САХА СИРИН АПТАНЫАМЫЙАТЫН ТУҺУНАН

(Дакылаат)

Сирэ-уота

Саха күбүөрүнэтин сирэ-уота ыраах хотугулуу-илиҥҥи Сэбиэскэй Сибиир үс мөлүйүөн кв. биэ­рэстэ иэннээх сирин, Өлүөнэ өрүс сүрүн үөһүн барытын сабардаан сытар. Бу күбүөрүнэ тустаах сирдээх-уоттаах, бэйэтин географиятын уонна айылҕатын быһыытынан анал кыраныыссалаах. Өскөтүн Иркутскай күбүөрүнэ сиринэн-уотунан уута-хаара Илин уонна Арҕаа өттүгэр тас диэки тардыылардаах буоллаҕына, Саха күбүөрүнэтин сирин-уотун уута-хаара Илинтэн (становой сис хайаттан) уонна Арҕааттан (Байкал хайаларыттан уонна Яблоновай сис хайаттан) ис диэки тардыылардаах, онон бэйэтин сирэ-уота адьас ураты саарыстыба буолар.

Нэһилиэнньэтэ

Ол иһин нуучча хаһаактара уонна бааһынайдара, ону таһынан бэлитиичэскэй сыылынайдар Иркутскайтан 300 биэрэстэлээх Дьокуускайга – туох баар кэрэхсэбиллээҕи барытын бэйэтигэр тардар, аныаха диэри Илини даҕаны, Арҕааны даҕаны кытары сибээһэ суох дойдуга тиийдэхтэринэ, сотору кэминэн сахатыйан хаалаллара туох да уустуга суох.

Ыраахтааҕы былааһа сахалары өр кэмҥэ нууччатыта сатаабыта, норуот олоҕун-дьаһаҕын барытын уларытарга дьулуспута: оскуолаларга нууччалыы эрэ үөрэтэллэрэ, итэҕэли, жандар­мерияны туһаммыта, тэрилтэлэргэ сахалыы тылы-өһү туттубат дьаһаллар эмиэ ылыллыбыттара уонна кыайбатаҕа. Саха күбүөрүнэтигэр тиийбит барыта «сахатыйар», оттон «сахатыйбатах» өлүктүйэн, сүтэн-оһон хаалар.

Аллараа таһымҥа сахалар бэйэлэрин бэйэ­лэрэ дьаһаналлара, оттон уобалас таһымыгар адьас сарбыллыбыт «Жандармныы» балаһыанньалаахтара.

Нэһилиэнньэтэ 300000 киһи, онтон 94% са­халар, нуучча бааһынайдара, сахатыйан хаалан, майгыларынан даҕаны, өйдөрүнэн-санааларынан даҕаны сахалартан туох да уратылара суох, өскөтүн сахалар олоххо-дьаһахха үгэс буолбут култуураларын сайыннарбат буоллахтарына, кинилэр эмиэ симэлийэр туруктаахтар.

Култуура

Олох-дьаһах туруга уопсастыбаннай өйү-санааны үөскэтэрэ дьиҥ баар чахчы. Тугу барытын бэйэлэрин ис кыһалҕаларыгар дьүөрэлээн ылынар буоланнар, сахалар бэйэлэрин олохторун-дьаһахтарын бэйэлэрэ дьаһанар, култуураларын уонна хаһаайыстыбаларын тус кыахтарынан сайыннарар өйгө-санааҕа иитиллибиттэр.

Сибиири Грознай саҕана, Саха күбүөрүнэтин Борис Годунов саҕана баһылаабыттара. Онтон ыла омук култууратыгар нууччалыы «тыын» өтөн киирэн, нуучча дьайыытыгар түбэспитэ, ол да буоллар ыраахтааҕы былааһа кинилэргэ үрдүк үөрэх киэҥ аанын арыйбатаҕа, бэл, орто да үөрэх аана дьадаҥы дьоҥҥо сабыылаах этэ. Ол иһин бэйэбит эрэ былааспыт, бэйэбит эрэ тылбыт итини сөптөөхтүк быһаарыа диэн өй-санаа баһылыыр-көһүлүүр суолталаммыта.

Сахалар олохторун усулуобуйата олус уратылаах, онон бүтүн күбүөрүнэ экэниэмикэтэ үс хайысхалаах: сири оҥоруу – Өлүөхүмэ, сири оҥоруу уонна сүөһү иитиитэ Дьокуускай уонна Бүлүү уезтара, таба иитиитэ уонна кыылы бултааһын – Дьааҥы уонна Халыма уезтара. Балыктааһын – бүтүн күбүөрүнэ үрдүнэн баар көстүү.

Сахалар интэриэстэрин

социальнай уратыта

Тыйыс айылҕаҕа олорор сахалар ураты олохторугар-дьаһахтарыгар, аҕа уустарынан сүөһү иитэр уонна сири туһанар дьарыктарыгар төрүкүттэн тэҥэ суох балаһыанньа олоҕурбутун түмүгэр, биллэн турар, экэнэмиичэскэй интэриэстэрэ даҕаны уратылаһаллар.

Сахалар өтөрдөөҥҥү олохторо-дьаһахтара маннык этэ: түөлбэ баһылыгынан баай тойон буолара, оттон ол түөлбэ дьоно бары киниэхэ кулут-чаҕар кэриэтэ этилэр, кыаммат кырдьаҕастар баҕа өттүлэринэн өлөрүллэллэрэ. Нууччалар кэлбиттэрин кэннэ, ити баай тойоттор бары тэҥэ суох охсуһууга өлбүттэрэ. Түөлбэлэр олох-дьаһах саҥа усулуобуйатыгар үөрэммиттэрэ. Нэктэл кулуттар симэлийбиттэрэ, түөлбэ дьоно тус-туспа хаһаайыстыбаларга арахсыбыттара, нэктэл кулуттар оннуларыгар атын кулуттар баар буолбуттара. Кулуттар ол көрүҥнэрэ үлэһит-хамначчыттар диэн буолаллар. Тойоттор уонна нэктэл кулуттар суох буолбуттара, биирдиилээн дьону көлөһүннүүр баайдар – «тойоттор» уонна хамначчыттар баар буолбуттара.

Өрөбөлүүссүйэ.

Аптаныамыйа туһугар

охсуһуу

Олус ыарахан усулуобуйаҕа хамначчыт муҥнааҕы баай харса суох көлөһүннүүр, дьадаҥы уонна арыычча кыанар дьон кулаактарга, баайдарга үйэлэригэр кыайан төлөөбөт хабалаҕа сылдьаллар. Ол эрээри кулаактар да буоллаллар нуучча уонна дьэбириэй үспүкүлээн атыыһыттарын кытары туруулаһаллара ыарахан, ону тэҥэ ыраахтааҕы былааһа кинилэри наһаа чэчирэтэр баҕата суох. Дьэ ол иһин саха интеллигенцията – үөрэхтээх баайдар 1905 сыллаахха земство уонна уобаластааҕы бэйэни салайыныы туһугар күүстээх үлэни ыыппыттара.

Бэлитиичэскэй сыылынайдар манна балачча өйөбүлү, бэлитиичэскэй баартыйалар идеялара улахан сэҥэриини ылаллар. Биллэн турар, ити идеялар аптаныамыйа туһатыгар, саха норуотун сайдыытын диэки иэҕиллэллэр.

1917 сыллааҕы өрөбөлүүссүйэ сахалар ортолоругар, бэлиитикэҕэ олус сытыы быһыыны-майгыны, кэмниэ-кэнэҕэс норуот баҕата туолла, көҥүл олох дьэ кэллэ диэн күүрээни үөскэппитэ. Итинник бэлитиичэскэй быһыы-майгы 1918 сыллаахха уҥа эсиэрдэр күүркэтиилэринэн Саха уобалаһа бэйэтин бэйэтэ салайынарын туһунан биллэрэригэр өҥ кырыс буолбута, ол түмүгэр Дьокуускайы сэриилээн ылбыттара, онно Саха уобалаһын туһугар охтубут дьон үксүлэрэ сахалар этэ. Ол сахаларга национальнай хамсааһын күүстээҕин туоһулуур. Итиннэ олоҕуран эттэххэ, 1920 сыллааҕы Сибиирдээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтин Саха уобалаһын Иркутскайга бас бэринэр оройуоҥҥа кубулутар уурааҕа төрүт сыыһа этэ. Бу алҕас содула, алҕас бэлитиичэскэй үлэ ситимигэр киллэриллибитэ уонна Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин уонна Губревком эбээһинэһин быһыытынан сүктэ­риллибитэ, ол саха интеллигенциятын сэбиэскэй былааһы утары турууга тиэрдибитэ, бастаан Оросин сыылкаҕа ыытыллыбыта, онтон Желобцов ытыллыбыта.

Саха күбүөрүнэтин

аптаныамыйата

Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин үлэтэ, сэбиэскэй былаас бэлиитикэтэ бүтүннүү, баччааҥҥа диэри, Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротун уонна Сибиирдээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтин бэлиитикэтигэр олоҕуран ыытыллар, ол бэлиитикэ саха омуга үйэлэр тухары туруорсубут быраабын сарбыйар, сахалар инники эрэллэрин уонна баҕа санааларын хам баттыыр, сытыырхатар эрэ ис хоһоонноох. Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюрота уонна Сибиирдээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтэ, Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтинэн уонна Күбүөрүнэтээҕи Өрөбөлүүссүйэ Кэмитиэтин буруйдаахтары уодьуганныыр салааларынан сирэйдэнэн, ииримтийбит аппарааттаах, олор киин сирдэргэ сэбиэскэй былаас, Омуктары кытары үлэ народнай номиссариата уонна Бүтүн Арассыыйатааҕы Киин Ситэриилээх Кэмитиэт сахалар аптаныамыйаны ылыыларын туһунан боппуруоһу көрөөрү уочаракка сытыардаҕына, оттон бүрээттэр аптаныамыйаны хайыы-үйэ ылбыт кэмнэригэр аптаныамыйаны ситиһэ сатыыр сахалары ытыалыыллар.

Омуктары кытары үлэ народнай комиссариата уонна Сибиир омуктарын кытары үлэлиир салаа сахалар аптаныамыйаны ылыыларын уонна үлэһит интеллигенция киэҥ араҥатын туһанан сэбиэскэй былааһы тутууга үлэлэһиэхтээхтэрин туһунан тэлэгирээмэлэрин олохтоох былаас уурааҕынан бэчээккэ таһаарбаттар, ол түмүгэр национальнай хамсааһын тахсар эйгэтин үөскэтэллэр.

Дьону ытыалааһыны уонна Сибиирдээҕи Киин быһымах бэлиитикэтин тохтотор кэм кэллэ. Биһиги, хомуньуустар, саха норуота аптаныамыйаны ыларын иилиир-саҕалыыр уонна хомуньуус баартыйа саха омуга экэниэмикэҕэ, култуураҕа барҕарыытын көҕүлүүр, салайар кэммит кэллэ.

Мин ити үөһэ этэн аһарбыппар, ону таһынан «Жизнь национальностей» сурунаал 1921 сыл олунньу икки күнүнээҕи нүөмэригэр таб. Виленскэй суруйбут ыстатыйатыгар, итиэннэ сүрүннээн, Арассыыйа хомуньуус баартыйатын X съеһин уонна РСФСР үлэһиттэрин быраабын тезистэригэр олоҕуран, Сибревком омуктары кытары үлэлиир салаатыттан уонна Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротыттан суһаллык Саха күбүөрүнэтигэр «Саха Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтэ» диэн автономиялаах уобалас быраабын биэрэргитигэр туруорсабын. Итиннэ кытыаран бэйэҕит аптарытыаккытынан туһанан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр национальнай боппуруоска туһуламмыт үлэтин хос көрөрүгэр уонна уларытарыгар өйдөтөргүтүгэр көрдөһөбүн. Онно чуолаан аҕытаассыйалыыр уонна тактиканы уларытар туһуттан Саха сиринээҕи Губчека дьүүлүнэн кыһалаҥ үлэҕэ түбэспит саха үлэһит интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэригэр анал манифеһынан амньыыстыйа биллэриллиэхтээх.

Саха ССР сиригэр-уотугар билиҥҥи Саха күбүөрүнэтэ, сахалар уутуйан олорор (Ньүүйэ сахалара) Иркутскай күбүөрүнэ Сунтаардааҕы-Өлүөхүмэтээҕи буолаһа, Охотскай уезд, Уһук Илин Өрөспүүбүлүкэтин кыраныыссатыттан саҕалаан Камчаткаҕа административнай уонна айылҕа бэйэтэ быспыт кыраныыссатыгар тиийэ киириэхтээхтэр. Охотскай уеһы Саха АССР састаабыгар холбооһун, Охотскай уезд экэнэмиичэскэй өттүнэн Дьокуускайы кытары ситимнээҕинэн быһаарыллар, кини нөҥүө Саха күбүөрүнэтин олоҕор-дьаһаҕар улахан суолталаах сүрүн үөстэр – Айаан уонна Охотскай аартыктара бараллар, онон манна сэбиэскэй уонна баартыйа хайысхатынан үлэлэр Саха сиринээҕи баартыйа тэрилтэтин салалтатынан эрэ ыытыллар кыахтаахтар.

Ити ыйыллыбыттан тутулуга суох, аҕытаассыйа уонна тактика да быһыытынан, анал манифеһынан Саха сиринээҕи Губчека дьүүлүнэн кыһалаҥ үлэҕэ түбэспит саха үлэһит интеллигенциятын бэрэстэбиитэллэригэр амньыыстыйа биллэриллиэхтээх.

Сибревком омуктары кытары үлэлиир салаата уонна Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюрота мин сүрүн бэлитиичэскэй санаам ис хоһоонун өйдүөхтэрэ, итиэннэ сахалар үйэлээх баҕаларын өйөөн, РСФСР Конституциятыгар ыйыллыбыт кыраныыссанан аптаныамыйаны биэриэхтэрэ диэн бүк итэҕэйэбин уонна эрэнэбин.

Дириҥ ытыктабылы кытта Саха күбүөрүнэтиттэн Сибиир олохтоох омуктарын мунньаҕын дэлэгээтэ П.А. Слепцов-Ойуунускай.

1921 сыл, муус устар 13 күнэ Омскай к.

Ф.П-2. Оп. 1. Д. 393. ЛЛ. 13-13 об. Дьиҥнээх. Массыыҥкаҕа бэчээттэммит.

Сибиир Олохтоох омуктарын

мунньаҕын дэлэгээтэ, Арассыыйа хомуньуус (бассабыык) баартыйатын чилиэнэ

П.А. Слепцов–Ойуунускай «Саха сирин

аптаныа­мыйатын туһунан» дакылаатыгар быһаарыы сурук

Омскай к.                                                                                           1921 сыл, муус устар 27 күнэ.

Муус устар 26 күнүгэр Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротыгар Саха сирин аптаныамыйатын туһунан боппуруос көрүллүбүтэ уонна 2 сөбүлэһэр, 2 утары куоластанан аһаҕас хаалбыта. Бу Саха сирин аптаныамыйатын туһунан боппуруос уонна икки өрүт бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар санааларын кытары Омуктары кытары үлэ­ наркоматынан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин Кэмитиэтин быһаарыытыгар түһэриллиэҕэ.

Бу боппуруоска оҥорбут сүрүн дакылаатым сэрэхэдийиини таһаарбытын, ону таһынан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротун үөһэ этиллибит бэйэ-бэйэлэриттэн уратылаһар санааларын болҕомтоҕо ылан туран, быһааран биэрэр эрэйиллэр уонна Сибиирдээҕи бюро икки өрүтэ оҥорбут этиилэригэр хардардахха сатанар дии саныыбын. Бары дойдулар хомуньуустара азбука кэриэтэ дьэҥкэтик өйдүөх кэриҥнээхтэр, урукку өттүгэр баттаммыт омуктар кыратык даҕаны бэлиитикэҕэ иитиллибит-такайыллыбыт буоллахтарына, инники күөҥҥэ сылдьар интеллигенцияларынан сирэйдээн, кинилэри баһылыыр-көһүлүүр омук ыытар национальнай бэлиитикэтин уйаннык ылынар, чараас организм буолар. Ити тыҥааһын ордук өрөбөлүүссүйэ кэмигэр биллэр. Урукку Саха уобалаһа, ыраахтааҕы саҕана күбүөрүнэ эрэ быраабын ылара, пролетарийдар босхолонуулаах өрөбөлүүссүйэлэрэ буолбут кэмигэр, үлэһит-бааһынай бырабыыталыстыбата бэлитиичэскэй пропаганданы ыытар туһуттан көҥүл норуоттар көҥүл холбоһуктарын биллэрбитин үрдүнэн, Сибиир өрөпкүөмэ бу дьыл сааһыгар Саха уобалаһа Иркутскай күбүөрүнэ оройуона эрэ буолар диэн уурааҕы ылынар. Ити уураах билиҥҥи бэлитиичэскэй балаһыанньаҕа саха норуотун быраабын күөмчүлээһин курдук өйдөнүллэр.

Саха сиринээҕи табаарыстар хаста даҕаны итини бэлитиичэскэй быһыыны-майгыны сытыырхатар диэн Сибиир өрөпкүөмүгэр ыйбыттара. Сахалар национальнай хамсааһыннара бассабыыктар көҥүлү уонна аптаныамыйаны сүрүннээн тылларынан эрэ эрэннэрэллэр, ол иһин ханнык баҕарар национальнай хамсааһын кырыктаахтык саба баттанар диэн өйдөбүлгэ олоҕурар. Саха национальнай хамсааһына ол иһин, бэл, РСФСР-тан букатын арахсыахха диэн суолу кытары тутуһар.

Саха сирин хомуньуустара Сибиир өрөпкүөмүн ыйыытынан, РСФСР национальнай бэлиитикэтин билсибэккэ да эрэ, национальнай хамсааһыны хам баттааһыны саҕалыыллар, дьону ытыалыыртан даҕаны туттумматтар уонна итинник бэлиитикэ туох содуллааҕын даҕаны аахсыбаттар. Бу Арассыыйа хомуньуус баартыйатын олохтоох тэрилтэтин бас-баттах быһыыта уонна тус алҕаһа буолбатах, ити Сибиирдээҕи Киин сыыһа бэлиитикэтин түмүгэ.

Сүрүн дакылааппар, ону сэргэ Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротун мунньаҕар эппит түмүк тылбар чуолаан Сибиир өрөпкүөмүн ити сүрүн алҕаһын ыйбытым, ол иһин национальнай буржуазияҕа бэриммиттэр ахсааннарыгар киллэриллибитим.

Сахаларга аптаныамыйаны биэрии билиҥҥи бэлитиичэскэй түгэҥҥэ үөскээбит быһыыттан-майгыттан тахсар соҕотох суол буолар, итиэннэ сахалар ортолоругар итинник бэлиитикэ үөрүүнү эрэ аҕалыаҕа. Оччоҕо саха интеллигенцията уонна үлэһит маассата үс төгүл эрчимирэн туран бары күүстэрин бэйэлэрин култуураларын сайыннарыыга туһулуохтар этэ.

Таб. Смирнов саха аптаныамыйатын утарар сүрүн санаата маннык, Саха сирэ аптаныамыйа ыллаҕына Дьоппуон, Эмиэрикэ империализмын сабыдыалыгар түбэһиэҕэ, онон РСФСР кинини төрүт сүтэриэҕэ диэн. Бэл т. Хотинскай бэйэтин бэлитиичэскэй күүрээнигэр саха империализма суоһууругар кытары тиийдэ. Саха сирэ, баара-суоҕа 300000 нэһилиэнньэлээх, Турция даҕаны, Индия даҕаны буолбатах, ол эбэтэр капиталистар державаларын экэниэмикэҕэ интэриэстэрэ охсуһар дойдута буолбатах. Дьоппуон, Эмиэрикэ империализма ордук суудуналар сылдьар кытылларын уонна онно олорор норуоттар култуураларын ирдэбилигэр, олохторун-дьаһахтарын көрдөбүлүгэр эрэ интэриэстээх. Ити туһугар өрүү тоҥ, мэлдьи сырыыта суох Хотугу Муустаах акыйаанынан тиийиллэр, бэрт кыра көрдөбүллээх аҕыйах киһилээх Саха уобалаһа Дьоппуон, Эмиэрикэ империалистарыгар быдан чугас уонна дөбөҥнүк тиийиллэр Камчаткатааҕар, Сахалиннааҕар төрүт интэриэһэ суох.

Сүрүн дакылаакка мин сахалар ортолоругар социальнай уратылаһыыны, ону таһынан кылаассабай араҥаларын интэриэстэрин ыйбытым, онон онно Саха Социалистыы Сэбиэскэй Өрөспүүбүлүкэтин уонна Сэбиэскэй былаас дьылҕаларын туһугар дьиксинэр ханнык даҕаны төрүөт суох. Биллэн турар, таб. Смирнов сахаларга аптаныамыйаны биэрии атын омуктары өрөбөлүүссүйэ оҥороллоругар өрө күүрдүө суоҕа диирэ сөп, ол эрээри үгүс дьыала ис бэлиитикэ уонна судаарыстыба туһугар туох да күлүмүрдээһинэ уонна арбааһына суох оҥоһуллар, баартыйа күүһүн күбүөрүнэ иһигэр сыҕарытан биэрии эбэтэр өссө улахан таһымҥа таһаарыы ити боппуруоһу хайдах да быһаарбат. Сибиир өрөпкүөмэ билигин ыытар сыыһа национальнай боппуруоһун кыһалҕаларыттан тахсыы саха норуотугар аптаныамыйаны биэрдэххэ эрэ кыаллыаҕа, тоҕо диэтэххэ, ханнык баҕарар баттаммыт омук ис-иһиттэн көҥүл буолуон, омуга сайдыан баҕарар, ону бохсор дьаһаллар баттааһын-үктээһин курдук ылыныллаллар. Ол иһин бэлиитикэ даҕаны, тактика даҕаны өттүттэн бу боппуруоһу бүтэһиктээхтик сөпкө быһаарыах уонна саха омук сайдыытын федеративнай тутул атын көҥүл омуктарын кытары биир дьиэ кэргэн курдук тэҥҥэ тутан бииргэ үлэлиэх кэриҥнээхпит. РСФСР уонна кини састаабыгар баар национальнай өрөспүүбүлүкэлэр омук омугу баттыырын, бэл, киһи киһини атаҕастыырын суох оҥорууну сүрүн соругунан билинэр пролетариат баһылыыр-көһүлүүр бэлиитикэтин тыыныгар иитиллэллэр.

Аптаныамыйа туһунан боппуруоһу Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтигэр көтөҕөн өссө биирдэ дьүүллэһэр улахан бэлитиичэскэй алҕаһынан буолуоҕа. Ол иһин Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Саха сиринээҕи тэрилтэтин дьүүллэһиитигэр туруоран бу боппуруоһу быһаарыыны туох да туһата суоҕунан ааҕабын, ону таһынан Арассыыйа хомуньуус баартыйатын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротугар уонна Сибиирдээҕи Өрөпкүөмҥэ национальнай боппуруостарга Киин өттүттэн ыйыы оҥоһуллара ирдэнэр, тоҕо диэтэххэ, РСФСР баттаммыт омуктары араҥаччылыыр, киэҥ кыаҕы биэрэр, кинилэри бэйэлэрин култуураларыгар, олохторугар-дьаһахтарыгар уонна майгыларыгар сөп түбэһиннэрэн Сэбиэскэй тутууга тардар эбээһинэстээх.

Манна сыһыаран Эһиги көрүүгүтүгэр саха норуотун аптаныамыйатын тутулун, Саха сирин өрөпкүөмүн туһунан балаһыанньа уонна саха норуотугар туһуламмыт декларация бырайыактара ыытыллаллар.

Саха күбүөрүнэтиттэн Сибиир олохтоох омуктарын мунньаҕын дэлэгээтэ, Арассыыйа хомуньуус (бассабыык) баартыйатын чилиэнэ П.А. Слепцов-Ойуунускай.

Ф.П-2.  Оп. 1. Д. 393. ЛЛ. 12-12 об. Дьиҥнээх. Массыынкаҕа бэчээттэммит.

Нууччалыыттан Данил МАКЕЕВ тылбаастаата

ЭРЭДЭЭКСИЙЭТТЭН. Былатыан Ойуунускай автономия боппуруоһун Саха сирин коммунистарыттан бастакынан үрдүкү таһымҥа сытыытык уонна олохтоохтук көтөхпүт киһинэн буолар. Ол туоһутунан кини 1921 сыллаахха муус устар 13 күнүгэр Омскай куоракка Россия коммунистыы (бассабыык) партиятын Киин кэмитиэтин Сибиирдээҕи бюротугар уонна Сибревком омуктары кытта үлэлиир салаатыгар (Сибнац) иһитиннэрбит дакылаата буолар.

Ол кэннэ улахан киирсии буолбут – Сибревком бэрэссэдээтэлэ Иван Смирнов диэн киһи Ойуунускайы «омугумсахтарга атыыламмыт бассабыык» диэбит. Биһиги киһибит да улахан салайааччыттан иҥнэн-толлон турбатах – итийэн-кутуйан туран кырдьыгын турууласпыт. Исидор Барахов уонна Сибнац салайааччы Освальд Плич киһилэрин көмүскээн балаһыанньаны арыый да сымнаппыттар. Кэлин ол тыҥааһыннаах түгэн туһунан Ойуунускай «Ааспыт күннэр, дьыллар» диэн 1928 сыллаахха «Чолбон» сурунаал 7-9 №-гэр тахсыбыт ахтыытыгар сиһилии сырдаппыта.

Бу муус устарга иһитиннэриллибит дакылаат, Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут бассабыык Виленскэй «Жизнь национальностей» хаһыат олунньу 2 күнүнээҕи нүөмэригэр бэчээттэппит ыстатыйата уонна Ойуунускай, Аммосов, Барахов, Ефимов, Аржаков Омскайынан, Москванан дьаныардаах туруорсуулара, Дьокуускайдааҕы туруулаһыылара 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Саха АССР тэриллиитин түстээбитэ. Кинилэргэ Саха сиригэр сыылкаҕа олорбут Сэбиэскэй Россия бөдөҥ салайааччылара Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе, Виленскэй тирэх буолбуттара.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар