ИЭС ТӨЛӨҺҮҮТЭ
«Кини кимий?» – диэн ыйытар буоллар, бука, «Варвара Потапова», – диэххит этэ. Варвара Потапова саха дьахтар поэзиятыгар гражданныы лиирикэни киллэрбитэ мөккүөрэ суох. Ол эрээри кини иннигэр поэт дьахтар суоҕа диэн, кырата буоллар, онно суох. Хайа да омук уус-уран суруйуута норуот айымньытыттан үүнэн тахсар. Соннук да сахаҕа тойуксут, олоҥхоһут эдьиийдэрдээхпит. Холобур, Мария Андросова-Ионова бэйэтэ айан олоҥхолуура. Кэргэнигэр сыылынай В.М. Ионовка көмөлөһөн, норуот айымньытын, алгыһын, этитиитин хомуйбута, Э.К. Пекарскайга тылы быһаарааччынан сылдьыбыта. Ол эрээри, Мария Николаевна саха бастакы дьахтар поэта дэммэт. Тоҕо диэтэххэ, поэзия – норуот уус-уран айымньытыттан уратылаах бэйэтэ туһунан жанр. Өскө тойуктуур, олоҥхолуур, чабырҕахтыыр дьону поэттар, суруйааччылар диирбит эбитэ буоллар, Өксөкүлээх Өлөксөй саха бастакы поэта, суруйааччыта дэниэ суох этэ. Баҕардар, күн баччаҕа диэри ким бастакы буоларын быһаарсан «кыргыһа» сылдьар буолуох этибит. Ол курдук хас улуус бэйэтэ аатырбыт олоҥхоһуттардаах. Өксөкүлээх Өлөксөй поэт буолар төлкөтө «Байанай алгыһыттан» – норуот уус-уран айымньытыттан түөрэхтэммитэ, ол кэннэ кини бэйэтэ ураты суолланан-иистэнэн, айан-тутан барбыта. Ол иһин кинини саха суругунан уус-уран айымньытын төрүттээччи диэн билинэбит.
«Оччотугар саха бастакы дьахтар поэта кимий?» – диэн ыйытар буолларгыт, хоруйум биир – Биэрэ Дабыыдап. Кини туһунан мин аан бастаан СГУ саха салаатыгар үөрэнэ сылдьан истибитим. Хас да киһиттэн. Олортон биирдэстэрэ – кураатарбыт Баһылай Бырдьыкаанап. Кини саха салаатыгар биһиги иннибитигэр үөрэммит Людмила Григорьева Бодойбоҕо олорор Дабыыдабаны кытта суруйсубутун этэн аһарбыта. Биирдэ үөрэхпит таһынан Л.Н. Григорьеваны кытта көрүһүннэрбитэ. Оччолорго Чөркөөхтөөҕү политсыылка түмэлэ сабыс-саҥа тэриллэн, мала-сала хомуллан эрэр кэмэ этэ. Онон Людмила Николаевнаны Чөркөөх музейыгар саҥа анаммыт дириэктэр быһыытынан билсибиппит. Кини ити кэмҥэ (70-с сыллар ортолоро) сүрдээх сэдэх түһэриилэри сонордоһон булан, олору хос түһэрэн сыһыарбыт халыҥ хордуон нэлимнэри оҥорбутун аҕалан (бука, балачча ыйааһыннаах эбиттэрэ буолуо), аһыллыбыт кинигэ курдук туруортаан кэбиспитэ. Олору көрдөрө-көрдөрө кэпсээбитэ сүрдээх сонун этэ. Мин ордук сэбиэскэй былааска бастакы букубаары оҥорбут Биэрэ Дабыыдабы тоҕо Саха сиригэр кэлэригэр көмөлөспөтөхтөрүттэн муодарҕаабытым. Биллэн туран, биир кылаас чааһыгар устуоруйа мөккүөрүн барытын сырдатара кыаллыбат, онуоха оҕотук туҥуй дьоҥҥо аһаҕастык кэпсиир эмиэ сэрэхтээх буоллаҕа. Онтон ыла балачча кэм ааспыта. 90-с сыллар ортолоро «Чуораанчык» сурунаалга бас эрэдээктэринэн ананан Тааттаттан көһөн кэлбитим. Сурунаал ордук учууталларга уонна төрөппүттэргэ көмө курдук оҥоһуллан барбыта. 1997 сыл Үөрэҕирии сылынан биллэриллибитинэн, СӨ үтүөлээх учууталын В.Ф. Афанасьевы билиһиннэрэн суруйбуппут. Вячеслав Федорович олоҕун бүппэт ыаһаҕа – Саха сиригэр тахсыбыт урукку кинигэлэри мунньуу этэ. Туох баар тахсыбыт букубаар киниэхэ баарын хаартыскаҕа түһэрэн таһаарбыппыт. Олорго Биэрэ Дабыыдап оҥорбут бастакы букубаара баара. Кылгас билиһиннэриини коллекционер бэйэтэ суруйбута. 1999 сыл 7-с нүөмэрэ сахалыы тыллаах «Катехизис» тахсыбыта 180 сылыгар анаммыта. Таҥара туһунан да буоллар, үөрэх кинигэтэ буоларынан, бу таһаарыыны олоччу букубаардарга анаабыппыт. Вячеслав Афанасьевтан, аты-оҕуһу уларсар тэҥэ аҕыйах кэмҥэ көҥүллэтэн, катехизиһы, үөрэх кинигэлэрин ылан туһаммыппыт. С.А. Новгородов кэнниттэн саҥа былааска бастакы букубаары оҥорбут Биэрэ Дабыыдапка туспа сирэй анаммыта. Хаартыската, кинигэтин таһа уонна бэйэтэ суруйбут хоһооно, тэттик кэпсээнэ киирбиттэрэ. Букубаары ааҕа олорон Биэрэ Дабыыдап оҕо сааһын аахсар дьоҕурун сөрү диэн сөхпүтүм. Холобур, «Бэргэһэ» диэн быыкаан кэпсээн үөрэнээччи бэйэтин сааһыгар бараа мэник дьоруойдаах, сюжета тыҥааһыннаах, ол барыта хараххар ойууланан көстөр.
Бэргэһэ
Биирдэ Сэргэй оскуолаҕа баран истэ. Арай биир тииккэ тураах дааҕыргыы олорор эбит. Кини бэргэһэтин устан турааҕы бырахта. Тураах көтөн хаалла, бэргэһэтэ тиит мутугар ыйана түстэ. Сэргэй, бэргэһэтин кыайан ылымына, өр эрэйдэннэ.
Ситинтэн ыла Биэрэ Дабыыдап хоһоонноро «Чуораанчыкка» хам-хаадьаа тахсыбыттара, нууччалыы тылбаастаммыттара.
«Далбар Хотун» сурунаалга үлэлиир кэммэр «Далбарай» диэн төрөппүт оҕотугар ааҕан биэрэригэр аналлаах рубрикалаах этибит. Онно Биэрэ Дабыыдап хоһооннорун ойуулатан иккитэ таһаартарбытым. Куорсуннаахха үлэһэн, «Саха английскай королевата» диэн ахтыыта хас да сурунаалга субуруччу тахсыбыта. Елена Васильевна 2011 сыллаахха бэйэтин үбүнэн Биэрэ Дабыыдап уонна кини кэргэнэ Бүөтүр Оруоһун-Хайыкы туһунан хомуурунньугу таһаартарбыта. Вера Дмитриевна туһунан итинтэн ордук суруйуу суох диэххэ сөп.
Мин быйыл тылбаас салаатыгар магистратураны бүтэрээри сылдьабын. Диссертациям тиэмэтэ Биэрэ Дабыыдап айымньыларын нууччалыы тылбааһыгар ананар. Кинини, бэл, анал үөрэхтээхтэр билбэттэрин иһин, биир бас олоҕор-дьаһаҕар ананар, итиэннэ чахчы хоһоонньут буоларын дакаастыырга айымньыларыгар ырытыы оҥоһуллар. Дьиҥэр, көмүскүөхтээх тиэмэм олох атын этэ. Төбөт (тибет) уонна саха тылын тэҥнээн көрөр санаалааҕым. Ол эрээри, биир кэмпириэнсийэҕэ Биэрэ Дабыыдап айар үлэтинэн кыттыбытым кэннэ, «саха литературатын үрүҥ мэҥэ (белое пятно) бу эбит, бу тиэмэнэн көмүскэн» диэбиттэрин ыараҥнатан көрөн баран, ылыммытым. Будда үөрэҕэ этэринэн, киһи олоҕор күөрэйэ турар көстүү баар буоллаҕына, ол аата бу киһи субу олоҕор иэс төлөһүөхтээх. Онон мин Биэрэ Дабыыдап аата-суола, оҥорбут үтүөтэ төрөөбүт норуотугар эргийэн кэлэригэр үлэлэһиэхтээх эбиппин диэн өйдөөбүтүм.
КЫРЫЫСТААХ ТАПТАЛ
Вера Дмитриевна Давыдова 1901 сыллаахха балаҕан ыйын 16 күнүгэр Аммаҕа төрөөбүтэ. Дьоно иккиэн таатта баайдарын ыччаттара этилэр. Ийэтэ – Анна Егоровна Оросина–Кучуйа Аана (Оруос баай кыыһа). Аҕата – Д.В. Давыдов, Тыараһа сис баайын уола. Дмитрий Васильевич, ыал буолаат, Амма солобуодатыгар суруксутунан ананар. Онон бастакы оҕолоро Вера Аммаҕа төрүүр. Кучуйа Аана үһүс кыыһын ыараханнык төрөөн, 29 сааһыгар өлөр. Миитэрэй Дьокуускайтан дойдутугар Тыараһаҕа көһөн тахсар. Кыргыттарын көрдөрөөрү, оччотооҕу кыахтаах ыал сиэринэн, дьиэ үлэһитинэн политсыылынайдары наймылаһар. Онон Вера бастакы учууталынан көскө кэлбит үөрэхтээх нуучча дьахтара Л.А. Ельцова буолар. Людмила Андрониковна такайыытынан кыргыттар үһүөн утуу-субуу Дьокуускайдааҕы дьахтар гимназиятыгар киирэллэр. Вера Дмитриевна үөрэммит сылларын бэйэтэ бу курдук ахтар: «(…) Основное направление в жизни и воспитание получила не в семье, а в среде старых политссыльных, (…). Всех наших сверстников обучали на дому такие видные ссыльные, как В.М. Ионов, Яровой, Шенн, Э.К. Пекарский и другие. (…) В годы учебы с 1910 г. я прожила в Якутске у старушки Афанасьевой Татьяны Андреевны, у которой постоянно собирались политссыльные и учащаяся молодежь, у нее еще в Амгинской слободе проживал Короленко В.Г. Его портрет постоянно висел у нас на видном месте. Прожила я у нее девять лет. Эти девять лет были моими университетами. Последние годы перед Октябрьской революцией приезжал из села Покровское С. Орджоникидзе. На одном из «именин» Татьяны Андреевны я слышала выступление Е. Ярославского, Г.И. Петровского, Клавдии Ивановны Кирсановой и других» [2, с. 5–6].
Бу кэмҥэ политсыылынайдар куомун ыччаттарын кытта эмиэ чугастык билсэр, доҕордоһор. Олортон биирдэстэрэ – П.А. Слепцов-Ойуунускай. «Биһиги Платон Алексеевичтыын иккиэн Таатта улууһуттан төрүттээхпит. Ордук үчүгэйдик Дьокуускайга, кини учительскай семинарияҕа үөрэнэр сылларыгар, билсибиппит. Мин дьахтар гимназиятыгар үөрэнэрим. Биһиги оччолорго уокурук суутун таһыгар Слепцовтар дьиэлэрин флигелигэр икки балтыбынаан (…) олорбуппут. Платон Алексеевич биһиэхэ ону-маны ааҕа, көннөрү сэһэргэһэ сотору-сотору киирэрэ. Кини нуучча классиктарын ааҕарын таптыыра, (…). Ол кэмҥэ кини бэйэтэ сахалыы хоһооннору уонна кэпсээннэри суруйан эрэрэ. (…) Ити сылларга кини (…) Е.М. Ярославскайы, о.д.а. политическай сыылынайдары кытары биир квартираҕа дьукаахтаһан олорбута. Кинилэр кини сайдыытыгар улахан сабыдыалы онорбуттара» [2, с. 6]. Сыылынайдар Вераҕа эмиэ улаханнык сабыдыаллаабыттара баай ыччата кыыс өйө-санаата кыра-хара норуот диэки хайыспытыттан көстөр.
1919 сыллаахха гимназия сабыллар. Онон оччотооҕуга үөрэхтээх-сайдыылаах Вера дойдутугар тахсан Чөркөөх уонна Игидэй нэһилиэктэригэр учууталлыыр. «Эдэр учууталы үөрэнээччилэрэ олус таптыыллар, олохторун тухары ытыктыыллар. Холобур, киниэхэ үөрэммит саха норуотун суруйааччыта Н.Е. Мординов–Амма Аччыгыйа Вера Дмитриевнаҕа кырдьыар диэри махтанар: «Учился я у вас недолго. И давно, очень давно это было, но вот ни к кому из своих учителей я не сохранил столь светлого, радостного чувства, как к Вам. Сколько таких благодарных людей должно быть, ходит по земле, благодарных к Вам за то, что Вы сделали их лучшими, чем они могли бы быть без Вас!» (…) Аны суруйааччы «Сааскы кэм» романыгар Вера Дмитриевнаны аатын да уларыппакка эдэр учуутал кыыс уобараһынан киллэрэн өлбөт үйэлээбит», – диэн суруйар Биэрэ Дабыыдап олоҕун сырдаппыт соҕотох суруйааччы Куорсуннаах «Биэрэ Дабыыдап. Бүөтүр Оруоһун–Хайыкы: ахтыылар, ыстатыйалар, очеркалар, хоһооннор, кэпсээннэр» диэн хомуурунньугар [2, с. 7].
Вера Давыдова дьахтар гимназиятынан муҥурдаммакка, салгыы үөрэнэр. 1920 сыллаахха саҥа аһыллыбыт Дьокуускайдааҕы педтехникумҥа киирэр. Мунньахтарга, түмсүүлэргэ, бырааһынньыктарга көхтөөхтүк кыттан, инники күөҥҥэ сылдьар устудьуон ыччат буолар. Бу сылларга биир дойдулааҕа Алампа Софронов тэрийбит «Саха омук» уустул (култуура) түмсүүтүгэр сылдьар, «Кэскил» диэн ааттаммыт айар дьоҕурдаах ыччаты дьарыктыыр түмсүүгэ ыстаарыстанан талыллар, хоһоон айарга эрчиллэр. Соннук Вера кыыс саҥа үйэ сайдыылаах саха дьахталларын күөнэ буола үүнэр. Ону ликбиэстэри, дьахтар кэмитиэттэрин тэрийэр сүрүн соруктаах 1925 сыллаахха кулун тутар 8 күнүгэр саҕаламмыт Бүттүүн Саха сирин үлэлээн иитиллэр дьахталларын бастакы сийиэһигэр дэлэгээтинэн талыллан, сийиэс сэкирэтээрэ буолбута да туоһулуур.
1922 сыллаахха педтехникуму бүтэрээт, 7 кылаастаах оскуолаларга нуучча, саха тылларын, уруһуй, естествознание уруоктарын үөрэтэр. 1924 сыллаахха Наркомпросздрав иһинэн тэриллибит тылбаас хамыыһыйатыгар оччотооҕу саха интэлигиэнсийэтэ барыта кыттар: С.А. Новгородов, А.И. Софронов, А.Е. Кулаковскай–Өксөкүлээх Өлөксөй, А.Ф. Бояров, Вера Давыдова, А.А. Иванов–Күндэ, П.А. Ойуунускай, Н.Е. Афанасьев, П.И. Оруоһун–Хайыкы, М.П. Слепцов–Отоороп, Н.Н. Павлов–Тыаһыт. Вера учууталлыы сылдьан «Айылҕа үөрэҕин» учуобунньугун тылбаастыыр, саха тылын үөрэтэр ньыматыктары (методичка), орто сүһүөх оскуола оҕолорун, үлэһиттэр оскуолаларын бырагыраамаларын оҥорор.
1925 сыллаахха букубаар оҥорор хамыыһыйаҕа киирсэр. Н.Е. Афанасьев, П.А. Слепцов, В.Д. Давыдова, П.И. Оросин (Петр Алексеевич Слепцов оннугар Петр Иванович Оруоһун–Хайыкы киирбитэ) үлэлэрин түмүгүнэн «Саҥа суол» (1925, 1926, 1927 сс.) 1-кы, 2-с, 3-с кылаастарга ааҕар кинигэлэр буолбуттара. Учуобунньуктар сүнньүнэн Биэрэ Дабыыдап, Бүөтүр Оруоһун-Хайыкы айымньыларынан оҥоһуллубуттара. Бу туһунан Куорсуннаах суруйар: «Ону оччотооҕу улахан суруйааччылар олус биһирээбиттэр, Вера Дмитриевнаны саха бастакы дьахтар суруйааччыта (мин хараардыым) диэн сүрэхтээбиттэр. (…) Бу кинигэлэр бэйэлэрин кэмнэригэр саха оскуолаларыгар тугунан да солбуллубат үтүө өрүттээх буолбуттара» [2, с. 9].
1933 сыллаахха Биэрэ Дабыыдап ааптардаах сэбиэскэй кэмнээҕи бастакы «Букубаар» тахсар. «Вера Дмитриевна Давыдова втягивается в напряженную работу по составлению букваря. Было сделано великое – был создан букварь. Первый букварь на якутском языке!» диэн суруйар үөрэппит кыыһа, Уркуут суруйааччыта Н. Толокнова [2, с. 9]. «Саҥа суолу» уонна «Букубаары» Вера Дмитриевна бэйэтэ ойуулуур. Кинини уруһуйдуурга гимназияҕа үөрэнэр кэмигэр биир дойдулааҕа Ойуунускай үөрэтэр. Ол туһунан бэйэтэ маннык ахтар: «Платон эргиччи талааннааҕа. Литератураны таһынан үчүгэйдик уруһуйдуур этэ. (…) Платон биһигини уруһуйдуурга уһуйбута, мин түүннэри Тамараны уонна Демоны уруһуйдуурбун өйдүүбүн» [2, с. 6].
1934 сыллаахха Вера Давыдова Саха сирин 17 бастыҥ учууталын бөлөҕөр киирсэн, Москуба куоракка Н.К. Крупскаяны кытта көрсөр, дэлэгээссийэ аатыттан тыл этэр. Үөрэппит уола профессор, педагогика билимин дуоктара В.Ф. Афанасьев учууталыгар суруйбут суругуттан: «(…) Заканчиваю книгу «Н.К. Крупская. Национальные школы РСФСР». Кстати говоря, там упоминаю о Вас» [2, с. 7].
1926 сыллаахха Вера Давыдова хаан-уруу аймаҕар, сыган убайыгар Бүөтүр Оруоһуҥҥа эргэ тахсар. Кинилэр иккиэн Баһылай Оруоһун хос сиэттэрэ буолаллар. 1927 сыллаахха Бүөтүрү, Ксенофонтов хамсааһыныгар кыттыбыта диэн балыйан, Соловки арыытыгар хаайыыга ыыталлар. Кинилэр тоҕус сыл буолан баран Бодойбоҕо көрсөллөр. Сүрэх баастаах дьон дойдуларыгар төннүбэттэр. Хаан аймах буолан оҕолоругар сатамматтар. Иккис оҕолоро, кыыстара, Дьокуускайга үнүстүүккэ үөрэнэ кэлэн баран, «баай ыамата» диэн үөҕүллэн, дьиэтигэр санаата айманан төннөр, устунан төбөтүгэр оҕустаран, ийэтэ күн сириттэн күрэммитин кэннэ иирэр бараахха өлөр.
Биэрэ Дабыыдап «норуот өстөөҕө» аатырбыт эрин таҥнарбатаҕа. Бу кырыыстаах таптал инниттэн кини дьон тылыгар киирбитэ, айар-тутар үлэтин, дьонун-норуотун иннигэр салгыы үлэлиирин, дойдутугар-сиригэр олорор дьолун толук уурбута. Биэрэ Дабыыдап өлүөр диэри Бодойбо бибилэтиэкэтигэр үлэлээбитэ. Олохтоохтор кинини «саха английскай королевата» диэн таптаан, ытыктаан ааттаабыттара. Үлэлээбит оҕо бибилэтиэкэтэ билигин кини аатын сүгэр. Бүөтүрдээх Биэрэ олохторун туһунан суруйааччы Куорсуннаах «Биэрэ Дабыыдап. Бүөтүр Оруоһун–Хайыкы: ахтыылар, ыстатыйалар, очеркалар, хоһооннор, кэпсээннэр» хомуурунньугар, «Аан талҕа» арамааныгар сырдаппыта. Куорсуннаах суруйааччы Сэмэн Тумат учуонай таайа Семен Андреевич Новгородов Вера Дмитриевнаны ыйыттарбытын уонна сөбүлэҥин ылбытын, ол кэмҥэ Вера кыыс уруккуттан таптыыр, ол эрээри хаан аймаҕа буолан чугасаһар кыаҕа суох таайа Бүөтүр тиийэн кэлбитигэр, эдэрдэр тугу да умнан холбоспуттарын туһунан ахтыытын арамааныгар киллэрбитин ааҕабыт. Ол кэннэ «арай…» диэн санаа үүйэ-хаайа тутар. Оо, арай саха омук дьолугар икки тыл үөрэхтээҕэ холбоспут буоллун?! Сэмэн Новгородов, дьахтар илиитигэр киирэн, үйэтэ уһуо эбитэ дуу… Биэрэ Дабыыдап төһөлөөҕү айыа-тутуо этэй?!
СЭНЭБИЛГЭ СЫЛДЬАР
ОҔО литературата
Варвара Потапова үбүлүөйдээх сыла этэ. Гуманитарнай үнүстүүт ньолбоҕор саалатыгар үөрүүлээх мунньахха литературовед учуонай тыл эппитэ. Варвара Потапованы саха дьахтар поэзиятын төрүттээччинэн, бастакы дьахтар поэтынан ааттаабыта ытыс хабыллар тыаһынан эҕэрдэлэммитэ. Аргыстаһан иһэн мин тоҕо инник диэтиҥ, Биэрэ Дабыыдабы ханна гынныҥ диэн ыйыппытым. Киһим соһуйан тохтуу биэрбитэ уонна: «Ээ, ол Биэрэ Дабыыдап оҕо хоһоонньута эҥин дии…» – диэн аанньа ахсарбаттык этэн кэбиспитэ. Оччолорго «Чуораанчык» оҕо сурунаалыгар үлэлии сылдьар, оҕоҕо суруйуу ыараханын эппинэн-хааммынан билэ сылдьар киһи мах бэрдэрбитим, олус хомойбутум. Онтум бүгүҥҥү күҥҥэ диэри хатыы курдук дууһабын ааларын тохтоппот. Оҕоҕо суруйууну сэнээһин, ахсарбат сыһыан бүгүн эрэ үөскээбит быһыы-майгы буолбатах.
Оҕо литературата – уус-уран айымньы бүттүүнүн өлүүскэтэ. Ол гынан баран кини бэйэтэ ураты туспалаах. Уус-уран айымньы оҕо сааһыттан, толкуйдуур өйүн кыаҕыттан, уйулҕатыттан, кыыһыттан-уолуттан тутулуктааҕын аан дойду үрдүнэн бэрт өр кэм устата болҕойуллубатаҕа. XIX үйэ уһулуччулаах кириитигэ В.Г. Белинскэй оҕо литературата диэн туспа араарарын саҕана, бэл диэтэр, сайдыылаах Дьобуруопа, Ааҕыл дойдуларыгар соннук туспа салаа үөскүү, сайда илигэ. Ол курдук ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа эмиэ оҕо литературата диэн анаан суоҕа. Оҕоҕо суруйуу аанньа ахсарыллыбат этэ, оннук суруйааччы сэнэбилгэ сылдьара. Виссарион Белинскэй кыһыйан-абаран суруйбута: «Общее мнение осудило детские книжки на ничтожество и презрение. Детские книжки, детский писатель – это все равно, что «пустые книжки», что „вздорный писатель» (…) Грубое заблуждение, жалкая ошибка!» [1, с. 42]. Онон суруйуу барыта улахан дьоҥҥо ананара. Ол туоһута – «Бөкчөгөркөөн соноҕосчоон». Петр Ершов суос-соҕотох аатын ааттатар айымньыта оҕоҕо суруйуу буоларын билбэккэ орто дойдуттан барбыта. Соннук А. Пушкин хоһоонунан остуоруйалара эмиэ улахан дьоҥҥо диэн бэчээттэммиттэрэ. Кэлин Ершов, Пушкин остуоруйалара оҕо классикатыгар киирбиттэрэ.
Оҕо кинигэтэ иитэр-үөрэтэр суолталааҕын бастакынан Виссарион Белинскэй бэлиэтээбитэ: «Детские книги пишутся для воспитания, а воспитание – великое дело: им решается участь человека» [1, с. 24].Виссарион Григорьевич оҕо суруйааччытыгар муҥутуур үрдүк ирдэбили туруорбута: «Да, много, много нужно условий для образования детского писателя: нужны душа благодатная, любящая (…), ум возвышенный, образованный, (…) и не только живое воображение, но и живая, поэтическая фантазия, способная представить всё в одушевленных, радужных образах. Разумеется, (…) глубокое знание потребностей, особенностей и оттенков детского возраста есть одно из важнейших условий» [1, с. 67]. Ситинэн оҕо суруйааччытын таһымын муҥутуурдук үрдэппитэ. Кириитик оҕоҕо анаммыт айымньыга алта уонтан тахса ыстатыйаны суруйбута. Кини ырытыыларыттан оҕо литературата диэн туспа жанр түөрүйэтэ үөскээбитэ. Белинскэй оҕо кинигэтигэр уонна суруйааччыларга маннык ирдэбиллэри туруорбута:
1. Аччыгый саастаахтарга суруйуу оҕо толкуйдуур өйүгэр буолбакка, иэнийиитигэр (чувство, эмоция) туһуланыахтаах. «Чувство предшествует знанию; кто не почувствовал истины, тот и не понял и не узнал ее. В детском возрасте чувство и рассудок в решительной противоположности» [1, с. 68]. Ол инниттэн кыраларга поэттар суруйуохтаахтар. Тоҕо диэтэххэ, хоһоон тутула муусукаҕа холоонноох. Урантык (ускуустуба) хайа да көрүҥүттэн муусука эрэ оҕо хас саастааҕыттан тутулуга суох дууһатын таарыйар [1, с. 65]. Белинскэй төрөппүттэргэ Пушкин «Кавказ хаайыылааҕа», «Руслан уонна Людмила», «Полтава» бэйиэмэлэриттэн ааҕалларыгар сүбэлиир. «Не заботьтесь о том, что дети мало тут поймут, но именно и старайтесь, чтобы они как можно менее понимали, но больше чувствовали. Пусть ухо их приучается к гармонии русского слова, сердца преисполняются чувством изящного; пусть и поэзия действует на них, как и музыка, – прямо через сердце, мимо головы, для которой еще настанет свое время, свой черед» [1, с. 66].
2. Кыра оҕо өйө дьиҥ түмүктэри күүппэт. Кини логикаҕа, дакаастабылга кыһаммат. Ол иһин оҕо суруйааччыта суохтан баары айан таһаарар дьоҕурдаах буолуохтаах. «В детстве фантазия есть преобладающая способность и сила души, главный ее деятель и первый посредник между духом ребенка и вне его находящимся миром действительности. (…) ему нужны образы, краски и звуки. Дитя не любит отвлеченных идей: ему нужны историйки, повести, сказки, рассказы. (…) Такие писатели, подобно поэтам, родятся, а не делаются…» [1, с. 73].
3. Белинскэй суруйааччы тылын-өһүн күүскэ болҕойуута – оҕо кинигэтигэр биир тутаах ирдэбилэ этэ. Төрөөбүт тылларын билбэт, халы-мааргы тыллаах-өстөөх суруксуттары сиэн түһэрэрэ: «А каков перевод этой книжки – извольте полюбоваться: (…). Какой длинный период, что за роскошь в причастиях, действительных и страдательных!.. Бедные дети! (…) г. Бурьянов еще убивает в вас и всякую возможность говорить и писать по-человечески на своем родном языке!..» [1, с. 33].
4. Кириитик төрөөбүт тыл сүмэтин норуот айымньытыгар көрөрө, оҕо айымньыта фольклор тылынан-өһүнэн сурулларын ирдиирэ. «Очень полезно, и даже необходимо, знакомить детей с русскими народными песнями. Народность обыкновенно выпускается у нас из плана воспитания: часто не только юноши, но и дети (…) умеют пересказать десяток анекдотов о Генрихе IV, о Людовике XIV, а между тем не имеют и понятия о сокровищах своей народной поэзии, о русской литературе и разве от дядек и мамок узнают, что был на Руси великий царь – Петр I» [1, с. 67]. Белинскэй бары поэттартан уобарастаан уонна норуот тылынан судургутук рифмалаан суруйар хоһоонньуттары өрө тутара. «Из сочинений, писанных для всех возрастов, давайте им „Басни“ Крылова, в которых даже практические, житейские мысли облечены в такие пленительные поэтические образы, и все так резко запечатлено печатню русского ума и русского духа. (…) давайте им некоторые из народных сказок Пушкина, как, например, „О рыбаке и рыбке“, которая, при высокой поэзии, отличается, по причине своей бесконечной народности, доступностью для всех возрастов и сословий и заключает в себе нравственную идею» [1, с. 66].
5. Кириитик туохтааҕар да абааһы көрөрө – оҕону үрдэ суох такайыы, үчүгэйи-куһаҕаны чуо наардаан ыйыы. Ону оҕо бэйэтэ, айымньыны ааҕан баран, иэнийэн билиэхтээх: «(…) детские книжки должны передавать своим маленьким читателям не в истертых сентенциях, не в холодных нравоучениях, не в сухих рассказах, а в повествованиях и картинах, полных жизни и движения, проникнутых одушевлением, согретых теплотою чувства, написанных языком легким, свободным, игривым, цветущим в самой простоте своей» [1, с. 71].
6. Оҕоҕо суруйуу улахан дьоҥҥо анаммыт айымньыны кытта тэҥҥэ турар. Олоҕу киэргэппэккэ, хайдах баарынан суруйар ордук: «(…) действительная жизнь во всей ее наготе, с ее радостями и бедствиями, богатством и нищетою, успехами и страданиями» [1, с. 187]. Оҕоҕо классиканы эрэ буолбакка, олоххо бэлэмниир бэйэтин кэмин литературатын аахтарар ордук. Онон оҕо айымньыта улахан дьоҥҥо анаан суруллубуттан уратыта суох буолуохтаах. «(…) хорошо и полезно только то сочинение для детей, которое может занимать взрослых людей и нравиться им не как детское сочинение, а как литературное произведение, писанное для всех» [1, с.172].
7. Оҕо кинигэтэ улахан дьон киэниттэн уратыта – ис-тас көрүҥэ тупсаҕай уонна хайаатар да ойуулаах буолуохтаах. «Посмотрите, как жадны дети к картинкам! Они готовы прочесть самый сухой и скучный текст, лишь бы только он объяснил им содержание картинки. И потому картинки все более и более делаются пособием при воспитании и учении» [1, с.174].
Төһө да Виссарион Белинскэй оҕо уус-уран айымньытын таһымын өрө тарда сатаабытын иннигэр, ыраахтааҕылаах Арассыыйаҕа дьиҥ оҕоҕо анаммыт литература сайдыбатаҕа. Ол төрүөтүнэн Белинскэй оҕоҕо суруйууну норуот айымньытыгар тэҥнээбитэ буолар. Оттон оччолорго төрөөбүт тыл түҥкэтэх, үөрэҕэ суох араҥа күннээҕитин эрэ быһаарсар саҥатынан ааҕыллара. Сэбиэскэй былаас саҥа үйэ суруйааччыларыгар үүнэр көлүөнэни аахтаран иитиигэ улахан соруктары туруорбута. Сэбиэскэй кэмҥэ оҕо литературатын түөрүйэтигэр күүскэ үлэлэспит соҕотох кэриэтэ суруйааччынан Корней Чуковскай буолбута. Кини Виссарион Белинскэйтэн уратыта диэн аҥаардас түөрүйэһит буолбакка, дьиҥ оҕоҕо анаан суруйбут поэт этэ. Онон нуучча чулуу кириитигин түөрүйэтин дьиҥ дьайыытынан дакаастаабыта. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар оҕо суруйуутун истиилэ норуот айымньытыгар чугас буоларын билиммэтэхтэрэ. Корней Чуковскай хоһоонунан остуоруйаларын уоттаах кириитикэҕэ тарпыттара. Ол үрдүнэн Корней Иванович бастаан бэйэтин сиэнин, онтон сайылык дьиэтин аттынааҕы, салгыы уһуйааннарга сылдьар оҕо аймах уйулҕатын анаан үөрэппитэ. 40-ча сыл усталаах-туоратыгар кэтээн көрүү түмүгэр суруйааччы аатырбыт «Иккититтэн биэһигэр диэри» диэн билим хабааннаах үлэтин суруйбута. Аан бастаан 1928 сыллаахха бэчээттэммит кинигэтин элбэхтик уларыппыта, бүтэһиктээх 21-с көннөрүүтэ суруйааччы өлбүтүн кэннэ 1970 сыллаахха бэчээттэммитэ. «Иккититтэн биэһигэр диэри» үлэ «Поэттарга кэс тыл» диэн баһыгар оҕо суруйааччыта 13 ыйыыны-кэрдиини оҥорбута. Хас биирдии кэс тылыгар кириитик Белинскэй түөрүйэтин барытын кэриэтэ бигэргэппитэ.
Саха литературатыгар дьиҥ оҕо суруйааччыта диэн тарбахха баттыыр аҕыйах поэты, суруйааччыны ааттыыбыт – Анна Неустроеваны, Көстөкүүн Туйаарыскайы, Туутугу, Баһылай Тарбыыкыны, Сэмэн Туматы. Ол бастакытынан, оҕоҕо суруйуу улахан дьоҥҥо айардааҕар күтүр уустугун уонна сорохторго кыаттарбат суол буоларын туоһулуур. Онон кириитик Виссарион Белинскэй «…должно родиться, а не сделаться детским писателем. Тут требуется не лишь талант, но и своего рода гений» [1, с.67] диэн суруйбута оруннаах. Иккис курдук, оҕоҕо айыы суруйааччы «таарыччы» дьарыгар кубулуйбутуттан тахсар суол. Ааспыт үйэҕэ саха поэттара, суруйааччылара бары кэриэтэ оҕоҕо анаан айбыттара, тылбаастаабыттара. Ол эрээри, ити айар үлэлэрин быстах көстүүтэ этэ. Филология билимин хандьыдаата А.Е. Захарова «Якутская детская литература (1923–1980 гг.)» диэн библиография ыйынньыгар, «дьиҥ» уонна «таарыччы» диэн араарбакка туран, 72 суруйааччы оҕоҕо анаабыт кинигэтин, айымньытын эридьиэстиир [3, с. 75]. Олор истэригэр Биэрэ Дабыыдап аччыгый саастаахтарга айбыт 35 хоһоонун киллэрэр. Агафья Еремеевна – субу кэмҥэ сахалыы оҕо литературатын чинчийбит соҕотох учуонай. Кини иннинэ тахсыбыт үлэнэн 1956 сыллаахха бэчээттэммит М.Л. Ямпольская, Н.Е. Петров «Краткий очерк якутской детской литературы» диэн үлэлэрэ буолар. Манан да сылыктаатахха, оҕо уус-уран айымньытыгар болҕомто ситэ ууруллубата, саха тыллаах оҕо суруйааччыта уопсастыбаҕа ылар таһыма Белинскэй кэминээҕиттэн өнүйэ илигэ көстөр. Ол биир туоһутунан Биэрэ Дабыыдап саха уус-уран литературатыгар киллэрбит кылаата сыаналана илигэ, киниэхэ, оҕо суруйааччыта диэн ахсарбакка, саха бастакы дьахтар поэта диэн дьиҥ сыанабыл бэриллэ илигэ буолар.
НОРУОТТАН ҮҮММҮТ
ХОҺООННЬУТ
Биэрэ Дабыыдап бастакы хоһоонноро саҥа тутулу уруйдуурга анаммыттара. Дьахтар аймаҕы, эдэр ыччаты үөрэххэ-сайдыыга дьулуһарга ыҥырбыт хоһоонноро норуот тылынан айымньытын уус-уран ньыматыгар олоҕурар:
Үүнэн иһэр үөлээннээх,
Үтүө олоҕу үөскэтэр,
Үрдүк үөрэх төлкөтүгэр
Үөрэниэххэ диэхэйдээн
Үгүс үчүгэй тылынан
Үөгүлээхтии турабын.
(Ыҥырыы)
Сайаҕас майгылаах,
Саймаархай санаалаах
Саха дьахталлара,
Санааҕытыҥ холбооҥ!
Саҥа олоҕу салайсыҥ!
(Саха дьахтарыгар)
Көстөрүн курдук, бу икки хоһооҥҥо туруору наардааһын (аллитерация) сатабыллаахтык туттуллар. Оттон сытыары наардааһын (ассонанс) саха тылын уратытыгар – илин-кэлин дорҕоон дьүөрэлэһиитигэр олоҕурар. Ол курдук, «Саха дьахтарыгар» хоһоон аҥаардас кэлин аһаҕас дорҕоонноох тыллартан турар.
Биэрэ Дабыыдап учууталлыаҕыттан, ордук букубаар оҥоруутугар ылсыһыаҕыттан, аҥаардас кыра саастаах оҕолорго эрэ анаан ырыа-хоһоон суруйар буолбута уонна маныаха дьиҥ айар талаана арыллыбыта. Онон саха дьахтар поэзията оҕо хоһоонуттан саҕаламмыта ураты бэлиэ дьаралыкпыт – саҥа киһини орто дойдуга аҕалар ыйаахтаах ийэ киһи айылгытынан оҕо кутугар чугас. Хас омукка биһик ырыата баара ону кэрэһилиир. Бу түһүмэх сүрүн ыйытыга – Биэрэ Дабыыдап чахчы оҕо хоһоонньута дуо? Ону сыаналыыр инниттэн кини айымньыта Корней Чуковскай кэс тылыгар төһө сөп түбэһэрин тэҥнээн көрөбүт. Оттон суруйааччы хас кэс тыла Белинскэй түөрүйэтин дьайыынан бигэргэтэр диэн үөһэ суруйбуппут.
Биэрэ Дабыыдап оҕоҕо анаабыт бастакы айымньылара норуот уус-уран айымньытыгар олоҕурбута нуучча улуу кириитигэ Виссарион Белинскэй төрөөбүт тыл сүмэтин норуот айымньытыгар көрөн, оҕо айымньыта фольклор тылынан-өһүнэн сурулларын ирдээбитигэр сөп түбэһэр. Виссарион Белинскэй кэнниттэн Корней Чуковскай оҕо суруйааччытын бастакы учууталынан норуот уус-уран айымньытын ааттыыр: «Могущество народной традиции мне пришлось испытать и на собственном опыте. (…) после многих неудач и шатаний я пришел к убеждению, что единственным компасом на этом пути для всех писателей – и сильных и слабых – является народная поэзия» [7, с. 631]. Сахалыы оҕо литературатын чинчийбит А.Е. Захарова Биэрэ Дабыыдап айымньытын дириҥник хорутан ырыппатар да, кини ураты айар буочара төрөөбүт норуотун тылынан уус-уран уонна саха бастакы поэта Өксөкүлээх Өлөксөй айымньытын сабыдыалларынан сайдыбыта диэн суруйар [4, с. 30]. Чинчийээччи Биэрэ Дабыыдап үгүс хоһооно чабырҕах киэптээҕин бэлиэтиир: «Как один из своеобразных и развитых видов народной поэзии, чабыргах оказал определенное влияние на якутскую детскую поэзию. Считалки создавались и создаются поэтами А.И. Софроновым, В.Д. Давыдовой, (…) преимущественно для детей младшего возраста» [4, с. 11]. Чабырҕах эҥин көрүҥэ элбэҕин (лабыгыраччы биир тыынынан ааҕыллар, ылланар, хамсаныылаах, сирэйинэн эбэтэр кубулдьутан этиллэр, хаадьы, күлүү-оонньуу, сатира, о.д.а.) Д.К. Сивцев–Суорун Омоллоон «Саха фольклора» хомуурунньугар суруйбута [6, с. 267–268]. Итинэн сирдэттэххэ, Биэрэ Дабыыдап «Кэҕэ», «Ат ырыата» хоһооннорун биир тыынынан этиллэр чабырҕахха киллэриэххэ сөп. Норуот ырыатыгар-хоһоонугар кэҕэ кыылы, сылгыны ойуулаан-дьүһүннээн хоһуйуу элбэх. Хоһоонньут үгэс буолбут халыыптан туораабат эрээри, оҕо сааһыгар сөп түбэһиннэрэн субурҕатын уонна кээмэйин тэттик гынар. Холобур, / Кэдэгэр систээх, / Кэкэҕэр быһыылаах, / Кэҕэлиирэ кыылым / Кэҥкил силик тыам / Кэрискэ маһыгар олорон / Кэрэ чуор куолаһынан / Кэрэ бэлиэтик кэпсээтэ («Кэҕэ»). Бэйиэккэ ордук хаадьы, күлүү-элэк чабырҕах элбэх: «Ким манныгый?», «Ким тэтэрээтэй?», «Дьарааска кинигэҕэ наадыйар дуо?», «Уулаах уолга», «Мэник», «Сүрэҕэ суох».
Оттон «Ырыа» айымньы, аатын курдук, ылланар чабырҕах буолар. «Сахалыы уус-уран тыл үрдүк өһүөтэ — дорҕоон дьүөрэлэһиитэ, онтон тахсар кэккэлэтэн этии (синтаксическай параллелизм), тылы ханыылаан туттуу, хатыланар олохтоох тыл арааһа барыта Ойуунускай айымньытын тирэнэн турар тирэҕэ буолар» диэн суруйар бырапыассар Т.И. Петрова [7, с. 5]. Бу бэлиэтээһин хайа да өттүнэн Биэрэ Дабыыдап хоһоонноругар эмиэ сыһыаннаах. Алампа уһуйааныгар уһаарыллыбыт уонна норуот айымньытыттан тэйэ илик кэм поэта буолан, Биэрэ Дабыыдап хоһооно туруору наарданыылаах (анафорическая аллитерация), усталыы дьүөрэлээх (ассонанс, сытыары аллитерация). Биэрэ Дабыыдап саха тылын уратытын – илин, кэлин аһаҕас дорҕоон дьүөрэлэһиитин саталлаахтык туттан, ат олугун курдук лабырҕаччы ааҕыллар ырыа-хоһооннору айар. Холобур, «Ырыа» чабырҕах:
Иккиэхэйбит диэмэҥ, 4+2; илин аһаҕас дорҕоон
Эгэлгэтэ тэрийиҥ. 4+3; илин аһаҕас
Үһүөйэхпит диэмэҥ, 4+2; илин аһаҕас
Үөрэ-көтө үөрэниҥ. 4+3; илин аһаҕас
Төрдүөйэхпит диэмэҥ, 4+2; илин аһаҕас
Төлкөлөөҕү төрүттээҥ, 4+3; илин аһаҕас
Бэһиэйэхпит диэмэҥ, 4+2; илин аһаҕас
Бэһиэлэйдэ мэччитиҥ. 4+3; илин аһаҕас
Маныаха поэт саха уус-уран айымньытын биир уратытын – хатылааһыны туттар: «диэ» туохтуур буолбат халыыбын. Ырыа-чабырҕах иннинэн уонна кэннинэн дьүөрэлэһэр. Иннинэн – туруору наарданыынан, кэннинэн – туора-маара рифманан. Иннинэн рифма иккилии устуруоканан аҥаардас саҕаланар буукубанан эрэ буолбакка, бүтүн тыл дорҕоонунан дьүөрэлэһэринэн уратылаах: «төрдүөйэх – төлкөлөөх», «бэһиэйэх – бэһиэлэй». Хоһоон бүтүннүү илин аһаҕас дорҕоонунан сытыары аллитерациянан суруллубута – биир тыынынан ааҕылларыгар эбэтэр ылланарыгар тоҕоостоох буолан, оҕо сайда илик күөмэйигэр барсар. Сэбиэскэй кэмҥэ оҕо литературатын түөрүйэтигэр күүскэ үлэлэспит соҕотох кэриэтэ суруйааччы Корней Чуковскай кэтээн көрүүтүнэн, оҕо төһөнөн кыра да, күөмэйэ сайда илик буолан, кэккэлэспит бүтэй дорҕоону саҥарар кыаҕа суох. Ол иһин бүтэй дорҕоон икки ардыгар аһаҕас дорҕоону кыбытар албастаах. Кини оҕо бэйэтэ бэйэтигэр айар «хаһыытаанньыгын» (кричалки) «экикик» диэн ааттыыр. Онто ыллыырга табыгастаах [7, с. 637].
Вера Дмитриевна, бары өттүнэн дэгиттэр талааннаах буолан, оҕолорго анаан аан бастаан матыып айбыт киһинэн буолар. «Баҕа ырыата», «Ат ырыата», «Тураах ырыата», «Тэтиҥ ырыата», «Кыыс ырыата», «Ырыа» уостан түспэккэ ылланаллара. Оччолорго кини хоһоонноро «норуот ырыатынан» ааттаналлара. Ол биир өттүнэн оруннааҕа диэн, поэт сорох матыыба норуот матыыбыгар олоҕурбута буолар. Холобур, «Баҕа ырыата» ырыа-хоһоон саха киэҥник тарҕаммыт үгэтигэр олоҕуран айыллыбыта саарбаҕа суох. Ол курдук «Саха төрүт остуоруйалара» («Якутские народные сказки») хомуурунньукка «Баҕа баһылык» («Киһиргэс баҕа») [8, с. 132–134] остуоруйаны чинчиһит учуонайдар ылланар айымньыга киллэрэннэр, түөрт араастык толорууну ырыталлар [8, с. 61–76], ойдуолара (нуоталара) уонна толоруута (диискэҕэ) бэриллэр.
БИЭРЭ ДАБЫЫДАП УРАТЫ
СУОЛА-ИИҺЭ
Ол эрээри Биэрэ Дабыыдап фольклору аҥаардастыы сүһэн ылбат. Кини саха уус-уран саҥатыгар баары сөпкө туһанан, айымньытын бэлиэ уратытыгар кубулутар. Ол курдук, саха тылыгар күүскэ сайдыбыт тыаһы үтүктэр тыллары сатабыллаахтык туттар. Тыас-уус поэт хоһоонугар хас да соругу толорор:
1. Хоһоон саҕаланыытыгар дьоруой саҥатынан айымньы майгыта, жанра бэриллэр.
Бах, бах баҕа буоламмын,
Күтэр эрэйдээҕи
Үрдүк арҕаһыгар үҥкүүлээммин,
Үкэр от үҥүүлэнэммин,
Манчаары от батастанаммын,
Баран иһээхтиибин, оҕолоор!
Аллан, Амма — мин дойдум,
Суола, Таатта — мин дойдум.
«Бах, бах» диэн баҕа саҥатыттан саҕаланар «Баҕа ырыата» хоһооҥҥо туох аатыттан кэпсэнэрэ тута биллэр. Толорооччу баҕаны үтүктэн баҕырҕаан, айаҕын киэҥник атан ааҕара (ыллыыра) өйдөнөр. Оччотооҕу оҕо үгэ ис хоһоонун бэркэ билэрэ: баҕа бэрдимсигин, киһиргэһин, олох сотору өс киирбэх күтэр кинини өрө мөҕөн бадарааҥҥа таралытан баран куотарын, ол иһин баҕа иһэ, күҥҥэ сиэтэн, кыһыл эбирдэммитин.
2. Дьоруойу ойуулаабыт кэннэ, түмүктүүр устуруока быһыытынан, хоһоону бүттүүнүн хомуйа тутар албас.
Обугуруур уоһум,
Кэчигириир тииһим,
Чөрбөйөрө кулгааҕым,
Алайара хараҕым,
Дьогдьойоро саалым,
Нэлэм былас сиэлим,
Түөрт түөрэҥ туйаҕым,
Ньалака көмүс түүм,
Оҥочо куйаар кутуругум,
Анньаһа, анньаһа, анньаһа!…
«Ат ырыата» чабырҕах тоҕус устуруоката барыта бүтэй дорҕоонунан бүтэрэ (уоһум, тииһим, кулгааҕым, хараҕым, саалым, сиэлим, туйаҕым, түүм, кутуругум) оҕону түргэнник саҥардарга көҕүлүүр. Ити чабырҕах ааҕыллар ураты интонацията. Кэннигэр ат саҥата эрэ «Анньаһа, анньаһа, анньаһа!…» аһаҕас дорҕоонунан бэриллэр. Онон ааҕар оҕо бу устуруоканы бүтүн күүһүнэн этэрин ситиһэр уонна дьырылаччы кистээн үрдүк ойдуоҕа (нуотаҕа) көхтөөхтүк бүтэттэрэр. Бу чабырҕах хас устуруоката хамсаныылаах буолара сэрэйиллэр.
«Кэҕэ» чабырҕах-хоһоон бүтүүтүгэр «Кук-куук!» баара иһиллэргэ дылы. Ол эрээри, оччолорго саха киһитэ кэҕэ саҥатын үтүктэри аньыыргыыра. Онон поэт оҕону куккууктаппата өйдөнөр. (Кэҕэ саҥатын үтүктүүнү хоһооҥҥо Күннүк Уурастыырап киллэрбитэ).
3. Оҕо тылын сайыннарар ньыма.
Хотун: Даах-дуух,
Дарлии-дурлии!
Түөрт харахтаах
Толбонноох сымыыппын
Тоҕо түһэрэн кээспит.
Тойон: Даах-дуух,
Дарлии-дурлии!
Барытын дуо,
Барытын дуо?
Хотун: Даах-дуух,
Дарлии-дурлии!
Ордоруо дуо,
Ордоруо дуо…
Тойон: Даах-дуух,
Дарлии-дурлии!
Тур, барыах,
Тур, барыах!
«Тураах ырыата» хоһооҥҥо строфалар «Даах-дуух, Дарлии-дурлии!» диэн рефрентэн саҕаланаллар. Маныаха «даах-дуух» – саха тураах саҥатын үгэс буолбут үтүктүүтэ. Холобур, нууччаҕа – «кар-кар». Саха баҕаны «бах-бах» дэтэр, нуучча – «ква-ква». Оттон тураах саҥатын иккис өлүүскэтэ – Биэрэ Дабыыдап норуот саҥарар үөрүйэҕэр саҥаны киллэриитэ буолар. «Дарлии-дурлии» оччотооҕу оҕо саҥарарыгар уустук дорҕоонноох. Биир курдук, илин-кэлин дорҕоон дьүөрэлэһиитин кэһиинэн. Иккис курдук, кэккэлэспэт бүтэй дорҕооттору сэргэстэһиннэриинэн. Биэрэ Дабыыдап бу ньыманан, бастатан, «р» дорҕоону саҥарарга эрчийэр, иккиһинэн, оҕо күөмэйин тастан киирии тылы таба саҥарарга бэлэмниир. Үһүс курдук, өйүн туппут оҕо тылы айан эбэтэр соруйан уларытан саҥарар үгэстээҕин таба туһанар. Аан дойду оҕото барыта биир кэмҥэ оннук адьынаттанарын Чуковскай бэлиэтээбитэ [7, с. 644–649] уонна бу ньыманы бэйэтин айымньытыгар саталлаахтык туттубута. Маны таһынан бу ырыа уратыта – ис хоһоонугар. Ийэ тураах эрэйдээх сымыытыттан маппыт. Бу алдьархай Белинскэй оҕо суруйааччытыгар туруорбут 6-с (үөһэ суруллубуту көр) ирдэбилигэр сөп түбэһэр: оҕо үчүгэйи-куһаҕаны кыра эрдэҕиттэн иэнийии нөҥүө билиэхтээх, ол кини кэнэҕэс аһыныгас санаалаах буоларыгар олук буолар. Агния Барто элбэх төрөппүттэн суоһурҕаммыт суруктары тутара, хоһоонноро аһара «кырыктааҕын» иһин: «оторвали мишке лапку», «четырехлетняя Олечка заплакала, узнав, что зайку бросила хозяйка». Оттон хоһоонньут оҕо ыраас дууһата ыллыырын да, ытыырын да тэҥинэн сатыыр, олох өрүү үөрүүттэн турбат, онон хомолтону тумнан оҕоҕо үтүөнү оҥорбоккун, төттөрүтүн, майгытын алдьатаҕыҥ эрэ диэн хардарара (Агния Барто: «Детей нужно не поучать, а изучать»).
4. Биэрэ Дабыыдап хоһоонугар тыаһы-ууһу үтүктүү айымньы ис хоһоонун тутулун тутар тоһоҕолуур тылынан буолар.
Чалбах таҕыста,
Чалым-чулум уһунна –
Эккирэтиһии элбээтэ,
Этэрбэс элэйдэ.
«Чалбах» диэн катрен тыына – чалым-чулум тыаһы үтүктэр тыл. Кини тута саас кэлбитин, хаар ирбитин биэрэр, «иһитиннэрэр». «Чалым-чулум» тыаһы үтүктэр тыл хоһоону ураты интонациялыыр.
Чуковскай, Белинскэй «Книги эти непременно должны быть с картинками, ибо «наглядность» должна быть основанием детского развития» [7, с. 166] диэн көрүүтүн сайыннаран, поэт хас устуруоката уобарастаах, оҕо хараҕар ойууланар буолуохтаах диир [7, с. 633]. Биэрэ Дабыыдап, ыраахтааҕылаах Арассыыйа саҕана үөрэҕин саҕалаабыт киһи, кириитик Виссарион Белинскэй үлэлэрин аахпыт, ону ааһан бэйэтэ суруйарыгар туһаммыт буолуон сөп диэн түмүккэ кэллим. Ону педагог букубаар, ааҕар кинигэ оҥороругар хас хоһоон, тэттик кэпсээн ахсын бэйэтэ ойуулаабытыгар көстөр. Суруйааччы Корней Чуковскай оҕо ойуунан толкуйдуур дьоҕурун хамсааһынынан көрдөрүллүөхтээх диир: «(…) маленького ребенка по-настоящему волнует в литературе лишь действие, лишь быстрое чередование событий. А если так, то побольше глаголов и возможно меньше прилагательных!» [7, с. 641]. Биэрэ Дабыыдап 22 устуруокалаах биир эрэ туһааннаах «Куоска» диэн хоһооно 15 туохтуурунан, 3 сыһыат туохтуурунан түмүктэнэр.
Куоска обургу
Киһиттэн урут уһугунна.
Кутуругун хороччу тутунна,
Уоһун-тииһин оҥоһунна.
Түүтүн-өҥүн саланна,
Төттөрү-таары сырытта.
Тыаһы-ууһу иһиллээтэ,
Оһох кэннин одуулаата.
Оргууй аҕай үктэннэ,
Орон аннын кэтэстэ.
Ойон тиийэ оҕуста.
Кэрчиккэ 10 ойуу оҥоһуллуон сөп. Биэрэ Дабыыдап хоһоонноро уобараһынан күүстээхтэрин Агафья Захарова маннык бэлиэтиир: «(…) но как педагог она в то же время прекрасно чувствует детскую аудиторию и создает близкие детям живые образы. Таковы ее стихи «Кошка», «Кукушка», детские песенки «Песенка осины», «Песня лягушки», «Песня лошади» и др.» [4, с. 30].
«Куоска» хоһоон «Куоска обургу» диэн устуруокаттан саҕаланар. Манна «обургу» даҕааһын куоскаҕа тута сыана биэрэр хос дэгэттэнэр (коннотация). «Олох кыра буолбатах, син улахан» диэн бастааҥҥы суолтатыгар (детонат) куоска майгыта көстөр дьүһүнүгэр барсыбат албынын оччо сөбүлээбэт эрээри, эмиэ да сөҕө-махтайа этиллэр дэгэттэнэр. «Обургу» дэгэт биир курдук харса-хабыра суох хардааччыны көрдөрөр. Холобур, олоҥхоҕо «Ньургун Боотур обургу» дэнэр. Иккис курдук, искэ киллэрбэт буолуу дэгэттээх. Куоска майгытын / Оргууй аҕай үктэннэ, / Ойон тиийэ оҕуста / устуруокалар арыйаллар. Манна ааҕааччы куолаһа уларыйар: бастаан унаарыйар, бытаарар, саҥа намырыыр, онтон тэтимнэнэр, куолас күүһүрэр, улаатар. Тэҥ сүһүөхтээх эрээри, бастакы кэрчик «оргууй» диэн уһатыылаах дорҕоонтон саҕаланар, итиэннэ ис хоһоонунан эмиэ бытаан буолан, холку интонацияны биэрэр. Салгыы поэт куосканы тыаһы үтүктэр дорҕоон этигэн күүһүнэн ойуулуур:
Титир-татыр тутунна,
Тилигир-халыгыр хамнанна,
Тииһин тыаһа тиниктээтэ,
Уҥуох тыаһа кучугураата.
«Титир-татыр, тилигир-халыгыр» даҕааһыннар хоһооҥҥо туспа тэтими, интонацияны биэрэллэр, куоска хамсаныыта биир кэм буолбатаҕын, түргэнник уларыйарын көрдөрөллөр итиэннэ тыҥырахтааҕын эмиэ тиэрдэллэр.
Оронун анныттан
Уоһун-тииһин оҥостон
Кыччыгыйга даҕаны
Кыһамматах курдук,
Кыйбыйан тахсан,
Сыҥаһа аттыгар сытта.
Бу түмүктүүр строфаҕа уобараһы тута сылдьар тылларынан «кыччыгыйга даҕаны» устуруока уонна ойуулуур-дьүһүннүүр «кыйбыйан» сыһыат туохтуур буолаллар. «Кыччыгый» – «кыра» диэн даҕааһыны эбии дэгэттиир, «кыраттан кыра» диэн суолталыыр. Манна кини «туох ааттаахха да» диэн хос суолталанан, коннотация буолар уонна куоска топпутун, астыммытын, нус-хас турукка киирбитин көрдөрөр. «Кыйбыйан» диэн тылы быһаарыыга куоска оргууй үөмэн хамсаныыта, синньигэс быһыылааҕа (хапсыгыр самыылааҕа), ону таһынан «үөннээх», дьиҥ майгытын кистиир адьынаттааҕа кытта бэриллэр.
Түмүктээн эттэххэ, Биэрэ Дабыыдап Надежда Крупскаяны көрсөн сүбэ-ама ылбыт үрдүк таһымнаах педагог, Саха сиригэр оҕо литературатын норуот тылынан уус-уран айымньытыгар олоҕуран, нуучча литературатыттан сэдиптээн сайыннарбыт, кириитик Виссарион Белинскэй оҕо суруйааччытын иннигэр туруорбут ирдэбиллэригэр толору хардарсар оҕо хоһоонньута, бастакы мелодист буолар. Биэрэ Дабыыдап саха бастакы поэт дьахтарын быһыытынан бэйэтин сөптөөх миэстэтин булуох кэриҥнээх.
Туһаныллыбыт литература:
1. Белинский В.Г. О детской литературе и детском чтении. М., 2023. – 198 с.
2. Биэрэ Дабыыдап. Бүөтүр Оруоһун-Хайыкы: ахтыылар, ыстатыйалар, очеркалар, хоһооннор, кэпсээннэр. Я., 2011. – 183 с.
3. Захарова А.Е. Якутская детская литература (1923–1980 гг.): библиографическое пособие. Я., 1981. – 148 с.
4. Захарова А.Е. Якутская детская литература: учебное пособие. Я., 1981. – 52 с.
5. Петрова Т.И. П.А. Ойуунускай хоһоонун нууччалыы тылбааһа. // Нууччалыы-сахалыы тылбаас. Сахалыы-нууччалыы тылбаас: научнай үлэ хомуурунньуга. Вып. 1. Я., 2004. – 64 с.
6. Саха фольклора. Хомуурунньук. Д.К. Сивцев оҥордо. (Якутский фольклор. Сборник.) Я., 1970. – 336 с.
7. Чуковский К.И. Стихи и сказки. От двух до пяти. – М.: Планета детства, 1999. – 704 с.
8. Якутские народные сказки. Новосибирск: Наука, 2008. – 462 с.; ил.+компакт-диск. – (Памятники фольклора народов Сибири и Дальнего Востока; Т. 27).
Умсуура
Чолбон. – 2024. – № 6