Саха сирэ Сибиир хотугулуу илин өттүгэр 3500000 кв. (2500000 кэриҥэ миль) биэрэстэ иэннээх сиринэн тайаан сытар. Олохтооҕо 250000 эрэ киһи. Нэһилиэнньэ түөрт гыммыттан үһүн сахалар (монгол бииһиттэн сыдьааннаах омук) ылаллар. 16000 кэриҥэ нуучча баар. Онтон ордуктара көһө сылдьар биис уустара -тоҥустар, чукчалар, юкагирдар, ламуттар.
Салайарга сөптөөх буоллун диэн бу уокуругу аҕыйахтыы нэһилиэктэрдээх улуустарга араарбыттар. Барыта биэс улуус баар. Дьокуускай, Бүлүү, Өлүөхүмэ, Халыма уонна Верхоянскай. Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар Дьокуускай куорат — 7000 киһилээх, уокурук киинэ. Араҥ ыарыылаахтара элбэҕинэн биһиги болҕомтобутун ордук тардыбыт Бүлүү улууһа (иэнэ — 883000 кв биэрэстэ) түөрт нэһилиэктэн турар. Бүлүү, Орто Бүлүү, Сунтаар, Марха. Кута-бадараан быыстаах ойуур дойду. Дьон сүөһү ииттиэххэ сөптөөх күөллэр кытылларыгар баар оттуур ходуһалардаах алаас сирдэргэ олороллор. Сир оҥоруутунан дьарыктамматтар. Бултааһын атын улуустарга сайдыбыт буоллаҕына, бу улуустарга соччо сайдыбатах, айахтарыгар эрэ бултууллар эбит.
Олохтоох омуктар билигин даҕаны түҥ былыргылыы (полуварварский образ жизни) олороллор. Цивилизация сабыдыалыгар саҥа киирэн эрэр эбиттэр. От-мас Таҥаратыгар итэҕэйэр дьоҥҥо Христианство саҥа киирэн эрэр эбит да, языческай итэҕэллэрэ билигин да олус күүстээх. Күөллэр, өрүстэр кытыыларынан бэйэ-бэйэлэриттэн олус ыраах-ыраах аймаҕынан оло-роллор. Бэйэ-бэйэни кытары кыыһырсар адьынаттаах норуокка бу маннык олороллоро ордук курдук эбит. Аҕыйах саҥалаах, ону-маны мээнэ быктарбат, бүтэй, итэҕэйимтиэтэ суох дьон эбит — сахалар. Ол эрээри, куһаҕан санаата суох кэлбит билбэт да киһилэригэр олус истиҥ, ыалдьытымсах сыһыаннаахтар. Баардарынан-суохтарынан күндүлүүллэр. Бүлүү улууһун дьонун улахан аҥара быстар дьадаҥылар, сорохторо хайдах тыыннаах сылдьаллара туһугар эмиэ дьикти. Үксүлэрэ булдунан, балыгынан дьарыктаналлар. Хатыҥ туоһуттан араас иһити, оҕо биһигин кытары оҥороллор. Балык хатырыгын майгылатан ойуулаабыт иһиттэрэ олус үчүгэй көстүүлээх буолаллар.
Кып-кыракый, боростуой тутуулаах, киһи олороругар хайдах да сөбө суох балаҕаҥҥа олороллор. Дьиэ иһэ үксүн олус кирдээх буолар. Кыһынын балаҕаннарын ынахтарын сааҕынан халыҥ гына сыбаан кэбиһэллэр. Ордук Орто Бүлүү дьонун араҥ ыарыы буулаабыт. Бултуур-алтыыр кыахтаах дьон араҥ ыарыынан ыалдьан хаалан олус дьадайаллар, онтон сылтаан нолуокка иэстэрэ элбии турар эбит. Сунтаар улууһун дьоно бу улууска холоотоххо үчүгэйдик олорор этэ. Сунтаарга дьон үксэ нууччалар олорор «изба» дьиэлээхтэр, уонна нууччалыы оһохтоохторо кэм кыра да буоллар сайдыыны туоһулуур.
Дьокуускай куорат олус хобдох, чуҥкук сир. Киэһэ 8 чааска дьиэлэр бары сабыллаллар. Дьон олоҕун саататар үөрүүлээх-көтүүлээх туох да тэрээһин буолбат. Кыһынын 45 кыраадыска тиийэ тымныйар, маннык тымныыларга салгын мэлдьи туманнаах. Тымныыттан хаххаланан сирэйгин тууна бааммыт былаатыҥ сотору буолаат муус кырыа буолан хаалар. Кыламаныҥ кытары кырыарар буолан, тулаҕын да нэһиилэ көрөҕүн. Сороҕор тымныы олус күүһүрэр, оччоҕо кыахтаах эр да дьон таһырдьа тахсыбаттар. Сарсыарда 10-ҥа диэри хараҥа буолар, күнүһүн 2 чаастан хараҥаран барар. Бу маннык күн-дьыл аҕыс ый устата сатыылыыр.
Дьон хаартылаан уонна табахтаан аралдьыйар. 6-12 чаас устата оонньуохтарын, табаахтыахтарын сөп. Дьахтар барыта табах тардар.
Ыалдьыты аан бастаан табааҕынан күндүлүүллэр, онтон чэйгэ ыҥыраллар. Табаахтыы-табаахтыы чэйдииллэр, кэпсэтэллэр. Быыһыгар эр дьон туран төттөрү-таары хаамыталыыллар. Бу дьиэ улаханыттан, кыратыттан тутулуга суох олохсуйан хаалбыт үгэс.
Ыалдьыты аан бастаан дьиэлээх киһи илии тутуһан эҕэрдэлиир. Онтон ыалдьыт сонун, этэрбэһин устан аан дьиэҕэ ааһар. Чэйтэн аккаастаныы улахан буруйу оҥорбукка тэҥнээх.
Дьадаҥы ыал үс-түөрт илии халыҥнаах мууһунан түннүк оҥостоллор. Дьиэлэрин хайдах сылытынан олороллоро өйдөммөт.
Сылга биирдэ атыы кэлэр. Луохтуурдар бааллар, онтон эмп атыылыыр сир (аптека) диэн суох. Луохтуурдар эмтэрин эмиэ сылга биирдэ Иркутскайтан ыллараллар.
Дьокуускай куоракка кэлэн баран, сотору соҕус Аҕабыыты көрсө барбытым. «Долгушка» диэн ааттыыр, көлөһө үрдүгэр хара өҥүнэн кырааскаламмыт хас да хаптаһын кэккэлэтэ ууруллубут тэрилинэн айаннаабытым. Бу тэрилгэ 6-8 киһи көҕүс-көҕүстэринэн олороллор. Икки өттүттэн хаарбах дьиэлэр сэлэлээбит кэтит соҕус уулуссанан ааһан иһэн сыарҕалаах оҕуһунан эбэтэр оҕуһу миинэн иһэр саха дьонун көрсөбүт. Дараҕар сарыннаах уһун сонноох, уп-уһун сотолоох этэрбэстээх, үрдүк сэлээппэлээх олус боростуой сирэйдээх саха дьоно күлүүлээх баҕайы көрүҥнээхтэр.
Аҕабыыт тэлгэһэтигэр үс чочуобуна баар. Мас үктэллэринэн кыракый саалаҕа ааһабын. Дьиэ ис бараана олус боростуойа миигин сөхтөрөр. Үрдүк сололоох тахсан кэлбитигэр, кини олус наҕыл, дьоһун көрүҥүттэн мах бэрдэрэн ылабын. Кини наҕыл сирэйигэр истиҥ быһыы, холку майгы олорон хаалбыт курдуга. Миигин кытта кэпсэтэригэр кини киэҥэ, холкута миэхэ эмиэ бэриллибитэ. Халлаан күөх өҥнөөх таҥаһа, оннук өҥнөөх дьиэ тэрилэ, остуолга сытар күөх кумааҕы кытары киниэхэ ураты эфирнэй көрүҥү биэрэрэ. Аҕабыыт миигин олус эйэҕэстик көрсүбүтэ. Үлэтигэр олус бэриниилээх Аҕабыыт куорат эрэ иһин буолбакка, тыһыынчанан көскө тайаан сытар Саха сирин бары олохтоохторун көрөрүн-истэрин сөхпүтүм. Саха дьонугар христианскай итэҕэли, Таҥараҕа тапталы иҥэрэргэ олус күүскэ үлэлиир эбит этэ.
Мин Дьокуускайга араҥнаахтарга көмөлөһөр кэмитиэти тэрийэр баҕалаахпын эппитим. Кини куорат баһылыыр-көһүлүүр дьонун түмэн көрсүһүү тэрийэн араҥнаахтарга көмөлөһөргө бэлэмин биллэрбитэ.
Кинилэргэ аһынан-таҥаһынан эрэ көмөлөһөр буолбакка, ол эрэйдээхтэр Таҥараҕа тиксиэхтээхтэрин эппитэ. Уонна миэхэ олус сэдэх, сахалыы тылынан суруллубут Таҥара кинигэтин (Биибилийэни) биэрбитэ.
Мин эмтээх от туһунан туоһуласпыппар сөҕүөм да, үөрүөм да иһин киниэхэ аҕыйах да буоллар баарын эппитэ уонна аҕыйаҕы ылан ытыспар уурбута. Бу от эмтиир эбэтэр уоскутар кыахтааҕын кыайан быһаарбатаҕа да буоллар мин олус үөрбүтүм. Барарбар кини миигин алҕаабыта (благословил). Баҕар ким эрэ Греческэй Таҥара Дьиэтин Үрдүк сололооҕун алгыһын ылар протестанкаҕа сыыһа дии саныаҕа. Мин итини итэҕэл үөрэҕин араастаан өйдөөһүн курдук санаабатаҕым. Төттөрүтүн Таҥара иннигэр бары биирбит, Таҥара туһугар сылдьар дьон бырааттыы сыһыаннарын курдук ылыммытым.
Таҥара үөрэҕэр уонна Таҥара дьиэлэригэр улахан ураты суоҕун итэҕэйбитим. Таҥара биһиэхэ барыбытыгар баар, онтон биһиги Таҥара илиитигэр баарбыт. Дьокуускайга сылдьарым тухары Аҕабыыт миэхэ төрөппүт оҕотугар курдук аҕалыы истиҥник сыһыаннаспыта.
Мин Аҕабыыттан уонна луохтууртан араҥ ыарыылаахтар киһи кыайан тиийбэт кута-бадараан быыһыгар, ойуурга олороллорун туһунан истибитим. Луохтуур мин чэй, табаах, кинилэр билбэт күндү астарын ыларбар сүбэлээбитэ. Мин түргэнник бара охсор санаалааҕым да, кэмитиэт мунньахтыырын кэтэһэн тардыллыбытым. Олус ыарахан, ыраах айаҥҥа бэлэмнэнии араас санааҕа тиэрдэрэ. Кэмниэ-кэнэҕэс мунньахпыт буолла. Мунньахха үрдүк сололоох Аҕабыыт Мелетий, үрдүк сололоох күбүрүнээтэр Осташкин, эмп инспектора Смирнов, күбүөрнүйэ бырааһа Щевинскэй, куорат бырааһа Несмелов, Бүлүү полициятын үлэһитэ, күбүрүнээтэр чунуобунньуга, хаһаах Прокопьев кэлбиттэр. Биһиги араҥ ыарыылаахтар кыһалҕаларын тула кэпсэттибит. Кинилэри көрсөн кэлбит эмп үлэһитин кэпсээнэ мин урут истибиппинээҕэр өссө дьулаан буолла, ыарыһахтар олус сору-муҥу көрөллөрүн уу хараҕынан көрбүтүн кэпсээтэ. Кинилэргэ хайдах тиийэр туһунан кэпсэтии буолла, мин сирдьиппэр элбэх ыйыы-кэрдии, сүбэ биэрдилэр. Мин айаным былаана оҥоһулунна.
Дьахтар киһиэхэ олус ыарахан айан буолуохтааҕа өйдөнөр этэ, ону таһынан өссө атын ыарахаттары көрсүбүтүм. Миигин политическай үспүйүөн диэн уорбалааһын кырата суох мэһэйдэри үөскэппитэ. Мин бэлиэтээһиннэрим, хойут, баҕар, биһигини утары турар докумуон буолан тахсыа диэн куттаналлара. Уорбаланааччылары кэтии сылдьыы сорох чунуобунньук сүрүн үлэтэ быһыылаах дии санаабытым. Оннук киһи харандааһын, суруйар кумааҕытын куруук бэлэм илдьэ сылдьар.
Сотору кэминэн мин айаҥҥа тэринэн киирэн барбытым. Мин тугу ылбыппын барытын суруйар кыаҕым суох. Балык тириититтэн тигиллибит мөһөөччүктэргэ угуллубут таас курдук хаппыт килиэп. Маннык килиэп куһаҕан, балык сыттаах буолар уонна ууга уган илитэн эрэ баран сиэххэ сөп. Чэй, саахар, табаах, кэнсиэрбэлэммит эт уонна фрукта, хаппыт бэчиэнньэ, суолга сөптөөх эмп-томп ылбытым. Бу ылбыт сээкэйбит кэлин хайдах дьылҕаламмыттарын ааҕааччым өссө да билиэҥ.
Иван Прокопьев диэн саха хаһааҕа араҥ ыарыылаахтары аһынара бэрт буолан уонна мин харчым аҕыйаҕын иһин, Бүлүү курдук ыраах сиргэ барарбытыгар аттарын барытын босхо уларсыбыта. Кэлин өссө миигин арыаллыахтаах экспедиция салайааччытынан тылламмыта. Тарантааһынан айанныыр төрүт да кыаллыбата чуолкай этэ. Түҥ тыаҕа биир да килэмиэтири айаннаабакка алдьанан хаалыа, эбэтэр бадарааҥҥа тимириэ этэ. Онон аты миинэн эрэ барыахха сөп. Аны таһаҕаспытын таһарга эрэ киһи наада буолбатах этэ. Эһэ-бөрө дойдутугар саалаах дьон эмиэ наада этилэр. Онон 15 киһилээх, 30 аттаах этэрээт тэриллибитэ. Куораттан биир фотограф кэлэн хаартыскаҕа түһэрбитэ да буоллар, ким эрэ хамсаан биэрэн сатамматаҕа. Бэйэм кэппит көстүүммүн ойуулуохпун да баҕарбаппын, ол курдук боростуойа. Олус уһун сиэхтээх сэкиэт кэппитим, хаҥас илиибэр Кыһыл Кириэс бэбээскэтин бааммытым. Тобукпар тиийэр уһуннаах ыстаан кэтэргэ күһэллибитим. Төбөбөр Лондонтан атыыласпыт боростуой сэлээппэбин кэппитим, сэлээппэм тулата кумаартан харыстыыр сиэккэлээх этэ. Кымньыы, револьвер уонна дьоҕус суумка айаным таҥаһын ситэрэн биэрбиттэрэ. Мин маннык таҥастаах-саптаах айанныырга күһэллибитим хас да биричиинэлээх этэ. Бастакытынан, саха аттара олус дьиикэй буолан ойоҕоһунан айанныыр сатамньыта суоҕа. Иккиһинэн дьахтарга анаммыт ыҥыырынан хайдах да 3000 биэрэстэни айанныыр кыаллыбат этэ. Үсүһүнэн суол омооно да суох сиринэн айан кэтэһэрэ. Мас силистэриттэн, таастан, хаппыт буортан иҥнэн аттар бүдүрүйэн миинэн иһэр киһини охторуохтарын сөбө. Аны кутаны, бадарааны өрөҕөлөрүгэр тиийэ тэпсэллэрэ. Маннык айаҥҥа дьахтар былааччыйатын кэппитим эбитэ буоллар аҕыйах хоноот тырыта тыытыллыбыт буолуо этэ. Онон ким даҕаны миигин эр киһи ыҥыырынан, эр киһилии таҥнан айаннаабыппын буруйдуо, омнуолуо дии санаабаппын.
Улахан айаҥҥа аттаныахпыт иннинэ Аҕабыыт барыбытын ыҥыран алҕаабыта, айан этэҥҥэ буоларын туһугар Таҥараттан көрдөспүтэ. Бу Таҥара кулута айаҥҥа туруммут эр дьоҥҥо уонна миэхэ, соҕотох дьахтарга, бу эппиэтинэстээх айан иннинэ анаан-минээн сулууспа тэрийбитэ олус долгутуулаах түгэн этэ.
Кырдьык, бу ылсыбыт дьыалабыт олус наадалааҕа уонна эппиэтинэстээҕэ. Ол эрээри тугунан түмүктэниэхтээҕэ өссө биллибэтэтэ. Дьэ сити курдук 1891 сыл бэс ыйын 22 күнүгэр айаммытын саҕалаабыппыт.
Мисс Марсден Сибииргэ айанын туһунан 256 страницалаах кинигэттэн Саха сиригэр сылдьыытын М.А. Алексеев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи республиканскай гимназия омук тылыгар учуутала Наталья СОФРОНОВА тылбааһа.
Чолбон. – 2014. — тохсунньу