйан, утуктаан тоҥхоҥнообута. Түбэһиэх сиргэ олоро түһээт, төбөтө хоҥкуйан барбыта.
Үрдүгэр кынат тыаһа субу куһурҕаабытыгар кыыс куттанан олоро биэрээт, илиитинэн уҥа-хаҥас далбаатанан бэйэтин көмүскэммитэ буолаахтаабыта. Күүстээх кынат оҕо баттаҕын «сыр» гына даҕайан ааспыта, эбиитин салгына сирэйгэ охсубута! Хамсаабакка сытар өлүккэ такыр тыҥыраҕынан хатанаары үөһээттэн сарбайан түспүт хара күлүк, соһуйан өрүтэ даллаахтыы түспүтэ уонна кыһыытыттан хараҕын быччаччы көрө-көрө, сиэртибэтигэр утары хааҕырҕаабытыгар иҥсэлээх бэлэһэ кытаран көстүбүтэ.
– Хуух, хуух! Бу баҕайы өлбөккө сытар эбит дуу?!
– Бар мантан! – диэт, кыыс, аттыгар сытар мутугу харбаан ылаат, суору быраҕан кыыратта.
Суор абаккарбыттыы өрө көтөн күөдэллэнэн тахсыбыта уонна отой чугас, аҕыйах хаамыылаах сиргэ иккиэннэрин сэнээбиттии, сиргэ олоро биэрээт, түөһүн мэтэппитинэн туора-маара хаамыталыы-хаамыталыы бэлэһэ хайдарынан иккистээн хахаарбыта.
– Хуух! Сотору син биир өлүөҕүҥ, минньигэс уулардаах харахтаргын оҥуоҕум. Хуух. Хуух.
Ити тыллартан абаккаран ыт оҕото суор диэки ыстаммыта. Саарык барахсан собулҕаһыты кыһалла-кыһалла эккирэтэн көрбүтэ да, халлаанынан дайа сылдьар сытыы кынаттаах баҕайы киниэхэ ситтэрбэтэҕэ.
Үһүс күн
Кыыс бэҕэһээ суор саба түспүтүттэн дьиксинэн, ытын кытары иннин диэки күнү быһа харса суох барбыттара уонна ырааһыйа түгэҕэр турар кэҥэс соҕус мас кэрдээччилэр кыһыҥҥы үүтээннэрин булбуттара. Ааны арыйан киирээт дэлби сылайбыт оҕо орон диэки харбыаласпыта.
Сарсыарданан онно уһукта биэрдэ. Бастаан ханна баарбыный дии санаата быһыылаах. Дьиэтиттэн отой атын истиэнэлээх дойдуга тиийэн кэлбит этэ, мастара туруору тураллара уонна түннүгэ кып-кырачаан этэ. Муннук диэки төкүнүк тимир буочука оһоҕун аана аҥайара. Хата, ытын оҕото орон анныгар тугу эрэ булан иҥсэлээхтик көмүллээн тииһин тыаһа күчүгүрүүрэ. Кыыс нааратыттан ойон турда. Үүтээн иһигэр бырдах, үөн-көйүүр суох буолан үчүгэйдик утуйан чэбдигирбит, сэниэлэммит курдуга. Аһыан сүрдээҕин баҕарбыт этэ. Остуол үрдүгэр хаппахтаах миискэ турара, ону арыйа баттаабыта, түүнүгүнэн бүрүллэн эрэр курсуйбут килиэп аҥара сытара. Ону харбаан ылаат, таҥаһыгар онон-манан аалбыта буолаат, муннугуттан кыратык эмти ытыран ылла. Ойо ытырыллыбыт куһуок бастаан кыбыс-кытаанах уонна ап-аһыы курдуга, онтон ити аһа тылыгар минньийдэр-минньийэн наһаа үчүгэй амтаннанан барбыта. Кыыс килиэп хоруоскатын болточчу тутан олорон, кутуйах оҕотунуу сып-сытыы тиистэринэн кэбийэн барбыта.
Оттон бу кэмҥэ Олгуйга, оҕону дьэ саҥа сүтүктээн (үһүс хонугар биирдэ), алдьархайдаах түрүлүөн саҕаламмыта.
– Ийээ, оҕом Сайыынка ханна барбытай? – диэн Балбаараттан от үлэтиттэн саҥардыы кэлбит кыыһа Татыйаас ыйыппыта.
– Сайыынка аҕатын кытары барсыбыт этэ, мин утуйа сыттахпына. Саарык кытары суох, – эбээ барахсан буруйданан муннун анныгар киҥинэйбитэ.
– Эс, хайдах?! Ол киһи ойуур баһаарыгар отой атын сиргэ барбыта дии, кыыһын тоҕо ылыаҕай, — Татыйаас хаһыыра түспүтэ.
Сити мүнүүтэттэн саҕаламмыта, унньуктаах тоҕус күн устата кыыс чугас дьоно утуйар ууларын умнуулара. Иһитиннэрэр сулууспалар: араадьыйа, телевидение, хаһыат, интернет — бары Өлүөхүмэ улууһугар туһаайыллыбыттара. Ытааһын-соҥооһун. Оо, онно көрүө этигит, ийэлээх эбээ тапталлаах оҕолорун сүтэрэн хайдах айманалларын. Кырдьаҕас киһи ытыыра ынырык!
Инньэ гынан оҕону көрдүүр уонунан биригээдэ өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн түмэ тардыллан тэриллэ охсубуттара. Аҕыйах киһилээх Олгуйга сүүһүнэн киһи кутуллан кэлбитэ. Арааһынай чыыннаах полиция, ыксаллаах быһыы-майгы салаатын үлэһиттэрэ. Бөртөлүөт үөһэ бөртөлүөт. Бэл, биир бөлөрүүс тыраахтар кытары баара. Тимир көлө бырысыабын соспутунан хайдах манна тиийэн кэлбитин айбыт таҥара бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ.
Бу үүтээҥҥэ Сайыына икки хоммута, онно килиэбин олоччу сиэн бүтэрэн кэбиспитэ (кинини көрдүү сылдьар көтөр ааллары кыыс күн ахсын көрөрө, оттон анарааҥҥылар билбэккэлэр ааһа тураллара). Чахчытын эттэххэ, кыыс кинилэргэ эрэ наадыйбата.
Бэһис күн
– Саарык, паапаны көрдүү бардыбыт, – диэт, оҕо ыллык суолу тутуһан бара турбута. Кыыс кэнниттэн – ыт оҕото.
Дьиҥинэн, Сайыынка, бу булбут үүтээнигэр өссө да сылдьымахтыа эбитэ буолуо, ону иһэр УУ суоҕа барарыгар кыһайбыта. Буочуканы ортотунан быһан сарай анныгар ууну тоһуйа туруорбут иһиттэригэр түспүт уу, дьэбининэн бүрүллэн сытыйан хаалбыт этэ. Кыыс төһө даҕаны буочукаттан даҕаны, чалбахтан даҕаны сиикэй ууну иһэ үөрүйэҕин үрдүнэн, тоҕо эрэ маны сөбүлээбэтэҕэ.
Сайыына хааман иһэн ытын кытары кэпсэтэн айаҕа хам буолбат. «Саарык, ууга тиийэрбит чугаһаата даа? Саарык, уута булан иһиэххэйиий. Саарык, билигин паапа ханна баара буолуой?» Кыыс тыаҕа эбээтинээн отоннуу-тэллэйдии мэлдьи сылдьар буолан, туттардыын-хаптардыын тыаҕа сылдьа үөрүйэх этэ. Кини дьиҥинэн сааһа эрэ кыра этэ, ол эрээри уҥуоҕунан обургу соҕус уонна эбэтэ мэлдьи такайан, саастыыларынааҕар өйө-санаата быдан эрдэ сиппитэ.
Бириэмэ!.. Бириэмэ – түөрт бырааттыылар: Сарсыарда, Күнүс, Киэһэ уонна Түүн.
Биһиги сирдээҕи олохпут бириэмэттэн наһаа улахан тутулуктаах. Стивен Кинг «Лангольеры» романыгар бириэмэни симэлитэр (пожиратели времени), салгынынан көтө сылдьар «черная дыра» диэн харамайдар бааллар. Ол «харамайдар» кыыһы эмиэ сиэри тилэх үктээн кэнниттэн эккирэппиттэрэ. Холобура, Сайыына биир сиргэ тохтоото да түгэҕэ биллибэт «ньүкэн түгэҕэр» эргиллибэттии барыахтааҕа.
Былдьаһыктаах мүнүүтэлэр!.. Баҕарыылаах сөкүүндэлэр!..
Алдьамматах бүтүн чаһыга бириэмэ чыпчылҕан да түгэнэ тохтоон турбатын курдук, Сайыына эмиэ бүтүн оҥоһуулаах буолан, биир кэм иннин диэки хардыылаан иһэрэ.
Халлаан боруорсуйан, киэһээҥи ыам чугаһаабыта. Ити кэмҥэ, иннигэр тэйиччи соҕус, уу оҥочото дыыгынаан кэлэн тохтуур тыаһын уонна дьоннор хаһыытаһан кэпсэтэллэрин тыал охсон аҕалара иһиллибитэ. Кыыс чөрөс гына түһээт:
– Саарык, онно паапа, – диэбитинэн үөрүүтүттэн иннин диэки сүүрбүтэ буолан такыныйаахтаабыта. Хара тыа маһа икки өттүгэр силэллэн быһылааннаах мультик уруһуйунуу хамсыы-хамсыы күөгэҥнии түспүттэрэ. Хатыҥ суугунас сэбирдэхтэрэ «кытаат, кытаат, ыксаа» диир курдуктара уонна хатыылаах сарбынньахтартан харыстаан төбөтүн, саннын имэрийэн ылаллара. Сотору кинилэр Бүрүк эмпэрэтин үрдүгэр аҕылаһан тахсан кэлбиттэрэ. Үрдүк модьоҕо хаһаайыттара – буор хараҥаччылара – туох ааттаах абааһылара тиийэн кэллилэр диэбиттии айманан, «чирик-чирик» дии-дии туора-маара көппүттэрэ. Кылбаа маҥан хоптолор, солуута суох тыыраахылар дьиибэргээбиттии үрдүлэринэн «кыых-кыых» диэн кылана-кылана элиэтээбиттэрэ. Оттон оҥочо баҕайы собуоттана охсон, номнуо оол-ол тэйиччи, аһара түргэнник куугунаан эрэрэ. Кыыс эрэйдээх ыксаан:
– Паапа, тохтоо!.. Миигин кэтэс!.. – диэн хаһыытаабытынан эмпэрэттэн аллара ыстанан кэбиспитэ уонна төбөтүн оройунан кулахачыйбытынан эргийэ-эргийэ сурулаан үрэх диэки төкүнүйбүтэ. Бу сордоох барбыт чэй курдук өҥнөөх, сүүрүгүрэн дьирибинии сытар тымныы ууга сирэйинэн баран түһээт, булумахтана түспүтэ. Атаҕа сири булбакка төбөтө үөһэ-аллара күөрэҥнии сылдьан, син биир аҕатын көмөҕө ыҥыра сатаабыта:
– Аа… аа… Паапа… паапа кэлиий!.. Аа… аа… Тохтоорууй!.. Аа…
Онто хантан?! Оҥочолоох дьон дьалаҕайдарыгар буолан оҕону да, ыты да өйдөөн көрбөккөлөр тоҕой кэннигэр киирэн хаалбыттара. Хата, Саарык барахсан ыйылаабытынан сүүрэн эйэҥэлээн кэлэн доҕорун быыһаары ууга ыстанан кэбиспитэ, ол кэмҥэ кыыс номнуо сүүрүккэ оҕустаран, дэлби ууну иһэн, чачайа-чачайа күөрэйэн, илиитинэн далбаатана сылдьан, ыты түбэһиэхчэ кутуругуттан харбаан ылбыта. Саарык кыыһы соспутунан кытыл диэки харбаан ньолойбута. Иккиэн ырычаахтаһан, оттон-мастан тардыһан, саппыкыларын тыйыс үрэххэ бэлэх хаалларан, абыраллаах биэрэккэ нэһиилэ сыһыллан тахсыбыттара.
Кыыс тобуктаан туран ытыы-ытыы испит уутун дэлби хотуолаабыта, онто сороҕо муннунан тахсан сөтөллөн, ытырдан күпсүйээхтээбитэ. Ол кэннэ кыратык тыын ылбычча эргим-ургум көрөөт, өссө үөһэ диэки сыҕарыйбыта уонна сэниэтэ эстэн умса баран түспүтэ. Бу сытан устунан утуйан хаалаахтаабыта. Ол кэмҥэ ханна эрэ сис тыаҕа хаанымсах хара суор «халып-чулуп, хаах-хаах, хаанна хаптар, хаанна хах-хаах» диэн кыланара иһиллибитэ. Өр-өтөр буолбатаҕа тымныы үрэх устун Туман хотун устан сундулуйан кэлэн, кыыс эрэйдээҕи үрүҥ суорҕанынан үллүйэ саппыта уонна аттыгар кинини харабыллаан, туналыйар көппөх буолан ыйанан турбута.
Алтыс күн
Күн саҕахтан мичилийбитинэн тэмтэйэн тахсаат, туохтан эрэ кыбыстыбыттыы былыт кэннигэр саһан хаалбыта. Кыыс били үрэх кытыытыгар ибис-инчэҕэй таҥастаах утуйан, сарсыарданан дэлби титирээн уһукта биэрбитэ уонна ытын батыһыннарбытынан эмиэ тыа диэки барбыта.
Ойуур устун мээнэ баран иһэр оҕо атах сыгынньах, саппыкыта суох этэ. Бастаан чараас колгуотка нөҥүө да буоллар хаамарга чэпчэки курдук этэ. Кэнникинэн мутукка, силискэ дьөлүтэ үктээн атаҕын тилэҕэ бааһыран барбыта. Үктэннэҕин ахсын алларааттан тахсар абытайдаах ыарыыны төһө да тулуйдар, суох, кини ытаабат этэ! Синигэр түһэн эрэр оҕо ытыыр диэни умнубут курдуга.
Кыыс охтубут сүүнэ мас кэннигэр атаҕын имэринэ олордоҕуна, соһуччу дьон үөгүүтэ иһиллибитэ. Саарык чөрөс гына түспүтэ.
– Ау-уу! Сайыынаа-аа-аа… Ханна бааргыны-ыы-ыый? Аа-уу! Сайыынаа-а-а..
Көрдөөччүлэр хаһыытыы-хаһыытыы субу тиийэн кэлбиттэрэ. Дьон хаһыытыттан куттанан Сайыына сүрэҕэ «дыр» гыммыта. Кыыс түөрт атах буолан токур-макыр силистэр быһыта кымаахтыылларыгар кыһаммакка ытын кууспутунан охтубут мас сыгынаҕын анныгар сыылан киирбитэ уонна аттынан ааһан иһэр дьону саарба кыыл оҕотунуу сып-сытыытык кэннилэриттэн батыһыннара көрө сыппыта. Муҥар ыта баҕайы саатар үрэн, ыйылаан бэйэтин биллэрбэккэ хаалбыта, инньэ гынан бөлөх дьон оҕо баарын билбэккэ бара турбуттара.
Айан суола! Симэлийэн эрэр былыргы айан суола. Бу суолунан 19-с үйэҕэ Бүлүү эҥэрдэр сүүһүнэн сыарҕалаах атынан эт, арыы тиэйэннэр көмүстээх Бодойбоҕо түһэллэрэ. Бу суолунан 1941 сыллаахха Бүлүү улуустарыттан сэриигэ ыҥырыллыбыт тыһыынчанан киһи Туруктаҕа сатыы тиийэллэрэ, онтон борохуокка олорсон соҕуруу айанныыллара. Бу суолунан Сунтаартан Өлүөхүмэ Төгөөнүгэр аас-туор сылларга уонунан быстарбыт киһи быһалыы бараллара. Кыыс барахсан муммутун сэттис күнүгэр бэйэтэ да билбэтинэн бу иччилээх туһаайыыны тутуспута.
Кыракый оҕо хантан билиэй, субу нэһиилэ түөрэҥэлээн хааман иһэр ыллыгар сэрии кэминээҕи ыарахан дьылларга төһөлөөх элбэх киһи сутаан өлбүтүн. Кинилэр хоргуйан, быстаран охтоллоро. Бу манан этэ дии – илбиркэй таҥастаах, хам аччык умнаһыттар тоҥуу хаары кэһэн үнүөхтэһэллэрэ. Бу манна этэ дии – уон биир саастаах Кириэстээх нэ- һилиэгин кыыһын, Агаасканы, ыһык астан уоран сиэтэ диэннэр маһынан быһыта сынньан баран хаалларбыттара. Онтулара тоҥон хаалан кэлин үөргэ кубулуйуута. Бу манна этэ дии – суол кытыытыгар маска өйөнөн олорон тоҥон эрэр хара бэкир киһини, хаанымсах суордар сирэйин-хараҕын тыыннаахтыы тоҥсуйуулара… Кырыктаах сыллар! Иэдээннээх кэмнэр!
Сайыына киэҥ соҕус ырааһыйаҕа тахсан кэллэ. Сыгынньах тилэҕин баастарын аны кырыылаах от дьөлүтэ кэйэн амырыыннык ыарытыннарбыта. Эбиитин кини сүрдээҕин утаппыт этэ. Чалбах дуу, күөл дуу баара буолаарай дии санаан нэһиилэ бадьаалаан алаас саҕатын диэки бараахтаабыта. Ол түөрэҥэлээн иһэн дулҕалардаах сиргэ тиийэн кэлбитэ.
– Саарык, миэхэ уута булууй,– утатан иэдэйбит кыыс доҕоруттан көрдөһөн кыыкынаабыта. Ыт оҕото саҥаны өйдөөбүтэ дуу, хайдах дуу? Салгыны сытырҕалаат, иннин диэки эйэҥэлии турбута. Өр буолбатаҕа, доҕорун ыҥыран үөрбүттүү үрэн чаҥырҕаабыта.
– Саарык. Саарык, итиннэ тугу булан үрдүҥ? Уу баар дуо? Билигин тиийиэм. Барытын иһэн кэбиһимэ, – дии-дии, кыыс дулҕалар быыстарынан ыт үрэр сирин диэки барбыта. Сотору кини умса түһэн сытан дулҕа быыһынааҕы ууну иһэ төһө ыларынан иһэн киллиргэппитэ. Аата үчүгэйин! Сөрүүн уу барахсан кыыс этин-сиинин устун тарҕанан сирэйин-хараҕын арыый сырдаппыта. Билигин аны тугу эмэ булан үссэннэрбин дии санаан, тула өттүн кыҥастаста. Тыа саҕатыгар тэйиччи соҕус, мэник оҕо баттаҕыныы туора- маары сарайбыт ыарҕа талах быыһыгар хаптаҕас уга көстөр курдуга.
– Иэхэйбиин, – диэт, кыыс үөрүүтүттэн ытыһын «тас» гына охсуммута. Кини оччолорго билбэтэҕэ, бу утаҕын ханнарбыт бадарааннаах уута икки хонугунан кубарыччы куурбута. Кини оччолорго билбэтэҕэ, бу манна инчэҕэй сиргэ атаҕын суолун бэчээт хаалларан, ол түмүгэр тыыннаах хаалыахтааҕын.
Быыкаайык кыысчаан тыынын уһатар абыраллаах ас тулатыгар ким эрэ соруйан бэлэмнээбитин курдук көстөн иһэрэ. Ол эрээри, ону ылан айаҕар угуор диэри кыысчаан балачча сыраласпыта. Субу көстөн турар кып-кыһыл хаптаҕас дьөрбөтүгэр илиитэ тиийбэккэ өрүтэ ууналыы сатаан ынчыктаспыта. Суох, тиийбэтэҕэ! Саатар хаптаҕаска өссө чугаһыаҕын, хаппыт лабааларынан өрө адаарыйа сытар абырҕал сыгынньах этин тэһитэ кэйиэлиирэ. Кыысчаан онтон санаатын түһэрбэтэҕэ, тобуктуу түһээт түөрт атах буолан укка аллараанан ыкса сыылан киирбитэ уонна синньигэс лабаалары бүүрэ тарда-тарда, ымсыылаах төкүнүктэри аһыырҕаппака даҕаны минньигэс бэйэлээхтик сиэн ньэмэҥнэтэн барбыта. Ол олорон аччыктаан куртаҕа курулуура ааһан, эбиитин сылайбыта бэрт буолан, утуйан буккураан хаалаахтаабыта. Ситэ үс-түөрт мүнүүтэ буолбатаҕа, оҕо үрдүнэн суор көтөн суксулдьуйан ааспыта. Ол аайы Саарык баар! Үөһээнэн сылдьар сиэмэх көтөр уруккуҥ курдук өмүтүннэрэн саба түһүөҥ суоҕа. Саарык билигин барытыгар бэлэм этэ, доҕорун ким эмэ атаҕастыыр күннээх буоллаҕына, тыынын биэрэн да туран көмүскүөҕэ. Ыт оҕото суор диэки өһөхтөөҕүнэн көрбүтэ. «Манна кэлэн көр эрэ суолас, көрдөөбүккүн ылыаҕыҥ» диэбиттии ырдьыгынаан ылбыта.
Түүл! Киһи иччилээх түүлэ! Сорох дьон түүлү итэҕэйээччилэрэ суох. Түүл диэн түүл, сымыйа буолааччы диэччилэр. Оттон Сайыына илэ- чахчы этин сааһа аһыллан түһээн барбыта. Баҕар, ол тыыннаах хаалар дьылҕалаах буолан эбитэ дуу?
Арай түһээтэҕинэ, киниэхэ тыйыс баҕайы сирэйдээх-харахтаах кыыс оҕо тиийэн кэлбитэ уонна маннык диэн саҥалаах буолбута:
– Эн аатыҥ Сайыына диэн дии, мин билэбин ээ, – диэбитэ. Оттон кыыһы тобулу одуулаан туран: – Өйдөө! Бу сиртэн, бу мантан ханна да барыма. Аҕыйах хонугунан эйиигин быыһыы дьон кэлиэҕэ, онуоха диэри биһиги, эйиэхэ көмөлөһүөхпүт. Көр эрэ, ол, — диэн баран илиитинэн иннин диэки ыйбыта. Кыыс көрдөҕүнэ тэйиччи соҕус туох эрэ улахан хара бөкүнүҥнүүрэ — ол эһэ этэ. Тыһы эһэ, сайыны быһа кутааламмыт өрт уотуттан күрэнэн, эбиитин икки ыйдаах оҕотун бөрөлөргө былдьатан баран, Бүрүк үрэх үрдүнээҕи сэтиэнэҕинэн туолбут маарга олохсуйбута. Манна, Өлүөнэ өрүс сүүрүктээх тымыра төһө да чэлгиэн салгыннааҕын үрдүнэн, син биир буруолаах этэ. Кини бу бас билэр ордуутугар ыҥырыллыбатах дьукаахтар кэлбиттэрин билбитэ. Кыйаханыан сүрдээҕин баҕарара да туох эрэ биллибэт күүс кинини тохтотор курдуга, баҕар, ол ыалдьыттара иккиэн кыраларыттан, туох даҕаны куттала суохтарыттан эбитэ дуу?!
Сайыына тоҕо эрэ куттаммакка, кинилэри бэйэтигэр чугастык ылыммыта.
– Оттон эн аатыҥ кимий?
– Мин Сунтаар кыыһа Агааска диэммин, – диэбитэ.
– Агааска, оччоҕо эн биһикки бииргэ оонньуур буолуохпут дуо?
– Мин эйиэхэ эдьиий буолабын. Ол иһин эдьиий диэн ыҥыраар. Мин эйиэхэ утуйдаҕыҥ аайы түүлгэр кэлиэҕим, оччоҕо оонньуохпут. Миэхэ мас туорааҕа наһаа элбэх, олору оҕо оҥостооччубун.
– Сөп, эйиигин эдьиий Агааска диэҕим. Ол тоҕо утуйдахпына эрэ миэхэ кэлэҕиний?
Ити тылтан Агааска кыыс дьүһүнэ тута уларыйан барбыта. Кини ытыыр этэ. Ытыыр этэ күөх тайҕа суугунуур тыаһын курдук. Ол кэмҥэ тэйиччи хаһыы иһиллибитэ уонна хара киһи көстүбүтэ. Кини Агааска кыыһы далбаатаан ыҥырара.
– Агааскаа-а-а, – хаһыы ой дуораана буолан бэйэтиттэн-бэйэтэ тэптэн эҥсиллэн көтө турбута.
– Балтыкааным, мин бардым. Сарсын эйиэхэ эмиэ кэлиэҕим, онно барытын кэпсиэҕим, – диэбитэ Агааска.
Тохсус күн
Күн үөһэ ойбута. Сирэйэ сиэккэ сабыылаах, кугас аттаах эдэр киһи киҥинэйэн ыллаан кэбиһэ-кэбиһэ, киэҥ толоон устун айаннатан батыччахтатан иһэр. Көхсүгэр үрүксээгэ уонна саата сахсыллар. Бу кэмҥэ аттыгар маарыҥҥыттан батыһан эйэҥэлии сылдьыбыт эриэн ыта, дулҕалаах маар диэки туораан тахсан тугу эрэ булан үрэн маргыйара иһилиннэ. Сылгыһыт улаханнык тириппит, бүгүлэхтээн тохтоло суох баһын булкуйбахтыыр, өрүтэ кэҕийбэхтиир атын хантаччы тардан тохтотто уонна ыт үрэр сирин диэки дьиктиргээбиттии көрөн олордо. Оттон ытын ыҥыран хаһыытаата.
– Моойто, Моойто. Кэл, кэл, – диэтэ. Ыта иччитин тылын истиэх быһыыта суох этэ. Биир сиргэ тула көтө сылдьан кутуруга сырбаҥалыыра, ыйылыыра, эмиэ да үрэн ылара. Киһи «Туох ааттааҕы булан итиннэ тиҥсирийдэ, оҕону булла дуу? Баран көрүөххэ» дии санаата.
Оттон ити кэмҥэ түүҥҥү тымныыттан уонна бырдаҕыттан мэһэйдэтэн үчүгэйдик утуйбатах кыыс, дулҕа быыһыгар күн уотун сылааһыгар таттаран ыт үрэригэр эрэ кыһаммакка кытаанахтык утуйа, түһээн Агааска кыыһы кытары оонньуу сытара. Саҥа билсибит дьүөгэтэ маннык кэпсээннээҕэ.
– Дьиэбитигэр аспыт отой бүтэн хаалбыта. Ийэм ытыыр этэ, оттон аҕам сэриигэ барбыта. Биһиги хас да буолан тыбыс-тымныыга, будулуйар туман быыһынан хара суор арыалдьыттардаах ханна эрэ баран испиппит. Биир күн ийэм суолтан тэмтэриҥнээн тахсан тибиигэ охтон хаалбыта, ону илиититтэн тардыалаан туруора сатаабытым даҕаны кыайбатаҕым. Дьоннор көмөлөспөтөхтөрө. Салааскаларын соспутунан бара турбуттара. Ийэм тыла булдьуйан, тымныыга кыайан саҥарбакка тыына эрэ бурҕаҥныыр этэ. Кини миигин сэниэтэ суох илиитинэн бэйэтигэр ыбылы тардан, өссө да сойо илик хатырбыт уостарынан сыллыы сатаабыта уонна ытыы-ытыы сиэппэр туох эрэ суулааҕы укпута.
«Оҕом сыыһа, быдан дьылларга быраһаай! Хойутун-хойут эн кырдьыбытыҥ кэннэ биирдэ көрсүөхпүт. Бу килиэп! Эйиэхэ анаан муспутум, маны дьоҥҥуттан кистээн сиэр. Миигин билигин хаарынан көмөн кэбис уонна дьоҥҥун эккирэт», – диэн сибигинэйэн нэһиилэ эппитэ.
Мин бастаан тугу гынарбын билбэккэбин таах талбааран турбутум. Ол кэмҥэ аттыбытыгар этим дырылыар диэри суор баҕайы кыланара иһиллибитэ. Ийэм: «Тоойуом, ыксаарыый», – диэн кыыкынаабыта. Онно дьэ ытыы-ытыыбын ийэбин хаарынан көмпүтүм. Өйбөр-санаабар билигин да баар – бүтэһик ытыс хаары ийэм иһэлийбит сирэйигэр саба кутарбар, тоҕо эрэ кини мууһуран эрэр хараҕар мичээр олохсуйбут курдугун өйдөөн хаалбытым…
Өлүү! Өлүү уонна Олох эдьиийдии балыс дииллэр. Хайата эрдэ үөскээбитэ биллибэт. Өлүү диэн кэлэр олоҕу салҕааһын буолар. Олох диэн.
Күндү ааҕааччым! Маныаха диэри кэпсээни ааҕан кэлбит буоллаххына, эйиэхэ махтал буоллун. Эн билигин дьэ өйгүн-санааҕын түмэҥҥин бэйэҕин тургутан көр эрэ, хайдах олоххо олороргун – үчүгэй дуу, куһаҕан дуу? Тула баар дьоҥҥун, ыкса олорор ыалларгын, доҕотторгун, кинилэр олохторун, дьылҕаларын ырытан көр! Барыта кэрэ дуо? Козьма Прутков «Смерть для того поставлено в конце жизни, чтобы удобнее к ней приготовиться» диэн тыллары мэнээ эппэтэҕэ. Чэ, бээ, бу афоризм онуоха-маныаха диэри тохтоотун, манна кэлин син биир төннүөхпүт.
– Мин ийэбин көмөн баран, аргыс дьоммун ситэн кэннилэриттэн батыһан испитим. Халлаан хараҥарыыта кутаа оттон дьоммут аһаары үөмэхтэспиттэрэ. Сотору ыһык астан килиэп сүппүт диэн айманан турбуттара. Миигин кэлэн таҥаһым сиэбин чүүччэйбиттэрэ, ол онно, били, ийэм бэйэтин өлүүтүн мунньубут хортуоскаларын биэрбитэ бааллара. Ону былдьаан ылаат «килиэби бу кыыс уорбут» диэн баргыытаһа түспүттэрэ.
Салайааччыбыт ыадастан кэлэн уоту буккуйа сылдьыбыт маһынан миигин төбөҕө биэртэлээбитэ уонна: «Манна хаал», – диэн сирэйбэр хаһыытаан бытарытаат, хаарга түҥнэри анньан кэбиспитэ. Кинилэр хараҥаҕа киирэн симэлийбит күлүктэрин эрэ өйдөөн хаалбыппын. Мин онно сытан турар сэниэтэ суох буолан тоҥон хаалбытым. Ол күнтэн ыла ийэм барахсаны көрдүүбүн даҕаны булбаппын, – диэн баран кини эмиэ тыа маһа суугунуурунуу ытаан барбыта. Онтон тохтуу биэрээт: – Балтыкаан, хараххын арыйа оҕус, эйигин көрдүүр киһи кэллэ, – диэт, симэлийэн хаалбыта.
Сайыына ол саҥаттан уонна ыт үрэриттэн соһуйан уһукта биэрбитэ, аттыгар улахан эриэн ыт Саарыгар саба түһээри дугдуруҥнуу сылдьар курдуга. Тииһин килэппит, арҕаһын түүтүн туруорбут. Эбэтэр төрүт даҕаны «бу күрүөйэх абааһылары мин булаттаатым» диэн хаһаайыныгар кэпсии сатыыр дьүһүнэ эбитэ дуу. Саарык барахсан улахан ыттан куттанан тиэрэ түһэн килэгир өрөҕөтүн көрдөрөн сытара уонна албыннаһан синньигэс бэйэлээхтик ыйылыыра.
Ити кэмҥэ толоон биир өттүнээҕи талахтар быыстарыгар, кинилэри кэтии сыппыт тыһы эһэ икки атаҕар тураат, суоһурҕанан өрүтэ хантаарыҥнаабыта. Ат обургу ону билэ охсоот, аһары куттанан, кулгааҕа чөрөҥөлөөбүтэ уонна хаһыҥырыы-хаһыҥырыы туора ойуолаан батыччахтаабыта. Сылгыһыт уол чуут аҕай ыҥыырыттан эһиллэ сыспыта, хата, нэһиилэ өрүһүнэн ыҥыырын хоҥсуотуттан тутуһан ылаат үөхсэ-үөхсэ:
– Тыррр-тырррр! Тохтоо, сатана. Туох буолла? Тырр-р-р… – дии-дии, атын тэһиинин чиккэччи тарда сатаабыта. Кыыла турбут ат тохтуох быһыыта суох этэ. Хата, иннин диэки хараҕа тэстэринэн туос бөтөрөҥүнэн ыстаммыта. Уол дьолугар ыраас толоон буолан маска-окко сыбаабакка быыппаста турбута. Ата икки дьабадьытыттан үрүҥ күүгэн аллан, ойуур саҕатыгар тиийэригэр иһиттэн салгына дэлби ыгыллан, утуруктуу-утуруктуу нэһиилэ көппөрөҥнүүр буолбут, кэнниттэн хара бөкүнүк тоороххойдор таммалаабыттара. Ата туохтан сиргэммитин уол өйдөөбөккө да хаалбыта.
Кыыс тэйиччи соҕус киһи хаһыытыырыттан уонна ат туйаҕын тыаһа битигириириттэн соһуйан ойон турбута. Кини аттаах киһини, хомойуох иһин, кэнниттэн эрэ көрөн хаалбыта. Бастаан туох-туох буолбутун ситэ өйдөөбөтөҕө даҕаны. Онтон кыра оҕо мэйиитин сыыһыгар «дьиэм» диэн толкуй киирэн: «Саарык, дьээдьэни бараҥҥын тохтот», – диэт, тута-бааччы кэнниттэн эккирэппитэ. Ыт оҕото ити саҥаҕа кыһаллыбатаҕа, хата, кыыс атаҕын анныгар эриллэ сылдьыбыта, онтон улахан ыт хаһаайынын эккирэтэн кэнниттэн буулдьалыы ыстаммыта. Ол түөрэҥэлээн иһэн оҕо эрэйдээх дулҕаттан иҥнэн умса баран түһээхтээбитэ. Окко-маска тырыта тыыппыт тобугун туттубутунан ытаан сыҥсырыйбыта.
– Дьээдьэ…. Дьээдьэ… Тохтоо… Миигин дьиэбэр илдьэ барыый… Күүт… – диэн нэһиилэ кыыкынаан хаһыытыы сатаата. Суох! Аттаах киһи ити саҥаны истибэтэҕэ, истэр да кыаҕа суоҕа. Муҥар наһаа ыраатан хаалбыта. Кини ыта тугу үрбүтүн көрүөн төһө да баҕарбытын иһин, төттөрү кэлиэҕин куттаммыта уонна ата да олус уйуһуйан төннөр туруга суоҕа. Эбиитин Моойтото кэнниттэн туох да буолбатаҕын курдук батыһан кэлбитэ (аттаах киһи манна буолбут кылгас быһылааны, эппиэтинэстэн куттанан чып кистэлэҥҥэ туппута).
Уон биирис күн
Күнү быһа уу көрдөөн мээнэ хаамыталыы сылдьыбыт оҕо күүһэ адьас эстибитэ, оннооҕор үөн-көйүүр да сииригэр кыһаллыбат буолбута (үчүгэйэ диэн «дьүөгэтин» тылын истэн субу чаардаабыт толоонуттан ханна да тэйбэтэҕэ). Маарыын күнүс үссэммит хаптаҕаһыттан, хата, былааччыйатын сиэбигэр куттубут буолан онтун сиирэ. Ситэ буспатах ап-аһыы хатан отонтон куолайа сүрдээҕин аһыйара да, талымастыыр кыаҕа суоҕа. Саамай хомолтолооҕо били бадарааннаах сүлбэтэ кубарыччы кууран инчэҕэйи кыайан булбатаҕа, онтон сылтаан утатан мэйиитэ эргийэн охто сылдьара. Кыайан хаампат буолбута, эбиитин атаҕын тилэхтэрэ сүрдээҕин ыалдьаллара. Ол иһин олорон эрэ өлгөмнүк үүммүт от диэки хаама илик кыра оҕолуу үнэн барбыта. Илиитинэн сэбирдэх оту үргээн сытарыгар тэллэх курдук оҥостубута, сороҕун үөнтэн харыстанан үрдүгэр саба тарыммыта уонна ытын кууһан утуйан буккураан хаалбыта.
Соһуччу! Ханна эрэ тэйиччи Иэйэхсит Хотун ытыыр курдуга. Туохтан буолуой? Билигин буолуохтаах иэдээнтэн дуо?!
Күнү супту сир ийэҕэ сылааһын тарҕаппыт аламай күн барахсан кытара кыыспытынан саҕахха киирбитэ. Ону эрэ кэтэспиттии от-мас быыһыттан үөн-көйүүр бөҕөтө дыыгынаһан тахсыбыттара. Сотору киһи тыына-быара ыгыллар алдьархайдаах хараан киэһэ буолбута. Көтөр-сүүрэр барыта бүк сири булан саспыттара. Хара тыа тыас иһиллээбиттии чуумпурбута. Суох, алҕаһаабыт эбиппин, хамсыыр күлүктэр бааллар эбит дии!..
Ойуур быыһынан кутуруктаах сур түөкүттэр элэҥнииллэрэ көстүбүтэ. Кинилэр иккилэр этэ. Ок, обургулар тохтуу биэрдилэр. Биирдэстэрэ эндирдии охтубут маска өрө сүүрэн тахсаат, дьиксиммиттии тула өттүн олоотообута. Түүтэ соролообут торҕон бөрө кыракый киһи уонна ыт оҕото аттыларыгар баарын сыттарыттан начаас билбитэ. Доҕоругар бэлиэ биэрээт, тута от-мас быыһыгар кирийэн хаалбыттара. Иҥсэлээх харахтарыгар сиикэй эт уонна сибиэһэй хаан көстүбүтэ, төһө да сайын буоллар кинилэр ыйы ыйынан буолбут баһаар соттугар бултуйбатахтара ырааппыта. Кыыл-көтөр буруоттан кыйдаран көһөн, симэлийэн хаалбыттар этэ. Кинилэр сиэртибэлэригэр саба түһээри арҕастарын түүтэ туран, харахтара уотунан умайбыта уонна иннилэрин диэки үөмпүтүнэн барбыттара. Кыыс аттыгар өлүү чугаһаан эрэрин билбэккэ ытынаан утуйа сыппыттара. Бастакы сиэмэх мунна кимистэн кыыска саба ыстаммыта. Хата, ити кэмҥэ мастар үрдүлэринэн кыыһы көрдүү сылдьар кып-кыһыл бөртөлүөт соһуччу бирилээн тахсан кэлбитэ (онно летчик көрдүү сылдьар оҕону сиэмэхтэртэн быыһаатым диэн санаабатаҕа чахчы. Кини,биллэн туран,бөрөлөрү даҕаны, кыыһы даҕаны көрбөккө ааспыта, ото- маһа хойуута бэрдэ, эбиитин буруолааҕа).
Сиэмэх кутталыттан туора ыстаммыта, оттон кыыс биинтэ лаһыгырыыр тыаһыттан соһуйан хараҕын атытан ылбыта даҕаны, мөлтөөбүтэ бэрт буолан уутугар аҥаарыйан утуйан барбыта. Хата, ол оннугар ыт оҕото сордоох кутталыттан кыыс хоонньутугар өссө киирэн биэрбитэ уонна ыйылыы сыппыта. Табыллыбатах сиэмэхтэр бэйэлэрэ да билбэккэлэр, былыргы айан суолун тутуһан тыһы эһэ ордуутун диэки сүүрбүттэрэ.
Тыһы эһэ хаан өстөөхтөрүн чугастан соһуччу көрөөт, көхсүн тыаһа кырылыы түспүтэ, сыраана икки дьабадьытынан санньылыйан араҕас аһыыларын килэтээт ойон турбута. Арбах анныгар хаалларбыт оҕотун соһон илдьибит адьарайдар. Балар этэ дии, кини оҕотун тырыта-хайыта тыытан мэҥиэстибиттэр. Балар этэ дии, киниэхэ туттарбакка куота сылдьааччылар. Оттон билигин Аар тайҕа өһү-сааһы ситиһиннэрээри соруйан көрүһүннэртээтэ быһыылаах.
Үһүөн хааннааҕынан көрсөн хараҥаран эрэр сыбар иһигэр утары көрсөн турдулар. Буруоттан куотан кэлбит сутаакы бөрөлөр ыарахан сыттара эһэни эбии кыынньаата. Икки бөрө суолларыгар мэһэйдии турбут кыр өстөөхтөрө халбарыйан биэрэрин кэтэһэн турбатахтара, киниэхэ суптурута түһэн барбыттара. Аарыма кыыл сытыы тыҥырахтарын саратан, кэтит баппаҕайдарынан саба түһээччилэри туора-маара саайталыыра. Аҕыйах мүнүүтэ иһигэр титиригинэн саба бүрүллүбүт ыркыйы тэпсэн, кырсын тоҕута-хайыта үктээн үлтү мэһийбиттэрэ. Биир бөрө инниттэн кимэр кэмигэр, иккиһэ кэнниттэн кэлэн эһэ такымын иҥиирин сыыйар куттала баара. Ол иһин тыын тыыҥҥа харбас, былдьаһыктаах сөкүүндэлэр адаҕыйан тиийэн кэлбиттэрэ. Хара тыа хаһаайката харса суох хамсанан охсуспута. Бөрөлөр киниэхэ таба оҕустаттарыахтара дуо, аһаран биэрэллэрэ. Киниэхэ өлүү, эбэтэр хотуу ыксала саба барыйан, тыына-быара ыгыллан, илбистээх кыланыылара хара тыаҕа өрө сатараан, ой дуораана буолан, ньирилии көтө турбута.
Бу кэмҥэ биир бөрө түүрүллэ түһээт эһэҕэ кэнниттэн үрдүгэр саба түспүтэ. Ол ону эһэ обургу аһары түргэнник эргиллэ түһэн сиһин булгу охсоот, бөх курдук туора илгэн кэбиспитэ. Ити кэннэ аттыгар турар титириги силистэри туура тардан ылан, ордон хаалбыт түөкүнү кулаан барбыта. Кутуруктаахтар кыаттарбыттарын көрөн адьырҕа кыыл титиригин киэр илгээт, эбии кыынньа-кыынньа баппаҕайынан сири кырбаабыта. Көмнөҕүнэн бүрүллүбүт отон уктаах сир кырса өрө ытылла түспүтэ. Соҕотох хаалбыт бөрө дьулайан, кутуругун кумуччу туттаат субурус гынан хаалбыта. Онтон эр ылан эһэ киһи куйахата күүрүөх ынырыктык часкыйбыта. Ити кини бөрөнү:
– Мин оҕобун эн сиэбитиҥ! Мантан ыла эһигини имири эһитэлиэм. Оттон бу муна сылдьар кыыһы эйиэхэ биэрбэппин. Кини миэнэ! – диэбит моһуона этэ.
Сырҕан кыыл өстөөҕүн киэр үүрээт, ыйылыы-ыйылыы аһыытын килэтэн сиргэ соһулла сылдьааччыга өрө сүүрэн кэлбитэ уонна оҕотун өлөрөөччүнү часкыйа-часкыйа баппаҕайынан харса суох биликтээн барбыта. Начаас икки ардыгар иһин тоҕу тардан сып-сылаас, буруолуу сылдьар оһоҕоһун субуйбута. Аһыҥастаах сордоох амырыын ыарыыттан орулаан эрэ хаалаахтаабыта.
Ыт оҕото утуйбакка ити ардай аһыылаахтар охсуһан ынырыктык орулааһыннарыттан, часкыйыыларыттан куттанан доҕорун хоонньутугар өр илибирии сыппыта. Оттон кыыс тугу да истибэккэ, бэл үөн-көйүүр хаанын супту оборорун билбэккэ утуйан буккуруура.
Сотору кэминэн тула уу-чуумпу бүрүүкээбитэ. Ол чуумпуну аймаан бастаан биир чыычаах ханна эрэ «чыып» диэбитэ, онтон араас саҥалаах-иҥэлээх чыычаахтар биир-биир куоталаспыттыы ыллаан барбыттара. Ити аата бу барахсаттар саҥа күн сылаас сыдьаайын уруйдууллар этэ.
Көрүҥүтүүй, ол! Туманнаах толоон үрдүнэн икки тиит мас икки ардынан сырдык күн тэмтэйэ ойон эрэр дии.
Субу кэмҥэ тэйиччи соҕус бырдах дыыгыныырынааҕар да кыратык, күүтүүлээх дьикти муусука иһиллибитэ. Саарык чөрөс гынаат, олоро биэрбитэ. Ити Бүрүк үрэх устун айанныыр уу оҥочотун тыаһа этэ. Кини ыйылыы түһээт доҕорун сирэйиттэн хаста да салаан ылбыта уонна тыаһы сайыспыттыы, ону эккирэтэн от-мас быыһынан кутуруга эйэҥэлии турбута. Ыт отой ырааппытын эрэ кэннэ биирдэ «Саарык.. Саарык» диэн ытамньыйбыт саҥа баара.
Уон иккис күн
Күн хайы-сах үрэх үрдүгэр турар муҥураат харыйаттан, аны ылтаһын кырыысалаах дьиэҕэ халбарыйда. Угуттуу тыкпыт аламай күн барахсан сардаҥата ылтаһыҥҥа сыдьаайаатын кытары, лүҥкүрэн турбут дьиэ барахсан үөрэн күлүмүрдүү түстэ, ол сырдык иэйиини батыһан тута үөрүүлээх хаһыы иһилиннэ.
– Саарык кэллэ. Ыт оҕото кэллэ!
Саҥа күн барахсан саҥаны тилиннэрэр, үөрдэр-көтүтэр, күүтүллүбэтэх түгэннэри оҥорор буоллаҕа. Ити соһуччу үөрүүлээх хаһыы быыһааччылар сүрэхтэригэр тымтык уотунуу кытыаста умайда.
Дьиэлэр истэригэр аны хайа диэки баран көрдүүбүт диэн санаалара түһэн күлүгүрэн олорбут дьоннор бары таһырдьа кутуллан таҕыстылар. Саҥа туруоруллубут үрдүк антыаналаах рациялар үлэлээн хардьыгынастылар. Тус-туспа сылдьар биригээдэлэри базаҕа ыҥыртаан хос-хос биир этиини хатылаан лэбэйдилэр, бөртөлүөт салбахтара лабыгыраата, үрэххэ мотуордар собуоттанан дыыгынастылар. Сүүрүү- көтүү, сүпсүгүрүү бөҕө буола түстэ.
– Бардыбыт-бардыбыт. Ыт оҕото тыыннаах кэлбит, ол аата кыыс ханан эрэ чугас баар эбит. Арааһа, биһиги таба хаампакка сылдьыбыппыт. Бардыбыт! Кытаатыаххайыҥ! — диэн үөрбүт- көппүт саҥалар иһилиннилэр. Көрдөөччүлэр хомуна охсоот, ыт кэлбит туһаайыытынан тараахтаан бара турдулар. Өр буолбата «Базаттан алта биэрэстэлээх сиргэ кыыс адьас соторутааҥҥы атаҕын суолун булбуттар үһү. Үс-түөрт эрэ хонуктааҕы дииллэр, өссө эһэни көрбүттэр, саанан салгыҥҥа ытыалаан куоттарбыттар үһү» диэн буолла. Ол сурах кыыс өссө да тыыннаах эбит диэн көрдүүр дьоҥҥо эрэл уотун умаппыта даҕаны, адьырҕа кыыл чугас сылдьарын истэн дьиксинии эмиэ баара. Аньыыны тугу кистиэхпиний, дьон үксэ эрэл санаалара умуллан ылбыта.
Кээччи диэн дэриэбинэттэн сылдьар Сайыына ийэтин кытары оскуолаҕа бииргэ үөрэммит Артем Борисов көрдөөччүлэргэ саамай эдэрдэрэ эбитэ дуу. Кини бүгүн көрдөөбүтэ тохсус күнүгэр сүппүт кыыһы бастаан мин эрэ булуом дии санаабатаҕа. Ол курдук бүгүҥҥү үөрүүлээх күнү уол хаһан да умнуо суоҕа! Умна сатаабытын да үрдүнэн кыаллыбата чахчы. Кини дьонуттан арыый хадьы соҕус барбыта. Баҕар, үөһээҥи айыылар суолун ыйбыттара буолуо? Баҕар, сыаптаан иһээччилэр саамай кырыыларыгар түбэспититтэн эбитэ дуу? Ол гынан баран кини саамай сөптөөх хайысханы тутуспута. Хааман иһэр туһаайыытынан тыа ото-маһа убаан, чарааһаан барбыта. Утары толоон баарын билэн, тэтимин эбэн биэрбитэ. Хаҥас кынат дьоно толоону кыйардыы бара турбуттара.
Сотору киэҥ соҕус толооҥҥо тахсаат, тулатынааҕы көстүү кэрэтиттэн соһуйан тохтуу биэрбитэ. Чуумпутуон ойдом турар Эргимтэ! Киэҥтэн, аһаҕастан киэптэтэн, аны оҕону көрбөккө ааһыам диэн сэрэхэчийэн, толоон кырыытынан хааман элэстэннэ (көрдөөччүлэргэ барыларыгар анал ыйаах биэрбиттэрэ: оҕо дьонтон саһар эбит, онон сэрэххитин сүтэримэҥ уонна холобура, өлүгүн булар күннээх буоллахытына, онно чугаһаабаккыт, суолу-ииһи бутуйбаккыт диэн). Ол иһэн дулҕа, сэтиэнэх быыһыгар суолу-ииһи чинчийэн көрө истэ. Оттон… Оттон иннигэр… Тугу эрэ күүппэтэҕин көрөн эт-этэ уокка оҕустарбыттыы дырылаата, куйахата бүүрэ тарта. Хараҕар кыыс эрэйдээх өлбүт сэмнэҕэ чуо-бааччы ойууланан көстүбүтэ. Ама дуу? Хайаан! Онно. Онно, ойуур саҕатыгар суордар, тураахтар туох эрэ өлүгү булан, көтөн сарымтахтана сылдьаллара.
Уол ыксаата. Эргим-ургум көрдө да чугаһынан ким да суох этэ. Арай тэйиччи биир киһи эриэн таҥаһа элэҥнээн мас кэннигэр киирэн хаалла. Артем дьоно мутуктары тоһута үктүүр тыастарын истэ-истэ, долгуйан кулгааҕа куугунуур, илиитэ титирэстиир, туох эрэ күөмэйин бүөлээн кэбистэ. Уоскуйа сатыыр. Сүһүөҕэ уйбакка, тобуктара илибирииллэр. Дууһата айманан ытаата. «Ээ, чэ, синэ биир» диэбитинэн Артем аргыый аҕай хааман иннин диэки баран истэ. Иккитэ-үстэ атыллыы-атыллыы, тохтоон иһиллиир. Тиийиэхтээх сиригэр чугаһаатаҕын аайы хайдах эрэ этэ тардар, дьиксинэр буолан истэ. «Айыы таҥара, кыыс эрэ буолбатын. Айыы таҥара, кыыс эрэ буолбатын. Иисус кинини араҥаччылаа. Кинини араҥаччылаа Иисус», — диэн тохтоло суохтук ботугуруура атаҕын анныгар сэтиэнэх суугунуурун баһыйан иһиллэр.
Сэрэйбитин курдук уол иннигэр бөрүкүтэ суох көстүү арыллыбыта. Ыккый иһэ бүтүннүү өлүк, хаан сытынан тунуйбут этэ. Мастар үрдүлэригэр суордар, тураахтар уол диэки күлүү гыммыттыы көрө-көрө хааҕырҕаан кыһыл айахтара кытарара, оттон кукаакылар баҕайылар отой даҕаны атаҕын анныттан сарыкыныһаллара. Суох! Хата, кыыс буолбатах эбит. Күкээркэй түүлээх тириититтэн, кутуругуттан ураты дуоннаах ордубатах бөрө өлүгэ этэ. Күөх истээх топпут сахсырҕалар сэмнэх үрдүнэн астыммыттыы дыыгынаһа көтөллөрө. Тула хааннаах кыргыһыы хартыыната чуо-бааччы арыллыбыта. Тыатааҕы тибилийбит суола, кини баппаҕайын бэлиэлэрэ, туура тардыбыт титиригэ тэлгэнэн сытара. Артем тоҕо эрэ бөрө сэмнэҕин таһыгар тиийэн чинчийэрдии көрбүтэ. Бөрө абытайдаах ынырык ыарыыттан быһа ыстаабыт тыла тииһин быыһынан бырдьайан тахсыбыт этэ. Ынырыгын! Хаһан да манныгы көрбөтөх буолан, эдэр киһи сүрэҕэ өлөхсүйбүтэ. Хараҕа ирим-дьирим буолан, туймаарыах курдуга. Туора хааман тахсан уоскуйа түһээт, иннин диэки хаампытынан барбыта.
Ити дуолан охсуһуу буолбут сириттэн Артем үс сүүсчэкэ эрэ хаамыыны тэйээтин кытары, ким эрэ көхсүн тобулу одуулуур курдугуттан кэннин хайыһа биэрбитэ уонна сүрэҕэ битигирэччи тэппитэ (кини чуут аҕай аһара бара сыспыта). Көрбүт сирин диэки от төбөтө хамсыыр курдуга уонна кып-кыракый илии ол быыһыттан көмө көрдөөн утары уунара көстүбүтэ. Уол кэтэспэтэх үөрүүтүттэн:
– Кыыһы булло-оо-ом! Манна кэлиэҥ! – диэн айаҕын муҥунан үөгүлээт, кыыска сүүрэн тиийбитэ.
Ол сору-муҥу кыайыылаахтык хоппут, ытамньыйбыт харахтаах Сайыынка кыыс этэ. Ып-ырыган, дэлби баас-үүт буолбут, таҥаһа-саба тырыта барбыт, оттон атаҕа Оо, халлааннааҕы саарыстыба таҥарата баар эбиккин! Махтал буоллун эйиэхэ!.. Оҕо отой буорайан бүтэр уһугар кэлбит этэ. Өссө биир суукка, өссө биир күн хойутаабыттара буоллар, көннөрүллүбэт иэдээн буолуохтааҕа. Бу үлүгэрдээх үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн, адьырҕа кыыллар ордууларыгар, аһыыр аһа суох, чап-чараас таҥаһынан хайдах уон икки күн тулуйан сылдьыбытын айбыт таҥара эрэ билэн эрдэҕэ.
Кыыс бастакы саҥата:
– Дьээдьэ, мин уу иһиэхпин баҕарабын, – диэн этэ.
Муммут оҕону таҥаска суулаан, уоскута, уу иһэрдэ, бүөбэйдии сатыыллар. Кыыс дэлби кумаарга сиэтэн этэ-сиинэ иэдэйбит этэ. Оҕо барахсан билээгиттэн ууну иҥсэлээхтик иһэрин көрөн, көрдөөччүлэр харахтара ууланан аттыгар сукуһан турбуттара.
Сайыына аҕатын түөһүгэр уон иккис хонугар дьэ сыстыбыта. «Мин эйигин өр да өр көрдөөтүм», – диэбитэ, ити кэмҥэ оруобуна кыыс кулгааҕар Аар тайҕа суугунаабыта, ити Агааска кыыс ийэтин булбут үөрүүтүн хаһыыта этэ.
– Сайыынка-аа-аа… Балтыкаа-аа-аан, мин ийэбин дьэ буллуом… Буллум, Сайыынка этэҥҥэ олоххун толору олороор. Мин курдук быстах дьылҕаланымаар. Быраһаай, балтыкааныам, – диэбитинэн ийэтинээн ыбылы куустуспутунан мэҥэ халлааҥҥа ырай дойдутугар көппүттэрэ – бараммат олоххо барбыттара.
Кэпсээним түмүгэр Козьма Прутков этиитин өссө биирдэ ырытыахха. Киһи орто дойдуга тоҕо төрүүрүй?
«Смерть для того поставлена в конце жизни, чтобы удобнее к ней приготовиться».
Субу тыллары өркөн өйдөөх киһи мээнэ эппэтэҕэ. Киһи эрэйдээх таҥара бэлэҕинэн орто дойдуга кэлээт, өлөрүгэр бэлэмнэнэн суобастаахтык олоруон наада. Хойутун-хойут кэмсиммэт гына. Олохпор тугу да ситиспэтим диэбэт курдук, үчүгэй суолу-ииһи хаалларар гына. Ону биһиги толоробут дуо? Суох! Үксүбүт наадыйбаппыт, арыгыны эккирэтэбит, күүлэйи батыһабыт. Бу соторутааҕыта сарсыарда үлэбэр баран иһэн икки кыракый саха «Сайыынкаларын» 19-с нүөмэрдээх автобуска көрөөт сүрэҕим хаанынан ытаабыта. Ийэлэрэ буолуохсут, эдэр дьахтар ыйы ыйынан арыгылаабыт үгээриттэн өссө да тахса илик быһыылааҕа. Оҕолор барахсаттар таҥастара-саптара эргэтиттэн, кирдээҕиттэн, атын оҕолортон итэҕэстээхтэриттэн кыбыстан, кумуччу туттан чоҕулуһан тураллара. Тоҕо содур олоҕу батыһабыт, ол түмүгэр төһөлөөх элбэх оҕо аҕата суох тулаайах улаатарый?!
Ийэ оҕону төрөтөр. Күн сирин саҥа көрбүт киһи кып-кыра уоһунан эмиий тумугун эмэн соппойоро — бу барыта үөрүү, дьол! Ийэ барахсан, оҕотун көтөҕөн олорон тугу саныыра буолла? Төрөппүт киһитэ улаатан, эт тутан сүүрэ-көтө, үлэлии-хамсыы сылдьарын дуу, эбэтэр бу кэпсээҥҥэ кыттыбыт Сайыына курдук быраҕыллыбыт өтөх чөчүөккэтинии ускул-тэскил сылдьарын дуу?
Күндү ааҕааччыларым! Баҕар, бу, түмүкпэр улуу бөлүһүөк ох тылын адьас сыыһа ырыппытым буолуо. Ол эрээри ити тыллары мин тус бэйэм итинник өйдүүбүн.
Долун