(Кэпсээн)
Үһүс кылааска үөрэнэ сырыттахпытына, иккис чиэппэргэ учууталбыт Анастасия Андреевна ыалдьан хаалла. Нэдиэлэ курдук үөрэммэккэ олордубут. Биһиэхэ каникулбут уһаан биэрэн, сыыртан хатыыскалааһын, үөрүү-астыныы бөҕө. Үөрүүбүт уһаабата. Үһүс кылаас үөрэҕэ хаалаары гынан, иккис кылаас учуутала кыыска икки кылааһы холбуу үөрэттэрэ сырыттылар. Иккискэ үөрэнэр бырааттар үксэ уолаттар. Мэниктэрэ бөҕө! Ол эрээри көҥүл-босхо барбыт чолоҕордор мэникпитинэн бырааттарбытын аһары түһэр буоллахпыт! Учууталбыт Анастасия Андреевна кылааспытыгар бэрээдэги тутар этэ. Оттон учуутал кыыһы тылын истибэккэ ытатабыт. Оскуола дириэктэрэ бэйэтэ эрэ киирдэҕинэ, намырыы түһэбит. Кылаастан таҕыста да, төбөбүт оройунан хааман барабыт.
Ыксаан, хантан эрэ хаччаҕай төбөлөөх, хамсалаах табаҕын болточчу тута сылдьар, пенсияҕа олорор Маппый Маппыайабыс диэн кырдьаҕас оҕонньору учууталлата аҕаллылар. Куолубутунан мэниктээн бараары гыммыппытын начаас тохтотто. Талахтан оҥоһуллубут уһун ыйынньык мастаах. Онтуката мин оройбор хаста да ыаллаата. Эбиитин перемена кэмигэр оскуола көрүдүөрүгэр сүүрэн дьирикинэйэн иһэн Маппый Маппыайабыска кэтиллэ түстүм. Оҕонньор, уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, уобан иһэр хамсатынан оройго «лос» гыннарда. Хамсатыттан уоттаах күл хоонньубар түһэн абытай-халахай бөҕөнү оҥордо.
Инньэ гынан, ыйынньык мас уонна хамса «учууталлааннар», син бэрээдэктэннибит. Нэдиэлэ аайы саҥаттан саҥа ырыаны үөрэтэбит. Арай саҥа, үһүс ырыаны ыллыы туран өйдөөн кээлтим – ырыабыт барыта «Оҕо, оҕо эрдэххэ оонньоомохтоон хаалыаҕыҥ» диэн ырыа матыыбынан эбит!
Маппый Маппыайабыс ыйынньык маһынан далбаатаан саҥа ырыаны үөрэтэр.
– Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы Кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэллэ, доҕоттоор!
– диэн уубутугар-хаарбытыгар киирэн ыллыы турдахпытына, кылааспыт аанынан биһигини көрөн турбут биэстээх-алталаах бэдик:
– Ити ырыа итинник буолбатаа-ах!.. – диэн чаҕаараат, сүүрэн атаҕын тыаһа тыбыгыраан хаалла.
Үһүс төгүлүн инньэ гыммытыгар Маппый Маппыайабыс анаан, киирэр аан таһыгар кэтээн туран, окумалыттан тутан ылан кылааска соһон киллэрдэ. Ойоҕос көрүдүөр уһугар баар кыракый хоско олорор оһох оттооччу, муоста сууйааччы Сибэкки Өрүүнэ уолчаана Суора буолан хаалла.
– Ити ырыаны билэҕин дуо? – кырдьаҕас учуутал дьаҕарыйар.
– Билэбин! – уолчаан чобоотук хардарар.
– Хантан?
– Араадьыйаҕа истибитим…
– Ыллаан иһитиннэр!
– Хормуоскаҕа оонньоон иһитиннэриэхпин сөп!
– Хормуоскаҥ?
– Дьиэбэр баар.
– Бар, аҕал!
Уолчаан олорор хосторун диэки сүүрэн тыбыгырайан хаалла. Өр-өтөр буолбакка хормуоскатын эйэҥэлэтэн аҕалла. Биһиги сэргэҕэлээһин бөҕө! Маппый Маппыайабыс көтөҕөн ылан уолчааны учуутал олоппоһугар олордон кэбистэ. Хормуоска кэнниттэн уолчаан төбөтө, атаҕа эрэ нэһиилэ быгаллар.
– Оонньоо!..
Хормуоскаһыт, муннун өрө сыҥан баран, оонньоон барда. Кыракый тарбахтара хормуоска хаба хаатын иһинээҕи ойууларын курдук араас өҥүнэн оонньуур тимэхтэр устун имигэстик сүүрэлээтилэр, хормуоска күөрдүн кыһыл өҥө арылла түстэ, кылааспыт иһэ өтөрүнэн иһиллибэтэх музыка кэрэ дорҕоонунан кутулунна:
– Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы Кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэллэ, доҕоттоор!
Чэй-чэй эрэ дьиэрэҥкэй,
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээ!
Үүнэр дьылга эһиэкэй
Этэн-тыынан дьиэрэй дуу!
– уолчаан, хормуоскаҕа оонньуу-оонньуу, ыллаан чаҕаарда.
Кылаас барыта, оннооҕор биһиги, орой мэниктэр, хормуоскаҕа оонньуу олорор кыракый уолчааны сабыс-саҥа көрбүт курдук абылаттыбыт.
– Бэрт! – Маппый Маппыайабыс ыйынньык маһынан остуолу охсон тыбыгыратта. – Чэй! Ыллааҥ! И-ии!..
Учуутал ыйынньык маһынан далбаатаан, хормуоска тыаһынан кылааһы барытын ыллатар. Одоҥ-додоҥ да буоллар түһэрсэн истибит. Мин буоллар ырыаны да, хормуоскаһыты да сөбүлээн, барыларыттан ордоору, хаһыытыы-хаһыытыы ыллыыбын.
– Тымтар кылыс дьыбардаах
Тымныы Кыһын оҕонньор
Тос-тос тыаһыыр тайахтаах
Тиийэн кэллэ, доҕоттоор!..
Төрдүс дуу, бэһис дуу хатылааһыммытыгар ырыа ортотугар хормуоска тохтоон хаалла.
– Тоҕо тохтоотуҥ? – Маппый Маппыайабыс кытаанахтык ыйытта.
– Ити кини сыыһа ыллыыр! – хормуоскаһыт кыракый сөмүйэтинэн миигин ыйар.
Ол кэмҥэ кылаас ааныгар оһох оттооччу, муоста сууйааччы Сибэкки Өрүүнэ көстө түһэр.
– Зораа! Оскуолаҕа үөрэх кэмигэр хормуоскалаама диэн кытаанахтык сэрэппэтэҕим дуо?!
Хормуоскаһыт ийэтиттэн куттанан ньыкыс гынан хормуоскатын кэтэҕэр саһан хаалар.
– Манна уруок буола турар! Кылаас аанын сап! – Маппый Маппыайабыс ордоотуу түспүтэ.
Сибэкки Өрүүнэ хап-сабар кылаас аанын саба охсор.
– Баһылайап! Эн хаһыытаабакка муусука тыаһынан ыллаа! – Маппый Маппыайабыс миигин буойар, ыйынньык маһынан остуолу тыбыгыратар. – Муусука!.. И-ии!
Хормуоскаһыппыт кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан ытыһын көхсүнэн муннуттан субуруйан түһэн эрэр сыыҥын туора-маары соттон баран, хормуоскатын кыһыл күөрдэ арыллан, тимэхтэринэн кыракый тарбахтара сүүрэлиир:
– Чэй-чэй эрэ дьиэрэҥкэй,
Тэйдэр-тэйэн үҥкүүлээ!
Үүнэр дьылга эһиэкэй
Этэн-тыынан дьиэрэй дуу!
* * *
Биһиги Балаадабыт барахсан – кыракый дэриэбинэ. Холкуоспут бэйэтин бэйэтэ көрүнэр, бурдук сирдээх, оҕуруоттаах. Сүрүн дьарыкпыт ынах-сылгы иитиитэ. Кыра-кыра да буоллар дохуотуттан чорботунан гараж, мастарыскыай, оҕо саада, хонтуора, кулууп туттар. Холкуоска наадалаах ветеринары, зоотехнигы, агроному стипендия төлөөн үөрэттэрэн бэйэбит дьонноохпут. Арай ааттаах уус оҕонньоттордоох буоламмыт тутуу инженердэригэр болҕомто уурбакка, оҕонньоттор утуу-субуу өбүгэлэригэр баран хааланнар, тутуу дьыалата аҥас гына түспүтэ. Онон холкуос тутуу биригээдэтин туораттан наймылаһар.
Ол курдук нуучча, араас омук булкаастаах биригээдэ кэлэн кыһыны быһа саҥа хотон тутта, тутуу маһа кэртэ. Тутааччыларга араас дьон кэлэн үлэлиир. Арыгылаан, охсуһан, уоран үүрүллээччи да баар, үлэттэн атыны билбэт бүгүрү үлэһит да баар. Тутуу биригэдьиириттэн, сэбиэттэн, холкуос бэрэссэдээтэлиттэн ураты кинилэри кытта ким да чугасаһа сатаабат.
Тыаҕа түөрт бырааһынньык үчүгэйдик бэлиэтэнэр: Саҥа дьыл (онно дохуокка эбии төлөбүр көрүллэр!), Пиэрибэй Маай (уһун кыһын кэнниттэн сандал саас кэлэр), Ыһыах (ыһыы кэнниттэн окко киириэх иннинээҕи сынньалаҥ) уонна Өктөөп (идэһэ).
Пиэрибэй Маай кэнсиэригэр дэриэбинэ барыта – саҥа хааман эрэр оҕотуттан тайахха тэптэрэр оҕонньоругар-эмээхсинигэр тиийэ – кулуупка муһунна. Ыллыахтаах ыллаан, туойуохтаах туойан, үҥкүүлүөхтээх үҥкүүлээн бүппүтүн кэннэ, саала ортотугар киэҥ-куоҥ кыһыл атылаас ыстааннаах, килбэчигэс хром саппыкылаах, от күөҕэ солко ырбаахытын кэтит курунан синньигэс биилинэн ыга таттарбыт, саннын байаатыгар тиийэ куудара баттахтаах уол оҕо дьирэс гына түстэ. Кини кып-кыһыл күөртээх хормуоскатын аҥааттыар диэри тиирэ тардан баран оонньуу-оонньуу үҥкүүлээн ыһыллаҥнатан киирэн барда!
– Сыгаан! Сыгаан Куоса!..
– Ээ били ыты сиир мас кэрдээччи дуо?
– Һуох! Атына! Эдэрэ!
– Биир үүтээҥҥэ олорон ыт этиттэн маппата ини!..
Сыгаан Куоса бэйэтэ туспа кэнсиэр көрдөрөр – билээскэни ырыа, ырыаны үҥкүү солбуйан иһэллэр:
– Хэй нане-нане нане-нане нана!
Хэй нане-нане нане-нане нана!..
Онтон:
– …Скатерть белая залита вином!
Все цыгане спят, непробудным сном.
Лишь один не спит, пьет шампанское.
За любовь свою, за цыганскую!..
Салгыы:
– Ой, рябина кудрявая, белые цветы!
Ой, рябина-рябинушка что-ж
Взгрустнулась ты?
Сыгаан Куоса ол киэһэ Балаадаҕа былааһы ылбыта. Хас да хонукка ыал барытын кэпсээнэ Сыгаан Куоса хайдах үҥкүүлээбитэ, хайдах ыллаабыта, хайдах туттубута буолбута.
Амма өрүс эстиитэ Балаадаҕа эмиэ улахан уу тахсар. Оччоҕо мас кэрдээччилэр үрэх кытылыгар кыһыны быһа охсон бэлэмнээбит болуоттара дагдас гына түһэллэр. Мас кэрдээччилэр малларын-салларын, болуот үрдүгэр охсубут кыракый дьиэлэригэр мунньан кэтэһэн олорон, улахан көмүөл ааһаатын, болуот бааллан турар чурумчу быаларын быһа охсон, болуоттарын уһаарбытынан бараллар. Балаадаларга ол эмиэ биир дьикти түгэн. Болуоттар ааһалларын дэриэбинэ барыта киирэн атаарар.
Ол саас болуоттар түүн дьон утуйа сыттахтарына ааһан хаалбыттара. Сарсыарда ферма сэбиэдиссэйэ халахайдана түспүтэ – Сибэкки Өрүүнэ диэн эдэр ыанньыксыт кыыс сүппүт. Эбэтэ таас дьүлэй Өрүүнэ хаһыытатан-хаһыытатан син бүдүүлээн-өйдөөн:
– Һоҕуруу баддым диэбитэ, – диэн быһаарбыт.
Хайыахтарай, ыанньыксыттар Сибэкки Өрүүнэ ынахтарын үллэстэн ыылларыгар тиийбиттэрэ.
Онтон алта-сэттэ сыл буолан баран Сибэкки Өрүүнэ биэстээх-алталаах уол оҕо сиэтиилээх, кыыс оҕо көтөҕүүлээх, кыракый тэлиэскэ соһуулаах Балаадаҕа төннөн кэлбитэ. Сэбиэт быһаччы дьаһалынан оскуолаҕа оһох оттооччунан, муоста сууйааччынан киирбитэ, сонно оскуола көрүдүөрүн кутуругар ыт уйатын саҕа хоско икки оҕотун кытта олохсуйбута. Оскуола уонча оһоҕун оттор, муоста сууйар. Ханна, хайдах олорбутун, Сыгаан Куосатын туһунан тугу да кэпсээбэт. Дьон ыаһыйалаатахтарына, төттөрү хайыһан кээһэр. Уолчаана мас таһар, оһох оттуһар, бэл, кыысчаана ийэтигэр көмөлөстөҕүм аатыран көрүдүөрү миинньиктээн ирбэнньиктэнэр.
Саамай сөбүлүүр кэмнэрэ кылаастары сууйан, оһохтору сабан, киэһээҥҥи аһылыктарын аһаан баран, утуйуохтарын иннинээҕи кэм. Тэллэгэр араадьыйаларын муҥутуур улаханыгар туруоран кэнсиэр истэллэр. Суора (сүрэхтэммитинэн Зоран, сыгаанныы сырдык диэн) аҕатыттан хаалбыт суос-соҕотох баайдарын, элбэх сырыыга-айаҥҥа сылдьан дьуккуруйбут, кубарыйбыт хааттан хормуосканы таһаарар. Араадьыйаҕа кэлэр ырыаны билэр буоллахтарына, сонно ыллаһаллар. Билбэт ырыалара буоллаҕына, үөрэтэллэр. Ийэлэрэ тылын суруйар, биир эмэ тылы көтүппүт буоллаҕына, Сима (аҕата ааттаабытынан Симза, сыгаанныы – үөрүү) ийэтигэр этэн биэрэр. Суора хормуоскаҕа матыыбын таһаара охсор.
Биһиги буоллар, «сыыҥтаах ырыа учууталлаах» дьон, Саҥа дьыллааҕы ёлкаҕа ыллааммыт Тымныы оҕонньортон хайҕанныбыт. «Сыыҥтаах ырыа учуутала» эмиэ бэлэх ылла.
Үһүс чиэппэр ортотугар бэйэбит учууталбыт балыыһаттан тахсан, Маппый Маппыайабыс уурайан барда. Анастасия Андреевна саҥа ырыаны мандолинаҕа оонньоон үөрэтэр. Барыта орун-оннугар эрээри муннун быатын ытыһын көхсүнэн туора-маары соттон кэбиһэр ырыа учууталын суохтуубут.
Оччолорго саас аайы оройуон киинигэр уус-уран самодеятельность фестивала буолара. Сибэкки Өрүүнэ түөртээх кыыһын, алталаах уолун кытта «Өрүүнэлиир ыанньыксыт» диэн ырыаны ыллаан лауреат буолан үөрэн-көтөн кэллилэр.
Үөрэх дьыла бүтэн каникул саҕаланна. Оччолорго оҕолору халаанньа хаамтарбаттар: бастакы кылааһы бүтэрдиҥ да оҕуруотчуккун. Маҥнайгы кылааһы бүтэрбит оҕо түөрт кирээдэҕэ оҕурсуга уу кутар. Эһиилигэр – алта кирээдэ, онтон эһиилигэр – аҕыс кирээдэ. Төрдүһү бүтэрбит киһи – холкуос отчута – бугул түгэҕэ харбааччы.
Биһиги Сибэкки Өрүүнэ салалтатынан оҕуруокка уу кутабыт. Оҕуруот оскуола сыырын анныгар, үрэх элгээнин батыһа сытар. Иллэҥ буоллахпытына, моҕотойдуубут, күтэрдиибит, тириитин маҕаһыыҥҥа туттарабыт.
Биир күн оҕуруокка уу кута киирээри Сибэкки Өрүүнэни күүтэн оскуола соппулуотугар кэчигирэһэн олорбуппут. Оскуола иннигэр түөртээх-биэстээх кыргыттар оскуоланы штукатуркалаары аҕалан куппут кумахтарыгар оонньууллара. Оскуолаҕа киирэр аан кирилиэһигэр Суора хормуоскаҕа оонньуу олороро. Эмискэ олбуор чараас штакетник аанын тоҕо көтөн, Кыһыл Баайка диэн кэйиигинэн аатырбыт холкуос боруода атыыр оҕуһа ойон киирбитэ. Дьиэгэнийбитэ сүрдээҕэ, кумахха оонньуу олорор кыракый кыргыттары хааннаах хараҕынан көрдө-көрбүтүнэн муҥ кыраайынан ыстаммыта. Биһиги хаһыытаспыппыт:
– Һаай! Һаай!
– Куотуҥ!
– Куотуҥ, оҕолоор!..
Кумахха оонньуу олорор оҕолорго оҕус икки-үс ойуута хаалтын кэннэ эмискэ оскуола кирилиэһигэр хормуоскалыы олорбут Суора ойон туран, хормуоскатын кыһыл күөрдүн ыыра тардыах курдук сүрдээх улаханнык бааҕынаппыта. Кыһыл Баайка оҕус соһуйан дьикти тыас диэки эргиллэ түспүтэ. Хормуоска кыһыл күөрдүн көрөөт, суостаахтык мөҥүрүү түһэн баран, ол диэки ойуолаан батырҕаппыта.
Суора оскуола иһигэр оҕустан куотан ойон киириэхтээҕэ. Суох! Хормуоскатын тыаһата-тыаһата оҕуска утары сүүрбүтэ. Биһиги онон туһанан соппулуоттан ойон түһэн кыргыттары харбаан ылан сүр түргэнник соппулуот нөҥүө түһүтэлээбиппит. Оҕус буоллар Суораҕа ойон тиийбитэ. Маҥнай кыһыл хормуоска кыырайа көппүтэ, онтон оҕону муоһунан баһан ылан үөһэ кыыраппыта. Ол курдук Кыһыл Баайка оҕус хормуосканы, оҕону мээчик курдук тамнааттыы сырыттаҕына, оскуола иһиттэн сарылаабытынан Сибэкки Өрүүнэ ойон тахсан оҕуска утары ыстаммыта…
…Ити араллаан ааспыта ый курдук буолбутун кэннэ Сыгаан Куоса тиийэн кэлбитэ. Сибэкки Өрүүнэ балыыһаттан саҥа тахса сылдьара. Ытыы-ытыы уолчааннара Суора хорсун быһыытын кэпсээбитэ. Сыгаан Куоса таастыйан хаалбыта. Онтон үһүөн оҕолорун уҥуоҕар тахсыбыттара. Балачча турбахтаан баран дьонун «дьиэлээҥ!» диэн илиитинэн дьаһайбыта. Сибэкки Өрүүнэ кыыһыныын Симзалыын көстүбэт буолтарын кэннэ Сыгаан Куоса, хараҕын уута субуруйа-субуруйа, иһиллэр-иһиллибэттик бэйэтин тылынан тугу эрэ бэрт уһуну саҥарбыта.
Онтон уһун суппуун сонун иһигэр укта сылдьыбыт кырыымпатын хаатыттан таһааран сыналҕаннаахтык, санньыардык ытыы-ытыы оонньоон барбыта. Балачча уһуннук оонньообутун кэннэ хантан эрэ ыраах үөһэттэн хормуоска тыаһа иһиллибитэ. Кырыымпа тыаһа уларыйа түспүтэ, санньыар ырыаны үөрүү дорҕоонноро солбуйбуттара. Ол курдук кырыымпалаах хормуоска кэрэ дорҕооннорунан бэрт уһуннук кэпсэппиттэрэ…
Ол кэмтэн ыла Балаадаҕа туох эмэ үтүө түгэн буолаары гыннаҕына, хантан эрэ үөһэттэн кырыымпалаах хормуоска үөрэ-көтө оонньоон, кэпсэтэн, саппаҕырбыт санааны сайҕаан ааһаллар дииллэр.
Баһылай Харысхал