Саха маҥнайгы сырдатааччылара

Якутскай куоракка дьиҥнээх үөрэх заведениета – бастакы оскуола 1734 сыллаахха аһыллыбыта. Ити оскуоланы нууччалар тэрийбиттэрэ. Эһиилгитигэр Витус Беринг экспедициятын көҕүлээһининэн Якутскай куоракка навигационнай оскуола аһыллар. Бу оскуола нуучча оскуолатын базатыгар тэриллэр. 1806 сыллаахха Якутскайга аан бастаан Норуот үөрэҕин министерствотын уезтааҕы гражданскай училищета тэриллэр. Ити училише Саха сиригэр үөрэҕи, науканы сайыннарыыга биллэр-көстөр суолталаммыта. 1812 сыллаахха Өлүөхүмэ куоратыгар гражданскай приходскай училище, 1826 сыллаахха Якутскайга, 1829 сыллаахха Бүлүү, Орто Халыма куораттарыгар казак оскуолалара үлэлээбиттэр.

1870 сылтан ыла улуустар кииннэригэр бастакы оскуолалар тэриллэн, саха ыччаттара үөрэххэ балачча киэҥник тардыллан барбыттара. Ол эрээри ити оскуолаларга, үксүгэр, баайдар, тойоттор, атыыһыттар эрэ оҕолоро үөрэнэллэрэ. Үлэлээн иитиллэн олорор норуоттар, кыра омуктар оҕолоро үөрэх, сайдыы дьолугар тиксибэт этилэр.

Саханы, ордук саха ыччатын үөрэхтээһиҥҥэ, кинилэр политическай өйдөрүн-санааларын сайыннарыыга истиҥ сүрэхтэринэн үлэлээбит учууталларынан политическай сыылынайдар буолбуттара. Кинилэр сахаларга, эдэр ыччакка үөрэх сырдык кыымын аан бастаан киэҥ Сайсаар хочотугар ыспыттара. Амма толоонугар аҕалбыттара, Дьааҥы хайатын уҥуордаппыттара, Өлүөнэ өрүс кытылыгар үөрэҕи, өйү-санааны сайыннарбыттара.

1829 сыллаахха Бүлүү куоратыгар декабрист Михаил Иванович Муравьев-Апостолы көскө аҕалбыттара. Кини, манна чааһынай оскуоланы аһан, оҕолору сурукка, ааҕарга, ахсааҥҥа үөрэтэр. Оччотооҕуга Бүлүүгэ чаһы суоҕа, онон Михаил Иванович үөрэтэр оҕолорун сарсыарда үөрэххэ ыҥырарыгар саха дьиэтин үрдүнэн кыһыл былааҕы ыйыыра, ол бэлиэни көрөөт, үөрэнэр оҕолор кумааҕы, кинигэ, харандаас кыбыныылаах оскуолаларын диэки сүүрэн туораахтаһаллара. Бу көскө кэлбит декабрист Бүлүү куоратыгар үөрэҕи тарҕатыыга сыламтата суохтук үлэлиирин, ыччаттары үөрэтиитин олохтоох нэһилиэнньэ үөрэ-көтө көрөрө. Ол да иһин буоллаҕа буолуо, Муравьев-Апостолы сыылкаттан төннүүтүгэр Бүлүү куоратын нэһилиэнньэтэ, уулуссаҕа бүттүүн тахсан, сыаналаах бэлэхтэрдээх долгуйан туран атаарбыттар.

Декабристар даҕаны кэннилэриттэн Саха сиригэр көскө кэлэн олорбут политическай сыылынайдар Саха сирин олохтоохторун сурукка-бичиккэ үөрэтиигэ, сайыннарыыга умнуллубат улууканнаах улахан үтүөлээхтэр, саас-үйэ тухары сүппэт-оспот өҥөлөөхтөр.

Амма солобуодатын уһук биир дьиэтигэр өрүү имик-самык ыһыырынньык уота умайан кыламныыра. Ити Владимир Галактионович Короленко олорор дьиэтэ. Ити уотунан сирдэтэн, дэриэбинэ оҕолоро бэйэлэрнн учууталларыгар Владимир Галактионовичка кэлэллэрэ. Кинилэри Владимир Галактионович сүрдээх эйэҕэстик, үөрэн-көтөн көрсөрө уонна кыракый төгүрүк остуолун тула олордон эрэн, ити ыһыырынньык уотунан сырдатынан Саха сирин кыһыҥҥы ыыс-быдан хараҥа киэһэлэригэр оҕолору сурукка, ахсааҥҥа, ааҕарга үөрэтэрэ.

Үөрэх кэнниттэн Владимир Галактионович, бэйэтин үөрэтэр оҕолорун уочаратынан ньилбэгэр олордон эрэн, кинилэргэ нуучча норуотун араас эгэлгэ остуоруйаларын, кэпсээннэрин, хоһооннорун ааҕара. Ол иһин кини кыракый хоспоҕуттан оҕолор арахсыбакка күн тахсыаҕыттан киириэр диэри сылдьаллара. Оҕолорун сүтүктээбит төрөппүттэр Короленко кыракый дьиэтиттэн бэйэлэрин оҕолорун булан бараллара. Ардыгар Владимир Галактионович үөрэтэр оҕолорун кытта күүлэйдин хонууга, тыаҕа тахсара. Онно айылҕа баайын, араас өҥнөөх сибэккилэри хомуйаллара, үүнээйилэри үөрэтэллэрэ, үөнү-көйүүрү, хамныыры-харамайы кытта билсэллэрэ.

Владимир Галактионович дэриэбинэ олохтооҕо, огдообо дьахтар Татьяна Андреевна Афанасьева кыра оҕолорун – Таняны, Коляны – күүскэ таптаабыта, кинилэри кытта куруук бииргэ сылдьара, кинилэри аан бастаан сурукка-бичиккэ үөрэппитэ.

Короленко, сыылкатын болдьоҕун бүтэрэн соҕуруу дойдуга да сылдьан, бэйэтэ үөрэппит оҕолорун умнубат этэ. Кинилэргэ өрүү кэһии, посылка оҥорон араас кинигэлэри, оонньуурдары ыытара. Ис сүрэхтэн этиллэр тыллаах суруктары ыытара.

Владимир Галактионовичка үөрэммит ыччаттартан кэнннки Саха сирин оскуолаларын үтүөлээх учуутала, республика оскуолаларыгар биллиилээх, бөдөҥ методист, сүүрбэттэн тахса учебниктар, учебнай пособиелар автордара Николай Егорович Афанасьев иитиллэн тахсыбыта.

Таас Дьааҥы хайатын нөҥүө түһэн, Верхоянскай куоратыгар народник, учуутал Иван Александрович Худяков кэлэр. Кини манна Дьааҥы сахаларын тылларын-өстөрүн, фольклордарын үөрэтиигэ утумнаахтык үлэлээбитэ. Кини эмиэ саха оҕолорун сурукка-бичиккэ үөрэппитэ.

Иван Александрович, оччотооҕу учебниктарынан уонна үөрэх пособиеларынан саха оҕолорун аахтаран, суруттаран үөрэтии кыаллыбатын өйдөөн, бэйэтэ аналлаах учебниктары, үөрэх кинигэлэрин оҥортообута, ол кинигэлэрннэн туһанан Дьааҥы куоратынааҕы оҕолорун ааҕарга, суруйарга аан бастаан үөрэппитэ, кинилэри улуу нуучча омук культуратын, үөрэҕин, литературатын кытта билсиһиннэрбитэ. Үөрэтэр оҕолорун көмөлөрүнэн олохтоох нэһилиэнньэ ортотугар үөрэтэр-иитэр, культурнай үлэни ыыппыта.

Революция иннинэ улуу Лена кытылларын кыйа, Өлүөхүмэ улууһугар сыылынайдар Ильин уонна Поздников саха оҕолорун сурукка-бичиккэ үөрэтэр соруктаах көһө сылдьар оскуоланы тэрийбиттэрэ. Бу оскуолаҕа парта, дуоска, миэл суоҕа. Сыылынай учууталлар кырбас эт иһин, хонон ааһар иһин, үтүлүк, бэргэһэ иһин саха балаҕаннарын кэрийэ сылдьан оҕолору ааҕарга, суруйарга, ахсааҥҥа үөрэтэллэрэ.

Көһө сылдьар оскуола учууталларын оҕолор уонна төрөппүттэр сүрдээхтик биһирииллэрэ, кинилэргэ туох кыалларынан бары наадалаах усулуобуйалары тэрийэ, олохтуу сатыыллара.

1924 сыллаахха «Ссылка и каторга» диэн сурунаал үһүс нүөмэригэр ити оскуола туһунан бу курдук суруйбуттара;

«Саха оҕолоро көһө сылдьар оскуолалаах учууталлары олустук үөрэн-көтөн көрсөллөрө. Кинилэр кэллэхтэринэ түүнү-күнү билбэккэ ааҕыынан, ахсаан таһаарыытынан дьарыктаналлара. Холобура, ахсааны таһаараат, түүн утуйа сытар учууталга тиийэн, түннүгү, ааны тоҥсуйан астараат: «Мин, учуутал, ахсааны таһаардым… Маны көр эрэ!» – диэбитинэн уутугар аҥаарыйбыт учууталга тэтэрээттэрин көрдөрөллөрө».

Оҕолору сурукка үөрэтиини таһынан, ити сыылынайдар Өлүөхүмэ улууһугар аан бастаан Саҥа дьыллааҕы харыйаны симээһиҥҥэ, Саҥа дьылы бырааһынньыктааһыҥҥа саха оҕолорун үөрэппиттэрэ.

Төһө даҕаны эрэйдээх усулуобуйаҕа үлэлээтэллэр, көһө сылдьар оскуола учууталлара Өлүөхүмэ улууһугар үөрэҕи тарҕатыыга үтүмэн үтүөлээхтэрэ, умнуллубат улахан өҥөлөөхтөрө.

1917 сыллаахха Олунньутааҕы революцня күннэригэр Саха оҕолорун революционнай өйгө-санааҕа үөрэппит, ииппит, саха ыччатыгар наука киэҥ аартыгын тэлэччи аспыт учууталларынан улуу В.И. Ленин чугас доҕотторо, соратниктара, большевиктар: Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе, Григорий Иванович Петровскай, Феликс Кон, Виктор Павлович Ногин – буолбуттара.

Ити политическай сыылынайдар, революционердар салалталарынан куоракка баар реальнай училище, учительскай семинария, кыргыттар гимназияларын үөрэнээччилэрин ортолоругар хос үөрэҕи ыытар репетиторскай группалар тэриллибиттэрэ. Үөрэнээччи ыччаттарга нуучча, омук тылларыгар, ахсааҥҥа, физикаҕа, историяҕа көмөлөһөллөрө. Сыылынай большевиктар бэйэлэрин уопсай теоретическай сайдыылара үрдүк таһымнаах буолан, ити үөһээ ааттаммыт үөрэх предметтэригэр оҕолору үчүгэйдик, өйдөнүмтүөлээхтик үөрэтэллэрэ. Кинилэр репетитордаабыт, үөрэппит оҕолоро кылааска бастыҥ үөрэнээччи буолаллара. Ол иһин буолуо, оннооҕор реальнай училище, учительскай семинария сорох учууталлара мөлтөхтүк үөрэнэр оҕолору политическай сыылынайдарга хос үөрэниҥ диэн сүбэлииллэрэ, сыылынай большевиктары методическай, теоретическай өттүнэн үчүгэй бэлэмнээх учууталларынан билинэллэрэ.

Ол эрээри политическай сыылынайдар, ордук чуолаан большевиктар, үөрэнээччилэргэ репетитордааһыны кытта сэргэ, кинилэр ортолоругар политическай иитии үлэни тэрийэн ыыппыттара. Бастаан иһэр революционнай санаалаах ыччаттары түмэн куруһуоктары тэрийтэлээбиттэрэ. Ити куруһуоктарга марксизм-ленинизм классиктарын үлэлэрин үөрэтэллэрэ, диспуттары тэринэллэрэ, рефераттары суруйан ааҕаллара, аан дойду ис-тас боппуруостарыглр дакылааттары нстэллэрэ.

Сыылынай большевиктар Емельян Ярославскай, Серго Орджоникидзе, Григорий Петровскай тэрийбит «Эдэр социал-демократ» диэн куруһуоктарын истээччилэриттэн Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Степан Аржаков, Степан Васильев, Исидор Барахов курдук революционердар, Саха сирин бастакы коммунистара иитиллэн тахсыбыттара.

Дьэ ити курдук, Саха сиригэр кэлэн олоро сылдьыбыт сыылынайдар, бастатан туран большевиктар, саха эдэр ыччаттарын сурукка-бичиккэ үөрэтиигэ, кинилэри революционнай өйгө-санааҕа иитиигэ аан маҥнайгы учууталларынан буолбуттара.

Виктор Алданскай

Хотугу сулус. – 1959. – № 2

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар