Хойутуохтааҕар өрөөбүт көнө
– Димочка, Димок. Туох ааттаах уһуктубат оҕонуй? Тура эккирээ, оскуолаҕар хойутаан эрэҕин.
– Хас чаас буолла?
– Тоҕус буолуо сүүрбэ эрэ мүнүүтэ хаалла. Маарыыҥҥаттан уһугуннара сатыыбын дии.
– Ээ, пахай. Туран даа диэн. Хойутаабыппын. Утуйуом.
– Хайдах, нохоо, борогууллаары гынаҕын дуо?
– Борогуул буолбатах. Хойутаатахха учууталлар мөҕөллөр, бары эйигиттэн иҥнэ түһэллэр. Күн көтүттэххэ кыһаллааччылара суох. Утуйууһукпун.
– Чэ, оччоҕуна утуй даҕаны…
Математика уруогар
Бэһис кылааска математикаҕа саҥа анаммыт учуутал ыйытар:
– Иккис звено үс төгүл элбэҕи хоруппут диэн сурулла сылдьар буолбат дуо, Петров. Туох өйдөммөт баарый?
– Гаврил Гаврильевич, Петров сатаан аахпат ээ.
– ???
“Сордоох суха”
– Сэмэн Уйбаанабыс, хамнаскыт кэллэ дуо? Килиэп харчыта иэһээбэккин ээ?
– Биһиги, учууталлар, хамнаспыт “Сордоох суха” курдук, соторутааҕыта улууска харчы кэлбитигэр, биһигини эмиэ “ардайдатан” кэбиспиттэр.
Хайалара сөбүй?
Икки учуутал көрсөн кэпсэтэллэр.
– Иван Ивановичкыт директордыы сылдьар дуо?
– Уураппыттара. Иитээччи кыыһы үлэтиттэн устан баран, ол оннугар кэргэнин анаабытын иһин. Оттон эһиги Семеновкыт үлэлиир дуо?
– Уурайбыта. Ээ, мөлтөх киһи, директор ааттаах, кэргэнигэр даҕаны кыайан үлэ булан биэрбэтэҕэ. Көспүттэрэ.
Күһүҥҥү кэпсэтиилэр
Улуустааҕы үөрэх салаатын кыараҕас көрүдүөрүгэр учууталлар аалыҥнаһаллар. Саргылаана Сергеевна үлэҕэ анаттараары, начальникка киирдэ, начальник:
– Саргылаана Сергеевна, диктаҥҥа сүүрбэ сыыһалаах оҕоҕо хаһы туруоруохха сөбүй?
– Иккини.
– Миэстэ ортоҕуна ылыахпыт. Көрүдүөргэ көһүтэ түһүҥ.
Мария Ивановна киирэр, начальник:
– Диктаҥҥа сүүрбэ сыыһалаах оҕоҕо хаһы туруоруохха собүй?
– Хайдах сыана нааданый да, оннук сыананы туруоруохха сөп.
– Ылабын, манна отделга бэйэтигэр.
Сыһыан түргэнник уларыйар
Оскуола кочегара бырааһынньык иннинэ “аһаан” баран, ыалы киирэн түүрэйдээн, миэлкэйгэ түбэһэн киирэн сытта. Директор кочегарын айдаан бөҕөнөн, нэһиилэ солбуйтарда. Бу бытархан тымныыга ким сөбүлэһиэй? Киһитэ кэлбитигэр дьаҕырыйа таарыйа:
– Намытаарап! Үлэҕиттэн уураттыбыт, профсоюз сөбүлэстэ. Үлэҥ киниискэтин илдьэ таҕыс.
– Бэйэм даҕаны трудовойбын ыла кэллим. Бу нэһилиэккэ ГАИ үлэһитэ буолан таҕыстым. Тутаттыырым буолуо! Сэмэн Сэмэнэбис, “уралыҥ” нүөмэрэ, техпаспора суох этэ дуу, өстүбэһи?
– Ээ, доҕоор, сордоох да киһигин. Хата, эҕэрдэлиибин, Боруонньаа! Саҥа дьылынан, саҥа дуоһунаскынан! Дьэ үчүгэй бэйэ киһитэ ГАИ сотруднига буолбут, һэ-һэ… Сууйуохха!
Улдьаа Харалы
Чолбон. – 2018. – № 2