Киһи-аймах өркөн-өйүн, сайдыытын биир чыпчаала буолбут Олимпийскай Оонньуулар силлиэлэрэ-холоруктара уйгуурдан аҕай аастылар, хайы-үйэ история бэлиэ кэрчигэ буоллулар.
Сахалар улуу тренер Д.П.Коркин үтүөтүнэн өҥөтүнэн-мэтээл күлүмнэригэр күөнэхтээбиппит үйэ чиэппэрэ ордо оҕуста. Саҥа үйэ аанын ытыс соттон арыйдыбыт диэн суҥхарабыт да, Афины-2004 иннинэ мэтээли бу киһи аҕалыа диэн этэр уустук этэ.
Тустуубутугар киирдэххэ, маҥнай биир суолу санатыахпын баҕарабын. Роман Дмитриев да, Павел Пинигин да Монреаль-76, Москва-80 иннинэ ыйааһыннарыгар мөккүөрэ суох лидердэр этилэр. Онон кыһыл көмсүскэ тиксибиттэрэ. Оттон билиҥҥитэ итинник этэр кыахпыт, кырдьыга, суох этэ.
Леонид Спиридонов Олимпиада түһүлгэтигэр тустуутун ойуччу тутуохха наада. Ол эбэтэр кини саха тустуутун бүгүҥҥү туругун, ыарахаттарын, кэскилин бүтүннүүтүн арылыччы көрдөрдө дии саныыбын. Ол тугуй?
4-5 сыллааҕыта кинини Олимп чыпчаалын былдьаһыа диэн ким санаабытай, бэлэмнээбитэй? Суох. Республикатааҕы колледж курдук үөрэх саамай кытаанах гранит тааһын кирдэрэ сылдьыбыппыт дии. Оттон атын сиргэ, атын омуктар утуйар ууларын умнан туран, Афины-2004 чыпчаалын даба- йарга туруммуттара, 4 сыллаах аналлаах, мэктиэлэммит үптээх-харчылаах бэлэмҥэ киирбиттэрэ. Түмүк да оннук буолла.
Олимп дабаанын саамай тиһэх аартыгар Леонид аҥардас сахатын хаанын киллэрэн, норуотум туһу- гар диэн санаатын күүһүнэн эрэ туһунна. Бу иһин Леонидка уонна тренеригэр Будимир Григорьевичка махтал буолуохтаах.
Мантан түмүк оҥоһуллуохтаах.
Ити кыайан ылбатах чороҥ соҕотох, дьиҥэр, көмүскэ тэҥнээх баалларбыт, кырдьыга, биһиги ааспыт Олимпиадаҕа сөптөөхтүк үлэлээбэтэхпит, дьиҥнээх Олимпийскай бэлэм, программа диэн суоҕун, үп-харчы мээнэҕэ эргийбитин көрдөрдө, ол туоһулара эрэ буоллубут.
Тугу оҥоруохха?
Сыарҕаны сайын оҥостуллар. Улахан дьыала, хаһан баҕарар, ырытан, ырыҥалаан баран, сөптөөх хайысхаҕа киллэриллэр. Онуоха харах-көс наада буолар. Ону суруйар, ыйар дьон толороллор. Би- һиги хайаатыбыт? Афиныга тустууну суруйар, ырытар төһө дьону, спортивнай журналиһы ыытан, уһулан, сурунан кэллибит? Аккредитацияламмыт журналиспыт биир да суох эбит. Ол аата, биир эмэ киһи тиийбит да буоллаҕына, туох да информацията суох, дьон быыһыгар кыбылла сырыттаҕа, мумматаҕар баһыыба. Ол оннугар туох да көдьүүһэ суох, баай өттө харахтарын сымнатан, өссө сорохторо ааты туһэрэрдии эрэ сылдьан кэллэхтэрэ. Онон да Олимпиада туһунан көдьүүстээх кэпсэтии, ырытыы суох. Хантан кэлиэҕэй? Инникитин харах- көс буолар, ырытар, аартыгы арыйар дьоммутун анаан тэрийэн ыытыахтаахпыт. Сахаларга Олимпийскай кыайыылар Токио-64 Оонньууларга икки саха — тренер Д.П. Коркин уонна И.С. Кычкин үөтүүлээхтик көрөн-истэн кэлбиттэрин түмүгүн үөрүйэх оҥостуохха. Ити — бастакыта.
Иккиһинэн, аналлаах, тустаах государственнай программа оҥоһуллан үлэлэнэрэ ирдэнэр. “Кылаабынайа — кыттыы” диэн ити хаалбыт, кыаммат омуктарга анаммыт этии. Сайдыылаах омуктар олимпиец диэн норуотун тыһыынчанан сыллаах историятын, духовноһын сүгэн тиийэн күрэс былдьаһар, бүгүҥҥү үүнүү-сайдыы мэктиэтэ буолар диэн өйдөбүлгэ киирбиттэрэ ыраатта, бүтүн нация интэриэһэ буолар.
Үсүһүнэн, тренердэргэ биири сүбэлиэм этэ: эһиэхэ улахан психологическай мэһэй баара көстөр этэ. Билэргит, сүгүрүйэргит бэрт. Ол эрээри, биири өйдүөххэ, Д.П. Коркин бэйэтин кыаҕынан олимпийскай кыһыл көмүскэ тахсыбыт киһи этэ. Оттон эһиэхэ да кыах толору баар дии саныыбын. Ону Л. Спиридоновтан да, тустууну билэр дьон, өйдөөбүт буолуохтааххыт. Онон инники диэки ба- ран иһиэххэ эрэ наада.
Үөһэ салалта өйүүр, талааннар, тренердэр бааллар, норуот эрэнэр, кэтэһэр. Туох наада?
Сөптөөх тэрээһин эрэ.
Бу боппуруоһу 2005 сылга киирэн баран, правительство отчуотугар көрсүһүүгэ, онтон кулун ту- тарга Госкомспорт председателэ М.Д. Гуляевы кытта көрсүһүүгэ туруорбуппун сэргээбиттэрэ. Онон республика общественноһын дьүүлүгэр таһаарар санааланным.
Атыйахтаах уулуу аймаммыт аан дойдуга саҥа үйэҕэ да саха олоҕо син-биир өлөр-тиллэр быһымахха сылдьар буолла. Ол эбэтэр Россия олоҕо өтөрүнэн көнөр чинчитэ суох.
Дьэ, бу маннык кэмҥэ норуот быһыытынан түмсүүлээх, сомоҕолоһуулаах буоларбыт, бэйэбит дьаһанар суолбутун тобуларбыт чопчу суолун национальнай идея диэн мэнээк, ылбычча үөскээбэт. Мин санаабар, үс суол сүрүн ирдэбиллээх, көрдөбүллээх.
Бастакынан, норуот барыта ылынар, өйдүүр, үйэлэр тухары өрө тутан иһэр үтүө үгэһэ буолуохтаах.
Иккиһинэн, ити суол аан дойду олоҕор чахчы биһирэнэр, аныгы сайдыылаах дойдулар өйүүр, билинэр дьыалалара буолуохтаах.
Үсүһүнэн, кэм-кэрдии, уопсай сайдыы тоҕооһо ирдэнэр.
Иккиһинэн, ити суол аан дойду олоҕор чахчы биһирэнэр, аныгы сайдыылаах дойдулар өйүүр, билинэр дьыалалара буолуохтаах.
Үсүһүнэн, кэм-кэрдии, уопсай сайдыы тоҕооһо ирдэнэр.
Дьэ, маныаха эппиэттиир саха омукка баар дуо тоҕооһо, кэмэ ситтэ дуо?
Баар диибин.
Саха киһитэ былыр-былыргыттан өрө туппута, биир да ыһыах, түмсүү онто суох буолбат. Олоҥхобутугар ойуулаан хоһуллан, үйэтийэ сылдьар оонньуута — тустуу буолар. Урааҥхай ууһугар уратытык тутуллан, ат бөҕөлөр албан ааттара, суон сурахтара үһүйээннэрбитигэр сөҥөн, билиҥҥэ диэри сылдьар эбээт. Оннооҕор Тыгын Дархан баар-суох кыыһын хоппут бөҕөскө туран биэртэ буолбаат?! Бу саха дьонугар этигэр-хааныгар баар суол. Ону үгүс үөрэхтээхтэр, кэлин бүтүн Россия, ССРС түһүлгэлэрин тэрийээччилэр, улахан, бөдөҥ специалистар сөҕөн-махтайан бэлиэтээбиттэрэ элбэх.
Иккиһинэн, биһиги эрабыт иннинээҕи киһи-аймах өркөн өйдөөхтөрө айбыт ситиһиилэрэ Олимпийскай Оонньуулар буолаллар. Маны аныгы кэмҥэ омуктар чопчу өйдөөннөр, государственнай политика, үүнүү-сайдыы үктэлэ оҥостубуттара ыраатта. Ол курдук, Япония 1964 сыллаахха XVIII Оонньуулары тэрийэн, онно өрөгөйдөөн, норуотун түмэн, өрө көтөн тахсыбытын билинэр, сыаналыыр буоллулар. Планета барыта кэрэхсиир, сэргиир суолунан көстөр.
Үсүһүнэн, дьиҥинэн ааҕыстахха Олимпийскай Оонньууларга аан аһыллан турар. Өссө ити 1964 сыллаахха японнар өрөгөйдүүр түллүүлэрин уу-харахтарынан көрөн кэлбит икки киһилээх этибит Д.П. Коркин уонна И.С. Кычкин. Кинилэргэ тренер уонна журналист быһыытынан олимпийскай кыым аан маҥнай итиннэ саҕыллыбыта эрэбил. Сүдү киһибит Д.П. Коркин тус дьулуурунан XX, ХХI Олимпийскай Оонньууларга үс саха өрөгөйө оонньообута! Улугурбут обществоҕа саха дьоно итинэн эрэ сүрбүт сүппэтэҕэ диибин. Маны салҕаан, кэҥэтэн, кэскиллээх өттүнэн иҥэринэрбит эрэйиллэр.
Бастакы президеммит М.Е.Николаев «Азия оҕолоро» курдук Оонньуулары тэрийэр, бу дьыаланы саҕалаата, акылаатын уурда. Билиҥҥи үрдүк салалтабыт маны өйөөн, бу хайысхаҕа Саха сирин авторитета аан дойдуга үрдээтэ, МОК кытта билинэр буолла. Олимпиадаҕа кытта аналлаах программа аан бастаан оҥоһулунна. Бу – үчүгэй түгэн. Ол аата былаас өйөбүлэ, харчы баар. Ол эрэн, аһара уһуо суоҕун сөп.
Аны 2008 сыллаахха Оонньуулары тэрийэр кытай омук бу дьыаланы тугу да быраҕан туран ситиспитэ мэлдьэҕэ суох. Ол эбэтэр кини эрэ буолбакка, бүтүн Азия континена Европаны, Американы ситэр үктэлэ буолаары турар. Онуоха олорсуһа түһэрбит, түгэни куоттарбакка, хаалбаппыт ирдэнэр. Дьылҕа бэлэҕин мүччү тутумуохха.
Олоххо хаһан баҕарар тус сыаллаах-соруктаах ордук буолар. Мээнэ эрдинэ сылдьар көдьүүһэ суоҕа өйдөнөр.
Арыллыбыт суолу кэҥэтэн, олох бары араҥаларын хабан, бу идеябытын сайыннарарбыт эрэйиллэр. Дьэ, ол буолуох этэ ыарахан кэмҥэ чөл олоҕу тутуһар, рынок куоталаһыылаах муоһатын тэһиинниир ыччаты иитэр, норуоппут күүһүн биир өйгө-санааҕа түмэр, сомоҕолуур аныгы саха сирин дьулуура.
Онон национальнай идея быһыытынан Олимпийскай Оонньуулары (чэбдигирии культурата — спорт — Олимпиада) биллэрэр кэм ситтэ-хотто диибин. Тустууга олимпийскай кыайыылардаах знамялаахпыт, норуот да, былаас да өйүүр, сөптөөх база, кадр баар буолла — норуоппут дьылҕатын туһугар кинини түмэргэ, сомоҕолуурга национальнай идеяны – Олимпийскай Оонньуулары — өрө анньыаҕыҥ!
Ахмед Дмитриев
спорду чинчийээччи. Ньурба
Чолбон. – 2005. – атырдьах ыйа.