Ойуунускай уобарастааһынын уратылара

Хайа баҕарар литература ураты өрүттэрин сыаналаан көрдөрөөччүнэн кириитикэ буолар. Бу олус наадалаах чинчийиини дьоҥҥо-сэргэҕэ тирэдиини хааччыйар оунна наада буоллаҕына көмүскэһэр биһиги сурунаалбыт биир көхтөөх ааптарын, филологическай наука дуоктарын, бэрэпиэссэрин, Былатыан Ойуунускай аатынан СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын В.Б.Окорокованы үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Варвара Борисовна хаһан баҕарар уус-уран литератураҕа буола турар быһыыны-майгыны тумнубакка сыана быһар, урукку уонна билиҥҥи улахан суруйааччыларбыт уратыларын кыраҕы хараҕынан бэлиэтии көрөн айымньылары ырытар. Инникитин даҕаны сурунаалбыт ааҕааччыларын, саха литературатын таптааччыларын бэйэтин суруйууларынан үөрдэ, сөхтөрө турарыгар эрэнэбит.

П.А. Ойуунускай эдэр суруйааччылартан «дьүһүнү» (уобараһы) айары булгуччулаахтык ирдиирэ, ол кэннэ ол дьүһүнүнэн эмиэ оннук күүстээх «идэни» (идиэйэни) арыйыахтаахтарын эрэйэрэ. Кини эдэрдэр халы-мааргы, тиэрэ дьүһүн айан, санааны кыайан тиэрдибэттэриттэн кыһыйан хоһооннорун, ыстатыйаларын суруйбута. Уобарас көмөтүнэн бэйиэт ааҕааччы өйүгэр-сүрэҕэр тиийэр, дьон-норуот өйүн-санаатын уһугуннарар, сытыылыыр соругу туруорара. Тылынан ускуус­туба дьайар, сабыдыаллыыр, кэрэҕэ угуйар кыаҕыгар муҥура суох эрэнэрэ.

Ойуунускай умнуллубат сытыы, чаҕылхай уобарастардаах поэзияны айбыта. Кини бэйэтэ романтическай истииллээх суруйааччы буолан, уобарастааһыннара уһулуччу ураты этилэр. Ойуунускай идиэйэтин, революционнай уоҕун тиэрдэр уобарастарынан буолаллар: уот, уот сиэмэ, силлиэ, буурҕа, холорук, этиҥ, байҕал, долгун, сата, сата-буурай, үҥүү-батас, быһах-кылыс, моҕой, хотой, өрүөл, күн, саргы, сибэкки. Саамай туттуллар өҥө-дьүһүнэ: кыһыл, хара, күөх. Ойуунускай олоххо сырдык-хараҥа охсуһуута мэлдьи баарын быһыытынан но­руот бэрт былыргы өйүгэр-санаатыгар олохсуйан, сырдык-хараҥа, үрүҥ-хара күүстэр хабырыйсыылара олоҥхоттон саҕаламмытын уонна билиҥҥи айымньыларга тиийэ сүрүн үөс буолан сылдьарын бэлиэтиирэ. Ойуунускай поэзиятыгар кылаастар хааннаах охсуһууларын көрдөрүү кыһыл-хара күүстэр утарсыыларыгар көстөр, ол кэннэ бэйиэт саха олоҕор күөх туругуруоҕар – норуот дьоллоох, уйгу-быйаҥ олоххо тиийиэҕэр эрэнэр.

Моҕойдор норуот хаанын оборор кэмнэригэр батталлаах олох бүрүүкээн турар, онно өй-санаа күүрүүтэ саҕаланан сата буолан тахсар, oхcyhyy идиэйэтэ үөскүүр: байҕал-долгун түллэҥниир, силлиэ-буурҕа ытыллар, этиҥ-чаҕылҕан сааллар, санаа-тыл саталанар, үҥүү-батас күөрэйэр, охсуһууттан чаҕыйбат хотойдор-өрүөллэр үөскүүллэр, өлөрү өйүнэн кыайаллар. Оччоҕо дьоллоох олох өрөгөйдүүр: сиртэн күҥҥэ-күөххэ талаһар сардаана cибэкки үүнэн сирилээн тахсар:

Сытыы тырым сибэкки

Сири-буору көрдөрбөккө

Сирилэччи үүнэн

Тахсыаҕa…

(«Туруҥ, туруҥ, туойуҥ!»)

Дьигиргиир дьиктибит тэриллэн,

Кырыстаах сирдэрим кырсыгар

Кыһыл уот сардаана сандаарбыт…

(«Туйаарар туойбута»)

Күөх уонна сибэкки – бэйиэти угуйар, долгутар идеал, Ойуунускай биир саамай уйаҕас уобараһа:

Күөх туйгун сирэми –

Бу сири таптыыбын,

Күлбэхтиир дьирими –

Бу күнү ыллыыбын.

(«Бу уоттаах бакаалы»)

Сандал саас сайаҕас саргылаах

Сардаанам сандаара умайдын!!!

(«Туйаарар туойбута»)

Ааптар хайаан да кэлиэхтээх, туругуруох­таах муҥутуур дьол, сандаарар саргы туһугар охсуһар, ону кини үгүстүк туойар:

Саталаах саргыны

Салайан тураммын,

Уруй-тускул туттум,

Уруй-айхал эттим…

(«Аҕа алгыһа»)

Бэйиэт сибэккитэ – Саха сиригэр үүнэр бастыҥ, мааны кыһыл сардаана норуот дьоллоох олоҕун түстүүр символ-уобарас буолар. Ол да иһин кыргыттарыгар Саргы, Сардаана диэн ааттары биэрбитэ.

Биллэрин курдук, Пушкин байҕал, силлиэ-буурҕа уобарастарын санаа оонньооһунун көрдөрөр айымньыларыгар үгүстүк туттубута, оттон Горькай революционнай идиэйэни этэр айымньыларыгар байҕал, этиҥ-чаҕылҕан, моҕой, өрүөл уобарастарын айбыта. Ойуунускай бу романтик суруйааччыларга чугас тыыннаах буолан, кинилэр сөбүлүүр уобарастарын саҥа кырыска түһэрэн, саха литературатыгар сайыннарбыт. Ол курдук муоранан, байҕалынан үксүгэр айдааннаах-охсуһуулаах быыһык кэми уонна бэйэтин тус дьылҕатын ыар кэмнэрин көрдөрөр. Ойуунускай «Крым», «Байҕал таптала», «Очуос таас уоттара», «Бырастыы» хоһоонноругар байҕал баараҕай долгуна, баала кэлэ-кэлэ кытылга охсуллан барылыыр. Онуоха бааҕыныыр-балкыйар байҕал хайаны кырылыы кырбаан ытатар-соҥотор. Ойуунускай олоҥхоҕо оргуйа турар уот кудулу байҕал оруолун туһунан суруйан турар. Бэйиэт байҕалы уордайар-абарар күүс курдук көрдөрөр, оттон таас хайаны туох да үөмэн тиийбэт үрдүк чыпчаалын быһыытынан ойуулуур:

Өргөстөөх төбөбөр,

Күндээрэ умайбыт

Күлүмнүүр мyyhyгap,

Кыһыл чолбон тахсан

Кытара тырымныыр.

(«Байҕал таптала»)

Бэйиэт үгүстүк да буолбатар, харахха тута быраҕыллар «сата-буурай» диэн күүстээх уобарастаах. Ону Амма Аччыгыйа маннык суруйбут: «Платон Алексеевич, бэйэтэ эппитинии, киһи буолан баран, итэҕэһэ ханна барыай?.. «Сата-буурай» диэн туохпутуй? – диэбэккэ хаалбыт эбиппин эбээт мин киниэхэ, бииргэ кустуу-куобахтыы сылдьаммын, бииргэ чэйдии-табахтыы олороммун. Эмиэ да, санаарҕааһын аастаҕына, «оонньоон» кэлэр, эмиэ да, кыргыһыы-айдаан буоллаҕына «туран» кэлэр, эмиэ да, саргы сандаардаҕына «ааһан» хаалар?..» [1, 52]. Амма Аччыгыйа Ойуунускай биир саамай күүстээх уобараһын тоҕо итэҕэһинэн аахпытай, бу уобараһы хайдах өйдүөххэ сөбүй?

Өксөкүлээх Өлөксөй «Сайын кэлиитэ» поэматыгар «Орой буурай тойон» диэн этиҥ иччитин ааттыыр. Оттон Ойуунускай «этиҥ» диэн өйдөбүлү романтическай ис хohooнноон кэҥэтэн биэрэр: «этиҥ-чаҕылҕан-силлиэ-буурҕа» барыта «сата буурайы» кытта сибээстээхтэр. Биир өттүттэн, бу көннөрү айылҕа көстүүтэ эрэ буолбатах, өссө кини бачырҕас тыаһа-ууһа, иһиллэр дорҕоонун күүһэ, этигэн тылын дэгэтэ буолан бэйиэт идиэйэтин тиэрдэр ньымата буолар. Иккис өттүттэн, «сата буурай» күүстээх илбистээх тыл, дириҥ далай санаа бэлиэтэ: «Санньыйбыт санаабыт ааһан сата-буурай оонньуо». Ол иһин oхcyhyy саҕаланыытыгар сата-буурай туран кэлэр, оонньуур, оттон «саргы сандаардаҕына, сата-буурай aahap» эбит.

Омук чинчийээччитэ Б. Шишло саха тылын күүһүн сөхпүтэ: «Например, «сахтарбыта сата былыт буолла», что можно приблизительно перевести как «речь его стала как грозное облако «сата», или «саҥатын сататын», что переводится «каков яд (буквально Сата его речи») или ещё «Аба-Сата», буквально «Большой Сата, что Пекарский переводит как «сарказм, яд речи». Эти выражения трудно перевести и понять и, чтобы раскрыть их глубокий смысл необходимо уловить суть слова «сата», которое является семантическим ключом к этим вербальным формулам. И для этого мы прибегаем к монументальному произведению Платона Ойунского «Нюргун Боотур Стремительный». Так, во второй песне этого олонхо мы видим описание бескрайней долины, в которой как в эпохе становления нашей планеты, происходит геологическое структурирование порядка. И здесь в компании с божественным белым стерхом мы летим над этим преобразующимся первозданным хаосом и видим внизу, в глубине долины, пылающий красным цветом волшебный камень Сата. Из этой же песни мы узнаем о магической силе этого камня, когда всесильная шаманка Айыы Умсуур с криком «Уруй-айхал!» кидает в небо камень Сата, притягивая к себе с его помощью тёмную тучу и вызывая гром и молнию. Итак, мы узнаём о власти персонажей, обладающих Сата, изменять погоду, изменять порядок вещей в природе… магическая сила сата, которая даёт шаману сверхествественную власть, тесно связана с магией Слова» [5, 34-35].

Онон Ойуунускайга бу өйдөбүлгэ «сата» диэн олоҕу уларытар күүстээх тыл суолтатын биэрэр. Ол да иһин Шишло салгыы «сата» өйдөбүлүн Ойуунускайга бэйэтигэр сыһыарар: «И вот этим-то даром несомненно обладал Платон Ойунский, который был настоящим бэйиэтом, использовавшим полученную им власть Слова на пользу народа саха, на пользу любимой Якутии. Совсем не случайно, что Платон Алексеевич Слепцов выбрал псевдоним Ойунский: стал ойуном, шаманом… Его жизнь, такая богатая, такая короткая, напоминает жизнь шамана-ядачи: как они, он выбрал власть Слова взамен жизненных благ» [5, 40].

Тыл, этиҥ-чаҕылҕан, силлиэ-буурҕа буолан саталанан, олоҕу айар-тутар күүстэнэр, кини тыҥааһынын бэйиэт «оонньуур», «турар», «ааһар» диэн тылларынан биэрэр: «часкыйан-чыскыйан сатабыт оргуйда», «илбистээх сатам», «саҥарар саҥатын саргылаах сатата», «сата буолан сатаардын», «тыйыс сата буолбут өйү», «мин тыыннаах тылыкам сатата» уо.д.а.

Өй, Санаа, Тыл – бары бииргэ түмсэн Oхcyhyyгa кыттыстахтарына эрэ Саргы салаллар. «Саха омук салбырҕастаах санаатын Саталаах саҥанан саҥарааччы» буолар баҕатын Ойуунускай аан маҥнай суруйбут «Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан» хоһоонугар тута биллэрбитэ. Кини кэриэһин эппит «Бырастыы» хоһоонугар «тыыннаах тылыкам сатата» норуоппар үйэлэргэ хаалыаҕа диэн эрэммитэ. Бэйиэт «сата буурай» диэн уобараһа 1920-с сыллардааҕы революционнай идиэйэтин тиэр­дэр хоһоонноругар киирбит – «На смерть вождя», «Тойон генерал», барыта түөртэ туттубут. Онуоха «оонньуур», «турар», «ааһар» диэн туохтуурдарынан доҕуһуоллаабыт. Манна бэйиэт санаа оонньооһунун көрдөрөр. Онон реалист-суруйааччы Амма Аччыгыйа романтик-бэйиэт Ойуунускай уобарастааһынын ылыммата өйдөнөр.

Ойуунускай поэзията дириҥ философскай – ис хоhooннooх. Кини олох быһыытын-майгытын ойуулууругар олоҕу уларытар күүстэри ыйан биэрэр: ол – Өй, Күүс, Санаа, Тыл, Охсуһуу. Идэ – сирдиир-салайар күүс, Ойуунускай «өлөртөн өлбөт идэлээх» буойуттары туойар, кинилэр өлбөт үйэлээх идиэйэҕэ кубулуйан, уот сиэмэ буолууларыгар итэҕэйэр:

Уҥуохтаах эккитин

Урусхал оҥорон

Убаппыттарын иһин –

Уот сиэмэҕит улаатта…

(«Өлбүттэр ааттарыгар»)

Өксөкүлээх Өлөксөй норуоту уһугуннарар сырдатыы идеалыгар – Өйгө, оттон Алампа киһини киһи оҥорор Иэйиигэ сүгүрүйбүт буоллахтарына, Ойуунускай Өй уонна Күүс өйдөбүллэрин өрө туппута. Өссө «Көҥүл ырыатыгар», биир маҥнайгы хоһоонугар, кини эппитэ:

Көҥүл дохсун күннэргэ

Көрүлээн-нарылаан тураммыт

Өйү, күүһү үрдэтиэхпит,

Өлгөм дьолу төрөтүөхпүт…

Бэйиэт алгыһыгар эмиэ «саталаах саргыны» «өргөс-кылаан тылынан» айхаллаан туран этэр:

Күндү кэриэс күүстэн,

Күрсэр күрэх өйдөн…

(«Аҕа алгыһа»)

Ойуунускай айар тыл суолтатын туһунан үгүhү эппитэ. Ол курдук: «Күөдьүйбүт тыл, дьүһүннэммит санаа биирдэ этиллибэт, нарын үчүгэйдик суруллубат» [3, 116], – диэн, суруйааччы тылга сыратын биэрэн туран, чочуйан-нарылаан үлэлиэхтээҕин туһунан ыйбыта. Ойуунускай тылыгар-өһүгэр сыыһа-халты туттуулар бааллар дуо диэн санаа эмиэ баар эбит.

Холобур, Амма Аччыгыйа: «Артыаллар, уруйдааҥ!» диэн үтүөкэннээх хоһооҥҥо холкуос хонуутугар үлэлии сылдьар нарын, кэрэ Ааныкчаан барахсаны «Үлэлээн тиҥийэр, үөгүтэ иһиллэр» диэн үс төгүллээн кичэйэн эппитэ эмиэ баар» [1, 52], – диэн бэйиэт дьахтары итинник ойуулааһыныгар сөпсөспөт санаалааҕын этэр. Ол эрээри романтик-бэйиэт ойуулуур күүстээх ньыматын, күүһүрдүүтүн, омуннааһынын көрөбүт диэхпитин сөп.

В. Чиряев Ойуунускайы кириитикэлээн өһүргэппитин кэлин курутуйан-сонньуйан туран билиммитэ эмиэ баар: «Кини биир хоһоонун ааҕан баран, мин пародия таһаарбытым: «Ийэтэ, эбэтэ хайата эбитэй?» диэн, онуоха чахчы кыыһырбыта уонна эппитэ: «Поэзия дууһата чувство буолар, ити ийэ, эбэ диэн тапталы бэлиэтиир синонимнар, манна мээнэ өйдөөҕүмсүйэр сатаммат». Кырдьык, оннук эбит. Мин ол саҕана мэникпэр тэптэрэн, көр-күлүү сиэринэн, ылбычча, чэпчэкитик этитэлээн кэбиспитим» [4, 78].

Кырдьыга да, ити хоһоонугар Москва куорат кини эбэтэ, ийэтэ буолар. Ону кини бу куораты таптыыра, күндүтүк саныыра бэрт буолан, итинник истиҥ тыллары туттарынан быһаарар, уобарастаан этиини өйдүүллэригэр, көнөтүнэн ылымматтарыгар ыҥырар.

Ойуунускай поэзиятын баай тыла-өhө үгүс метафора, тыыннааҕымсытыы, тэҥнэбил курдук уобараһы айар сатабылларыгар олоҕypap. Символларынан дьүһүннээн ханалытан этэри эмиэ сөбүлээн туттар ньымалара. Кини поэзиятыгар саамай үгүстүк уонна күүстээхтик туттубут ньыматынан эпитет буолар:

Кыһыл сардаҥа тахсыбыт,

Кыымнаах төлөн түспүт,

Модун санаа туругурбут

Москуоба куораппар –

Халлааҥҥа тыгар төлөннөөх,

Хара дьай дьураалаах

Кытарар дьэргэн былааҕым

Кыыһан-ыыһан тахсан…

Бэйиэт хоһооннорун хас биирдии тыла араас дэгэттиир эпитеттэринэн доҕуһуолланан иһэрэ уобарас суолтатын кэҥэтэр, күүһүрдэр-дириҥэтэр. Кини эпитеттэрэ сүнньүнэн даҕааһынынан бэриллиилэрэ үксүгэр өҥү­дьүһүнү, көстүү хаачыстыбатын бэлиэтиир суолталаахтар. Эпитеттэрэ араас көрүҥнэринэн баайын араас саҥа чаастарынан биэрэр. Онуоха дьүөрэ тылларынан саҥарар: баараҕай байҕал, муҥутуур мутукча, хадьааннаах хайабыт, толбонноох толооннор, симэхтээх сибэкки, сандаарар сардаана, дьигиргиир дьикти, күндээрэр күлүм, күлүктүүр күүстэр, сандал саас уо.д.а.

Ону кытта кини эпитет күүһүнэн хоһоонноругар дьикти метафоралары айар: уоттаах бакаал, сата буурай, уоттаах санаа, кыһыл үйэ, өргөс тыл уо.д.а. Эбэтэр биир тылы араастаан дэгэттээн биэрэр: саталаах саргы, самныбат саргы, баараҕай саргы, сайаҕас саргы, саргы кыыс, илбистээх сата, тыйыс сата, умайар сата, чыскыйар сата, саргылаах сата уо.д.а.

Ойуунускай саха норуотун ох тылларын ситиһиилээхтик туһанар: үс саха төрүөҕэр, бу сиргэ ким төрүөн өлбөтөй, атыйахтаах уу курдук айманна, сииккэ сиэлбит, хаарга хаампыт, кунан oҕyc буолан көлүллүбүт уо.д.а.

Бэйиэт новаторствотын биир өттүнэн күүстээх илбис-балта тыллары туттара буолар. Кини поэзията олох тыаһынан-ууһунан туолар: саҥа олох туһугар охсуһааччылар «дирбийэр-дарбыйар» кэмнэригэр «дирбиэн-дарбаан» күннэр үөскүүллэр. Бу кэмнэри бэйиэт «балкыырдаах бааллаах байҕалы», «кыскыйар тыыннардаах кыыдааннаах дьыбары» кытта тэҥниир, дойду кытта «орулуур-оргуйар, хаһыырар-ыһыырар», эйэлээх олоххо аны күүстээх-күргүөмнээх үлэ оргуйар – «ыстаалым чыҥкыныыр, ырыата кыҥкыныыр», «уу паара сырылыыр», ону кытта «Ааныкчаан үөгүтэ» иһиллэр.

Бэйиэт айылҕаны ойуулуур хоһоонноругар эмиэ айылҕа тыына, тыаһа-ууһа күүһүрэн кэлэр: «туйаарар туойар», «дьири-дьир… дьэргэлгэн» көтөр, оннооҕор сибэкки «үүнэн сирилиирэ» иһиллэр. Хатылыыр тыллар, күүһүрдэн этиилэр чиҥ маршевай тэтими биэрэллэр: «Дьэ бу үлэһит! Чиэстээх үлэһит!», «Күүрт-күүрт иҥиири! Саай-саай тимири!», «Уруйдааҥ!!! Уруйдааҥ!!! Ыстаалын саргылаах хаамыытын уруйдааҥ!!!», «Уруйдааҥ! Уруйдааҥ! Былааһы – Сэбиэккэ!», «Тунайдас! Туманнас!», «Дапсылый! Дабылый!», «Туруҥ, туруҥ! Туойуҥ! Туруҥ, туруҥ! Чугдаарыҥ!», «Ыл – хаамтар! Чаас ахсын Ылдьыыс кэриэстэрин биэриэҥ! Биэриэҥ! Биэриэҥ! Биэриэҥ!» Бу оччотооҕу олох күүрээнин, эйгэтин көрдөрөр, бэйиэт күүстээх тылларын тыаһы үтүктэр тылынан, тыаһы үтүктэр туохтуурунан биэрэр. Ол барыта кини хоһоонун пафоһын, ритмикэтин күүһүрдэр, чиҥ-чаҥ оҥорор.

Бэйиэт паараласпыт тыллары хомоҕойдук уонна үгүстүк туттара харахха быраҕыллар:

Көр-нар үйэҕэ,

Көх-нах үлэҕэ

Күүрт-күүрт иҥиири!

Саай-саай тимири!

«Көҥүл ырыата» хоһоонун 32 строкатыттан 14-гэр паараласпыт тыллар киирбиттэр. «Генерал тойон» хоһоонун 32 строкатыттан баһыйар үгүс өттүгэр, сүүрбэтигэр, паараласпыт тыллардаах. «Тимир көлө» хоһооҥҥо ону кытта тыаһы үтүктэр тыллар пааралаһаллар: лочур-лочур, лаһыр-лаһыр, курулуу-дьурулуу, сырылыы-сырылыы, сыыбыргыы-сыыбыргыы уо.д.а.

Ойуунускай «Кыһыл Ойуун» поэматыгар паараласпыт тыллары эмиэ үгүөрүтүк туттубута, ол ахсаана 200-чэкэҕэ чугаһыыр. Олор араас саҥа чаастарынан бэриллибиттэрэ көстөр: аат тылынан, даҕааһынынан, сыһыатынан, аат туохтуурунан, сыһыат туохтуурунан, туохтуурунан. Паараласпыт тыллар саамай үгүстүк аат тылынан бэриллибиттэр: эрэй-буруй, соло-сокуон, сор-муҥ, обот-соллоҥ уо.д.а. Барыта 70 кэриҥэ. Даҕааһынынан уонна сыһыат туохтуурунан бэриллиилэр эмиэ аҕыйаҕа суохтар: унаар-тунаар, одун-дохсун, эрэйдээх-буруйдаах, сордоох-муҥнаах; үөрэ-көтө, үллэн-түллэн, чучугуруу-чачыгырыы, чаһыргыы-чачыргыы, умулла-умулла, үтэн-үллэн уо.д.а. Оттон саамай үгүстүк туттуллубут паараласпыт тылларынан буолаллар: уруй-айхал, эрэй-буруй, сор-муҥ, соххор-доҕолоҥ, эрэй-буруй, сир-халлаан, орой-буурай уо.д.а. Тыл пааралаһыыта Ойуунускай хоһоонунан айымньыларыгар эмиэ тэтими үөскэтэр ньыма буолар.

Саҥа киирии тылларынан: бассабыык, өрүөл, хомууна, сэбиэт, локомотив уо.д.а. курдуктарынан, ону сэргэ уруккуттан туттуллар тылларга caҥа ис хohooн, суолта биэрэн: саргы, сата, батас, илбис, өргөс, уот, буурҕа, уруй, айхал уо.д.а. – саха тылын лексикатын байыппыта.

Күннүк Уурастыырап Ойуунускайы «саха тылын улуу маастара» диэн ааттаабыта: «Платон Алексеевич Ойуунускай сүрдээх баай, сүрдээх уус тыллаах суруйааччы этэ. Кини улуу талаанын биир уһулуччулаах уратыта, бар дьон махталлаах кэрэхсэбилин ылбыт, төрөөбүт норуотун үйэ саас тухары өлбөөдүйбэт, итии-истиҥ тапталынан туһанар күүһэ-күдэҕэ, аба-алыба итиниэхэ буолар» [2, 232]. Итинник бэлиэтээн туран, Күннүк Уурастыырап салгыы билиҥҥи суруйааччылар тыллара мөлтөҕүн, тылга болҕомто уурбаттарын ыйбыта: «Биир киһи оҥорор, атын киһи абырахтыыр, – «үс сиринэн үүдэһиннээх», «сэттэ сиринэн иһэрдиилээх» сэһэннэр, романнар аны суох буоллуннар! – диибин мин, Платон Алексеевич Ойуунускай үбүлүөйүгэр анаммыт бу сэһэргэһиибэр». Билиҥҥи суруйааччылар, Күннүк Уурастыырап бэлиэтээбитин курдук, тыл маастарабыт дииллэриттэн туттуналлар, ол эмиэ мээнэҕэ буолбатах, тоҕо диэтэххэ, кинилэр ол таһымҥа тахсыахтара ырааҕын өйдүүллэр.

Ити курдук, бэйиэт саҥаны айааччы, саҥа литература бастакы суруйааччыта буолан, литературнай тыл сайдыытыгар новаторствотын хайысхата үгүс өрүттээх эбит. Кини уобарастарын систиэмэтэ ис-иһигэр киирдэххэ бэйэтэ уларыйбат бэрээдэктээх, тулхадыйбат укулааттаах: ол онтон Ойуунускай аан дойдуну, киһини, охсуһууну, сайдыыны хайдах өйдөөбүтүн көрөбүт уонна кини айар ньыматын уратытын билэбит. П.А. Ойуунускай курдук бэйиэт саха литературатыгар дьиҥ чахчы соҕотох, кини ураты суолу-ииһи солообут айааччы буолар.

Варвара Окорокова,

филологическай наука дуоктара,

бэрэпиэссэр

«Чолбон» 4-с №-рэ, 2018 с.

Литература:

1. Амма Аччыгыйа. Киһи уонна айымньы. – Дьокуускай,1975. – С.49-61.

2. Күннүк Уурастыырап. Хатаппын саҕабын. – Дьокуускай, 1979. – C.228-240.

3. Ойуунускай П.А. ТА. 2 т. – Дьокуускай, 1975. – 432 c.

4. Чиряев В. Кэскили киэҥник билэрэ, өйдүүрэ // Хотугу сулус. – 1983. –11. – C.75-78.

5. Шишло Б. О силе якутского слова// Үһүс төгүлүн букатыннаахтык эргиллии. – Дьокуус­кай, 2003. – С.33-36.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар