Егор Жирков
(Эссе-сэһэн)
Сайыҥҥы уу нуурал киэһэ. Күөх халлаан ып-ыраас. Күн тыа кэтэҕэр түһэн эрэр. Күн алаас илин эҥээрин сандаарыччы сырдаппыт. Маннык үтүө, кэрэ киэһэ биһиги, доҕор дуулар, үлэхтээх сирбитигэр муһуннубут. Мин, Вася, кини убайа Коля уонна мантан тэйиччи, Дабдыгыччы диэн алааска олорор Тимка, ол иһин кыратык хойутаата. Васялаах кэлбиттэрэ балачча буолла.
Колялаах Тимка, биһиэхэ холуйдахха, улахан дьон. Куоракка педагогическай институкка үөрэнэллэр. Ыраах сиргэ үөрэнэр дьон сайын эрэ тахсаллар.
Бары мустан уһун кыһыны быһа мунньуллубут сонуммутун хардары-таары «сүөкээһин» буолла. Көрдөөх-нардаах муҥутаан, ити Коля тыла, хаһан баҕарар көрсө түстэ да: «Чэ эрэ, табаарыс, сонуҥҥун сүөкүү олор», — диэччи.
- Оҕолоор, хайаан да үөрэниэххитин наада,—Коля булгуччулаахтык этэр.
- Оттон биһиги иккиэн үөрэнэр кыахтаахпыт дуо? — Вася саарбахтаабыттыы хардарар.
- Тугу да быраҕан, үөрэниэхтээххит, — убай киһи быһыытынан эрэмньилээхтик этэр. — Ийэбит сөбүлэһэр, сүөһүбүтүн эһэн да туран барыахпыт. Мин эһиил үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, баҕар, манна кэлиэм суоҕа. Онно ийэбин илдьэ барыам. Вася биһигини батыһаргар тиийэҕин. Ийэбэр ити туһунан таайтаран эппитим. Ону утарсыбатаҕа.
- Сөпкө быһаарыммыккыт, — Тимка чахчы сөбүлэһэрин биллэрэр. — Мин соҕотох ийэлээх киһи ханна баҕарар тиийиэхпин сөп. Сүөһүбүтүн былырыын эспиппит. Онон тутулларым суох, оттон Гоша, чахчы үөрэнэр инигин?
—Үөрэниэхпин баҕарабын да… — Санаабын ситэ эппэккэ бөтөн хаалабын, уоскуйан баран: — Васялыын үөрэниэх буол буппут, — диэтим.
- Хайаан да үөрэниэххэ наада. Билиҥҥи киһи үөрэхтээх эрэ буоллаҕына сатанар кэмэ иһэр, — Тимка үгэһинэн кэп сиирдии оҥостон олоҕун булунна, биһигини эргиччи көрдө.
- Оҕолоор, Советскай былаас буолбута син балайда буолла,
- Тимка тохтуу түстэ. — Арааһа, алҕас өйдөөбөт буоллахпы на, үйэ аҥаара чугаһаан эрэр. Ол тухары бу төрөөбүт хол куоспутуттан биир да үрдүк үөрэхтээх киһи тахса илик. Кыр дьык буолбат дуо?
- Оннук курдук, — Коля боччумнаахтык хардарар.
Биирдэ санаатахха, тугун сүрэй… Ол иһин этэбин: үөрэх хайаан да наада диэн. Билигин үөрэхтээх эрэ киһи норуокка туһалыыр кэмэ кэлиэҕэ. Ылан көрүөҕүҥ, төрөөбүтүөскээ бит холкуоспутугар төһө үөрэхтээх киһи баарый? — Тимка тарбахтарын бүк тутан бар да, — Ити Винокуровтар аймахтары. Улахан Уйбаан кыра үөрэхтээх эрээри, ханна эрэ учууталлыы сылдьара иһиллэр. Хата, кыра бырааттара Табый быйыл онус кылааһы бүтэрэн, куоракка киирэр диэбиттэрэ. Ол педагогическай институкка туттарсара буо луо. Өссө ким баарый? Лухааскылаах. Улахан уоллара Андрей Лукич айылҕаттан бэ риллибит талаанынан журналист буолан, хаһыакка үлэлии сылдьар. Өссө? Эргиччи көр: Чуппунан, Кутаакынан, Эмиһинэн… билиҥҥитэ суохха дылылар. Коля биһикки эрэ үрдүк үөрэх кыһатыгар үөрэнэ сылдьабыт. Быйыл иккис курска үөрэниэхпит. Онон тугу да быраҕан туран үөрэниэх тус таахпыт. В.И. Ленин эппитин өйдүүр инигит?—Тимка ыйытыытыгар хоруй эрэйбит тии биһигини хардарытаары көрүөлээтэ.
- Ону баҕас билэбит… — Вася күөл күөх урсунун одуулаһа олорон хоруйдуур.
- Үөрэҕи өйдөөн бөҕө… Орто оскуолаҕа оройуон киинигэр тахсан үөрэниэхпит. Онно тахсыахха, таҥаспыт букатын суоҕун кэриэтэ… — Мин оргууй аҕай хоруйдуубун.
- Таҥас-сап суох диэн сүрүн төрүөт буолбатах,—Коля биһиги диэки эргилиннэ,— билигин оҕо үксэ таҥаһа-саба мөлтөх. Олох өссө да көнө илик. Ити барыта алдьархай даах сэрии содула. Бу ыарахан кэми тулуйуохха эрэ наада. Сотору үчүгэй олоххо тии йиэхпит.
Балачча саҥата суох олоробут.
- Онон, эһиги кытаатан харчыны булар иһин кыһалла сатааҥ, — кэмниэкэнэҕэс Тимка тыл ыһыгынна.
- Ону хайдах булабытый? Холкуоска харчы суох. Үөрэххэ барар буоллахха харчы хайаан даҕаны наада. — Вася хайдах эрэ мунаарбыттыы эттэ.
- Уолаттар сөпкө этэллэр,—Коля сөбүлэстэ.—Холкуоска харчы суох, сотору кэминэн да баар буолар чинчитэ биллибэт… Эти, арыыны, бурдугу абаансанан эрэ биэрэллэр. Ону даҕаны баар буоллаҕына. Онтукаҕыт да суох. Быйыл үүнүү төрүт мөлтөх. Арай эбии булунарга кыһын түүлээхтээн, сайын күтэрдээн, моҕотойдоон кыраны эбиниэххэ сөп. Кыра да буоллар, син харчыга туталлар. Оннук буолбат дуо?
- Оннугунан оннук да… — мин эмиэ мунааран турдум. — Чэ, буоллун. Аҕыйах харчылаах буолуохха. Арай онно тиийбиппит кэннэ интернакка ылбатыннар. Оччоҕо?
- Тоҕо ылыахтара суоҕай! — Коля оннуттан ойон турда, икки илиитин ыстаанын сиэбигэр уктан баран, төттөрү-таары хаама сылдьан омуннаахтык саҥаран күүдэпчи лэннэ. — Хайаан да ылыахтаахтар. Иккиэн аҕата суох тулаайахтаргыт. Ыраах, тоҕус көстөөх, сиртэн айаннаан кэлбит оҕолору интернакка ылбат оскуола салайааччылара бааллар үһү дуо? Көр да маны!
- Баар буолуохтарын да сөп, — Тимка холку баҕайытык саҥарар. — Билигин оҕо үксэ тулаайах. Аҕалар, убайдар сэриигэ баран былдьаммыттара аҕыйах сыл ааста буол бат дуо? Итиннэ мунаарыахха сөп. Өскөтүн, ылбатахтарына, райкомҥа, райсовекка сыл дьыахха. РайОНО диэн оскуолалары салайар тэрилтэ эмиэ баар, онно сылдьан, усу луобуйаҕытын барытын кэпсээҥ, туох баарынан, кырдьыгынан. Хайа кыалларынан мантан ыспыраапкаларда хомуйсан барыҥ, оннук буолбат дуо?
- Оннук, оннук!
- Санааны эрэ түһэримиэххэ наада, — Тимка кэпсэтиини түмүктүүрдүү эттэ уон- на оннуттан турда.
Күн саһарҕата кытара кыыһан саспыта ыраатта. Эрэһээрэһэ долгуннарынан дьи римнии турбут күөл барахсан эмиэ сынньанардыы нуурайда. Эмискэ сир-дойду чуумпура иһийдэ.
Биһиги кыратык хаамса түһэн баран, дьиэ дьиэбитигэр тарҕастыбыт. Тимка дьиэтин ырааҕырҕатан, миигин кытта хонуох буолла.
Окко киирии буолла. Киэҥ Күөл ыаллара хойутаан да буоллар тутуспутунан сайылык тарыгар тахсыбыттара. Миигин маҥнай утаа охсууга ылыах буоллулар, онтон хойутуу
кэбиһиигэ барыаҥ диэтилэр. Билигин от тэрилин оҥостуута, мэччирэҥҥэ сылдьар көлүнэр аттары тутуу, араас бүппэт үлэ түбүгэ билигин да үгүс. Миигин адьас улахан киһинэн ааҕаллар. Биригэдьиир Коля: «Үчүгэйэ, эйигин үлэ кыайтарбатах сиригэр ыытыахпыт», — дии-дии, күлэр-салар.
Биирдэ ону-маны үлэлээн баран, ыкса киэһэ өтөхпөр хоно баран иһэммин, Үөс Хорууга кыратык олоро түһэргэ сананным. Арааһа, убайым абаҕам оҕонньордуун кэл- биттэр быһыылаах, ол диэки сүгэнэн мас мастыыр тыас иһиллэр. Абаҕам Өлөксөй оҕонньор, түргэн туттуу муҥутаан, хааһыны баҕас буһара оҕустаҕа. Соторутааҕыта иккилии киилэ туорах бурдугу абаансанан биэрбиттэрэ, онон билиҥҥитэ, бурдук баа рын тухары, үлэ күөстүү оргуйара чахчы…
Миэхэ биир санаа ааспакка-арахпакка ыар таһаҕас буолан сөҥөн сылдьар. Түүн да аан- ньа утуйбат буоллум. Ол, оройуон киинигэр ахсыс кылааска үөрэнэ барарбар, кэтэр таҥаһым суоҕуттан. Баар-суох таҥаһым кэтэн олорорбунан бүтэр. Оскуолаҕа биэрбит көстүүмнэрин интернакка илдьэ хаалбыттара. Ыстааным абырах бөҕөтө. Таҥаһым алдьаммытынан этим көстө сылдьар. Эгэ, уларыттар кэлиэ дуо? Суох буоллаҕа. Абы рахха сөп түбэһэр таҥас эмиэ суох.
Тимкалаах Коля, мантан үс көстөөх сиргэ саҥа үлэлии кэлбит экспедицияҕа, көлөлөрүгэр от оттуурга кэпсэппиттэр. Ходуһалара өтөрүнэн оттоммотох үрэх баһын сүнньэ үһү. Халлаан эрэ турдар, оту оттуохтара, оччоҕо харчыны да аахсыахтара. Вася ыаллыы нэһилиэккэ аймахтарыгар күүлэйдии барбыта да, сураҕа, онно сайылыыр курдук этэллэр. Тэрилтэлэргэ быстах-остох үлэлэргэ сылдьан харчылаһарын туһунан убайа Коля кистии-саба эппитэ. Вася сөпкө быһаарыммыт, онтон мин буоллаҕына бу олоробун…
- Быйыл интернакка ылбатахтарына үөрэммэккэ хааллахпына ардым ыраатар, үөрэхтэн матыахпын да сөп. Онон хайаан да үөрэниэхпин наада. Саатар, аҕам быстах оһолго түбэһэн эрдэ суорума суолламматаҕа буоллар, маннык санааҕа-онооҕо түһүө суох этим. Тугу да быраҕан туран, булгуччу үөрэттэриэхтээҕэ хааллаҕа. Ийэм эрэйдээх, аҕам суох буолуоҕуттан, эмискэ ыарыһах буолла. Хотонугар да бэрт эрэйинэн тахсар. Көмөлөһүөх айылаах чугас уруу-аймах эмиэ суох курдук. Оо, аҕам, аҕам… Эмиэ кэҥэриим аһыйбытынан барда, хараҕым уута субуруйбутун бэйэм да билбэккэ хаалабын… Тиийиммэт түгэммэт диэн… Сор да буолар эбит. Аҕам баара буоллар…
Өр олорбуппун. Күн киирбитэ ырааппыт. Дьонум буруолара-тараалара сүрдэммит. Олорбут сирбиттэн туран, санааҕа-онооҕо баттатан, дьонум диэки саллаҥнаатым.
Бүгүн холкуостаахтар уопсай мунньахтара. Сарсын окко киирии. Киҥкиниир киэҥ халлааҥҥа, баата курдук, тунаа маҥан былыттар туналыһа усталлар. Кэрии тыаттан кэҕэлэр бэйэ-бэйэлэрин кытта куоталаспыттыы чоргуйаллар. Куйаас күн буолар чинчилэннэ.
Окко барааччылар, бары, мустан, хонтуора дьиэтин таһыгар төбүрүөннээн олордулар. Ыраах олорооччулар, сорохтор атынан, сорохтор оҕуһунан, кэлбиттэр. Окко киирии кэлэн дьон сэһэнсэппэн бөҕө. Мин дьоннор быыстарыгар олорунан кэбистим.
- Икки оҕонньортон ураты бары кэлбиккит, – холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан мунньаҕы холкутук саҕалаата. – Билэргит курдук, от үлэтэ саамай былдьаһыктаах кэм. Былааны ыйыллыбыт болдьоххо, өл да төрөө, толорон иһиэхтээхпит. Ханнык да сээбэҥнээһин суох буолуохтаах. Этилиннэ – бүттэ, толоруох тустаахпыт. Партия ыйыыта оннук. Сарсын окко киирэбит. Маҥнай сиилэс угуутуттан саҕалыахтаахпыт. Быйыл аспыт чааһынан кырыымчыкпыт. Туорах бурдук бэрт кыра баар. Ону отчуттарга, эһиэхэ эрэ, түҥэтиэхпит. Итигирдик. Ыйытыы баар дуо?
- Миэхэ баар, – ыраах учаастакка олорор Сөдүөт оҕонньор оннуттан оронон турда.
- Бэйи эрэ, мин манныгы ыйытабын. Быйыл саас сир хараарыыта хатаабыта, онон сир хойутаан сылыйбыта, онуоха эбии ардах букатын түспэтэҕин кэриэтэ, от үүнүүтэ олус мөлтөх. Сарсын бэс ыйын 25 күнэ дии. От арыый ситэрин кэтэһэн, аҕыйах хонугу аһаран баран, үлэни саҕалаатахха хайдах буолуой?
- Бу оҕонньор туох да суолтата суоҕу чаабыргыы турар, – Уйбаан сирэйэ тыйыһыра түстэ. – Ол биһиги көҥүлбүт үһү дуо? Үөһэттэн ыйанкэрдэн биэриилэрэ оннук. Партия ыйыыта – сокуон, ону хайаан да толоруохтаахпыт. Өйдөөҕүмсүйэр букатын сатаммат. Оттон сөбүлэспэтэххитинэ райкомҥа баран, бэрт дьон көннөттөрүҥ ээ. Өссө ыйытардаах, ким баарый?
Ити кэнниттэн күннээҕи үлэҕэхамнаска сыһыаннааҕы үстүөрт киһи ыйытта. Оттон мин харса суохпун киллэрэн:
- Маннааҕы оскуоланы бүтэрэн, күһүн оройуон киинигэр салгыы үөрэнэ барааччылар хаһан үлэттэн босхолонуохтарай? – диэн ыйыттым.
–Үлэлии иликкититтэн бараргыт эрэ туһунан толкуйдуу сылдьаҕыт дуо? Онуоха диэри бириэмэ баар. Ол эрээри биири сэрэтэр курдук этэбин: оройуон киинигэр барааччылар үөрэх аһыллыа үс хонук иннинэ биирдэ босхолонуоххут.
Мунньах бүттэ. Кэпсэтии барыта от үлэтин туһунан. Дьон миэстэлэриттэн туруталаан, тарҕаһан бардылар. Бэйэм истиҥник саныыр, билэр кырдьаҕастарбыттан, ээрсэмээр сылдьан, биир бүөмчү санаабын ыйыталаһарга сананным.
Сэмэн оҕонньор барардыы тэриммит быһыылаах, дьон ортотуттан тахсан тэйиччи, кыладыапсык Бүөтүртэн ылбыт быатынтуһаҕын сааһылыы турарыгар тиийдим.
- Дорообо, кырдьаҕас, хайдах олороҕутуй?
- Үчүгэй, тоойуом, этэҥҥэ олоробут. Бэйи эрэ, бу хайаларын оҕото этигиний? Эчи, оҕо да улааппытын киһи билбэт буолан иһэр, Бэһэ!
- Өлөксөй кыра уолабын, – Сэмэн оҕонньор аҕабын бэркэ билэр этэ.
- Ээ, сөп-сөп, өйдөөтүм. Ол барахсан уола эбиккин дии.
- Мин тугу кистиэмий, эйигин билэрдии көрдөһөөрү гынабын. Мин бу оскуоланы бүтэрэн, быйыл күһүн оройуон киинигэр киирэн үөрэниэхтээхпин. Онно үөрэнэрбэр, харчыланар наадаттан, күтэрдиэм этэ, онуоха чааркаан диэн мэлигир киһитэбин. Эһиэхэ биир эмит баар буоллаҕына, уларыстаргын абырыаҥ этэ.
- Ээээ, – оҕонньор уһун баҕайытык эҥээриттэ. – Харчы булаары? Эрэйдээҕи даа… Бокуонньук баара буоллар, бука, маннык кыһалҕаҕа киллэриэ суоҕа этэ, ол чахчы. Мас чааркаан баҕас дэлэй буолуохтаах, хата, эргэрдэхтэрэ буолуо, оттон тимир аҕыйах баар. Тыый, атаспар биэрэн бөҕө буоллаҕа дии, оччо туруммут киһиэхэ. Чэ, бу киэһэ тиийэ сылдьаар. Сөп дуо?
- Сөп, сөп. Сэмэн, тиийэ сылдьыам. Ыстапаан оҕонньортон көрдөспүппүн эмиэ сөбүлэстэ. Хайаан да биэриэх буолла. Өссө «күһүн, өскөтүн, үөрэммэккэ хааллаххына, тимир туһаҕынан хааччыйыаҕым, куобах мэнээҕэ кэллэ», – диэн үөртэ.
Онон оҕонньоттортон уонча капкааны уонна хас да мас чааркааны ыламмын эмискэ байа түстүм. Билигин үлэм быыһыгар-ардыгар киэһэ, сарсыарда күтэрдиир кыахтанным. Сүрэҕэлдьээбэтэхпинэ сатанар. «Сүрэҕэлдьиир буоллуҥ да, ол кэриэтэ букатын бултаабатаҕыҥ ордук», – диэбитэ Сэмэн оҕонньор.
Онон киэһэ, сарсыарда күтэрдиибин. Ону таһынан аны дьоммор көмөлөһөбүн, оттоон кэлээт да, быыска-арыкка бурдук тардыһабын. Урут ийэбит ыалдьыбат эрдэҕинэ, бурдук тардан, лэппиэскэлээн бэлэмниирэ. Ол үчүгэй этэ. Билигин оннук буолбатах. Бэйэбит уочаратынан тардынан аһыыбыт. Сайылыктан ийэбит сүөгэй эбэтэр кыра арыы сыыһа ыытар, өссө өр буола-буола иэдьэгэй кэлэр, сонуҥҥа бу үтүө ас буоллаҕа. Чэ, уонна бэйэбит тугу булбуппутунан аһаан-сиэн олордохпут. Төһөнөн тото-хана аһыыгын да, соччонон үлэҥ таһаарыылаах буолар. Соторутааҕыта биир боломуочунай инньэ диэбитэ.
Бүгүн иккис күммүт. Маҥнайгы омурҕан буолла. Эмиэ бэҕэһээҥҥи курдук, оттуллубут уокка туох да быыһа-арда суох гына чаанньыктар кэчигирээтилэр. Уонтан тахса чаанньык. Араас чаанньыктар: үрүҥ, хара хаппахтаах, хаппаҕа суох, тутаахтаах, сорохтор тутааҕа тостубут, онон-манан хомуллубут, тумса эмтэрийбит, «үтүөбүтүн көрүҥ» диэбиттии, оллооннорго иилиллибиттэр. Маны көрөн мин:
- Доҕоттоор, биир уокка бачча элбэх чаанньыгы туруорбакка, биир улахан иһити туруордахха хайдаҕый? – диэтим, дьоммун кэриччи көрөн баран.
- Оннук иһити хантан ылабыт? Ханна эрэ сытарын көрдүҥ дуу? – ким эрэ эҕэлээхтик сөҥөдүйдэ.
- Этэргэ дөбөҥ, булуохха наада.
- Сүүрбэччэҕэ чугаһыыр киһи аһыырыгар балачча истээх иһит наада. Оннук иһити ытынан да ирдээн булбаккын.
- Икки да биэдэрэ сөп буолуо этэ.
- Сиэдэрэйин, биэдэрэ ээ… Фермаларга биэдэрэлэрэ суох буолан, бэҕэһээҥҥэ диэри Марыынаны «туоһунан иһиттэ тик» диэн соруйсаллар этэ, эмиэ кыһалҕа. Туос ыаҕаһы кини эрэ сатыыр үһү.
- Буоллаҕа…
Уокка турбут чаанньыктар утуу-субуу оргуйан төлүтэ биэрэллэрин кытта, эһэ охсон ылан, чэйдииргэ тэриммитинэн бардылар. Саҥа-иҥэ эмискэ хам барда.
Булдум тоҕо эрэ мөлтөх. Сатаабаппын быһыылаах. Күтэр да булт буоллаҕа дии, онон сэниир табыллыбат. Мас чааркааннарынан урут туттубутум суох, оттон хапкааны билэбин. Урут кутуйах бөҕөнү бытырҕатарым.
Күн кытара кыыһан киирдэ. Салгыы сөрүүтүйдэ. Үлэм кэнниттэн чааркааннарбын кэрийэн иһэбин, сатахха, атах сыгынньах буоламмын, онон-манан сылдьан, дьагдьайыах курдук буоллум. Этэрбэһим суох, ийэм улларыаҕым диэхтээбитэ да, ыарыйдаҕа. Атах таҥаһынан бары да иэдэйдибит. Бэҕэһээ кэпсэтэллэриттэн иһиттэххэ, уопсай сүөһүттэн отчуттарга анаан өлөрүөх буолбут сүөһүлэрин тириитин сааппы таҥаһыгар үллэриэх буолан эрэллэрэ. Онтон маппатах киһи, хата, умнан быһа сытыйарым буолуо. Кэтэх сүөһү тириитэ эбитэ буоллар тыһын быһа баттаталаан ылыллыа этэ. Уоннааҕыта атын таҥас оҥорууга аналлааҕын ким барыта билэр. Сааппы диэн киһи атаҕын тилэҕин эрэ сабар сүрдээх боростуой таҥаһы ааттыыбыт. Атахха сөп буолары тыстан быһа баттаан ылаҕын, тула өттүнэн тэһитэ үүттүүгүн, ситиинэн тиһэҕин. Атаххын ол үрдүгэр ууран баран, ситиинэн түүрэ тардан баран, баайан кэбиһэҕин. Атаххын олбу окко-маска, хадьымалга тоҕута-хайыта үктээбэккин. Хата, түүтэ таһыгар буолан, эрдэ сараланар, оччоҕо халтараана киһини эрэйдиир. Сорохтор киһи атаҕа сытыйар, атаҕын тарбахтарын быыһа бааһырар диэн сөбүлээбэттэр, оччоҕо сайыны быһа атах сыгынньаҕын сылдьаргар тиийэҕин.
Бок! Күөл манчаарытын аттынааҕы мас чааркаан эстэн, иҥнэри түспүт. Сүүрүүнэн тиийдим, от быыһыгар турар чааркааммын сулбу тардан ыллым да, харахпын тиэрэ көрөн кэбистим. Пахыый, баҕа баҕайы морбойбут дии! Дьонум биллэхтэринэ төһө эрэ күлэн сордууллар. Оо, иэдээн… Суох! Кимиэхэ да кэпсээбэтэхпинэ сатанар. Букатын!.. Тырайбыт биир лабаатыттан ылан чааркаантан араардым, ыраах хонууга элээрдэн кэбистим. Мантан ыла санаам улаханнык түстэ, хас да чааркааны көрдүм да, кураанахтар, ол тумуска хайдаҕа буолла… Үчүгэй сир дии санаан, икки хапкааны ииппитим. Чугаһаатым. Ханна эрэ тимир кылырҕаата. Өссө кэлэн истим. Онтон, доҕоор, «маат-маат» дии-дии көҕөн көтөөрү өндөҥнүүр да, кыайан көппөккө кынатынан даллаахтыы сытар эбит. Били ииппит сирбэр иҥнибит. Үрдүгэр саба түстүм… Көтөөрү сылдьар көҕөн оҕото эбит. Күтэр оннугар көҕөнү ылыы, дьиҥинэн куһаҕана суох эрээри, тоҕо баҕа, кус иҥнэллэрин сатаан санаабаппын, тугу эрэ сыыһарым дуу… Ол да буоллар, санаам бултуйарга эрэ, тоҥмутум ааста. Иккиһим кураанах. Көҕөммүн мааҕын маҥнайгы чааркааммыттан ылбыт күтэрбин кытта холбуу тутан салыбыраппытынан дьиэлээтим. Дьиэм тэйиччи. Сүүрэр-хаамар икки ардынан элэгэлдьитэн истим.
Хайдах эрэ маннык үтүө киэһэҕэ, сатахха көҕөн уонна… ээ, пахай, сатананы санаамыах, хата, хоһоон айан, киҥинэйэн да буоллар, ырыата ыллыахха…
Дьиэбэр тиийэн кэлбиппин билбэккэ да хааллым. Дьиэм аанын таһыгар Өлөксөй оҕонньор кэтэһэн тураахтыыр.
- Хайа, тоойуом, ырыа-тойук буолаҥҥын тугу бултаан-алтаан кэллиҥ? – Онуоха мин саҥата суох көҕөннөөх күтэрбин үөрдэ-көтүтэ утары ууннум.
Киэһэ ороммор сытан бараммын:
- Эбэбит, Киэҥ Күөлбүт, туһунан тугу билэргин кэпсээбэккин ээ, – диэн оҕонньортон көрдөстүм.
- Тоойуом, арааһа, кыаллыбата буолуо. Ол эрээри…
Мин кыра эрдэхпинэ оҕонньоттор үһүйээн курдугу кэпсииллэрин истэрим. Арай былыр чороҥ соҕотох биир тоҥус Алдан өрүһүнэн туос тыынан устан иһэн, бэтэрээ кытылга сынньаммыт. Онтон сыыр үрдүгэр тахсан турдаҕына, соччо ырааҕа суох тыыраахы, хопто эймэҥнэс саҥаларын истибит. Онуоха «Арааһа, улахан алаас баар буолан, ол күөлүгэр айманар саҥалара буолуон сөп, тахсан билиэххэ», – дии саныыр. Ох саатын ылар да, суола суох түҥ тыа устун сирэйин хоту барар. Омурҕаҥҥа тиийбэт айаннаан бу күөлгэ кэлэн иҥнэ түһэр. Кырдьык, киһисүөһү олохсуйа илик үтүөкэн дойдута буолан биэрэр. Манна олохсуйбут. Ол буолан баран туох кэргэннээҕэ, оҕолооҕоуруулааҕа биллибэт. Кини кэлиэҕиттэн ыла Киэҥ Күөлгэ да, атын да сирдэргэ тоҥустуу ааттаах сирдэр, күөллэр баар буолбуттар. Чэ, холобур, Муонда, Тэгэнээн диэн күөллэр. Кырамда алааһа, Дьүөлэкээн аартыга диэн сирдэр баар буолбуттар. Ити туох да мөккүөрэ суох тоҥустуу ааттар. Онон бу эргин тоҥус олохсуйан олорбута чуолкай курдук. Кэлин сахалар бу сири баһылаабыттар. Биллэн турар, улахан охсуһуу кэнниттэн, тоҥустар күүстэрэ кыайтаран хоту сыҕарыйбыт буолуохтаахтар. Ох саалар элэмтэлэрин, охторун онтонмантан булаллара эбитэ үһү. Букатын кэлин, олох уларыйыытын саҕана, бу дойдуга, сирэ-уота чиэскитин, түҥкэтэҕин иһин, ханнык да үрүҥ-кыһыл сэриитэ буолбатаҕа, манан суолламматахтара даҕаны. Киһи-сүөһү кэлин элбээн эрэр. Тоҕо диэтэххэ, бу дойду булда-аһа, көтөрө-сүүрэрэ дэлэйэ дьон олохсуйарыгар сөрү сөп быһыылаах. Аны маннык баар. Эн санаан көр эрэ, маннааҕы олохтоохтору, чугас эргин нэһилиэктэри да ылан көрдөххө, ааппыт, араспаанньабыт, барыта нууччалыы. Ол аата сүрэхтэниини адьас соторутааҕыга диэри ылыммыттар. Киһи билэринэн, бу эргин 30с сыллаахха диэри аҕабыт, таҥара үлэһитэ бааллара биллэр. Эн миэхэ чугас эркинтэн биир эмэ сахалыы ааттаах киһини этэн кулу эрэ. Эн оннугу булуоҥ суоҕа. Хата, ол оннугар биир ыалга үстүү, иккилии биир ааттаах дьону булар дөбөҥ. Ыраата барбакка, ылан көрүөҕүҥ: Ыстапаан оҕонньору. Кини биэс уолуттан үс уола Бүөтүр диэн ааттаахтар: Петр I, Петр II, Петр III. Аат баранан оннук ааттаммыт үһүлэр дуо? Суох, оннук буолбатах. Бөтүрүөп таҥара чугаһыгар, ол аата иннигэр-кэннигэр төрөөбүттэр. Бүттэҕэ – ол. Таҥара ыйааҕа – сокуон. Ыстапаан оҕонньор барахсан кыһыйар кыһыйыыта ол этэ. Былаас оҕонньордооххо икки Маайа, Өлөксөйдөөххө ийэлэриниин үс Маайа… Онон биһиги бу эҥээргэ соторутааҕыта соҕус кэлбит курдукпут… Тоойуом, онон сирдойду үчүгэй буоллун, куһаҕан буоллун – син биир бэйэтэ туһунан остуоруйалаах, сэһэннээх. Ону өйдөөн кэбис… Арааһа, түүммүт ыраатта быһыылаах. Утуйан көрүөххэ, – диэтэ оҕонньор уонна дириҥник үөһэ тыынан баран, улаҕа хайыста.
Биирдэ күнүскү эбиэт саҕана арай кимнээх эрэ этиһэн моргуһар саҥалара иһилиннэ. Ону муодарҕаан чугаһаан истибиппит, бугулдьут Мэхээс, мунньааччы Сөдүөччүйэ этиһэр эбиттэр. Мин этиһии, иирсээн сүрүн төрүөтүн билбэтим, биир кэм «эн билбэккиттэн, акаарыгыттан билээҕимсийэҕин», «билээҕимсийимэ»… диэн тыллар хойуутук иһиллэллэр. Сытыы тыллаах, түргэн саҥалаах кыыс баһыйыах курдук. Мэхээс эр киһи буоллаҕым буолан, тыл туустааҕынтумалааҕын этэ сатыыр, онтон кэлин туох даҕаны булан этэрэ суох буолла быһыылаах, ол-бу диэки көрөн баран:
- Олус тылыгыраама. Хомууна диигин дуу, хайа хаппыт диигин дуу, ханнык да олох кэллэҕинэ биһиги эр дьон барахсаттар хаһан баҕарар дьахталлардааҕар үрдүкү буола туруохпут, – диэтэ. Улаханы эттим оҥостон атырдьаҕын ылла да, ситэ да аһаабакка ходуһа диэки хааман ходьойо турда. Дьоннор эҕэлээх тылы истэннэр күлсэн күүгүнэстилэр. Дьон көҕөр мин эмиэ күлүстүм буолан баран, этиһии кэнники этиитин кыайан өйдөөбөтүм.
Киэһэ хараҥаҕа дьиэбэр кэлэн баран, ороммор сытан эрэ эмиэ ити этиини санаан кэллим. «Хаһан баҕарар… үрдүкү буола сытыахпыт… Үрдүкү… Хайдах, хайдах буолаҕыный?» – Санаа мучумааныгар түстүм. «Үрдүкү…» Онтон биирдэ ким эрэ кэлэн сипсийбитинии, өйүм эмискэ дьэҥкэрэ, ырааһыра түстэ. «Өйдөөтүм… Өйдөөтүм… Һа! Һа! Бу Мэхээһиҥ өйүккэтин көр эрэ… Кырдьык даҕаны… Ол да иһин дьон мээнэҕэ күлсүбэтэхтэр эбит. Сөп… Сөп…»
- Хайа, билигин да утуйа иликкин дуу? – оҕонньор таһыттан киирэн, үөһэ көхөҕө киэпкэтин иилэ быраҕабыраҕа ыйытта.
- Ээ, иликпин… Ону-маны санааммын…
- Эдэр киһи санаамына, – оҕонньор хараҥаҕа мүчүҥнээтэ быһыылаах, кэлэн оронугар олордо. – Киһи былыр эдэр эрдэххэ хаһан да кырдьыа суох курдук сананара. Туох барыта чэпчэки, судургу, кыайыа суоххун кыайар курдук туттарыҥ. Эдэр саас санабыллаах, үтүө кэм буоллаҕа… Билиҥҥи кэмҥэ үөрэхтээх, билиилээх киһи өлөн-охтон биэрбэт кэмэ иһэр быһыылаах. Ол биһиги саҕана диэхтээн…
- Аҕам үөрэттэрэр тыллаах этэ… – оргууй аҕай ботугуруубун.
- Ол барахсан булгуччу үөрэттэриэх тыллааҕа… Ону дьылҕабыт, оҥоһуубут кэрэгэй буоллаҕа… – оҕонньор хаҥас диэки хайыһан кэбистэ. Ити аата, киниттэн бу киэһэ биир да тылы истибэккин. Сотору мунна тыаһаата.
Иккис омурҕаммытын саҥардыы аһаары олордохпутуна, күөл арҕаа өттүнэн айан суолун устун икки аттаах киһи иһэрэ көһүннэ. Кэнникитэ холкуос бэрэссэдээтэлэ Уйбаан буоларын ата көҕөччөрүттэн тута биллибит. Оттон биирдэстэрэ кимин хайабыт да билбэтэ. Итинник муус маҥан улахан ат чугас эргин баара биллибэт.
Дьоммут кэтэһиннэрэ барбатылар, эттээх аттарынан өрө бидилитэн бу тиийэн кэллилэр. Билбэт мааны киһибит атыттан чэпчэкитик сулбу ойон түстэ, килбэчиһэн көстөр саппыкытын көннөрүннэ, саҥатыҥы тараах болтуотун тэбэннэ, хортууһун күрүө биир тоһоҕотугар иилэ бырахта уонна бэрэссэдээтэли кытта биһиэхэ чугаһаан кэллилэр. Бары одоҥдодоҥ дорооболостубут.
- Бу оройуон кииниттэн отчуттары кэрийэ сылдьар боломуочунай Тарбахов диэн табаарыс. Эһиги үлэҕитин көрө, кыратык аан дойду балаһыанньатыттан билиһиннэрэ түһээри кэллэ. Онон аһаан бүтэн баран, итиннэ от таһыгар күлүккэ мустуҥ, – диэтэ Уйбаан уонна киһитин илдьэ, ситэ кэбиһиллэн бүтэ илик от диэки барда. Оччону истибит дьон, биһиги сып-сап хомунан, от күлүк өттүгэр тиийэн төбүрүөннээн олордубут.
Киһибит кэпсииргэ бэлэмнэннэ. Болтуотун тимэхтэрин төлөрүттэ, хара ньаассын баттаҕын уҥа илиитинэн үөһэ анньынна, ол кэннэ сис тутунна.
- Чэ, табаарыстар, эһиги, сайыҥҥы күөх быйаҥы хомуйааччылар, үлэҕитигэр ыксыы-тиэтэйэ олороргутун өйдүүбүн. Онон уһата-тэнитэ барбакка эрэ сүрүн тиэмэбэр быһаччы киирэбин. Алдьархайдаах сэрии бүтүөҕүттэн ыла сэттэ сыл ааста. Бу кылгас кэмҥэ биһиги героическай норуоппут сэрии урусхаллааһынын барытын оһорунна. Аны иннин диэки сайдар суолга турунна.
Ити сонуну истэн баран, биһиги сөҕөр саҥа аллайыыларбытын таспытыгар таһаарар дьон буоллубут.
- Туһугар бу да кыайыы!
- Сүрдээх да ситиһии…
Боломуочунайбыт салгыы кэпсиир:
- Эппитим курдук, биһиги аны иннибит диэки сайдыы суолунан кимэн киириибитин саҕалаатыбыт. Бухатыыр советскай норуот, киһи аймах дьулуһар дьулуһуутугар, коммунистическай обществоны тутууга сыыйа киирэн эрэр. Ол коммунизм туохха да тулхадыйбат модун кириэппэс акылаата буолар. Табаарыстар, биһигини бука барыбытын дьоллоох-соргулаах олох балысхан үлэтэ күүтэр. Ол аата үлэ, үлэ уонна өссө үлэ кэтэһэр!
- Үлэлээн бөҕө буоллаҕа…
- Ама, аккаастаныахпыт дуо… – отчуттар сөҕүүлэрэ, саҥа аллайыылара элбээн истэ.
- Коммунизм араскылара өр күүттэрэ барыахтара суоҕа. Сотору кэминэн баар буолан иһиэхтэрэ. Холобур, атыылааччыта суох маҕаһыыннар сир аайы үлэлиэхтэрэ. Эн аскын астанан бириэмэни ыытыаҥ суоҕа, остолобуойга, рестораҥҥа киирэн бэлэми аһыаҕыҥ. Ол буолуоҕа олох үчүгэйэ диэн. Быһатын эттэххэ, хас биирдии советскай киһи дьоҕурунан, сөбүлүүрүнэн үлэлиэҕэ, сөп буоларынан аһыырын, таҥнарын ылыаҕа. Онон билиҥҥи эдэр ыччаттан үөрэх эрэ ирдэниллэр. Ол коммунистическай обществоны тутууга сүрүн күүһүнэн буолуоҕа. Оччоҕо билиҥҥи итирикситтэр, уоруйахтар, түөкүттэр, туох баар куһаҕан түктэри быһыылара коммунизм кэмигэр музейга туруоруллуохтара.
Ити кэнниттэн Тарбахов аан дойдуну эргийэн баран, американскай империалистар биһигини утары, куорҕаллыыр үлэлэрин туһунан балачча кэпсээтэ.
- Аан дойду туһунан кылгас билиһиннэрии ити курдук! – боломуочунай бүттэ быһыылаах, харытыгар иилинэ сылдьар чаһытын көрдө уонна сис туттан баран, биһиги ыйытыыларбытыгар хоруйдуурга бэлэм турда.
Инники олорооччулартан ким эрэ ыйытта:
- Ходуһаттан күн киирбитин, сиик түспүтүн кэннэ тахсан, аны бурдук тардынан аһыыбыт. Онтон түүн кэтэх уһаайбабытыгар от мунньабыт, кэбиһэбит. Ити эн кэпсиир үйэҕэр ол, саатар, бурдук тардыыта тохтуо дуо?
- Олох чахчы көнүөр диэри бурдугу тардыахтааххыт. Үлэлиэххэ наада. Үлэ киһини үөрэтэр. Аан бастаан ону өйдүөххэ. Эн үлэлээбэккэ олордоххуна, ким да айаххар ас уган биэриэ суоҕа. Социализм принципиальнай боппуруоһа ити тиийэн кэллэ. Үлэлээ да аһаа, онтон сынньан, өйдөөтүҥ дуо?
Хас да боппуруоһу ыйыттылар. Мин эмиэ өрүү саныы сылдьарбын ыйытан саайдым:
- Манна чугаһынан орто оскуола суох, онон Ытык Күөлгэ тахсан үөрэниэхтээхпит. Онно барар оҕолор хаһан үлэттэн босхолоноллоруй?
Тарбахов хоруйдуон иннинэ бэрэссэдээтэлбит быһа түстэ:
- Билигин ити туһунан үөһэттэн туох да ыйыыкэрдии кэлэ илик. Үлэлииргитин эрэ билиҥ!
Наһаа кыһыйдым, үөһэттэн буола-буола. «Ким этэрдээҕий?» диэн, Уйбаан уһун сирэйин өссө уһата сатыырдыы, дьону эргиччи көрүөлээтэ.
- Американскай империалистар умса сытыйдыннар! – кыыһырбыт уохпар хаһыытаан кэбистим.
- Вот, уот харахха эттэ! – Боломуочунай өссө хайгыыр киһи түбэстэ, илиитин мускуммахтаата. – Кылгас, быһаччы, ол буолан баран, сүрүн санаа, идея барыта этилиннэ. Этии быһыытынан ылыныахха саамай сөптөөх, өссө?
Мунньах бүттэ. Ыалдьыттарбыт аттарын күөл илин өттүнээҕи суолунан салайа туттулар. Ити аата, Чуппулууллар, оннооҕу биригээдэҕэ тибилиннэрэ турдулар.
Ардах кэлэрэ сарсыарда эрдэттэн билиннэ. Олоон, илинтэн күүстээх тыал түстэ. Оппутун сүгүн кэбистэрбэтэ, онон кэбиһиини тохтоттубут. Киэһэлик илинтэн хара былыт өрө халыйан тахсан иһэрэ көһүннэ. Киһи барыта эрдэ охсуллубут, куурбут оту мунньууга турунна. Ол эрээри ардах тиэтэйбиттии түспүтүнэн барда. Маҥнай, соһуйуохпут иһин, тобураҕынан ыһыахтаммахтаата, кэлин сыыйа налыйан, өтөрүнэн түспэтэх күүстээх ардах кутта. Төһө да ыксаабыппыт иһин, мунньуу кыайан бүппэтэ. Дьоннор, сүүрэр-хаамар икки ардынан, дьиэлэрин былдьастылар. Үгүстэр сайылыктарыгар бардылар. Ходуһаҕа биир да киһи хаалбата.
Мин буоллаҕына, баҕар, ардах аһыннаҕына чааркааннарбын көрүөм дии санаан, онно-манна сөрөнөн тура сатаатым да, туһа суох буолла. Ардах эбии күүһүрдэ. Моой оттуур Сөдүөт ампаара чугас баарын өйдүү биэрэн, онно ыстанным. Ампаарбар кэллим да, киһи баар сибикитэ биллибэт. Бу үлүгэрдээх ардахха ким хоно сытыа буоллаҕай, Сөдүөт ардах иннинэ дьиэлээтэҕэ.
Ааны тэлэччи аһан иһирдьэ киирэрбин кытта, дьахтар үөрбүт саҥата иһилиннэ.
- Хата, киһи кэллэ дуу? Уой, хайа, Гошаҕын дуу? Аата, доҕордонноҕум, – диэн аймана түстэ. Ону өйдөөн-дьүүллээн көрбүтүм – Уля диэн кыыс эбит.
- Уля, бу хайдах манна кэлэн хааллыҥ? – чахчы соһуйбуппун биллэрдим.
Уля сайылыкка ийэм аах таһыгар олорор. Ньирэй көрөөччү. Мааҕын сарсыарда уонча ньирэйэ тахсан баран хаалбыт. Чугаһынан көрдөөн баран булбатах, ону баҕар, Киэҥ Күөлгэ тиийбиттэрэ буолуо диэн манна кэлбит. Ол сылдьан ардахха баттаппыт. Ардах түспэтэҕэ буоллар, күөлү эргийэ барыахтаах эбит. Бу сүүрбэччэлээх, сытыыхотуу кыыс. Уолаттар өссө «ону-маны» барытын «билбит» курдук дииллэрэ. Барытыгар дьэллэм, аһаҕас, дьиҥэ да уолаттар кистии-саба кыыһы «Бэлэм Айах» диэн хос ааттыахтара дуо?!
- Кэл, чугас олор, – Уля ыга кууһан ылла. Дэлби сытыйан, дьагдьайан кэлбитим да, сотору буолаат, соһуччу кыыска куустараммын аны тиритэн кэллим. Сүрэҕим тугу эрэ таайан, күүскэ тэбиэлээтэ. «Сыппыт киһи» дии санаан истэхпинэ, Уля бэйэтэ урут тыл быктарда.
- Сыппыт киһи, – диэтэ.
Мин оччону истэн баран, олорорум кэлиэ дуо, Сөдүөт дьаарыстыы уурбут утуйар таҥаһын арыйа тардан тэлгии оҕустум. Итии итиибитигэр сыстан, хоонньоһон сытан кэбистибит. Тугун дьиктитэй, сүүрэн кэлбиттии аҕылыыбын, кыыһым түөһүн, хонноҕун аннын тутан, имэрийэн көрөбүн, сөҕүөм иһин сыпсымнаҕастар. Бу тухары кыыһым тугу да саҥарбат. Тиэрэ түһэн баран, налыйан сытар. Уоспуттан, моонньубуттан имэҥнээхтик уураамахтаан ылла.
Онтон… Хайдах эрэ тымныы уунан саба ыстарбыттыы, дьигис гына түстүм. «Букатын алдьархайы оҥорон эрэр эбиппин буолбат дуо?» – кыыс кууһа сытарыттан нэһиилэ төлөрүттэн, киниэхэ көхсүбүнэн буоллум: «Бу сытарбыт арай Наташа кулгааҕар киирдин… Өссө комсомолецпын эбээт? Төрүт сатаммат, куһаҕан дьыаланы оҥостон эрэбин буолбаат… Уля, бэлэм айах, сарсын ферма дьахталларыгар тупсаратупсара уустаанураннаан кэпсиэҕэ. Оо, акаары, хоҥ мэйии…» Өрүтэ уһуутаамахтаатым. Кыыһым да сэрэйдэ быһыылаах, кэннибиттэн кыбыс кытаанахтык кууһан сытта. Кэнникинэн арыый уоскуйан, ардах биир күрүс түһэн куугунатар тыаһын иһиллии сыттым. Абаҕам эрэйдээх хайаан да баар буолуохтаах. Бэйэтэ бурдугун тардан хааһылаан баран, маҥнай кэтэспитэ буолуо, онтон аһаатаҕа. Арааһа, кэлбэтэхпин дьиибэргээтэҕэ. Сайылыкка барбытым буоллар, хайаан да биллиэхтээҕим. Хата, киһитэ баара иччитэх ампаарга кыыһы кытта куустуһан сытар. Маны көрөрө буоллар, сиргэ силлиэ этэ. Ардах аһыннар… арыый тохтуу түстэр эрэ барыллыа, бултуур бириэмэ аастаҕа, хараҥаран эрэр дии.
Кыыс сылааһыгар угуттанан, кэлин устунан утуйан хаалбыппын. Тоҥоммун уһукта биэрбитим, кыыһым онно кураанах. Ыҥыран көрдүм. Саҥа суох.
Сулбу ойон туран ардах тыаһын иһиллээтим, онтукам хайдах эрэ намыраабыт курдук, барбах ибирдиир эрэ. Түүн да ырааппыт быһыылаах. «Иччитэх ампаарга соҕотоҕун хонуо суохпун» дии санаатым да, ампаарбыттан тахсаат, абаҕабар түһүнэн кэбистим.
Ардах сэллии-сэллии, икки күн устата түстэ. Биллэн турар, үлэнихамнаһы улаханнык атахтаата. Охсуллубут оту ууттан оруу сатаатыбыт. Үһүс күнүгэр туох да буолбатаҕын курдук, ыпыраас чэмэлкэй ааттаах күн үүннэ. Алаас иһэ эмиэ чыычаах көхтөөх көй саҥатынан туола түстэ.
Бүгүн хаһан да буолбатах үөрүүлээх күн үүммүт эбит. Холкуос ууһа Өйдөөх Миитэрэй нэһилиэк киинигэр сылдьан, сүүрэнкөтөн кэпсэтиһэн, мунньар массыынаны тиэйэн аҕалбыт. Кырдьык, улахан үөрүү. Урут атынан оҕустарар икки массыыналаах этибит, аны мунньар массыына эбилиннэ. Биһиги «коммунизм бастакы араскыта бу буолар» диэн, үөрүүбүтүн үллэстэбит.
Миитэрэй бүгүн, миигин көмөлөһүннэрэн, от мунньары таҥныбыт. Онтукабыт хас биирдиитин чааһа барыта тустуһунан ааттаахсуоллаах буолуохтаахтар да, оннооҕор кумааҕыта суох. Киһим онтон да иҥнибэт. Былыргылыы үс кылаас үөрэхтээх да, ханнык баҕарар механигы кытта тэҥҥэ аахсар кыахтаах. Биһиги Миитэрэйбит оннук киһи. Дэлэҕэ даҕаны Өйдөөх диэн аатырыа дуо?!
Таҥаска, кумааҕыга сууланан аҕалбыт бытархай тимирдэри: суруугу, буолтаны, гайканы тэһиппэккэ билэр, онтон атыныгар иккиэн тэҥнэһэбит, ол иһин күлсэбит. Чэ, быһаччы, хайа суруук, буолта ханна түбэһэриттэн талабыт, эрийэбит, эргитэнурбатан көрөбүт: тэбэрэ, анньара, баттыыра, хам туттарыылара эҥин диэн, өйбүт төһө тиийэринэн ааттаталыыбыт. Ол ордукка дылы, хайдах барытын өйгөр тута сылдьыаххыный. Хата, итиччэ булан ааттыырбытыгар махтал.
Күн ортотун диэкинэн таҥан бүтэрдибит.
- Билигин ат эрэ наада. Үлэлииргэ бэлэм буолла, – диир Миитэрэй, көлөһүнүн сотто-сотто. – Бу тэрили бэйэм үлэлэтиэхтээх этим да, уус буоламмын киһини сололооботтор. Ону-маны оҥотторорго сакааһы аҕала тураллар. Онон эдэр киһиэхэ эйиэхэ итэҕэйэбин. Сөбүлэһэҕин дуо?
- Тыый, Миитэрэй, сөбүлэһэн бөҕө буоллаҕа дии, – диибин. – Билигин сатаабаппын да, үлэлээн истэхпинэ, билиэҕим, үөрэниэҕим.
- Билигин боруобалыах этибит да, оппут куура илик. Сарсын, сөп дуо? Манныгы өйдөө, – Миитэрэй олох мас булан олороолоро:
- От чахчы куурбутун кэннэ мунньар буол. Ол аата сарсыардааҥҥы сиик көппүтүн кэннэ үлэлиир ордук. От куурдаҕына биллэр, сааҕынас тыастанар, үчүгэйдик эриллэн мунньуу буолар. Киэһэтин сиик түһэ илигинэ бүтүөхтээххин. Кыра да сииктээх буоллаҕына, мунньар кыраабылыҥ тииһигэр от эриллэ сылдьан сынан кэбиһэр. Сотору-сотору көрүнээр, онтуката-мантыката айгыраан түһэн хаалыа, оччоҕо бэйэҥ эрэйдэнэ сылдьыаҕыҥ. Чэ, кытаатан үчүгэйдик үлэлээ.
- Баһыыба, Миитэрэй, төһө кыалларынан үлэлэһэн көрүллүө, – үөрүүбүттэн саҥа таҥыллыбыт тэрилбин имэрийтэлээн көрөбүн. Онтон өйдөөбүччэ Миитэрэйтэн ыйыттым:
- Миитэрэй, бу тэрили массыына дииһибит. Хайдах эрэ…
- Туох баҕарар диэн сүрэхтиириҥ көҥүлүҥ, – киһим күллэ. – Икки көлүөһэлээх, оту бэйэтэ мунньар, буруйа диэн ат эрэ соһор. Массыына да диир сөп, һэһэ!
Киэһэ сөрүүн түспүтүн кэннэ биригээдэ аттарыттан сөбүлүүр икки аппын талан ыллым. Биирэ сүүһүгэр туоһахталаах. Былаас ата түбэстэ. Бу аты урут хаста да мииммитим. Сиргэмсэҕэ суох. Сымнаҕас. Иккиһим – Соломочуок диэн. Эдэр буолан, хайдах эрэ дьикдьах да, хаамыылаах үчүгэй ат диэбиттэрэ. Уҥуоҕунан үрдүк, дьүһүнэ солоҥдоҕо маарынныыр.
Сарсыныгар аан бастаан Миитэрэй үлэлэтэн көрдөрөн биэрдэ. Онон үлэлиирбэр чэпчэки, маҥнай Былаас атын боруобалаатым. Туох да олус бэрт. Массыынам үчүгэйдик үлэлээтэҕинэ, букатын ырыанан сылдьыыһыбын.
Оҕустарааччылар Дыбай Уола Өлөксөй Охонооһойдуун, ыраах үлэлээн тарылаталлар. Дөрүн буола-буола, «һайдыыр» саҥалара дуораһыйан иһиллэр. Кинилэр биир массыынаҕа иккилии атын көлүйэллэр. Онтукаларын солбук аттарынан сөп-сөп уларытан иһэллэр. От охсуута ыарахан үлэ. Хойуу окко аттар адьас түргэнник күүстэрэ эстэр.
Мунньуу элбээбит. Хас да күннээҕи сытар. Билигин илиинэн мунньааччылар үөһэ тыыннылар, кинилэри мин солбуйдум. Мунньааччылар бары бугуллааһыҥҥа туруннулар.
Үлэм сүрдээҕин хобулсуйда. Сарсыардааҥҥы сиик көппүтүн кэннэ үлэлиир буоламмын, бултуур тэриллэрбин, ол аата чаахааннарбын, холкутук көрөбүн. Уларытабын-тэлэритэбин. Киэһэтин биир оннук. Сиик биллэрдик түһүүтэ бүтэбин. Күтэр иҥнибит буоллаҕына, сонно тириитин ньылбы тардан сүлэн кэбиһэбин, тириитин өттүкпэр эйэҥэлии сылдьар таҥас суумкабар куду анньабын уонна ааһа турабын.
Үлэлээбитим хас да хонно. Биригэдьиирим кэлэ-бара куруук сылдьар. Ааспыт күннэргэ былааммын быдан аһары толорбуппун. Биэстии, сэттэлии гектарга тиийэ мустарбыппын. Охсооччуларбын ситэрим чугаһаата. Кинилэр күҥҥэ холбоон үстүүтүөртүү гектары оҕустараллар. Бу эҥэр үксэ хочо буолан үүнүүтэ үчүгэй, онон үлэлииргэ да бэрт. Кэннигиттэн бугул бөҕө бачыгыраан турбут буолар. Кэлэр иккиүс хонугунан охсооччулары ситииһибин. Массыына охсубут ото түргэнник куурар.
Бүгүҥҥүттэн ыла уон хонуктаах декадаҕа киирсэргэ мунньахха уураах ылынныбыт.
Хата, үнүргү дохсун ардах кэнниттэн халлаан туран абыраата. Билигин да турар чинчилээх.
Мин күнүскү эбиэппин судургутуттум. Бэҕэһээҥҥэ диэри бугулдьуттарга баран эбиэттэһэр этим. Ол бириэмэни олус ылар. Ону-маны, буолары-буолбаты ыаһахтаһаҥҥын чаас төһө барбытын билбэккэ хаалаҕын. Ити куһаҕан. Ол иһин үлэлиир сирим таһыгар хойуу үөт төрдүгэр эбиэттиибин. Сонно тута бастакы аппын сыбыдахтыыбын. Ол кэнниттэн иккис аты аҕалан көлүйэн бэлэмнээн кэбиһэбин. Бэйэм күлүк сиргэ олоро түһэбин да, иэдьэгэйдээх суораппын иһэбин. Иэдьэгэйи иллэрээ күн ийэм ыыппыта. Бу иннинэ аҥаардас суоратынан сылдьыбытым. Киэһэ тахсан тардар бурдукпут сыыһа хааһылыырга икки эрэ аһылыкка тиийэр. Туорахпыт да кэмчи. Онон күнүһүн маннык аһаан сылдьарга тиийиллэр. Суоратым тобоҕун ордордум. Иккис омурҕаҥҥа эмиэ наада. Билигин аһаан бүттүм. Уоспун-тииспит туора-маары сотуннум да, үлэҕэ туруннум. Сынньаммыт атынан төһө баҕарар үлэлиэххэ сөп.
Бугулдьуттар миигиттэн ыраах сылдьаллар. Бытааннар. Тиэтэйэр быһыылара көстүбэт. Оттон охсооччуларбын ыксатан эрэбин быһыылаах. Тоҕо эрэ күнүскү чэйгэ наҕылыйан олорбот буоллулар. Сотору аттар көлөһүннээх арҕастара күөрэҥнээбитинэн бараллар, оччоҕо охсор массыына биир кэм тырылыы түһэр.
Үлэм бүтүүтэ аттарбын күлүктэн таһааран, күрүөҕэ баайталыыбын. Киэһэ күн уота мөлтүүр, күлүккэ үөнэ эбии хойдор, ол иһин ыраас, салгыннаах сири булларабын. Бэйэм чааркааннарбар барабын. Күөл үрдүгэр сыырга сынньана таарыйа олоробун. Күнү быһа массыына үрдүгэр олорон, киһи көхсө сааллар эбит.
Эбэм, Күөлүм барахсан, киэһээҥҥи нууралга чуумпуран турара үчүгэй даҕаны. Айылҕа киһини кытта сибээстээх диэн кырдьаҕастар кэпсэтэллэрэ адьас кырдьык быһыылаах. Биирдэ сэрии саҕана маннык түбэлтэ буолбута. Сэриигэ барар дьон холкуос хонтуоратыгар мустубуттара. Арааһа, тугунан баралларын быһаарсаллара. Арай кэпсэтэн аймалаһа турдахтарына, адьас кинилэр үрдүлэринэн отучча хаас билигин бу олорор сирбиттэн чугас, манчаарылаах күөл кытыытыгар түһэн барылаатылар. Онуоха чугас дьиэлээх киһи аҕам, сарсын эмиэ барыахтааҕа, саатын ылаат да, хаастарга тыа саҕатынан үөмпүтүнэн барда. Биһиги оҕолор кытылга киирэн, кэтэһэн олордубут. Утаакы буолбата, аҕам саатын тыаһа сатарыы түстэ. Хаастар аймаммытынан көтөн күлүбүрээтилэр. Онно көрдөхпүнэ аҕам кытылга сүүрэн киирдэ, түбэһиэх тыыга олоро түһээт, үөс диэки уһунна. Сотору буолаат, икки улахан хоҥору икки илиитигэр тутан намылытан аҕалла эбээт! «Эбэ барахсан, соруйан анаан-минээн, кэһиилээтэ», – дэһэн дьоннор ботур-ботур кэпсэттилэр. Аны киэһэ туран улахан таайым Баабый Баһылай быраатын Дьөгүөрү илдьэ Алдаҥҥа илимнэри эһэ барбыттара. Киэһэ дьоммут хаһан да харахтаабатах бөдөҥ бил балыгы бэрт нэһиилэ ыадаччы сүгэн аҕалбыттара. Көрбүт киһи барыта балтараа буукка холообуттара. Ону дьон араастаан тойоннообуттара. «Эбэлэрэ Алдан соруйан тиһэҕин өлүүлээтэҕэ» дэһэн, кистии-саба кэпсэппиттэрэ.
Ол эрээри дьылҕа хаан арыый атыннык төлкөлөөбүтэ. Баабый быраатынаан Дьөгүөрдүүн, кырдьык, сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ, оттон мин аҕам кэлбитэ. Ол аата: «Эн кэлиэххэр диэри өлүүҥ – бу, этэҥҥэ эргиллэн кэлээр!» – диэбит курдук буолан тахсар. Ол иһин айылҕаҕа сүгүрүйүөхпүтүн сүгүрүйэбин.
Ону-маны санааммын олорон хааллым ээ. Оҕонньорум эрэйдээх эмиэ күүтэрэ буолуо. Бэйи, чааркааннарбын көрө охсон кэлииһибин. Оннубуттан ойон турдум да, чааркааннарым баар сирин диэки сүүрэ турдум.
Үлэ да, булт да бэркэ баран иһэр. Оҕонньорум Өлөксөй сололонноҕуна, күтэрдэрим тириилэрин маска тиирэр. Хайдах эрэ олус сатабыллаахтык ыраастаан, оҥорон кэбиһэр. Кини тиирбитэ миэниттэн букатын атын, бэл субата, хаана суох гынар. Сүрдээҕин ымсыырабын да, тоҕо эрэ тустаахха кыаллыбат.
Булдум үөтэлээн истэ. Сүүсчэкэ тумустаахха чугаһаата. Оҕонньорум итинник ааттыыр. «Син биир кылааннаах түүлээх буоллаҕа», – уонна күлэн мүчүҥнүүр.
Биир киэһэ кэлбитим Васям миигин кэтэһэн олорор. Күүппүт. Үөрүү-көтүү бөҕө буолла. Уһун сайыны быһа көрсүспэтэх дьон ахтылҕаммытын таһаараары, өрүсүһэ-өрүсүһэ кэпсэттибит. Вася манна кэлбэккэ эрэ анараатах сибээс тэрилтэтигэр кэпсэтэн, сибээс линиятын тардыытыгар үлэлэспит. Үксүн буор үлэтигэр сылдьыбыт. Кини, адьас, сааскытынааҕар быдан улааппыт. Онно хамнаһын тута биэрэр буоланнар таҥас бөҕөнү таҥныбыт. Өссө харчытын ордугунан ийэтигэр онуманы сээкэйи атыылаһан аҕалбыт. Ийэтэ ордук чиэппэр чэйгэ олуһун үөрээхтээбит үһү.
- Үөрэнэрбит хайаан да наада, онон билиҥҥиттэн бэлэмнэнэ сылдьыахха. Барар саҕана эмиэ түптэ үөһэ түспэт гына, – Вася хойуу куудара баттаҕын кэннин диэки имэриммэхтиир.
- Бардахха сатанар. Мин да оннук бигэтик быһаарына сылдьабын. Үлэм быыһыгар күтэрдэһэ сатыыбын. Сүүсчэкэ тумустаах буолан эрэр, – диибин, хайдах эрэ кыбыстыбыттыы, күтэрдэрим тириитин имэрийэимэрийэ.
- Сөп буоллаҕа. Хата, баһаамнык бултаабыккын. Үлэлии-үлэлии бултааһын ылбычча киһиэхэ кыайтарбат. Маладьыас эбиккин, доҕорум барахсан, – диир Вася, дьарамай санныбыттан кууһакууһа.
- Холкуоспут тугу эмэ көмө оҥорор ини, – диэтэ киһим, мин диэки ыйытардыы көрөкөрө.
- Ким билэр… – Саарбахтыырбын биллэрэбин. – Бэрэссэдээтэлбит суохтан атыны билбэт. Ыйыттахха үөһэттэн туох да дьаһал, ыйыы суоҕун эрэ этэн тахсар. Онтон атыны тугу даҕаны эппэт. Хайыаххыный, туох да диэбитин иннигэр, син биир көрдөһөргө тиийэр буоллаҕым.
- Сайын аайы үлэлиибит буолбат дуо? Мин быйыл эрэ атын сиргэ сырыттым. Хайаан даҕаны аахсан тэйиэм, көмөлөспөтүн эрэ… – диир киһим уолҕамчы муҥутаан.
Ити аата «детдома киирдэ». Ону билэр буоламмын саҥата суох барабын.
Күн киирэн, киэһээҥҥи сөрүүн түстэ. Сотору хараҥарыа. Онон Вася дьиэтигэр барардыы хомунна. Мин аарааҥҥа диэри атаараары дьиэттэн бииргэ таҕыстыбыт.
Сайын ааһан эрэр. От бөҕө оттонно. Сорох учаастактарга бурдугу быһыыны саҕалаабыттара ыраатта. Биһигиттэн биир охсорбут Дыбай Уола Өлөксөй бурдук быһыытыгар барда. Онон мин үлэм эмиэ холкутуйда. Биир массыына охсубутун аа-дьуо мустарабын уонна илии охсуутуттан дулҕата суоҕун талан мустарабын. Билигин от уута кууран массыына охсуутун өрөтөөт да мустарабыт.
Бүгүн Миитэрэйим нэһилиэк кииниттэн кэллэ. Биригэдьиирбит ыалдьан хаалан, кини оннугар баран декада түмүгүн аҕалбыт. Онно мин биир гектарынан хапсыбатахпын. Ол түмүгэр бириэмийэттэн маппыппын. Бириэмийэлэрэ даҕаны ботуччу үһү, 50 солкуобай, онно эбии 1 киилэ арыы. Бу абаккатын! Охсооччулары ситэн иһэбин. Охсооччулар кыайан охсубаттара мин буруйум үһү дуо? Хаарыаннаах бириэмийэ көрдөрбүтүнэн куоттаҕа. Хайыахпыный, бүтэр бүппүтүн кэннэ… Үлэлээн да бүтэрим чугаһаата, нэдиэлэ эрэ курдук үлэлиирим буолуо. Хайа үлүгэрэй, бачча үлэлээбит киһиэхэ үөрэх буолуон иннинэ, үстүөрт күнү көҥүллүүллэр ини…
Иллэрээ киэһэ Вася сонунун кэпсээн ааста. Быыһыгар дэлби күлүстүбүт да, киһим холкуос бэрэссэдээтэлин кытта иирсибитин төрүөтэ маннык буолбут.
Ийэтигэр от охсон көмөлөһөн баран, дэлби сылайан, ыкса киэһэ дьиэтигэр тахсан иһэн, бэрэссэдээтэл ыҥыыр атынан истэҕинэ уун-утары көрсүбүт.
- Хантан иһэҕин? – ыйытыы судургу буолбут.
- Ийэбэр көмөлөһөн баран, ходуһаттан иһэбин.
- Ийэбэр… Оттон холкуоскар?
- Холкуоспар да көмөлөспүтүм элбэх буолуо.
- Оттон быйыл сайын ханна күүлэй тэбэ сырыттыҥ?
- Харчы өлөрө. Сибээс линиятыгар үлэлии сырыттым.
- Ол аата, холкуостан күрээбиккин. Үөһээ үҥүстэххэ табыллыыһы.
- Чэ, үөһэ үҥсэҕин дуу, аллара тиийэҕин дуу, бэйэҥ көҥүлүҥ.
- Көр да маны. Билиҥҥиттэн сиртэн сэрбэйбэккэ сылдьан, этиһэрдээххин баҕастааххын. Күн сарсын Эмискэ бурдук быһыытыгар таҕыс! – Уонна атын быһа биэрээт, суол буорун бурҕатан көтүтэ турбут.
Вася бэҕэһээ-бүгүн бу диэки биллибэтэ, онон, арааһа Эмистээтэ быһыылаах.
Киэһэ үлэ бүтүүтүн саҕана Миитэрэй таарыйан ааста. Үлэбин хайҕаата, санаам көтөҕүлүннэ.
- Маладьыас, илии охсооччуларыттан талан мустарарыҥ саамай сөп. Итини урут да этиэх баара. Халлаан диэки эргимургум көрбөхтөөтө. – Доҕоор, сарсын эрдэ соҕус бүтэр инигин. Уһун сайын устата биирдэ эмит көтөр миинэ испэт диэн туох аатай? Онон сарсын киэһэ сүбэлэһэн, кус көрө От үрэххэ киириэххэ эрэ. Көччөх көппүт, үөрдүспүт. Саа сэптээх инигин? – диэтэ уонна мин диэки хайыста.
- Аҕыйах эргэ иитии баар. Сүүрбэлээх саалаахпын, ону илдьэ барыаҕым, – үөрэн өрө көтө түстүм.
От үрэх мантан быһа бардахха, букатын чугас, биэрэстэ эрэ кэриҥэ. Кус бэркэ таптаан түһэр, мустар көлүйэлэрдээх.
- Чэ, сөп. Онон бэлэмнэн. Сарсын үлэ кэнниттэн барабыт, – диэт, үгэһинэн аадьуо хаама турда.
Бу – От үрэх. Сүрдээх чуумпу үтүө киэһэ буолла. Арай кыракый көлүччэлэргэ биирдээниккилээн бытархай кустар бааллар да, онно аралдьыйбатыбыт. Кус тохтоон, хонон аһаан ааһар, үтүөкэн, уот сиэбит көлүччэлэрэ бу Саарылаах булгунньаҕын аннынан бааллар.
Саарылаах булгунньаҕын кэтэх өттүнэн дабайан таҕыстыбыт. Көрбүт да, сэрэйбит да биир, кустар бу бачыгыраан олороллор, оннооҕор туора түспүт мас устун киэһээҥҥи күн уотугар сыламныы, утуйа олорооччулар да бааллар эбит.
Киһим эргимургум көрбөхтөөн баран:
– Ол туора түспүт мас устун бачыгыраан олороллорун көрөҕүн дуо? – диэтэ сибигинэйэн, иннин диэки ыйаыйа. – Эдэр киһи миигиннээҕэр сыыдамыҥ чахчы. Билигин үөмэн ол тиит төрдүгэр тиий. Ытарга табыгастаах сир, урут хаста да сылдьыбытым, онон билэбин. Адьас тирээн сытан ытаҕын. Мин сынньана таарыйа үөһэттэн көрөн олоруоҕум. Чэ, бар! – Киһим ханан барарбын илиитинэн ыйан көрдөрдө.
Мин киһим эппитин курдук, бэрт үөмээйилээх баҕайы сиринэн сыылан, ардыгар ат буолан инним хоту сыҕарыйан истим. Үөмэрбинэн баҕас урут сирдэрбэтэҕим. Миитэрэй үөһэттэн барытын көрө олордоҕо. Тириттим. Тиитим төрдө ити көһүннэ. Кырдьык, ыраахтан ытарга табыгаһа суох эбит, саҥа үүнэн эрэр хойуу титириктэр мэһэйдииллэр. Сыылыннахпына тобукпар, тоҥолохпор инчэҕэй биллэр да, онно эрэ кыһаллыбаппын. Тиитим төрдүгэр тиийдэрбин диэн санаалаахпын. Аҕыйах хаамыы хаалла. Биэс… үс… биир… Тиитим төрдүгэр, дьэ, кэллим. Кыратык уоскуйан тыыммын ылынным. Тириппитим арыый ааһыах курдук буолла. Саабын бэлэм тутан аргыый аҕай төбөбүн өндөттүм. Сэрэнэн… Аргыыйдык… Хараҕым далыгар киирбитин кэннэ сирийэн көрбүтүм, доҕоор, миигиттэн түөртбиэс хаамыылаах сиргэ, мас уунар устатын тухары кус бөҕө кырылаан олорор эбит! Хаһан даҕаны манныкка түбэһэ иликпин. Оттон ууга сылдьааччылары эппэппин даҕаны. Маска олорооччулар бука бары, үтүктүспүт курдук, күн диэки хайыспыттар, тугу да билбэккэ ньыҕаһан баран утуйа олороллор. Ол аата миигин билэ иликтэр. Ити үчүгэй. Сэрэнэн-сэрэнэн тобуктаатым, икки өттүбүнэн адаарыйан турар силистэри икки ардынан саабын бэрт нэһиилэ ууран баран, иэдэспэр даҕайдым. «Оо, эбэм барахсан…» – диэн ботугураатым, саам кэрчиэстии тэбэрэ чуолкай, ол иһин ортолорун көрөн баран, чыыбыспын тардан кэбистим. Саам тыаһа түптэ саалла түстэ. Буруо быыһынан көрдөхпүнэ, кустар бураллан эрэллэрэ, ону тула кытта тэҥҥэ кынат тыаһа силлиэрэ түстэ. Иккиһин ботуруон угуннум. Аны үс ботуруон хаалла. Убайым Коля Алдан уҥуор оттуу барарыгар ботуруону мээнэ солуута суохха ороскуоттуом суоҕун туһунан кытаанахтык этэн барбыта. Ону өйдүүбүн. Онон саабын тиит төрдүгэр өйөннөрөн баран, уу кытыытыгар киирдим. Кустар онноманна бөскөһөн сыталлар. Уһун ураҕас буламмын мас устун хаама сылдьан, өлөрбүт кустарбын хомуйдум. Кытыыга тахсан аахпытым: аҕыс көҕөн, түөрт чыркымай буолла. Бу – булт! Барыта уон икки куһу дэлби тэптэрбиппин. Төһөтө бааһыран, сатыылаан барбытын айбыт таҥара бэйэтэ билэр. Көрдүү да сорумматым. Киһибэр үөрэнкөтөн, талаҕынан холбуу баайталаабыт кустарбын икки илиибэр нэһиилэ ыадалыччы тутан, аҕылаанмэҥилээн тиийэн кэллим.
- Баһа! Оо, Байанай барахсан бу анаан биэрдэҕэ үчүгэйин… Атаспар соруйан кэһиитин уурбут, – диэн киһим үөрүүтүттэн баллыгырыыбаллыгырыы кустары кэккэлэччи уурталаата. Бачча бултаабыт дьон наҕылыйан сынньанныбыт. Миитэрэй сатаан сымсатык үөмэрбин сөхтөмахтайда, «ити чахчы булчут киһи бэлиэтэ», – диэн астынарын биллэрдэ.
- Миитэрэй, биир ытыынан төһөнү охторбуккунуй? – диэн ыйыттым.
– Мин дуо? – Миитэрэй үгэһинэн хаҥас хараҕын быһыта симмэхтээтэ, дьиибэлээхтик мүчүйэн ылла: – Син аҕыйаҕы охторуллара. Ол саҕана көтөр да баара. Тозовканы билэҕин дуо? Билэн даа? Онтукаҥ, биир эрэ буулдьалаах. Ол саанан биир саас икки андыны биирдэ ытан турардаахпын. Көннөрү маннык саанан дуо? Оо, бу да тэрилинэн охторбохтуур кэмнэрдээх этим. Куһу да түбэһиннэрэр буолуллара. Хата, күөрэтиигэ куһаҕана суох быһыылааҕым. Аҕыйах сыллааҕыта саас биир ытыынан тоҕус мородуну түһэрэн, чахчы үөрэн турардаахпын. Оттон эһэ барааҕын да охтортуурум. Биирдэ сүүрбэ сэттэ барааҕы хомуйбуппар үөрэ быһыытыйбытым. Тыаҕа дуо? Ээ, суох, атаҕым ыалдьар буолан, ыраах хаампаппын. Соччо бултуйбатаҕым. Ол чугас сылдьан куобахтыыр, тииҥниир кэпсээн буолуо дуо?
Киһим тииттэр быыстарыгар түһэн кылахачыйан эрэр күнү көрөн:
- Чэ, доҕоор, биирдэ кэлбиччэ, өссө атын көлүччэлэри көрөн барар инибит? – диэтэ, мин диэки көрөкөрө. – Ботуруонум аҕыйах диигин дуо? Оо, Дабдыкыччыны таарыйбыт киһи чахчы ытара хааллаҕа. Оччоҕо маннааҕы ойоҕос уулары кэрийэкэрийэ, итиччэ бултуйбут дьон, дьиэлиэххэ.
- Ону мин утарбатым. Туохханнык иннинэ булпун оҕонньорбор Өлөксөйгө көрдөрөн үөрдүөх санаалаахпын. Ол иһин бэрт суһаллык хомунан сыыры таҥнары түспүтүнэн бардыбыт.
- Күнүскү омурҕаммын аһаан баран, тиэрэ түһэн көҕөрөн көстөр киэҥ халлааны одуулаһа сыттым. Барахсан киэҥинкуоҥун, кыахтаах буолан баран, ити устун, ох курдук, сындыыстыы сыыйыллан куугуната сылдьыбыт киһи баар ини. Сэрии саҕана манан элбэх да дьарапалаан ааһара. Олору барытын Америка ыыппыт сөмөлүөттэрэ дииллэрэ.
- Өлөксөй оҕонньор үөрэх наадатын туһунан биирдэ эрэ эппит буолбатах, куруук этэр. Кини бэҕэһээ киэһэ маннык диэтэ:
- – Аныгы үйэҕэ үөрэх булгуччу наада буолуоҕа. Үөрэҕэ суох ханна да барыаҥ суоҕа. Үөрэммэтэххинэ холкуос хотонугар сааһыҥ үтүөтэ ааһыаҕа, наар үүрбэҕэ сылдьыаҕыҥ. Оттон үөрэхтэннэххинэ, ити Ньукулай, Түмэппий курдук мапмаанытык таҥнан баран, оҕолору үөрэтэр киһи буолуоҕуҥ.
- Бу үөрэҕэ суох оҕонньор этэрэ ылыннарыылаах. Арааһа, кырдьаҕас чахчы сөптөөҕү этэр быһыылаах. Өлөксөй урут бэйэтин туһунан маннык кэпсээн турар. Маҥнай олоҕо табыллыбакка, айаҕын эрэ ииттэр кыһалҕаттан атахбалай баран, тиһэҕэр куоракка тиксэн хаалар. Онно буолуохаалыа суох үлэҕэ сылдьан, биир дьахтары кытта билсэр. Өлөксөй, эдэригэр, көстөр дьүһүнүнэн чахчы куһаҕана суоҕа дииллэр. Ыраас, сырдык хааннаах, көбүс-көнө уҥуохтаах эдэркээн уола хаан киһи буолан, куорат дьахтарын кутун туттаҕа. Дьахтар сокуоннай кэргэннээх буолан, бу дьон күрүүргэ сананаллар. Даркылаахха тиийэн, талан үчүгэй хомноох тыыны атыылаһаллар, аара аһыыр астарын, таҥастарын-саптарын тиэйэн биир күһүҥҥү хараҥа түүн өрүһү таҥнары усталлар. Алдан төрдүгэр кэлэллэр, аны икки сүүстэн тахса биэрэстэни сүүрүгү өрө өксөйөн, барыахтаахтар. Алдан эбэ ахсым, халыан күүстээх сүүрүгүн киһи барыта билэр.
- – Тыыны үксүн кытыынан соһоҕун, өрүс сүүрүгэ ол курдук күүстээх, – оҕонньор уруккутун санаан мүчүҥнүүр, салгыы кэпсиир: – Кытаанах айан этэ, ама, ааспытын иһин эттэххэ… Ол эрээри биһиги ону да билиммэтэхпит. Иккиэн эдэр, чэгиэн этибит. Туһугар мүөттээх ыйбыт буоллаҕа дии, Би! Би! Хас хоммуппутун билбэппин, ааҕа да барбатахпыт. Хайдах эрэ көркүлүү, күүлэй курдуга… Ол курдук, айаннаан, сороҕор эрдинэн, үксүн соһон, эмиэ да уһун ураҕаһынан анньынан син бу кытылы булбуппут.
- Кэргэнниилэр ол кэлэн манна олохсуйаллар. Оччолорго Өлөксөй үлэһит бэрдэ, тимир ууһун бастыҥа буолан биллэркөстөр. Ону таһынан ааттаах от охсооччу, күҥҥэ илии хотуурунан үстүү гааны охсоро. Онон баайдарга былдьаһыгынан ыҥырыыга сылдьар. Оттон кэргэнэ үтүөмааны асчыт быһыытынан биллэр. Куорат дьахтара буолан, сүрдээх чэнчис, ыраас туттуулаах. Биир оҕо төрөөн баран эрдэ өлөн хаалар, онтон оҕоломмотоҕо. Маайа, ити дьахтар аата, куораттардыы аан маҥнай манна бачыыҥка кэтэн, олохтоохторго улахан сонурҕааһыны үөскэтэр. Ол иһин Бачыыҥкалаах Маайа диэн хос ааттаммыта. Кэлин кырдьан, бэрт өр ыарыылатан баран, өрүттүбэккэ, ыалдьан өлбүтэ. Кэргэнэ өлүөҕүттэн Өлөксөй биһиэхэ олордоҕуна, аны аҕам өлбүтэ. Онон аҕабыт оннугар аҕа буолан, биһиэхэ олорор. Өлөксөй туттарахаптара чэнчис, куруук үрүнэтэбэнэ сылдьар, ырааһы сөбүлүүр. Дьэ, итинник киһи абаҕам оҕонньор.
- Турбутум, атым тэйиччи аһыы сылдьар. Иккис аппын Соломочуогу бурдук быһыытыгар ылбыттара ыраатта. Билигин илиинэн охсооччулар эмиэ аҕыйаатылар, онон үлэм хобул, ыксаабаппын. Ону-маны саныы-саныы аппар бардым.
Киэһэ үлэлээн баран аппынан сайылыкка ийэбэр бардым. Үнүр Миитэрэйдиин уончалыы куһу үллэстибиппититтэн, ийэбэр өлүүтүн илдьэ иһэбин
Чуумпу, үтүө киэһэ буолла. Туохха тиэтэйиэмий, аргыый аҕай ат сөп соҕус хаамыытынан лобуйтарабын. Аара Тимканы ситэ баттаан ыллым. Тимка Коляттан иһэр эбит. Бииргэ олорон кэпсэппэтэхпит өр буолла. Хайдах сайылаан эрэрбин, сиһилии сураһар. Кини табаарыһа Колялыын экспедицияҕа от үлэтигэр кэпсэтэн, дуогабар быһыытынан үлэлээбиттэр, син харчыны аахсыбыттар.
Тимка мэҥэстэн, иннибэр ыҥыырга олордо. Балачча айаннаан иһэн, сиэбин хаһынна уонна икки мөһөөҕү таһааран туттаран кэбистэ.
- Тыый, Тимка, бу миэхэ биэрдиҥ дуо? – диэн үөрүүбүттэн доҕорбун ыгыта кууспахалыыбын.
- Эйиэхэ буолумуна… Уура сылдьаҥҥын күһүн үөрэнэ бараргар туттаар, таҥаста атыылаһаар, – диэн сүбэлээтэ.
- Хайаан да атыылаһыам. Билигин күтэрдээммин сүүстэн тахса тумустаахпын. Онтукабын бу күннэргэ туттарыам. Оччоҕо байа түһэбин, – үөрэн хааллым.
Сотору арахсыы суол кэлэн, Тимка аттан түһэн, быраһаайдаһан, дьиэтигэр барда. Мин сайылыкка, бу сырыыга, аппын дьарыйан түргэнник айаннаатым. Этэргэ дылы, көрүөх бэтэрээ өттүнэн дьиэбэр кэллим. Ийэм кус кэһиилээх кэлбиппэр наһаа үөрдэ. Бэрт түргэнник үргээн, ыраастаан, эттээн, күөһүн өрө оҕуста.
Киэһэ хараҥарыыта таһынааҕы ыалларбытыныын хаһыа да буолан, үөрэ-көтө аһаатыбыт.
Ийэм биһиги иккиэйэҕин хаалан бараммыт сэһэргэһэ олордубут.
- Убайыҥ аах букатын хойут кэлэллэр үһү. Бэҕэһээ биригэдьиир сылдьан ааспыта. Ол инньэ диир. Быйыл ханна бараргынкэлэргин быһаарынныҥ дуо? – ийэм ыйытар.
- Туох быһаарыныыта кэллэҕэй, оройуон киинигэр, Ытык Күөлгэ, үөрэнэ барабын,– улахан киһилии дуоспуруннаахтык туттатутта, тугу быһаарыммыппын этэбин.
- Билбэт-көрбөт сиргэр хайдах сылдьаахтыырыҥ буолла?.. – ийэм сонньуйан ылар.
- Атыттар сылдьаллар дии. Мин да сылдьар инибин, – эрэллээхтик этэбин.
- Чэ, оргууй өрүкүнэй. Тугу быһаарына сылдьаргын билээри ыйытабын.
- Онон, ийээ, үөрэнэ барарбар туох таҥастаах барабыный?
- Ким билэр… Аҕаҥ эргэ ыстаанын абырахтаабытым, болтуотун илдьиэҥ. Улааттаҕыҥ дии. Маҥнай улахан буолуо да, кэлин тардыаҕа. Эргэ да, туох буолуой, балай да тулуһуо. Өссө бэргэһэтэ баар. Ити кэннэ туох да суохха дылы.
- Атаҕым таҥаһа?
- Ол чааһынан мэлийдибит. Кэтэ сылдьыбыт ынах этэрбэскин абырахтаан биэрэр инибин. Бэйи, өйдөөбүччэ, сарсын дьахталларга этэрбэс уллуҥун таҥаһа көрдөһө барыыһыбын. Доҕоруҥ Түмэппий биэрбит харчытынан уонна бултаабыт үпкүнэн күһүн тугу эмит булан таҥныаҥ буоллаҕа.
Таһырдьа тахсыбытым халлаан лаппа хараҥарбыт. Түүҥҥү туман көлүччэлэри, сымнаҕас үрүҥ түү курдук, саба бүрүйэн эрэр. Күһүҥҥү бэлиэ хайыысах биллэ охсубут. Киһи дьагдьайыах курдук. Аппын адаҕалаан, хотон кэннигэр ыытан кэбистим.
Күрүө үөһээ сүнньүөҕэр тайанан туран, аҕабын санаан кэллим. Кыһыылаах баҕайы, эрдэ олохтон баран хаалан, үөрэхтэн матар буоллум быһыылаах. Интернакка ылбатахтарына мэлийэбин. Ыллахтарына эрэ… эрэнэр эрэлим ол эрэ – интернат. Хараҕым эмиэ уутуйан кэллэ… Эмискэ кыыс саҥата иһилиннэ. Ынахтарын адьас чугас «һайдыыр» быһыылаах. Тута Уля буоларын саҥатыттан биллим. Эмискэ сүрэҕим дьырылыы түстэ… Ампаары өйдүү түстүм… Мин туохтан эрэ куотар курдук, хараҥа да буоллар умса туттан, дьиэм диэки ынахтар быыстарынан тыаһа суох сүүрдүм.
Оскуолаҕа үөрэнэ барарым субу кэллэ, Түөрт хонук хаалла. Онон бүтэһик күммүн эрдэ бүтэн баран, мунньар массыынабын Миитэрэйгэ дьиэтин таһыгар аҕалан туттардым. Кини тула хаама сылдьан көрдөиһиттэ, сурууктар таммалаабыттар дуу, суох дуу диэн хас биирдиилэрин тардыалаан көрүтэлээтэ. Барыта этэҥҥэ эбит. Көлүммүт атым туруга чахчы үчүгэй эбит дэтэн хайҕанным. Дьиҥнээх биригэдьиирбит үлэлээн иһэн, кылгас ханнык эрэ үөрэххэ баран, кинини Миитэрэй солбуйа хаалбыт. Онон тустаах үлэтигэр, кустуу сылдьарын курдук буолбатах, сүрдээх бириинчик, букатын атын киһи, дуоспуруннаах, ирдэбиллээх. Кини өссө биир үчүгэйи миэхэ оҥордо. Убайым болдьообут кэмигэр кэлбэккэ, түүлээхпин атын нэһилиэк киинигэр баран туттаран кэлбит. Сүүс сүүрбэччэ тумустааҕым сүүрбэ биэс солкуобайга турбут. Онон эбии харчыланан наһаа үөрдүм.
Аны Миитэрэйтэн хайдах үлэлээбитим туһунан ыспыраапка, характеристика ыллым. Ону бэрэссэдээтэл бигэргэтэн бэчээт ууруохтаах, онтон нэһилиэк сэбиэтигэр сылдьаммын дьиэкэргэммит олоҕундьаһаҕын туһунан эбии ыспыраапка ылыахтаахпын. Чэ, быһа, баран иһэн биир күн ситиһэн ылабын дуу, суох дуу…
Билигин холкуос бэрэссэдээтэлигэр тиийиэхтээхпин. Хонтуораҕа соҕотоҕун олорорун истэммин, чобуо соҕустук туттаммын киирдим.
- Дорообо! – диэбитинэн көтөн түстүм. Киһим киирбитим түргэниттэн, тугу эрэ суруксуттуу олорон, суруйарын тохтотон, соһуйбуттуу уһунсинньигэс сирэйин ньолоҥнотон көрө биэрдэ, кумааҕытын халбарыччы аста:
- Дорообо, дорообо! – диэтэ өрүһүспүттүү. – Хайа, бу тоҕо бачча эрдэ кэлэн хаама сылдьаҕыный?
- Үлэлээн бүттүм. Үөрэх буолара түөрт хонук хаалла. Кыратык сынньана түһүөххэ эмиэ наада.
- Хайдах оннугуй? Үөһэттэн ханнык да ыйыыкэрдии кэлэ илик. Ким көҥүллээтэ?
- Бэйэм диэххэ сөп. Биригэдьиирим да утарыласпата.
- Өйдөөх Миитэрэй дуо? Кини тустаах биригэдьиир буолбатах, биирдэ баран эттэххэ, мин эрэ көҥүллүөхтээхпин, – киһим балай да тугу да саҥарбакка сөҥөн олордо. – Бары да талбыккытынан сылдьан түһэҥҥит… Ити Акыым уола Баһылай эмиэ көҥүл барбыт. Сураҕа, бэйэтэ көҥүлүнэн уһун сайыны быһа атын тэрилтэҕэ үлэлээбит. Маннык сылдьыы сатанар үһү дуо? Манныктары уодьуганныахха наада… Көр да маны…
- Ама, холкуос бэрэссэдээтэлэ ааттаах киһи үстүөрт хонугу бэйэҥ да үөһэттэн ыйыыныкэрдиини кэтэспэккэ эрэ… – диэн куолулуох буолан эрдэхпинэ, киһим быһа түстэ:
- Эн итиннэ саҥата да суох туруо эбиккин. Сиртэн быкпакка сылдьан улахан киһини сыҥааҕын анныттан хабыалаһа тураргын бэрдим диэн эрдэҕиҥ. Тоҕо сүргүнүй? – Киһим улаханнык ыараата, Миитэрэй биэрбит ыспыраапкатын хатхат аахта, онтон кэмниэкэнэҕэс: – Чэ, быйыл үчүгэйдик үлэлээбиккин учуоттаан ыытар инибин. Көмө даа? Холкуос туга да суоҕун, арааһа, миигиннээҕэр ордук билэн турдаҕыҥ. Ол да буоллар, үлэлээбит көлөһүнүҥ күнүн аахсаргар, атыннык эттэххэ үлэлээбит хамнаһыҥ суотугар, 1 киилэ арыыны, 5 киилэ туорах бурдугу биэрэбин, атыны тугу да биэрэр кыаҕым суох, – харандаас төрдүгэһинэн икки араспыысканы: биирин ферма сэбиэдиссэйигэр, атынын кыладыапсык Сөдүөккэ суруйан бооччойдо. Кэтэстэххэ, бириэмэ барбата сүрдээх, уларыта-уларыта өр суруйда. Кэмниэ-кэнэҕэс бүтэрдэ быһыылаах, суруйбут кумааҕыларын миэхэ утары уунна.
- Буу… – диэн өрө тыынаат, кумааҕылары харбаатым да, таһырдьаны былдьастым.
Киэһэ утуйуохпут иннинэ, оҕонньорум оронугар олорон эрэ онуманы кэпсиир. Быйыл сааһа мөлтөх этэ, хата, кэлин ардах күүскэ түһэн, ааспыт дьыллааҕар от лаппа үчүгэйдик үүммүтүн астынан сэһэргиир. Кини билигин сэттэ уончатыттан төһө да таҕыстар, сүрэҕэ батарбат, кэбиһиигэ от түстүүр. Оҕонньор түстээбит ото соруйан оҥорбут курдук, ыраахтан томтойон, тупсан көстөөччү. Манна бары Өлөксөй түстээбит отун эндэппэккэ билэллэр. Кыһынын ардьаах, туу өрүүтэ – кини сүрүн үлэтэ.
- Үөрэх аһыллара бу кэллэ, үстүөрт эрэ хонук хаалла. Мин сарсын барардыы тэринэн олоробун, тойотторбун көрүстүм, – диэн мин ороммор сытан эрэ эттим.
- Оскуола оҕолоро барахсаттар туһа бөҕө дьон. Эһиги бардаххытына үлэбит эмискэ мөлтүүр, – оҕонньор үөһэ тыынар. – Көҥүллээбит эрэ буоллаллар баран көр. Аҕаҥ барахсан баара буоллар, бэйэтэ барсан олохтуох этэ. Билигин соҕотоҕун уонтан тахса көстөөх сиргэ, оройуон киинигэр тиийэҥҥин, хайдах олоххун булунан үөрэнээхтиириҥ буолла. Сатахха, үчүгэйдик билэр-көрөр киһиҥ суоҕун кэриэтэ. Ити ийэҥ эрэйдээх ыарыһах буолан хаалла. Ол да буоллар биһиги хайдах эмэ бөрөнөн олорор инибит… Кытаат үөрэҕи. Үөрэхтээх эрэ буоллаххына, туох эмит үлэҕэ үлэлээн айаххын ииттиэҥ этэ буоллаҕа дии.
- Үчүгэй олох кэлиэ дииллэр. Үнүрүүн боломуочунай эмиэ тыла-өһө оннук этэ. Онно хайаан да тиийиэх тустаахпын, – диибин мин улахан эрэмньилээхтик, оҕонньорум диэки хайыһахайыһа.
- Үчүгэй олох кэлиэҕэ. Куруук маннык олоруохпут суоҕа. Онно мин тиийбэтим чуолкай… Эдэрдэр, эһиги, тиийиэххит… Айыыайа, – оҕонньор оронугар сытта. Киэһэ хойукка диэри бэйэбэйэбит санаабытыгар буолан, өр утуйбакка сыттыбыт.
Сарсыарда Вася ийэтиниин, Мааппалыын, кэллилэр. Ийэтэ Аартык Бүтэй айаҕар диэри биһигини атаарар үһү.
Оҕонньорум миигин кытта хаппыткуурбут, чэрдийбит илиитинэн бэрт өр ибигирэтэн быраһаайдаста.
- Оҕом этэҥҥэ сырыт. Туора оҕолору кытта иирсимэохсуһума. Аҕаҥ кэриэһин толор, – диэтэ.
Мин куулу аҥаардаан суумка оҥостубуппар, малбынсалбын, үтэбин угаттаан баран сүгэн кэбистим, дьоммун кытта айан суолугар киирдим. Аартык Бүтэй айаҕар Мааппа биһигини кытта быраһаайдаста.
- Чэ, оҕолорум, үчүгэйдик, дьоллоохтук сылдьан үөрэниҥ. Быраһаайдарыҥ! – диэтэ, эрбиир сүүспүтүттэн сыллаан ылла.
Баран иһэн сотору Хомустаах муостатын таһыгар, оҕустаах Мэхээһи көрсө түстүбүт.
- Дорообо, Мэхээлэ, биһиги Ытык Күөлгэ үөрэнэ бардыбыт, – дэстибит.
- Оо, ыраах барбыккыт. Мантан төһөнүй? Уон икки көс, – Мэхээлэ илиибитин эрбиир тутан дорооболосто. – Кытаатан үчүгэйдик үөрэниҥ. Дьоллоохтук айаннааҥ!
- Интернакка эрэ ыллаллар үөрэнэ сатыахпыт, – диибит биһиги.
Мэхээлэ илиитинэн сапсыйа-сапсыйа, ааһа турда.
Биһиги ыраах барар дьон быһыытынан тиэтэйбэккэ холкутук, иннибит диэки дьүккүйэн истибит. Маҥнай сайылыкка ийэбэр сылдьыахтаахпыт, онтон нэһилиэк киинигэр сэбиэккэ… Биһиги туспутугар ыраах айан саҕаланна.
Икки хонугунан Ытык Күөлү буллубут. Барарбытыгар урукку Киэҥ Күөл олохтооҕо, «Кыһыл Сыһыы» холкуос бэрэссэдээтэлэ, билигин Ытык Күөлгэ олорор, Винокуров Иван Алексеевич атыгар табалаһан, олус илистибэккэ, сылайбаккаэлэйбэккэ кэллибит. Киһибит биир уостаах саалаах, онон куобах мэнээҕэ саҕаланан эрэр кэмэ буолан, баран иһэн иккитэхаста күрэтэн, хас да куобаҕы өлөрөн, хараланан абыранныбыт.
Дэриэбинэҕэ киирэн баран, Вася биһиги тустуһунан бардыбыт. Мин аҕам бииргэ төрөөбүт балтын уола Максимов Михаил, оҕо эрдэҕинээҕи аата Мэхээс, хос аата Морой, баар сураҕын истэммин онно, Таатта уҥуор таҕыстым
Хата, дьонум бааллар эбит. Сылайбытым таайдаҕа буолуо, аһаат да, туох да кэпсэтиитэипсэтиитэ суох орону буллум.
Сарсыарда бэрт үчүгэйдик утуйан турдум. Михаил үлэтигэр бара охсубут. Кэргэнэ Маайа оҕотунаан бааллар. Сууннумтараанным, аһаатым, ол кэнниттэн оскуолаҕа ханан Тааттаны туораан баралларын ыйдаран, дэриэбинэҕэ бардым.
Үрэҕи туораан, хас да ыалы ааһан, оскуолаҕа тиийэн кэллим. Тыый, оскуола улаханыын, өссө дьиэ үрдүгэр дьиэ баар! Хайдах хайдаҕый? Тугун муодатай… Ити үлүгэрдээх үрдүккэ хайдах сылдьалларый? Таатта Төрдүн оскуолата диэн баара дуо… Уон оччонон улахан! Олус сөҕөн, муна-тэнэ турдахпына, хата, Вася тиийэн кэллэ. Кини быйыл сайын бу дойдуга үлэлээбит буолан, дэриэбинэни биэс тарбах курдук билэр буолан биэрдэ.
- Оскуолаттан соһуйдуҥ, киэптэттиҥ дуо? Буолуо. Ити дьиэ үрдүгэр дьиэ баара этээс диэн ааттанар. Оскуолаҕа киирэн кирилиэһинэн үөһээаллараа түһүөхпүт. Чэ, киирдибит.
Оскуолаҕа оҕо бөҕө киирэртахсар. Бары наадаларыгар сылдьаллар быһыылаах. Уһун көрүдүөрүнэн баран иһэн, тохтуу биэрдим.
- Вася, бу туох таастарай? – диэтим, быаҕа ыйанан тэйгэйэн турар төкүнүк таастары ыйаыйа, муодарҕаан ыйыттым.
- Электрическэй лаампа. Ильич уота, – диэтэ уонна ааһа турда. – Хайдах барытын билэкөрө сатыыгын. Кэлин да бириэмэ баар буолуо. Өссө комсомоллааххын. Манна туора сиргэ арыый боччумуран сырыт.
- Ээ, кырдьык даҕаны… – диэн сүрдээҕин кыбыста санаатым, төбөбүн өрө тутуннум, үөһээ этээскэ директорскайга тиийиэхпитигэр диэри биир да тылы саҥарбатым.
Директор баарын билэн, нөҥүө хоско аастыбыт. Тоҥсуйан баран, аргыый сэрэнэн киирдибит.
- Здравствуйте! – симиктик дорооболостубут. Онуоха туох эрэ кумааҕыны хасыһа олорор, төбөтө тараҕайдыы убаҕас баттахтаах, толору эттээхсииннээх, лэс курдук суон, аҕамсыйа барбыт киһи мөдөөт соҕустук эргилиннэ:
- Здравствуйте, здравствуйте! – Хайдах эрэ ыараханнык тыынар, куолаһа кэһиэхтээх. – Откуда? Аа, Таатта Төрдүттэн. Знаю, знаю. Личнэй дьыалаҕытын, сайабылыанньаларгытын сэкирэтээр кыыс тутуохтаах этэ. Билигин кэлэ илик. Итиннэ ууран эриҥ. Ылыаҕа. Все. Бүтэһиктээх түмүк сарсын быһаарыллыаҕа.
Биһиги көрүдүөрү былдьастыбыт. Аллараа этээскэ хайдах түспүппүтүн өйдөөбөппүн, биирдэ таһырдьа баар буолан хааллыбыт. Сөрүүҥҥэ тахсаммыт арыый холкутуйдубут, сибиэһэй салгыны дуоһуйа тыынныбыт.
- Ити хайдах, хайдаҕый? Нууччалыы, сахалыыы булкуйан саҥарар, өссө аҕылыыр дуу?..
- Оргууй күүгүнээ, – Вася буойда. – Оскуолабыт директора дии. Ыалдьара буолуо, сайын балыыһаҕа сытар сурахтааҕа. Нуучча кэргэннээх, ол иһин нууччалыысахалыы булкуйан саҥарара буолуо. Бэйэтэ бэртээхэй, үтүө киһи диэбиттэрэ. Чэ, мин олорор ыалбар бардым. Ханна эрэ барыахтаах этибит. Эн үчүгэйдик сырыт, дэриэбинэни көр, харчылаах буоллаххына, үөрэнэр тээбириннэ, таҥаста атыылас, – диэтэ. Санныбыттан таарыйан ылла да, бара турда.
Икки маҕаһыын баарын истибитим. Маарыын Маайа кэпсээбитэ. Онтон биирдэрэ ол турар. Бачча кэлбиччэ сылдьан бардахха сатанар. Табаар маҕаһыына эбит, сүрдээх хобдох көрүҥнээх. Аҕыйах табаар онноманна сытар. Атах таҥаһыттан саппыкы эбэтэр бачыыҥка булуохтаахпын. Таҥас уурар сирдэр кураанахтар. Мунаахсыйан турдахпына, уһун синньигэс сирэйдээх, харабараан аҕамсыйбыт киһи нөҥүө хостон тахсан кэллэ. Атыылааччы быһыылаах.
- Туохха наадыйдыҥ? – холкутук ыйытар.
- Бачыыҥка ылыам этэ.
- Кыра суох. Улахан размердаахтар бааллар да, улахана бэрт буолан ылбаттар.
- Буоллун. Аҕал биири.
- Кимиэхэ ылаҕыный? Түөрт уон биэс размердаах ээ.
- Бэйэбэр ылабын.
Киһим хайдах эрэ муодарҕаата да, саҥарбата. Баран муннуктан биири аҕалан ууран биэрдэ. Харчыбын төлөөтүм, бачыыҥкабын быатыттан тутан таһырдьа таҕыстым. Туохха да аралдьыйбакка ыалбар бардым.
Ханньахха алааһа… Тула өттө тэҥкэ тииттэринэн, үрүҥ субалаах хатыҥнарынан тулаламмыт үтүөкэн алаас. Бачча киэҥ сиргэ биир эрэ ыал олорбут омооно биллэр. Биир обургу нуучча дьиэтин таһыгар улахан баҕайы туруору саха балаҕана баар. Нууччатын дьиэтигэр, алаас иччитэ, кырдьаҕас оҕонньор Хабырылла–Ханньаха олорор, онтон саха балаҕаныгар – Мэхээлэлээх. Дьонум аах дьукаахтара ыраах сайылыкка үһүлэр, билигин кэлэ иликтэр.
Алааһы өссө үчүгэйдик билэр баҕаттан маҕаһыыҥҥа сылдьан баран, Тааттаны туораан аадьуо сирийэн көрдүм. Дьонсэргэ үчүгэй алаас диэбиттэрэ чахчытын итэҕэйдим.
Өр сылдьан онуманы көрөнистэн баран, дьоммор кэллим. Мэхээлэ билигин аҕай кэлэн чэйдээн эрэ бүппүт. Дьиэ таһыгар онуманы үлэлээн баран, таһырдьа икки ыскамыайка турарыгар утарыта олорон эрэ наллаан кэпсэттибит.
- Бэҕэһээ киэһэ кэпсэтэр кыаҕыҥ суоҕа. Ыраах айантан сылайбыт быһыылаах этиҥ. Аһаат да, орону булбутуҥ, – Мэхээлэ хамсатыгар табах уурунна. – Онон быраатым эрэйдээх Ытык Күөлгэ, бачча ыраахха, үөрэнэ кэлээхтээтиҥ. Саамай сөп, үөрэниэххэ наада. Аныгы үйэҕэ үөрэх наада буолла быһыылаах. Үөрэх туһугар бэркэ турунан эрэллэр. Бачча ыраах үөрэнэ кэлбит киһиэхэ дьонуҥ, аймахтарыҥ көмөлөстүлэр ини?
- Кэлэрбин билбэтилэр да быһыылаах. Хата, доҕотторум көмөлөстүлэр. Манна маҕаһыынтан онуманы атыыласпытым кэннэ, мөһөөхтөн эрэ ордук хаалла. Онтон биэс уон солкуобайы оскуолаҕа үөрэнэрим иһин төлүөхтээхпин. Ол булгуччулаах үһү дии? Аны үөрэнэр тээбириннэрбин ылыахтаахпын. Онон бүтэрэ да буолуо.
- Буолаахтаамына… – Мэхээлэ табаҕын иккиһин уматынна. – Мин бу дойдуну сэрии кэнниттэн ыла булбутум. Маҥнай утаа соҕотох буоламмын ханна баҕарар олорор этим. Онтон кэргэннэнэн, оҕолонон бараммын тэрилтэбэр дьиэуот суох буолан, ханна түбэһиэх олоробут. Дьиэнэнуотунан эрэйдэнииһибит. Хамнаспыт сыыһа урут хайдах этэй да, билигин да оннук. Биир солкуобай эбиллибэт. Биирдэ санаатахха, бэйэ икки ардыгар диэн эттэххэ, ыарахан, тиийиммэт олохтоох киһибин. Хаһаайыстыбам диэн суох, дьөрү ытым, куоскам да суох… – Мэхээлэ табаҕын күүскэ оборбохтоото.
- Мэхээлэ, олоххун тоҕо ыарахан, куһаҕан диигиний? Сотору чахчы дьоллоох, баайтот олох кэлэр үһү. Ол аата коммунизм диэн үһү, – диибин, үөрэхтэммиппин биллэриэх киһилии.
- Ээ, халлааны туойбакка олор… Коммунизм ээ… Ьиһи! Киһи күлэр даҕаны… Кырдьык, этэллэрин курдук, дойду үрдүнэн оннук баайдуол олох чүөмпэтигэр түстэхпинэ биирдэ итэҕэйиэҕим. Ол иннинэ саараама даҕаны… – Мэхээлэ өр олордо, мин да тугу да саҥарбатым.
- Чэ, сарсын оскуолаҕа бараҥҥын барытын билэн кэлээр, онтон барыта биллиэҕэ. Аҕаҥ эрэйдээх баара буоллар, булгуччу бэйэтэ кэлсэн олохтуох этэ… – Мэхээлэ ситэ эппэккэ сапсыйан кэбистэ. Кини бу түгэҥҥэ тугу санаабытын ким билиэ баарай…
Икки хонон баран, сарсыарда эрдэ туран оскуолаҕа биллэриини көрө бардым. «Оскуолаҕа ылыахтара. Оо, интернакка ыллаллар ханнык. Дьол, муҥура суох үөрүү буолуо этэ. Онно барыта бэлэмҥэ олороҕун. Таҥаскар тиийэ биэрэллэр. Бэлэм остолобуойга аһыыгын, нэдиэлэҕэ биирдэ баанньыкка сылдьаҕын… Билэриҥ эрэ уруок ааҕыыта. Кыһаллан үөрэниэм да этэ. Оо, хайдах буолар»… Муостаны туораан, суол устун сулбуччу хааман истим. Оскуолам бу тиийэн кэллэ. Киһи аҕыйах быһыылаах, бэҕэһээҥҥи курдук, үллэҥнэспэттэр. Аҕыйах оҕо баара, эмиэ испииһэги көрө сылдьаллар быһыылаах. Мин көрүдүөр уһугун диэки биллэрии дуоскатыгар тиийдим. Улахан лиис кумааҕыларга үөһэттэн аллара, алпаабыт быһыытынан, оҕолор ааттара кырылаабыттар. Кылаастарынан араарбыттар. Миэнэ бу турар. 8 «б» кылаас дэммит. Сөп. Үчүгэй. Аны саамай наадалаахпар, интернатчиктар испииһэктэригэр, сыҕарыйдым. «Список интернатчиков в полном обеспечении» диэни көрөн баран, тыынарбын тохтото-тохтото аахпытынан бардым. Кыһанан-мүһэнэн туран ааҕарга дылыбын да, тоҕо эрэ араспаанньабын булбатым. «Эс, бэйи, арааһа, көтүтэн кэбистим быһыылаах. Иккиһин ааҕыахха, үчүгэйдик болҕойон…». Иккистээн кичэйэн аахтым да, аатым суох. «Иэдээн эбит»… таспар таһааран улаханнык ботугураатым, ким эрэ истибитэ буолаарай диэн эргимургум көрдүм да, хата, ким да суох эбит. Оттон атын испииһэккэ сыҕарыйдым. «Список частичных интернатчиков» диэни көрө биэрдим. Оо, бу турар. Бэйэлээх бэйэм аатым. Вася эмиэ онно баар эбит. Ол эрээри өйдөөбөтүм. Тоҕо «частичный» дэнэрий? Бу туох тылый? Мунааран булкулла турдахпына, таспынан биир мааны баҕайы дьахтар ааһан эрэрин иннигэр, күөйэ түстүм. Хайдаҕын да иһин эр киһи буоллаҕым дии, онон ыйытарга соруннум. Дьахтар тохтуу биэрдэ:
- Хайа, туох буоллуҥ?
- Баһаалыста, мин ыйытардаахпын. «Частичный» диэн тылы хайдах өйдүөххэ сөбүй? – Уонна испииһэги ыйан көрдөрдүм.
- Ону дуо? – Дьахтар тохтуу түстэ, испииһэккэ чугаһаан кэлэн ааҕан көрдө уонна мин диэки эргилиннэ:
- Ити тас интернатчиктары ааттыыллар. Ол аата таһыттан сылдьан үөрэнэҕин, интернат аһын ылаҕын. Холобур килиэби, арыыны, эти, оттон таҥас көрүллүбэт. Өйдөөтүҥ дуо? – Дьахтарым мичээрдээн сэгэс гынна, көрүдүөр устун чэпчэкичэпчэкитик үктэнэн ааһа турда. «Тас интернакка…» диэн ботугуруу-ботугуруу, дьоммор Мэхээлэлээххэ баран истим. Туоруур муостаны тахсан бараммын, суолтан туораан ойуур быыһыгар киирэн олорон кэбистим. «Хайдах буолабыный? Интернакка ылбатылар диэн төннөбүн эбэтэр таһыттан сылдьан үөрэнэбин». Саамай кытаанах, кыайан быһаарыллыбат боппуруоһум – таҥаһым, оннооҕор утуйар таҥаһым суох, мантан атыыласпыт 45 размердаах бачыыҥкам, ийэм абырахтаабыт, улларбыт ынах этэрбэһэ, аҕам бокуонньук эргэ соно, бу кэтэ сылдьарым эмиэ кини ыстаана – манан бүтэр. Кыһын тугу таҥнабыный? Моһуок дии. Суох, тугу да быраҕан туран үөрэнэбин. Комсомолец буоллаҕым. Вася балаһыанньата миигиннээҕэр өссө мөлтөх. Улахан убайа сэрии толоонугар геройдуу оҕунна диэн хара сурук кэлбитэ. Иккис убайа Якутскайга учуутал үрдүкү үөрэҕэр үөрэнэр, аҕата эрдэ ыалдьан өлбүтэ. Дьиэлэригэр соҕотох ийэлэрэ Мааппа эрэ хаалбыта. Хаһаайыстыбаларыгар биир ынах, үс-түөрт куурусса эрэ баар. Онон бүтэр. Вася кыра кылаастарга Уолбаҕа детдомҥа олорон үөрэммитэ. Хантан да көмөнү, эмиэ мин курдук, ылбат. Өскөтүн, билигин иккистээн киирэн, директортан көрдөс диэбит киһи букатын буолбата чахчы, ол кэриэтэ сүнньэ быстыаҕа. Сүрдээх дьоннор, саатар, ыраахтан сылдьарбытын учуоттаабатахтар.
Дьиэбэр кэлбитим Мэхээлэ баар эбит. Мантан чугас тыаҕа үлэлээбиттэр. Мин кэлбиппэр тута сэргэхсийэ түстэ.
- Хайа, дьыала хайдаҕый?
Онуоха мин оскуолаҕа 8 «б» кылааска испииһэккэ киллэрбиттэрин, тас интернакка ылбыттарын кэпсээтим.
- Буоллаҕа… Эйигин кыахтаах ыал оҕото диэннэр тас эрэ интернакка ылаллар. Тугу да билбэттэр. Чэ, буоллун… Бачча үөрэнэ кэлбит киһи, ама, төннө туруоҥ дуо? Иккиһин үҥсэ-сүктэ, көрдөһө-ааттаһа сылдьыма, – Мэхээлэ чахчы кыыһырда быһыылаах. – Хайыахпытый, лесхоз рабочайын хамнаһа биллэр. Хайдах эмэ олорор инибит. Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбат. Оннук буолбат дуо, Маайа? Бу сырыыга кэргэнигэр эйэдэмнээхтик эттэ.
- Оннук буолумуна. Бачча кэлбит киһини төттөрү үүрүөҥ дуо? – Маайа холку муҥутаан чэй кутакута эттэ. Онон үөрэнэр буоллум.
Үөрэх күнэ саҕаланна. Сарсыарда үөрэнэ бардым. Ким-хайа иннинэ тиийэн миэстэ булан олоруохтаах этим да, кэлин салынным. Чуораан тыаһаабытын кэннэ тиийииһибин. Билигин кылааска оҕо туоллаҕа, өссө линейкалыыллара буолуо.
Үрэҕи туоруур муостаҕа тохтоон күлүкпүн көрүнэбин. Сарсыардааҥҥы ыраас, чэмэлкэй күн сардаҥалара үрэх уутугар көмүс мөһүүрэлии кутуллаллар. Ол сырдыгар кыһайан көрдөххө, уол бэрдэ дьыраллан турар. Ити – мин. Болтуом түөһүн хаҥас өттүгэр ыпыраастык сотуллубут комсомольскай значогум кылабачыйар, араастаан чаҕылыҥныыр. Бэҕэһээ Маайа тигэн биэрбит хара таҥас суумкабын кыбына сылдьабын. Баттаҕым комсомоллуу кырыллыбыта төбөбүн өссө киэргэппит. Суумкабар хас да тэтэрээти, биир кинигэни, саҥа атыыласпыт уруучукабын, чэрэниилэм иһитин укта сылдьабын. Хата, бачыыҥкам моһуоктаах соҕус буолууһу. Бачыыҥкам төбөлөрүгэр кумааҕы симмитим да, халкыҥныыр курдуктар. Ох, сүрдээх улахан бачыыҥкалар эбиттэр! Хайыахпыный, барыахха…
Бытааннык, көнөтүк, атахпын үөһэ көтөҕөн хаамабын да, син биир онтон-мантан иҥнэн тарыырдыы сылдьар. Ынах этэрбэспин кэтээри оҥостуммуппун Мэхээлэ кэтэрдибэтэҕэ. «Бу бэйэлээх уола хаан киһи былыргы оҕонньотторго дылы, ынах этэрбэһинэн саллырҕайдыаҥ дуо. Коммунизмҥа киирээри сылдьар киһи бачыыҥкатынан бардын. Улахана туох буолуой, сэрэнэн эрэ хаамаар», – диэн тылыгар киллэрбитэ.
Оскуола чугаһаата… Ааҥҥа кэллим. Оҕолор бары уруоктарыгар эбиттэр. Иһирдьэ киирэммин бэтэрээ кирилиэһинэн өрө дабайан истим. Аргыый аҕай, тыаһаамыахха… 8 «б» кылаас көрүдүөр анараа уһугар баар. Бэйи, уоскуйуохха. Үөһээ этээс кирилиэстэрин дабайан бардым. Эмискэ дойдубар история учууталын саныы түстүм. Алексей Иннокентьевич барахсан… Лэҥкэйбит улахан төбөтө адьас бу көстөн кэллэ. Бэйи, туох диир этэй? Ээ, сөп, өйдөөтүм. Бастакы, үктэл кулуттааһынын үйэтэ. Эстибитэ быданнаата. Иккис үктэл – феодальнай тутул. Ол эмиэ бүппүтэ. Үһүс үктэл – капитализм үйэтэ. Тойоттору, баайдары, кыайбыппыт. Төрдүс үктэл – социализм үйэтэ. Ону туругурдубуппут быдан буолла. Бэһис үктэл – бүтэһиктээх дьоллоох комм…низм… ситэ эппэтим, оонньообутум оҕус буолла. Уҥа атаҕым бачыыҥката төбөтүнэн кирилиэстэн иҥнэн туура барда, бэйэм буоллаҕына туруйалаан иһэммин, тутуһан испит кирилиэһим өйөнөрүн сыыһа туттум да, туох да өрүһүлтэтэ суох муостаҕа тиийэн сирэйбинэн бардым. Маа бэйэлээх киэргэнэн кэлбит киһи бачыыҥката, суумката суох дөйүөрэн, бурҕаллан сыттым. Аата, куһаҕан биккэ дылы, буолан түһэн…
Дьонум Мэхээлэлээх кыайан олоруо суох буоланнар, мин тохсуһу бүтэрбитим кэннэ, дьахтар төрөөбүт дойдутугар, Ытык Күөлтэн чугас «Победа» колхоз учаастагар, көһөн бардылар. Миигин оскуолаҕа остуораһынан киирбит Мэхээлэ балтыгар Катя дьаһалыгар хааллардылар. Күһүн үөрэх буолбутун кэннэ оскуола таһыгар саха балаҕаныгар олорор эмээхсиҥҥэ дьукаах быһыытынан киирдибит. Маҥнайгы чиэппэр бүтэн эрдэҕинэ, оскуола завхоһа Уваров Иннокентий Алексеевич таба көрөн, оскуола директорын кытта кэпсэтиһэн, интернакка ыллаттарбыта. Онон уруккуттан баҕарар баҕабын толорон, дьэ, интернакка олорон онус кылааһы бүтэрбитим.
Бииргэ үөрэммит оҕолорбут билигин сорохторо суохтара улаханнык харааһыннарар. Билигин үлэлиихамсыы сылдьар табаарыстарбын субу баардыы көрөргө дылыбын. Аһары сымнаҕас, үтүөкэннээх табаарыстары: Афоня Дедюкины, Люда Ефимованы, Аня Афанасьеваны, Тина Иванованы, Петя Филатовы, онтон да атыттары. Үтүө өйдөбүлү хаалларбыттара литература эйгэтигэр киирэн суруйааччы буолбут: Костя Гурьев, Ваня Сысолятин, Вася Тарабукин, Рома Хатылаев уо.д.а. Кинилэр бары олох үөһүгэр эрэллээхтик эрдинэн киирбиттэрэ.
Тапталлаах учууталларым: Заболоцкая Акулина Паповна, Большакова Анна Алексеевна, Товаров Алексей Иннокентьевич, Мурунов Егор Дмитриевич, Гагарина Изабелла Васильевна, Плотникова Ида Анатольевна… – бука барыгытыгар сахалыы нөрүөн нөргүйэбин!
2005 сыл.
«Чолбон» сурунаал