Татьяна Андросова, ССРС, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ
Лидия Гаврильевна Слепцова төрөөбүтүн туһунан Байаҕантай улууһун Богородскай таҥаратын дьиэтин докумуонугар маннык суруллубут: Слепцова Лидия Гаврильевна 1893 тохсунньу 31 күнүгэр төрөөбүт. Аҕата Гаврил Петрович Слепцов, ийэтэ Оросина Мария Ивановна, сүрэхтээбит ийэ Емельянова Матрена Егоровна. Лиис 10, суруйуу 32. Аҕабыт Иннокентий Неустроев, псаломщик Петр Нифонтов.
Лидия ийэтэ Мария Ивановна Игидэй баайа Уйбаан Оруоһун кыыһа буолар. Оттон аҕата Слепцовтар-Отоороптор айбыттарын (аҕаларын) Петр Петрович бииргэ төрөөбүт убайа Гаврил Петрович Слепцов. Гаврил Петрович Аана диэн эдьиийдээҕэ уонна Ксения диэн балтылааҕа. Ксенияны, суруйааччылар Анна Денисовна уонна Николай Денисович Неустроевтар ийэлэрин быһыытынан билэбит. Гаврил Петрович Оруоһуттар баар-суох соҕотох мааны кыыстарын Маарыйаны кэргэн ылан Баайаҕаҕа олохсуйбуттар. Гаврил Петрович ки- нээһинэн талыллан үлэлии сылдьыбыт. Ону таһынан кини биллибит-көстүбүт мас ууһа эбит эрээри, сэниэтик олорор буолан, идэтийэн дьарыктамматах.
Маарыйалаах Гаврил күҥҥэ көрбүт соҕотох кыыстара Лидия 1903 сыллаахха Байаҕантайдааҕы Маслов аатынан норуодунай училищеҕа үөрэнэ киирбит. Оскуоланы бүтэрэн ба- ран сотору норуодунай оскуола учууталыгар Арсений Арсеньевич Петровка кэргэн тахсыбыт уонна түптээн бииргэ уһуннук олорбокко арахсыбыттар. Лидия бастакы кэргэниттэн Марфа диэн кыыстаммыт.
Мин сабаҕалыырбынан, Лидия Гаврильевна кэргэниттэн арахсан баран, Дьокуускайдааҕы фельдшер-акушер оскуолатыгар туттарсан киирбит уонна 1920 сыллаахха бүтэрбит. Кинини кытта биир дойдулааҕа Григорий Кириллович Андросов эмиэ бу оскуоланы бүтэрэн, Байаҕантай улууһун Баайаҕа балыыһатыгар үлэҕэ ананар. Лидиялаах Григорий үөрэхтэрин бүтэрбит сылларыгар, аттестат былаанката суох буолан, туох даҕаны биэлсэр идэтин ылбыттарын туһунан туоһулуур докумуону илиилэригэр ылбатахтар. Эһиилигэр 1921 сылга биирдэ үөрэхтэрин бүтэрбиттэрин туһунан ахтыллар. Ол иһин Лидия Гаврильевна
үлэлээбит сылын мэлдьи 1921 сыл диэн суруйаллар.
История наукатын кандидата Афанасий Афанасьевич Павлов архыыпка үлэлээн, хомуйан оҥорбут «Профессиональные и средние школы Якутии (XVIII—начало ХХ вв.)» кинигэтигэр маннык суруллубут: «О высоком качестве подготовки выпускников фельдшерской школы косвенно свидетельствует следующий факт: Л.Г. Петрова-Слепцова в годы Гражданской войны, сражаясь на стороне повстанцев, не имея ни хирургических инструментов, ни медикаментов, прооперировала в полевых условиях десять тяжело раненых, и все они выжили (103)? В боях она неоднократно проявляла храбрость и не раз спасала бойцов от плена и неминуемой смерти. После Гражданской войны Лидия Гаврильевна некоторое время работала заведующей Крест- Хальджайской (ныне Томпонский улус) участковой больницы, однако находилась под бдительной „опекой» чекистов. Не выдержав постоянной слежки и подозрений, уволилась с работы. Личная жизнь Петровой-Слепцовой была несчастливой: неудачное замужество, единственная дочь Мавра (Марфа), не выдержав постоянных издевательств, незаслуженных упреков, покинула жизнь самоубийством. В годы Великой Отечественной войны (1941-1945 гг.) Лидия Гаврильевна работала наравне с другими, не щадя здоровья, но, к сожалению, не была отмечена наградами „по идеологическим соображениям». Простое население самыми добрыми словами отзывалось о Слепцовой и о ее профессиональных качествах. Лидия Гаврильевна пользовалась всеобщим уважением до самой смерти. Умерла она в 1977 году».
Повстанчество кыттыылааҕа, үрүҥ хамандыыра Гаврил Леонидович Семенов 1949 сыллаахха НКВД доппуруоһугар көрдөрүүлэриттэн: «…В 1921 г. я работал учителем в Баягинской школе. В конце лета этого года прибыл отряд В. Коробейникова с. Нелькана. В январе с писателем Н.Д. Неустроевым ехали в Якутск, по дороге нас поймали и привели в отряд Г.В. Баишева (Алтан Сарын) и П.И. Оросина. Мы с Неустроевым согласились. Я был зачислен командиром взвода в отряд Баишева. Отряд состоял из взводов (К. Неустроева, М. Филатова и моего). В Мюрю Баишева отозвали в штаб и командиром отряда назначили меня. …В марте 1922 г. красные провели наступление, вышибли Протасова из Тулагино-Кильдямцев, и ему пришлось отступить к нам. Моя рота едва удержала Кильдямцы. В этом бою красные убили моего родного брата, находившегося в отряде Протасова. Это убийство меня очень обозлило и я остался в отряде. В апреле красные атаковали нас и мы отступили в Никольцы, где летом 1922 г. был последний бой. В этом бою наш отряд был окончательно разбит. Я получил ранение и скрывался в тайге. Со мной была фельдшерица — моя жена. В Мюрю, присутствовал на расстреле 3 человек, а в Татте дал распоряжение своей роте о расстреле 2 приговоренных полевым судом. Лично я никого не расстреливал… В Никольском находилась моя рота 120 человек при одном неисправном пулемете…» (В.И. Пестерев. Гражданская война на северо-востоке России и антикоммунистические выступления в Якутии (1918-1930гг.). Якутск, издательство ЯНЦ СО РАН, 2008. С. 221-222)
«…Ытыалаһыы буолбутугар хоту-соҕуруу сүүрүү бөҕө буолбута. Семенов кэргэнин акка мэҥэһиннэрэн, соҕуруу оломунан (ол саҕана оспуос онон этэ), билиҥҥи кулуубунан соҕуруу түспүтэ. Өлөр бу кэлбитигэр мин ат кэнниттэн түһүнэн кэбиспитим. Сатаан харбаабат буолан сүүрүк ат кутуругуттан тутуһан уҥуор талахтары булбуппут. Семенов Г.Л. илиитигэр бааһырбытын кэргэнэ эмтээбитэ. Оруоһуттар кыыстара.
Атахпар үчүгэй буолан өлөр өлүүттэн мүччү туттарбытым. Үөрэхтээх дьоммут куоппут этилэр», — диэн Г.В. Баишев-Алтан Сарын этэрээтигэр куонньугунан сулууспалаабыт Гаврил Михайлович Данилов-Хардыы ахтар эбит. (Намский улус в годы гражданской войны. В.И. Пес- терев, И.З. Кривошапкин, Т.П. Никонов. Намцы, 2017).
2012 сыллаахха Кириэс Халдьаайыга бара сылдьан биир ыалга түспүтүм. Кинилэртэн: «Сэмэнэптээх сэрииттэн кэлэн ханна олорбуттарай?» — диэн ыйыппытым. Токкоолоспут дьонум онно: «Тыа быыһыгар Түгэх диэн сиргэ саһан олорбуттара», — диэбиттэрэ. Биллэрин курдук, 1922 сыллаахха Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбута. Онон сибээстээн повстанчество кыттыылаахтарыгар барыларыгар амнистия биллэриллибитэ. Сорохтор дойдуларыгар барбыттара, үлэлээхтэр үлэлэригэр төннүбүттэрэ. Ол курдук ВЯОНУ норуодунай армиятын Хотугу этэрээтин ротатын хамандыыра Гаврил Леонидович Семенов Баайаҕатыгар төннөн кэлэн учууталлаабыта. Лидия Гаврильевна уонна Гаврил Леонидович Семенов Байаҕантай улууһун Богородскай таҥара дьиэтигэр бэргэһэлэммиттэрин туһунан докумуон баар.
Семенов Гаврил Леонидович 27 лет, Слепцова Лидия Гаврильевна 30 лет поженились 14 октября 1923 года.
Гаврил Леонидович Семенов — Аан дойду бастакы сэриитин кыттыылааҕа. Өктөөп өрөбөлүүссүйэтин көмүскэспит, повстанчество кэккэтигэр сылдьыбыт учуутал идэлээх киһи. Семенов олоҕун устата араас ыарахаттары көрсүбүт, сууттаммыт, хаайыллыбыт, көскө ыытыллыбыт, төрөөбүт дойдутугар эргиллибэтэх, уоллаах кыыһын кыайан иитиспэтэх, биир киһи олоҕор олус уустук олоҕу олорбут ыарахан дьылҕалаах киһи.
Лидия Гаврильевна Петрова-Слепцова тус дьыалатын СӨ Национальнай архыыбыгар булан көрдүм. Кумааҕы тиийбэт буолан бирикээстэр быһа тардыы кумааҕыларга суруллубуттар. 1921 сыл ыам ыйын 14 күнүнээҕи бэлиэтээһиҥҥэ 224 №-дээх бирикээскэ — фельдшер кууруһун бүтэрбит Петрованы уонна Заболоцкаяны Өлүөхүмэ упрздравын дьаһалыгар ыытарга диэн суруллубут (Ф. 58, опись 2, дело 33). Петрова диэн, баҕар, атын буолуо. Кини онно чуолкай барбатаҕа.
Управление здрава бывшей фельдшерицы 5-го участка Якутского уезда Баягинской лечебницы Петровой Лидии Гаврильевны. Прошу фельдшерицу выше названной лечебницы захваченной повстанческим движением января 1922 г. оставаясь без места до сие время. Вновь определить меня на работу, именно назначить в Таттинскую лечебницу. В том подписуюсь фельдшер Петрова Л.Г.
Бу Баайаҕа балыыһата буолуон сөп.
Ф. 58, оп. 2, д. 33.
Приказ №182. 25 сентября 1923 г. фельдшерица Л.Г. назначается на должность фельдшерицы-акушерки Таттинского медпункта. Завупрздрав Любимов…
Онтон салгыы үлэлээбитэ бу суруйууларга баар«1923 сыллаахха сайын Бороҕон медпуунугар Петрова диэн Таатта кыыһа биэлсэринэн үлэлии кэлбитэ. Ол кэнниттэн Сухонин биэлсэри кыыһыныын уонна акушерка Дьячковскаялыын Дүпсүн медпуунугар көһөрбүттэрэ. …Ити курдук үлэлии сырыттахтарына, Бороҕон улууһун биэлсэрэ Петрова Таатта улууһугар көһөн, Мүрү Томторун медпууна эмчитэ суох хаалан, олох- тоохтор туруорсаннар Сухониннары Мүрүгэ төт- төрү көһөрөн киллэрэллэр» («Уус Алдан эмин тэрилтэлэрин сайдыытын историята» кинигэ 26 сирэйин көр).
2012 сыллаахха И.И. Баланов, Б.Н. Павлов хомуйан таһаартарбыт «Үһүс Байаҕантай Кириэс Халдьаайы» кинигэтиттэн: «РКП(б) обкомун чилиэнэ Александр Федорович Попов көмөтүнэн наркомздрав от ыйын 11 күнүн
- сыл 330-№-дээх бирикээһинэн саҥа аһыллар Кириэс Халдьаайы медпуунугар 1921 сылга фельдшерскэй-акушерскай оскуоланы бүтэрбит Лидия Гаврильевна Петрованы Бороҕон фельдшерскэй пуунуттан көһөрөн аҕалан үлэлэтэргэ эппитэ. Биэлсэр Лидия Гаврильевна Петрова Кириэс Халдьаайыга атырдьах ыйын ортотун диэки араас эмин-томун акка ыҥыырданан кэлбитэ. Бастакы кыһынын медпункт В.И. Софронов 1908 сыллаахха туттарбыт оскуолатын дьиэтигэр үлэлээбит. Байаҕантай нэһилиэгин бэрэстэбиитэллэрэ уонна сэбиэтэ
- сыл саҥа балыыһа дьиэтин тутуутун саҕалаан баран, күһүнүн бүтэрэргэ диэн уураах ылыммыттара».
Кириэс Халдьаайы олохтооҕо, кыраайы үөрэтээччи Федор Васильевич Егоров ол туһунан суруйбут ыстатыйатын ис хоһооно маннык. Кырдьык, олохтоох салалта эппит тылыгар турбут. Ити боппуруос Лидия Гаврильевна кэлбитин кэннэ көтөҕүллүбүт. Олохтоох маастардарынан Федор Матвеевич Охлопков I, Дмитрий Егорович Охлопков-Доруобуйа анаммыттар. Баайаҕаттан Михаил Софронович Попов-Туллаҥ Мэхээлэ диэн улахан маастар кэлэн салайбыт. Саха АССР бырабыыталыстыбатын салайааччыта Максим Кирович Аммосов тус бэйэтэ өйөөн, бу тутууга 6 мөһөөх солкуобайы көрдөрбүт. Үптэрэ ордон 5х5 баанньык туппуттар. Балыыһа 1926 сыл күһүнүгэр үлэҕэ киирбит. 2021 сыллаахха история наукатын кандидата Николай Степанович Николаев Томпо улууһун энциклопедиятыгар Л.Г. Петрова-Слепцованы киллэрбит: «Петрова (урожд. Слепцова) Лидия Гаврильевна (03.04.1893-05.1977), работник здравоохранения, фельдшер, лекарь (медик) якутских повстанцев в 1922 г. Организатор и первая заведующая Крест-Хальджайским медицинским фельдшерско-акушерским пунктом (11.07.1924-20.02.1929).
…07.01.1922 года примкнула к якутским повстанцам и служила медиком до знамени- того сражения под Никольским (21.06.1922). Вылечила командира повстанцев Г.Л. Семенова, получившего тяжелое ранение в предплечье в этом сражении. Как участница повстанческого движения была амнистрирована в 1922 г. После амнистии работала фельдшером и заведующей Таттинским медпунктом (25.09.1923-11.07.1924) …В феврале 1929 года категорически отказалась от фельдшерской работы. Причина неизвестна (нет никаких объяснений в документах здравоохранения и воспоминаниях). После этого жила в Крест-Хальджае до конца 1940 годов. Затем переехала к родственникам в село Ытык-Кель, где и скончалась в мае 1977 года.
Замужем дважды. С первым мужем А.А. Петровым сразу развелись, фактически вместе не жили. Вторым мужем (14.10.1923-1929 гг.) был Г.Л. Семенов, в этом браке у них не было детей, воспитали дочь Лидии Гаврильевны от первого брака Марфу (1911-1938 гг.). Дочь Марфа окончила Якутскую фельдшерско-акушерскую школу, стала фельдшером, вышла замуж за геолога Гавриила Петровича Ефимова из Крест-Хальджая. Но семейное счастье длилось не- долго. В 1938 году Марфа покончила жизнь самоубийством. В 1929 году Г.Л. Семенов развелся с Л.Г. Петровой, отказавшейся работать в советском учреждении. После этого Лидия Гаврильевна не выходила замуж, жила самостоятельно в одиночестве.
Лидия Гаврильевна была талантливым, очень способным медиком. По ее собственному утверждению, она вылечила сотни раненых повстанцев и только 3-4 тяжело раненым бойцам не смогла оказать помощи. Все остальные возвратились в строй, к жизни. Вполне возможно, ее талант и жизнь погубила ненависть советского общества к своим бывшим противникам-белым, повстанцам, белобандитам и.т.д.».
1926 сыл ахсынньы 5 күнүгэр Лидия Гаврильевна холуобунай кодекс 187-с ыстатыйатынан
25 боппуруоска анкета толорбут. Анкета 17-с боппуруоһа: «Служил ли в белой армии и в каком звании?» диэн. Онно Лидия «По мобилизации у повстанцев, как фельдшерица» диэн суруйбут.
Калининскайдар соҕотох кыыстара Мария Петровна Уранаева кэпсииринэн: «Лидия Гаврильевна Баайаҕаҕа Слецовтарынан аймахта- рыгар, мин төрөппүттэрбэр Елена Дмитриевна Белолюбскаяҕа, Петр Васильевич Калининскайга көһөн кэлэн 1973 сыллаахха диэри олорбута. Биһиэхэ сэрии кыттыылааҕа, аймахпыт Зиновий Иванович Слепцов олороро. Лидия эбэбин, аҕам ийэтин Кэтириинэни кытта биир хоско утуйаллара. Лидия ол кэмҥэ биир ынахтааҕа, ынаҕын бэйэтэ көрөрө, сайынын оттоһоро, сир астыыра. Бэйэтэ наһаа ыраас туттунуулаах, чэнчис киһи этэ. Аһын бэйэтэ астанара, буһарара уонна остуол биир өттүгэр туһунан аһыыра, аһаан баран иһитин сууйан сырдык таҥаһынан сабан кэбиһэрэ. Эбэбин кытта наһаа кэпсэтэллэрэ». Л.Г. Слепцова үтүөкэннээх ыалга олорбута. Ыал аҕата Петр Васильевич Калининскай Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, сэрииттэн үһүс группалаах инбэлиит буолан эргиллибитэ. Кэлэн холкуоһугар биригэдьиир, пиэрмэ сэбиэдиссэйэ буолбута, онтон сопхуоска үлэлээн «Коммунистыы үлэ ударнига» үрдүк ааты ылбыта. Кини кэргэнэ Елена Дмитриевна тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ этэ.
Онтон 1973 сыллаахха Лидия Гаврильевна Оруоһуттарынан аймахтарыгар Ытык Күөлгэ Клавдия Ивановна, Семен Иванович Протопоповтарга көһөн кэлбит. Протопоповтар уоллара Георгий Семенович кэпсиир: «Клавдия Ивановна ийэтэ, мин эбэм Ефимия Ивановна Хоноехова ол кэмҥэ баара. Лидия Гаврильевна көһөн кэлбитигэр киниэхэ биир хоһу биэрбиттэрэ. Лидия бэйэтэ астаммат этэ, уопсай астан аһыыра. Ол эрээри аһыырыгар бэйэтэ туһунан остуолга олороро, иһитин эмиэ туһунан тутара. Элбэх кинигэни ааҕара. Аҕабыныын Оруоһуттар тустарынан, онтон да атыны кэпсэтэллэрэ. Онно „бу олорор дьиэбит Уйбаан Оруоһун дьиэтэ» диэбиттэрин өйдүүбүн. Мин кэпсэтэллэрин истээри кинилэргэ кэлэн аттыларыгар олордохпуна, эбэм Өппүөнньэ „ону-маны, куһаҕаны истимэ» диэн миигин ыҥыран ылара. Лидия Гаврильевна 10 солкуобай биэнсийэлээҕэ, ол харчытын мунньан баран мин студенныыр эдьиийбэр Светлана Семеновна Лопатинаҕа биэрбитин биирдэ көрбүтүм. Кини сороҕор улаханнык ыалдьара. Үс күнү быһа суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытара, аҥаардас ууну эрэ иһэрэ, төрүт көрдөрбөт да, эмтэммэт да этэ. Онтон сотору соҕус буолаат эмээхсиммит туран кэлэрэ уонна онон ыалдьан бүтэрэ. Биһиэхэ олорон: „Сэмэнэптэн сурук туттум», — диирэ, ол аата суруйсаллар эбит диэн саныыбын. Кини дьоммор кэриэһин: „Бу былаастан туох да үтүөнү көрбөтүм. Өллөхпүнэ кыһыл таҥаһы олох туттумаарыҥ», — диэн эппит. Төрөппүттэрим Лидия Гаврильевна эппит тылын толорбуттар. Тиһэх күнүгэр атаара кэлбит дьонтон сорохторо: „Баайын сиэн баран, аҕыйах миэтэрэ кыһыл таҥаһы булбатаххыт», — диэн дьоммун хомуруйбуттар.
Кэлин билбитим, олорор алаһабыт чахчы Уйбаан Оруоһун дьиэтэ эбит. Ол аата Лидия Гаврильевна эһэтин дьиэтэ. Кини Арамаан уонна Бүөтүр Оруоһуттар бырааттара буолар. Бу дьиэни 1932 сыллаахха Тугулутта алаастан Ытык Күөлгэ көһөрөн киллэрбиттэрэ. Историческай суолталаах дьиэ диэн туруорсан, реставрациятын боппуруоһун быһаартара сылдьабын».
Томпо хаһыатын эрэдээксийэтин үлэһитэ Евдокия Семеновна Неустроевалыын суруйустум. Кини аҕата, сопхуос сылгыһыта Семен Михайлович Неустроев кэпсииринэн, Лидия Гаврильевна Кириэс Халдьаайыга Алдан өрүс биэрэгэр Таас диэн ааттанар сиргэ саха балаҕаныгар олорбут. Лидия сырдык, ыраас хааннаах, дьон диэки утары көрбөккө көбүс-көнөтүк туттан хаамара үһү. Евдокия Семеновнаҕа аҕата эмиэ Лидия Гаврильевна «өллөхпүнэ, хоруоппун кыһыл таҥаһынан бүрүйүмээриҥ» диэбитин туһунан кэпсиирэ үһү. Билигин ол сир Биэрэк диэн ааттанар.
Мин 1962 сыллаахха Лидия Гаврильевнаны Баайаҕа нэһилиэгин бибилэтиэкэтигэр көрөрүм. Кини кыра уҥуохтаах, сытыы харахтаах, ыраас дьүһүннээх этэ. Урукку дьахталлар ку- руук былааттаах буолаллара. Кини эмиэ, бүлүүс кылгас соннооҕо. Уларсыбыт кинигэтин урукку сап сиэккэҕэ уктан кэлэрэ уонна саҥа талбыт ки- нигэлэрин эмиэ оннук уктан барара. Ардыгар бибилитиэкэ иһигэр эмиэ повстанчество кыттыылааҕа Михаил Петрович Слецовтуун- Отоороптуун бииргэ түбэһэллэрэ, полкаҕа турар кинигэлэри көрөллөрө. Иккиэн кэпсэтэллэрэ, чугас аймахтыылар уонна уруккута биир интэриэстээх дьон буоллахтара… Биһиги кинилэри «бандьыыттарга кыттыбыт дьон» диэн хайдах эрэ толло көрөрбүт. Дьүөгэбинээн, бибилэтиэкэр Мотрена Николаевнаны кытары кини үлэлиир сиригэр олордохпутуна, биирдэ Лидия Гаврильевна: «Мин саха суруйааччыларын айымньыларын хаһан да аахпаппын, нуучча классиктарын эрэ ааҕабын», — диэн эппитин өйдүүбүн.
Быйыл бэс ыйыгар Никольскайга үрүҥнэр уонна кыһыллар утарыта туран сэриилэспиттэрэ 100 сылын туолла. Баайаҕаттан бу кыргыһыыга хас да киһи кыттыбытыттан Г.Л. Семенов уонна Л.Г. Петрова эрэ туһунан чопчу чахчылар баал- лар. Отонноотоххо оҥоойук туоларын кэриэтэ Лидия Гаврильевна Петрова-Слепцова туһунан син биллэҕим. Кини төһө да повстанчествоҕа кыттыһан бандьыыт диэн дьаралыктаннар, биир киһи олоҕун олорон 84 сааһыгар орто дойдуттан туораатаҕа. Кини туһунан кинигэлэргэ, сурунаалларга, хаһыакка көрүөххэ сөп. Холобур, «Уус Алдан эмин тэрилтэлэрин историятыттан» (хомуйан оҥордо Гоголев И.В.-Бурҕас, Дьокуускай: Бичик, 2000 с.), «„Буденнай» холкуос историятыттан» (хомуйан оҥордулар А.Д. Тимофеева, М.Р. Его- рова, А. Тимофеева, Дьокуускай: Бичик, 2010), «Профессиональние и средние школы Якутии (XVIII — начало XX вв.)» (автор А.А. Павлов, Якутск: Бичик, 2013), «Мөккүөрдээх кэм туоһулара», (хомуйан оҥордулар Григорьева Л.М., Андросова Т.И., Дьокуускай: Бичик, 2018), «Эн- циклопедия Томпонского улуса» (автор Н.С. Неустроев, Якутск, 2021), «Оруоһуттар» (Е.Д. Андросов, Дьокуускай: Бичик, 2000) кинигэлэргэ суруллубут. Өссө уус-уран кинигэлэргэ, холобура Амма Аччыгыйа «Сынньалаҥҥа» сэһэнигэр, Куорсуннаах «Аан талҕа» арамааныгар уонна да атын айымньыларга ахтыллыбыта.