Н.Д. НЕУСТРОЕВ «ҮРҮҤ БАНДЬЫЫТ» ЭТЭ ДУО?

Советскай Союзка тоталитарнай режим сабардаан турдаҕына, норуокка, норуот уһулуччулаах уолаттарын киртитэр-хараардар дьоннор күннээн-күөнэхтээн, мин аҕай буолбахтанан олорон ааспыттара.

1952 сыл саха норуотун историятыгар хара мэҥи түһэрбит, революция иннинээҕи уһулуччулаах суруйааччылар А.Е. Кулаковскайы, А.И. Софроновы, Н.Д. Неустроевы сиргэ-буорга тэпсэ, көмө сатаабыт сыл этэ. Ол саҕана БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун бастакы секретарынан Семен Захарович Борисов өрө таһаарыллан, кини иннинэ ити дуоһунаска үлэлээбит Илья Егорович Винокуровы киэр хаһыйан, буруйдаан-сэмэлээн, күннээн аххан сылдьыбыта.

Кини көҕүлээһининэн 1952 с. олунньу 6 күнүгэр БСК(б)П Саха сиринээҕи обкомун бюротун «Саха литературатын историятын сырдатыыга буржуазнай-националистическай токурутуулар тустарынан» бэрт хабыр, сыысхаллаах уурааҕа тахсыбыта. Ол уураах 5-с пуунугар чуолаан маннык этиллибитэ:

«5. Наконец, исходя из общей антинаучной «концепции» о просветительстве трех писателей, демократичности и прогрессивности их взглядов Г. Башарин сознательно извратив факты, приукрасил политическую биографию А. Кулаковского, А. Софронова и Н. Неустроева.

Г. Башарин всячески пытался оправдать участие Кулаковского в местных органах контрреволюционной буржуазии в годы Октябрьской революции. Он умолчал о том, что Кулаковский приветствовал падение Советской власти в Якутии в 1918 года, был на стороне злейших врагов якутского народа, как и всех народов России, душителей революции Колчака и Пепеляева.

Г. Башарин не только скрыл от народа участие А. Софронова в антисоветском контрреволюционном заговоре в 1927 году, за что он был справедливо осужден советским судом, но и пытался оправдать его, обвиняя судебные органы в якобы необоснованном привлечении А. Софронова к ответственности.

Ничего не пишет Г. Башарин об участии Н. Неустроева в белобандитизме в 1921–1922 годах.

Г. Башарин не имел никакого права проходить мимо этих фактов, тем более, что контрреволюционные выступления и антисоветские заговоры в Якутии носили ярко выраженный буржуазно-националистический характер и возглавлялись махровыми буржуазными националистами.

Все это говорит о том, что своей попыткой оправдать антисоветскую деятельность А. Кулаковского, А. Софронова и Н. Неустроева, приукрасить их политическую физиономию, Г. Башарин допустил непозволительную для советского ученого и несовместимую с научной объективностью фальсификацию действительности, тем самым ввел читателей в заблуждение».

Ити барыта хара балыыр этэ. А. Кулаковскай уонна А. Софронов үтүө ааттара-суоллара ырааһырда. Саха сиригэр ханнык да буржуазнай-националистическай саагыбардар баар буола сылдьыбатахтара история чахчыларынан, суут-сокуон, прокуратура уураахтарынан дакаастанна.

Биһиги бу ыстатыйаҕа Н.Д. Неустроев ити үөһэ буруйдааһын кырдьыгын, сымыйатын туһунан ахтыахпыт.

Саха биир уһулуччулаах суруйааччыта Николай Денисович Неустроев сыччах 34 сааһыгар сылдьан, 1929 сыллаахха от ыйын 21 күнүгэр сэллик ыарыыттан өлбүтэ. Н.Д. Неустроевы аһыйар кутурҕаннаах күннэргэ С.Р. Кулачиков–Эллэй «Автономная Якутия» хаһыат 1929 с. от ыйын 27 күнүнээҕи нүөмэригэр «Н.Д. Неустроев» диэн некрологу таһаартарбыта. Кини онно маннык суруйбута:

«Личная жизнь писателя обнаруживает те же трагические противоречия. В эпоху военного коммунизма он – председатель Баягантайского волостного ревкома, в 1921–22 гг. принимает участие в белогвардейском движении, в 1925 г. делегат на IV Всеякутском съезде Советов. С другой стороны – Неустроев революционный писатель, представитель революционной власти, советский учитель, делегат от трудящихся на республиканский съезд Советов, а с другой стороны писатель фаталист (рассказ «Рыбак»), человек с противоположного лагеря, участник контрреволюционного движения».

Суруйааччы балта Анна Неустроева уонна Георгий Федоров Ньукуола таҥаратын аттыгар көмүллүбүт Н.Д.Неустроев уҥуоҕар. Ити сир билигин куорат буолан турар

«Бөрүөнэн суруллубуту сүгэнэн да кыайан суоран кэбиспэккин» диэн өс хоһооно этэринэн, Эллэй ити буруйдааһына партия обкомун уурааҕар киирэн хаалбыт буолуон сөп.

Серафим Романовичтан киһи толлубат, бэрт судургу, боростуой курдук киһи этэ. Мин 1957 сыллаахха Чурапчыга учууталлыыр үлэбиттэн босхолонон, саппаас учуутал буолбутум, ол кэннэ партия райкомун сорудаҕынан ол саҕана тыыннаах ордубут кыһыл бартыһааннар ахтыыларын хомуйан, 1960 с. «Гражданскай сэрии сылларыгар» диэн хомуурунньугу таһаартарбытым. Онно Таатта, Амма, Чурапчы кыһыл бартыһааннарын кытары элбэхтик кэпсэппитим.

– Николай Денисович Неустроев үрүҥҥэ саа туппутун билэҕит дуо? – диэн ыйыттахпына Таатта бартыһааннара:

– Эчи суох, кини Уолба оскуолатыгар учууталлыы олорбута. Кыһылга да, үрүҥҥэ да кыттыбатаҕа. Улахан ыарыһах киһи этэ, – диэн хардараллара.

Биирдэ Дьокуускай куоракка архыыптарга үлэлии сылдьаммын, «Хотугу сулус» редакциятыгар таарыйбытым. Эллэй сурунаалга кылаабынай редактор этэ. Кини миигин үөрэ-көтө көрсүбүтэ, ол кэннэ:

– Уйбаан, тугу гына сылдьаҕын? – диэн ыйыппыта. – Эбиэт чугаһаабыт. «Севернэйгэ» барбаппыт дуо?

– Архыыптарга гражданскай сэрии докумуоннарын үөрэтэбин. Серафим Романович, оччоттон ыла буочарыҥ уларыйбат да эбит, – диэн мин кинини дьээбэлээбитим.

– Ол мин буочарбын ханна көрдүҥ?

– Били бырааттарга суруксуттууруҥ саҕанааҕыны этэбин.

Серафим Романович муннун-уоһун мускуммута, долгуйбута.

– Мин бырааттарга сылдьыбатаҕым. Быраатым Миша буочара буолуо, – диэбитэ.

– Оттон аккыырай даачатын аттыттан үрүҥнэр сүүрбэччэ үөрэнээччини тутан илдьэллэригэр эн суоҕуҥ дуо?

– Баарым. Ол гынан баран суруксут оҥостубатахтара. Көннөрү комсомолец Кустуровы эҥин харабыллатар этилэр… Үрүҥнэр хас да кыргыһыыга хотторон эҥин биһигини үүртэлээн кэбиспиттэрэ.

Биһиги Н.Д. Неустроев бастаанньыстарга кыттыбытын, Эллэй суруйбутун бигэргэтэр докумуоннары көрдөөбүппүт да, тугу да булбатахпыт. Чекалар, ГПУ-лар оҥорбут үрүҥҥэ сылдьыбыттар испииһэктэригэр Н.Д. Неустроев араспаанньата суоҕа.

Мин Эллэйдиин 1965 сылтан 1976 сылга – Серафим Романович хара өлүөр диэри 21 сыл устата «Хотугу сулус» сурунаалга бииргэ үлэлээбиппит. Мин эппиэттиир секретарь этим, кини поэзия салаатыгар сэбиэдиссэйдиирэ. Арыт бииргэ сэнньилиһэн, «Север» рестораҥҥа аһыы барарбыт, тылынан да халаастаһарбыт. Биирдэ мин киниттэн:

– Убаай, Серафим Романович, эн ити хантан ылан, Николай Денисовиһы 1921–22 сс. үрүҥнэргэ сылдьыбыта диэн суруйбуккунуй? Ол бырааттарга бииргэ сылдьыбыккыт дуо? Архыыптарга ханнык да докумуон суох ээ, – диэн ыйыппытым.

– Туохха олоҕуран суруйбуппун өйдөөбөппүн. Кэм тугу эмэ истэн суруйдум ини, – диэбитэ.

Архыыптар аһыллыбыттарын кэннэ көрдөххө, Серафим Романович халлаантан ылан, тосту-туора сымыйанан суруйбатах быһыылаах. Ол курдук уруккута Саха уобалаһын Бириэмэннэй народнай управлениетын чилиэнинэн, информационнай отделын сэбиэдиссэйинэн 1921-22 сс. үлэлээн сылдьыбыт, бастаанньыс Андрей Андреевич Новгородов 1929 сыллаахха сымыйа дьыалаҕа балыллан, ытыллан хаалбыта. Кини 341 №-дээх дьыалатыгар 1929 с. сэтинньи 1 күнүгэр доппуруоска көрдөрүүтэ баар. Онно: «Неустроев Ник. Ден. приехал из Чурапчи ко мне и описал жуткую картину беспомощности интеллигенции в борьбе с белым террором. Он убедил меня приехать в Чурапчу, когда я прибыл туда с ним Софронов Вас. Ив., бывший тогда членом следственной комиссии при штабе, дал мне задание бороться по мере возможностй с расстрелом невинных», – диэн этиллэр. Таатта, Чурапчы, Амма кыһыл бартыһааннара миэхэ: «Андрей Андреевич Новгородов олус үтүө киһи этэ, элбэх дьону өлөр өлүүттэн өрүһүйбүтэ», – диэн киниэхэ дириҥ махталынан миэхэ кэпсээбиттэрэ. Ол да иһин буолуо, 1923 с. кулун тутар 2 күнүгэр К.К. Байкалов Амма Солобуодатын босхолууругар Андрей Андреевич Новгородов атаҕар табыллан сыттаҕына, кыһыл бартыһаан кыччаҕар харахтаах Роман Петров тирээн туран бинтиэпкэтин обоймата бүтүөр диэри биэстэ ыппыт да, сыыһан кэбиспит. Өлбөт оҥоһуулаах киһи эбит диэи иккиһин бинтиэпкэтин ииттэн ыппатах. Кыһыллар Андрей Андреевич Новгородов буоларын билэн бараннар, балыыһаҕа илдьибиттэр уонна атаҕар бааһырбытын эмтээн үтүөрдүбүттэр. Ол кэннэ кинини республика салалтата Чурапчы улууһун исполкомун председателинэн быыбардаппыт, ити дуоһунаска хас да сыл үлэлээбит. Ийэтиниин элбэх сүөһүлээхтэрин эспэтэхтэр, онон кулаак диэннэр үлэтиттэн уураппыттар. Төрөөбүт нэһилиэгэр хаһаайыстыбатын көрөн таах олорбут.

Николай Денисович Неустроев курдук дьоннор үрүҥ гвардейскай офицердар үүнэ-тэһиинэ суох барыыларын, эйэлээх нэһилиэнньэни кыргыыларын тохтотторон, ол офицердарга сабыдыаллаах А.А. Новгородов курдук дьоннорго кэлэ сылдьан, дьону харса-хабыра суох өлөртөөһүнү тохтоторго өйдөтөр үлэни ыыппыттарын иэҕэн ылан, үрүҥнэргэ кыттыспыт киһи курдук көрдөрөн эрдэхтэрэ.

В.А. Коробейников штабыгар баар саха интеллигеннэрэ туруорсууларынан, ВЯОНУ председателэ Г.С. Ефимов уонна «Верховнай кылаабынай командующай В.А. Коробейников Чурапчыттан Хаҥалас Төхтүрүгэр кэлэннэр, онно штабтанан олорон, полковник Кадыков трофейнай испиири иһэн, итирэ-итирэ дьоннору суута-сокуона суох ытыалаан өлөртүүрүн иһин Чурапчыга тутан аҕалан, байыаннай званиетын устан, саатын-сэбин былдьаан баран, этэрээттэн үүрэн, Охотскайга сатыы бар диэн үүрбүттэр. Ол кэннэ Чурапчы күөлүн илин баһыгар дьону ыытан, тоһуйтаран өлөттөрөн кэбиспиттэр.

А.А. Новгородов доппуруоска өссө маннык диэн көрдөрбүт:

«За это короткое время белые расстреляли невинных якутов, подозреваемых большевизме. Особенно тяжелое впечатление произвело расстрел Кривошапкиных в Нижней Амге в 120 верстах от Чурапчи. Несчастные, будучи членами наслежного ревкома считали себя виновными перед белыми и во время эвакуации из Чурапчы красных убежали в Амгу на м. Мырыла, где был отряд Шипкова И.И., когда они прибыли туда кулак Иннокентьев С.С. донес на них Шипкову, что они работники Советской власти. Шипков всех троих арестовал и отправил в Нижнюю Амгу на м. Чичимах, куда они прибыли в момент озлобления белых убийством Омолоевым Юшманова Пр. и были расстреляны без суда через день прибытия. В Чурапче тоже были расстреляны 3-4 человека. Вообще белый террор был сильный».

Биллиилээх кыраайы үөрэтээччи, журналист Н.Х. Андросов: «1921–23 с.с. суостаах-суодаллаах дьыллар этилэр. Бандьыыттар Таатта Чычымаҕар дугуйданан олороннор, ревкомовецтары, кыһыл байыастары, комсомоллары барыта 40-тэн тахса киһини өлөрбүттэрэ. Өлөрүү, кыыллыы быһыыланыы 1921 сыл бүтүүтэ уонна 1922 сыл саҥатыгар буолбута», – диэн суруйбута. («Хотугу сулус» сурунаал 1983 с. 8 №-рэ, 62-63 с.). Дьэ итинник кыыллыы кэйгэллээһини, өлөрүүнү-өһөрүүнү утаран, Н.Д. Неустроев Чурапчыга тылын ылыннараары, хааннаах террору бопсоору, үрүҥнэргэ бара сылдьыбытын Эллэй бэйэтин бастаанньыс курдук көрдөрөн суруйбут.

Мин 1951 сыллаахха күһүн Чурапчыга үөрэх салаатыгар инспекторынан үлэлии олороммун, ЫБСЛКС обкомун ыҥырыытынан Дьокуускайга «Эдэр большевик» хаһыакка пропаганда уонна агитация отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии киирбитим. Ол кэннэ бииргэ үлэлиир табаарыспар Дмитрий Никифорович Сыромятниковка дьиэлэммитим. Кини ииппит ийэтин, саҥаһын Александра Харлампьевна Сыромятникованы кытары бииргэ олороро. Ол Александра эмээхсин кэргэнэ Никифор Сыромятников поэт Пантелеймон Тулааһынап таайа эбитэ үһү.

Пана Тулааһынап аҕалара Дьаакып Өймөкөөҥҥө таһаҕасчыт буола сылдьан, дьахтарга иирэн, үс-түөрт оҕолоох ойоҕун быраҕан баран, Өймөкөөнтөн атын дьахтары кэргэн ылбыт. Ол гынан баран кэлэ-бара урукку кэргэнигэр хонор үгэстээх эбит. Ол түмүгэр мин дьукааҕым Дмитрий Сыромятников төрөөбүт.

Дьаакып Тулааһынап бырахпыт кэргэнин Дьөҥкүүдэйгэ (Уолбаҕа) 1913 сылтан учууталынан үлэлии олорбут Семен Мефодьевич Кочкин ойох ылан, Дьаакып оҕолорун – Бүөтүрү, Аананы, Пананы, Миитэрэйи атахтарыгар туруортаабыт, үлэһит оҥортообут. Оҕолор маачаха аҕаларын сирбэттэр этэ. Онон биһиэхэ Абыйтан Петр Яковлевич Тулааһынап, Намтан Анна Яковлевна Тулааһынаба дөрүн-дөрүн кэлэн, хонон ааһаллара.

Биирдэ биһиэхэ Тааттаттан Тулааһынаптар маачаха аҕалара Семен Мефодьевич Кочкин ахтан-бохтон хоно кэлбитэ. Кини хатыҥыр, дьүдьэх көрүҥнээх, боростуой таҥастаах-саптаах сааһыра барбыт киһи этэ.

– Сэмэн, туох улахан кыһалҕата баар буолан, бачча ыраах сиргэ көтөҕүллэн кэллиҥ? – диэн Өлөксөөндөрө эмээхсин Кочкинтан ыйыппыта.

– Бэйэм да билбэппин. Партия обкомун бастакы секретара Семен Захарович Борисов ыҥыртарбыт диэбиттэригэр кэллим, – диэбитэ Семен Мефодьевич.

– Ол улахан тойон Эйиэхэ тоҕо бэһирбит, – диэн Өлөксөөндөрө эмээхсин олуйбута-моһуйбута.

– Бэйэм да билбэппин. Кэм туохха эмэ наадыйдылар ини, – диэн киһибит аат харата хардарбыта.

Оҕонньорбут хас да күн устата, сарсыарда бара-бара, киэһэ төннөр. Тугу да саҥарбат, туох эрэ күрүчүөктээх санааҕа эрийтэрбит курдук ууку-саакы сылдьар.

Арай биир киэһэ Сэмэн Мефодьевич санаата көтөҕүллэн, эгди-дэгди буолан кэллэ.

– Били Лениним төбөтүн, дьэ, ылар буоллум. Сэмэн Сахаарабыс биэриэхпит, – диэтэ. – Мин кини көрдөһүүтүнэн Николай Денисович Неустроев үрүҥҥэ сылдьыбыта диэн туоһу сурук биэрдим.

Онуоха Өлөксөөндөрө эмээхсин кыыһыран силбиэтэнэн турда.

– Быданнааҕыта өлбүт киһини сүгүн да сытыарбаккыт. Мин оччотооҕу айдааннаах сылларга Саһыл нэһилиэгэр олорбутум. Ньукулай Дениисэбис үрүҥҥэ саа туппатаҕа, ыалдьан дьиэтигэр таах олорбута. Аата, ол уордьан ылыам этэ диэҥҥин бокуонньугу киртитэ-хараарда сырыттаҕыҥ. Эн уордьаҥҥын сах сиэтин, – диэн Өлөксөөндөрө эмээхсин муос-таас курдук кытаанахтык саҥарбыта.

– Чахчы бандьыыкка сылдьыбыт быһыылааҕа, – диэн Семен Мефодьевич кэлиилии кэппитэ. – Биир күһүн Уолбаҕа учууталлыы олордохпуна, түннүкпүн тоҥсуйбуттара. Күһүҥҥү хараҥа этэ. Онно миэхэ Ньукулай Дэниисэбис кэлбитэ. Тоҥуу бөҕөнү тоҥмут этэ. Уот отуннаран, итии киллэрэн баран дьиэтигэр барбыта. Кини тоҕо түүнү харахтанна? Тоҕо илиитэ бөҕүөрүөр диэри тоҥно? Саа тымныы тимирин тута сырыттаҕа дии. Ол иһин…

– Онон эн ол Бэрииһэпкэр Ностуруойап бандьыыт этэ диэҥҥин туоһулаан сурук биэрдиҥ дуу?

– Биэрэн. Миигинэ да суох уураахтарыгар киллэрбиттэр этэ дии. Мин ону чиҥэтэн эрэ биэрдэҕим дии.

Н.Д. Неустроев бииргэ үлэлээбит үөлээннээҕэ Герасим Тимофеевич Дягилев ахтарынан, Николай Денисович төһө да ыарыһах буоллар, сыралаах булчут эбит. Ол Г.Т. Дягилев маннык суруйар: «Биирдэ күһүн, от үлэтэ бүппүтүн кэннэ Николай Денисович куобахтыы сылдьан, киэһэрэн, күһүҥҥү ытыс таһынар хараҥаҕа баттатан Софроннаахха  хоммута» (Г.Т. Дягилев «Саха олох күнүн көрсө», Якутскай, 1985 с. 97 с.). Онон Н.Д. Неустроев кустуу дуу, куобахтыы дуу сылдьан, хойутаан хаалан баран, С.М. Кочкиҥҥа киирэн иттэн ааспыта эбитэ буолуо. Ала-чуо, бандьыыттартан иһэр буоллаҕай?

– Сэмэн, кырдьар сааскар куһаҕаннык быһыыламмыккын, – диэн Өлөксөөндөрө эмээхсин кэлэйбитин биллэрэн, сапсыйан кэбиспитэ уонна утуйар хоһун диэки сыһыллаҥныы турбута. Кини атаҕа ыалдьар этэ. Биһиги, ити кэпсэтиигэ кыттыспатахпыт, көннөрү истэн эрэ кэбиспиппит.

Семен Захарович Борисов туох да дьиҥнээх докумуона суох эрээри усках, сүүдүҥү сурах-садьык хоту Н.Д. Неустроевы үрүҥҥэ сылдьыбыта диэн уураахха киллэрэн баран, онтукайын кырдьык-хордьук оҥороору, туоһу суруктары хомуйсубута эбитэ буолуо. Мин 1959 сыллаахха Өймөкөөн оройуонугар «Кыым» хаһыат бэйэтин корреспонденынан үлэлии барбытым. Онно Ньурбаттан төрүттээх, финансовай-экономическай үрдүк үөрэхтээх Георгий Петрович Егоров диэн партия райкомун секретарынан үлэлиир киһини кытары табаарыстаспытым. Кини миэхэ партия обкомун сорудаҕынан А.Е. Кулаковскай туһунан кини революция, гражданскай сэрии сылларыгар Өймөкөөҥҥө тугунан дьарыктаммытын, үрүҥнэри кытта туох сыһыаннааҕын көрдөрөр киниэхэ күлүк түһэрэр дьоннор ахтыыларын хомуйбутун туһунан кэпсээбитэ. «Ол докумуоннаргын миэхэ көрдөр, билиһиннэр», – диэбитим, буолумматаҕа. Кэлин Ленинградка олохсуйан баран, миэхэ: «Били Кулаковскай туһунан наадыйар докумуоннаргын манна кэллэххинэ биэриэм», – диэн суруйбута. Ол гынан баран кини сотору өлөн хаалбыт этэ. Онон мин ол туох докумуоннарын көрбөккө хаалбытым. Ити чахчылар С.З. Борисов Куттал суох буолуутун министерствота (МГБ) диэн бэрт суостаах тэрилтэнэн А.Е. Кулаковскайы, Н.Д. Неустроевы баһааҕырдар докумуоннары көрдөтө сатаан баран, араас дьоннорунан ити суруйааччылары хараардар ахтыылары хомуйтара сатаабытын көрдөрөллөр.

С.М. Кочкин диэн ким этэй? Кини 1887 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Өлүөхүмэ улууһугар, 1-гы Малдьаҕар нэһилиэгэр, Абаҕа сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Кини Иркутскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын училищетын педагогическай отделениетын үөрэнэн бүтэрэн баран, Тааттаҕа Дьөҥкүүдэйдээҕи норуот үөрэҕириитин министерствотын училищетыгар 1913 сыллаахха учууталынан ананан кэлбитэ. Ол кэннэ Дьөҥкүүдэйгэ (Уолбаҕа) 13 сыл устата быыстала суох учууталлаабыта. Советскай былаас бастакы сылларыгар Уолба советскай, трудовой оскуолатыгар Байаҕантай, Таатта уонтан тахса нэһилиэктэрин оҕолоро кэлэннэр үөрэммиттэрэ. С.М. Кочкин үөрэппит-ииппит оҕолоруттан үгүс үтүөкэннээх үлэһиттэр тахсыбыттара.

1925 сыллаахха С.М. Кочкин академияҕа үөрэнэ барбыта. Кинини Таатта улууһун бар дьоно сүҥкэн махталы этэн, үөрэн-көтөн үөрэххэ атаарбыттара. Кини академияны бүтэрэн баран, 1928–31 сс. үөрэх дьылыгар Дьокуускайга опытнай-көрдөрүүлээх оскуолаҕа директордаабыта. Ол кэнниттэн тапталлаах Уолбатыгар төннүбүтэ, эмиэ онно учууталынан үлэлээбитэ. Н.Х. Андросов ахтарынан, «С.М. Кочкин музыкант, үҥкүүһүт, ырыаһыт этэ». Кини сабыдыалынан Уолба оскуолатын үөрэнээччилэриттэн Саха АССР народнай артисткалара А.И. Егорова, Д.Д. Слепцова, Саха АССР үтүөлээх артистара Т.П. Местников, М.Н. Белолюбская, Саха театрын режиссера Н.И. Слепцов, о.д.а. иитиллэн тахсыбыттара. С.М. Кочкин сааһын тухары арыгыны испэтэх, табааҕы тарпатах, биир куһаҕан тылынан үөхсүбэтэх үтүөкэн киһи этэ.

С.М. Кочкин 1934-37 сс. национальнай оскуолалар научнай-чинчийэр киин педагогическай институттарын аспирантуратын бүтэрбитэ. Саха тылыгар кандидатскай үлэни суруйуохтааҕа. Тыл уонна культура научнай-чинчийэр институтун солбуйар директорынан П.А. Ойуунускайы кытта бииргэ үлэлээн сылдьыбыта. Кини ханна үлэлээбит сирин ахсын элбэх өрүттээх общественнай үлэни ыытара.

1952 с. кини С.З. Борисовка өҥөлөһөн, Ленин орденынан наҕараадаламмыта, киниэхэ Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учууталын үрдүк аата иҥэриллибитэ. Кини өр сыллаах эҥкилэ суох үлэтинэн оччотооҕу балаһыанньа быһыытынан, туоһу сурук биэрбэтэҕэ да буоллар, Ленин орденын ылар толору бырааптаах, онуоха достойнай киһи этэ. Ол гынан баран кини С.З. Борисов приемнайыгар сылдьыан иннинэ кинини МГБ-лар наҕараадаланар испииһэктэн сотон иһэллэр этэ.

Онуоха С.М. Кочкин олоҕо суох репрессияламмыт саха үөрэхтээхтэрин кытары бииргэ үөрэммитэ, үлэлээбитэ төрүөтүнэн буолбуттара эбитэ буолуо.

Тоталитарнай режим ытарчатыгар ылларан, С.М. Кочкин Н.Д. Неустроевы баһааҕырдар суругу биэрбит, оттон биһиги Н.Д. Неустроев үрүҥ бандьыыт буолбатах этэ диэн өйдүөх тустаахпыт.

Иван ФЕДОСЕЕВ

Чолбон. – 1995. – № 12.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар