(Эсселэр)
Аҕам киинэҕэ дебюта
Саҕастыырга олордохпутуна, арааһа, 1954 сыл эргин эбитэ дуу, аҕам олоҕун биир түгэнин кэпсээбитэ өйбүттэн-санаабыттан өрүү арахсыбат уонна кини кэпсээнэ кырдьыгар эрэнэрим, хаһан эрэ ону көрүөм диэн кэтэһэрим күүһүрэн иһэргэ дылы… Хаһан эрэ ол кырдьык күөрэс гына түһүөн сөпкө дылы ээ… Хаһан эрэ!..
Ол түгэн маннык буолбут. 1940 сыл күһүнүгэр эмискэ ПО-2 сөмөлүөт тайааран кэлэн Саҕастыыр кырдалыгар даллас гына түспүт. Бөһүөлэк дьоно оҕолуун-уруулуун сөмөлүөтү көрө тоҕо сууллан тиийбиттэр. Икки эдэркээн нуучча лүөччүктэрэ тахсан кэлбиттэр уонна сэбиэт бэрэссэдээтэлэ кимин сураспыттар. Онуоха бэрэссэдээтэл Мотуор Баабылап баарын биллэрэн илиитин ууммут уонна лүөччүктэргэ утары хааман тиийбит, туох наадалаахтарын туоһуласпыт.
– Биһиги Сибиирдээҕи кинохроника студиятыттан сылдьабыт. Айылҕаҕа баар кэрэхсэбиллээх түгэннэри үйэтитэр туһуттан үчүгэй эпизодтары бу киинэ устар аппарааппытыгар уһулан студияҕа тиэрдэбит, олору аналлаах үлэһиттэр Сибиир олоҕун хроникатыгар киллэрэллэр, – диэбиттэр.
– Өйдөөтүм. Бу биһиги Саҕастыырбытыгар туох кэрэхсэбиллээх баарын бэлиэтии көрдүгүт? – диэн Мотуор Баабылап сис туттан туран ыйыппыт.
– Бу эһиги бөһүөлэккит элгээнигэр (Кусчут күөлүн этэллэр) биир саарбыт куба баар эбит. Бу кубаны эккирэтэр ууһут киһилээххит дуо? Биһиги ол эпизоду кинохроникаҕа устуох этибит, – диэн лүөччүктэртэн биирдэстэрэ ыйыппыт.
– Биһиги хоту дойду олохтоохторо буоллахпыт дии, ууну харбыы үөрэммэтэх дьоммут… Дьэ, доҕоор, муокас туруорсуулаах дьон буоллугут… Бээрэ… Дойду сириттэн төрүттээх киһилээхпит, Андрей Фомич Попов диэн, Уһун Өндөрөй. Кини чахчы ууһут киһи. Кинини көрдөһөн көрөрбүт дуу… Ылыстаҕына, кубаны да киһилээбэт киһи… – диэбит Мотуор Баабылап.
– Андрей Фомич, бааргын дуо? – лүөччүктэртэн биирдэстэрэ ыйыппыт.
– Баарбын… – диэбитинэн аҕам дьон ортотуттан өкөйөн тахсан кэлбит.
Нууччалыы үчүгэйдик билэр, кэпсэтэр киһилиин лүөччүктэр ирэ-хоро кэпсэппиттэр, тылларын ылыннаран үөрбүттэр-көппүттэр. Бөһүөлэктэн хойуук тыыны аҕалтарбыттар (тирэх маһы хаһан оҥороллоро), киһилэрин тэрийэр түбүккэ түспүттэр. Булка кэтэр саппыкытын, таҥаһын-сабын, икки уостаах доруоп саатын аҕалтарбыттар… Лүөччүктэр бэрт кичэллээхтик аҕам аатын-суолун, тугу үлэлиирин сыыска-буорга түһэрбэккэ блокноттарыгар бэлиэтэнэн ылбыттар.
Дьэ ол кэнниттэн Кусчут күөлүн элгээнигэр аҕам тыынан тылбаарда устан киирбит. Халампааһынан куба уста сылдьарын көрбүт, маҥнай утаа тыынан эккирэппит. Уойан саарбыт куба (ол аата кыайан көппөт буолбут кэмэ) бииргэм даллаахтыы-даллаахтыы элгээн устун устан дьулуруйан испит. Куба барахсан сылайа быһыытыйыытын саҕана аҕам, таҥаһын-сабын сыбыдахтанаат, тыытыттан көстүүлээх соҕустук туттан, элгээҥҥэ төбөтүнэн таҥнары хойуостан, күһүҥҥү тымныы ууга бар гына түспүт, үөрүйэх бэйэлээхтик харбаан унаарытан кубаны эккирэппит… Бу кэмҥэ лүөччүктэр сөмөлүөтүнэн үөһэнэн эргийэ сылдьан киинэ аппараакка түһэрбиттэр.
***
– Куба барахсан улахана бэрт буоллаҕа дии, хаас курдук тимирчи умсубат, ситэн ылбыппар барахсаным, «ситэри сиэ» диэбиттии, төбөтүн ууга угаахтаата… Көхсө субу көппөйө сытаахтыыр… Ону моонньун төрдүттэн харбаат, өрө тардан таһаардым уонна моонньуттан ылаат, лүөччүктэрбэр ууттан өндөтөн өрө уунан көрдөрдүм.
Лүөччүктэр эргийэ сылдьан, аппарааттарынан түһэрдилэр. Сотору кэминэн эрбэхтэрин өрө анньан, «чэ, сөп буолла! Баһыыба!» диэн бэлиэ биэрдилэр. Мин саарбыт кубабын ыытан кэбистим, онтум баара маҥнай утаа көппөйөн баран сытаахтаата, арааһа, тыыннаах хаалбытын итэҕэйбэтэ быһыылаах.
Көтөр көтөрө өттөҕө дии, сотору кэминэн тыын киллэринэн, кэрэчээн төбөтүн күөгэччи көтөҕөн уутун илгистэн, өрө даллаахтаан, модьу кынаттарынан сапсыммахтаата уонна Кусчут күөлүн үөһүн диэки устан дьулуруйа турда…
Ити түгэни лүөччүктэр – олус табыллыбыт эпизодунан аахпыттара. Эһиил баччаҕа кэтэһээр, кэлэн хайдах устубуппутун көрдөрүөхпүт, көһүтээр диэбиттэрэ… Ол кэмтэн элбэх кыстык хаара уулунна… Лүөччүктэр барахсаттар күн бүгүнүгэр диэри эргиллибэтилэр… Арааһа, сэриигэ ыҥырыллан, өлөөхтөөбүттэрэ буолуо. Дьоһуннаах нуучча уолаттара этилэр… Хайаан да кэлиэх буолбуттара… Кэлбэтилэр… – диэн аҕам олоҕун биир түгэнин кэпсээн түмүктээбитэ.
***
«Киһи эрэлэ тилэхтээн өлөр» диэн дириҥ ис хоһоонноох ытык өйдөбүл саха дьонугар баар… Ол нуучча уолаттара барахсаттар эрэннэрбиттэрин толоро сатаабыт буолуохтаахтар – Сибиирдээҕи кинохроника фондатыгар хайаан даҕаны ити Саҕастыырга Кусчут элгээнигэр устубут түгэннэрин туттарбыттара, судаарыстыба харыстабылыгар биэрбиттэрэ буолуо оҥоробун. Аҕа дойду Улуу сэриитигэр биир бастакынан ыҥырыллар эдэркээн лүөччүктэр итини өйдөөбөт буолуохтарын сатаммат…
Хаһан эрэ бу эдэркээн лүөччүк уолаттар көрдөһөн туран толорторбут эпизодтара күөрэс гына түһүөн сөп дии саныыбын, тоҕо диэтэххэ, бу документалист, түгэни уһун үйэлииргэ дьулуспут дьон этилэрэ буоллаҕа дии…
Ленинград дьоно
Аттара санаан көрдөхпүнэ, аҕам Андрей Фомич Попов Лаптевтар муораларынааҕы оҕо сааһым өйдөбүллэрин тус бэйэтин күннээҕи олоҕуттан кэпсээбит түгэннэринэн сүрдээҕин байыппыт-тайыппыт эбит.
Аҕам саха киһитигэр ааттыын даҕаны Уһун Өндөрөй диэн этэ. Дьүһүн-бодо, иҥиир даҕаны сөбүгэр бэриллибит буолан киһи хараҕар хатанара. Нууччалыы олус үчүгэйдик кэпсэтэрэ, суругу-бичиги даҕаны кыайа-хото тутара. Идэтинэн ахсаан учуутала этэ. 1917 сыллаахха Чурапчы Болтоҥотугар Куома Боппуок дьиэ кэргэнигэр лингвист Семен Андреевич Новгородов улахан эдьиийиттэн Анна Андреевна Поповаттан (Новгородоваттан) иккис оҕонон төрөөбүт киһи этэ. Аҕам биэстээҕэр ийэтэ өлөн хаалаахтыыр, кыһалҕатыгар Саха сиригэр Гражданскай сэрии туран, олох-дьаһах аймаммыта.
Балтынаан Мотреналыын (М.Ф. Попова кэлин өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх учуутала) тулаайах хааланнар эбэлэригэр Анна Николаевна Новгородоваҕа (Кривошапкина) – Аанчык эмээхсиҥҥэ иитиллэллэр. Кинилэри кытары Евдокия Иннокентьевна Коркина (кэлин тыл наукатын доктора) бииргэ иитиллибитэ, аҕабынаан эт саастыылара. Оччолорго кыра таайдара Андрей Андреевич Новгородов олус харааннаан бу тулаайах сиэннэрин 1929 сыллаахха диэри иитиспитэ. Аҕам уонна балта Мотрена (нуучча тылын учуутала этэ) нууччалыы үчүгэйдик билиилэрэ, арааһа, таайдарын Андрей Новгородовы кытары ситимнээҕэ буолуо. Андрей Новгородов реальнай училищены бүтэрбит, улуус быраабатыгар суруксуттаабыт, учууталлаабыт киһи этэ.
Ити курдук кылгастык билиһиннэрэн туран биир түгэни кэпсиим. Оччолорго, арааһа, аҕам Тумат нэһилиэгин исполкомун бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир кэмэ быһыылааҕа. Күннээх эрээри сөбүгэр сиккирэс тыаллаах күн этэ. Аҕам миигин сиэтэн иһэрэ. Эмискэ иннибитигэр нуучча дьахтардаах эр киһитэ баар буола түспүттэрэ. Сүрдээх өр кэпсэппиттэрэ. Ол дьон туох эрэ сүҥкэн кыһалҕаҕа ылларбыт, саппаҕырбыт, унньуйбут-санньыйбыт көрүҥнээхтэрэ. Ып-ыраас, үп-үрүҥ булуускалаахтара, хара дьүһүннээх тупсаҕайдык көстөр көстүүмнээхтэрэ, маанылара сүрдээҕэ. Ырбыт көрүҥнээхтэрэ, тыал хоту иэҕэҥниэх курдуктара. Сүрдээх өр тугу эрэ быһаарсыбыттара. Тугу эрэ эрэйэр, көмөлөһүннэрэр баҕалаахтар быһыылааҕа. Кэлин уһугар, наадаларын ситистилэр быһыылаах, хоннох-хоннохтон ылсыһан, сүр эйэлээхтик тугу эрэ кэпсэтиһэ-кэпсэтиһэ, кулууп дьиэ диэки бара турбуттара. Итиччэ мааны таҥастаах-саптаах дьон туох кыһалҕалаах буолуохтарын сөбүй дии санаабытым да, бу диэн оҕо өйүм хотон быһаарбатаҕа.
– Аҕаа, ити туох дьонуй, туохха наадыйбыттарый?
– Ити ыраах сиртэн кэлбит кэргэннии дьон… Ленинград куораттан кэлээхтээбиттэр. Үс сыл устата ньиэмэс сэриилэрин төгүрүктээһиннэригэр олороохтообуттар. Хата тыыннаах ордоохтообуттар… Бортунуойдар үһүлэр. Үлэ көрдөһөллөр… Ити дьону олохтуох тустаахпыт. Мин холкуос булууһуттан эт, хаас, балык биэрдэриэх буоллум. Аны хайа ыалга дьукаахтаһыннарары быһаарыам этэ… Эн дьиэлээ дуу… – диэбитэ уонна сэбиэт дьиэтин диэки нүксүлдьүйэ турбута.
Аҕам барахсан ол дьону олустук аһыммытын, кинилэр кытыан кыһалҕаларын ис сүрэҕиттэн ылыммытын кэлин биирдэ өйдөөбүтүм, оттон оччолорго мин оскуолаҕа киирэ илик кэмим этэ. Аҕам ол кыһалҕалаахтары аһыныан аһыммыт эбит, тоҕо диэтэххэ, таайын Семен Новгородов соҕотох оҕото Елена Семеновна уонна огдообото Мария Новгородова эмиэ ити дьон курдук хоргуйуу сорун, өлүү үлүгэрин көрүстэхтэрэ дии. Кинилэр эмиэ Ленинградка өстөөх өһүөннээх төгүрүктээһинигэр түбэһэн, артиллериянан ытыалааһын, сөмөлүөтүнэн буомбалааһын ортотугар үс сыл кэриҥэ олорон баран, 1943 сыллаахха Ладоганан туораан, Дьокуускайга кэлэн аймах-уруу дьоннорун өйөбүллэрин ылан, тыын киллэриммиттэрин санаан ылаахтаабыта эбитэ буолуо.
Онтон ыла Ленинград блокадатын ырыган дьоно кур бэйэлэрэ кубулуйбаккалар мин иннибэр билигин даҕаны турарга дылылар!.. Ленинград блокадатын ырыган дьоно!..
Ол барахсаттар Саҕастыырга төһө өр буолбуттарын билбэтим, тоҕо диэтэххэ, ол кэннэ кинилэри көрсүбэтэҕим… Быһа холоон эттэхпинэ, ол нуучча дьоно барахсаттар Ленинград өстөөх төгүрүктээһиниттэн босхоломмута уонча сыл буолбутун кэннэ биһиги Саҕастыырбытыгар кэлээхтээтэхтэрэ дии, аска-үөлгэ тиийбит кэмнэрэ этэ буоллаҕа. Ол эрээри кинилэр олус ырыганнара, мэктиэтигэр тыал хоту иэҕэҥнииргэ дылылара… Ленинград блокадатын сорун-муҥун тулуйбут дьон барахсаттар! Ленинград блокадатын ырыган дьоно!
сир күлүгэ
Куолубунан уу аҕалбыт сылбаҕын үрдүгэр тиэрэ түһэн сынньана сыппытым… Былыттары одуулаһабын… Бииртэн биир кэрэ, дьикти… Дьоҥҥо, хартыынаҕа баар таҥаралар мөссүөннэрэ оргууй устан ааһаллар – адьас киинэҕэ курдук… Ол эйгэ солбуйса-уларыйа турара, кэтэһиннэриилээҕэ баар ээ киһини тардара, кэрэхсэтэрэ… Бэл, биирдэ дьиҥ чахчы таҥара дьиэтин көрбүттээхпин…
Ол туһунан биир үтүө күн аҕабар кэпсээтим.
– Таҥара дьиэтин көрөрүҥ сөп буоллаҕа дии… Дьааҥы хайаларын тардыытыттан аҕалан, Сир Күлүгэ көбөн көрдөрдөҕө дии… Ол биллэр таҥара дьиэтэ… – диэбитэ аҕам уонна тоҕо эрэ өрө тыынан ылбыта, салгыы ол туһунан кэпсээбэтэҕэ…
Күн-дьыл элэстэнэн ааһан испитэ. Ити таҥара дьиэтин туһунан аҕабынаан кэпсэппитим сүүрбэ сыла ааспыт сайыныгар мин Саха судаарыстыбаннай университетын историяҕа-филологияҕа факультетын саха тылыгар салаатын бүтэрбитим.
Тугу үлэлээн-хамнаан, тулаайах бырааттарбын хайдах-туох өйүөх бэйэбиний диэн санааҕа баттата сырыттахпына, биир күн биллэр суруйааччы, П.А. Ойуунускай аатынан Литература музейын дириэктэрэ Василий Андреевич Протодьяконов–Кулантай ыҥыртаран, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Семен Петрович Данилов мэктиэлээһининэн, үлэҕэ ылар буолбутун иһитиннэрдэ. Ити курдук старшай научнай сотруднигынан үлэҕэ ылыллар буоллум. Тилэҕим сири билбэт буола үөрдүм.
Оччолорго бу музей аһыллан үлэлээбитэ үһүс сылыгар барбыт этэ, филиал быһыытынан Ем. Ярославскай аатынан кыраайы үөрэтэр музейга бас бэринэрэ диэн быһааран этиэх кэриҥнээхпин.
Арай туран, туох эрэ боппуруоһу быһаарса Ярославскай аатынан музейга тиийдим. Саалалары кэрийэ, көрө-истэ сылдьан хараҕым хаһааҥҥыта эрэ ханна эрэ көрбүт таҥарам дьиэтин хаартыската ыйанан турарыгар хатанна… Илэ-бааччы көрбүт таҥарам дьиэтэ!!!
Бу киһигит онно өйдөөтүм ээ, били өрдөөҕүтэ Лаптевтар муораларын хомотугар баар Кууба арыытыгар Сир Күлүгэ көбөн ити Таҥара дьиэтин көрдөрбүтүн… Оччолорго билиим-көрүүм кыараҕас буолан Дьааҥы уонна Абый оройуоннарын ыпсыыларыгар былыр өрдөөҕүтэ тутуллубут Зашиверскай куораттааҕы Таҥара дьиэтин дьиҥнээх историятын билбэт этим. Кэлин хасыһан ааҕан ол иэдээн туһунан билбитим.
Аҕам барахсан оччолорго Зашиверскай таҥаратын дьиэтэ дьоннуун-сэргэлиин эстибит дьулааннаах историятын сөпкө даҕаны кэпсээбэтэх эбит дии саныыбын. Оҕо саас тугу барытын уйаҕастык ылынар эйгэтин аймаабат, кини айылҕаттан айдарыылаах көҥүл сайдыытын кэспэт, мунчаардыбат чиҥ санааны ылыммыт олус сөптөөх суолу тутуспут эбит диэн махтана саныыбын ээ, билигин 80-с сааһыгар үктэммит оҕото!
Дойдум маанылаабыта…
1959 сыл, атырдьах ыйа. Аҕам Чурапчыга Болтоҥоҕо Тойоттор Тумулларыгар уҥуоҕа тутуллубутун истэн, ытыы-соҥуу, санааргыы сылдьар кэмим этэ. Кууба арыытыгар хаалбыт инилэрбин (Андрей, Александр Поповтары) уонна ийэбин катерынан таһаарбыттара. Саҕастыыртан чугас Кэрээбил диэн сиргэ күөх кырсаны иитэр «Калинин» холкуос пиэрмэтэ баара. Ийэбин онно кырса аһатааччынан үлэҕэ ылбыттара.
Арай биир сарсыарда дьиэҕэ соҕотох олордохпуна, Хаппыыста оҕонньор (Колодезников) көтөн түстэ… Аҕылаабыт-мэҥилээбит ахан, хараҕын муҥунан көрбүт.
– Тоойуом, Сэмэн, кытылга муорус (моржаны биһиги муорус диирбит) тахсан сытар… Бултуур киһи суох… Дьоммут бары балыктыы барбыттара… Эр киһи ырата буоллаҕыҥ, тоойуом, аҕаҥ саатынан ол кыылы бултаһан көрбөккүн дуо?.. – диэтэ.
Аҕам 1953 сыллаахха биир нуучча киһититтэн бэлэхтэппит оптика сыаллаах биэстэ эстэр бинтиэпкэтэ орон үрдүнээҕи эркиҥҥэ ыйанан турара. Мин иһиттим-истибэтим диэтим да, хап-сабар бинтиэпкэни сулбу таһыйан ыллым…
Сааны туппутунан таһырдьа ойдум, аҕыйах хардыынан өрүспүт боротуохатын үрдүк сыырыгар баар буоллум… Дьиэттэн тахсыам иннинэ биир обойманы, ол аата биэс алтан төбөлөөх буулдьалаах ботуруону саабар батары баттаабытым, инньэ гынан ытарга бэлэм этим.
Кырдьык, аарыма улахан муорус кыыл кытыл кумаҕар тахсан үллэн-баллан ахан сытар эбит ээ, доҕоор… Үрдүк кытылтан таҥнары сүүрэн киирэн ытарым дуу дии санаатым. Долгуйабын. Аҕылыыбын. Ол эрээри чугаһаан баран ытар санаа төбөбөр көтөн түстэ. Ньохчоруйан үрдүк кытылы ортолоон эрдэхпинэ, кыылым көрдө, айаҕын атан, саҥа таһааран хаҥынайда. Бэлэһэ кытаран, айаҕа дьаллайан көрүөххэ ынырыга, суоһа-суодала сүрдээх… Этим тарта, дьулайдым, аны утары үнүөхтээн кэлиэҕэ, кыыл аата кыыл буоллаҕа дии, оччоҕуна сатаан ытыам суоҕа дии санаатым. Бэлэһэ кытаран, дьулаана сүрдээх…
Мин үрдүк сыыр быарыгар тобуктаан олорон иккитэ ытан субуруттум, түөһүн үүтүн көрөн ыттым… Кыылым хаана ыһылла түстэ… Куһаҕан баҕайытык хардьыгынаата уонна кутуругун эрийэ бырахта да, ууга дьулуспутунан барда… Хаана тыга сылдьар… Ууга киирдэ… Харбаан бүгүллэҥнээтэҕин аайы тулатыгар уу хаанынан будулуйан олорор. Куотар буолла дии санаатым быһыылаах, бу сырыыга туран эрэ төбөтүн көрө-көрө үстэ ытан субуруттум…
Өрүспүт боротуохата дьоҕус кумах арыылаах этэ. Моруоһум бокуойа суох онно дьулуста. Мөлтөөбүтэ биллэр, тулатыгар уу кытаран көстөр… Кумахха тахсан сытынан кэбистэ, хамсаабат…
Сотору мотуоркалаах оҥочолоох дьон татыгыратан кэллилэр, илимнэрин көрбүттэр…
– Бу уол муорус тахсыбытын ытта. Арааһа, улаханнатта быһыылаах, ол кумахха тахсан сытар… Туохтааҥ… Саалаах киирэн, ытан көрөргүт дуу, итиччэ кэлэн биэрбит булду, мөлтөөбүт быһыылаах… – диэтэ Хаппыыста оҕонньор.
Биһиги дьоммут сиргэ-уокка бардаллар эрэ, сааларын бэйэлэриттэн араарбакка илдьэ сылдьааччылар. Онон тута мотуордарын собуоттаан оҥочолорун кумах арыы диэки салайа туттулар. Чугаһаан оҥочолорун дьаакырын быраҕан, кумахха тахсан күөйэрдии сэлэлии хааман тиийдилэр.
Муорус кыыл хамсаабата, дьон даҕаны ыппатылар… Сотору кэминэн аһыытыгар быаны эрийэ тардан баран моонньуттан оҕуурдаатылар уонна мотуордаах оҥочолоругар холбоон, кытылга состорон аҕаллылар.
– Бэрт бултуйуу буолла… Эбэбит уолчаанын маанылаата, бу аарыма кыылы анаан-минээн бултатта, – дии тоһуйда кытылга киирэн турар Хаппыыста оҕонньор.
Муорус быара – астык-бастык аһылык. Лапчааннара дыраһааҥка буолар. Сыатын уулларан, умньаас оҥостоллор. Тириитин быһыта кэрчиктээн, ыт көлө кыһыҥҥы аһылыгар туһаналлар, этин эмиэ. Муорус сыата кыыл таба күөһүн олус бэркэ тупсарар. Ити курдук, ийэм аах өйөбүл буолар астара-үөллэрэ үллэс гына түспүтэ. Мин, Күһүүр орто оскуолатыгар интернакка иитиллэ тахсарга уураахтаммыт киһи, Кэрээбил олохтоохторугар барбах эрэ атыыр муорус кыыл дэлэй аһылыгын ити курдук тэбэн биэрбитим.
Дойдум барахсан аҕата суох хаалбыт уолчааныгар ити курдук анаан-минээн муорус кыы-лы өлүүлээн-чаастаан биэрэн маанылаабытын өрүүтүн умнубаппын, санаабын-онообун көтөхпүтүгэр сүҥкэн улахан махталлаахпын! Махтанар хаһан даҕаны хойутаабат!!!
Сэмэн Тумат,
саха норуодунай суруйааччыта