Өксөкүлээх улахан сиэнин аман өһө

Балтараа үйэ кэриҥэ кэм улаҕатыгар саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччи, айар тыл аҕата Алексей Елисеевич Кулаковскай–Өксөкүлээх күн сирин көрбүтэ. Кини улахан сиэнэ РФ уонна СӨ култуураларын үтүөлээх үлэһитэ, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Уус Алдан улууһун, Бороҕон уонна Суотту нэһилиэктэрин ытык киһилэрэ Раиса Реасовна Кулаковская быйыл 85 хаарыгар үктэннэ. Бүтүн Саха сирэ, саха интеллигенцията таптаан, ытыктаан Реасовна диэн ааттыыр далбар хотуннара олорбут олоҕун туһунан кэпсиирэ – бэйэтэ киһи эрэ умсугуйан туран ааҕар кинигэтин тэҥэ. Онон Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 145 сылын көрсө, эстэ сыспыт удьуор хайдах салҕаммытын, кинилэр сыдьааннарын, оҕо киһи олоҕу хайдах өйдөөбүтүн туһунан улахан сиэн ахтыытыттан билсиһиннэрэбит.

ЧООРУОС ЭҺЭМ ҮӨРЭҔЭ

Биһиги оскуолаҕа киириэхпитигэр диэри эһэбит аахха Папа Заболоцкайдаахха Сиэллээх нэһилиэгэр олорбуппут. Кинилэр кыстыктара – Дьиэрэккэ буолара, онтон сайылыктара Амаахааҥҥа этэ. Аччыгый сааһым биир кэрэ уонна олус күндү кэмнэринэн эһэлээх эбэбитин кытары олорбут сылларбыт буолаллар.  Барахсаттарбыт, кинилэр биһигини көрсөн иитиһэн, аһатан-сиэтэн олороохтообуттара.  Кинилэр Атостаах биһигини ордук чорботон, бэйэлэрин кытары үгүстүк аттыларыгар илдьэ сылдьан ииппиттэрэ. Арааһа, маҥнайгы сиэннэр буоламмыт оннук эбитэ буолуо… Биирдэ эмиэ куолубунан эһэбин сайыһан оройуоҥҥа барыстым. Сайын этэ. Оччолорго маҥнайгы кылааһы бүтэрэн сылдьарым. Эһэм аатырбыт, бэйэтэ эмиэ үгүс остуоруйалаах. Дьон бары маанылыыр Хара Уол диэн атыгар мэҥэһиннэ. Мин дьол бөҕө!

Оннук балай эмэ айаннатан оройуоммут киинигэр Ытык Күөлгэ тиийдибит. Ытык Күөл арҕаа өттүттэн киириитэ аэропорт сириттэн саҕаланар. Эһэм онно чугаһаан баран эттэ: «Манна лүөччүктэр диэн бааллар, кинилэр нууччалар. Ол лүөччүктэр былырыын кыһыары миигиттэн биир буут эт ылбыттара уонна харчытын төлүү иликтэр. Ону эн, үөрэхтээх киһи, ол харчыбытын төлөттөрөр гына кинилэргэ нууччалыы эт эрэ», — диэтэ. Ону мин «бостуой кэлсэммин» эҥин дии санаатым быһыылаах, дэлби тиритии бөҕөтүн тириттим. Ити үлүгүрдээх уһун этиини үүтүн-аанын булан, билигин даҕаны тылбаастыах диэтэхпинэ сүрдээх уустук курдук көрөбүн. «Дьэ хайдах сатаан ити эһэм кэпсээбитин нууччалыы тылбаастыырым буолла», — диэн толкуй бөҕөҕө түстүм. Үөрэхтээх киһи аатырдаҕым… Аппыт өр гыныа дуо, ити икки ардыгар сиэллэрэн аэропорт аттыгар аҕала оҕуста. Эһэм атыттан түстэ, онтон миигин көтөҕөн ылан сиргэ чороччу туруоран кэбистэ. Ити кэннэ баҕанаҕа атын илдьэн баайда уонна ол дьоммут олорор дьиэлэригэр киирдибит. Иһирдьэ киирбиппит, улахан, үскэл баҕайы дьон үөһэ өттүлэрин ньылбыланан баран сууна сылдьаллар эбит. Ону көрөөт, наһаа салла санаатым. Билигин да кыра киһи оччолорго букатын намчы эбитим буолуо?! Онтон эһэм, арааһа, дорооболосто быһыылаах этэ да, мин тута дьыалабын быһаарааччы буоллум. Туох баар хорсуммун киллэрэн: «Деньги дай, мясо», — диэтим. Онтубун испэр кыра соҕустук эттим быһыылаах, дьонум мин саҥабар кыһаллыбатылар. Эһэбин көрөллөр уонна бэйэлэрин кытары тугу эрэ кэпсэтэллэр. Эһэм, илиитинэн далбаатана-далбаатана, тугу эрэ быһаарсар, бадаҕа харчытын көрдүүр быһыылаах. Ол күн харчыбытын ылбыппытын өйдөөбөппүн эрээри, ити түгэн кэннэ киһиэхэ үөрэх уонна нууччалыы билэр олус наада диэн санааҕа кэлбитим. Истибит тылларбын быһыта- орута өйбөр тылбаастыы, тыл хайдах сөпкө сурулларын быһаара сатыыр буола сылдьыбыт кэмнэрдээхпин. Онон эһэм оҕонньор: «Үөрэхтээх киһи нууччалыы билиэхтээх уонна бэйэтин кыһалҕатын быһаарсар буолуохтаах», — диэн олохпор үөрэтэн турар. Ити түгэни санаатахпына, билигин да ыгылыйабын, тиритиэх кэриэтэ турукка киирэн ылабын.

Оскуоланы бүтэрэрбин кытта, үчүгэйдик үөрэммитим иһин Райкомолга уопсай отдел сэбиэдиссэйинэн үлэҕэ ылбыттара. Онон маҥнай тэрилтэ үлэтигэр убаммыт сирим итиннэ буолбута.

Арай туран эһэм биир күн: «Чэ, эн аны улааттыҥ, үөрэхтэнниҥ, оройуон үлэһитэ буоллуҥ. Онон, тукаам, эн хайдах үлэлииргин көрүөхпүн баҕарабын», — диэтэ. Мин ити этиитин хайдах эрэ улаханнык суолтаҕа уурбатым, кыһамматым, умнан кэбистим. Онтон арай, биир күн сарсыарда үлэбэр олордохпуна, эһэм хоспор киирэн, ааным айаҕар бу таллайан тураахтыыр эбит. Соһуйбуппун көрөн: «Эйиэхэ кэллим», — диэтэ. Онуоха мин олоппос ылан биэрбиппэр, эһэм олох маһын туппутунан муннукка тиийэн саҥата суох олорунан кэбистэ. Үлэ киһитэ хайыахпыный, салгыы үлэлээтэҕим. Сиэйпэбин арыйабын, сабабын, кумааҕы бэрийэбин, ону-маны суруксуттуубун. Сотору соҕус Чымынаайыттан хомсомуолга киирээри бэйэм үөлээннээхтэрим оҕолор тиийэн кэллилэр. Биһиги билсэн, кэпсэтэн, дэлби күлсэбит, үөрэбит. Оннук аамыланан үлэлии олордохпуна, эбиэппит кэмэ буолла. Оччолорго оройуоҥҥа эһэбинээн иккиэн олорорбут. Үлэбиттэн тахсан, иккиэн дьиэбит диэки хоодьоҥностубут. Хайабыт даҕаны саҥа-иҥэ суох. Дьиэбитигэр тиийэн аһыы олорон, эһэм эмиэ тугу да саҥарбат. Мин «куһаҕаннык үлэлиигин» диирэ буолуо диэн хайдах эрэ дьаархана саныыбын, испэр мөҕүллэрбин кэтэһэбин. Онтон эбиэттээн бүтэн баран үлэбэр бараары таҥныбытым, эһэм туран эмиэ сонун кэппитинэн барда. Ол курдук, эмиэ ньимийэн баран аргыстаһан үлэбитигэр тиийдибит. Эһэм, хоско киирээт, били билэр олохтоох сиригэр тиийэн олорунан кэбистэ. Оннук үлэ күнэ бүттэ. Хайыахпытый, эмиэ аргыстаһан дьиэлээтибит. Ити тухары саҥа-иҥэ эмиэ мэлигир. Дьэ онтон киэһэ дьиэбитигэр чэйдии олорон эһэм: «Оҕом сыыһа, син бэрт үлэһит буолууһуккун. Ол гынан баран күлэриҥ бэрт эбит», — диэн, дьэ санаатын эттэ. Мин мөҕүллүбэтэхпиттэн олус үөрдүм, испэр дэлби чэпчээтим. Эһэм барахсан, ол курдук аан маҥнайгынан үлэҕэ характеристикалаан, бэйэтэ туораттан кэтээн көрөн сыаналаан, үлэ диэн ураты эппиэтинэстээх сир буоларын өйдөппүт киһибинэн буолар. Итини кэлин өйбүн тутан баран биирдэ өйдөөбүтүм. Кини оннук бэйэтэ уратытык дьайан, сатыырынан иитэн бараахтаабыт эбит. Эһэбин ол иһин мэлдьи «маҥнайгы ревизорум» диэн ааттааччыбын.

Эһэм биир дьикти өрүтэ олус ийэмсэх этэ. Биир кэм ийэтин ахтарын санаан хаалбыппын. Куруутун «мин ийэм итинник диэбитэ», «мин ийэм оннук гынар этэ», «мин ийэм оннук алҕаабыта», «ийэм миигин оннук үөрэппитэ, кини оннук үөрбүтэ» диир буолара. Ийэтин уоһуттан түһэрбэт этэ. Ону мин оҕо сылдьан: «Тыый, итиччэ кырдьа-кырдьа, ийэлээх уонна өссө ахтар», – дии саныырым. Оҕотук толкуйбунан кырдьаҕас киһи ийэтэ суох буолуохтааҕын курдук саныыр эбиппин. Дьиҥэр, ийэ диэн үйэ тухары ийэ. Холобура бу билигин 85 сааспар олордорбун даҕаны, күн аайы ийэбин ахтыбатах түүнүм суох. Дьикти дии, киһи оҕо сылдьан ийэтигэр олус убанар. Букатын ийэтэ суох — олох суох курдук буолар. Онтон улаатан истэҕиҥ аайы, сыыйа ийэҕиттэн син тэйэн, бэйэҥ ыал буолан, ийэ буолар үрдүк дьолун билэҕин. Онтон сааһыран баран эмиэ оҕо эрдэҕинээҕи ийэҕэр ахтылҕаныҥ, тапталыҥ хаттаан тиллэн, иккистээн күөдьүйэн, күлүмнээн, олус суохтаан кэлэҕин.

ТИИТ ТӨРДҮН ААЙЫ – ЧООРУОСТАР

Ийэлээҕим Татьяна Паповналаах бииргэ төрөөбүттэр тоҕустар. Заболоцкайдар оҕолоро бары доруобай, өйдөөх-төйдөөх, сиппит-хоппут, үчүгэй олохтоох-дьаһахтаах дьон этилэр. Заболоцкайдар кимтэн кииннээхтэрэ, хантан хааннаахтара чопчу бу диэн биллибэт. Номох быһыытынан, биир олус кыра уҥуохтаах Чооруос диэн ааттаах киһи Тааттаҕа Танда диэкиттэн үлэлии кэлбитэ эбитэ үһү. Былыр күүстээх-уохтаах дьон сири-сибиири кэрийэ сылдьан, дьоҥҥо от-оттоон, мас-мастаан, тирии имитэн, ону-маны уһанан биэрэллэр эбит. Биһиги төрүппүт Таатта сиригэр оннук кэлээхтээбит. Таатта ыала Чооруоһу майгытын иһин олус сөбүлээн, көнөтүн иһин дэлби биһирээн, оҕолорун курдук таптаан бэйэлэригэр күтүөт оҥостон илдьэ хаалаллар.

Дьэ ити Чооруостан Заболоцкайдар диэн аҕа ууһа тэнийэн барар. Мин эһэм аах бииргэ төрөөбүттэр үһүөлэр. Өрүүнэ диэн балта соҕотох кыыс оҕоломмут. Онтон бу кыыстан 12 оҕо кэлбит. Ол оҕолоро улаатан ууһаан, Таатта улууһунан тарҕанан барбыттар. Эһэм бииргэ төрөөбүттэрин сыдьааннарын кытары барыбытын Чооруостар диэн ааттыыллара.

Ийэбит аҕатын өттүнэн төрүттэрбит уһун үйэлээх дьонунан биллэллэрэ. Татьяна Паповна бэйэтэ 96 сааһыгар бу дойдуттан бараахтаабыта. Ийэм бииргэ төрөөбүттэрэ эмиэ бары лаппа сорсуйан, оҕо-уруу бөҕөнү төрөтөн, Чооруостары эбии тэнитэн, алаас аайы тарҕанан, унаар буруо таһаарбыттар. Кэлин кинигэ оҥорорбутугар аахпыппыт: ийэм бииргэ төрөөбүттэриттэн барыларын холбоон — икки сүүстэн тахса киһи баар эбиппит. Бу дьон Россия араас муннуктарынан тарҕанан, үгүспүт дойдубутугар Саха сиригэр, аҕам эппитинии, «Тиит төрдүн аайы — чооруостар» буолан олордохпут. Онтон ийэм ийэтин, эбэм өттүнэн төрүттэрбитигэр поляктар бааллар диэн кэпсииллэрэ. Ийэм эһэтэ — Лөчүөк (православнай таҥара дьиэтигэр псалтырь ааҕар, өлбүтү, төрөөбүтү бэлиэтиир үлэһит) эбит. Эбэбин мин биир кэм тугу эрэ үлэлии-хамсыы сылдьарын өйдүүбүн.

Эбэм биир сарсыарда эрдэ баҕайы уһугуннаран, миигин доҕор оҥостон, иккиэн тахсан кэлиигэ бурдук сынньыбыппыт. Күн саҥа тахсан эрэрэ. Сайыҥҥы сарсыарданы киэргэтэн, тохтоло суох кэҕэ чоргуйар куолаһа иһиллэрэ. Эбэм Малаанньыйа эмээхсин күн сардаҥаларын быыһыгар бурдугун сиксийэ турара билигин даҕаны харахпар бу баар курдук көстөр. Доҕор буолбут манньабар, бу кэрэ түгэни өйбөр эбии иҥэрэн, эбэм сэлиэнэйгэ чөчөгөй кутан баран утары ууммутун ылан испитим. Эбэбит күөрчэх оҥороругар биһилэҕэ ытык угар охсуллан таһырҕыыр тыаһын наһаа кэтэһэ, өрүүтүн минньитэ истэрбит. «Күөрчэхтээн эрэ-эр», — диэн буолара. Эбэбит тоҕус оҕотун барытын аһатан-таҥыннаран, дьон оҥортоон, барыларын кэриэтэ үөрэхтэнэллэрин тэрийэн, эһэбитигэр холоонноох ойох буолан олорон аастаҕа. Кырдьаҕас дьону ытыктыырга киниттэн көрөн үөрэммиппит. Малаанньыйа эмээхсин эмиэ тоҕус уонун ааһан баран бу дойдуттан аттанаахтаабыта. Амахааҥҥа сайылыыр кэммитин наһаа ахтабын. Онно сир астаан, балыктаан, оонньоон- көрүлээн, сөтүөлээн, кылгас сайыммыт үтүөтүн барытын туһанан атаарарбыт. Чугас дьоммут бааллара уонна куораттан убайбыт Аскольд, эдьиийбит Клара, саҥаспыт Маайа тахсалла- ра эбии сылаас, иһирэх тыынынан санааҕа илгийэрэ…

Биһиги, бииргэ төрөөбүттэр, ийэбитин ахтыбатах кэммит диэн суох. Сырыы аайы ийэбит барахсаны умнубат туһуттан кини тугу астыырын, хайдах таҥнарын, кимиэхэ туох диэн эппитин мэлдьи саныыр, оҕо сааспытын ахтыһар идэлээхпит. Татьяна Паповна аҕыс оҕо иһирэх ийэтэ. Оҕолоро бары үрдүк үөрэхтэнэн, идэлэнэн, ийэбит барахсан тыыннааҕар киэн туттуута буолбуппут. Кинини ийэ үрдүк бэлиэтин кавалера оҥорбуттарыгар бу уһун сыллар тухары сыраласпыт сырата барыта төлөммүт курдук толору сиппитэ. Ийэбит биһигини барыбытын чэбдик уонна чэнчис гына ииппитэ. Кини үөрэҕэ, ирдэбиллэрэ билигин биһиги оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр салҕанан бара турар.

АҔАМ БИИРГЭ ТӨРӨӨБҮТТЭРЭ

Ийэбит өссө биир үтүөтүнэн аҕабыт олоҕун, кини төрүттэрин уонна онно сыһыаннаах кэрчик кэмнэри кэпсиирэ буолара. Аҕабыт Реас Алексеевич олоҕун туһунан улаханнык кэпсии-ипсии сылдьыбат киһи этэ. Хата ийэбит ону ситэрэн, кини ыллыктаах толкуйунан кэнэҕэскитин ахтар-саныыр кэм кэлэрин өтө көрбүт курдук, ону-маны өйдөөн кэлэ-кэлэ кэпсиир идэлээҕэ. Биһигини кини Кулаковскайдар диэн санаабытыгар наһаа ыраах сылдьар дьону чугаһатан, кэрэ дьон сыдьааннарабыт диэн өйдөбүлгэ аҕалбыта. Кимтэн силистээх-мутуктаах дьон буоларбытын умнубат гына ииппитэ. Оннук биһиги билбиппит аҕабыт бииргэ төрөөбүтэ Лариса диэн кыыс олус кэрэтин, наһаа истиҥник күлэн лаһыгыратарын, майгыта үчүгэйин. Рая диэн аҕабыт балтын туһунан эмиэ олус истиҥник ахтар буолара. Кини адьас кыра сылдьан дьонун сүөһүтүн барытын бэйэтэ кыстатан олорбутун туһунан наһаа сөҕө, бэркиһии истэрбит. Аҕабыт куоракка үөрэнэ сырыттаҕына, балта кини таҥаһын сууйан, абырахтаан, убайа үөрэҕи ыларыгар олус кы- һаллар, өйүүр эбит. Рая барахсан баара-суоҕа 16 сааһыгар күн сириттэн күрэнээхтээбит. Ол да буоллар дьон-норуот кинини сиппит- хоппут, улахан киһи курдук боччумнаах, букатын саастаах киһи курдук дуоспуруннаах, олус өйдөөх-төйдөөх, ураты үтүө майгылаах-сигилилээх киһи быһыытынан өйдөөн хаалбыт. Ийэбититтэн өссө билбиппит Конаша диэн наһаа чаҕылхай, олус кыраһыабай оҕо баар буола сылдьыбытын туһунан. Конаша — аҕабыт убайа. Кини кинигэни наһаа умсугуйан туран ааҕара, гитараҕа табыллан оонньуура эбитэ үһү. Бу уол барахсан оҕолору кытары футболлуу сылдьан, атаҕын сототун быһа тэптэрэн кэбиһэн, онтон босхоҥ буолан дэлби эрэйдэммитин туһунан билбиппит. Конаша икки баттыгынан тайанан Амыдай алаас халдьаайытын үрдүгэр тахсан, тиит төрдүгэр олорон кинигэ ааҕар идэлээх эбит. Тэптэрбит сирэ кэлин улахан искэҥҥэ (саркома) кубулуйан, өлөрүн саҕана ол ыарыытыттан уонна олохтон арахсан эрэр аһыытыттан дьиэбит ампаарын тулаһатын баттыгынан тоҕо сыспыта, ол бааһа-үүтэ хойукка диэри турбута. Кини наһаа күүстээх-уохтаах оҕо эбитэ үһү. Конашаны тиһэх суолугар атааралларыгар, аҕабыт барахсан бэйэтэ ыалдьан, суорҕан-тэллэх киһитэ буолан сытан, сатаан туран атаарсаахтаабатах. Бу күн хомсомуоллар кэлэннэр «интернационал» ырыатын ыллаабыттар уонна саанан салют ыппыттар.

Эппитим курдук, аҕабыт хаһан даҕаны ити кэрчик кэмнэрин кэпсээбэт этэ. Иккистээн ол кэмнэрин тилиннэриэн, ааспыт сорун-муҥун төхтүрүйэн сөргүтүөн баҕарбат буоллаҕа… Мин санаабар куһаҕаны, ыар кэмнэри санаатаххына, ол олох иккистээн эргиллэн кэлэр диэн толкуйдуур быһыылааҕа. Ол иһин кини мэлдьи кэрэни, дьолу, сырдыгы ыраланар буолара. Оҕо эрдэхпититтэн оннук кэпсээннэргэ иитэн таһаарбыта. Оҕо сааспын санаатахпына, Быргый Уйбаан кэпсээннэрэ диэн бэйэтэ туспа остуоруйалаах киэһэлэрбитин ахтабын. Онон аҕабыт оннук остуоруйа нөҥүө кэрэҕэ биһиктээн, сырдыкка бигээн улаатыннарбыта. Кини биирдэ эмэ ытаабытын, хаһан эмэ аймаммытын хайабыт да көрбөтөҕө.

Реас Алексеевич киһи буолан килбэйэр, саха буолан сандаарар иэһин төлөөн, сырдык олоҕу олорон барда дии саныыбын. Киһи сиэАҕабар убайа Тэрэппиин Кулаковскай: «Элбэх оҕолоох-уруулаах, доруобай төрүөхтээх Заболоцкайдар кыыстарын Таанньаны ойох ыл», — диэн сүбэлиир эбит. Кини — Таатта улууһун маҥнайгы кулубата Оонньуулаах Уйбаан улахан уола.

Тэрэппиин биир күн туруммут да эһэбэр Папа Заболоцкайга тиийэн кыыһын быраатыгар ыйытааччы буолбут. Онуоха эһэм сөбүлэҥин биэрбит. Оччолорго ийэм 18 сааһын туола илик, оттон аҕам 21 саастаах эбит. Ийэбэр уруу тэрийэр баҕа санаалаахтарын биллэрбиттэригэр, маҥнай ылыммат: «Ыал буолуом иннинэ, бастаан үөрэхтэниэм этэ», — диэн аккаастыыр. Мин санаабар, кини, дьиҥэр, Арайааһы сөбүлүүр эбит. Аҕабыт оччолорго училищены бүтэрэн сылдьар олус мааны, кыраһыабай киһи. Тыа кыыһа биллэн турар кинини сөбүлүү көрөр буолуохтаах. Оҕо эрдэхтэриттэн алаастарынан ыаллыы олороллор. Аҕам аах Амыдайга олорбут буоллахтарына, ийэлээҕим алаастара Амаахаан. Икки ардылара олус чугас, баара-суоҕа Тойон Уйалаах диэн алаас икки ардыларыгар ытаһалыы сыттаҕа. Ийэм оҕо сылдьан Кулаковскайдарга дьаарбайар, ыал- дьыттыыр идэлээҕэ үһү. Ол иһин даҕаны, аҕам олоҕун туһунан ону-маны билэн эрдэҕэ.

Аҕам ийэбин алааһыгар, дьонугар сүгүннэрэн илдьэ барбыта бэйэтэ туспа кэпсээн. Амаахаантан «таратаайкаларыгар» олорон, ийэм быраата Ньукулай оҕуһун сиэтэн сарсыарда эрдэ

айанныыллар. Эһэм аах оҕолоругар арыылаах алаадьы, буспут эт өйүөлээн ыыталлар. Ийэбэр кыра мал-сал биэрэллэр. Айаннарын кэмигэр, бу аҕыйах биэрэстэ икки ардыгар аҕабыт кэннилэриттэн атынан иһэн, дьонун сотору-сотору тохтотор үһү. Ол курдук сарсыардаттан айаннааннар, бу бэркэ гыннаҕына үс биэрэстэлээх сиргэ киэһэ түөттүүр ыам саҕана биирдэ тиийбиттэр. Айаннаан иһэн аара аҕабыт дьэдьэннээн, мас күлүгэр олорон сынньанан ылар эбит. Ийэм тулуйа сатаан баран: «Ньукулай, оҕускун үчүгэйдик кымньыылаан биэр. Наһаа хойутаатыбыт, дьоммут кэтэстэхтэрэ», — диэн быраатын соруйааччы буолбут. Онуоха аҕам: «Ыксаама, ыксаама, төһөнөн уһуннук айанныахпыт даҕаны, соччонон уһуннук олоруохпут», — диэбит. Билигин санаатахха, бу сүүрбэ биирдээх оҕо инники кэскилин өтө көрөн маннык түспэтик эппитэ киһини сөхтөрөр. Ийэбит даҕаны: «Ол иһин уһуннук олордубут быһыылаах», — диэн этэр этэ.

Холбоспуттарын кэннэ үс сыл буолан баран, 1938 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр Нал диэн Заболоцкайдар отордуур алаастарыгар олорон, ийэм чэпчэкилэнээри ыарытыйар. Ону аҕам тохсунньу томороон тымныытыгар ийэбин бобуоскаҕа тиэйэн, сүүрбэччэ биэрэстэлээх сиргэ Чөркөөххө киллэрэн, мин маҥнайгы оҕонон күн сирин көрөбүн.

Аҕам төрөөппүн кытары: «Оҕобор таҥас- сап ылабын», — диэбит да, атынан отут көстөөх сиргэ Дьокуускайга түһэр. Куоракка тиийбити- гэр дьоно Роман, Тэрэппиин Кулаковскайдаах көрсөллөр. Үөрүү-көтүү бөҕө буолаллар. Ийэбэр бэлэх-туһах, миэхэ диэн таҥас-сап бөҕө тэрийэ охсоллор. Оннук аҕам ийэбит балыыһаттан тахсыытыгар куораттан эргиллэн кэлэр. Санаан көрдөххө, бу тохсунньу торулуур тоһуттар тымныытыгар эдэр киһи итинник соруммута киһини сөхтөрүөн сөхтөрөр.

Аҕам ийэм биһиккини бобуоскатыгар тиэйэн, алаастарыгар Налга тахсаллар. Дьиэтигэр тиийэн миигин олус бигээн, сэрэнэн көтөҕөн дьиэтигэр киирбит. Онуоха хос түгэҕэр сытар ийэм эбэтэ Кэтириис диэн өйдөөҕүнэн кэпсээҥҥэ киирбит эмээхсин: «Арыйаас, кыыстаммыккынан эҕэрдэлиибин», — диэн саҥалаах көрсүбүт. Дьиҥэр, Кэтириис итиннэ быстара чугаһаан сытара эбитэ үһү. Олус чуолкайдык саҥарбытын истэн дьонум дэлби соһуйбуттар. Арай аҕам: «Баһыыбыа, эбэ-э», — диэн хардарбыт. Оччолорго Амыдайынан, Налынан Чоҥооттор (Кирилловтар), Захар оҕонньордоох (Захаровтар), Мээрэйдээх, Муочукуннар, Чуккуевтар диэн Сиэллээх ыччаттара олорбуттар. Аҕам хас буруо аайы кэрийэ сылдьан мин төрөөбүппүнэн биирдии бытыылка арыгы кэһиитин түҥэппит. Инньэ гынан, былыр-былыргыттан биир ыллыгынан сылдьыбыт ыччаттар сыдьааннара саҥа кэлбит киһилэрин миигин уруйдуу көрсүбүттэр, бэйэлэрин сэмэй алгыс тылларын анаабыттар.

Ийэм кэпсииринэн, бу дьон олус үөрбүттэрэ диэн Өксөкүлээх Өлөксөй удьуора салҕанар олуга ууруллубутуттан буолбут. Дьоммут холбоһон баран үс сыл оҕо үөскээбэтэҕиттэн хайдах эрэ аттынааҕы ыаллара хараасталлара, санньыйаллара эбитэ үһү. Улаатан истэҕим аайы «Рая балык сиир буолбут үһү» диэн солбуйса сылдьан балык, онтон «Рая сымыыт сиир буолбут үһү» диэн куурусса сымыыта аҕалаллара, мэлдьи бэлэх, кэһии бөҕө таһаллара үһү. Оҕо эрдэхпинэ алаас оҕонньотторо бары — эһэлэрим, эмээхситтэр бары — эбэлэрим, онтон эдэрдэр — убайдарым, эдьиийдэрим этилэр. Оннук олус сылаас холумтаҥҥа үөскээн тахсыбытым. Бу дьоммун барыларын мин эмиэ наһаа таптыыр этим. Бадаҕа, маҥнайгы оҕо буоламмын, барыларыттан миигин чуолаан ордорон хайдах эрэ маанылыыллар, бэйэлэригэр бигииллэр этэ.

Аҕам мин төрөөбүппэр: «Дьэ, уот оттор кыыһым кэллэ», — диэн эппит этэ. Былыр-былыргыттан, өскөтүн маҥнайгы оҕоҥ кыыс буоллаҕына, бу ыал элбэх оҕолонор диэн өйдөбүл баар. Кыыс ийэтигэр бырааттарын, балыстарын көрөргө көмөлөһөн, дьиэни-уоту өрө тардан туһата хара-баһаам буоллаҕа. Мин бэйэм даҕаны ирбинньиктэнэн, турбут-олорбут, кэлбит-барбыт дьаһал бөҕө оҕо үһүбүн.

Ол курдук дьоммут төһө да дуруусканан холбостоллор, сыыйа бэйэ-бэйэлэрин сөбүлээн, сыһыаннара салгыы сайдан тапталга кубулуйар уонна олус дьоллоохтук алта уонтан тахса сыл бииргэ олорбуттара.

ОСКУОЛА СЫЛЛАРА

Мин бырааппыттан Атостан биир сыл аҕабын. Аҕам сэттэбин туолбуппар оскуолаҕа ыыппатах. «Эһиил быраатын кытары тэҥҥэ үөрэниэҕэ» диэн санааттан биир сыл тохтоппут. Кини биһигини бэйэ-бэйэлэригэр сөрөнөн, бииргэ дьарыктаныахтара диэн толкуйдаабыт. Инньэ гынан маҥнайгы кылааска Сиэллээх начаалынай оскуолатыгар иккиэн тэҥҥэ үөрэнэ киирэбит. Саҥа үөрэнэн иһэн эмискэ дэлби бааһыран, дьоммут ситэ үөрэттэрбэккэ төттөрү кыстыкпытыгар Дьиэрэккэ көһөрөн таһаараллар. Сотору буолаат куораттан аҕабыт кэлэр уонна, Кириэс Халдьаайыга үлэлии баран иһэр буолан, Атостаах биһигини бэйэтин кытары онно көһөрөр. Биһиги Кириэскэ тиийэн үөрэхпитин салгыыбыт. Манна араас омук оҕото барыта баара — сэрииттэн эргиллибэтэх дьон оҕолоро, детдом иитиллээччилэрэ. Детдом үлэһиттэрэ оҕолорун олус үчүгэйдик, ыраастык көрөллөрө-истэллэрэ. Билигин санаатахха, таҥастара-саптара даҕаны биһиэниттэн лаппа ордук этэ. Тарбах үтүлүктэригэр тиийэ баар буолара. Бу оҕолору кытары биһиги бодоруһан сыыйа доҕордоһобут. Кыстаабыппытын кэннэ саас халлаан сылыйыыта Тааттаттан эһэбит киирэн, барыбытын Дьиэрэкпитигэр төттөрү таһаарар.

Тааттаҕа тиийэн баран дьоммут биһигини салгыы Ытык Күөлгэ үөрэттэрэллэр. Дьиктитэ диэн, аҕабыт биһигини манна нууччалары кытары дьукаахтаһыннаран олордор. Тоҥ нууч- чалар, ыаллар. Сахалыы билбэт дьон этилэр. Арааһа, аҕабыт биһигини нууччалыы биллиннэр диэн санааттан итинник тэрийдэҕэ буолуо?!

Хата, бу олорбут ыалбыт олус эйэҕэс дьон буолан биэрбиттэрэ. Аҕалара сүрдээх улахан, модьу, бухатыыр киһи курдук көрүҥнээҕэ. Ол оннугар ийэлэрэ сүрдээх истиҥ, эйэҕэс дьахтар этэ. Биһигини кытары араа-бараа саастаах икки кыыс оҕолоохторо. Оҕолор бары биир хоско сытар этибит. Биирдэ эмэ аҕалара арыгы истэҕинэ наһаа куттанарбыт, остуол анныттан тахсыбат буоларбыт. Ийэлэрэ олус минньигэстик булочка астаан аһатара.

Ол курдук дьукаахтаһан, эн-мин дэһэн олордохпутуна, аҕабыт Баһылайаптар диэн ыалга көһөрөн олохтообута. Биһигини кытары манна эдьиийбит Марыына баар этэ. Оннук хаста эмэ көһөн маҥнайгы кылааска үөрэнээхтээбиппит. Үөрэҕи ылар диэн судургута суоҕун өйдөөбүппүт.

Кэлин билбиппит Өксөкүлээх Өлөксөй оҕолоругар диэн анаан анал стипендия кэлэр эбит. Стипендиябыт диэн: сүүрбэччэлии тэтэрээт, уончалыы уруучука буолара. Тэтэрээттэрэ эчи халыҥа, үчүгэйэ, талбыт тиийэрэ. Ол иһин ордугун бырааппынаан оҕолорго атыылыырбыт. Сүрдээх атыыһыт курдук сананар этибит. Ол атыыбыт харчытыгар килиэп ылан сиибит, биирдэ эмэ киинэҕэ сылдьабыт. Аны ийэбит үүт тоҥорон ыытар этэ. Ол үүппүтүн сүгэн илдьэн учууталларбытыгар, эбэтэр биэлсэр кыргыттарга атыылыыбыт. Тоҕо эрэ өйбөр 5 солкуобай диэн сөҥөн хаалбыт. Арааһа, ол аата биэстии солкуобайга атыылаан эрдэхпит буолуо. Биир өйбөр иҥэн хаалбыт түгэнинэн Оросина диэн олус кэрэ дьүһүннээх, куудара баттахтаах нуучча тылын учууталыгар үүппүтүн атыылаабыппыт буолар. Ол маннык этэ. Оросина биһигиттэн үүппүтүн ылан баран: «Харчытын хамнас кэллэҕинэ биэриэм», — диэтэ. Биһиги хамнас эҥин диэни билии суох. Хас перемена аайы ол учууталы көрдүбүт да, тута сүүрэн тиийэн харчыбытын көрдөөн барабыт. Ону сырыы аайы «хамнас кэллэҕинэ» диэн быһаара сатаахтыыр. Арааһа, кэлин харчыбытын ыллахпыт буолуо, уоскуйан, киниэхэ чугаһаабат буолбуппут. Барахсаны төһө эрэ салгыттыбыт, кыбыһыннардыбыт буолла?! Киһи кыһалҕаҕа кыпчарыйтардаҕына, инникитин толкуйдуур буолар эбит. Кэлин ити кэмнэрбитин санаан көрөн баран, киһи тиийиммэт-түгэммэт кэмнэригэр төбөтө атыннык үлэлээн кэлэр эбит диэн санааҕа кэлбитим.

Инньэ гынан, уҥа-хаҥас бырахсан, хата кимнээҕэр киирэн-тахсан, араас тэрээһиннэр ортолоругар эриллэн, маҥнайгы кылааспытын үөрэнэн бүтэрбиппит. Иккис кылааска эмиэ Кириэс Халдьаайыбытыгар төннөн тиийэн үөрэммиппит. Бу сырыыга кыра баҕайы хоско олорбуппут. Аны бэйэбитин кытары бииргэ төрөөбүттэрбит Мила, Ясон, Рива бааллара. Бары хайдах ол кыараҕас дьиэҕэ батан олорбуппут эбитэ буолла. Дьиэбит аҥаарынааҕы хоско өссө эбии дьукаахтарбыт — учууталлар олороллоро. Кыстаан баран, сааһыары Сиэллээххэ төннөн киирэн иккис кылааспытын онно түмүктээбиппит.

ЧЫЧЫМАХ

Дьэ онтон үһүс кылаастан Чычымахха киирэн үөрэнэбит. Балтыбыт Рива онно маҥнайгы кылааска киирэр. Атыттар өссө кыралар. Чычымахха Егор, Николай Романович Маалыһаптар, Аграфена Степановна, Андрей Павлович, Реас Алексеевич (аҕабыт) диэн наһаа үчүгэй учууталларга түбэһэн үөрэммиппит. Оскуола бары тэрээһиннэригэр кыттан, олус көхтөөх олоҕу олорбуппут.

Ити кэмҥэ аҕабыт эрэ хамнастааҕа. Аны хамнаһын хас эрэ бырыһыанын «националист оҕото» аатыран ылаахтаабат эбит. Оскуолатааҕы үөрэтэр чааһа хара баһаам эрээри, атын учууталлартан аҕыйах хамнаһы аахсаахтыыра. Учууталлар бары дьиэлэрэ-уоттара улахана, бэйэлэрэ маанылара, наһаа ымсыырдар этэ. Биһиги кып-кыра 7х7-лээх дьиэҕэ уонча буолан олоробут. Нуучча омугар «в тесноте, да не в обиде» диэн бэргэн этии баар. Биһиги ол дьиэбитигэр хата кимнээҕэр иллээхтик, эйэлээхтик уонна дьоллоохтук олорбуппут. Би- лигин ити кэмнэри саныыр эмиэ олус күндү. Киһи ахтар, суохтуур. Сайынын үөрэнэн бүттүбүт даҕаны бары — от, оҕуруот үлэтигэр, сиилэс угуутугар сылдьабыт. Амма барахсан сайына эчи үтүөтэ! Дьоммутугар оннук көмөлөһөн, кыстыкпытыгар бары бөрөөн баһаам эбилиги киллэрсэр этибит. Аһынан- таҥаһынан тутахсыйбыппытын өйдөөбөппүн. Кыраларбыт даҕаны бары тэҥҥэ түсүһэн, уопсай дьыала туһугар туран-олорон иһэр буоллахтара. Үлэни тулуппат буолбуппут. Атостуун алтыс кылаас буолбуппут кэннэ, аҕабыт саас оскуола үрдүнээҕи хаары түһэртэрбитэ. Хаары түһэрэр ньымабыт даҕаны судургу. Аҕабыт хардары- таары уһун быанан курдуу баайар уонна бэйэтэ кырыыһа нөҥүө өттүттэн көрөн олорон сыыйа быатын ууннаран ыытан иһэр. Биһиги хаарбытын күрдьүбүтүнэн аллара диэки дьулуһабыт. Атос эр-киһи быһыытынан хойуу, чиҥээбит хаары кытары тиниктэһэр. Аҕабыт өрө тахсарбытыгар сэрэнэн үктэнэрбитин көрөн, быатынан субуйа тардан таһаарар. Биһиги чэпчэки буоллахпыт. Оскуолабыт аны улахана. Биир күнүнэн бүтэрбэт этибит. Оннук хас да сыл үлэлээбиппит. Аҕабыт санаабытын көтөҕөрдүү: «Кытаатыҥ, маладьыастар! Үлэлээн харчы ылыахпыт. Ол харчыбытынан эһиэхэ ыстаан, ырбаахы атыылаһыахпыт», — диэн этэрэ. Ол иһин да буолуо, биһиги атаҕастаммыт, баттаммыт курдук санаммакка, бэйэбит иннибитигэр үлэлиир курдук толкуйдуур буолбуппут.

Аны туран оскуолабытыгар коммунальнай өҥө диэн көрүллэр эбит. Ол өҥө быһыытынан учууталларга оттук мас киллэрэн биэрэллэр. Аҕабыт манна эмиэ оскуолатын кытары кэпсэтэн, ол киирбит мастары ыалы кэритэ сылдьан саһааннатар гына соҥноспута. Биһиги бары күргүөмүнэн тахсан, бөһүөлэги кэрийэ сылдьан «субботник» бөҕө буоларбыт. Маспыт соһуунан киирэр этэ. Ону эрбииргэ олус эрэйдээҕэ. Эрбиибит биир кэм мас этигэр кыбыллан сорбутун сордуура. Халыҥ хаарга итинник үлэлиир наһаа ыарахан буолара. Оҕолор да буоллахпыт. Аҕабыт барахсан кэтии сылдьан эрбиибитин ороон, мутуктаах маспытын хайытыһан биэрэрэ. Бу да сырыыга эмиэ идэтинэн барытын лоп- бааччы быһааран, хамнас ааҕыстахпытына ас-таҥас кэлэрин өйдөтөрө. Хайабыт даҕаны кыҥкыйдаабата, биирдэ да суламмата. Хата ол сылдьан кутаа оттон, бары уоппут тула туран аһыыр этибит.

Күһүн биһиэхэ эмиэ биир түбүктээх кэммит буолара. Ол курдук, бары күргүөмүнэн тыаҕа тахсан отоннуурбут. Сир аһын сырыы аайы сыарҕанан тиэйэн киллэрэ эҥин сылдьыбыт кэмнэрдээхпит. Аны ийэбит ол отоммутун туттаран, үөрэнэр тээбириннэрбитин тэрийэрэ, оскуолатааҕы таҥаспытын бэрийэрэ.

Биирдэ отоммут харчытынан аҕабытыгар тарбах үтүлүк ылбыппыт. Бу баардыы өйдүүбүн бииргэ төрөөбүттэрим үөрбүт сирэйдэрин. Аҕабыт наһаа мааны буола түспүтэ. Бэйэтинээҕэр биһиги ордук үөрбүт курдук этибит… Ийэбит биһигини аҕабыт таҥаһын-сабын көрөргө-истэргэ куруутун үөрэтэр этэ. Онно бары кыһалларбыт. Хантан ылаахтаабыта эбитэ буолла, улахан баҕайы түөсэҥкэлээх этэ. Ол түөсэҥкэтин кыргыттар биһиги хардарыта ыраастааһын бөҕө. Соҕотох көстүүмнээҕин сотору-сотору таһырдьа таһааран быылын тэбээн, ыраастаан, салгылатар буоларбыт. Түөсэҥкэбитин эмиэ тоҥуулаах хаарга дэлби буккуйан, имитэн ыраастыырбыт. Ийэбит ыалга иистэнэрэ. Күнү быһа таҥас тигэрэ. Кыраларбыт дэлби ытаһан аҕай биэрэллэрэ. Биһиги, улахаттар, ону тулуйбакка, ийэбититтэн оҕолорун эмиийдии охсоругар көрдөһөрбүт. «Сип-сибилигин бүтүөм, сип-сибилигин бүтүөм», — дии олороро, билигин харахпар эмиэ бу баар.

Кыахпыт баарынан, дьоммут кыаммат- түгэммэт кэмнэригэр көмө буолан, кыһалҕабытын мүлүрүтүһэ олорбуппут. Бэйэбит да билбэппитинэн улахан дьон олоҕор убанан, уһуйуллан испит эбиппит. Биллэн турар кыһалҕаттан буоллаҕа. Эппитим курдук, оскуолабыт бары тэрээһиннэригэр кыттарбыт. Бары хайыһардьыттарбыт, дуобатчыттарбыт. Мин пионер этэрээтин сэбиэтин, дружина сэбиэтин бэрэссэдээтэллэрэ этим. Көхтөөх бөҕөбүн. Сэттис кылааһы бүтэрбиппит кэннэ Атос куоракка училищеҕа үөрэнэ барбыта. Аҕабыт: «Уолум Атос, улахан уолум, эр киһи буоллаҕыҥ, оҕолор бары улаатан эрэллэр. Сотору бары ситэн тарҕаһыаххыт, үөрэххэ барыаххыт. Онно көмө киһи наада буолуоҕа. Онон эн эрдэ үлэһит буолаҥҥын балтыларгын, бырааттаргын иитэргэ көмө киһи буол. Быйыл эн үөрэххэ бар», — диэн этэн, уолун бэйэтин эрэ соҕотохтуу ат мииннэрэн сэттэ көстөөх сиргэ Ытык Күөлгэ ыыппыта. Аара баран иһэн, ата сиргэнэн бырааппын сиргэ үнтү быраҕан кэбиспит. Ол быраҕыытыгар Атос илиитин өлөрөр. Ол эчэйиитэ олус уһуннук эрэйдээбитэ. Кэлин син эмтээн арыый да ыарыытын уҕарыталлар эрээри, биир илиитэ иккис илиититтэн синньигэс буолан хаалбыта. Оннук үйэтин тухары сылдьыбыта.

Аны туран Атос училищеҕа тиийбитигэр, дириэктэр: «Атос Кулаковскай, эн наһаа кыраҕын. Чурапчыга тахсан үөрэн, онно эйигин ылыахтара. Чурапчы дойдугуттан даҕаны чугас, манна куоракка сатаан сылдьыаҥ суоҕа», — диэбит. Инньэ гынан массыына көстө түһэн Чурапчыга кэлэн хаалар. Онтон Чурапчы училищетын бүтэрээт, Халымаҕа учууталлыы барар. Халыма кэннэ — аармыйалыыр. Аармыйаттан кэлээт, аҕатын этиитин толороору тута университекка туттарсар. Ити кэмҥэ дьүдэйэн, сыккырыыр тыына эрэ хаалан сылдьаахтаабыта. Төрдүс, бэһис этээскэ нэһиилэ тахсара. Аны өлүү түбэлтэлээх куоракка биир даҕаны чугас дьоммут суох кэмнэрэ. Ол иһин Атос порду, вокзалы хонук сир оҥостоохтуур. Дьэ онтон, баҕа санаата туолан, үөрэххэ киирбитин истэн баран, дойдутугар биирдэ тахсар. Барахсаным, бу сандааран тиийэн кэлбитин эмиэ харахпар бу баар курдук көрөбүн…

Дьоммут дьиэбит иһигэр иллээх буоларга ииппиттэрэ. Биир кэм дьиэбит иһинээҕи эйгэ күөстүү оргуйа олороро. Ол курдук, оҕолор бэйэбит хаһыат таһаарар, ырыа ыллыыр, дуобаттаан, илии-атах оонньуутугар күрэхтэһэр, былыргы остуол оонньууларын эгэлгэтин тэрийэр буоларбыт. Саас эрдэ хайа быарыгар харалдьык таҕыста даҕаны, Амманы туораан дьаарбайа барарбыт. Ол сылдьан ас тардынан аһыырбыт уонна хайа үрдүттэн дойдубутун көрөн дуоһуйа турарбыт өйбөр хатанан хаалбыт.

НОРУОТ ӨСТӨӨҔҮН УДЬУОРДАРА

Биирдэ оройуонтан Канаев диэн киһи тахсыбытын туһунан кэпсээтилэр. Оччолорго Атостуун бэһис кылааска үөрэнэбит. Аҕам онно тоҕо эрэ аймаммытын эҥин өйдөөбөппүн. Оскуолабытыгар сарсыарда ахсын сэрээккэлиир этибит. Ол күн сэрээккэлии сырыттахпытына сиэрэй сонноох, олус мааны уонна наһаа эмис, ырхайбыт киһи аҕабын батыһыннаран хааман иһэрин көрдүбүт. Аҕабыт барахсан кини кэнниттэн хонноҕун анныгар журналы кыбынан буруйдаах оҕо курдук батыһан иһээхтиирэ. Бу сарсыарда аҕай көрбүт киһибит — аҕабыт ол икки ардыгар баттаҕа арбайан, бэйэтэ букатын дьүдэйэн, кубарыйан хаалбыт дьүһүннэммит этэ. Дэлби соһуйдубут. Төбөбөр тоҕо эрэ «куһаҕан киһи» диэн санаа көтөн түспүтэ уонна оннук мэлдьи хатанан хаалбыта. Ол киһи онно аҕабытыгар: «Өскөтүн эн аҕаҕын буржуазнай националист этэ диэн билиммэт буоллаххына, үлэҕиттэн тохтуугун», — диэбит. Ол киһи аҕабыт бу үлэтиттэн тохтоотоҕуна атын сиргэ үлэ булара уустугун, оҕолорун айаҕын иитэригэр улаханнык кыһарыйтарарын билэр эбит.

Онтон туран, биһигини библиотека хоһугар ыҥыртардылар. Онно киирбиппит, истиримээҥ-

кэ үрдүгэр туран бибилэтиэкэрбит, долбуурга турар кинигэлэртэн Алексей Кулаковскай, Анемподист Софронов, Николай Неустроев суруйууларын ороон ыла-ыла сиргэ быраҕаттыы сылдьар эбит. Хайыы-үйэ балай эмэ кинигэ биһиги иннибитигэр сытара көстө түспүтэ. Эһэбит барахсан үтүө аата, сырата-сылбата бу ыһыллан сытаахтыыра. Ону көрөөт, хайдах эрэ бөтө бэрдэрдим, тулуйбатым, көрүдүөргэ ыстанным. Быраатым эмиэ хап-сабар кэннибиттэн ойон таҕыста. Сотору уолаттар сүүрэн кэллилэр уонна: «Эһэҕитин уматан эрэллэр!» — диэн тыллыы оҕустулар. Биһиги эппит сирдэригэр — оскуола кэннигэр сүүрэн таҕыстыбыт. Онно оскуола кэннигэр икки ааннаах ампаар баара. Ол таһыгар тиийэн күрүө быыһынан көрбүппүт, букатын бугул саҕа өрөһөлөммүт кинигэлэр уокка умайан күлүбүрүү аҕай турар этилэрэ…

Онно дьиктиргээбитим диэн, кинигэ илиистэрэ умайбытынан утуу-субуу халлааҥҥа харбыалаһан тахсаллара. Кураанах кинигэ сытан да эрэ умайыа эбит даҕаны, онно соһуйбутум. Ону көрөөт, Атоспар аҕабытыгар баран этэ охсуохха диэн, иккиэн төттөрү ыстанныбыт. Санаабытыгар, арааһа, кини эрэ ити алдьархайы тохтотуон сөп этэ. Оннук сүүрэн тарымтахтанан дьиэбитигэр тиийбиппит, аҕабыт оһоҕун иннигэр олорор эбит. Курданарыгар, синньигэс биилигэр диэри сыгынньахтаммыт, оһоҕун аана аһаҕас. Өйдөөн көрбүтүм, төбөтүн уокка чугаһатан, уот суоһа сиир-сиэбэт сиригэр сыҕайа, сиэтэ турар эбит. Онтон оһох иһиттэн дьикти күөх төлөн сыыйыллан үөһэ тахсар. Биһиги киирбиппитигэр эргиллэ түспүтэ, сирэй-харай тыйыһыран, хотой курдук көрөн ылла. Онтон эмискэ уҕарыйа охсон, көннө. Мин ол көрбүтүттэн уҥуоҕум халыр босхо барыар дылы куттанным. Ол да буоллар эһэбит кинигэлэрин ампаар кэннигэр уматан эрэллэрин туһунан кэпсии оҕустум. Онуоха аҕабыт куолутунан намчы куолаһынан: «Оҕолорум сыыһа, эһиги билигин кыраҕыт. Кытаатыҥ, төрүт чорбоҥноомоҥ. Улааттаххытына, итини быһаарсар дьон буолуоххут. Норуот бэйэтэ быһаарыаҕа. Норуот быыһаан ыллаҕына – Кулаковскай күөрэйиэ, норуот тимиртэҕинэ – тимириэ буоллаҕа», — диэтэ. Арааһа, ол түүн ороммутугар сытан ытаабыт буолуохтаахпыт. Ити күн олус уйадыйбыппыт, наһаа аймаммыппыт, бары сүөм түспүппүт…

Чычымах дьоно «бу эһиги норуот өстөөҕүн сиэннэрэҕит» эҥин диэн биирдэ даҕаны кырыы-таныйа, сирэй-харах анньа сылдьыбыттарын өйдөөбөппүн. Көннөрү оҕолор курдук сыһыаннаһар буолаллара. Ол иһин биир дойдулаахтарбар махталым наһаа улахан. Киһи кэлин олорон санаатаҕына, киһиэхэ ыарахан кэмнэригэр кыра да үтүө тыл, истиҥ, иһирэх сыһыан наһаа наада буолар эбит.

Кэлин Гоша Самсонов диэн Атос доҕоро, биһигиттэн биир сыл аҕа уол, «Учууталларым барахсаттар» диэн ыстатыйа суруйбут этэ. Ол ыстатыйаҕа ити күн Канаев мунньахха Кулаковскайы баһааҕырдаары, кини сырдык аатын сиргэ тэпсээри дьону муспутугар букатын аҕыйах киһи кэлбитин уонна төттөрүтүн Кулаковскайы көмүскэһэн ол киһилэрин эбии кыйахаабыттарын туһунан ахтыбыт. Ол ахтыыга ити күн Реас Алексеевиһы көрөн наһаа аһыммытын, кини киһи, учуутал быһыытынан хайдахтаах курдук үчүгэй, үтүө киһитин киллэрбит. Учууталга үрдүктүк сүгүрүйүүнү мин аан маҥнай итиннэ аахпытым. Ол күнү интэриэһиргиир буоллаххытына, ыстатыйаны булан ааҕаарыҥ.

Аҕабыт бииргэ төрөөбүттэриттэн соҕотох ордон хаалан баран, ааты-суолу быспат туһуттан, бэйэтин иннигэр улахан сыал туруорунар, этириэс эппиэтинэс ылынар. «Туох баар күүспүн, бары сырабын оҕолорум дьон буолалларыгар аныаҕым, бу туһугар толору сорукпун уурабын», — диэн бэйэтигэр андаҕар этинэр.

Реас Алексеевич Кулаковскай ити андаҕарын толору ситиспитэ. Кини биһиги тыыннаах таҥарабыт буолбута.

ЭҺЭБИТ СЫРДЫК ААТЫН ҮЙЭТИТИИ

Өксөкүлээх Өлөксөй сиэннэрэ буолар диэн тугун туһунан кэпсээн ааһыахпын баҕарабын. Кэпсиирим сыала-соруга диэн биһиги эмиэ бу кэмнэргэ үөрэҕи бүтэрэн, бары ыал-күүс буолан, оҕолонон-урууланан Өксөкүлээх аатын үрдүктүк тутан, аҕабытын, ийэбитин тула мунньустан олорбут дьоммут. Эрдэ эппитим курдук, аҕабыт биһиэхэ олоҕун туһунан улаханнык кэпсээбэт этэ. Ону мин сөпкө гынар эбит дии саныыбын. Киһи олоҕун ыар кэмнэрин дьоҥҥо кэпсии-ипсии, ыһа-тоҕо сылдьыа суохтаах. Биирдэ эмэ ыарыйдаххына, эбэтэр туоххаһыйдаххына кэпсиэххин сөп эрээри, аҕабыт биһигини харыстаан, бу олохтон саамай кэрэтин, баар бары үтүөтүн илдьэ хааллыннар диэн сыаллаах- соруктаах ииппит буолуон сөп эбит диэн билигин толкуйдуубун.

Аҕабыт бастыҥ уонна улахан көмөлөһөөччүтүнэн, бигэ тирэҕинэн ийэбит этэ. Биһиги ийэбит сүрдээх мындыр, уһулуччу толкуйдаах киһи. Кини Реас Алексеевиһы кытары алта уонча сыл олорон, кини эндирдээх суолларын, кини эрэйин-муҥун, кини дьолун-соргутун бэйэтин этинэн-хаанынан билбит киһи буоллаҕа. Ону таһынан ийэбит Татьяна Паповна доруобуйата үчүгэй буолан аҕабыт уһун үйэлэнэн, элбэх оҕолонон-урууланан, бэйэтин аҕа ууһун салгыы тэниттэҕэ. Ийэбит үтүөтүнэн эмиэ эрдэ ахтан аһарбытым курдук, кини Кулаковскайдары биһиэхэ арыйбыт киһинэн буолар. Кини дьоммут туһунан кэпсииригэр, тугу өйдүүрүн барытын сиһилии тиэрдэ сатыыр буолара уонна хайаан даҕаны хас биирдиилэрин киһи быһыытынан хайдах хаачыстыбалаахтарын арыйа сатыыр идэлээҕэ. Онтон сэдиптээн, хайа-хайабыт кими утумнаабыт буолуон сөбүн өйдөтөрө. Онон ийэбит Өксөкүлээхтэр удьуордарын оҕо-уруу төрөтөн эрэ тэнитэн буолбакка, өбүгэбитин кытары өссө ситиммитин силбээбитэ. Ити улахан сорук уонна ийэ киһи өттүттэн толору төлөммүт — ытык иэс!

Биһиги Өксөкүлээх удьуордара буолан тураммыт бэйэбит билбэппитинэн даҕаны эһэбит, аҕабыт тула мустан, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитэр туһуттан туох эрэ оҥоһуллуохтааҕын испитигэр сайыннаран, истибиппитин ситэрэн, көстүбүтү түмэн испиппит. Эрдэттэн оннук өйгө-санааҕа тиийбит эбиппит. Ол курдук, мин ити өттүгэр туох үлэ ыытыллыбытын туһунан кылгастык ахтан ааһыахпын баҕарабын. Манна чуолаан кини ыччаттарын сыһыаннарын сырдатыаҕым. Биллэн турар барыларын эмиэ сатаан киллэрэр кыаҕым суох. Уопсайынан Өксөкүлээх Өлөксөй сырдык аата тиллэригэр уонна кини олорбут олоҕо, үлэлээбит кэмнэрэ, эйгэтэ тэнийэн, дьон-норуот киэҥ араҥатыгар тахсарын туһугар үгүс үлэ ыытылынна уонна ыытылла даҕаны турар. Ити үлэлэр Саха сиринэн эрэ муҥурдаммакка, аан дойду кэтит киэлитигэр арыллан эрэллэр. Бу эйгэҕэ үлэлии сылдьар бука бары кыттыгастаах дьоҥҥо ис сүрэхпиттэн махтанан туран, эһиги олоххут уонна ыччаттаргыт ыраас суолларын саастаах киһи быһыытынан алҕаатаҕым буоллун.

Мин оскуолабын бүтэрэн баран Саха судаарыстыбаннай университетыгар саха тылын салаатыгар үөрэххэ туттарсан киирбитим. Бу үөрэхпин бүтэрэр дипломнай үлэбэр «Өксөкүлээх удьуордара» диэн теманы талан баран, наһаа уһуннук суруйан түмүктээбитим. Дипломнайбын суруйар кэммэр кэргэн тахсыбытым, оҕоломмутум. Онтон сылтаан кэтэхтэн үөрэнэргэ эҥин күһэллибитим. Ол да буоллар саҕаламмыт дьыала бүтэр уһуктаах буоллаҕа. Дипломнайбын ситиһиилээхтик көмүскээн, эһэм туһунан үлэ маҥнайгы олугун уурбут киһинэн, кини ыччаттарыттан мин буолабын. Бу үлэбинэн олуһун киэн туттабын. Бу үлэбэр эһэм Бүлүүтээҕи сырыыларын киллэрбиппиттэн, Бүлүүгэ баран кини үлэлээбит оскуолатыгар сылдьан, онно харалла сытар Өксөкүлээх бэйэтин илиитинэн суруйбут кумааҕыларын бэрийэн, микрофондалары кытары билсэн, учууталлары кытары көрсөн кэлбиппиттэн, кини үөрэппит оҕолорун, оччотооҕуга аарыматыйбыт кырдьаҕастары кытары кэпсэтэн, ахтыыларын ылбыппыттан, Москваҕа тиийэн Дора Жиркованы уонна Муся Потапованы көрсүбүппүттэн үөрэбин. Кинилэр, Саха сиригэр сэбиэскэй былаас олохтонуутун төрдүгэр турбут бу улуу дьахталлар, онно эһэм туһунан эмиэ олус иһирэх тыллаах ахтыы биэрэн турардаахтар.

Дипломнайым суруллуутугар аҕам Реас Алексеевич уонна кэргэним Степан Гаврильевич наһаа улаханнык көмөлөспүттэрэ. Билигин санаатахпына, тус бэйэм бу дипломнайбар матырыйаал булааччы уонна тугу булбуппун чөмөҕөлөөччү эрэ киһи быһыытынан сылдьыбыт да эбиппин. Аҕам ыйан-кэрдэн биэрэн иһэрэ, онтон Степан Гаврильевич суруллубуту тылын- өһүн көннөрөн, уус-уран өттө баһыйыах курдук буолан бардаҕына, наукалыы соҕустук уларытан- тэлэритэн биэрэрэ. Ол курдук, барытын ситэрэн- хоторон чаҕылхайдык түмүктээн, бары да олуһун диэн дуоһуйбуппут.

Быраатым Атос Реасович эр киһи буолан, аҕабытыгар олус чугас уонна үгүстүк кини аттыгар сылдьыбыт киһибит буолар. Кинилэр бэйэлэрин икки ардыларыгар үгүс ахтар- санаһар түгэннэрдээхтэрэ. Ити Атос өссө адьас кыратыттан саҕаламмыта. Эр дьон буолан бултаан-алтаан, оттоон-мастаан үгүс кэми биир-гэ атаарбыттара. Атос Реасович кэлин улаатан үлэһит буолан баран эһэтин, аҕатын тустарынан куоракка музей олохтообута. Ону таһынан дьонун ааттарын кэриэстээн сылын ахсын өрөспүүбүлүкэ уонна оруйуон таһымнардаах араас ааҕыылары тэрийэн ыытара. Дьоммут төрүт сирдэригэр Уучайга оҕолор лааҕырдарын астарбыта. Кини эһэтин бары баҕа санаатын, сырдык ыратын, истиҥ идеяларын олоххо киллэрэн, дьоҥҥо-норуокка туһаны аҕаларын туһугар эмиэ сыратын-сылбатын биэрбит киһибитинэн буолар. Маны таһынан аҕабыт туһунан икки бэртээхэй ахтыы кинигэлэри суруйталаан таһаарбыта.

Балтыбыт Людмила Реасовна эһэбит олоҕун үөрэтиигэ барыбытыттан хорутуулаахтык үлэлээбит уонна ити туһугар бүтүн олоҕун анаабыт киһибит буолар. Кини Москваҕа устудьуоннуу сылдьан архыып матырыйаалларын кытары билсэн, онтон тирэнэн, бары чахчыларга олоҕуран тиһиликтээхтик чинчийэн барбыта. Маҥнай утаа үлэтин хардыытын аҕабыт ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Мила бэйэтэ ол архыып матырыйаалларын хомуйар кэмигэр эһэбит үлэлэрин тылбаастааһынынан эбии дьарыгырара. Ол курдук, кэлин соҕурууттан үлэлээн бүтэн кэлэн баран, санаатын Амыдайга уурбута. Биһиги нэһилиэкпит дьоно, Тааттабыт дьоно Кулаковскайдары барыларын биир сиргэ түмэн, бары бииргэ сырыттыннар диэн санааттан эбитэ дуу, былыр-былыргыттан Амыдай алааска таһааран кистииллэр эбит. Манна Амыдайга Өксөкүлээх Өлөксөй бииргэ төрөөбүт убайын, Таатта улууһун маҥнайгы кулубатын Оонньуулаах Уйбааны Аммаҕа кыһыл бартыһааннар саабыланан сэймэктээн өлөрбүттэрин биир дойдулаахтара тиэйэн аҕалан, арҕаа тыа саҕатынааҕы чүөмпэҕэ киллэрэн сууйан-сотон баран, көмүс уҥуоҕун халдьаайы үрдүгэр таһааран туппуттар. Ону таһынан манна аҕам бииргэ төрөөбүттэрэ уонна Дьэлиһиэй Кулаковскай уруулара бары сыталлар. Биһиги оҕо эрдэхпитинэ Амыдайтан хайдах эрэ наһаа саллар этибит. Мила соҕурууттан кэлэн баран: «Үчүгэйи оҥорор аньыы буолбат», — диэн этэн, өбүгэлэрбит көмүс халдьаайыларын сөхсүтэн, былыргы сэмнэх буолбут мастары аныгы мраморга уларытан, күлүк буолбут ааттарын сөргүппүтэ. Манна көҕүлээччинэн уонна тэрийээччинэн Суорун Омоллоон буолбута. Ол маннык этэ.

Дмитрий Кононович биир күн аҕабытын уонна бары бииргэ төрөөбүттэри түмэн, Амыдай алааһыгар илдьэ таҕыста. Онно аҕабыт: «Бээ, мин өллөхпүнэ бу дойдуну сөхсүтэн көрөөрүҥ», — диэтэ. Онуоха Дмитрий Кононович: «Кэбис, Реас, баҕар эн төрүт өлүөҥ суоҕа. Оччотугар бу уҥуохтар хараллыбакка маннык хаалаллар дуо?» — диэтэ. Онуоха биһиги аҕабыт төрүт өлүө суохтааҕыттан дуу, Дмитрий Кононович хайдах эрэ бэйэтэ сатыырынан итинник көрүдьүөстүк эппититтэн эбитэ дуу, күлүстүбүт уонна сыыры таҥнары сүүрэн түстүбүт. Аҕабыт онно соҕотоҕун өбүгэлэрин быыһыгар туран хаалбыта.

Ити кэннэ ким, ханна кистэнэн сыталларын барыларын ыйан көрдөрбүтэ. Уһаппатахпыт, үлэтэ саҕаламмыта. Биһиги көх-нэм буолбуппут. Өрөспүүбүлүкэ архитектордара үлэлээбиттэрэ, дьон-сэргэ көмөлөспүтэ. Сыыйа барыта ситэн, билигин Амыдай пантеона буолан уларыйан турар. Онно Людмила Реасовна барытыгар сүүрэн-көтөн, кэпсэтэн-ипсэтэн улахан хорсун үлэни оҥорбута.

Людмила Реасовна Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан институту тэрийсибитэ. Оччотооҕу салалта тута өйөөн, институт ХИФУ иһинэн тэриллэн күн- сирин көрбүтэ. Институт үлэһиттэрин маҥнайгы улахан үлэлэрэ — А.Е. Кулаковскай айар үлэтин тоҕус томнаах научнай хомуурунньуга тахсарын былааннарыгар ылыммыттара. Бу үлэ ис-тас былаанын, ол эбэтэр ис хоһоонуттан саҕалаан тас таҥастааһыныгар диэри барытын балтым бэйэтэ барылын оҥорон сирдээн биэрбитэ. Институт билигин айымньылаахтык үлэлээн, үһүс хомуурунньуктарын бүтэрэн, төрдүстэрин саҕалаатахтара буолуо.

Бырааппыт Алексей Реасович, норуокка биллэр аата Дьэҥкир диэн. Кини ити хос эһэбит Дьэҥкир Дьэлиһиэй аатын сүгэр. Аҕабыт кэпсииринэн, Дьэҥкир Дьэлиһиэй сып-сырдыгынан көрбүт, олус ыраас сэбэрэлээх, нуучча курдук киһи эбит. Ол курдук, Алеша дьиэ кэргэнэ – «Дьэҥкирдэр» диэн аат иҥмит ыала. Алеша туох баар өйүн-санаатын бу дойдуга олорбут кэмин бүүс-бүтүннүү эһэтигэр анаабыта. Кини наһаа үчүгэйдик хоһоон, кэпсээн суруйара. Ахтыылары суруйуунан олус табыллан дьарыгырбыта. Тылбаастааһынынан эмиэ киһи кэрэхсиэх гына дьарыктаммыта. Убайынаан Атостуун Уучайга лааҕыр астаран оҕо бөҕөнү онно сынньатан, Кулаковскайдар тустарынан кэпсээн, сэһэн бөҕөнү тэнитэн, сүөһү-ас ииттэн, наһаа үчүгэйдик үлэлээн-хамсаан олорбута. Кинини эмиэ Тааттатын дьоно сүрдээх үчүгэйдик ытыс үрдүгэр тутан, бочуоттаан, чиэстээн, ытыктаан, бары литература тэрээһиннэригэр ыҥыран, көмөлөһүннэрэн сылдьыбыттарыттан биһиги эмиэ олус диэн махтанабыт.

Лариса Реасовна — биһиги кырабыт, биир мааны балтыбыт, оҕобут буолар. Кини Сербияҕа олохсуйбута 20-чэ сыл буолла. Саха дьахтарын быһыытынан ол омук сиригэр тиийэн бэйэтин холумтанын сылааһын киллэрэн, Далбар Хотун буола үүнэн олус үчүгэйдик олорор. Биһиги бары балтыбытыгар баран ыалдьыттыыр үгэстээхпит. Кини төһө да төрөөбүт дойдутуттан тэйдэр, онно олорон саха литературатын, тылын-өһүн, ырыатын-тойугун Европа дьонугар билиһиннэрэр, тустаах тэрилтэлэр нөҥүө киэҥник тарҕатыынан дьарыктанар. Ону таһынан Европаҕа олохсуйбут сахалары мунньан, хас даҕаны түһүмэхтээн ыһыах ыһан, хата кимнээҕэр көхтөөхтүк уонна сэргэхтик олорор. Биир бэйэм кэтээн көрдөхпүнэ, итинник туспа тыллаах- өстөөх, ураты култууралаах норуот ортотугар араас тэрээһиннэри ыытыы, сүрдээх элбэх энергиялаах уонна ылыннарыылаах тыллаах-өстөөх киһиэхэ кыаллар үлэ быһыылаах. Киниэхэ сылдьыбыт кэммэр иккитэ итинник улахан тэрээһиҥҥэ түбэһэн турардаахпын.

2019 сыллаахха кулун тутар 24 күнүгэр Болгарияҕа Кириллица тиэргэнигэр эһэбит Өксөкүлээх Өлөксөй бюһа турбута. Бу тэрээһин Саха сирэ уонна Болгария «Биир санаанан» диэн литература бырайыагын хардарыта култуураларбытын, литературабытын, историябытын билиһиннэрэр сыаллааҕа. Бу норуоттар икки ардыларыгар доҕордоһуу күргэтин түһэрии күнэ этэ. Кириллица тиэргэнэ диэн Плиска куоратыгар баар эмиэ сүрдээх интэриэһинэй, киһи кэрэхсиир сирэ. Бэйэтэ улахан музей, картиннай галереялардаах, часовнялаах, анал оскуолалаах, уопсайынан тылга-өскө сыһыаннаах араас хайысханы ситимнээбиттэр, аан дойду үрдүнэн кириллица тылынан суругу- бичиги тарҕаппыт дьону, кинилэр сырдык мөссүөннэрин мэҥэ таас оҥорон үйэтиппиттэр. Онно биһиги эһэбит Алексей Елисеевич бюһа эмиэ бу дьону кытары бииргэ туруутун сүрдээх улахан суолталаах күнүнэн уонна үйэлэргэ историяҕа хаалар тэрээһининэн ааҕабын. Саха сириттэн ити күн улахан делегация тиийбитэ. Болгария дьоно, музей үлэһиттэрэ: «Алексей Елисеевиһы биһиги көрө-истэ сылдьыахпыт, сыа-сым курдук харыстаан тутуохпут, тулатыгар сибэкки бөҕөнү олордуохпут, төрүт чуҥкутуохпут суоҕа», — диэн тыл эппиттэрэ. Онно Лариса биһикки долгуйан харахпыт уута сүүрбүтэ.

Ол курдук, Ларисабыт биһигиттэн төһө да тэйиччи олордор, эйэ холууба буолан норуоттары ситимниир улахан үлэни ыытыһа сылдьар.

Кыра балтыбыт Татьяна Реасовна сүрдээх хаһаайыстыбаннай киһи. Бииргэ төрөөбүттэр бары тус-туһунан майгылаах-сигилилээх, олоххо ураты суоллаах-иистээх, араас таптыыр дьарыктаах дьон буолабыт. Таанньа барытыгар улахан суолтаны уурар, мунньар-тарыыр, харыстыыр, наада буоллаҕына силимниир, абырахтыыр, эргэҕэ ураты сыһыаннаах киһибит. Кини кэлин Өксөкүлээх Өлөксөйгө музей аһылыннаҕына бу муспут баайын-дуолун барытын утары уунара буолуо диэн эрэнэ саныыбыт.

Дьэ уонна оттон барыбытын көрө-истэ, сүбэлии-амалыы, дойдутугар урут тиийбит киһи быһыытынан Далбар Хотуммут, саамай тумус туттар киһибит Рива Реасовна буолар. Кэргэнэ, хирург, 50-тан тахса сыл бырааһынан үлэлээн баран быйыл сынньалаҥҥа тахсыбыт Гаврил Гаврильевыһынан уонна кинилэр оҕолорунан эмиэ олуһун диэн киэн туттабыт. Дойдубутугар баар саамай чугас, истиҥ, төрөөбүт буорбутун кытары ыкса ситиммит – бу дьоммут. Кинилэр эмиэ миссиялара улахан: аймах-билэ дьону дойдубутугар түүн-күнүс буоллун түмэр, тиһэх сонуннарын үллэстэр, өрүү сүбэлиир-амалыыр. Ханна да сырыттахпытына, дойдубутун кинилэр нөҥүө ахтан, быыс буллубут да онно талаһан, сырыы аайы санаабытын сылаанньытабыт. Киһи сааһыран баран, дойдутун үгүстүк саныыр, эрдэ тэйбит буолан ситимин көрдүүр эбит. Ривалаах бу аан дойду араас муннуктарыгар олорор бары Кулаковскайдарга тутаах уонна сүрүн ситим ыал буолаллар. Алҕас, дойдубутугар итинник олорор чугас дьоммут суохтара буоллар, арааһа, тиийэр даҕаны ахсааннаах буолуо эбит дии саныыбын. Киһиэхэ хайаан даҕаны итинник чугас уруута дойдутугар баар буолуохтаах. Биһиги үгүспүт дойдубутуттан тэйэн хаалан ситиммитин мэлитэ сыспыппыт.

Онон бу «Чолбон» сурунаал нөҥүө Рива Реасовнабытыгар уонна кини дьиэ кэргэнигэр бары аймахтаргыт ааттарыттан, эдьиий киһи быһыытынан ис сүрэхтэн махталбытын тиэрдэбин. Эһиги итии чэйгитигэр, куруутун көрсөр иһирэх мичээргитигэр, харданы эрэйбэт амарах сыһыаҥҥытыгар, таалалатан угуттуур сылаас холумтаҥҥытыгар сүгүрүйэбит. Рива Реасовна, эн ийэбит, аҕабыт киэн туттар, холобур оҥостор кыыстара, биһиги дуоспуруннаах киһибит буолаҕын. Онно эйиэхэ тус бэйэҕэр эмиэ барҕа махтал буолуохтун!

 Утум Захаров

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар