«Портянка из зайца»

Маарыйа бүгүн кыыһыгар  күүлэйдии барыахтаах. Буоларын курдук туох эрэ тутуурдаах, кэһиилээх бараары кыра кыралаан араас сээкэйин хомуна сырытта. Уола Тиэхээн кэһии оҥостон аҕалбыт куһун, хааһын бэттэх диэки уурда. Сиэнигэр кус өҥүн-дьүһүнүн, хаас диэн хайдаҕын көрдөрөөрү  уонна этэ наһаа кууран хаалбатын диэн түүлэрин үргээбэтэҕэ. Ону таһынан булду хайдах астыыры көрдөрүө буоллаҕа дии. Сиэнэ Милена  барахсан эбэтэ кэлэригэр үөрэр. Эбэм кэллэҕинэ туох эрэ саҥаны, сонуну билиэм, сатыыр буолуом диир үһү. Ол саҥаны, сонуну диэн ити ол-бу аныгы тэриллэри буолбакка дьиэҕэ-уокка, аска-үөлгэ сыһыаннааҕы этэр. Ааспыт күһүн идэһэ иһин сууйбуттара уонна хаан куппуттара. Милена сахалыы аһы-үөлү астыырга үөрэниэн баҕарарыгар учуутала улахан өҥөлөөх. Анал бырайыак бэлэмнээн, дьыл кэмиттэн көрөн ийэлэри, эбэлэри ыҥыран оҕолору үөрэттэрэн, хайдах астыыры көрдөттөрөн сэргэхсийии бөҕө буолар.

Бу күннэргэ «Дьиэ кэргэн саамай күндү мала» диэн кылаас чааһа буолуохтаах үһү. Маарыйа Милената эрийээтин кытта хараҕар ийэтэ Матырыас кэриэс-хомуруос гынан хаалларбыт иистэнэр иһитин уонна «Зингер»  массыынаны көрбүтэ.

Дьэ, кырдьык, саамай күндү маллар. Ол иһиккэ бэрт кичэллээхтик угулла сылдьар иннэлэринэн, саптарынан тигиллибит таҥаһы таҥнан кинилэр киһи-хара буолбуттара.  Урут саха дьахтара иистэнньэҥ буолбата хайдах да табыллыбат этэ. Маарыйа эбэтэ саха дьахтарын сиэринэн төгүрүк сыл иннэлээх сабын тута сылдьара. Санаан көрүҥ — былыр таҥас-сап, иһит-хомуос барыта дьахтар илиитин анныттан тахсара, сатаабаппын-кыайбаппын диэн өйдөбүл суоҕа. Туоһу хастаан куурдуу бэйэтэ олус уустук, мындыр үлэ, аны иһит тигиитэ эмиэ барыта күннээх-дьыллаах, кэмнээх-кээмэйдээх. Кыратык сыыһа тутуннуҥ да туоһуҥ тугуна даҕаны көннөрбөт  гына түүрүлүннэҕэ ол, эбэтэр аһары хатан хайа бара сылдьар буолуон сөп. Дьэ ону барытын кэтии-маныы, көрө-истэ сылдьан арыылаан-сыалаан, имитэн-хомутан биэрэн иһэллэр. Сатаан иистэммэт буоллаххына эр дьонуҥ барахсаттар бултууллара-алтыыллара, мастыыллара-оттууллара хаайтардаҕа ол. Ордук кыһыҥҥы таҥас туттарга-хаптарга табыгастаах, сылаас, тымныы өппөт, тыал курдары охсубат, тыаҕа сылдьарга маска-мутукка иилистэ сылдьыбат, үтүлүктэрэ булду ытаары гыннахтарына түргэнник уһуллар, кэтиллэр буоларын туһугар араас элбэх албастар, кистэлэҥнэр бөҕө бааллар. Эбэтэ ону барытын сатыыра уонна кыыһыгар, кини ийэтигэр, иҥэрбитэ. Ийэтэ  барахсан сиигэ биир тэҥ этэ, массыына сиигиттэн уратыта суох буолара. Дьиэҕэ киирбит тирии барыта таҥас буолуор диэри төһөлөөх үлэнэн тигиллэрин саныырга да уустук. Кинилэр эбэлэрэ, ийэлэрэ удьуор  иистэнньэҥ буоланнар тоҥор-хатар диэни улаханнык билбэтэхтэрэ. Кэлин таҥастара олох хардыытын батыһан уларыйан, тупсан испитэ. Ийэлэрэ араас бэйэлээх бэргэһэни, унтууну тигэр этэ.

«Зингер» диэн иистэнэр массыына Маарыйаҕа ийэтиттэн тиксибитэ, хайдахтаах да халыҥ таҥастан иҥнибэт этэ. Чараас таҥаһы этэ да барбаккын. Бу массыынаны аҕата сэрииттэн кэлэригэр икки-үс ыйдаах уһун  айаҥҥа хараҕын харатын курдук харыстаан илдьэ кэлбит. Дьиэ кэргэн саамай харыстыыр тэрилэ этэ, дьиэҕэ саамай көстүүлээх сиргэ анаан оҥоһуллубут остуолга, сиэдэрэй тигиилээх сабыылаах турааччы. Кэмиттэн кэмигэр арыыланан, оҕунуохтанан, сурууптара эриллэн саҥатыгар түһэрэ. Элбэх оҕо, сиэн бу дьиэҕэ улааппыттара, мэниктээһин да баар буолара. Иһит, бэл түннүк да алдьанара баара. Арай адьас тыытыллыбат, харыстанар тэрил иистэнэр массыына этэ.

 Аҕата барахсан сэрии туһунан хаһан даҕаны кэпсээбэт буолара. Кыайыы күнэ буолла да төттөрүтүн иһийэн, хайдах эрэ туох эрэ хаа иһигэр киирэр курдуга. Сылгыһыт буолан  араас сылтаҕы булан тыаҕа, сыһыыга барара. Ону билэр буоланнар чугас дьоно улаханнык ол мунньах, бу кэнсиэр, көрсүһүү буолар диэн моһуйса да барбаттар этэ. Арай бу иистэнэр массыына хайдах тиксибитин туһунан кэпсээбитин адьас субу бэҕэһээҥҥи курдук өйдүүр. Онно кини дьикти диэн бу орто дойду олоҕор дьиҥ чахчы баарын итэҕэйбит түгэниттэн саҕалаабыта. Сэрии саҕана олох хардыыта «Барыта фронт туһугар» диэн этэ. Ону Маарыйа бэркэ диэн өйдүүр – буойуннарга  таҥас-сап хомуйуута буолара. Ийэтэ кээнчэ, үтүлүк, бэргэһэ, табах саппыйата тигэрэ.  Аҕата кэпсээнин кыргыс толоонугар сылдьан оннук баһыылкалары тутар олус да күндү этэ, туустаах сыаҕа тиийэ баар буолара диэнтэн саҕалаабыта. Сэбиэскэй Сойуус араас муннугуттан баһыылкалар кэлэллэрэ эбитэ үһү. Баһыылкалары аһыах иннинэ хамандыырдара сөҥ, суон куолаһынан:

– Кто у нас из Украины, Узбекистана, Алтая… диир эбит уонна да атын өрөспүүбүлүкэлэри, кыраайдары ааттаталыыр эбит. Ааттаммыт дойду уолаттара тахсаннар ол баһыылкалары арыйаллара уонна ол иһигэр баар маллар тустарынан кэпсииллэр үһү. Баайыы наскылар, үтүлүктэр, сээллэр, бэргэһэлэр, сороҕор сибиитэрэ, сэлиэччик да баар буолара диэбитэ. Ол сап туохтан өрүллэрин, баайыллыбат  оһуор туох суолталааҕын, сыа хайдах тууһанарын, мүөт туохтан ылылларын, туохха туһалааҕын, тугу эмтиирин барытын кэпсииллэр эбит. Ону истэн олорон:

— Бэйэтэ туһугар география, устуоруйа уруогун курдук эбит дии, — диэн Маарыйа быраата Лэгэнтэй саҥа аллайан күллэртээбитэ.

Дьэ биир оннук түҥэтиккэ хамандыырдара:

— Кто у нас из Якутии? — диэн ыйыппытыгар сүрэҕэ сүрэҕэ мөҕүл гына түспүт.

 — Я, гвардии рядовой Егоров Николай, —  диэбит.

Стройтан тахсан баһыылка хантан кэлбитин көрөн баран өссө долгуйбут – кини оройуонун, кини нэһилиэгин аата наһаа үчүгэй, каллиграфическай диэн аатырар буочарынан сурулла сылдьар үһү!.. Арыйбыта иһигэр суруктаах уонна ким тугу тикпитэ, оҥорбута суруллубут. Ийэтин аатын көрөн хараҕыттан уу тахсыар диэри долгуйбут. Удьурхайынан оҥоһуллубут хамса былдьаһыгынан барбыт, удьурхай диэни сатаан тылбаастаабакка эрэйдэниэҕин хата аттыгар хатыҥ турар буолан ыйан-кэрдэн абыраммыт. Куобах кээнчэни туох диэн быһаарыан билбэккэ мунчаара түһэн баран:

— Портянка из зайца, — ньиргиэрдээх күлсүүнү, сэргэхсийиини таһаарбыт.

Дьэ ол кээнчэ хамандыырыгар тиксибит. Бу таҥас барыта илиинэн тигиллибитин истэн баран бастарын быһа илгистибиттэр, илиинэн хайдах маннык үчүгэй гына тигиэххэ сөбүн дьиктиргээбиттэр. Хамандыыра кэлин «портянка из зайца» сылааһын, кэтэргэ табыгастааҕын бэлиэтээн хаста да махтаммыт. Бааччы уочарата кэлбитигэр саҥата суох сиһигэр баанан кэбиспит, онно бары ытыстарын таһыммыттар. Саха омуга кырдьык да муударай омук эбит диэн буолбут.   

Онтон Ньукулай ол күн үрдүк айыылар чахчы бааллар эбит диэн өссө төгүл итэҕэйбит. Дойдутуттан кэлбит баһыылка, ийэтэ тикпит сылаас таҥастара чопчу кини баар сиригэр түбэспитин атыннык хайдах да быһаарбаккын эбээт. Кэлин саллааттар хайа Николайы этэҕин диэтэхтэринэ араспаанньатынан буолбакка: «Николай у которого портянка из зайца и бааччы», — диэн быһаарар буолбуттара үһү. Хамандыырынаан, орто саастаах нуучча киһитэ Кузнецов Александр Ивановичтыын, сэрии унньуктаах уһун сылларын тухары бииргэ сылдьыбыттар. Киһи быһыытынан ис иһиттэн холку, сымнаҕас эрээри тыҥааһыннаах түгэннэргэ кытаанах ирдэбиллээх, түргэн-тарҕан быһаарыныылаах буолара үһү. Сэриигэ сылдьан Ньукулай биирдэ даҕаны строй иннигэр тахсан сэмэлэммэтэх, төттөрүтүн мындыр өйүнэн оннук-маннык албастары толкуйдаан хайҕалга сылдьыбыт. Ордук «полевые условия» диэн ааттанар кэмҥэ кулуһун отторго, быа-туһах тиийбэтэҕинэ талаҕынан хам баайталаан, тиргэ оҥоро охсон, сибиэһэй кус миинин иһэрдэн эҥин хайҕанар эбит. Дьээбэҕэ диэн талаҕынан биир да тоһоҕото суох олоппоһу оҥорон кэпсэлгэ сылдьыбыт.  Төрүт биир дьиэ кэргэн курдук буолбуттар. Атаарыыга кэһии үллэстиитигэр ити иистэнэр массыына киниэхэ тиксибитигэр бары ытыс тыаһынан эҕэрдэлээбиттэр: «Матери от нас пламенный привет и благодарность за тебя!» — диэн буолбут.

Маарыйа маны барытын саныы туран массыынатын имэрийэн ылла уонна кылаас чааһыгар тугу кэпсиирин бигэтик быһаарынна.

Наталья Руфова

«Чолбон» сурунаал

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар