М.К. Аммосов памятнигар санаа

Дьылҕа хаантан буолбатах,

                               сүрэҕим-быарым

                                              үүйэ тутан,

Ытаан-соҥоон буолбатах,

                          кэс санааны санаан,

Кэлэн турабын

                          памятник аттыгар..

Тыаллаах күн…

                          көмүс күн

                             саста былыт муоратыгар.

Былыттар, ыар-тоҥ былыттар.

Бу мин үйэм

      тимир  кынатын

               ситэ баттаары

                    бачча үлүгэр адаарыстыгыат?!

Биитэр мин

        будулҕаннаах буурҕаны,

                            аймалҕаннаах дьыллары

                                       саныырбын таайан,

Хараара бадылыһан таҕыстыгыат?!

Кырдьык…

                   Ол кэмҥэ,

                                    саха бастакы

революционнай көлүөнэтэ

                             уһаарыллар күнүгэр.

Уоттаах-төлөннөх

                Улуу буурҕа

                      ытылла турара,

Огдолҕонноох олох

         адаархай баалларын

                                  аргыардаах үөһүгэр

Икки үйэ,

          икки кылаас

                   түөс түөһүттэн анньыһара.

Максим  Кирович!

        улуу Ленин

              Россияны атаҕар туруорар

                       төлөннөөх тылларын

                                      дуораана буолан.

Революция полководецтара —

            Ярославскай,

                    Серго

                       оттубут кутааларын

                             сирэлийэр төлөннөрө буолан.

Кый хотугу кыраайга

                                    аҕалсыбыккыт.

Кыһыл Октябрь

              кытыастар күнүн уотун,

Дьадаҥы сахаҕа туттарбыккыт

Эргэ олох кырыһын

         тиэритэ уурар

               социализм  ыстаал булуугун.

Дьэ онтон ыла

         хаар-муус, —

             силлиэ-буурҕа

                   ытыыр дойдутугар

Эрчимнээх этиҥнээх

           күөх саас

                    күөгэйэн кэлбитэ, —

Ол,

      көмүү ырыатын курдук

               ыар-санньыар

Урукку

         саха олоҕор

              саҥа страница этэ.

Аччык, дьүдэх

           Саха сирин

                    сырдыкка салайбыт,

Кэнэн, түҥкэтэх

         саха киһитин

                 хараҕын аспыт

Үгүс да

                   үтүөлээх-өҥөлөөх

      дьон эбиккит, —

Өрүү тыыннаах,

         сырдык буолуо

                   эһиги кэриэскит!

Максим  Кирович!..

          саҥа,

                   эдэр көлүөнэ

                                      айан суолугар

Киирдэ

          эн суоххуна…

Күн- дьыл,

         олох диэн

                         ардыгар

Ыар да сүтүктээх,

                   аһыылаах буоллаҕа…

Ликбезтан – ученайга,

                   буквартан – университетка,

Олоҥхоттон – операҕа,

                   оскуолаттан – академияҕа

Тиийэн кэллилэр

                   күүрээннээх олоххун

                            анаабыт дьонуҥ.

Октябка

         төрөөбүт оҕолоруҥ.

Дьэ эрэ, саха ыччата!

                   Аҕа көлүөнэҥ

Араҥас сулустуу

         сырдаан ааспыт олоҕун

Ытык знамя курдук

                   инники илдьэн,

Арылыйар, күлүмнүүр күн

             аалай килбиэнэ оҥорууй!

Хаһан эрэ

         ол көлүөнэ

                   хаан-уруу Сахаҥ сирэ

Коммунизм

         хотугу ячейката буолуон

                            баҕарар этэ,

Саха оҕото

         доҕордуу нууччалыын,

                            узбектыын бииргэ

Чайковскай симфониятын

         Дьириһитиэн баҕарар этэ.

Биһи эдэр көлүөнэбит

         Саха сирин

                   үйэлэр тухары

                            айгыраабакка турар

Сардаҥалаах

         аар баҕаҕын оҥорсуо,

Киэһээҥҥи күммүт

         Киирэн эрэр боруоругар

Кэриэстиирбит,

         Киэн туттарбыт

                            ол буолуо.

Иван Алексеев

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар