(«Семен Данилов» кинигэҕэ санаалар)
Бэйэлэрин кэмнэригэр дойдуларын историятыгар бэлиэ суолу хаалларбыт уһулуччулаах дьон олохторун сырдатар ЖЗЛ сиэрийэҕэ сахаттан үһүс киһибит туһунан «Семен Данилов» кинигэ таҕыста. Норуот бэйиэтэ Наталья Харлампьева бу кинигэтин ааҕарга балай да бэлэмнээх курдук сананарым. Бастатан туран, убайым Урсун ыыппыт «Чахчылар уонна санаалар» кинигэтин тутан ааҕа сылдьарым. Иккиһинэн, Наталья Ивановна икки кинигэтигэр Семен Петровичка сыһыаннаах ахтыы суруйууларын кэрэхсээн билсибитим. («Хоһоонум уҥуоргу кытыла», «Признание в любви»), ол эрээри хайдах да биир тыынынан кыайан аахпатым, хас сирэйин арыйан аахтаҕым аайы бэйиэт хоһоонноругар, күннүктэригэр төннө турабын. Сахалыы хайдах суруйда этэй диэн чопчулаары.
Дьэ ол гынан син ааҕан бүтэрдим. Чаҕылхай суруйуу буолбут дии санаатым.
Ону сахалыы аҕыйах тылынан сатаан быһаарбакка омуктуу «камертон времени» эбит дии санаатым. Онтум баара, Наталья Ивановна хоһоонунан эппит эбит:
Таптыыр поэтым хоһоонунан
Сырдатабын тулабын,
Таптыыр поэтым дьылҕатынан
Аймаһыйа ыалдьабын…
Сиэрийэҕэ тахсыбыт үс кинигэни кэккэлэччи ууран көрүҥ: «Алексей Кулаковский», «Платон Ойунский», «Семен Данилов». Аҥаардас ааттарын да иһиттэххэ, саха киһитигэр быстыбат тыыннаах утум тиллэн кэлэр. Үһүөн – Тыл таҥаралаах улуу бэйиэттэр, бары – Саха омук сүппэтин-симэлийбэтин, сайда-үүнэ турарын туһугар охсуспут-турууласпыт дьон.
Наталья Харлампьева учууталын Семен Даниловы Өксөкүлээх Өлөксөй, Былатыан Ойуунускай утумнааччылара, кинилэри көмүскэһээччи, тилиннэрээччи буоларын арыйан көрдөрбүтэ – бу кини тус бэйэтин ситиһиитэ, кыайыыта дии санаатым.
Саха киһитэ үксэ билигин истэн эрэ билэр, унньуктаах уһун кэмҥэ соһуллубут «Башарин дьыалата», онно Семен Петрович туох кыттыгастааҕа, эрэйи-муҥу көрбүтэ, кыайан өрөгөйдөөбүтэ – бу кинигэҕэ барыта баар. Бэл, «сабыылаах» диэн аатырар партия докумуоннарынан ытаһаланан суруллубут. Маны барытын ааптар сүрэҕин нөҥүө аһаран суруйбута илэ биллэр. Ити кэмнэри санатар бэйиэт бэйэтин хоһоонуттан ааҕыҥ:
«Омугумсах», «бурсуй» – диэбит
Ордук, балыыр уураахтар,
Ол кэмҥэ миигин үөхпүт
Эҥин бурут тыллаахтар
Ханнаҕытый? Аны тоҕо
Хайгыыртан салҕыбаккыт?
Уларыйдым дуу, бу тоҕо
Астыгыт албан аакка?
(«Ардаҕа суох этиҥ этэр»)
***
«Истоки» диэн ааттаммыт бастакы түһүмэҕи ааҕарбар тус бэйэм кэтэх баҕа санаалаах этим: бэйиэт оҕо, эдэр саастара хайдах этилэрэй? – диэн. Төрүөтэ – бэйэм аҕам эмиэ 1917 сыллаах төрүөх киһи этэ. Майгыннаһар өрүттэрэ элбэх эбит: үрэх баһа дойдулаахтара, маҥнайгы учууталлара, ликбезкэ үлэлээбиттэрэ, хомсомуолга киирбиттэрэ, о.д.а.
Бу түһүмэххэ Семен Данилов төрүөҕүттэн сэрии буолуор диэри кэми – саха норуотун үгэс буолбут олоҕун укулаатын уонна саҥа былаас олоҕу уларытар дьаһалларын алтыһыыта ойууланар. Ол утарсыылаах кэм история чахчылара Сэмэнчик уол өйүгэр-санаатыгар хайдах дьайбытын ааптар итэҕэтиилээхтик көрдөрөр. Манна Наталья Ивановна биир да поэзиялыы цитатата суох эдэр оҕо, инникитин улахан тойуксут буолуохтаах киһи кута-сүрэ хайдах чочуллубутун сүрдээх иэйиилээхтик суруйар. Биир бэйэм Семен Данилов төрүттэрэ – улахан ойууттар – ааттара ааҕа суруллубутун сөхтүм. «Оо, ол иһин даҕаны!» дии санаатым. Эбэтэр, бааһырбыт кубаны көрсүүтэ – уйан киһи куттаныах да курдук көстүүтэ. Маны сэргэ Семен Петрович дойдутун сирин-уотун таптыыра, дьону кытта тапсан бодоруһар дьоҕура, үөрэххэ-билиигэ тардыһыыта – барыта баар.
Бэйиэт үс таҥаралаах буолуохтаах диэн өйдөөтүм: Үйэлээх Таптал, Ийэ Тыл, Үрдүк Итэҕэл! Бэйэтэ суруйбут ээ:
Үҥэр курдугум: «Күн анныгар
Таптал таҥара буоллун!» – диэн.
Таптал сибэтиэй аатыгар
Хамныыр-харамай үҥтүн! – диэн.
– Оттон айыылаах күлүкпүн –
Мин сорсуйбутум да иһин
Таптыыр дьахтарбын туойуохпун
Тыыннаах тылбын быһыма! – диэн.
(«Айыыһыт»)
***
Наталья Харлампьева бэргэнник бэлиэтээбитинии, Семен Данилов сырдык олоҕун сыдьаайа саха дьонун кутугар-сүрүгэр кини ырыа буолбут хоһооннорун нөҥүө күн бүгүнүгэр диэри иҥэ сылдьар. Биһиги бастыҥ ырыа айааччыларбыт бэйиэт хоһооннорун иэйиитин камертон оҥостон өйтөн-сүрэхтэн сүппэт ырыалары айдахтара. Чэ, мин бу ырыалартан сорохторун саҕаланыытын эрэ ыллыы-ыллыы суруйдум, ааҕааччы бэйэтэ ситэрэн ыллыа диэн эрэнэн туран:
Мин күнү көрбүтүм,
Мин манна үүммүтүм…
Сибэккинэн симэммит
Сэлэ чэчир астыбыт…
Оһуохайга оҕо дьоннор
Оонньуулара тахсыбыт…
Ол көҥүл дойдуттан
Мин Сахам сириттэн…
Үрүмэччи үөрүн курдук
Арыы дьэҥкир халлаан курдук…
Мин суолга наадыйбат
Оҕочоос буоламмын…
Итиннэ эбэн кэбис Герман Хатылаев «Саха хараҕа», Күннэй «Суоллар» ырыаларын! Мин ордук сөҕөбүн Уля Сергучеваттан: бу олус дириҥ философиялыы ис хоһоонноох айымньыга дьүөрэлии чугас тыыннаах мелодияны айбыт диэн. «Сырдык сырдыгы тардар, үтүө үтүөнү төрөтөр» диэн инниги этэллэр.
***
Иккис түһүмэх – «Выбор». Манна Семен Данилов сэрии кэмиттэн саҕалаан Москваҕа Үрдүкү литература куурустарыгар үөрэнэ барыар диэри олоҕун сырдык да, хараҥа да өрүттэрэ саас-сааһынан хайдах баарынан суруллубуттар.
Семен Петрович үйэлээх тапталын, Анна Семеновнаны көрсөн ыал буолбут кэмнэрин Наталья Харлампьева саха поэзиятыгар саҥа, сонун сүүрээн киириитин кытта ситимниир, чуолаан таптал лиирикэтигэр. Ону кини саха киһитэ таптал туһунан ыһа-тоҕо кэпсиир майгыта суох кэмигэр бэйиэт туох да элбэх киэргэтиитэ суох судургу, киһи өйүгэр хатанар тылларынан тапталы хоһуйар айымньыларынан ааҕааччыны долгуппутунан быһаарар. Холобурунан биир хоһоон толору тылбааһын киллэрбит уонна эппит: «Баҕар, бу хоһоон нууччалыыта оччо наһаа дириҥ иэйиилээхтик иһиллибэтэ буолуо эрээри, сахалыытыгар…» Тыый, доҕор, оттон Николай Лугинов бу Винцент Шаргунову «үчүгэй тылбаасчыппыт атын эйгэҕэ баран хаалла» диирэ дии. Сахалыы «Ааттал» диэн хоһоону ылан тэҥнээн көрбүтүм, Наталья Ивановна этэрэ сөптөөх эбит. Семен Петровичтыын тылбааска ирдэбиллэрэ, көрүүлэрэ биир дьон буоллаҕа.
«Нууччалыы мин билиим». Бу хоһоону оҕо сылдьан оскуолаҕа ааҕан чоргуйан аҕай биэрэрим. Бука, хоһоон ис тэтимин киһи сүргэтин көтөҕөр күүһэ, күүрээнэ умсугутара эбитэ буолуо. Кинигэҕэ бу хоһоон хайдах быһыыга-майгыга, туох санааттан суруллубута, ким көмөтүнэн, ким тылбааһынан «Литературная газета» хаһыат бастакы сирэйигэр бэчээттэммитэ – барыта сиһилии кэпсэнэр.
Манна мин хаһан да истибэтэхпин ааҕан соһуйдум аҕай. Хоһоон аатын туруору тылбааһа «Пусть я буду знать русский язык» диэн суруллубут. Хайдах эрэ «Нууччалыы мин билиим даҕаны» диэн, ол билбитин оччо ахсарбат киһи саҥата иһиллэн ааһарга дылы. Мин үйэм тухары «билии – знание» аат тыл суолтатынан өйдөөн ааҕар этим бу хоһоону.
Тылбаас бүгүҥҥү күҥҥэ төһө да «архаика соҕустук» иһилиннэр, сахалыыта чахчы билиҥҥи кэм ирдиир «уһулуччу суолтатын» сүтэрбэт:
Мин ырыам ардыгар
Нууччалыы чочуллар
Сахалыы
күүстээхтик,
Саҥатык,
эрдээхтик
Сатарыыр туһугар.
Аныгы ыччат «былыргинскай баҕайы» диэн бырахпытын нууччалыытын аахтаран баран сахалыытыгар төнүннэрэр киһи хайыахтара эбитэ буолла?..
***
Семен Данилов олоҕун суолун батыһа ааҕан истэҕиҥ аайы «оччолорго мин ханна этибиний, мин маны көрбүтүм-билбитим дуо?» диэн ыйытыылар үөскээн кэлэ тураллар. Ол ааҕары мэһэйдээбэт, хата «өссө хайдах этэй?» диэн салгыы ааҕарга угуйар эбит. Сталин өлбүтүгэр хардьыгыныыр хара тэриэлкэ араадьыйа анныгар хамсаабакка турбут биэс саастаах бэдик – мин; хаайыыттан босхолонон тахсан учууталлаабыт Афанасий Игнатьевич Федоров суруйааччылыын биир дьиэҕэ дьукаах кыстаабыт – мин; пединститут, рабфак дьиэтигэр мин эмиэ үөрэммитим; «Сэргэлээх иккитэ – уопсайга» мин эмиэ олорбутум… Итинник санаалар улуу бэйиэти кытта биир үйэҕэ олорбуппун сытыытык өйдөтөллөр, киниэхэ уонна айымньыларыгар хайа эрэ өттүнэн чугаһатар курдуктар.
Аан бастаан ыллаппыт, ытаппыт
Умнубат бастакы тапталбыт,
Бастакы ырыабыт ымыыта,
Олохпут сааскыта – барыта
Хаалбыта ол быдан сыллаахха
Сэргэлээх иккитэ – уопсайга.
(«Бииргэ үөрэммиттэрбэр»)
***
Үһүс түһүмэх «Москва. Золотая пора» диэн төбөлөөх. Бу кэмҥэ Семен Данилов айар дьоҕурун чочуйбут эрэ буолбатах, общественнай-политическай дэнэр олох оргуйар үөһүгэр сылдьан өйүн-санаатын сытыылаабыт, кылааннаабыт эбит диэн өйдөөтүм. Баара-суоҕа икки сыл иһигэр үтүмэни даҕаны билбит-көрбүт, иҥэриммит уонна үлэлээбит эбит! Манна кэлэн «буржуазнай националист» диэн буруйдаммыт киһи кимнээххэ үөрэммитий, кимнээҕи кытта алтыспытый, кимниин кэпсэппитий? Ол барыта бу кинигэҕэ баар. Бааллар улуу суруйааччылар, улахан салайааччылар, «убай» нууччалар, «таай» еврейдэр, атын араас омук дьоно, бэл «тас дойдулар бэрэстэбиитэллэрэ».
Переделкиноҕа олорон Семен Данилов элбэх биир идэлээхтэрин кытта чугастык билсибитин, кинилэр ортолоругар доҕор-атас дьонноммутун туһунан сиһилии суруллубут. Манна мин «дьиҥнээх доҕор кимий?» диэн ыйытыыга Данилов уонна Харлампьева адьас биир санаалаахтарын бэлиэтии көрдүм. «Атас туһугар атах тостор» диэн саха өс хоһоонунан салайтарар дьон эбит. Ону туоһулуур Наталья Ивановна бэйиэт чугас доҕорун Николай Шундик туһунан олус истиҥ суруйуута. Өссө Шундик атаһын туһунан ахтыытын киллэрбитэ – эмиэ долгутуулаах түгэн.
Бэйиэт Москваҕа сырыттаҕына, Былатыан Ойуунускай үтүө аата тиллибитэ. Ол үрдүк үөрүүгэ уйдаран Семен Петрович дойдутугар, дьоно-сэргэтэ оҕонньордуун, оҕолуун «Былааһы – Сэбиэккэ!» диэн ыллаан ньиргитэ сылдьар кэмнэригэр төннөн кэлбитэ. Көннөрү көһөн кэлбэтэҕэ, аймах-билэ дьонун ортотугар олохтоохтук оҥостон айа-тута, улуу суруйааччыларбыт ааттара эрэ буолбакка, айымньылара барыта саха норуотугар төннөрүн туһугар охсуһа кэлбитэ диэн Наталья Харлампьева бигэргэтэр. Оннук да буолбута. Семен Петрович ити кэмтэн хара өлүөр диэри сүүрбэ сыл олорбут олоҕо, үлэлээбит үлэтэ, охсуспут охсуһуута – барыта бу дьиктилээхэй кинигэҕэ уонна бэйиэт хоһоонноругар баар.
Мин бу «одоҥ-додоҥ ойуурга» диэбит курдук суруйуубун Семен Данилов хоһооннорун тылынан түмүктүүм.
Мин – айбыт эпохам
Төрөппүт киһитэ –
Оо, ханна куотуомуй дарбаантан?!
Күн сарсын айынныам
Этиҥи мэҥэстэн,
Этиҥи мин бэйэм уһанса.
(«Сымнаҕас тылларда»)
Ол эрээри олус ыраах
Буолуом суоҕа, бар дьонуом!
Күчүмэҕэй күҥҥүтүгэр
Баар буолуом.
Ойон туруом.
Хомус тылыгар кутурҕан
Дуорайаатын кытары,
Ойон туруом
Халыҥ хахха,
Харыһылта буолаары.
(«Мин барыам»)
Владимир Андросов
Чолбон. – 2021. – №3