90-с сылларга үйэ кэриҥэ дойдубутун тутан олорбут Сэбиэскэй Сойуус урусхалланан, дойду үрдүнэн уларыйыы-тэлэрийии уххана сатыылаабыта. Өрөспүүбүлүкэбит 1992 сыллаахха төрүт сокуону ылыныаҕыттан, саха норуота төрүт үгэстэрин, төрүт култууратын тилиннэрэр саҥа кэрдиис кэмҥэ үктэммитэ. Кэнчээри ыччаты култуураҕа, искусствоҕа сыһыаран сайыннарар сыаллаах хореография училищета, Музыка үрдүкү оскуолата арыллан үлэлэрин саҕалаабыттара. Онно үөрэммит дьоҕурдаах оҕолор куорсун анньынан билигин бэйэлэрэ саха култууратын, искусствотын аан дойду таһымыгар таһаара, Сахабыт сирин ааттата сылдьаллар. Кинилэртэн биирдэстэринэн Россия композитордарын сойууһун чилиэнэ, СӨ композитордарын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, музыканы айыы умсулҕаннаах эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар Николай Михеев буолар.
Боксаттан – музыкальнай оскуолаҕа
Николай кырылас кумахтаах Бүлүү эбэ долгуннура устар үөһүгэр турар кырдьаҕас Бүлүү куоратыгар олорор айар куттаах Михеевтэр дьиэ кэргэҥҥэ күн сирин көрбүтэ. Бу ыал дьиэтин иһэ өрүү музыка алыптаах дорҕоонунан толору буолара. 90-с сылларга Коляны, биир саастыылаахтарын кытары боксанан үлүһүйэ сылдьар уолчааны, төрөппүттэрэ Бүлүүтээҕи музыка оскуолатыгар биэрбиттэрэ. Онно кини аан бастаан музыка искусствотын кытары билсэн, аан бастакытын үрүҥ-хара клавишалары баттаан фортепианоҕа оонньуурга үөрэммитэ. Коля маҥнай музыканы соччо сэҥээрбэтэҕэ, үөрэтэллэрин эрэ күүһүнэн дьарыктаммыта, бокса секциятыгар тэбинэр доҕотторун сайыһа көрөн хаалара. Оччолорго кини ийэлээх аҕатын баҕатынан музыка оскуолатын боруогун атыллаан киирбит суола инники дьылҕатыгар улахан быһаарыылаах буолуоҕун өйдөөбөт этэ. Онтон күн-дьыл ааһан истэҕин аайы удьуор хаана дьайан, саһа сылдьыбыт ураты дьоҕура уһуктан, музыканы сэҥээрэр, сэргиир буолан барбыта. Онуоха эһэтэ улаханнык сабыдыаллаабыта. Ефим Алексеевич Михеев, төһө даҕаны анал үөрэҕэ суох буоллар, айылҕаттан бэриллибит дорҕоону истэр дьоҕурунан бэйэтэ үөрэнэн ноталары ааҕар буолбута, матыыбы тута айан таһаарара. Кини Пионердар дьиэлэрин солбуллубат үлэһитэ, мелодист, самодеятельнай композитор этэ, уһун кэмҥэ кулууп дириэктэринэн үлэлээбитэ, сыанаҕа театрдыы дьүһүйүүлэри, испэктээктэри туруорара. Элбэх киһини музыка кэрэ эйгэтигэр уһуйбут, сыһыарбыт буолан, бүлүүлэр истиҥник махтана ахталлар.
Музыка эйгэтигэр маҥнайгы хардыылар
Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына, Музыка үрдүкү оскуолата арыллан эрэрин туһунан сурах кэлэн, төрөппүттэрэ Дьокуускайга көһөргө быһаарыммыттара. Төһө даҕаны дойду үрдүнэн историяҕа ыарахан кэмнэринэн биллибит 90-с сыллар үгэннээн турдаллар, Михеевтэр оҕолорун булгуруйбат санааны ылынан өрөспүүбүлүкэ киин куоратыгар кэлбиттэрэ.
Музыка үрдүкү оскуолатын дьиэтэ тыастаах-уустаах, холоруктуу ытыллар күргүөмнээх олохтон ыраах, айарга-тутарга, чуумпуран бэйэни иһиллэнэргэ ананан тутуллубута. Оттон айар дьоҥҥо айылҕаҕа чугас буолуу айымньылаахтык үлэлииллэригэр кыах биэрэрэ саарбаҕа суох.
Коля Музыка үрдүкү оскуолатын боруогун кытары искусство аптаах эйгэтигэр улахан хардыыны оҥорбута. Фортепиано кылааһыгар киирэн СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитигэр Майя Ивановна Ивановаҕа үөрэммитэ. Факультативка сахалартан бастакы дьахтар композитор Полина Николаевна Ивановаҕа дьарыктаммыта. Учуутала биэрбит сорудахтарын эндэппэккэ толороро, үөрэппит матырыйаалын сыыска түһэрбэккэ үөрэтэрэ эрээри, бэйэтэ да билбэтинэн биир-икки нотаны бэйэтиттэн эбэн оонньуура. Дьиҥинэн, үөрэххэ оннук бобуллара эрээри, учууталлара киниттэн хаһан эрэ талааннаах композитор тахсарын сэрэйэн, бырастыы гыналлара. Биирдэ учуутала ураты толкуйдаах үөрэнээччитэ тыыппалааҕын көрөн: «Эйигиттэн композитор тахсыыһы», – диэбитэ.
Коля Михеев бастакы айымньытын уончалааҕар суруйан соһуппута. Онтон ыла композитордар куонкурустарыгар өрүү дьоһуннук кыттарга дьулуһар буолбута. Эһэтин туйаҕын хатаран, композитор буолан тахсар сыал-сорук кини өйүгэр, сүрэҕэр булгуруйбаттык олохсуйбута.
Үрдүкү кылаастарга гитараҕа оонньуурга үөрэммитэ. Улаатан эрэр уол рок ырыаларынан үлүһүйэн, доҕотторун кытары бас гитара, вокал уонна барабан састааптаах рок бөлөх тэриммитэ. Альбина Дегтярева тэрийбит «Уолан» хомус квартетыгар дьарыктаммыта, онно композитор Морис Равель «Болеро» айымньытын хомуһунан доҕуһуоллаан, аан бастакынан маннык ураты сүүрээни киллэрэн оонньообуттара.
Консерваторияҕа
2003 сыллаахха оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрэн баран, Николай салгыы Н.А. Римскэй-Корсаков аатынан Санкт-Петербурдааҕы консерваторияҕа биллиилээх композитор, РСФСР норуодунай артыыһа Борис Иванович Тищенко кылааһыгар үөрэнэ киирбитэ.
Төрдүс кууруска үөрэнэр кэмигэр Дьокуускайга сынньалаҥыгар кэлэ сылдьан олоҕун аргыһын Верониканы кытары билсибитэ. Эдэр дьон таптал сырдык иэйиитигэр куустаран, 2009 сыллаахха олохторун холбоон ыал буолбуттара. «Кэргэним Вероника Михеева үрдүк үөрэхтээх опера ырыаһыта, билигин устудьуоннары уһуйар. Музыка эйгэтигэр биир интэриэстээх, биир долгуҥҥа сылдьар, өйдөһөр доҕору булар – дьол», – диир Николай.
Кини 2008 сыллаахха композитор идэлээх Дьокуускайга кэлбитэ. Үлэтин бастакы хардыыларын ырыалартан саҕалаабыта. Ол курдук, 2000-ча сылларга ыччат кутун-сүрүн туппут, ураты айар үлэтинэн сындыыстанан тахсыбыт эдэр ырыаһыт Гоша Васильев–Джида «ТапТал» альбомун таһаарарга үлэлэспитэ. Манна киирбит бары ырыалар матыыптарын оранжировкалаабыта, сорох ырыаларга бэйэтэ ылласпыта.
«Үөрэх баар – бараммат баай» дииллэринии, Николай аны П.И. Чайковскай аатынан Москватааҕы консерваторияҕа аспирантураҕа киирэн, биллиилээх композитор, профессор Александр Васильевич Чайковскайга композицияҕа үөрэммитэ: «Санкт-Петербург уонна Москва консерваториялара бэйэ-бэйэлэриттэн олох атыттар: Питергэ ордук музыкаҕа улахан болҕомтону уурар эбит буоллахтарына, Москваҕа дорҕооҥҥо, тыаһы дуоратыыга тирэнэн үөрэтэллэр. Онон аспирантураҕа Москва оскуолатын талбыппар билэр дьонум соһуйбуттара, ураты тосту хардыыны оҥорбуккун диэбиттэрэ».
Дойду бастыҥ консерваторияларыгар ылбыт билиитин Николай Михеев билигин толору туһанар. Кини идэлээх композитор быһыытынан эстрада ырыатын аранжировкатыттан операҕа диэри киинэ, оонньуу музыката да буоллун, барытыгар үлэлэһэр, ылсар.
Сойуус үлэтэ
Композитор – тарбахха баттанар сэдэх идэ. Саха сирин композитордарын сойууһугар бүгүҥҥү күҥҥэ алта идэтийбит композитор баар. Бу идэни Николай архитектор идэтигэр тэҥниир, архитектор бүтүн тутууну толкуйдаан оҥорон тутан таһаарар буоллаҕына, композитор музыканан айымньыны тутан таһаарар диэн быһаарар. Чахчыта музыканан бүтүн композицияны оҥорон көрөөччү, истээччи дьүүлүгэр таһаарыы – улахан, уустук үлэ.
Саха сирин композитордарын сойууһун үлэтин 2021 сылтан Николай Михеев салайар. Идэтийбит холбоһук сүрүн соругунан саха композитордара айбыт музыкаларын киэҥник тарҕатыы, билигин биһиги кэккэбитигэр суох дьоммут сырдык ааттарын, кинилэр айымньыларын үйэтитии буолар. Николай инники күөҥҥэ тутар, сүгүрүйэр композитора Иоганн Себастьян Бах олоҕун холобурдуур: «Уһулуччулаах композитор тыыннааҕар бу билиҥҥи курдук улуу буолбатах эбит. Өлбүтүн кэннэ айымньыларын Феликс Мендельсон булан, Бах аатын уонна айымньыларын тилиннэрбит, дьоҥҥо киэҥник тарҕаппыт. Ити курдук композитордарга умнуллан хаалар куттал эмиэ баар. Саха сиригэр Марк Жирков „Сыгый Кырынаастыыр“ диэн айымньытын композитор Кирилл Герасимов сөргүтэн туруорбута, мин санаабар, улахан геройдуу быһыы. Онон биһиги ыччакка, үүнэр көлүөнэҕэ, саха композитордарын айымньыларын хайаан даҕаны тиэрдэр ытык иэстээхпит».
Саха сирин композитордарын сойууһа үүнэр көлүөнэҕэ болҕомтотун ууран, үгэс быһыытынан сыл аайы оскуола үөрэнээччилэригэр анаан «Эдэр композитор» диэн куонкуруһу тэрийэр. Идэтийбит композитордар музыканан дьарыктанар талааннаах оҕолору кытары үлэлээн, кинилэргэ сүбэлээн-амалаан, ыйан-кэрдэн биэрэллэр. Бу хамсааһын ыччат бэйэтин айар дьоҕурун сайыннарарыгар, айан таһаарбытын истээччигэ тиэрдэригэр улахан кыаҕы уонна өйөбүлү биэрэр.
Саха сирин композитордарын сойууһа В.А. Босиков аатынан Музыка үрдүкү оскуолатын кытары кыттыгастаах кэскиллээх үлэни саҕалаатылар. Ол курдук, Президент фондатын гранын өйөбүлүнэн алтынньы 23-с күнүттэн сэтинньи 8-гар диэри норуоттар икки ардыларынааҕы «Махтал» диэн классикалыы музыка бэстибээлэ ыытыллыаҕа. Бэстибээл Дьокуускай, Иркутскай, Улан-Удэ уонна Улан-Батор куораттары хабыаҕа, манна «Саха сирин виртуозтара» скрипачтар ансаамбыллара, духовой оркестр уонна симфония оркестрын оскуолата кыттыахтара, репертуарга саха композитордарын айымньылара киириэхтэрэ.
Айар иэйии абылаҥар куустаран олорон көтө сылдьар дорҕоону куйаартан хабан ылан инструмеҥҥа оонньоон, сурукка түһэрэн саҥа айымньыны айан таһаарыы син биир этиттэрии кэриэтэ. Николай айымньытын өр бэйэтигэр иитиэхтии сылдьан баран, сиппитин-хоппутун кэннэ түргэнник суруйар идэлээх эбит. Этэллэринэн, музыкаҕа тус бэйэҥ туругуҥ, иэйииҥ суох буолуохтаах, онон суруллубут айымньы, күн сирин көрөөт, син биир оҕо тэҥэ бэйэтэ туспа дьылҕаланар.
Николай Михеев бэйэтэ суруйбут айымньыларыттан «Таас хайа» диэн симфониялыы фантазиятын бүтүн аан дойдуга аатырбыт П.И. Чайковскай аатынан консерватория сыанатыгар оонньообутун олус долгуйа ахтар. Бу айымньытыгар Николай улахан симфония оркестрыгар саха төрүт матыыптарын киллэрэн кыл, кырыымпа уонна хомус инструменнарынан доҕуһуоллаабыта. Бэйэтэ хомусчут Алиса Саввиновалыын көрөөччүлэр иннилэригэр тахсан оонньоон иһитиннэрбиттэрэ. Бу түгэн киниэхэ улахан суолталаах: ааттаах-суоллаах консерватория сыанатыгар суруйбут айымньытын бэйэтэ толорбута, аныгылыы ноталар иһиллэр классикалыы айымньылара буолан тахсыбыта. Оттон хомуска оонньообута кини төрөөбүт сахатын норуотунан киэн туттарын кэрэһитэ этэ. Искусствоҕа сүгүрүйээччилэр олус биһирээн, киинэ музыкатыгар майгынныыр диэн бэлиэтээбиттэрэ. Николай бу иннинэ киинэлэргэ үлэлэспитэ суолу-ииһи хаалларбыта чахчы.
Тыыннаах дорҕоон
«Тыыннаах музыка диэн туспа эйгэ, хас да киһи араас инструменынан биир музыканы оонньуурун истэн дьон дууһалыын сынньанан, сырдаан тахсаллар. Киһи тыыннаах музыкаттан сайдар, байар, дууһалыын ырааһырар», – диэн Николай Михеев тыыннаах дорҕоон туһунан санаатын үллэстэр. Кини Саха филармониятын кэнсиэрдэригэр куруук сылдьар, ол эрээри: «Музыканы истэн дууһалыын сынньанар дьоҥҥо олус ымсыырабын, мин музыканы иһиттим эрэ хайдах эрэ ырытан, көннөрөн барабын», – диэн билинэр.
Эстрада ырыаһыттара Дарья Лаврова, Өркөн, Анатолий Бурнашев улахан кэнсиэрдэригэр үлэлэһэн, оркестр партитуратын суруйан биэрбитэ, бэйэтэ оркестрга кыттыһан фортепианоҕа оонньообута. Эдэр композитор тыыннаах музыка доҕуһуоллаах ырыа уратытык, хаачыстыбалаахтык иһиллэрин бэлиэтиир.
«Бэйэтин режиссерун булбут киһи – дьоллоох»
Николай Михеев композитор быһыытынан бэйэтин режиссерунан култуура театр, киинэ искусствотын эйгэтигэр таһаарыылаахтык үлэлии сылдьар Костас Марсааны ааттыыр. Кинилэр аан маҥнай бииргэ үлэлээбит бырайыактара киэҥник биллибит «Мой убийца» (Е.П. Неймохов «Сайсары күөлгэ түбэлтэ» айымньытынан) киинэ. Бу киинэ үгүс наҕараадаҕа тиксибитэ, саха киинэтин үрдүк таһымҥа таһаарсыбыта.
Онтон 2019 сыллаахха Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет театрын сыанатыгар юкагир айымньытынан «Юко и Анеке» диэн операны туруорбуттара. Николай бу опера курдук уустук жанрга ылсыан иннинэ сыл кэриҥэ архыыпка хасыһан юкагирдыы ырыалар матыыптарын үөрэппитэ. Онтон муспут матырыйаалларынан сирдэтэн, юкагир омук мелодикатын уратытын көрдөөн булан, сурукка түһэрбитэ. Онон композитор айан кэлбит араас хайысхалаах айымньыларыттан күндүтүк саныыр үлэтинэн бу операны ааттыыр. Үҥкүүһүттэр, хор, артыыстар, оркестр бары биир ситим буолан үлэлээбиттэриттэн Николай туохха да тэҥнэспэт дуоһуйууну ылбыта, «ама, маны мин суруйбутум дуо?» диэн бэйэтин үлэтинэн долгуйа астынан айар киһиэхэ сэдэхтик киирэр иэйиигэ куустарбыта. Премьера кэнниттэн көрөөччү дохсун ытыһын тыаһынан көрсүбүтэ. Оттон саха уонна юкагир эпостарын, музыкаларын уонна сюжеттарын чинчийээччи, история наукатын кандидата Аиза Решетникова: «Юкагирдар матыыптарын оруобуна таайбыккын», – диэбитэ, махтаммыта. Николай бу операны Японияҕа көрдөрөр баҕа санаалаах. Кини юкагир тыла дьоппуон тылыгар олус майгынныырын бэлиэтиир.
Костас Марсаан уонна Николай Михеев айар тандемнарын өссө биир үтүө түмүгэ – С.А. Зверев–Кыыл Уолун аатынан Үҥкүү театрыгар тууорбут «Хара саһыл» диэн испэктээктэрэ. Бү испэктээк 2021 сыллаахха «Желанный берег» театрдар бэстибээллэригэр бастыҥ аатын ылбыта. Онон Николай: «Бэйэтин режиссерун булбут киһи – дьоллоох киһи», – диэн эрэллээхтик этэр.
Саха музыкатын уратыта
«Саха музыката үс эрэ ноталаах, онон уустук үлэттэн, дириҥ толкуйтан оонньоон таһаарабыт диэччибин, ону истэн соһуйааччылар. Дьиҥэ, оннук буолбатах. Ол эрээри сахалар биир уратылаахпыт. Ол – кылыһах. Тоҕо диэтэххэ, кылыһахха икки нота тэҥинэн тахсар, иккиһэ бысталанан иһиллэр», – диэн Николай саха музыкатын уратытын туһунан санаатын үллэстэр. Кини дьиэрэтии, тойук, дэгэрэҥ бары олоҥхоттон үөскээн тахсаллар, ону сэргэ саха тыла түүр тыллаахтартан саамай ыраас тыл буолар, ол барыта интонацияҕа дьайар диэн бэлиэтиир.
Киинэҕэ
«Режиссердар этэллэринэн, киинэ ситиһиитин 70 бырыһыанын музыка быһаарар. Хайдахтаах да үчүгэй сюжеттаах, оҥоһуулаах киинэ, музыката мөлтөх буоллаҕына, дьон кутун туппат кутталлаах. Хомойуох иһин, сорох режиссердар ону өйдөөбөттөр, онон хара көлөһүннэрин тохпут хаарыан үлэлэрин сотон кэбиһэллэрэ баар суол. Көрөөччү киинэ музыкатын истэригэр икки эрэ суол баар: сөбүлүүр эбэтэр сөбүлээбэт, иккиттэн биирэ», – диэн санаалаах уонча саха киинэтин музыкатын оҥорбут баай үөрүйэхтээх композитор. Олор истэригэр «Айыы Уола», «Кыһын тымныы эрээри дьоллоох дьоҥҥо ичигэс», «Сэмэнчик», о.д.а. киинэлэр бааллар.
«Мой убийца» киинэ музыкатын оҥороругар Николай маҥнай киинэ хара варианын көрбүт. Чопчулуур буоллахха, бу киинэ уһуллан баран балай да өр тахсыбакка сыппыта. Костас Марсаан киинэ дьоруойдарын иэйиилэрин, ис туруктарын сиһилии быһаарар сценарий суруйан композиторга биэрбитэ. Онон сиэттэрэн Николай бэрт түргэнник киинэ музыкатын оҥорбута, арай киинэ түмүктэниитигэр тыаһыыр музыка хаста даҕаны уларыйбыта. Бу киинэ саундтрега аан дойдуга биһирэбили, билиниини ылбыта.
Киинэҕэ даҕатан эттэххэ: «Кириитикэни уйар халыҥ тириилээхпиттэн үөрэбин. Дьон санаатын болҕойон истэбин, ханна эрэ сыыспыппын ыйдахтарына, көннөрүнэбин эбэтэр бэйэм санаабар хаалабын. Киһи кириитикэттэн сайдар дии саныыбын», – диэн Николай Михеев кириитикэҕэ сыһыанын кэпсиир.
Оонньуу музыкатыгар хардыы
MyTona хампаанньаҕа үлэлээбит эдэр дьон Frozen Line диэн видео оонньууну оҥорон таһаардылар. Музыкатын Николай Михеев суруйда. Бу киниэхэ оонньуу музыкатын оҥорууга бастакы хардыы. «Олус уустук эбит, кээмэйинэн балет музыкатын суруйарга тэҥнээх. Хас биирдии дьоруойга, хас биирдии турукка, хамсаныыга барытыгар тус-туспа матыып суруллар. Саамай ыарахана – оонньуу кэмигэр бүтэр уһуга суох хатылана турар музыканы айан таһаарыы», – диэн композитор видео оонньууга үлэтин туһунан санаатын үллэстэр.
Николай Михеев билигин кынаттаабыт кыһатыгар В.А. Босиков аатынан Музыка үрдүкү оскуолатыгар Музыка историятын уонна теориятын кафедратыгар анал предметтэри биэрэр, ону тэҥэ компьютер уонна аранжировка кылааһын төрүттээн, үүнэр көлүөнэни аныгы үөрэххэ уһуйар.
Кини айылҕаттан бэриллибит, хас да хаттыгастаах дьоҕурунан саха култуурата, искусствота сайдарыгар бэйэтин тус кылаатын киллэрэн араас хайысхаҕа айымньылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьара син биир кырыыламмыт алмаас араас өҥүнэн арылыйа оонньууругар тэҥнээх.
«Аныгы композитор барытыгар үлэлэһиэхтээх дии саныыбын. Куттаммакка эрэ харса суох оҥорон иһиэх, кириитикэни сатаан истиэх кэриҥнээхпит», – диэн Саха сирин композитордарын сойууһун бэрэссэдээлэ Николай Михеев эдэр биир идэлээхтэригэр, айар ыччакка сүбэлиир.
Надежда Ильина
Чолбон. – 2023. – № 10