Олоҕу, дьону олустук таптыыра

Уйаҕастык ахтар-саныыр салайааччыбыт биһиги ортобутуттан барбыта номнуо сылы чугаһатта. Редакциябыт ытык киһитин кэриэһигэр отут тоҕус сыл эрэллээхтик, иллээхтик бииргэ тутуһан олорбут доҕорун, тапталлаах кэргэнин М.И. Петрованы сэһэргэһиигэ ыҥырдыбыт.

– Матрена Ивановна, саха ааҕааччыта эн кэргэҥҥин, суруйааччы Петр Аввакумовы дириҥник ытыктыыр, талааныгар сүгүрүйэр. Олорон ааспыт олоҕо «Окко түспүт оҥоһуу» диэн сэһэнигэр, «Улуу Сыһыы», «Өлбүт өтөхтөр», «Күннэр-дьыллар» романнарыгар кэпсэнэн ааһар. Онон ааҕааччы кинини били төрүт өбүгэлэрэ олохсуйбут сирдэриттэн, оҕустаах сыарҕанан атын сиргэ көһөн күккүрээн кэлбит кэмнэриттэн билэр. Үстээх-түөртээх Бүөтүр уол оҕустан түһэн саҥа сиргэ, олоруохтаах балаҕаннарыгар бэйэтин кыаҕар сөп түбэһэр малы-салы кытаахтаан ыла-ыла таһыспытын харахпытыгар ойуулаан көрөбүт. Оскуолаҕа үөрэнэр кэмигэр Петя Аввакумов удаарынньыктаан харандаас, тэтэрээт бириэмийэ тутара, сэрии кэмин оҕото холкуоска көмөтө, армияҕа барыыта, этэҥҥэ сулууспалаан кэлэн холкуоска үлэлээһинэ, үөрэххэ киириитэ, үлэһит буолуута… Ити барыта – айымньыларыгар баар.

Суруйааччы ордук эбэтин, ийэтин уйаҕастык, сылаас тылынан ахтарын бэлиэтии көрөбүт. Эн кырдьаҕастар баалларыгар кийиит буолан киирдэҕиҥ дии.

– Оннук. Ийэтэ Маарыйа, аҕата Дэниис баалларына, 1966 с. ыал буолбуппут. Хотунум Маарыйа Михайловна кыра уҥуохтаах, бэйэтигэр сөп эттээх-сииннээх, үчүгэй баҕайытык туттан-хаптан сылдьар ыраас, чэнчис бэйэлээх эмээхсин этэ. Киһини кытары кэпсэтэригэр уун-утары, истиҥ баҕайытык көрөн олорон кэпсэтэрэ. Эбэбит тикпит куобах суорҕана билигин да баар. Тойонум Дэниис Петрович сүрдээх үлэһит, түргэн туттуулаах-хаптыылаах, лоп-бааччы саҥарар, кыраттан да үөрүнньэҥ оҕонньор этэ. Уолун Бүөтүрү наһаа таптыыра. Миигин да сирбэт этэ. Сылга иккитэ-хаста тыаттан кэһии бөҕөтүн сүгэн-көтөҕөн кэлээхтиирэ. Сиэннэрин таптаан, сыллаан сылаанньыйан барара.

Бииргэ төрөөбүт үс уол уонна балтылара бэйэ-бэйэлэригэр олус истиҥ сыһыаннаахтара. Убайа Иннокентий биллэр суруналыыс, партийнай үлэлэргэ сылдьыбыта. Настаатынаан түөрт оҕону төрөппүттэрэ. Балта Балбаара Харытыанынаан икки оҕолоохтор. Ити ааттаталаабыт дьонум билигин биһиги ортобутугар суохтар. Быраата Уйбаан Денисович уордьаннаах тракторист. Кэргэнэ – Людмила Ефремовна математика учуутала. Куорат кыыһа тыа сиригэр анатан тиийэн кийиит буолан хаалбыта. Үс оҕолоохтор, Бүөтүр диэн сиэннээхтэр. Нэһилиэккэ улаханнык ытыктанар ыаллар. Кырдьаҕастарбытын кинилэр көрөн-харайан олорбуттара, онон кэргэним Петр Денисович кинилэргэ өрүү махтана саныыра.

– Петр Аввакумов ойуун төрүттээҕин кинигэлэртэн эрэ буолбакка, дьон сэһэргиириттэн эмиэ билэбит.

– Эһэтэ ойуун эбитэ үһү, тоҕус уон сэттэтигэр өлбүт. Уоттааҕынан тобулу көрбүт, уһун маҥан баттахтаах, салтайбыт удьурҕай хамсалаах оҕонньор эбитэ үһү. Сайылыгар туспа уһанар хоспохтоох, тимиринэн быһах охсор, ол-бу тэрили иһэрдэр идэлээҕэ диэн «Өлбүт өтөхтөр» романыгар Бүөтүр суруйбута. Звеноҕа оттуу бараары, өйүөтүн укта турар уолга аҕата: «Эһэҕин кытта бырастыылас», – диэн соруйбутугар уһугулаан сытар эһэтин диэки хардыылаабыт. Үөс курдугунан күтүр баҕайытык дьүккүччү көрбүт оҕонньор салҕалас илиитин ууммут, өгдөҥнөөн барбыт. Бүөтүр көрдөҕүнэ, санаатыгар ол түгэҥҥэ ойуун оҕонньору тула ирбинньиктэнэр абааһылар көстө түһүөхтэрин курдук санаа төбөтүгэр охсуллубут. Салҕалас илиини таарыйа-таарыйымыахча, ис хоһооно суох тугу эрэ «ньаах» диэт, таһырдьа куоппут.

Аҕата оҕонньор этэринэн, уол сайылык толоонун ситэ туоруу илигинэ ойуун оҕонньор тыына быстан налыс гыммыт. Тыл хомуһуна иҥиитэ, ол идэлээх оҕонньортон бэриллибит буолуон сөп.

– Эн бэйэҥ хайа дойдуттан төрүттээххиний?

– Ньурбабын. Хатыҥ Сыһыы нэһилиэгиттэн. Ийэбит Дьэбдьиэй үстээхпэр өлбүтэ. Улаханнык өйдөөбөппүн даҕаны. Түөрт оҕону аҕабыт Иван Филиппович Петров соҕотоҕун ииппитэ. Билигин иккиэ хааллыбыт.

– Суруйааччылар олохторун сэһэргиир хаартыскаҕыт да үгүс эбит. Сорохторун букатын саҥа көрөбүн.

– Дьэ ити, бэлиэ түгэннэри эккирэтиһэн түһэрэр үгэстээх, Ньурбаҕа милиция музейын олохтообут, милиция майора убайым Револий Афанасьевич Иванов бэлэхтэрэ. Абаҕам кыыһын уола, чугас аймаҕым. Сааһынан аҕа эрээри, миигин өрүү эдьиийим диирэ. Музейын экспозициятын сүкпүтүнэн оройуоннарынан командировкаҕа сылдьара. Быыс булан милиция ветераннарын түмэн сэһэргэһэрэ, докумуон, матырыйаал хомуһара. «Оҕонньоттор эрэйдээхтэр үөрдүлэр-көттүлэр, кэрэхсээн көрдүлэр», – диэн астынан кэлэрэ.

Ньурбам сонунун сэһэргиирэ. Дойдуларын туһугар туһалааҕы оҥоро, туруорса сатыыр дьону ордук сыаналыыра, кинилэри сэһэргииригэр сирэйдиин сырдыыра. Хомойуох иһин, убайым Револий олоҕун саамай күөгэйэр күнүгэр олохтон барбыта. Төрөөбүт нэһилиэгин биир уулуссатыгар кини аатын иҥэрбиттэрин үөрэ, махтана истэбин.

– Матрена Ивановна, Петр Денисович киэҥ билиигэ-көрүүгэ тардыспытын бу дьиэтээҕи библиотеката сэһэргиир. Даачанан, дьиэнэн дьэ элбэх кинигэ! Уолгут Тимир өссө оҕо сылдьан энциклопедиялары хасыһан ааҕарын Савва Тарасовтан истибитим.

– Аҕабыт кинигэни сүдү баай курдук көрөрө. Төрөөбүт нэһилиэгин библиотекатыгар бэлэхтиирэ. Оҕолор кыраларыгар остуоруйалардаах пластинка, эҥинэ дьэрэкээн ойуулардаах кинигэлэри аҕалара. Сиэннэригэр билиҥҥи оҕолорго бестселлер тэҥэ буолбут «Гарри Поттер» кинигэни мунньара.

Устудьуоннуу сылдьан, харчылара суох буолан, дойдуларыгар куораттан сатыы түһүнэн кэбиһэллэр эбит. Онно кэһиитэ – эмиэ кинигэ.

– Сахалыы кинигэни оҕолоргут ааҕаллар дуо?

– Саха тыла атарахсатылла сылдьыбыт кэмигэр төрөөтөхтөрө. Оччолорго куорат оҕото барыта даҕаны оҕо саадыгар барыахтарыгар диэри эрэ дьиэ иһигэр төрөөбүт тылларынан саҥараллара. Сахалыы оҕо саада, оскуола суоҕун тэҥэ этэ буоллаҕа. Онон баҕарбатаргын да, оҕо судаарыстыбаннай тэрилтэлэргэ нууччатыйан хаалар. Политика сабыдыала. Аҕабыт дьиэҕэ-уокка кинилэри кытта булгуччу сахалыы кэпсэтэрэ.

– Петр Денисовичка төрүттэриттэн уус идэтэ бэрилиннэҕэ буо­луо…

– Кини сатаабатаҕа суох. Улахан уус ирээтигэр киир­сибэтэр да, Сэргэлээхтээҕи даачатын бэйэтэ туппута. Ону атыылаан баран Покровскай суолугар туттарбыппыт. Ол күүлэтин, атын да ситэрэр үлэтин бүтүннүү бэйэтэ былааннаан оҥорбута. «Күн аайы өтүйэ тыаһа тоһургуур, ити туох ааттааҕы өрүү уһанарый?» – диэн ыалларым ыйытааччылар.

Дьиэҕэ-уокка бүгүрү. Дьахтар киһи эбээһинэһэ диэн араарбат. Оҕоһут бөҕө. Улахан сиэнин Денииһи кыратыттан көрбүтэ-харайбыта. Билигин тохсуска үөрэнэр, кыра сиэнэ Ваня бэһис кылааһы бүтэрэр. Хос сиэннэри көтөҕөр сааспар тиийдэрбин диирэ.

– Петр Денисович оҕолоругар, сиэннэригэр сыһыанын «Тимка улаатар», «Балыс», «Дэниискэ» диэн кэпсээннэриттэн билэбит. Маай параадыгар кырачаан Туйааратын санныгар олордон, күнү утары күөрэччи көтөхпүтүн, онно оҕо үлүскэн үөрүүтүн ойуулаабытын олус сылаастык ылыммытым. Хайа, тиэргэҥҥэ тыллан турар таҥара кийиитэ сибэккини дьүһүйбүтэ үчүгэйэ бэрдэ.

– Кэрэни олус кэрэхсиирэ. Сир-дойду, от-мас көҕөрөн, тыллан турарын долгуйа, үөрэ көрөрө. Хонуу сибэккилэрин түөрэн аҕалан олордоро, кэпсээнигэр киирбит таҥара кийиитин бэйэтэ аҕалбыта. Ол эһиилигэр тыллан кэлбитигэр үөрдэ да этэ. Оннук чараас, уйан, нарын дууһалааҕа. Даачатыгар ыам ыйын ортотуттан алтынньы саҥатыгар диэри олороро. Чуумпуга иһийэн олорон элбэҕи айдаҕа, суруйдаҕа. Үлүһүйэн үлэлиир кэмигэр аһыырын, сынньанарын да умнара.

– Биир дойдулааҕа, суруйааччы Софрон Данилов уонтан тахса кинигэтин көрөн-истэн, редакциялаан үгүс сыратын биэрбитин, кини аатын үйэтитиигэ бэриниилээхтик үлэлээбитин ким да мэлдьэһиэ суоҕа, бука.

– Оннук. Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри сыраласпыта. «Эн бу хаһан сынньанар киһигиний?» – диэтэхпинэ, «Чэ бээ, сынньаныллыа буоллаҕа син хаһан эмэ…» – диирэ. Үлэни үҥэр таҥара оҥосторо. Маҕаһыын үлэтиттэн сылаарҕаан: «Айыкка, бу үлэттэн уурайыахха, сынньаныахха», – диэтэхпинэ, «Үлэлээ-үлэлээ. Үлэ – дьол», – диэбиттээҕэ, суруйарын быыһыгар. Ол кэннэ атын быһаарыы суох.

– Ээ дьэ, үлэһит бөҕө киһи буоллаҕа. «Өлбүт өтөхтөр» романыгар: «Тыыннаах киһи анала – үлэ. Ис сүрэҕиттэн кыһанан үлэлиир-хамныыр киһи өлөн-охтон биэрбэт. Кини тоҕор көлөһүнэ, кэлин уһугар син биир тиллэр, үтүө өрүттэринэн дьону-сэргэни үөрдэн өрө көбөн кэлэр», – диэн ийэтинэн этиппит тыллара баар.

Матрена Ивановна, Петр Денисович айар үлэтигэр ханнык улахан былааннардааҕай?

– «Одурууннаах орто дойдуга» романын өссө ситэрэр, салгыы суруйар санаалааҕа. Бу архыыбын бэрийэ олорон булбатыбыт дии. Ол аата үгэһинэн, төбөтүгэр буһара, илдьиритэ сылдьыбыт эбит буоллаҕа. Ону бэйэтин кытта илдьэ бардаҕа.

Доҕорум Бүөтүр саха литературатыгар киллэрсибит кылаата кырата суох, төрөөбүт сахатын норуота өй-санаа өттүнэн үрдүүрүгэр сабыдыаллаах буолуо диэн эрэнэбин. Кини олоҕу, дьону олустук таптыыра. Бу сиргэ үтүө санаа, сырдык, кырдьык эрэ баһылыан баҕарара.

Анна Варламова-Айысхаана
Чолбон. – 2006. – 5№

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар