“Мин хоһоонум тылын норуоппар бэлэх эрэ биэриэхпин сөп»

(Норуодунай бэйиэт суруктарыттан)

Саха норуодунай бэйиэтэ Петр Николаевич Тобуруокап дьоһун олоҕун, төрөөбүт норуотугар бэлэх гынан хаалларбыт алгыстаах айар үлэтин ситэри чинчийэргэ, толору өйдүүргэ, сөптөөхтүк сыаналыырга кини биир идэлээхтэригэр, доҕотторугар суруйбут суруктара улахан суолталаахтар. Холобур, кини доҕоро суруйааччы Николай Алексеевич Габышевы кытта суруйсубут суруктарын дьиэ кэргэн архыыбыттан ыллыбыт.

Бүөтүр Тобуруокап сааһын тухары тыа сиригэр олорбут, үлэлээбит буолан, Дьокуускайга үлэлиир биир дойдулаахтарын кытта мэлдьи сибээстээх этэ. Ол курдук биир дойдулааҕа прозаик Афанасий Игнатьевич Федоров огдообото Мария Ивановна Федороваҕа суруктара эмиэ дьиэ кэргэн архыыбыгар бааллар. Мария Ивановна оччолорго Дьокуускайга олорор, саха араадьыйатыгар үлэлиир этэ. Кини Бүөтүр Тобуруокап айар үлэтигэр сүрдээҕин көмөлөһөр эбит: рукопистарын массыыҥкаҕа бэчээттэтэр, айымньыларын араадьыйанан ааҕыыны тэрийэр, култуура, литература сонунун билиһиннэрэр, араас куонкуруска кыттарыгар көҕүлүүр, редакцияны кытта ситимниир. Онон Петр Николаевич Мария Ивановнаны ытыктаан, киниэхэ анаан элбэх хоһоону айбыт. Бу  суруктартан норуот бэйиэтэ айар үлэҕэ ирдэбиллээх сыһыанын, олох туһунан бэргэн этиилэрин, айар талаан туһунан сыанабылын, үйэлээх айымньыны суруйуу кистэлэҥин, сыратын туһунан элбэҕи билиэххэ сөп.

Күндү ааҕааччы, Бүөтүр Тобуруокап суруктарыттан быһа тардыылары ааҕаргар, норуот бэйиэтэ айар үлэ, литература туһунан санааларын кытта билсиһэргэр ыҥырабыт.

Наталия Бурцева,

ф.н.к., Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын учуутала,

Валентина Семенова,

ф.н.к., ХИФУ доцена             

Суруйуу чааһынан. Урут да мин мэлдьитин суруйааччым суох, сылга биир-икки ыйга суруйааччыбын, төһө да “мобилизациялана” сатаабытым иһин, туох да тахсааччыта суох. Билигин аҕыйах хоһоонноохпун да, кынаттара куура иликтэр. Биир саҥа улахан тема (саха уонна нуучча культураларын сыһыаннарын туһунан) баспын үлтү сынньан кэбиһэн, биирин үксүн, онтон да бутуллан хааллым: поэма дуу, драма дуу, повесть дуу суруйуохпун билигин да билбэппин. Быстах-остох атын үлэ баар да, ылсыахпын баҕарбаппын. “Атаспыттан” арахтахпына, суруйбакка тугу дьарыктаныам баарай…

1960

Москва.

“Тиэргэннээҕи зоопарк” диэни аахпыттарын иһиттим. Иван Гоголевтыы эттэххэ: “Туох эрэ, туох эрэ” – сатамматах, бэйэм микрофоҥҥа анаан суруйбатахпын билинэр хомолто чувством таайар дуу… Ол эрэн, син, син!

9.12.1965

Хомустаах.

Кинигэм тахсыбыт. Опечатката бөҕөлөөх, абыраҕа бөҕөлөөх, хаартыската эргэтэ, кырата бөҕөлөөх… Үөрэрим оннугар, хомойо сыстым. Манна 500 экз. ыыппыттара, былыар бүппүтэ. Дьонум буоллахтара дии.

Быйыл кыһын да син суруйдум. Аҕыйах хонуктааҕыта биир дьоҕус поэманы бүтэрдим.

Мин мантан инньэ аҕыйах хоһоону суруйан ба­ран, оҕолорго суруйууларбын эһиил (1969 с.) таһаарыҥ диэрибин, оҥоро сатыыр санаалаахпын.

10.01.1968

Үөһээ Бүлүү.

Быйыл детскайы тугу да суруйбатым, “Хортуоппуйбун” адьас уларытар санаа баара да, күн-дьыл хайдах көрөн иһэр.

17.01.1969

Үөһээ Бүлүү.

Мин кэлиэхпиттэн бокуойа суох илим-туһах оҥостон таҕыстым, ханна да сылдьыбатым, ону-маны аахтым, элбэх баҕайы саҥа лирическэй хоһооннору суруйдум – хоһоон да диэн – ырыалар текстэрин.

Тоҕо диэтэххинэ – ол барыта эйигиттэн! Эйиэхэ суруйуохпун баҕарабын да, туох да диэн кэрэхсэнэр сонунум суох курдук, ол гынан баран эмиэ да суруйдахпына эрэ сатаныах курдук. Судургу сурукка санаа иэйиитин сонун оҥостон хайдах суруйуохпунуй, арай хоһоон эрэ суруйдаххына сатанар… Эдэрим бэрт дуу, ханнык дуу – дьон барыта хоһоонньут буолан ылар дьикти кэмнэрэ билигин да миэхэ умулла илик быһыылаах…

…Ол мелодистары кытта көрсүбүччэ, хоһооннорбун ырыа тиэкстэрэ буоллуннар диэн оҥордум. Билигин ханна да быктара иликпин. Интимнэй лирика таһынан хас да көрүдьүөстээх ырыалары суруйтаатым. Бэйэм да сөхтүм, уонтан тахса буолан таҕыста.

Кинигэбин оҥоро охсуохпун баҕарабын да – буоллаҕа ол – кумааҕыны ыллым да, хоһоон суруйан барабын…

Ханныгын да иһин, сибилигин кинигэм үрдүгэр түһүннэхпинэ сатанар, хойутааһын бөҕө буолаары гынна. Үлэ диэн, үллэн турар үрдүк хайа саҕа үгүс буолан, үтүрүйэр үлүгэрэ үүннэ!

Миэнэ, атын үлэ курдук, үлэлээтэххэ көҕүрэнэн испэт, ис иһиттэн үөскээн, бэйэтиттэн бэйэтэ элбээн иһэрэ бэрт.

Арай үлэлээбэтэххэ эрэ аччаан иһэр.

29.03.1969

Хомустаах.  

Мин күн аайы оҕолорго кинигэбин оҥоруох буолабын, сарсыарда 4-5 чааска турабын. Онтон олордум да, адьас атыны, сороҕор баҕас буолар-буолбат хоһооннору суруйан, ону кытта сосуһан, бириэмэбин бүтэрэн иһэбин. Аата-ахсаана суоҕу суруйдум, арай оҕолорго эрэ туһааннааҕы туппаппын. Билигин, итиччэ үлүгэр болҕомто бөҕө ууруллубутун кэннэ, саатар эрэ тиэтэйиэххэ баар этэ даҕаны, мин, хата, араҕан иһэбин. Ол эрэн дьэ атын темам бытархайа бүттэ быһыылаах, онон хайаан да ылса сатаан көрдөххө сатанар. Улаханы, томооннооҕо диэн ааттанары билигин булгуччу тохтоттохпуна эрэ сатанар. Дьыала оннугар тахсар.

Мария Ивановна! Мин үнүр эйиэхэ сылдьан киниискэбэр бэлиэтэммиппинэн, Афоня суох буолбут күнэ 19/IV этэ дии. Лоп курдук 10 сыла туолар диэбитиҥ. Дьыл-күн эчи түргэнин! Миэхэ оннук. Москваҕа олорбуту ыраах курдук саныыбын буолан баран, оччо элбэх сыл ааһа оҕустаҕа диэн, дьэ эрэ өйдүүбүн. Ол күннэр биһиэхэ эмиэ ыарахан күннэр этилэр. Ол күннэр уһулуччу ыараханнарын саха дьоно лаппа үчүгэйдик өссө кэлин өйдөөбүт буолуохтаахтар. Афоня эдэрэ бэрт уонна толору бэчээттэнэ илик буолаахтаатаҕа дии… Ити биһиэхэ, сахаларга эрэ, буолбатах дьыала. Төһөлөөх өрөгөйдөөх талааннар өлбүттэрин эрэ кэннэ өйдөнүллүбүттэрэ буолуой!? Сергей Васильев Афоня маҥнайгы томун атыылаһан баран: “Дьэ буоллаҕа бу! Бу бэйэлээх талааны эрдэттэн өйөөн, өйдөөн үлэлэппит буол! Бу бэйэлээх баайы-дуолу эрдэттэн дьоҥҥо тиэрпит буол!” – диэбитэ. Афоня талаанын төрөөбүт норуота билбитэ, итэҕэйбитэ буолан баран, кини дьиҥнээх кээмэйин, киэҥин-дириҥин ситэ билэр кыаҕа суоҕа.

Итини барытын төрөөбүт дьонугар-сэргэтигэр кыһыл көмүс курдук күндүтүк тутан, харыстаан, чөмчөтөн биэрии – эн умнуллубат үтүөҥ-өҥөҥ, тапталлаах кэргэниҥ сырдык, ытык кэриэһигэр саамай эргэрбэт веногуҥ! Ити иһин мин эйиэхэ сүгүрүйэбин уонна Эйигин билэр киһи, истэр киһи барыта дириҥник, ис сүрэҕиттэн махтаныахтаах, ытыктыахтаах диэн итэҕэйэбин, эрэнэбин.

Афоня оҕо эрдэҕиттэн барыга бары кыттан иһэр, киэҥ общественнай интерестээх этэ, общество олоҕунан олороро. Кини оҕолоро эмиэ итинник, папаларын курдук олох саамай активнай тутааччылара, общество олоҕунан олорор дьон буола улааталлара наада. Оҕо дьоһуннаах общественнай интерестээх буолуута – оҕону иитии боппуруостарыттан биир уустуктара уонна ыараханнара. Оҕо саас өйгө хаалар бары кэрэлэриттэн матарбакка кыһанан туран, итинник хаачыстыбаны тэҥҥэ улаатыннарбыт киһи төһө эрэ үчүгэй буолар этэ! Маны эйиэхэ өйдөтө сатаан эппэппин, санааны кэпсэтэр кэриэтэ ахтабын.

Маша! Эн аны олох ыардарын туоруурга ханныгын да иһин үөрэннэҕиҥ, чэрдийдэҕиҥ-бордуйдаҕыҥ, онон олоххор санааҕын өссө бөҕөргөтүнүөх, туруоруммут соруккун толорорго, оҕолоргун үчүгэй дьон гына иитэргэ ордук бигэ эрэллээх, тимир-тамыр дьулуурдаах буолуох тустааххын. Оннук үчүгэй, кэрэ киһи быһыытынан санаан, мин эйигин кытта доҕордоһобун, дьиҥ-чахчы ытыктыыбын.

Сиппит-хоппут киһиэхэ олох туһунан дойҕохтуур, биллэн турар, сонуна суох. Ол гынан баран биир курдук санаатахха, киһи олох туһунан кэпсэппэккэ, атын туох туһунан кэпсэтиэн сөбүй? Мин санаабар, киһи чугастыы киһитин кытта кэпсэтэригэр саамай улахан миэстэни олох ылар. Олох үлэтэ-хамнаһа, олох үөрүүтэ-хомолтото, үчүгэйэ-куһаҕана – барыта. Ити – биир үксүн кырдьаммын, оҥорбокко төннөөрү гынным дуу диэн, туой ону эргитэн, ону өрө-таҥнары сыымайдаан тахсарбыттан быһыылаах. Ол иһин Афоня туһунан сотору-сотору саныыбын. Олох уһуна-кылгаһа дьон-дьон аайы тус-туһунан да сыаналаах!.. Олоххо баартан-кэрэттэн олус маппатах да буоллаххына, билбэтэҕиҥ-сиппэтэҕиҥ эчи элбэҕин, эчи элбэҕин! Чычаас соҕус, киэҥэ суох олох сороҕор эмиэ сынньалаҥҥа дылы. Ол эрэн оннук дьоҥҥо хаһан да ымсыырбатаҕым. Саамай кэлэйэрим – тус олохторун оҥостоору, бэйэлэрин муҥур үйэлэригэр уйгуну эрэ баһыспахтаан хаалаары үрдүк солоҕо талаһар уонна онтукаларынан эргинэр дьон! Кинилэри абааһы да көрөбүн! Дьиҥнээх үрдүк сыаллаах, улахан идеаллаах киһи Афоня курдук сэмэй, бүгүрү үлэһит буолара чахчы. Кини оҥорор үлэтин дьиҥ суолтатын өйдүүр, күннээҕигэ, быстахха марайданыан баҕарбат. Кэскиллээх санаалаах киһи кэскиллээх үлэлээх, ыраас баҕалаах киһи тахсымтыа үлэлээх буолуохтаах.

Маша! Эн хомолтоҥ, аһыыҥ ыарахан, улахан. Оттон бэйэҥ ол кытаанах суол туоруурун туһугар тугунан эмэ итэҕэс охсуспуттаахпын, сыыһаны таһаарбыттаахпын диир туһуҥ суох. Төттөрүтүн, эн саамай бэриниилээх кэргэн, дьиҥнээх хорсун киһи быһыытынан эрдээхтик, чахчы бэйэҕин бэринэн туран, суоһар кутталга утарылаһа сатаабытыҥ, көрбүт-истибит бары сөҕөрүнүү туттубутуҥ, охсуспутуҥ! Киһи аймах, иэгэйэр икки атах бүттүүнэ кыайа илигин эн соҕотоҕун кыайар кыаҕыҥ суоҕа…

Машок! Олох кэмэ суох киэҥ. Киниэхэ хомолто да элбэх, үөрүү-дьол да үгүс. Оттон “киһи, көтөр көтүүгэ ананан төрөөбүтүн кэриэтэ, дьолго ананан төрүүр”.

Доруобай буол, дьоллоох буол, үөрүүнү-көтүүнү үгүстүк көрүс!

14.04.1969

Хомустаах.

Суруйуох санаа, баҕа, былаан толоон ыарҕатынааҕар элбэх. Бука бары харахпар илим хараҕын курдук ирбинньиктэнэн, эймэнэ көтөр чыычаах үөрүн курдук бутуллан олороллор. Ону бокуойданан сааһылыыр, суортуур түгэн көстө илик.

Дьэ мин диэтэх киһи Ленин юбилейын конкурсугар кыттар былааннанным. Бириэмийэ биэрбэттэрэ буолуо даҕаны, саатар, биһирэбил оҥордохторуна да, туһалаах буолуо дии саныыбын. Темам син биир таптал… Санаабыттан ити чувство дуостал арахпат…

Мин Ленин тапталын туһунан суруйуохпун баҕарабын уонна онтон олуһун диэн куттанабын. Тоҕо? Урут ким да ол туһунан тыл быктара илигин кэриэтэ. Мин, ол мин кэлэн, итинник улахан уустук темаҕа үлэлиэхтээх үһүбүн дуо?! Ол эрэн, харса суох буоллахха эрэ, ханнык эмэ урукку мэһэйи үлтүрүттэххэ эрэ, саҥаттан куттамматахха эрэ, туох эмэ тахсыахтаах буолбат дуо?!

Надежда Константиновна Лениҥҥэ Шушенскайга күөх абажурдаах лаампаны илиитигэр тутан тиэрдэн тиийэн, кэргэннэһэн тураллар… Ити, мин санаабар, ааттаах лирическэй түгэн. Ленин, хаайыыга сытан, Н.К-ҕа сыччах биир тылы, “таптыыбын” диэни, үүтүнэн суруйан тиксэртэрэн турар… Ленин Н.К-ҕа Ленини күүлэйдэтэр бириэмэлэригэр көрөр уулуссатын муннугар кэлэн көстөрүгэр көрдөспүтүн иһин, Н.К. үс күн устата ити уулуссаҕа тахсан, балтараалыы чаас устата туран, кэтэһэ сатаабыта, таах хаалан турар… Крупская Шушенскайга олорон хайдах таптаспыттарын туһунан эмиэ этэн турар. Өссө кыыһырбыта эбээт: “Шушенскайга биһигини куруук Беббэр кинигэлэрин тылбаастыы эрэ сылдьыбыт дьон курдук саныыллар, ол адьас сыыһа, биһиги эдэр кэргэннэр бары дьоллорун билбиппит, ол ссылка ыарын чэпчэтэрэ”, — диэн…

Тема улахан… Ол эрэн мин (Оо-дьэ, киһиргэһим бэрт буолуо, баҕар) өссө да лирикпин. Сүрүн соругум – ити кинилэр чувстволарын революционнай событиелары, ситуациялары кытта сатаан уонна бэрт нарыннык, мин этэрбинии:

“Таайар эрэ таайарыныы,

Өйдүүр эрэ өйдүүрүнүү” –

                                ситимнээһин буолар.

Суруйа сатыам, кыһаныам…

О! Үлэ да үлэ наада! Өйдүүргэ дылыбын…

20.10.1969

Үөһээ Бүлүү.

Мин саҥардыы кыралаан үлэлээн эрэбин. Былаан, набросок мунньуллан хаалан, ырыта тыыттаран өлүүһүкпүн. Аны дьэ дэлэйбэр түстүм: дакылаат син биир быйыл тахсыбат, онон сибилигин бүтэрэ сатаабаппын уонна адьас саҥалыы суруйдахпына сатаныыһы.

Сорох баҕас, билигин син биир бэчээттэниллибэт дьыала диэн, биир үксүн онтон бытааран хаалар. Икки детскайбын бэчээттиэхтэригэр диэри мин диэки эргиллибэттэрэ чахчы.

Туох да тупсарыыта суох, занимательнайа суох, муҥ саатар, чаҕылхай образнай этиитэ суох, таһы-быһа сымыйалааһын кими да сэргэҕэлэтиэр сатаммат. Улахан выдумка эрэ баар буоллаҕына, сымыйа да истэргэ кэрэ буолар. Мюнгхаузен эриэхэнэн ыппыт табатын сүүһүттэн мас үүнэн тахсыбыта, дорҕооннор турбаҕа хам тоҥон хаалбыттара, о.д.а. барыта – олус кэрэ өйтөн булуулар эбээт!

Итинтэн сиэттэрэн, арааһы да саныыр буоллум. Тыыннаах эрдэххэ, балаһыанньанан, билсиинэн туһанан, таһаартара-бэчээттэтэ түһэн хаалбакка? Ол эн кичэйэн-кичэйэн, кылахтаһан-кылахтаһан быыкааны суруйбуккун, хаһан эмэ ким эмэ таба көрөр эрэ, көрбөт? “Балык ыамын” куоттарбат үчүгэй буолаарай?

Ол эрэн мин да өчөспүн. Афонялаах, Лилялаах, оҕолорум оҕолоро дьүүллүүллэригэр анаан, уруккум курдук үлэлээн, күрэхтэһэн көрүөм. Кырдьык да, хайабыт киэнэ кыайыылаах буолар эбит?

19.11.1969

Хомустаах.

Бүгүн бу өрөөн аххан өрө тыыллан олоробун да, бу сарсыарда 5 ч. туран баран, төрүкү тугу да көдьүүстээбэтим. Бэҕэһээ сарсыарда суруй­бут хоһооммун (поэмаҕа киирии буолуо диэбитим да, бүгүн тоҕо эрэ атын санаа киирдэ) салгыы чочуйдум. Хата, бэйэтэ бэртээхэй лирическэй, нарын-намчы, урут хаһан да Ленин туһунан суруллубатаҕын курдук буолуохтаах этэ. Ону, бу шатана баара, политика кэлэн, сүллүгэһин көрдөрө турар…

Бу барытын туһунан сыччах, суос-соҕотох Эйиэхэ эрэ этэбин. Муҥум-таҥым, кыһыым-аһыым, “өллөхпүнэ – көҥсүүм, сырыттахпына – сырҕаным” диэн үтүөкэннээх өс хоһооно баар, ол курдук тутуһан, туруулаһан, хатыһан-хатыыппардаһа сатаан көрүөм. Циклбынан бүтэн хаалыахпын баҕарбаппын. Циклтан биир саамай мөлтөхтөрө дуу диэбиппин (“Улуу дьол­лоохтор”) “Х.с.” ыытан кээстим, саҥа биири, санаабар бэрт үчүгэйи, эптим.

Бу оройуон хаһыатыгар В. Гольдеров хоһоонноро тахсыбыттар. Онно С. Даниловка анаабыт хоһоонноох. Дьиҥэ, бэйэтин көмүскэнэр хоһооно эбит.

Ити уол (В. Гольдеров – Н.Б., В.С.) чахчы да мин эмиэ племяннигым быһыылаах. Таайым далааһыннаах соҕус бокуонньук эбит ээ! Үнүр эһиэхэ олорон бэрт элбэх оннук черталары бэлиэтии көрбүтүм. Ааһан баран, эдьиийбэр, Буораах Уйбаан (Михайлов И.И.) кэргэнигэр олус маарынныырдыы уоһун-тииһин туттан ылар…

15.01.1970

Хомустаах.

Ленин, Крупская тустарынан түүлбэр кытта киирэр буолла. Күннээҕи санаам, толкуйум-дуумайым буолбута быданнаата. Кинигэ бөҕөнү аахтым ини тугуй, запись бөҕөнү оҥоһуннум ахан ини, онтон барытыттан поэмабар туох да киириэ суох… кэлин өйдөөбүтүм, киириэн да сатаммат эбит! Дьон суруйбутун хайдах суруйа туруомуй, дьон тылынан хайдах саҥарыамый? Ол оннугар ханнык эрэ уопсай схема эрэ хаалыыһы… ол оннугар билигин миэхэ хайдах курдук чэпчэкиний, үчүгэйий? Билэр, барытын өйдүүр курдук санаммыт эрэ буоламмын, поэмаҕа толлубакка киирэр кыах­танным эбээт! О, ааҕар барахсан! Ленин толору таһаарыыта баар буолан, абыранным даҕаны! Поэмам тахсыбатаҕын да иһин, үлэлээбиппиттэн да тугу эмэ туһаннаҕым дии!

Ол эрэн, ол эрэн – поэмам! Таҕыста эрэ тахсыбата?! Ситэр эрэ сиппэт?! Аны үс хонугунан, өлүүм-тиллиим, бүтэрэн, почтаҕа туттарыаҕым…

15.02.1970  

Дьэ, бу поэмам диэни бүтэрдим дии санаан ыытабын. Кинини бүтэрэрбэр тиэтэйбитим, үлэлээбитим саҕа ханнык да айымньыбар эрэйдэнэ илик этим. Наһаа толломмун, материалы хасыһан хаалан, бытаардым уонна конкурс болдьоҕун курдук муус устар маҥнайгытын курдук саныырым. Уруккум курдук уһуннук соһо сылдьан оҥорор кыаҕа суох буоллум, бүтэһик точкатын туруордум да, ыыттым.

Тема материалын төһө да билбитиҥ иһин, туохха эмэ сыыстарыам диэн куттанаҕын, өссө да ымпыктаан-чымпыктаан барытын билэ сатыыгын. Онтон аны ол билэриҥ эрэ хоту суруйдаххына, ханнык да оригинальнай айымньы тахсыа суох, муҥураатаҕына, хатылаан кэпсээһин, кэпсээнтэн хоһооҥҥо таһаарыы эрэ буолууһу… Дьэ итиннэ сытар бу тема ыарахана, кыайтарбат өттө. Ол иһин чувственнай (иэйиилээх) өттүн төһө кыайарбынан күүһүртүм, онно эрэ иһил-таһыл түһэ сатаатым, онтон атын кыаҕым суох эбит.

Бүтэрдим да, эмиэ, сүөккэммит халаабыс курдук, хапсыс гына түстүм… Атын темаларга киириэм иннинэ хайдах эмэ сынньана түстэхпинэ сатаныыһы.

Дьэ, абам да баар: сирдэхтэринэ, садаҕалаан кээстэхтэринэ, аны биирдэ суруйан көрүөҕүм…

18.02.1970 

Таарыччы райкомҥа сырыттым, оройуон Ленинскэй митинг-мунньаҕар тыл этэр, хоһоон ааҕар үһүбүн… Оройуоннай хаһыат юбилейнай нүөмэригэр үлтү хаайан туран үс хоһоону ыллылар, билиҥҥитэ атын аатынан – девиһинэн. Ленинскэй күҥҥэ саатар оройуоҥҥа туох эмэ таҕыстын дии санаан, сөбүлэстим. Үөрүүлэрэ сүрдээх!

Саҥаны тугу да үлэлээбэтим – сүрэх тэппэт, сылайбыт, улугурбут…

Поэмам уонна Ленинскэй цикл туһунан кэнникинэн холкутуйан бардым – бастаан утаа, сирдэхтэринэ – иэдээн дии саныырым. Кырдьыы кыдьыга эбитэ дуу, биһиги үлэбит хаалыа суоҕа дии саныыр буоллум. Мин литературнай архивым матырыйаалын да быһыытынан хааллахтарына, хаһан эмэ бэчээттэнэллэрэ буолуо. Ама, туох эмэ баар буолуохтаах курдук саныыбын…

14.04.1970 

Хомустаах, Үөһээ Бүлүү.

Дьэ, буоллаҕа ол… Евгения Васильевна эрэнэр уонна күүтэр да этэ… Саатар, биһирэбили. Бэйэм да биһирэбилгэ эрэнэргэ дылы этим. Биллэн турар, миэхэ үөрүүтэ суох дьыала… Ол гынан баран, эмиэ да сөптөөххө дылы: сааһырдаҕым, сорох өттүгэр тиэтэллик үлэлээтэҕим дии – ол дьайара буолуохтаах…

Итинтэн сылтаан мин поэзияттан арахпатым буолуо дии саныыбын. Поэзияттан араҕарга бэртээхэй сылтах этэ.

Билигин мин син биир үлэлиирим курдук үлэлээн көрүөм, былааным эрэ уларыйдаҕа дии: урут, өскө өйөбүл ыллахпына, Ленинскэй сборник оҥоруом дии саныырым. Билигин да оннук сборнигы биэрэн көрүөм, редсовет туох диирэ билиэҕэ.

О-дьэ! Быйыл саҕа тахсыылаахтык, долгуйан суруйбутум суох этэ. Кырдьыы… Кырдьыы… Кырдьыы диэн … Киһи этэ-сиинэ дууһатынааҕар уруттаан кырдьар быһыылаах.

 27.04.1970.

Үөһээ Бүлүү Нама.

Бу сарсыарда биир балачча айымньыга киир­дим уонна (4 чаастан 6 чааска диэри) олороот да сүүсчэ строканы сырылатан кэбистим.

Былааным диэн – Ленинскэй сборникпын ситэри-хотору оҥорон бүтэрии, нууччалыы сборникка эбии подстрочниктары оҥоруу, аҕыйах хоһоону суруйуу. 23 хонуктаах сезоҥҥа ол да сөп дии саныыбын.

Бүгүн Саласпилс диэн 120 тыһ. киһини фашистар өлөрбүт сирдэригэр оҥоһуллубут мемориальнай комплексы көрө барабыт.

…мин хаһан даҕаны кырдьыксыт буола сатааччыбын, ол сороҕор табыллар, сороҕор табыллыбат.

23.06.1970

Дубулты.

Идэбинэн, сайын буолан, суруйбаппын. Хата, син ааҕабын. Түүн хараҥаран, мас-от хаг­дарыйан, кутуйахха дылы, сырыыргыырым дьэ чугаһаан эрэр.

Быйылгы үөрэх дьыла тиийэн кэллэ. Миэхэ отут үһүс сылым буолар. Эргитэ санаатахха, балачча уһун эбит. Элбэх да оҕону мөхтөҕүм, элбэх да тэтэрээти марайдаатаҕым… Үчүгэй, үөрүүлээх да түгэннэр элбэхтэр эбит. Мин 7-тэн 10-ка диэри сахам тылын биэрэбин. 9-10 кылаастарга учебник суоҕа олус эрэйдииһик, конспектатан тахсарга тиийиллэр.

Быйыл тахсыахтаах кинигэм туһунан редакторбар Тарабукиҥҥа үстэ суруйдум да, сөҕүөм туһугар тыл аҥара эппиэт суох. Былаантан, производствоттан устан кэбистилэр дуу, хайа сах дуу, таайа сатаан кэбистим. Онон бу кылаабынайга суруйаары олоробун.

3.09.1970

Хомустаах.

Оо-дьэ! Поэмабын состум-сыстым аҕай, көрдүм-иһиттим аҕай, үрүт-үөһэ сэттэ уон сэттэтэ аахтым – мэйиим адьас иэдьигэй дуу, иэригэй дуу буолан хаалла… (Иэригэй диэн былыр таҥас өһүллүбүт утаҕын сап гынан тутталларын ааттыыллар этэ – сап суоҕуна, ол өрүү ииссэр идэлээҕэ).

Жюрилар бэлиэтээбиттэриттэн син туһанным – аҕыйах тылы. Үксүн бэйэм көннөрдүм. Билигин да этэбин: дьоһуннаан көрүү суох    эбит. Ол эрэн наһаа үчүгэйи суруйбуппун сиэбиттэр диир кыаҕым суох, биһириэхтэригэр баҕас син эбит.

Жюрилар көрбүт экземплярдарыгар поэма маҥнайгы илииһигэр ким эрэ: “Улахан куорат уһугар дьиэлээх…” диэн суруйбут… Ити били урукку киирии кээмэйин эппиттэр быһыылаах (былыргы “Кирпичики” диэн ырыаҕа маарынныыр диэн). Кырдьык да оннукка дылы уонна олус уһун дойҕох киирии буолбут, ол иһин ылан быраҕан кэбистим. Бүтүүтүн эмиэ уларыттым. Онон поэма кээмэйэ билигин лаппа биирдиҥи буолла.

Бу поэманы суруйаары элбэх материалы ааҕан, мэлдьи санаам ол материалга охсулла турар этэ. Онон “Минька кынаттаах атын” суруйарбар аны итигирдик гына сатаабакка, фантазиябын туохха да хаайбакка суруйдахпына сөп буолсу.

…Билигин нууччалыы кинигэм! Ол үрдүгэр түһэбин… Сатана баара, үлэтэ творческайа суоҕа бэрт. Наар хара үлэ. Ол эрэн, харыбын ньыппарынан баран, түһүнэн кэбистэхпинэ сатанар…

Онтон сахалыы саҥа кинигэм хомуура турар… Юбилейнай сборникка отуччаттан тахса кэнники хоһооннорум киирбэтэхтэрэ (миэстэ суоҕунан). Ааспыт 4 сыллааҕы суруйууларбын кытта “Буурҕа тойуга” поэмабын эптэхпинэ – халыҥ том тахсыар сөп.

25.01.1971.  

Урукку тылбаасчытым В.Туркин сөбүлэһэн турар. Кини тылбаастаатаҕына, манна да таһаартара сатыам. Якутскайдааҕы кинигэм 72 сылга тахсар ини диэн быһа бүтэйэ эрэнэ сылдьабын. Билигин уочараттаах сборникпын бэлэмниэхтээхпин. Хайа да сборникка киирбэтэх уонна кэннэки кэмҥэ суруллубут сүүсчэкэ хоһоонноохпун Е.В. мунньубута, алфавитынан эрэдьиэстээбитэ. Онтон биир 5-6 бэч. илиистээх кинигэ тахсыахтаах этэ.

12.08.1971

Хомустаах .

Мин Дубултыга суруйбут Саласпилскай цикл­бын оҥоробун. Сотору хаһыаттарга ыытыам.

“Күөх лаампа” радиоҕа барарын истэн үөрдүм. Мин хоһоонум тылын сүрэҕим хааныгар тэҥнээччибин, ону харчыга атыылааччым суох, норуоппар бэлэх эрэ биэриэхпин сөп. Гонорар төлүүр буоллахтарына – ол уопсай бэрээдэгинэн.

21.08.1970.

Хомустаах

Мин сайын хаһан да суруйбат идэбинэн сыттым.

Билигин Якгизка биэрэр саҥа кинигэбин бу сыл иһигэр хайаан да бүтэрдэхпинэ сатанар. Соторутааҕыта Узбекскай поэтесса Зульфия туһунан ыстатыйаны аахпытым. Онно кини сороҕор сыччах биир курортнай сезоҥҥа биир сборнигы олорчу суруйан бүтэрэр эбит! Мин, саатар, бэлэми хомуйан оҥорбоппун үһү дуо?!

25.08.1971.

“Дорообо” диэн тыл тоҕо тымныытай?! Муҥар, суруллара даҕаны бүтэйэ, төгүрүгэ бэрт: дорообо – сэттэ төгүрүк!

Билигин бэйэм аҕыйах хоһоону суруйдум. Суруйуох элбэх гынан баран, хонноҕум аһыллан биэрбэт. Ол эрэн, суруйан эрэ аһыыр киһи, бука, суруйдахпына эрэ сатанан эрдэҕэ буолуо, санаам хотор.

Мин быйыл үлэлээбэтэхпиттэн адьас хомойбоппун. Дьыл – уһун. Хоннох аһылыннаҕына, үлэлэниллиэҕэ. Үлэлиэх кырдьык да элбэх. С.Руфов саҥа “Эврика” диэн бөдөҥ шрифтээх машинка ылбыт. Онно бэчээттиэм да, бэчээттэтиэм да, Эйиэхэ да ыытыам буоллаҕа дии.

Москва саҥарбатыттан үөрэбин. Ол аата – рукопись тута төттөрү быраҕыллыбата, рецензияҕа барда дии саныыбын. Оччоҕо бэйэтин иннигэр бэйэтэ эппиэттиэ этэ буоллаҕа эбээт.

Эн ыыппыт кумааҕыҥ баар буолан, мин суруксуттаан бөҕө! Аны тэтэрээт илииһигэр суруйуохпун оччо сөбүлээбэппин.

Лаанабыт курортан кэлэн баран, сыбаай­балаата. Билигин уол дойдутугар Аммаҕа сы­баайбалыы бартара. Уола СГУ зооветфагын студена, үчүгэй киһи быһыылаах.

Ийэбит балыыһаттан тахсан, дьиэтигэр гипсэҕэ сытар. Соторунан турбат киһи быһыылаах. Оронун туора остуол оҥорон биэрбитим. Онно олорон, суруйар, ааҕар, оннооҕор, оронугар таҥас сууйа сатыыр… Билигин дьиэбитигэр иккиэйэхпит.

Халлаан наһаа тыалыран, билигин быыстала суох ардаан, балыктаабаппын. Кыыһым сыбаайбатын наар балыгынан атаардым. Сүүрбэччэ бөдөҥ чыыры кытта икки туутчаҕы бултаабытым. Күтүөт уол моторист буолан абыраабыта.

Женя сытааран суруктары бэрийдэ. Коля Габышев уонна Эн суруктарыҥ элбэхтэрин сөҕөр.

Биһиэхэ билигин наар ардах. Киһи таһырдьа ыты да үүрбэт үлүгэрэ.

Бу күтүөт уол түһэртээбит снимоктарыттан ыытабын. Бэртээхэй фотограф (цветнойу үчүгэйдик сатыыр), ювелир, столяр эбит.

16.09.1971

Үөһээ Бүлүү Хомустааҕа.

Биһиги ыаллар кэммитинэн олоробут. Аччыгый кыыс Аммаҕа баран, сыбаайбалаан кэллэ. Олус бэркэ сылдьыбыттар. Биһигиттэн биир эдьиийэ, биир дьүөгэтэ барса сырыттылар. Сылгылаах ынаҕы сиэн, сэттэ сиргэ сэргэ туруоран, улахан сыбаайбаны оҥорбуттар, 300-тэн тахса киһи сылдьыбыт. Ийэбит хостон остуолга тахсан асаһар буолан эрэр. Гипсэтин билигин да уһулуохтара быдан.

Мин олоробун. Быйыл күһүн балайда балыктаан сиэтим. Билигин, халлаан хаайан, уурайдым.

Күһүн устатыгар, таах олорор киһи быһыытынан, син суруйдум диэххэ сөп. Сүүрбэччэ хоһоон буолла. Ол иһигэр хас да ырыа буолаарай диэн. “Х.с.”, “Э.к.”, “Кыым” устун Эһиэхэ – радиоҕа ыыталаатым.

Эйиэхэ алдьархайдаах улахан остуоруйа-поэманы (“Чаҥый Чаҕаан” быраатын) суруйан ортолоотум, 600 тахса строка бэлэм. Аны биир оччону суруйдахпына сатанар. Өктөөп бырааһынньыгар диэри бүтэрбит киһи диибин. Эйиэхэ тугу кэриэлийиэмий – санаабар табылларга дылы.

Быйыл ону бүтэрэн баран, хайаан да (өлүүм-тиллиим!) пьеса суруйар толкуйдаахпын. Темата, сюжета бэлэм.

Прозаны холоноору гынным да, былыргыттан быйылга диэри, поэтым, поэзиям иҥнэри тарда тураллар.

Тема элбэх, баҕа санаа толору.

8.10.1971

Хомустаах.

Бүгүн мин улуу үөрүүлээх күнүм – “Буурҕаллай” диэн 1375 строкалаах остуоруйа поэмабын бүтэрдим. Ол чиэһигэр бырааһынньык буолла.

Уопсайынан, быйыл үлэлии илик киһи буоларым быһыытынан, 2000 кэриҥэ строканы икки ыйга суруйдум. Билигин иннибэр – пьесам. Темата олус ыарахан: материальнай хааччыйыы өй-санаа сайдыытын (ордук ыччаттарга) уруттаабытын, социальнай катаклизм туһунан. Тахсыа да, таһаарыахтара да биллибэт. Ол оннугар “Буурҕаллай” буому билбэккэ барара буолуо.

21.10.1971.

Хомустаах.

Чахчы итийэн-кутуйан, эймэнийэн туран, минньигэстэн-минньигэстик ахтан ылабын… Ол миэхэ алдьархайын көмөлөһөр – сотору-сотору таптал ырыаларын тардан кэбиһэбин… дьиҥнээх, ып-ыраас таптала суоҕум буоллар, төһөлөөх ырыа суруллубакка хаалыахтара эбитэ буолла?!

9.09.1977

Москва.

Ойуунускай балаҕаныгар

Платон Алексеевич – саха хас биирдии киһитигэр ураты чугас киһи. Кини – биһиги бука барыбыт хаан уруубут кэриэтэ.

Биһиги көлүөнэ “Өрүөл кэриэһин” ааҕан, “Көҥүл ырыатын” ыллаан улааппыппыт.

Бу ааспыт сайын мин Тааттаҕа сырыттым. Таатта Саха сиригэр бэйэтэ туһунан мекка. Төрөөбүт тылын, саха литературатын таптыыр киһи соҕотох “Таатта” диэн тылтан долгуйуон сөп. Саха литературатын аҕата Кулаковскай оҕонньор бу үрэххэ төрөөбүтэ, бу сиринэн хаампыта, кинини саха норуотугар бу Таатта үрэх биэрбитэ дии санаатаххына, сүрэҕиҥ күүскэ тэбэргэ дылы.

Аан дойду норуота бүттүүнэ Пушкин, Лермонтов оннооҕор кыратык олорон ааспыт, сылдьан ааспыт сирдэрин ытыгылаан көрөллөр, кэрэ-бэлиэ сирдэринэн ааҕар буолбаат! Оттон биһиэхэ Ойуунускай олорбут, үлэлээбит, үөскээбит сирдэрэ онтон тугунан да итэҕэһэ суох ытыктаныах тустаахтар.

Кырдьыга да оннук. Мин Платон Алексеевич төрөөбүт балаҕаныгар тураммын Ленинград аттынааҕы Царьскай селоҕа Пушкин памятнигын аттыгар турарбынааҕар итэҕэһэ суох долгуйбутум.

Кини бу наара ороҥҥо сыппыта, бу тааһынан тооруччалаах бурдугу тарпыта, бу түннүк сыысчааннарынан сааскы туллуктары көрбүтэ, бу кырдал устун сүүрбүтэ буолуо дии санаатаххына, сүрэҕиҥ ыгыллар.

Биһиги Чөркөөх орто оскуолатын директора Н.Н. Репинниин уонна Афанасий Федоров бокуонньук оҕолорунуун, кэргэниниин хас да буолан сылдьыбыппыт. Онно оҕолор маннык дьиэҕэ киһи хайдах сатаан олоруоҕун улаханнык муодаргыыллар быһыылаах этэ.

Мин, Ойуунускай төрөөбүт балаҕанын аттыттан тэйиччи көстөр Халамнаайыны одуулуу тураммын, арааһы санаабытым. Хам аччык, кып-кыра уолчаан оол унаарыйан көстөр Халамнаайы ортотугар киирэн куйуурдуура төһөлөөх эрэ ыарахан буолла! Киниэхэ ким да суол үктээбэтэҕэ биллэр. Бу хордоҕойго атын ханнык да өтөх суох. Ол аата чугас ыаллара суохтар эбит.

Платон Алексеевич төрөөбүт Тааттатын ылларан туран таптыан да таптаабыт эбит! Төһө да бу ааспыт сайын, уонтан тахса сиргэ баһаар туран, Таатта эбэ хотун күндү көстүүтүн күөх күдэригинэн саппытын иһин, кини барахсан налыйан-наскыйан, дуоспуруннаах хотун дьахтар курдук дэлэйэн-дэлгэмсийэн дьикти да кэрэ!

П.А. Ойуунускай балаҕана Саха сирин туристара, Саха сиригэр сылдьааччы дьоннор кэрэхсээн таарыйар биир бэлиэ миэстэлэринэн буолуох тустаах.

Ол гынан баран бу ытык балаҕаны тустаан, моой ылынан ким да дьиҥнээхтик көрбөт-истибэт эбит дии санаатым. Оскуола оҕолоро, комсомолецтар олус бэрт остоолбо күрүөнэн дьиэни эргиппиттэр. Оннооҕор туох суолталааҕа биллибэт эриэн-эриэккэс сэргэни туруорбуттар.

Таһа итинник. Иһигэр киирэн П.Алексеевич олоҕун кытта утумнаахтык толору билсиһэр кыаҕыҥ суох. Бэрт аҕыйах фотоснимоктар, хаһыат кумааҕытыгар күөх чэрэниилэнэн суруллан бадаарытыллыбыт ойум-сойум тыллар.

Бэл диэтэр сылдьыбыт дьон санааларын суруйан хаалларар кинигэлэрэ диэн – начаалынай кылаастар тэтэрээттэрин дуома. Ити – олус куһаҕан. Мин санаабар, биһиги Ойуунускайбыт төрөөбүт дьиэтигэр бүтүн Россияттан эрэ буолбакка, аан дойдуттан барытыттан сылдьыахтара. Ол мааны ыалдьыттарга, төһө да сэмэйбит иһин, ити илдьирийэн хаалар тэтэрээти уунарбыт наһаа хобдох. Экспонаттар дьиҥнээхтэрэ, эбэтэр дьиҥэ суохтара биллибэт. Онно быһаарыы сурук суох. Музей буолла да, музей буолуохтаах этэ. Научнайдык, кичэллик сыһыаннаһыы хайаан да наада.

П.А. Ойуунускай олоҕун көрдөрөр фото­снимоктардаах стендэлэр киһи сөҕүөн курдук дьадаҥылар, снимоктар хаачыстыбалара сүрдээх мөлтөхтөр. Барыта – копия.

Чөркөөххө литературнай музей аһылларынан сибээстээн, чэ, баҕар, ол буоллун даҕаны. Ол гынан баран, Платон Алексеевич өтөҕөр сылдьыбыт дьон чахчы астына көрөллөрүн курдук үчүгэйдик оҥоһуллубут хартыыналар, үчүгэйдик копияламмыт фотоснимоктар суохтара киһини улаханнык хомотор.

Ытык-Күөлгэ П.А.Ойуунускай бэртээхэй памятнига баар. Мин бу памятникка үстэ сылдьыбытым. Бастаан аан-маҥнай Ытык-Күөлгэ үктэнээт тиийбитим (түһэр сирбиттэн чугас этэ). Иккиһин киэһэ, күн буруонан бүрүллүбүт, ыыстыйбыт саҕахха түһэн эрдэҕинэ, Ойуунускай үрүҥ бюһун бронза өҥүнэн кырааскалаан эрдэҕинэ киинэбэр устубутум. Үсүһүн сарсыарда күн сардаҥалара кини сүүһүн көмүстүү чаҕылытар кэмнэригэр таарыйан, бокулуоннаан ааспытым.

Мин итэҕэйэбин: Тааттатааҕы табаарыстар Платон Алексеевич кэриэһин миигиттэн тугунан даҕаны итэҕэс санаабаттара буолуо диэн, уонна кини балаҕана Саха сирин биир саамай кэрэ-бэлиэ ытыктанар миэстэтинэн – дьиҥнээх музейынан оҥоруохтара, ол ытык балаҕаҥҥа тиийэр Таатта үрэҕин талаһатын тыһыынчанан киһи ааһарын уйар гына бөҕөргөтүөхтэрэ диэн.

Күнэ ыйыллыбат.

«Чолбон» сурунаал 2017 сыл, №6

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар