Нааста төһө даҕаны кыра буоллар бүгүн ураты күн буолуохтааҕын сэрэйэр. Дьон: «Былатыан «Күһүҥҥү бырааһынньыкка» кэлэр үһү», – диэн сүпсүгүнэспитэ быдаарыйда. Оттон бүгүн туттуухаптыы сүрдэммит, саҥаиҥэ аччаабыт, долгуйуу үөһэ тэстибит. Бэл, көрбөт буолан көрсүһүүттэн матан эрэр Испирдиэн кырдьаҕас элбэхтэ киирэнтахсан мөҕүлүннэ. Кыыһа Харытыай: «Бу оҕонньор сүгүн сыппакка киһи атаҕын анныгар тэбистэҥҥэ аалыҥнаста…» – диэн тайаҕынан охсуоланан, кыбыллакыбылла кыараҕас аанынан киирэн испит аҕатын хомуруйан ааста. «Былатыан бухатыыр буоллаҕа дуу? Көрбүт киһии…» диэн Нааста эмиэ ымсыырар даҕаны, дьоно кинини илдьимээри сылдьаллар быһыылаах. Ону сэрэйэн, кыысчаан саҥарбат буолан бууннаан көрдө эрээри, ким даҕаны сэҥээрбэтэ. Балаҕан иһэ өрө үргэҥнээн олорор, дьукаахтыылар бары тэринии да тэринии. Бэҕэһээ күн ортото ыаллара Ылдьаа Дьураа Харатыгар эрдэттэн киэргэнэн көмүс сирэйдээх ыҥыырдаах кэлэн, хара ааныттан: «Иһэр үһү, бүгүн Саппыйаҕа сылдьан баран, сарсын кэлэр үһү!» – диэн биллэриэҕиттэн тиргиллии ордук сытайбыта. Ылдьаа, соруктаах киһи олоруо дуо, хаһан даҕаны туттубатах сымсатынан Дьураа Харатын арбаҕар сиэллээх уорҕатыгар хатана түһэн, чугастааҕы ыалларын диэки тибилиннэрэ турбута. Саха сиригэр Аптаныамыйа кэлбитин 15 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах «Күһүҥҥү бырааһынньык» Улахан Сайылыкка буолар, онон Аргыннар олохторуттан үтүлүгүнэн быраҕар чугас.
Дьон сарсыардаттан дьиэуот түбүгүн бүтэрэоһоро охсон, төһө эмэ «күнүскү кэннэ» диэбиттэрин үрдүнэн, күн оройдуу да илигинэ саамылаһан тахсан; ким атынан, ким оҕуһунан, ким сатыы, айанныырдыы тэриннилэр. Дьиҥэр, «оскуола оҕолоро сылдьаллар» диэбиттэр эбит даҕаны, сэрэйиллибитин курдук, үһүс кылаас үөрэнээччитин Наастаны ким да санаабата. Хата, ийэтэ тахсан иһэн: «Һиччиэ, торбуйахтаргын эрдэ хаайаар, кыыл барыахтара, биһиги хойутуу кэлиэхпит», – диэн баран, маанымсыйдаҕына баанар сибэккилээх былаатын төбөтүгэр хам тардынна, олгуйдаах ууну өҥөс гынан күлүгүн көрүннэ, мичик аллайда уонна сырбас гынан хаалла. Аҕата, содьороҥ атаҕа көммүккэ дылы, сарсыарданы быһа дуоспуруннанадуоспуруннана төттөрүтаары хаамыталыы сылдьан, куруубай хааннаах эрээри хаамыылаах оҕуһун дьэ көлүнэн «Чэ, кытаатыҥ!» диэн дьаһалымсыйа турда. Алаас дьоно бүтүннүү таҥараҕа тиксэ баран эрэрдии сырдаан, сэргэхсийэн хоҥуннулар.
Нааста, туох эрэ улаханы куоттаран эрэриттэн маҥнай ытыах курдук буолан иһэн, эмискэ тулаайахсыйа түспүт балаҕаныттан таһырдьа ойдо. Хойукку күһүн чапчараас салгына элэктээбиттии сөрүүнүнэн сирэйгэ үрдэ. Уҥуор диэки хантайахантайа Таатыктаах балаҕаннарын көрө сатаата. Дуйа суйданан эрэр хатыҥ алар аннынан эмиэ аттаах, оҕустаах дьон субуһан эрэллэрин көрөөт, кыыс сиргэ олоро түстэ даҕаны ытаан марылаата.
– Хайа, Нааста, туох буоллуҥ? Оҕолор ойуурга оонньуу сылдьаллар, эн тоҕо барбаккын? – балаҕан чанчыгар турар чөҥөчөккө Испирдиэн кырдьаҕас синигэр түһэн тайаҕар сыҥааҕын өйөөн олорон ыйытар.
– Былатыаҥҥа илпэтилэр… – кыыс эппэҥниир.
– Бүт, эн кыра буоллаҕыҥ дии, өссө да көрүөҥ! – оҕонньор бэйэтин эгди гынардыы обургутук буойда. – Оннооҕор миигин илпэтилэр…
– Оскуола оҕотобун буолбат дуо?! Оттон эн тугу көрүөххүнүй, кырдьаҕаскын дии?! – Кыыс Харытыайы үтүктэн оҕонньор диэки хайыһан сүр баҕайы чорбороҥнуур.
– Ыыһы, «тугу көрүөххүнүй?» Бары инньэ дииллэр, оттон мин кулгаахтаахпын ээ, тугу саҥарарын истиэм этэ буоллаҕа дии. «Ким эйигин сирдии сылдьыай» диэн биир билэр тыллаахтар. Син билэр киһим этэ, – оҕонньор чахчы хомойбута саҥатыгар иһиллэр.
– Эн, дуо? – Нааста оҕонньору итэҕэйбэтэхтии дуу, саҥа көрбүттүү дуу сүүһүн аннынан көрөр. Онтон, эмискэ төбөтүгэр «Былатыаны билэр киһини сирдээн илдьэ таарыйа…» диэн санаа көтөн түстэ. – Эһээ, эн кырдьыктыы барыаххын баҕараҕын дуо?
– Ол миигин ким…
– Мин сирдиэм, барыахха! – Нааста ситэ этиппэккэ өрө көтө түстэ.
– Бэйи, оттон торбосторбут? – Испирдиэн кырдьаҕас мунаахсыйда.
– Оттон… кыратык көрө түһэн баран кэлиэхпит, онуоха диэри сырыттыннар! Биир кэм кинилэр… – Нааста кинини илдьибэтэхтэригэр буруйдаах мэччийэ сылдьар эмис торбостору буорунан быраҕан кыыратта. Торбостор үргэн үрүөтараа ыстаннылар.
Испирдиэн ойон турда, ньилбэгин тэбээтэҕэ буолан туора охсунна, долгуйан икки өттүнэн тэпсэҥнээтэ уонна:
– Хоттууспун таһаар! – диэн кытаанахтык соруйда. – Кырдьык даҕаны, үйэҕэ биирдэ тосхойор үөрүүнү мүччү тутуохпут дуо, тыыннаахтыы истиэ этибит дии, барыах! – диэтэ.
Нааста, сүрэҕэ өрө битигирии түстэ:
– Ми… ми… мин сипсибилигин! – диэт, балаҕаҥҥа өрө көтөн киирэн былаатын баанна, ийэтин үтүктэн олгуйдаах ууга элэс күлүгүн көрүнэн ылла, тоҕо эрэ тэтэрээтин, харандааһын кыбынна уонна көхөҕө ыйанан турар Испирдиэн мааныга кэтэр эргэ хоттууһун саба харбаата даҕаны, таһырдьа ойдо.
Нааста ыксыыра сүрдээх эрээри, Испирдиэн оҕонньор төһө даҕаны «Былатыаны билэр» буоллар, тэпсэҥнии сытыйан, торуоскатынан отумаһы барытын тоҥсуйан, сыылбата аньыы сор. Улахан Сайылык икки эрэ алаас уҥуор баарын үрдүнэн, уоннаах оҕоҕо уонна балай оҕонньорго балачча сир. Хата сотору, ыаллара Саабалаах тэлиэгэлээх атынан ааһа талыгыратан иһэн, сөбүлээминэ гынагына, олордон абыраатылар. Тиийбиттэрэ, тууга киирбит мунду балыктыы – киһи да киһи. Бэл, ыһыахха маннык буолааччыта суох. Наасталаах дьалты соҕус томтор үрдүгэр бөтүөхтээн тахсан турдулар. Балачча тэйиччи сулус курдук быһыылаах тырыбыына тутуллубут. Ол эрээри ол көрбөт киһиэхэ уонна сытыы харахтаах кыысчааҥҥа боруок буолбатах. Хата дьонноро көрүөхтэрэ суоҕа. Нааста ийэтин былаатын курдук былааттаах дьахтары көрдөр эрэ, Испирдиэн кэннигэр сөрүөстэр. Оҕонньор кыыс саһарын сэрэйэн, утарбат, ахчаччы тэбинэн, багдаччы туттан хаххалаатаҕа буолар.
***
– Алло, Елена, эн дуо? – төлөпүөҥҥэ симик эрээри, итэҕэтиилээх куолас иһиллэр. – Бу мин, Надя Аргунова, эрийэбин. Биллиҥ? Доо, били Нааста эмээхсин эмиэ эйигин ыйыталаһар, кэлэ сырыттын, көрсөн баран барыам этэ диир.
– Ол дойдутуттан киирээт, төннөөрү гынна дуо?
– Ээ, суох, ыарытыйар уонна сааһа даҕаны ыраатта.
– Сөп, ханна олороруй?
Киров уулуссаҕа турар балыыһа кэннигэр баар биэс этээстээх таас дьиэҕэ эбиэт кэннэ тиийдибит. Билигин хаһыс этээһин өйдөөбөппүн. Уонна күһүн буолан үдүкбадык халлаан турар, онон күнүһэтүүнэ биллибэт. Киирэрбитин кытары симик уоттаах хараҥа подъезд таайтарыылаах имигэр сөрүү тутта. Ити 2011 сыл балаҕан ыйын 9 күнэ этэ. Хараҥа кугас бүрүөһүннээх, бары ааннартан ыраас аан иннигэр тохтоотубут. Надя звоногу баттаата. Сэрэппит быһыылаах, ыйытыыта суох тимир аан халыр гына хатыыра төлөрүйдэ. Киэһэрбит түннүк сырдыга намыһах уҥуохтаах намчы эмээхсини күлүгүрдэр.
– Ээ, эһиги кэллигит, чэ, киириҥ… – диэн саараабыт дуу, долгуйбут дуу кырдьаҕас эмээхсин саҥата ыҥырда.
Аан талыр гына сабылынна. Эмээхсин сылбырҕатык хоһугар мэлис гынна. Сотору, өҥө бара быһыытыйбыт былаатын баанабаана, таҥара дьиэтин аанын арыйардыы, хоһун аанын тэлэччи аста. Төһө даҕаны суһуктуйдар, хос кытархай уоттаахха дылы. Биһиги, боруогу атыллаат, туох эрэ албаһынан сэбиэскэй кэм үйэтигэр киирэн хаалбыт курдук буола түстүбүт. Эмээхсин Надяны сэҥээрбэт, уйуһуйбут төгүрүк хараҕынан миигин тонолуппакка одуулуур. Надя түннүк аттыгар сыҕарыйан биэрдэ. Мин моҕой хомуһунугар туттарбыт куобах курдук кумуйан турдум. Нааста, аргыый аҕай устан кэлэн, музей сэдэх малын булбуттуу күрүөлүү хаама сылдьан сыныйа чинчийэр. Кини миэхэ тугу эрэ көрдүүр. Онтон сыҥаахпын одууласта уонна көрдүүрүн дьэ булбуттуу көхсүн этиттэ, саҥата суох тиийэн тимир оронугар хаачыр гына олордо. Өр чуумпуран турар табыгаһа суоҕун өйдөөн, Надя:
– Эдьиий, хайдаххыный? – аҕала сатаан ыйытта.
– Кырдьаҕас киһи сиэринэн, – эмээхсин Надя диэки хайыста.
Мин, дьэ, наҕылыйан хоһу эргиччи көрдүм. Сэбиэскэй кэмнээҕи тимир орон тоҥмут киһилии чулбуйан турар. Анныгар икки имиллибитхомуллубут чымадаан сытар. Орон иннигэр эмиэ оннук мас туумба көстөр. Истиэнэни мас ууһа оҥорбут сиэдэрэй хомуота өйүүр. Муннукка былыргы хоппо куруһуба эҥээрдээх кыһыл сөрүөнэн бүрүллэн турар. Хос иһэ тоҕо кытархай сыралҕаннаммытын, дьэ, өйдөөтүм. Биир оннук маҥан куруһуба сирэйдээх кыһыл сөрүө үс эркини тобустолору ыйанан турар. Хоһу эргиччи, быыһа суох!
– Эдьиий, бу Елена эн кэпсээҥҥин истиэ этэ, кэпсээ, – Надя мас олоппоско олороолоро этэр.
Эмээхсин ыарыытын таарыттарбыттыы ойон турда, былаатын көннөрүннэ, туумба үрдүгэр турар мастаах хаартыска диэки кылап гына көрөн ылла уонна:
– Ээ, ол мин кэпсээним диэн… – диэн баран, төттөрү олордо. Балачча олорбохтоото, онтон: – Оччолорго мин быыкаа буоллаҕым дии…
***
Күһүҥҥү ыраас халлаан тэтэримтийэр сабыытын анныттан кыһыл сардаҥанан кыыспыт аттаах киһи алаас саҕатыгар киирдэ. Мустубут дьон улуу бухатыыр дуу, ытык ойуун дуу иһэринии чуумпурдулар. Дьон үмүөрүспүтүн көрөөт, аттаах киһи көлөтүн тиэтэттэ быһыылаах, хаамыыта эрчимирдэ. Сыыр түһүүтүгэр кэнниттэн биэс хас аттаах киһи иһэрэ көһүннэ. Ол ураты көстүү кыра Наастаны олоҥхо остуоруйатын арыйар ырыалыы абылыы оҕуста. Кыысчаан, Испирдиэнин умнан, хараҕын муҥунан көрөн турда. Аттаах дьон чугаһаатылар, оҕо аймах, тулуйбакка ыһыытаһа түһээт, утары сүүрэн эрбэкэчистилэр. Нааста эмиэ сүүрүөх эбит даҕаны Испирдиэн доҕуур тарбаҕынан харытыттан харбаан турар. Сиэр дьүһүннээх аты мииммит инники иһэр киһи кэнниттэн тыгар күн уотуттан хараҕа чаҕылыҥныычаҕылыҥныы килбэчиҥнээн ылар. Аартык айаҕар киириилэригэр дьон өрө туран уруйайхал туттулар.
– Нааста, ыл, көрөр киһи кэпсии тур ээ, хайдаҕый?
– Чугаһаатылар… Хараҕын уота чаҕылыҥныыр…
– Ол кини, кини ачыкылаах. Оҕонньорбут илэ бэйэтинэн кэлбит!
– Оҕонньор буолбатах… – Кыыс кырдьаҕаһын кынчарыйан ылла уонна «сымыйанан билэр киһим диэбит» дии санаата.
Дьон ортотугар алачуо, сиртэн буортан тэйбит курдук ыраас, бинсээгин иһинэн маҥан ырбаахытыгар хара хаалтыстаах, ый курдук туналҕаннаах ньуурдаах сирэйигэр дьэҥкэрэн көстөр таастаах ачыкытын аннынан сыпсырдыгынан көрбүт харахтаах, хара баттаҕа тыалга үргэҥниир кэрэ киһи маҥан тиистэрин көөчүктүү мичээрдээбитинэн кэлэн, чэпчэкитик атыттан ыстанан түстэ. Тулалыы охсубут дьону кытары илии тутуста, тугу эрэ саҥарда, күллэүөрдэ даҕаны, Нааста тугу даҕаны истибэт. Арай сүрэҕэ уйатыттан сууллубут чыычаах оҕотунуу тилэҕэр түһэн тилигириир. «Кини олоҥхо бухатыыра буолбатах, хаалтыстаах мааны тойон эбит… Ол аата, улаатан хотун буоллахха киниэхэ чугаһыахха сөп буолуо…» диэн кыысчаан олус үөрдэ.
– Ыл, көр эрэ, уларыйбыт дуо? Баттаҕа маҥхайбыт дуо? Тииһэ түспүт дуо? – Испирдиэн өрө күүрэн ыгартүүрэр.
– Билбэппин… Кини дьиҥнээх, кэпсэтэр, күлэр, бэл, илии тутуһар… – кыыс өрүкүйэ хардарар. Онтон иһигэр «аата, ол Тиимнээх курдук аттыгар сылдьыбыт, илиититтэн сиэттиспит киһии…» дии санаата уонна бараары тардыаласта даҕаны эһэтэ, абааһы хараҕын сүтэриэн баҕарбатаҕыныы, ыытан эрэ бэрт.
Барыта түүлбит курдук. Кэлбит дьону өрө үтэйэн саҥа тутуллубут тырыбыынаҕа таһаардылар. Ким эрэ тыл эттэ даҕаны дьон бары Былатыан саҥарарын истээри мылаарыһан тураллар. Онтон ытыс тыаһа хабылларын кытары, эһитэ быраҕаттыыр курдук дэбдэрэҥнээн хааман Былатыан инники таҕыста уонна чуор куолаһынан хас тылын барытын чопчулаанчуолкайдаан саҥаран барда. Наасталаах кини тугу саҥарарын истээри үөмэхтэһэн турар дьоҥҥо таластылар. Оҕонньор балааскайдаан сыыртан түһэн истэҕинэ, кыыс, илиитин мүччү туттаран, дьон диэки сүүрдэ. Симсэсимсэ иннин диэки дьүккүйдэ. Былатыан саҥата бу баардыы: «Күндү дьонумсэргэм, бу 1937 сыл бэрт дьикти бэлиэ сыл…» – диирин эрэ иһиттэ уонна биирдэ дьон халҕаһатыгар тимирэн хаалла. Тыына ыгылынна, сүрэҕэ өлөхсүйдэ, күүскэ мөҕүстэ.
Онуоха:
– Ити оҕону ыытыҥ эрэ. Тоойуом, кэл манна, иннигэр, – диэн Былатыан саҥата иһиллэрин кытары, дьон силэллэн биэрдилэр.
Эмискэ барыта сырдаата, кэҥээтэ. Былатыан истиҥтэн истиҥ мичээрэ киниэхэ, Наастаҕа, эрэ ананан сылааһынан сыдьаайар. Кини хайдах манна баар буолан хаалбытын өйдөөбөтө, кыбыстан умса туттан атаҕын аннын одууласта. Өрө көрбүтэ, Былатыан хайа сах тугу эрэ атыны кэпсээн уоһатииһэ туртаҥныы турар. Кини төһөнөн кэпсиир даҕаны улаатан, тупсан иһэргэ дылы. Кыысчаан ол күүрүүлээх тыллартан «аптаныамыйа», «дьокутаат», «быыбар», «сэбиэттэр, сэбиэттэр…» эрэ диэн тыллары үдүк-бадык өйдүүр, тоҕо диэтэххэ, кини түөһүн иһигэр кып-кыра сүрэҕэ үөрүү-дьол өрөгөйүттэн олуус-олус улаатан, бу тахсан барыахтыы мөхсөр.
***
– Барахсаммыт оннук уратыттан ураты киһи этэ. Биир Былатыан диэн аат хас саха киһитигэр кинини бүтүннүү суулуу тутан этэр сүдү күүстээҕэ. Биһиги кинини хайдах таптыахпыт суоҕай? Кини биһигини биирдэ даҕаны таҥнарбатаҕа. – Нааста бүтүннүү ыарыынан, ахтылҕанынан туолбут хараҕыттан дьэҥкир таммах ыгыллан тахсыбытын былаатын уһугунан сотунна. – Ол дойдутугар бүтэһик тахсыыта эбит. Сэгэртэйим сыыһын сиэхситтэр сиэбиттэрэ, имниин сүтэрбиттэрэ. Соҕуруу баран баран хаайыллан, өлөөрү сытан көрдөһөнааттаһан дойдутун булаат, тыына быстыбыт этэ. Хор, оннук биһигини таптыыра. Биһиги буоллаҕына кинини быыһаабатахпыт… – үҥсэргиир куолаһа титирэстиир.
Арыый уоскуйан, иннигэр турар туумбаттан мастаах хаартысканы илиитигэр ылла. Мин, өҥөс гынан көрөөт, сүрэҕим бар гынна. Хаартыскаҕа Платон Алексеевич, ачыкыта кылбачыйан, ырбаахыта уонна тииһэ туртаһан, туох эрэ үчүгэйи санаан мичээрдии олорор. Оттон Нааста билигин үйэтин тухары бииргэ олорбут тапталлааҕын аһыйан ытамньыйа олорор огдообоҕо майгыннаата. Бу ытыктабыл эрэ буолбатах, бу таптал көстүүтэ дуу, эмиэ да буруйданыы диир сөбө дуу? Оо, айыым таҥарам, ама, Нааста оҕо сааһыгар Ойуунускайы биирдэ көрөөт, итиччэ үлүгэр сүрэҕин туттарбыта буолуо дуо? Уонна үйэтин бүтүннүү ол ымыытыгар толук ууран эргэ тахсыбакка, оҕо төрөппөккө суоҕу тилиннэрэ сатыырга бараабыта буолуо дуо? Ити санааны таайбыттыы, Нааста буруйун билинэр оҕолуу умса көрөн олорон:
– Мин олоҕум, сыралаах үлэм, ырам сылаата, муҥура суох аһыым бииргэ түмүллэллэр, ол – киниэхэ бэринии. Ону дакаастыыр миигинньик кыра киһиэхэ кыаллыбат дьыала да буоллар, бэйэм кыахпынан тугу эрэ бооччойдум. Бу, көрөрүҥ курдук, үйэм тухары кини кэскиллээх тылларын, айымньыларын санаа сабыгар тиһэн куруһуба баайдым. Ол «Күһүҥҥү бырааһынньык» кэнниттэн ийэм миигин куруһуба баайарга, быысыпка анньарга үөрэппитэ. Бастакы улахан сөрүөбүт «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ» хоһоон этэ. Ийэлээх аҕам, Былатыан «Үөрэхтэн ордук күүс суох!» дииринэн, миигин кыахтарынан үөрэттэрбиттэрэ. Үйэм тухары Сэбиэт бэрэссэдээтэлинэн үлэлээбитим. Түбүктээх үлэм кэнниттэн бу маннык баайар буолбутум. Ол былаһын тухары Былатыаммын санаан бириэмэни билбэккэ хааларым. Үгүстэр бу туохха туһалааҕый диэн ыйыталлар. Туох туһалааҕын билбэппин. Арай, миэхэ… – Анастасия Гаврильевна ситэ саҥарбакка, истиэнэҕэ ыйанан турар кыһыл таҥаска сыппыт куруһуба сөрүөлэри ыйда. Биһиги онно көрбүппүт, маҥнай киһи хараҕар быраҕыллыбатах көннөрү оһуордар, баҕар, хараҥарбыт халлаан суһумуттан эбитэ дуу, Былатыан Ойуунускай тылларынан тыыннанан тиллэн кэлбиккэ дылы буолбуттар. Манна бүтүн «Кыһыл ойуун» олоҥхотойук быһа тардыылара, «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхо тыллара үрүҥ тыыннанан тыллыбыттар. Улуу киһи кэс тыллара ыраас кэккэнэн биир тэҥник истиэнэттэн ааҕыллаллар. «Оо, тоҕо баҕас соһуччутай, сөҕүмэрэй, киһи таптала муҥура даҕаны суох» дии санаатыбыт дьиктигэ түбэспит Надя биһикки.
– Манна эмиэ бааллар, – дии-дии, Анастасия Гаврильевна хоппотун арыйда. Биир тэҥ сууламмыт сөрүөлэр муннуктара кытаран үрүтүрдүлэригэр кыстанан, суох, дьапталлан сыталлар. – Өссө бу! – эмээхсин өрүһүспүттүү хомуотун тардардарын, орон анныгар турбут чымадааннарын арыйталыыр. Барыта сөрүөлэр… сөрүөлэр, суруктаах сөрүөлэр…
Мин харахпар бу кыракый эмээхсин таптал дьарҕа ыарыытын кытары киирсибит туоһулара бу хоһу, дьиэни, аан дойдуну саба бүрүйүөх курдук буолан бардылар. Сотору кини уоскуйан, санааоноо иччититтэн быыһаммыт киһилии чэпчээн, сырдаан, кэрэтийэн тимир оронугар таҥаратын мэтириэтин кууһан олордо.
– Чэ, билигин чэпчэкитик айанныам, эн билэҕин. Бачча тухары бэйэм санааларбын кытары сэриилэһэн аҕай кэллим. Былатыан кыайыылаах кыайыылаах курдук кыайдаҕа дии. Мин ону кытары эйэлэспитим ыраатта, – мүчүк гынан сонньуйан ылла. – Сорох сөрүөлэрбин музейдарга эҥин биэрэ сатаабытым даҕаны, ким даҕаны аанньа ахтыбат. Бу эйиэхэ эмиэ аҕыйаҕы бэлэхтиибин, тугу гынарыҥ бэйэҥ дьыалаҥ. Оттон бу мин бэйэм Былатыаным кэскиллээх тылларыттан тиһиллибит аныгы үйэҕэ ыытар суруктарым, – диэн баран, сууламмыт мөһөөччүгү туттаран кэбистэ. Мин бу дьиэҕэ киириэхпиттэн тугу даҕаны саҥарар кыаҕа суох соһуйа эрэ сылдьар эппэт кэлэҕэйгэ кубулуйбут буоламмын, тугу даҕаны хардарбакка хааллым.
Арай Надя, таһырдьа тахсан баран, түүлүттэн уһуктубут киһилии дьигиһис гынан ылла уонна: «Доо, олох таҥара кийиитэ диэн сымыйа дии!» – диэтэ.
2023 сыл балаҕан ыйа
Куорсуннаах
Чолбон. – 2024. – №6