Быйыл көмүстээх Алдаҥҥа Косарев аатынан охсуулаахтык үлэлиир хомсомуол ыччат шахтата тэриллибитэ 90 сыла туолар, оттон 2023 сылга Алдан куорат төрүттэммитэ 100 сылын бэлиэтиэ. Куорат музейыгар ХХ үйэ отутус сылларыгар саха ыччата көмүстээх Алдаҥҥа кэлэн үлэлээбитин туоһулуур хаартыскалар хараллан сыталлар. Хомойуох иһин, үгүс күн-дьыл ааһан, кинилэр хантан хааннаахтара, кимтэн кииннээхтэрэ биллибэт. Бу ыччаттар Саха сирин араас муннуктарыттан кэлэн кыһыл көмүс хостооһунугар үлэлээн бэйэлэрин сэмэй кылааттарын киллэрбиттэрэ.
1923 сыллаахха Саха АССР Незаметнай бириискэтигэр кыһыл көмүс хостооһуна саҕаламмыта. Бастаан үлэ аҥаардас илии күүһүнэн тэриллибит буоллаҕына, 1926 сыллаахтан
паарынан үлэлиир дыраага үлэҕэ киирбитэ, 1929 сылтан сир анныттан көмүһү хостооһун саҕаламмыта. Дьэ манна саха ыччатын кытыннарарга анаан баартыйа уонна хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэттэрэ ыҥырыы таһаарбыттара, Саха сирин холкуостарыттан көмүстээх Алдаҥҥа сылга икки тыһыынча киһини ыытар туһунан уураах ылыныллыбыта. Бу дьону нууччалыы тылынан «отходниктар» диэн ааттыылара. Көмүскэ үлэлии барааччылары хомуйуу хампаанньата саҥа атахтарыгар тура сатыыр холкуостар олохторун биллэрдик таарыйбыта.
1931 сыл түмүгүнэн «Алданзолото» бүтүн сойуустааҕы трест бары бириискэлэрэ, дыраагалара, шахталара көмүһү хостооһуҥҥа сыллааҕы былааннарын толорботохторо. Онон оройуоннааҕы баартыйа уонна хомсомуол кэмитиэттэрэ хомсомуол ыччат охсуулаахтык үлэлиир шахтатын тэрийэр туһунан уураах таһаарбыттара. Бу уураахха олоҕуран 1932 сыл олунньу 20 күнүттэн саҕалаан, оччотооҕу Ыччат Бүтүн Сойуустааҕы Лениннии-коммунистыы сойууһун киин кэмитиэтин бастакы сэкирэтээрэ Александр Косарев аатынан хомсомуол ыччат охсуулаахтык үлэлиир шахтата Аллараа Сталинскай бөһүөлэк 7-с нүөмэрдээх шахтатыгар тэриллэн үлэтин саҕалаабыта. Шахтаҕа үлэлии кэлбит араас ыччат ортотугар элбэх саха баара. Кинилэри кыһыл көмүс хостооһунун ымпыгар-чымпыгар уһуйарга, шахта үлэтигэр сыһыарарга Бодойбо көмүстээх бириискэлэригэр үлэлээбит баай үөрүйэхтээх нуучча туйгуна Кома Васильевич Тарасов уонна Сунтаартан төрүттээх саха саарына Василий Степанович Васильев элбэх сыраларын биэрбиттэрэ.
Бу ыччаттар уонна хомсомуоллар Ленинскэй бириискэтин салалтатын араас шахталарыгар үлэлээбиттэрэ. Кинилэри көмүсчүттэр таптаан «косаревецтар», оттон шахталарын «косаревка» диэн ааттыыллара. Ыччаттар бу ааттарынан сүрдээҕин киэн тутталлара. «Бэйэҥ сулускун умат» диэн ыҥырыы тыллаах косаревецтар күүстээх үлэҕэ туруммуттара: кинилэр көмүстээх боруоданы көөрөтөөччүнэн, таачыканан таһааччынан, суолу ыраастааччынан, шахта эркиннэрин бөҕөргөтөөччүнэн, бадьааны үөһэ таһаарааччынан үлэлииллэрэ.
«Косаревка» үлэтин саҕалыыр кэмигэр көмүстээх боруоданы хаһааччы күннээҕи нуормата 1,25 миэтэрэ кубу хойгуонан көөрөтүү буоллаҕына, бу нуорманы ыччат шахтатын «стахановецтара» 8 кубтан тахсаҕа тиэрдибиттэрэ. Таачыканы анньан таһаарааччылартан бастыҥнара сүүстэн тахсалыы киилэлээх көмүстээх буору бадьааларга таһаллара, кэлин лиэнтэнэн эргийэр кэмбиэйэргэ тиэрдэр буолбуттара. «Косаревка» шахталара Алдан атын шахталарыттан үчүгэйдик харбаналларынан, ыраастарынан аатыраллара.
Саха ыччатын ортотугар иитэр-үөрэтэр, шахтер идэтигэр уһуйар үлэни Алдан оройуонунааҕы ситэриилээх кэмитиэт бэрэссэдээтэлэ Валентин Николаевич Суханов (Өлүөхүмэ), хомсомуол үлэһиттэрэ Иван Макаров, Макар Мигалкин, Григорий Корнилов (Өлүөхүмэ), Иван Бурнашев (Уус Алдан) сүрүннээбиттэрэ. Ону сэргэ, политика үөрэҕэ, үлэ саҥа көрүҥүн, техникэни үөрэтии тиһигин быспакка ыытыллара. Удаарынньыктар, стахановецтар үлэлэрин түмүгэ күннэтэ тахса турара, кыайыылаахтар Удаарынньык дьиэтигэр киэҥ-куоҥ, ыраас, сырдык хоско тиксэллэрэ. Элбэх ыччат, киин куораттарга, итии муораҕа сынньанар путевканан бэлиэтэнэн, сынньанан кэлэрэ.
Саха ыччата «косаревка» шахтатыгар күргүөмүнэн үлэлиир кэмигэр «Алдан оробуочайа» хаһыат Новгородов латынныы алпаабытынан бэчээттэнэр сахалыы балаһаны таһаара сылдьыбыта. Бу балаһаҕа кэлин Социалистыы Үлэ Геройа буолбут Сунтаар улууһун Бүлүүчээниттэн төрүттээх Прокопий Гуляев маннык ахтыбыт:
Мин собуойсугунан 1931 сылтан ыла үлэлиибин. Ити сылтан күн бүгүнүгэр диэри бастыҥ удаарынньыкпын. Быйыл 5-с нүөмэрдээх шахтаҕа үлэлээбитим. Билигин 9-с нүөмэрдээх шахтаҕа үлэлии- бин. Бэс ыйын 24 күнүттэн ыла тоҕус чаастаах үлэҕэ киирдибит. Онно мин үлэм нуорматын 190-150 %, онтон кэлин 235 % толордум. 2,35 миэтэрэ куб күннээҕи нуорма биэрэллэр. Оттон мин 4,70 миэтэрэ кубу хаһабын. Миигин тиэхиньикэ үөрэҕин ордук үчүгэйдик билэҕин диэннэр эппиттэрэ. Бэйэм үөрэҕэ суохпун. Шахта ис-тас матырыйаалын уонна хайдах табыгастаахтык үлэлиири додо курдук тулуппакка билэбин. Мин туттар сэппин-сэбиргэлбин бэркэ харыстыыбын. Онон элэппэппин уонна сыппаппаппын. Үлэм быыһыгар олох турбаппын уонна олорбоппун. Онтон сорохтор ол-бу дьиикэй аҥаардаах кэпсээннэрэ олус буолар. Күлсэллэр-салсаллар. Мин аҕыстыы чааһы билбэккэ хаалабын. Туохха да аралдьыйбакка үлэлээн имитэбин да, бириэмэ бүппүтүн бэйэн, да билбэккин. Мин билигин хаһааччынан үлэлээбитим үс сылтан ордон эрэр. Шахта үлэтин таптыыбын. Маннай Дьокуускайтан биир сылга дуогабардаах хомсомуол уобаластааҕы кэмитиэтэ ыыппыта. Билигин иккис биэс сыллаах былаан бүтүөр диэри Алданна хааллым. Сылтан сылга үүнэн иһэбин. Холобур былырыын бэйэбин мөлтөх курдук сананар этим. Онтон быйыл этим-хааным кычыгыланар. Доруобуйам да хайа үлэтин сөбүлээтэ. Билигин холкутук үлэлиибин.
Биир бастыҥ үлэлээх киһинэн Үөһээ Бүлүү Сургуулугуттан кэлбит таачыканан таһааччы Кирилл Борисов этэ. Кини 1940 сыллаахха Туруук бириискэтин шахтатыгар үлэлии сылдьан, стахановтыы үлэлиир вахта кэмигэр былаанын 140 % толорбута — 10-15 миэтэрэлээх сиргэ 33,3 куб көмүстээх буору таачыканан таспыта. Ол кэмнээҕи хамнаһа 3000 солкуобайга тиийэрэ. Кирилл Борисов бэйэтин үлэтин үөрүйэҕин туһунан 1940 сыллаахха «Алдан оробуочайа» хаһыакка маннык кэпсээбит:
Үлэм чааһа саҕаланыан иннинэ үлэлиир сирбин, таачыкабын анньыахтаах суолум туругун, үлэм тэрилэ хайдах туруктааҕын көрөбүн. Күрдьэҕим иккиттэн итэҕэһэ суох буолуохтаах, бу үлэлиирбэр күрдьэхпин төттөрү-таары таһарбын кыччатар. Көмүстээх боруодабын таачыкаҕа уурарбын буор истиэнэ кытыытыттан саҕалыыбын. Мантан боруоданы бастаан ыллахпына, буор хаһааччы истиэнэни маһынан бөҕөргөтөрүгэр табыгастаах буолар.
Алдаҥҥа саха кыргыттара эмиэ кэлэн үлэлээбиттэрэ. «Косарев» шахтатыгар Фёкла Павлова диэн эдэркээн тулаайах кыыс кэлэн үлэлээн, сахалартан бастакынан шахтер аатын ылбыта. Бастаан «кыраҕын, шахта үлэтэ ыарахан» диэн үөһээҥҥи үлэлэргэ ыытаары гыммыттарын күүһүнэн кэриэтэ аллараа шахта иһигэр суол харбааччынан үлэҕэ киирбит. Кини холобуругар атын да дьахталлар шахтаҕа таһаарыылаахтык үлэлиэхтэрин сөп эбит диэн санаа үөскэээбит. Онтон ыла дьахталлары шахтаҕа сир анныгар үлэлэтэр буолбуттар. Фёкла Павлова туохха барытыгар олус көхтөөх этэ, туох да үлэттэн толлон турбата. Саха ыччатын ыраас олоххо тардыһарга, үлэ үөрүйэхтэригэр үөрэнэргэ көҕүлүүрэ. Билиигэ-көрүүгэ баҕалаах эдэр кыыс хомсомуол XX съеһигэр дэлэгээтинэн талыл- лыыта олоҕун биир умнуллубат түгэнинэн буолбута. Кини оччотооҕу бырабыыталыстыба — Саха киин ситэриилээх кэмитиэтин чилиэнинэн, Саха АССР Үрдүкү сэбиэтин дьокутаатынан талыллан элбэх үлэни ыыппыта.
Биир бэлиэ ыччатынан Уус Маайаттан Алдаҥҥа үлэлии кэлбит Михаил Сысолятин буолар. Эмиэ «Алдан оробуочайа» хаһыакка бэчээттэммит «Куосарапкаттан… метроҕа» ыстатыйаҕа Михаил 1935-1936 сылларга суруйбут күннүгүттэн быһа тардыылар бэчээттэммиттэр. Онно маннык бэлиэтээһиннэри ааҕыахха сөп:
Ыам ыйын 6 күнэ, 1935 сыл. Үс күнү супту хаар түстэ. Туох баар суолу саба бүрүйэн шахталарга бөҕөргөтөр маһы таһыы тохтоото. Биһиги шахтабыт икки күнү быһа турда. Бары оробуочайдары, бириискэ салайааччыларын хаары ыраастааһынна таһаардылар. Икки киһи уон сэттэ богуоннай миэтэрэ сири ыраастыыр нуормалаах.
Бэс ыйын 13 күнэ, 1935 сыл. Киэһээ сэттэ чааска кып-кыра саахымат курдук оҕуруоттарыгар хойгуолаах, күрдьэхтээх, кыраабыллаах эр дьоннор, дьахталлар хортуоска уонна да атын оҕуруот аһын олордор учаастактарын бэлэмнээтилэр.
Бэс ыйын 16 күнэ, 1935 сыл. Күн аайы хаһыаттары, сурунааллары, баартыйа сийиэстэрин матырыйаалларын, Энгельс «Анти Дюрин», «Диалектика природы» кинигэлэрин ааҕабын. Мин баҕа санаам хайа дьыалатыгар идэҕэ үөрэнэммин олоҕум суолун тобулбут киһи диэн. Онно анаан билиини ыларга бары күүспүн астына-дуоһуйа аныам этэ.
Атырдьах ыйа, 1935 сыл. Үлэ удаарынньыгын быһыытынан Томмот Укулааныгар Сынньалан, дьиэҕэ сынньанным. 4,2 киилэ эбиллэн ыйааһыным 63,8 киилэҕэ тиийдэ. Элбэх кинигэни аахтым.
Михаил Сысолятин хайа дьыалатын идэтигэр уһуйуллар баҕалаах 1936 сыллаахха соҕуруу барбыт эрээри, Ленинградка хайа салаатын үрдүк үөрэҕин бэлэмнэнии бөлөҕөр үөрэҕэ кыратынан кыайан киирбэккэ, дойду тэбэр сүрэҕэр кэлэн, Москва метротугар 1941 сыл алтынньы 14 күнүгэр диэри үлэлээбит. 1942 сыллаахха Москваны көмүскүүр кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыт.
«Косарев» шахтатыттан ураты саха ыччата Орочоон бириискэтин шахталарыгар үлэлээбиттэрэ. Манна Таатта холкуостааҕа Дария Кривошапкина диэн кыыс кэлэн, Алдаҥҥа үлэлиир ыччат ыарахаттартан толлон дойдутугар төннүбэтин туһугар элбэх үлэни ыыппыта. Кини шахтаҕа таачыканан буор таһааччынан үлэлиирэ. 1934 сыллаахха Москваттан хомсомуол бэйиэттэр Александр Шаров, Джек Алтаузен кэлэ сылдьыбыттара — онно Шаров Дарияҕа анаан хоһоон суруйбута биллэр. 1934 сыллаахха Бүтүн Саха сирин Сэбиэттэрин VIII съеһэ Алдан шахталарын удаарынньыга Дария Кривошапкинаны Саха киин ситэриилээх кэмитиэтин чилиэнинэн талбыта.
Алдан көмүһүн хостооһунугар Томпоттон Федор Охлопков, Чурапчыттан Никита Илларионов, Тимофей Тоскин, Мэҥэттэн Василий Харитонов, Евдокия Турантаева, Уус Алдантан Гаврил Татаринов, Ньурбаттан Елена Платонова уо.д.а. курдук саха бастыҥ ыччаттара кэлэн үлэ- лээбиттэрэ. Кинилэр үлэлиир болдьохторо туоллаҕына, сорохтор дойдуларыгар төннөллөрө, сорохтор хаалаллара. Алдаҥҥа үлэһит кылаас ортотугар буһан-хатан, ыарахан үлэҕэ эриллэн дойдуларыгар төннүбүт дьон кыһамньылаах үлэлэринэн стахановец дьоһун аатын сүкпүттэрэ, үгүстэрэ салайар үлэһит буола уһаарыллан тахсыбыттара.
Дария Васильева,
Алдан куоратын музейын үлэһитэ