САХА СУОППАРДАРА – СЭРИИГЭ

Маҥнайгы, иккис пятилетка сылларыгар уонна 1938 сыллаахха Саха сиригэр 1800 механизатор – тырахтарыыстар, машинистар, комбайнердар, суоппардар бэлэмнэммиттэрэ диэн архыып үлэһитэ А.А. Калашников суруйар. Ити иһигэр дьахталлар да үгүс этилэр. Эр дьоннортон элбэхтэрэ Аҕа дойду сэриитигэр ыҥырыллыбыт буолуохтаахтар. Кинилэртэн хастара тааҥканы, массыынаны урууллаан сэриилэспиттэрин чуолкайдыыр кыаллыбат. Ордук суоппардар аҕыйах курдуктар. Билиҥҥитэ биэс тарбах иһигэр баттанар ахсааннаах саха бойобуой массыына уруулугар олорон ситиһиилээхтик сэриилэспитэ чуолкай биллэр. Холобура, 1942 сыллаахха атырдьах ыйын 18 күнүгэр Намтан Сир салаатыгар суоппардыы сылдьан ыҥырыллыбыт Новгородов Гаврил Афанасьевич “Форд-Амфибия” массыынаны (бука, трофейнай буолуо) урууллаан Кенингсберг куораты босхолоспутун туһунан майор Савченко 1945 сыллаахха от ыйын 12 күнүгэр суруйбут ыспыраапката баар. Ол докумуоҥҥа суруллар:

“Красноармеец Новгородов Гаврил Афанасьевич с апреля 1944 г. по июль 1945 г. работал в должности шофера на автомашине “Форд-Амфибия”. За время боевых действий части он действовал смело, отважно и безаварийно”. Саха суоппарын бойобуой суолун байыаннай билиэтэ кэрэһэлиир. Аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллыаҕыттан 1944 сыллаахха кулун тутарыгар диэри 1-й Прибалтийскай фронт 155 нүөмэрдээх авторемонтнай батальонугар суоппардаабыт. Ити кэнниттэн 2-с Прибалтийскай фронт 272 нүөмэрдээх Оһуобай мотострелковай полк минометнай оруотатыгар ананан үөһэ ахтыллыбыт “Форд-Амфибия” массыынаны урууллаан (бука, миномету, снарядтары тиэйэрэ эбитэ буолуо) Кенингсбергэ тиийэ сэриилэспит, “За победу над Германией” мэтээллээх иэримэ дьиэтигэр Нам I Хомустааҕар 1945 с. этэҥҥэ эргиллибит. Кини онно 1905 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр төрөөбүт, Жданов аатынан холкуос чилиэнэ буолбут, түөрт кылаас үөрэхтээх.

Кэргэнэ Атакова Анна Федоровна билиҥҥи Томпо Кириэс Халдьаайытыттан төрүттээҕэ. 1930 сыллаахтан тырахтарыыстаабыт саха дьахталларыттан биир маҥнайгы механизатор этэ. 1930-1936 сс. тырахтарыыстаабыта, Жданов аатынан холкуос биригээдэтигэр биригэдьиирдээбитэ, килиэп буһарааччынан үлэлээбитэ. 1932 сыллаахха Москваҕа Бүтүн Союзтааҕы Норуот Хаһаайыстыбатын Быыстапкатыгар кыттыбыта. 1934 сыллаахха пятилетка иккис сылын удаарынньыга буолта. Үрдүк таһаарыылаах үлэтэ оччолорго улахан суолталаах хас да грамоталарынан бэлиэтэммитэ. Олор ойуу-бичик өттүнэн билиҥҥи кэмҥэ улаханнык кэрэхсэнэр музей экспоната буолуохтарын сөп эбит.

Гаврил Афанасьевич төрөөбүт Хомустааҕар холкуоска, онтон Нам сопхуоска үлэни кыайарын тухары уонунан сылларга суоппардаабыта, Саха АССР Верховнай Сэбиэтин Бочуотунай грамотатынан, кэккэ үбүлүөйүнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыта, кэргэнинээн Анна Федоровналыын Нам сопхуос Бочуотун кинигэтигэр киллэриллибиттэрэ. Түөрт оҕону улаатыннаран атахтарыгар туруоран, элбэх сиэннэрин биэбэйдээн баран, Гаврил Афанасьевич 1983 сыллаахха, Анна Федоровна 1984 сыллаахха көмүс уҥуохтарын ыччаттарыгар көтөхтөрбүттэрэ. Улахан уоллара Петр Гаврильевич геология наукатын кандидата буолан науканан дьарыктаммыта. Үс кыргыттара үһүөн анал идэлээх специалистар.

Кондаков Федор Лазаревич (1910–1993 сс.). Өлүөн икки сыл иннинэ көрсөн кэпсэппитим, тылын-өһүн истибитим, онтон кэрэхсэбиллээҕин суруммутум. Кини 1933 сыллаахха тырахтарыыс, 1937 сыллаахха суоппар идэтин баһылаабыт. Сэрии иннинэ биир тутум уһуннаах гына эрбэниллибит мас уматыктаах 1,5 т уйуктаах ГАЗ-АА газогенераторнай массыынаҕа суоппардаабыт. Ыраах айаҥҥа Алдан куоратыгар тиийтэлии сылдьыбыт. “Биир сыарҕа мас эрбэниллибитэ икки күҥҥэ тиийэрэ. Тиит мастааҕар хатыҥ массыынаҕа ордук үчүгэй уматык буолара”, – диэн быһааран кэпсээбитэ. Наһаа хатыҥыр эрээри көбүс-көнө 171 см үрдүк уҥуохтааҕа, хомуһуолун түөһүгэр Аҕа дойду сэритин маҥнайгы истиэпэннээх уордьанын иилинэ сылдьара. Атын наҕараадаларын – Ленин уордьаннааҕын, “За боевую заслугу”, “За победу над Германией” мэтээллэрин иилиммэтэх этэ. Кинини куоракка үгүстэр билэллэрэ: бастакы разрядтаах дуобаччыт, Финансовай техникумҥа уонна Үп министерствотыгар уһуннук үлэлээбит, үрдүк наҕарааданан наҕараадаламмыт суоппар этэ. Хаҥалас улууһун Уулаах Ааныттан (Дьэр нэһилиэгэ) төрүттээҕэ. Үс кылаас үөрэхтээҕэ.

Орджоникидзе оройуонун МТС-гар үлэлии сылдьан аармыйа кэккэтигэр ыҥырыллан 1942–1947 сс. сулууспалаабыт: 1942–1943 сс. 516 нүөмэрдээх автополк кэккэтигэр суоппарынан сэриилэспит. Иккитэ бааһырбыт. 1943 сыл муус устарга сэнэрээт оскуолкатынан моонньуга улаханнык таптарбыт, 2617 нүөмэрдээх эвакогоспитальга ыам ыйыгар диэри эмтэммит.

Үтүөрэн баран 1943–1947 сс. Алтыс Аармыйа көмө хаһаайыстыбатыгар суоппардаабыт (учетная карточка серии ЛХ № 174561). Үлэлээбит массыыналарыттан Италия массыыната туормаһа үчүгэйин хайҕаабыта. 1973 сыллаахха сынньалаҥҥа олорбут. 81 сааһыгар диэри көнө уҥуохтааҕа, бааһынайдыҥы ыраас сэбэрэлээҕэ

Ксенофонтов Михаил Николаевич (1915–1999 сс.). Бу суоппар бойобуой сырыыларын туһунан суруналыыс Николай Дмитриев соторутааҕыта «Кэскил» хаһыакка сиһилии суруйан турар. Михаил Николаевич олоҕо кэрэхсэбиллээх, историяҕа киирэр кэрчиктэрин эрэ кылгатан хатылыым. Сэрии иннинэ Нарком Илья Егорович Винокуровка суоппардаабыт, онтон сэриигэ аатырбыт 62-с гвардейскай Аармыйа командующайа В.И. Чуйков штабын уонча суоппардарыттан биирдэстэринэн сэриилэспит. Чуйковы бэйэтин уонна генераллар А.М. Васильевскайы, Р.А. Малиновскайы ГАЗ-67 массыынанан элбэхтик таспыт.

Кэлин маршал В.И. Чуйков “Сражение века» диэн кинигэтин саха суоппарыгар М.Н. Ксенофонтовка автографтаан бэлэхтээбит. Биир көрсүһүүгэ хас да буолан хаартыскаҕа түспүттэр, М.Н. Ксенофонтов байыаннай формалаах, младшай сержант погоннаах. Саха киһитэ тугу сатаабатаҕай, ханна тиийбэтэҕэй – сэриигэ Аармыйа командующайын суоппара буолар үрдүк итэҕэлгэ кытта тиксибит эбит.

Константин Гурьев,

СР үтүөлээх геолога

Чолбон № 4, 2005

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар