Мин сырдык сыһыым

КҮӨХ ХОНУУ

Быыллаах уонна бырыылаах
Былыргы Дьокуускайтан
Дэхси сир – күөх кырыстаах
Дьиктитинэн ураты.

Сааһын өрүү уу ылар –
Саатырдар харах далын.
Үчүгэй да манна буолар –
Үөһээ халлаан, сир-далай!

Сотору уубут ханнар,
Тот хонуу торолуйар,
Көстө-көстө от анньар,
Күөгэлдьийэ хамсанар.

Ол иһин ааттаабыттар
Эйигин Күөх Хонуунан,
Бары дьоммут киэн туттар
Куораппыт тыҥатынан.

Кырса хаарга баттатан
Кылбаарыйа да сыттаргын,
Силигилиэҥ күөх отунан
Син биир сааһын аайытын.

Күндү сирбит, Күөх Хонуу,
Санаабытын саймаарыт,
Хас биирдиибит сүрэҕэр
Кыһыннары күөх сырыт!

ХААМЫЫ

Хаамабын хаалыктанан
Хаардаах кыһын. Саас. Сайын.
Көмүс күһүн кэллэҕинэ,
Көмүк хаар да түстэҕинэ…

Куорат таһын төбүлэҕэ –
Төннөр бэлиэм, биир кирбиим.
Арай тымныы түстэҕинэ,
Аччыгый кылгас эргиир.

Бэһис сылбын хаамабын.
Биһирээтим саастаах киһи.
Итинник сиибин салгын,
Итиэннэ чэбдигирэбин.

Туртас, куобах суоллара
Хам-түм түбэһэллэр,
Арай сылгы хаһыылара
Ала-бэлиэтик көстөллөр.

Кыһыл түөстээх ымыылары
Кыһын биирдэ көрбүтүм.
Халаатыыр хара суордары
Харахтыырым, хата, элбэх.

Сааһын кус-хаас да түбэһэр,
Эҥин бэйэлээх чыычаахтар.
Сайынын бырдах түһэр,
Күлүмэнэ чаҕытар.

Халаан уута ыллаҕына
Хаамарым хаайтараахтыыр,
Арай уу тартаҕына
Айаным салҕанаахтыыр.

Ол да буоллар таптыыбын
Күөх Хонууга хаамарбын:
Айылҕабар тахсабын,
Көтүттэххэ ахтабын.

Илэ-чахчы тахсыылаах
Инники былаан, торум:
Хоһоон хотоҕосторун
Хотуулаахтык хостуубун.

Мин дууһабар, мин куппар
Чугас доҕор буолбуккун
Сүргэ чэпчиир, санаам сайдар
Сырдык сирэ – Күөх Хонуум.

ХААРГА ТӨКҮНҮЙЭР ОҔОННЬОР

Оонньооботох оҕо сааһа,
Сааһырбытын да кэннэ,
Эмискэ өттүккэ анньар –
Сыа хаарга төкүнүтэр.

Кырыымчык оҕо сааһар,
Таҥас-сап аҕыйаҕар
Ийэтэ мөҕүттэрэ:
«Хаарга төкүнүйүмэ!» – диирэ.

Уол ону ылынара
Төкүнүйэртэн туттунара.
Оҕонньор буолбут оҕо
Ийэтиттэн барбыт босхо.

Таҥаһын быыллыырыгар
Ким кинини бобуоҕай?
Оҕутта туора суолга,
Төкүнүйэн дуоһуйда.

Турда. Тэбэммэхтээт,
Иннин хоту түһүннэ:
Оҕо саас тэбэнэтэ,
Кырдьыга, чэбдигиртэ.

КИИҺИЛЭ

Көҕөрөн эрэр хонуу
Күкээрийэр дии үрдэ –
Киһини умсугутуох
Кииһилэ сибэккитэ.

Бачча элбэх кииһилэ
Бачыгыраан тахсыбыт!
Быган эрэр сэбирдэҕин
Быһа тардан амсайдым.

Талыы кэрэ Тааттабар
Тахсаахтыыр да буолара,
Тыллыбыт эминньэҕэ
Тылбын аһытара.

«Аскорбинка» диэн тугун
Адьас билбэт эрээри,
Ол ураты амтаны
Олуһун диэн таптыырым.

Ырбаахым тэллэҕэр
Ыксары хомуйаммын
Элбэх да кииһилэни
Ийэбэр аҕаларым.

Киэһэлик дьиэбэр кэлэн
Кэмэ суох мэтийэрим
Кэлтэгэй хамыйаҕынан
Кииһилэттэн хааһыны.

Аккыраҥ адьарайы
Аһатан абыраатаҕа
Сиэдэрэй да буолбатар
Сир бастакы быйаҥа.

Кииһилэлээх Күөх Хонуу,
Кэрэ кэммин санаттыҥ,
Үнүгэсчэй кэриэтэ
Өрүттүбүт түгэммин…

ЛУУК

Уо, от быыһын лууга
Уҥуоҕура иликкин,
Көҕөрөн көстөр уга
Көҕүтэрэ диэн дьикти!

Онно-манна да буоллар
Ойдом-сойдом турбуккут:
Тутумунан толору
Туура тарда сырыттым.

Салапааны ситэрдим,
Сиэптэрбэр да симинним –
Кэһиилээх тиийээрибин
Киэҥ хочону кэрийдим.

Кыыс сиэннэр кырыйыахтара
Кырыыҥкаҕа ныһыйа,
Килиэпкэ сыбыахтара
Киэһээҥҥи аһылыкка.

– Эһээбит Күөх Хонууттан
Күөх луугу үргээн кэлбит! –
Кимҥэ эрэ кэпсиэхтэрэ
Киэн туттар дэгэттээхтик.

ХАПТАҔАС

Манна, сыбар быыһыгар,
Биитэр уу саҕалата
Бөтүрүөп куйааһыгар
Хаптаҕаһа кытарар.

Ону мин хомуйабын
Аныгы үүт хаатыгар:
Биир киилэҕэ холуйабын
Биирдэрин толордохпуна.

Оо, бырдахха туттаран,
Долокунаҕа кэйдэрэн,
Тигээйигэ тигиллэн,
Эрэйдэнэн булабын!..

Онтон мин саллыбаппын,
Синэ биир диэн кэлэбин:
Барыанньаҕа баҕалаахпын,
Утах оҥостон иһэбин.

Бастакы хаптаҕаһы
Күөх Хонууттан булабын:
Кыһалҕалаах да буоллар,
Кыраны хаһаанабын.

Дьон ону итэҕэйбэт,
Иһигэр сымыйаргыыр:
Сүүс киһи тэпсилгэнэ –
Омурдун абырахтыыр.

Барбаппын мин мөккүһэ.
Төһөтө тахсыыһыгын
Билгэлиибин сибэккинэн,
Бэрт эрдэттэн кэтиибин.

Итэҕэйимэҥ, баҕардар,
Сыл аайы син тиксэбин:
Барыанньаны буһарар
Саҥата суох мин кэргэним.

СЫЛГЫ НЬУРГУҺУНА

Сыһыыны толору
Сылгы ньургуһуна,
Сыһыы муҥунан
Сыспай сиэллээх ханнаный?

Сыһыы үрдэ мап-маҥан,
Сылаанньытта сүрэҕи.
Сылгыбыт арай суоҕа
Сымаансытар үөрүүнү.

СӨТҮӨ

Күрүлэс куйаас түстэр,
Бу элгээни булабын,
Күөх оттоох эмпэрэттэн
Күр-бар ууга умсабын.

Күөрэйээхтээн тахсаат да,
Тыбыыра-тыбыырабын
Сөрүүн ууга умсаахтыы
Уһаты, туора харбыыбын.

Кытаанах, дэхси түгэҕэр
Тирэнэн, тура түһэбин.
Баттахпын сайҕанабын,
Түөспүн, биилбин аалабын.

Самаан сайын аатыгар
Саманнык сөтүөлүүрүм –
Дууһабын сылаанньытар,
Туохха да биэрбэт үөрүүм.

ДӨЛҮҺҮӨН

Бэс ыйын саҥатыгар
Дэлэйдик да тэтэрэр,
Роза тэҥэ, Күөх Хонууга
Дөлүһүөн сибэккитэ.

Хатыынан хаххаланар –
Үргэппэт дии саараама.
Итинтэн сабаҕаланар
Дөлүһүөн ситэн тахсара.

Тэтэркэй эминньэҕэ
Тэлээрэн түһэр сиргэ,
Көҕөрүө сэбирдэҕэ,
Болчуохтанар дии синньэ.

Ол онто күнүн аайы
Ньолбоһуйа улаатар,
Мөлбөйөр ээ, астыйа
От ыйын куйааһыгар.

Дөлүһүөн дөлүһүөнүнэн,
Аҥаара кытарымсыйар,
Ону тутан көрдөххө,
Оо, дьэ кыбыс-кытаанах.

Кытарыаҕа бүтүннүү,
Кытаанаҕа да ааһыа,
Атырдьах ыйын бүтүүтэ
Адьаһын да сымныаҕа.

Аны күөх сэбирдэҕэ
Хаһыҥнартан кэхтиэҕэ,
Кэмпиэт курдук бэйэтэ
Эн хараххар көстүөҕэ.

Дөлүһүөн ситтэ-хотто –
Хомуйарга да бэлэм.
Быйыл даҕаны матарбат –
Иһиттэнэн киириэҕим.

Бэртээхэй битэмиини
Сыл тахсары хаһааныам,
Нэлээн тимир илиистэргэ
Тэлгэтэммин хатарыам.

МИН СЫРДЫК СЫҺЫЫМ

Санааларбын сааһылыыр
Сайдам, сырдык сыһыыларым,
Хоһооннорбун холбооттуур
Холку, киэҥ хонууларым!

Кыһыннары кылбаарыйар
Кырса маҥан кырдалым,
Сайыннары саймаарыйар
Саамал кымыс салгыным!

Хантайдахха харах саатар
Хаарыс солко халлааным,
Күөгэлдьийэ долгуйар
Көрө үөрэр күөх дуолум!

Күлүм-чаҕыл үөһэттэн
Күөрэгэйим ырыата,
Кэрдиистэнэр кэрииттэн
Кэҕэ чоргуй саҥата!

Устуруокам быыһыгар
Олохсуйан, кистэнэн
Кэнэҕэһин көстүөҕэ
Кэнэн, килбик сэбэрэм.

Урсун

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар