Ааспыт, 1960 сылга Саха сиринээҕи Кинигэ издательствота 196 кинигэни 770 тыһыынча тиражтаах бэчээттээн таһаарда, олор истэригэр попитическай-маассабай, научнай-популярнай кинигэлэр, оскуола учебниктара, промышленноска, тыа-хаһаайыстыбатыгар аналлаах кинигэлэр, наука, техника ситиһиилэрин, бастыҥнар опыттарын тустарынан брошюралар бааллар. Ол гынан баран хайа да салааттан саамай улахан миэстэни уус-уран литература ылла, итиннэ 58 кинигэ таҕыста.
Ааспыт сыл саха литературатын историятыгар биир байытыылаах сылынан буолуоҕа.
Бииринэн, ити сылга саха суруйааччылара билиҥҥи олоҕу көрдөрөр хас да бөдөҥ айымньыны биэрбиттэрэ. Суруйааччы Николай Заболоцкай «Ферма олохтооҕо» диэн колхоз ыччатын күүрээннээх үлэтин көрдөрөр сэһэни уонна эдэр суруйааччы Николай Апросимов «Сүрүн үөскэ» диэн колхоз олоҕун ойуулуур кэрэхсэбиллэзх суруйууну таһааттардылар. Суруйааччы Анастасия Сыромятникова «Дьүөгэлиилэр» днэн онус кылааһы бүтэрбит кыргыттар саҥа завод тутуутугар үлэлииллэрин, саҥа олоҕунан опороллорун, доҕордоһон үлэлииллэрин көрдөрөр сэһэни суруйан бүтэрдэ. Поэттар Иван Гоголев, Сергей Васильев аныгы темаҕа улахан үлэлэри суруйдулар. Сергей Васильев «Аччыгый уол» диэн хоһоонунан суруллубут романы бүтэрэн «Хотугу сулус» сурунаалга таһааттаран ааҕааччылар дьүүллэригэр биэрдэ. итиннэ батталга сылдьыбыт үлэһит норуот иһиттэн үүнэн тахсыбыт уол Советскай былаас туругурарын иһин охсуһуута, сытыы кылаас охсуһуута, араас кытаанахтары туорааһына, олохтоох оройуонун дьонун бастаан-көстөөн дьон-норуот олоҕо тупсуутун иһин охсуһуута, дьиҥнээх болышевик буолан буһан-хатан тахсыыта көстөр. Иван Гоголев «Күн хайата» диэн хоһоонунан суруллубут романа билиҥҥи биһиги бириэмэбитинээҕи сайаҕас санаалаах ыччат үрдүк үөрэҕи бүтэрэн үлэһит буолуутун көрдөрүүгэ аналлаах. Бу роман 1961 сыллаахха тусла кинигэнэн бэчээттэнэн тахсыаҕа. Итини тэҥинэн, билиҥҥи күннээх олоҕу көрдөрүүгэ, саҥа, сонун суруйуулары Николай Габышев, Иван Бочкарев, Рафаэль Баҕатаайыскай, Константин Туйаарыскай, Петр Тобуруокап онтон да атыттар биэрдилэр.
Иккиһинэн, ааспыт сылга кэпсээнньит суруйааччылар суруйуулара балайда бэчээттэнэн таҕыста. Үөһэ ахтыллыбыт икки сэһэни тас өттүнэн Алексей Бэрияк «Өлөксөөс» диэн Саха сиригэр 1929 сыллаахха барбыт сир реформатын көрдөрөр сэһэни, Михаил Доҕордуурап, Николай Заболоцкай, Данил Токосов кэпсээннэрин сборниктарын таһаартардылар. Суорун Омоллоон суруйууларын иккис тома, Күндэ, Бэс Дьарааһын айымньылара уопсайа отуттан тахса томнаах үлэ буолан таҕыстылар. Олор истэригэр П. Ойуунускай айымньыларыттан 6 тома, Амма Аччыгыйын суруйуутуттан, «Сааскы кэмин» аахпатахха, 2 том, Суорун Омоллоон иккис тома, А. Кулаковскай, А; Софронов. Н. Неустроев. Эллэй, Эрилик Эристиин. Күндэ, Бэс Дьарааһын, Н. Түгүнүүрэп, Сергей Васильев. Күннүк Уурастыырап. Архыып Абаҕыыныскай, Степан Ефремов, Николай Якутскай, Тимофей Сметанин, Дмитрий Таас, Илья Чаҕылҕан, Дьуон Дьаҥылы, уо. д. а. туспа кинигэнэн тахсыбыт «Талыллыбыт айымньыларын» этиэххэ сөп.
Үгүс «ааҕааччылар ити томнары тус бэйэлэрин» библиотекаларыгар мунньаллар, кинигэлэрин полкатын киэргэлэ оҥостоллор, Советскай былаас сылларыгар үүммүт саха бөдөҥ суруйааччыларын ити айымньыларын партия национальнай политикатын өрөгөйдөөһүнүн быһыытынан көрөн национальнай киэн туттуу оҥостоллор.
Итнннэ даҕатан инники кэскил туһунан эттэххэ, чугастааҕы кэлэр дьылларга Афанасий Федоров, Михаил Доҕордуурап, Федор Даадар, Алексей Бэрияк, Николай Заболоцкай, Исай Никифоров, Василий Протодьяконов талыллыбыт суруйуулара туспа кинигэнэн тахсыахтара, быйыл Афанасий Федоров икки томнаах айымньытын таһаарыыга киирилинннэ. Кинилэр кэннилэриттэн Леонид Попов, Баал Хабырыыс, Семен уонна Софрон Даниловтар, Константин Туйаарыскай, Анастасия Сыромятникова, Иннокентий Эртюков, Николай Габышев бастыҥ айымньыларын тусла хомуйталаан бэчээттиэхпит.
Үсүһүнэн, ааспыт сылга хас да эдэр суруйааччылар маҥнайгы хомуурунньуктара таҕыста, олор ахсааннарыгар Егор Шестаков, Николай Абыйчанин, Михаил Тимофеев, Феоктист Софронов, Иван Федосеев хомуурунньуктара бааллар. Ону таһынан уонча эдэр автордар кыттыгас «Үргэл» диэн хомуурунньуктара таҕыста. Эдэр автордар айымньылара сылтан сыл ахсын элбээн иһэр.
Төрдүһүнэн, ааспыт сылга хотугу норуоттар айымньыларын таһаарыыга боччумнаах хардыы оҥоһулунна. Эвеннэр маҥнайгы суруйааччыларын Николай Тарабукин талыллыбыт айымньыларын сахалыы тылга тылбаастанна, эвеннэр эдэр автордарын маҥнайгы холбоһуктаах хомуурунньуктара бэйэлэрин төрөөбүт тылларынан бэчээттэннэ, онно уонча эдэр автордар хоһоонноро, ырыалара киирдилэр, итини таһынан эвенкилэр остуоруйаларын нууччалыы тылынан таһаарылынна. Бу хоту дойду норуоттарын олохторугар үөрүүлээх событие буолар.
Бэсиһинэн, аан дойду уонна нуучча литератүратын классиктарын аатырар суруйууларын сахалыы тылбаастааһын салҕанан барда. «Игорь полкатын туһунан кэс тыл», Д. Дефо «Робинзон Крузо», А. Пушкин «Руслан уонна Людмила», А. Чехов уонна Лев Толстой оҕолорго анаан суруйбут кэпсээннэрэ, К. Чуковскай «Айболит луохтуур», «Дьуккусуун», И. Франко «Кыыллар саҥарар эрдэхтэринэ» диэн суруйуулара оҕолорго ананан сахалыы таҕыстылар. Саха суруйааччылара Эллэй «Туйаара», Иван Гоголев «Араҥас сулус». Моисей Ефимов «Таас киһи», Петр Тобуруокап «Лыах» диэн кэрэхсэбиллээх кинигэлэри оҕолорго бэпэхтээтилэр.
Саха сирин суруйааччылара 1961 сылы өссө улахан суруйууларынан бэлиэтииргэ былааннаахтар. Суруйааччылар уонна журналистар кыттыыларынан «Биһиги күммүт геройдара» диэн икки кинигэ бэлэмнэнэр, онно коммунизм активнай тутааччыларын туһунан очеркалар, кэпсээннэр киириэхтэрэ, итиннэ үгүс бастыҥ ыанньыксыттар, сүөһү иитээччилэр, булчуттар, промышленность, тутуу новатордара, үчүгэй учууталлар, бастыҥ врачтар суруллуохтара. Бүгүҥҥү күннээҕи геройдары көрдөрүү суруйааччылар биир кылаабынай соруктарынан турар. Итини таһынан Саха сиригэр Советскай былааһы олохтообут биллиилээх революционердар Е. Ярославскай, М. Аммосов, П. Ойуунускай, аатырар кыһыл командирдар А. Рыдзинскай, И. Строд, К. Байкалов.уо. д. а. тустарынан уус-уран литератураны айар үлэҕэ сорох суруйааччылар киирдилэр.
1961 сыл өссө ордук айымньылаах сылынан буоларыгар, республика 40 сылын туолар юбилейын уус-уран уонна идея өттүнэн үрдук таһымнаах саҥа суруйуулары биэрэргэ суруйааччылар көхтөөхтүк улэлииллэр.
Суруйааччылар айымньыларын, ону тэҥэ атын да литератураны ааҕааччыларга тиэрдии эргиэн тэрилтэлэрин чиэстээх дьыалалара. Ол гынан баран бу дьыалаҕа сорох оройуоннарга куһаҕаннык сыһыаннаһаллар, ол түмүгэр потребкооперация систематыгар атыыга барбакка сытар кинигэ суумата сылтан сыл ахсын элбээн иһэр. Ити, литератураҕа наадыйыы кыратыттан биитэр тахсар кинигэлэр куһаҕаннарыттан буолбатах, эргиэн үлэһиттэрэ ыскылааттан маҕаһыыннарга сөптөөх кэмигэр кинигэлэрин киллэрбэттэриттэн, онтон сылтаан хаалыы үксээн иһэр. Холобура Булуҥ оройуонугар Күһүүргэ урукку харчынан 200 тыһыынча солкуобайдаах литература тиийэн баран атыыга тахсыбакка, оройуон атын точкаларыгар барбакка сытан хаалбыт, аҥаардас үс сыл иһигэр тахсыбыт кинигэлэртэн 86722 солк. суумалаах сытар, ол иһигэр саха суруйааччыларын саҥа кинигэлэрэ, оскуола учебниктара бааллара көстүбүтэ. Ити оройуоҥтан учебниктар ыскылаат хайдыаҕынан сыталлар, онтон оскуолаларга оҕолор учебнига суох үөрэнэллэр. Итиниэхэ маарынныыр быһыы Томпо оройуонугар эмиэ баар. Ити оройуоҥҥа кэнники 2—3 сыл устатыгар тохсыбыт кннигэлэртэн оройуон киинигэр баар маҕаһыыҥҥа уонна Кириэс Халдьаайы учаастактарын маҕаһыыннарыгар ааспыт сайыҥҥа диэри биир да кинигэ суоҕа. Кэлбит кннигэлэр 2—3 сыл устатыгар сүөрүллүбэккэ сыталлар. Онон оройуон үрдүнэн ыскылааттарга 270 тыһыынча солкуобайдаах литература сытан хаалбыт. Ол үрдүнэн ити оройуоннар салайааччылара биһиги оройуоммутугар сахалыы кинигэ кэлбэт диэн айдаараллар. Хомойуох иһин, оройуоннарын иһигэр кинигэни хаайа сытан, ити курдук айдаарааччы үлэһиттэр атын да оройуоннарга аҕыйаҕа суохтар.
Итинник түктэри быһыыны кытта эйэлэһиэххэ сатаммат, оройуоннааҕы туһааннаах тэрилтэлэр кинигэни ыскылааттан маҕаһыыннарга түргэнник таһаарарга быһаарыылаах дьаһалы ылыах тустаахтар.
Сахалыы кинигэ элбээтэ — ол кинигэ барыта норуокка тургэнник тиийэрэ наадалаах.
Степан Никифоров,
Саха сиринээҕи Кинигэ издательствотын директора