Татьяна Андросова: «Махталым Мандарга»

Киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирэ бары билэр, киэн туттар, сүгүрүйэр баар-суох күндү киһибит Борис Федорович Неустроев-Мандар Уустуун алтыспытым, киниэхэ көмөлөһүннэрбитим, оҥотторбутум, сүбэлэппитим биэс уонтан тахса сыл буолла. Мин 1962 сыллаахха Баайаҕа сиригэр кийиит буолан кэлбитим. Борис оччолорго Баайаҕа аҕыс кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, салгыы Төҥүлү оскуолатыгар үөрэнэ барбыта, онтон аармыйаҕа сулууспалаабыта. 1969 сыллаахха дойдутугар кэлбитэ. Мин кинини көрө илигим. Арай иһиттэхпинэ, дьон, «Сүөкээ уола Барыыс тугу барытын сатыыр үһү» дии-дии, туох баар алдьаммытын, кыайан үлэлээбэт буолбут тэриллэрин барытын Барыыска оҥоттороллоро: алдьаммыт чаһы, хотуур дууската, дьиэ тэриллэрэ, түннүк араамата, тэлэбиисэр, матасыыкыл, тыраахтар өрөмүөнэ, аны дьиэ тутуутугар маастардатыы, баттах кырыйтарыыта кытта, онтон да атын ким туох кыһалҕалааҕынан. Ону барытын кини туох да төлөбүрэ суох оҥороро. Оччолорго бу эдэр уол туох эрэ дьарыктаах диэн ким да санаабат кэмэ этэ.

Ол кэмҥэ түөрт нэһилиэги холбуур Петр Алексеев аатынан сопхуос тигинээн-таҕынаан өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэлээх этэ. Нэһилиэктэргэ көрдөрөр аҕытаассыйаны ирдииллэрэ. Сопхуос киинэ Уус Тааттаҕа этэ, кини хонтуоратын аттыгар Петр Алексеев улахан пааматынньыга туруоруллубута. Бу пааматынньык таһын 60 миэтэрэ усталаах паннонан киэргэппиттэрэ. Панноҕа Саха сиригэр сэбиэскэй былаас историята көрдөрүллүбүтэ. Бу үлэни Борис Федорович уонна кини үөлээннээҕэ Владимир Семенович Малгин оҥорбуттара. Бу панно уһун кэм устатыгар дьон-сэргэ, кэлбит ыалдьыт сэргээн, тохтоон ааһар кэрэ миэстэтэ буолбута. Аны сопхуос бастыҥ үлэһиттэрин мэтириэттэрин уруһуйдаталлара. Баайаҕаҕа 40-ча киһини уруһуйдаабыта кулуупка ыйанан турбута. Хомойуох иһин, ол уруһуйдар ханна тиийбиттэрэ биллибэт. Киһи орто дойдуттан бардаҕына, ол киһи мэтириэтин эмиэ уруһуйдатар этилэр. Кулууп таһыгар улахан уруһуйдар, кэнсиэр декорацията, арааһынай тэрээһиннэри киэргэтии Барыыһа суох оҥоһуллубаттара.

Борис Федорович хомуһа, көмүстэн, тимиртэн, удьурхайтан уонна мастан оҥорбут сиэдэрэй оҥоһуктара үгүс быыстапкаларга турбуттара, биллиилээх дьоҥҥо, кыраныысса таһыгар тиийэ бэлэхтэммиттэрэ, дэриэбинэ, оройуон да дьоно тиксибиттэрэ. Мин биир бэйэм Ленинскэй музейым суруйсар улахан доҕотторугар удьурхайтан оҥоһуллубут сувениры, хомуһу оҥотторон оскуолабыт аатыттан ыыппытым, оннук сувениры кэргэммэр кылааһын оҕолоро бэлэхтээбиттэрэ, мастан оҥотторон Мииринэй куоракка олорор кэргэним балтыгар бэлэхтээбиппит. Хомойуох иһин, итинник бэлэххэ барбыт үгүс оҥоһук хаартыскаҕа түһэриллибэккэ хаалбыт.

Кини үтүмэннээх элбэх хомуһу оҥорбута. Киһи барыта сакаастыыра, быыһыгар сувенир оҥоттороллоро. Ол кэмҥэ төлөпүөн ыал аайы суоҕа. Миэхэ сотору-сотору партия райкомуттан эрийэн Борис Федоровичка илдьит ыыталлара: «Оннук сувениры, бачча хомуһу бэрт түргэнник оҥорон ыыттын». Барыыс барахсан куруук ээҕи кытта этэ. Хаһан барытын ситэн оҥороро буолла?! Ол быыһыгар хочуолга ыарахан үлэ, уруһуйа, дьиэтэ-уота, уопсастыбаннай үлэтэ, кэнсиэрэ, успуорда, ыалдьыта-хоноһото, дьоҥҥо көмөтө – киһи ааҕан сиппэт… Хайдах барытыгар тиийинэн, кэмигэр бүтэрэн испитин сөҕөбүн.

Мин икки сыл кулуупка үлэлээн баран, 1964 сылтан Баайаҕа оскуолатыгар пионер баһаатайынан үлэлии киирбитим. 1970 сыллаахха төрүттэммит оскуолабыт Владимир Ильич Ленини кытта эт саастыы оскуола диэн оччолорго киэн туттуу буолара. Кэлин архыып докумуонун буламмын, төрүттэммит сыла 1971 буолбута. 1969 сылтан В.И. Ленин төрөөбүтэ уонна оскуолабыт төрүттэммитэ 100 сылларыгар анаан оскуолаҕа бэлэмнэнии үлэ саҕаламмыта. Үлэбит барыта Ленин аатын кытта сибээстээҕэ. Ол иһин Ленин аатынан музейдар, кини туһунан суруйар суруйааччылар, аатын сүгэр оскуолалар, Ленин уордьанынан наҕараадаламмыт пионердар, улахан дьон тустарынан сурунаалларга, хаһыаттарга ааҕан, онтон-мантан истэн, булан суруйсуу үлэтин саҕалааммыт, матырыйаалы син мунньубуппут. Оскуолабыт үбүлүөйүгэр урут баар пионерскай хоспутун Ленинскэй хос оҥоруохтаах этибит, онон наһаа элбэх үлэ күүтэрэ.

Борис Федорович ол сыл оскуолаҕа физкультура учууталынан анаммыта. Дириэктэрбит Иннокентий Михайлович Хатылаев (кэлин Саха АССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала буолбута, ХХ үйэ чулуу педагогун аатын иҥэрбиттэрэ) Ытык Күөл промартыалыттан түөрт улахан, тиит маһынан оҥоһуллубут буолан олус ыарахан ыйааһыннаах, таһа фанера истиэндэни атыыласпыта. Фанера кытаанаҕа, тоһоҕону кыайан саайбат этим. Ол түөрт истиэндэ аҕыс сирэйин суруйан, барытын толоруохтаахпыт. Онно миэхэ Борис Неустроевы миэхэ көмөҕө биэрдилэр. Үлэбит үксүн киэһэ хойут буолара. Уолум сүрдээх боростуой, кэпсэтинньэҥ, этиигэ барытыгар сөбүлэһэн иһэр, мин туохха эмэ мунаардахпына, «оҥоруохпут, сатаныа» диир. Оччолорго үчүгэй кумааҕы да суох этэ. Суругун барытын былакаат суруйар уонна боростуой бөрүөнэн өҥнөөх тушь чэрэниилэнэн суруйбуппут, хаартыскалары, аккырыыккалары кумааҕыга сыһыарбыппыт. Онно бииргэ үлэлиир дьонум көмөлөспүттэрэ. Истиэндэлэрбит ааттарын трафаретынан кумааҕыга түһэрэн, кырыйан бэлэмнээбиппит. Борис «Города-герои» истиэндэҕэ куораттарга барыларыгар фанера маһынан эмбилиэмэ оҥорбута олус үчүгэй этэ. «Фанераҕа хайдах иҥиннэрэбит?» – диэтим. Аны бэлэмнээбит матырыйаалбыт барыта тус-туһунан кээмэйдээх. Борис Федорович: «Мин бу кумааҕылар кээмэйдэринэн тааһы быһабын, иккиэннэрин холбуохха уонна лейкопластырынан кытыыларын туттарыахха», – диэтэ. Онон лейкопластырь булан барытын оннук туттардыбыт. Таас ыйааһыннаах, ону барытын кыра тоһоҕонон ол кытаанах фанераҕа туттарбыта. Истиэндэ аллараа өттүгэр мал угар холбуйалааҕа, ону эмиэ таастаан биэрбитэ. Ити курдук Борис талааннаах тарбаҕынан, мындыр өйүнэн оҥорбут истиэндэлэрэ 1993 сыллаахха диэри туһалаабыттара, ис хоһоонун хаста уларыппыппын, музей иһигэр ыытыллар араас тэрээһиннэргэ хаста төттөрү-таары соспуппун ааҕан сиппэппин. Бу Борис Федоровичтыын маҥнайгы үлэбит этэ.

«Бэлэм буол» хаһыат Володя Ульянов дневнигэ диэни аспыта, онно бастыҥ үөрэнээччилэри таһаараллара. Пионерскай дружинаттан бастаан киирбит алта пионерым хаартыскатын биэрэн Бориска уруһуйдаппытым Ленинскэй хоспутугар ыйанан турбута.

Мин кэргэним Поликарп Александрович Андросов саха тылын учуутала этэ. Оскуолаларга кабинетнай систиэмэни олоххо киллэрии саҕаламмытыгар үөрэнээччитин Бориһы көрдөһөн, иккиэн сүбэлэһэн барылын оҥорон, үлэлэрин саҕалаабыттара. Биир истиэнэни саха суруйааччыларыгар анаабыттара. Борис Федорович киһи сөҕүөн дьикти үчүгэйдик уруһуйдааабыта. Бу кэбиниэт ситэн-хотон өрөспүүбүлкэҕэ үһүс миэстэлээх кабинет буолбута. 1993 сыллаахха биир истиэнэтин П.А. Ойуунускайга анаабыттара, ону эмиэ Борис Федорович оҥорбута.

Бу элбэхтэн аҕыйах холобуру аҕаллым. Ити курдук Барыыһы инньэ 1990 сылга диэри соло булларбакка, дьиҥнээх бэйэтин дьарыгынан дьарыктанарын харгыстаабыт эбиппит диэн кэлин саныыбын.

1979 сыл. Биһиги оскуолабытыгар Ленинскэй музей, «Алгыс» диэн интернациональнай доҕордоһуу кулууба үлэлииллэрэ. Үгүс элбэх доҕордоох этибит, олортон биирдэстэрэ оҕо биллиилээх суруйааччыта, ССРС Государственнай бириэмийэтин лауреата, сэрии кэмигэр разведчик Зоя Ивановна Воскресенская этэ. Оскуолабыт оҕолоро Зоя Ивановнаҕа үстэ ыалдьыттаабыттара. Кини көрдөһүүтүнэн 1979 сыллаахха Москваттан кэлэн «Орленок» телестудия чаас аҥаардаах биэриини устубута. Ити устууну Киин телевидение «Отзовитесь, горнисты!» диэн биэриигэ көрдөрбүтэ. Устуу биир эпизода Борис Федорович салайар куруһуогун оҕолоругар анаммыта. Онно уһуллубут оҕолортон Федя-Федор Иванович Чярин билигин мас ууһа, биллэр норуот маастара. Ити Борис Федорович телевидениеҕэ маҥнайгы уһуллуута буолуо дии саныыбын.

1993 сыл. Борис Федорович бииргэ үөрэммит кыыһа, детсад иитээччитэ, дьүөгэм Елизавета Васильевна Мандарова биирдэ миигин ыҥыран ылла. Баайаҕалар элбэх уустардаахпыт, онон дойдубутугар уустар быыстапкаларын оҥоруохха диэн этии киллэрдэ. Ол этиини баайаҕалар бары өйөөн, талааннаах дьоммут оҥоһуктарын хомуйан, уустарбыт үлэлэрин сырдатар планшеттары оҥорон, спортивнай саалаҕа бэрт улахан быыстапканы туруорбуппут. Манна улуус талааннаахтара бэйэлэрин үлэлэрин аҕалан эмиэ кыттыбыттара, элбэх ыалдьыт сылдьыбыта, олус сэҥээрбиттэрэ. Бу бастакы улахан быыстапкабыт этэ.

Борис Федорович көҕүлээһининэн Баайаҕам уустара оскуолам музейын «Нэһилиэк историята» салаатыгар компьютер бэлэхтээн үөрдүбүттэрэ. Ол биһиэхэ төһөлөөх туһалаабытын, үлэбитин чэпчэппитин тылбынан кыайан эппэппин. Онон Борис Федоровичка уонна уустарга махталым муҥура суох.

Кыраайы үөрэтэр куруһуогу салайа сылдьан, 8-с кылаас үөрэнээччитигэр Варя Егороваҕа Борис Федорович туһунан «Туох барыта үлэнэн ситиһиллэр» диэн дакылааты суруйтаран кыраайы үөрэтэр конференцияҕа кытыннарбытым. Варя ол тиэмэни өссө сайыннаран, СГУ-ну бүтэрэригэр «Якутский орнамент: генезис и семантика» диэн тиэмэҕэ дипломнай үлэтин көмүскээбитэ. 1996 сыллаахха тахсыбыт «Утумнааһын, удьуордааһын оскуолата» кинигэҕэ оҕолор суруйууларыгар Варя суруйуута киирбитэ. Бу Борис Федорович туһунан оҕолортон бастакы сырдатыыбыт этэ. Варвара Шевелева билигин Хаҥалас улууһун Өктөмүгэр Бастакы президент Михаил Николаев аатынан үөрэҕирии уонна билим киинин «Мичээр» уһуйаанын салайааччыта, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, РФ үөрэх эйгэтин бочуоттаах үлэһитэ.

2000 сыл. Борис Федорович 55 сааһын туолуутугар улуус салалтатыттан миэхэ дакылаат тиэкиһин суруйдун диэн сорудах кэлбитэ. Хайдах кыалларынан суруйбутум. Үөрэнээччибэр, кэллиэгэбэр Маргарита Романовна Егороваҕа көрдөрбүтүм, сирбэтэҕэ. Үбүлүөй үөрүүлээх тэрээһинэ Ытык Күөлгэ ахсынньы ыйга буолбута. Онно ол дакылаат биир да тыла уларытыллыбакка ааҕыллыбыта. Оттон Баайаҕа оҕолорун уонна улахан дьонун быыстапкатыгар Борис Федоровичка анаммыт, ватман кумааҕыга илиинэн оҥоһуллубут планшеппытын туруорбуппут.

Борис Федорович сахалыы таҥастаах буолуохтаах диэн санаанан салайтаран Баайаҕа үтүө-мааны кэрэ аҥаардарын түмэн, кинилэр бары харчынан кыттыһан, матырыйаалы, бэдэр тириитин булан, иистэнньэҥ Елизавета Ивановна Чяринаҕа сон уонна бэргэһэ тиктэрбиппит. Маргарита Романовна сценарий суруйан, бэйэтэ ыытан, кулуупка «Мандар Ууска сахалыы таҥаһы таҥыннарыы сиэрэ-туома» диэн дьоро киэһэни ыыппыппыт.

Кылаас таһынан дьарыктыыр үөрэнээччибиниин Ганя Андросовтыын Мандар Барыыс үлэлиир, дьону үөрэтэр кыһалаах буолуохтаах диэн олус баҕарарбыт. Кини уһанар кыһатыгар араас наадаҕа элбэхтэ сылдьыбытым. Кып-кыра дьиэ аана куруук аһаҕас, киирдэххэ куруук биэс-алта киһи, ким уһанар, ким үөрэнэр. Быыһыгар табах тардааччы да баар. Аны күөртэрин быыла. Ол иһин бу дьон маннык олордохторуна, доруобуйаларын айгыратар буолбуттар диэн аһына саныырым. Ганя, оҕо да буоллар, Бориһы кытта элбэхтэ алтыһар, бииргэ оттуур киһитэ. Ол иһин баҕаран туран «Уус Кыһата» диэн дакылааты суруйбута, дьиэ бырайыагын оҥорбута, симиэтэтин оҥотторбуппут. Ити үлэтинэн регионнааҕы кэмпириэнсийэҕэ кыттыбыта. Онно дьүүллүүр сүбэ чилиэннэрэ: «Наадалаах боппуруоһу көтөхпүккүн, ол эрэн биһиги үбү көрбөт дьоммут, онон улууһуҥ салалтатыгар көрдөр», – диэбиттэр. Ол иһин дакылааппытын, бырайыакпытын улуус оччотооҕу баһылыгар Георгий Дмитриевич Никоновка ыыппыппыт. Онуоха кини Ганя олус наадалаах дакылааты суруйбутун бэлиэтээн маннык суруйбута  уонна Борис Федоровичка уһанар тэрилин булуутугар көмөлөспүт этэ. Гаврил Андросов билигин поэт, «Чолбон» сурунаал бас эрэдээктэрэ, Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы.

Үөрэнээччи Михаил Христофоров хас да сыл Мандар Ууска дьарыктанан, быһаҕы талбыт охсор буолбута. Онон «Саха быһаҕын оҥоруу ньымата» диэн дакылаат суруйбута, элбэхтэ миэстэлэспитэ. «Инникигэ хардыы» өрөспүүбүлүкэтээҕи кэмпириэнсийэҕэ II миэстэни ылбыта биһиэхэ биир улахан ситиһии этэ. Михаил билигин Дьокуускай куоракка олорор, сөбүлүүр дьарыгын ыһыктыбакка уһанар, айар-тутар.

Борис Федорович 60 сааһын туолуутугар музей лаборана Мария Николаевна Дедюкиналыын аныгы компьютер, ламинатор көмөтүнэн балачча киэҥ ис хоһоонноох, үгүс хаартыскалаах, 40 лиистээх планшеты оҥорбуппут. Планшеппыт улууска, куоракка тиийэ араас тэрээһиннэргэ кыттыбыта, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылбыта, «кыайа туппуккут» диир улахан дьон эмиэ баара. Ити кэмнэргэ өссө нэһилиэк дьаһалтатын көмөтүнэн халандаар, буклет оҥотторбуппут.

Борис Федорович туһунан дьон санаата түмүллүбүт кинигэтэ суоҕа. Онон киниэхэ уһуйуллан норуот маастара буолбут, күн бүгүн Мандар Уус үлэлэрин үйэтитээччи Николай Иванович Егоровтыын матырыйаал хомуйан, эбии дьону кыттыһыннаран 2007 сыллаахха «Мандар Уус» диэн кинигэни таһааттарбыппыт.

2008 сыллаахха эмиэ Ганя Андросовтыын (үрдүк үөрэҕин саҥа бүтэрбит кэмэ) ирэ-хоро кэпсэтиһэн баран, Борис Федоровичка «Ойуу-бичик» духуобунас музейын аһыахха сөп эбит диэн санааны укпуппут. Ол кэмҥэ Таатта улууһун баһылыга Михаил Александрович Протодьяконов оскуолаларга биир мөлүйүөн суумалаах грант олохтообута. Онно миэхэ куруук көмөлөһөр, өйөбүл буолар оскуолам учууталлара Галина Иннокентьевна Неустроева, Ольга Николаевна Макарова «Ойуу тыла, айыы тыла» диэн музей бырайыагын суруйан, көмүскээн, 80 тыһыынча солкуобай харчынан бириэмийэлэнэн, музейбытыгар аудио-видео тиэхиньикэ ылбыппыт. Ол бырайыагынан Амма улууһугар ыытыллыбыт педагогическай дьаарбаҥкаҕа Г.И. Неустроевалыын I миэстэ буолбуппут. Бу бырайыак сүрүн соруга саха материальнай уонна духуобунай култууратын сайыннарыыга улахан өҥөлөөх Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус уонна киниэхэ уһуйуллубуттар, кини баай матырыйаалыттан үөрэммиттэр, Мандар үөрэҕин тарҕатааччылар үлэлэрин кииннээн хомуйуу, сырдатыы, киэҥ эйгэҕэ таһаарыы, үйэтитии, анал үөрэххэ бэлэмнээһин диэн этэ. Маннык музейы Мандар Уус үлэтин үгэнигэр, айа-тута сылдьар кэмигэр тирэнэн, кини төрөөбүт түөлбэтигэр, үлэтин-хамнаһын үмүрүппүт сиригэр тэрийиэххэ; маныаха кини уһуйбут дьоно, уустар, иистэнньэҥнэр, норуот маастардара. кини уруһуйдаабыт кинигэлэрин ааптардара, оскуолаларга тэриллибит куруһуоктар, оҕо айымньытын дьиэлэрэ, «Мандар кыһата» лааҕыр иитиллээччилэрэ, Мандар Уус кинигэтинэн туһанааччылар, кини үлэтин сэҥээрээччилэр, өйөөччүлэр уо.д.а. кыттыахтарын сөп; бу дьон тугу айбыттарын-туппуттарын (бэйэтинэн, хаартысканан), суруйбуттарын-эппиттэрин, ойуулаабыттарын-оһуордаабыттарын, а.э. Мандар Ууска сыһыаннааҕы барытын түмүөххэ; оччоҕо музей кэрэни кэрэхсээччилэр, уран тарбахтаахтар, араас омук бэрэстэбиитэллэрэ түмсэр, кэпсэтэр, сэһэргэһэр, үөрэнэр, чинчийэр, айар үлэлэрин сайыннарар кииннэринэн буолуо этэ диэн ис хоһооннооҕо.

2019 сыллаахха саха норуотугар олус суолталаах дьоһун түгэн тосхойбута. Борис Федорович Неустроев-Мандар Уус олоҕун устата иитиэхтээн кэлбит ыра санаата туолан, кини төрөөбүт түөлбэтигэр Моҕол ураһа тутуллан үлэҕэ киирбитэ. Ураһа испэ-таспа туостарын Сахабыт сирин бары талааннаах тарбахтаахтара хас да сыл эт илиилэринэн тигэн, түмэн биэрбиттэрэ. Ураһаны бэйэтин өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр «Уран» дизайн студиятын салайааччы, бэйэбит оҕобут, үөрэнээччибит Вячеслав Васильевич Яроев салалтатынан кини үлэһиттэрэ туруорбуттара. Аны ураһа аттыгар саха дьонугар улахан суолталаах «Мандар Уус» саха олоҕун кэлим түмэлэ уонна Мандар кэпсэтэр, сэһэргэһэр балаҕана тутуллан бүттүлэр, үлэҕэ киирдилэр. Бу түмэлгэ музей архыыбыттан Мандар Уус араас кэмҥээ түспүт хаартыскаларын, уһуллубут вилеокассеталарын биэрдибит. Онон Ганя Андросов биһикки баҕарбыт баҕа санаабыт туолбутуттан олус үөрэбит, астынабыт.

Бу курдук эдэр эрдэхпиттэн күн бүгүҥҥэ диэри Борис Федорович Неустроевтыын-Мандар Уустуун алтыһа сылдьарбыттан астынабын уонна киниэхэ олоҕум устата махтанабын. Итиэннэ түмүкпэр мин икки этиилээхпин:

1. Борис Федорович олоҕун устата үгүс киһини, оҕону үөрэттэ, такайда. Тэлэбиисэргэ, араадьыйаҕа үгүс киһи Мандар Уустан үөрэммитин, кини кинигэлэринэн туһанарын, махтанарын этэр. Ол эрээри киниэхэ уһуйуллубуттар, кини үөрэҕин тарҕатааччылар кинигэлэрэ тахсыбытын истэ иликпин. Онон маннык кинигэ тахсыытын толкуйдуур кэм кэллэ диэн этиилээхпин.

2. Мин санаабар, Мандар Уус кинигэтинэн да, бэйэтин сыралаах үлэтинэн да Россия таһымыгар тахсыбыт киһи. Онон маннык улахан үтүөлээх сахаҕа соҕотох киһибитин Б.Ф. Неустроевы-Мандар Ууһу Россия Үлэҕэ Геройун үрдүк аатыгар түһэрэр кэм уолдьаста дии саныыбын.

Татьяна Игнатьевна Андросова,

педагогическай үлэ бэтэрээнэ, Таатта, Баайаҕа

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар