Муус чопчу

(Кэпсээн)

Ньукулай оҕонньор бүгүн таһырдьаттан санаата көнөн киирдэ. Кулун тутардааҕы күндэлэс сырдыктан дьиэҕэ киирэн бастаан тугу да көрбөккө аан таһыгар таалан тура түстэ. Онтон сыҥааҕын быатын оннугар тигиллибит уунаҥнас эрэһиинэ­ни эрийэ тутан баран төбөтүн оройугар иилби­тин төлө тардан бэргэһэтин уһулла. Үөрүйэҕинэн ньилбэгэр охсуолаамахтаан тэбээтэ уонна аан чанчыгар таҥас ыйыырга анаан саайыллыбыт тимир көхөнү илиитин иминэн булан быатыттан иилэн кэбистэ. Бокоорон хаалбыт тарбахтарынан оргууй тимэхтэрин төлөрүтэн сонун уһулла уонна эмиэ илиитин иминэн бигээн ыйаата.

Хараҕа сыыйа үөрэнэн аан таһыгар турар сымнаҕас бүрүө­һүннээх олох маска сэрэнэн олордо, аҕылыы-аҕылыы хаатыҥкатын уһулла, таапачыкатын кэттэ. Онтон умса нөрүйэн уҥа илиитинэн ньилбэгиттэн тайанан, хаҥас илиитинэн таҥас ыйыыр ыскаап тутааҕыттан тутуһан турда. Оргууй аҕай бакаалаан остуолга тиийэн уокка холбонон куруук сылаас турар тиэрмэһиттэн чэй кутунна.

Күн уһаан, дьыбар тахсар буолбутун кэннэ оҕонньор таһырдьа тахсан чээччэйэн киирэр идэлээх. Бүгүн бастакы бэлиэтээһин буолбут – дьиэ муннугунан кырыыһаттан биир муус чопчу таҥнары ыйаммыт. Били ырыаҕа ылланарыныы сып-сырдык таммахтар кылыкын-кылыкын кылыйсыбыттар. Ньукулай ол таммахтары көрөн тоҕус уонус хаарбын уулларан күөххэ үктэнэр киһи буоллум ээ, быһыыта, диэн сүрдээҕин үөрэн киирдэ. Киһи кырыйдаҕына хас биирдии күнү таҥара бэлэҕин курдук ылынар буолар эбит. Кыһын күн уһууругар тиийбит киһи диэн баҕалааҕа, аны ити бастакы таммахтары көрөн күөххэ үктэнииһибин ээ дии санаата. Эмискэ «харк» гынан хаалбатаҕына, быйыл даҕаны хара сир устун хаамыыһы, саҥа тыллыбыт от-мас сүрэҕи-быары ортотунан сайан киирэр сытын, күн уота эти-хааны сылаанньытар сылааһын билииһи быһыылаах. Бүгүн кулун тутар онус күнүгэр бэлиэтээтэ, ол аата аны биир ыйынан, муус устар уон күнүгэр, күүскэ ириэрэн уу-хаар тахсыбытынан барыаҕа.

Оҕонньор ити курдук ону-маны саныы, итии чэйи иһэн бурулата олорон былыр, адьас оҕо сылдьан, балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы чопчуну көрөн баран эмиэ күөххэ үктэммит киһи дии санаабытын өйдөөн кэллэ. Сэрии кэминээҕи ынырык кэмнэр этэ. Оччолорго кини баара-суоҕа уон үс эрэ саастааҕа ээ… Уонна итинник санаа киирбит эбит. Ыраах учаастакка сүөһү көрөн кыстаан олороллоро. Сэрии буоллаҕын үһүс кыһыныгар аас-туор олохтон балта, аҕыс саастаах Өксүү, ыалдьан өлбүтэ. Өксүүттэн үс сыл балыс биэстээх Ааныска эмиэ нэһиилэ кыыкынаан сылдьара. Аҕалара сэриигэ барбыта, ийэлэрэ холкуос сүөһүтүн көрөн хараҥаттан ха­раҥаҕа диэри мөхсөөхтүүрэ. Хас да ыал, үксэ оҕо-дьахтар биир балаҕаҥҥа симсэн олороллоро. Эр киһилэрэ диэн арай хотон тас үлэһитэ, от-мас тиэйээччи алта уончалаах Тулламыкы оҕонньор этэ. Ньукулай, оччолорго Ньукуус, саас балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт бастакы муус чопчуну көрөрүн саҕана астара төрүт быстыбыта. Нуорма бурдуктарын кэмчилээн, күҥҥэ биирдэ уу судураай хааһы сииллэрэ. Хата, аҕыйах ынах төрөөн, кыра суорат баар буолан, нэһиилэ тыыннаах сылдьаллара. Ыал ыалынан хоргуйан өлбүттэрин туһунан ыны­рык сурахтары дьоно сибигинэһэн кэпсэтэллэрэ.

Дьэ итинник сыккыраһан олордохторуна, Охонооһой уонна Лэпсэй диэн икки кырдьаҕас оҕонньор куйуурдуу диэн тиийэн кэлбиттэрэ. Эмиэ аһыыр-аһаабат сылдьар оҕонньоттор балтараа көстөөх сиргэ куйуурдарын, сүүрдэрин, анньыыларын, күрдьэхтэрин талах салааскаҕа соһон, ыкса киэһэ нэһиилэ тэмтэриҥнэһэн кэлбиттэрэ. Суорат сыыһа сиэн, хатыҥ үөһэ чэйи иһэн баран утуйбуттара. Сарсыарда бэрт кыра бурдуктаахтарынан уп-убаҕас хааһы оҥостон аһаабыттара. Оҕонньоттор Ньукууһу куйуурга илдьэ барар буолбуттара.

Уруккуттан куйуурданар күөл быста уолан, уопсай сүбэнэн дьиэлэриттэн икки биэрэстэлээх Анаҕаһыннаах диэн балачча киэҥ ходуһалаах обургу күөлгэ куйуурдуурга быһаарыммыттара. Кураан сыллар буоланнар, уута биллэрдик тардыбыта, онон, баҕар, бэрсээрэй дэспиттэрэ. Салааскаларын соһон от тиэйбит суолунан күөллэригэр тиийбиттэрэ. Лэпсэйдээх Охонооһой күөл кы­тыытыгар киирэн хайа диэки барыахха сөбүн сүбэлэспит­тэ­рэ. Урут хаһан да куйуурдаабатах күөллэрэ буолан, балачча мунаарбахтаан баран, бастаан арҕаа атахха ойбонно тэһэн көрүөххэ диэн буолбута. Суоллара хата күөлү ортотунан ааһара. Онон арҕаа атахха диэри сыар­ҕа суолунан субуруһан тиийэн баран, Охонооһой тохтоон уҥа-хаҥас олоотоомохтообута.

– Дьэ ханан ойбон тэһэбит? – диэн баран харда эрэйбиттии Лэпсэйгэ эргиллибитэ.

– Оо, ону мин билээхтиэм дуо? – Лэпсэй тула көрүтэлээбитэ. – Элбэх ойбону алларар кыаҕа суох дьон буолаахтаатахпыт дии. Балыктаах сири таба тайаннахпытына, дьолбут буолуо этэ.

– Мэлдьи куйуурдуур дьон балык кыстаан сытар сирин хаара хоҥнорхой, мууһа ыраас буолар дииллэрин истэр этим. Дьоҕойон оннук сирдэ көрдөөн көрүөххэ.

– Ээ, инньэ дииллэрэ. Чэ, бастаан суол хаҥас өт­түгэр алларан көрүөххэ. Тоҥуу хаары кэһэн ырааппаппыт буолуо да… – дии-дии, Лэпсэй са­лааскаттан күрдьэҕи сүөрбүтүнэн барбыта.

Киһини тобугунан тоҥуу хаары оймоон тахсан оҕонньоттор хардары-таары күрдьэҕинэн хаары мууһугар диэри хоҥнорута анньан көрбүттэрэ уон­на: «Чэ, манан тэһэн көрүөххэ», – дэспиттэрэ. Ньукуус ойбон тэһэр сирдэрин хаарын ырааста­һыыга көмөлөспүтэ. Охонооһой үтүлүгүн устан хаарга уурбута, анньыыны ылан төбөтүгэр кэ­тэрдиллибит мас хаатын быатын сүөрбүтэ, то­йон эрбэҕинэн биитин бигээн көрбүтэ уонна ыты­һыгар силлээн баран хараҥа күөх мууска «курх» гына батары биэрбитэ. Төһө да кырыйдар, бытаардар, анньыынан тутта үөрүйэҕэ биллэрэ. Сотору соҕус саар ыаҕас айаҕын саҕа иэннээх, икки харыстан ордук дириҥнээх мууһу көйбүтэ. Онтон аҕылаан, сылайан анньыытын Лэпсэйгэ биэрбитэ. Ол кэмҥэ Ньукуус көйүллүбүт мууһу күрдьэҕинэн баһан кэбиспитэ. Аны Лэпсэй көйбүтүнэн барбыта. Ити курдук солбуйса сылдьан алларбыттара. Ой­бон дириҥээн истэҕин ахсын мууһун баһар уустугурбута, Ньукуус сэниэтэ эстибитэ. Аны солбуһа сылдьан муустарын ба­һар буолбуттара. Кэмниэ кэнэҕэс ойбоннорун түгэҕинээҕи мууска сиик биллибитэ. Охонооһой сонун устан хаарга тиэрэ бырахпыта уонна аҥаардас ырбаахынан, сэлиэччигинэн эрэ туран ойбон түгэҕинээҕи мууһу суптурута анньыбыта. Онуоха уу оннугар убаҕас бадараан быллайан тахсыбыта.

– Оо, пахай! Манан төрүт да уута суох эбит… – диэн саҥа аллайбыта.

Лэпсэй ойбону өҥөйөн көрөн баран:

– Тыый! Бу күөл олус да уолбут… Манан хойуораары гыммыт дии, – диэбитэ.

Бары ойбоннорун таҥнары өҥөйөн соҥуоран турбуттара. Ньукуус ойбон тэһиннэр эрэ куйууру­нан балыгы баһан ылыахпыт дии санаабыта, хап-хара бадараан тахсан, кыһыытыттан хараҕын уута бычалыйан кэлбитэ.

Охонооһой, балачча саҥата суох туран баран:

– Маннык уолбут буоллаҕына, балык баар сирин таба тайаннахха, куйуурга кэлиэн сөп этэ, – диэбитэ.

– Оннук. Ол эрээри балык кыстаан турар сирин таба тайанарбыт биллибэт, – диэн баран Лэпсэй үөһэ тыыммыта.

Бастакы ойбонноруттан балачча тэйэн эмиэ хаары хоҥнорута анньан көрөн баран, ойбон аллараары хаарын ыраастаабыттара. Бары да сэниэлэрэ эстэн, хамсаналлара бытаарбыта. Бу сырыыга бэрт өр сыралаһан ойбоннорун тэспиттэрэ. Ап-араҕас уу өрө булдьугураан тахсы­быта. Оҕонньоттор солбуһа сылдьан ойбон тү­гэҕин кэҥэппиттэрэ, Ньукуус сүүрүнэн мууһун баспыта. Сэниэтэ эстэн, илиитэ нукаай курдук буолбута, мууһун эһэригэр сүһүөхтэрэ мөҥөн баран түһэ сыһар буолбута. Итинник сордонон син ойбонноругар куйуур батар буолбута. Охонооһой куйуур угар түөрэйин кэтэрдэн ойбоҥҥо батары биэрбитэ. Эргитэн иһэн:

– Оо, манан даҕаны чычаас баҕайы эбит. Куйуурум түгэҕэр тиийэр, – диэбитэ.

– Оччоҕо эмиэ халтайга эрэйдэнээхтээбиппит дии, – диэн Лэпсэй санаата түспүттүү сөҥөдүйбүтэ.

Охонооһой куйуурун эргиппэхтии түһэн баран таһаарбыта – бадараантан атын туох да суоҕа. Ону көрөн бары да санаалара түспүтэ. Оҕонньоттор салааскаҕа олорон саҥата суох табахтаабыттара, Ньукуус анньыы угар өйөнөн турбута. Аччыктаан иһэ курулуура, мэйиитэ эргийэрэ, табах аһыы сытыттан сүрэҕэ өлөхсүйэрэ. Онтун оҕонньотторго биллэримээри кинилэргэ көхсүнэн эргиллэн күөл киһи хараҕын саатырдар ньуурун симириктии-симириктии одууласпыта. Күн ортото буолбут быһыылааҕа, сааскы чаҕылхай күн уота киһи иэдэһин сылытара.

– Ньукуус, тоойуом, кэл манна олор, – диэн баран Охонооһой сонун суулуу тутан ойбонтон баһыллыбыт мууска уурбута. – Сынньана түһэн баран өссө биир ойбону тэһэн көрүөхпүт, – диэбитэ.

Ньукуус тиийэн олорбутун кэннэ чарапчылана-чарапчылана тулатын көрүммүтэ уонна:

– Бу сырыыга ханан ойбон тэһэрбитин Ньукуус таллын. Уол оҕо дьоллоох, эдэр киһи баартаах. Баҕар, балык баар сирин таба тайанаарай… – диэбитэ.

Лэпсэй ону бэркэ сэргээн хонос гына түспүтэ.

– Кырдьык даҕаны, биһиги иккиэн кураанаҕы харбаатыбыт. Аны эн ойбон тэһэр сири тал, – дии-дии, бэргэһэтин көннөрүммэхтээбитэ.

Ньукуус сүрэҕэ биллигирэччи тэппитэ, сирэ­йэ итийбэхтээн ылбыта, олоҕор биир саамай суол­талаах, киһи дуу, кии дуу буолар түгэнэ тиийэн кэлбитин курдук санаабыта. Хараҕар ийэтэ, былаатын баана-баана, кинини тобулу көрөн турар мөссүөнэ, балта Ааныска эмиэ да сайыспыт, эмиэ да аһыммыт харахтара уонна тоҕо эрэ аҕата сэриигэ бараары сонун кэтэн эрэрэ көстөн ааспыттара.

Балачча уһуннук саҥата суох олорбуттара. Ньукуус сибилигин оҕонньоттор «чэ, туруоҕуҥ!» диэхтэрэ диэн дьиксинэн, тыҥаан аҕай олорбута. Онтон тиһэҕэр туох ааттаах уһуннук олордубут диэх курдук санаталаан ылбыта. Төһө да кэтэһэ олордор Охонооһой:

– Чэ, туран көрүөҕүҥ дуу… – диэбитигэр кыратык ходьох гынан ылбыта, тураары өрүтэ үөмэхтээбитэ даҕаны, атахтара такыччы тардан хаалбыт курдук этилэр. Аттыгар батары аспыт анньыытын угут­тан тардыһан туран иһэн умса баран түспүтэ.

– Оо, бу оҕо атаҕа көһүйэн хаалбыт дуу? – диэн баран Лэпсэй хонноҕун анныттан ылан өрө тардыбытыгар туран сирэйин хоту тоҥуу хаары оймообутунан барбыта. Сэниэтэ эстэн тыын ылаары тохтоон кэннин хайыһан көрбүтэ ойбонноруттан дуоннааҕы тэйбэтэх этэ. Охонооһой анньыыларын, куйуурдарын сүгэн, Лэпсэй сүүрдэрин тутан, салааскаларын соһон кини суолун батан иһэллэрэ. Ньукуус өссө барбахтыы түһэн баран тохтообута. «Манан!» дии санаат, атаҕынан хаары хаһыйа сатаабыта. Оҕонньотторо аҕылаһан кэлбиттэрэ. Тыын ылан тура түһэн баран, ойбон алларар сирдэрин хаарын ыраастаабыттара. Охонооһой эмиэ сонун устан анньыыны илиитигэр ылбыта. Солбуһа-солбуһа көйөн, муустарын баһан ойбоннорун балачча дириҥэппиттэрэ. Бары да сэниэлэрэ эстибитэ. Оҕонньоттор бырдылара быстан эмиэ салааскаларын хаар хайыҥар ууран кэккэлэһэ олорон сынньаммыттара. Ньукуус бу сырыыга ойбон таһыгар чохчойон олорбута, сэниэтэ букатын эстибитэ, мэктиэтигэр илиитэ-атаҕа салыбырыырга дылы гынара.

– Тоойуом, кэл, манна олор. Итинник олордоххуна, атаҕыҥ көһүйэн хаалыа, – дии-дии, Охонооһой эмиэ сонун суулуу тутан эһиллибит муус үрдүгэр уурбута.

Ньукуус нэһиилэ туран онно тиийэн олорбута, кырдьык, атаҕа көһүйэ сыспыт этэ. Күн уота сып-сылааһынан көхсүн угуттуура. Ол олорон утуктаан тоҥхоҥноон барбыта. Маннык тугу да гыммакка уу нуһараҥнык олоруон олус ба­ҕарбыта. Ол эрээри хараҕар балтын Ааныска кубархай мөссүөнэ көс­төн кэлэн, хонос гына түспүтэ. Оҕонньоттор эмиэ утуктаан тоҥхоҥноһо олороллоро. Ньукуус муус тоорохойун ылан ыстаан күчүгүрэппитэ. Тыбыс-тымныы муус бэлэһин хаарыйан сөтөллөн ылбыта.

Охонооһой, утуктуу олорон, төбөтүн өндөппүтэ:

– Һуу, утуйан бараары гынныбыт дии. Лэпсээй, туран көрөрбүт дуу? – диэбитэ уонна ньилбэгиттэн тайанан умса нөрүйэн иккитэ-үстэ өрүтэ үөмэ­лээн турбута.

Анньыыны ылан оргууй көйбүтү­нэн барбыта. Эмиэ солбуһа сылдьан ойбоннорун алларбыттара. Сыралара-сылбалара быстыбытын кэннэ, кэмниэ кэнэҕэс ойбонноро ап-араҕас уунан өрө бидилийбитэ. Онтон ойбон түгэҕин кэҥэтэ сатаан балачча өр букунаспыттара. Ньукуус сүүрүнэн мууһу баһан испитэ. Бүтэһик сырыытыгар бэркэ кыһаллан холбуйан ылан номнуо кыра бугул саҕа буолбут муус үрдүгэр сүөкээбитигэр, муус быыһыттан ылгын чыҥыйа саҕа мунду түһэн өрүтэ тэйиэккэлии түспүтэ.

– Балык! Балык! Мунду! – диэн саҥа аллайа түс­пүтэ уонна, сүүрүн ыһыктаат, саба харбаан ылбыта.

– Хор эрэ! Бээ-бээ, саҥарба, – дии-дии, Охонооһой куйуур угар Лэпсэй уунан биэрбит түөрэйин кэтэрпитэ.

Куйуурун ойбоҥҥо уган, хаҥас атаҕынан түөрэйин үктээн туран эргитэн куоҕаҥнаан барбыта. Балачча эргитэ түһэн баран куйуурун таһаарбыты­гар сүүр­бэччэ мундуну кытары биир быччыкы кэлбитэ. Ону сүөкээт, куйуурун эмиэ ойбоҥҥо бата­ры биэрбитэ. Ньукуус балыктарын хомуйан Лэпсэй салааскаҕа түүрэ баайбыт куулларын сүөрэн тоһуйан биэрбитигэр хаалаабыта. Охонооһой бу сырыыга куйуурун мааҕыҥҥытынааҕар уһуннук эргиппитэ, ол үрдүнэн эмиэ бэрт кыра мунду кэлбитэ. Ити курдук Лэпсэйдиин солбуһа сылдьан эргиппиттэрэ эрээри, биир обургу кытыйа эрэ буолар мундуну, биэс быччыкыны ылбыттара. Чугас соҕус балык кыстаан сытар сирэ баар буолуон сөп курдуга. Ол эрээри өссө ойбон алларар сэниэлэрэ суоҕа. Балык кэлэрэ да аҕыйаабыта, куйуурдара сороҕор кураанах тахсар буолбута. Бары аччыктаан иэдэйбиттэрэ, оҕонньоттор куйуурдарын нэһиилэ эргитэр буолбуттара. Онон сарсын киириэхпит диэн тэриллэрин барытын хаалларан, биир кыракый күөс буолар балыктаах куулларын сүгэн дьиэлэригэр барбыттара.

Ньукуус төһө да аҕыйах балыктаах буоллаллар, оҕолор онно да үөрэн чаҕылыһалларын санаан, дьиэтигэр тиийэ охсуон баҕаран, оҕонньоттор иннилэригэр киирэн хааман испитэ. Бары даҕаны сэниэлэрэ эстэн нэһиилэ налбыҥнаһаллара.

Балаҕаҥҥа киирэн кэлбиттэригэр баар дьон бары сирэйдэрэ кинилэр диэки буолбута. Дьахталлар мэлийбиттэрин сэрэйэн умса көрөн ити иннинэ ким тугу гына сылдьыбытын салҕаабыттара. Охонооһой саҥата суох сыгынньахтанан баран, уҥа диэки иһит уурар оронтон ыаҕас ылан куулун таҥнары туппута. Оҕолор ону көрөөрү оһох таһыгар тиийбиттэригэр, Өлөөнө ыаҕаһы хаба тардан ылан оһох кэннин диэки барбыта. Куйуурдьуттар, Тулламыкыга хас ойбону алларбыттарын, бастакы, иккис ойбонноруттан мэлийбиттэрин, үһүс ойбонтон итиччэ балыгы ылбыттарын кэпсии-кэпсии, хатыҥ үөһэ чэйи иһэн бүтүүлэригэр дьахталлар оһохторун оттон, ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ, балыктарын чугуун иһиккэ буһара уурбуттара. Сотору балаҕан иһэ буспут балык минньигэс сытынан туолбута. Аччык киһи ордук сытымсах буолар эбит этэ. Ньукуус ол сыттан мэктиэтигэр мэйиитэ эргийтэлээбитэ, сүрэҕэ эриллиэр, куртаҕа курулуйуор, сыҥааҕын уута сүүрүөр диэри иҥсэтэ көппүтэ.

Аччык оҕолор эмиэ кини курдук турукка киирэн, көмүлүөк оһох холумтаныгар таҕааҥҥа оргуйан булдьугуруу турар чугуунтан харахтара арахпатаҕа. Балык буһуута дьахталлар оҕолору биирдии куопсук убаҕас хааһынан аһаппыттара уонна утуйуҥ диэн кытаанахтык дьаһайбыттара.

Ньукуус оҕолору тоҕо утутар баҕайыларай диэн саныан икки ардыгар үстээх Уйбаанчык:

– Оттон пальык сиэбэппит дуо-аа-а? – диэбити­гэр ийэтэ Татыйаас, ытамньыйа сыһа-сыһа:

– Суох-суох. Балыгы эһиги сиэбэккит… Куйуурдьуттар сиэхтэрэ, – дии-дии, оронугар көтөҕөн илпитэ.

Ньукуус ону истэн дөйбүт курдук буолбута. Эмискэ балта Ааныска кини диэки диэличчи көрөн турарын көрө түспүтэ, аһынан хараҕын уута бычалыйан тахсан бокуойа суох симириктээн ылбыта. Ол икки ардыгар дьахталлар үс кытыйаҕа илдьи буспут, буруолуу сылдьар мундуну кутан остуолга уурбуттара, хамыйах аҕалбыттара. Ньукуус даҕаны, оҕонньоттор даҕаны оннуларыттан хамсаабакка дьиппиниһэн олорбуттара. Чочумча киһини хам баттыыр, кутун-сүрүн тууйар ыар, нүһэр чуумпу сатыылаабыта. Ити ынырык чуумпуну Өрүүнэ кэһиэхтээх саҥата аймаабыта.

– Охонооһой, Лэпсэй, Ньукуус… Ити балыгы бары сиэммит өллөммөппүт. Таах иҥсэбитин эрэ көбүтүөхпүт. Ол оннугар эһиги сиэҥҥит сэниэ киллэриннэххитинэ сарсын, баҕар, балык баар сирин таба т­айаныаххыт. Онон аһааҥ, эрэлбит эрэ эһиги, – диэбитэ.

Оттон атын дьахталлар туох да саҥата суох орон ороннорунан тарҕаһан иҥэн-сүтэн хаалбыттара. Тулламыкы сонун кэтэн таһырдьа тахсыбыта.

Охонооһойдоох Лэпсэй, сирэй-сирэйдэрин көрсөн баран, оргууй остуолга тиийэн оҕолор диэки көхсүлэринэн буолан олорбуттара. Ньукуус олорор сиригэр хам хараҕаланан хаалбыт курдуга. Ол олордоҕуна, ийэтэ кэлэн окумалыттан ылан остуолга дэллэритэн илпитэ. Ньукуус куҥ курдук буолан хаалбыт илиилэрин ньилбэгэр ууран мундулаах кытыйаны супту одуулаабытынан таас төрөөн олордоҕуна, Охонооһой уҥа илиитин ылан остуол үрдүгэр уурбута уонна хамыйах туттаран кэбиспитэ. Онтон умса туттан, туора көрөн олорон бүтэҥитик:

– Аһаа, тоойуом. Сэниэ киирдэҕинэ табыллар, – диэбитэ.

Ньукуус илиитэ-атаҕа бааллан хаалбыт курдуга. Ийэтэ кэлэн санныттан илигирэтэ-илигирэтэ:

– Ньукуус, аһаа. Биһиги… Ааныска уонна мин туспутугар, – диэбитигэр биирдэ хамыйаҕар мундуну баһан ылан айаҕар укпута. Онтон балыгын миинигэр хараҕын уута чоккуруу-чоккуруу амтанын да билбэккэ барытын сиэн кэбиспитэ уонна итирик киһи курдук балааскайдаан, хараҕын уутугар муна-муна, оронугар тиийэн умса түспүтэ.

Сарсыарда халлаан сырдаатын кытта аччык оҕолортон, дьахталлартан куотар курдук күөллэригэр харбыаласпыттара. Туох да саҥата-иҥэтэ суох бэҕэһээ Ньукуус түспүт ойбонуттан өссө үөс диэки ойбон алларан аччарыспыттара. Бары, кырдьык, биллэ сэниэлэммит курдуктара. Өр-өтөр буолбатаҕа, ойбон түгэҕэр уу бычыгыраабыта. Охонооһой ытыһыгар силлээмэхтээн баран суп­турута түһүөлээбитигэр уу өрө булдьугуруу түс­пүтэ. Ону кытары үс-түөрт ыыс араҕас собо өрөҕөтө кылбаҥнаабыта.

Лэпсэй сүүрүн тутан туран:

– Оо, эбэбит барахсан! – диэн баран ньакыйдар накыйан мууска тобуктуу түспүтэ.

Оттон Ньукуус ойбоҥҥо собо арҕаһа хараарарын, өрөҕөтө кылбаҥныырын көрөн туран айаҕар хабархай амтан биллибитигэр биирдэ саҥата суох ытыы турарын өйдөөбүтэ.

* * *

Сарсыҥҥытыгар Ньукуус балаҕан чаампытыттан таҥнары ыйаммыт муус чопчу сып-сырдык таммахтарыгар ытыһын тоһуйан туран:

– Аҕаа, биһиги этэҥҥэбит. Эн кырыыстаах өстөөҕү харса суох кыдый!!! – диэн иһиллэр-иһиллибэттик ботугураабыта.

Данил Макеев

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар