ӨКСӨКҮЛЭЭХ ӨЛӨКСӨЙ УСУЙААНАҔА

      Саха литературатын «алгыстаах тыллаах айбыт аҕата», төрөөбүт норуотун олоҕун биир бастакы чинчийээччи-учуонайа, сүдү общественнай деятелэ Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй төрөөбүтэ 140 сылын туолла.

      Сахабыт сирин норуотун олоҕун, культуратын, тылын былыр-былыргыттан нуучча да, омук да үөрэхтээхтэрэ бэрт өртөн ылата интэриэһиргээбиттэрэ, үөрэппиттэрэ. Хас эмэ сүүһүнэн сыллар анараа өттүлэригэр Саха сиригэр кэлбит уонунан ааҕыллар айанньыттар, сүүһүнэн ааҕыллар учуонайдар чинчийбиттэрэ.

       Манна даҕатан эттэххэ, төрөөбүт хоту кыраайбыт, муора кытыытынан тарҕанан олорор былыргы биһиги өбүгэлэрбит олохторун-дьаһахтарын туһунан 1808-1812 сс. М.М. Геденштром экспедициятын кыттыылааҕа, кини чугас көмөлөһөөччүтэ, сири кэмнээччи Е.И. Кожевин аан бастаан иҥэн-тоҥон үөрэппитэ. Кини Новосибирскай арыылары, Хотугу Муустаах байҕал кытыыларын чинчийиинэн эрэ муҥурдамматаҕа. Онно олохтоох хотугу норуоттар — сахалар, эбээннэр, дьүкээгирдэр олохторун-дьаһахтарын, дьиэлэрин-уоттарын, таҥастарын-саптарын, туттар малларын, майгыларын-сигилилэрин сиһилии билбитэ, үөрэппитэ уонна оччотооҕу кэм сиэринэн ойуулаан-бичиктээн хаалларбыта.

      Холобура, кини Усуйаана олохтоохторун мааныга кэтэр таҥастарынан туралларын, олорор дьиэлэрин, ону таһынан Усуйаана, Верхоянскай тутууларын, Лээхэп арыыларын, Сибэтиэй тумуһу, уопсайа 11 ойууну уруһуйдаабыта. Ону барытын 1809 сыллаахха бэйэтин суоллааҕы бэлиэтээһиннэригэр киллэрэн, икки тус-туспа улахан салаа гынан Сибиир генерал- губернатора И.О. Селифонтов историческай музейын фондатыгар киллэрбитэ.

      Усуйаана олохтоохторун абыычайдарын, итэҕэллэрин, эр-ойох буолууну, оҕо ыарыытын, өлүүтүн уо.д.а. араас элбэх историческай-этнографическай матырыйааллары хомуйбут киһинэн Нуучча полярнай экспедициятын начаалынньыга, барон Э.В. Толль буолар. Маны таһынан кини саха дьонун былыргы олохторун үөрэппит, 1880-1882 сыллардаахха политическай сыылкаҕа сылдьан, Дьааҥынан Муустаах байҕал кытыытыгар тиийэ устубут, онтон тыанан Верхоянскайга төннүбүт, поляк омук биллиилээх этнограф-суруйааччыта Вацлав Серошевскай этэ.

      Биһиги бастакы учуонайбыт Алексей Елисеевич Кулаковскай Саха сиригэр үлэлээбит, Саха сирин чинчийбит учуонайдар үлэлэрин дириҥник үөрэппитэ уонна кинилэр научнай ньымаларыгар олоҕуран төрөөбүт норуотун олоҕун, культуратын үөрэтиини саҕалаабыта. Кини 1914 сыллаахха аан бастаан бэчээккэ тахсыбыт үлэтинэн «Саха өһүн хоһоонноро, таабырыннара, билгэлээһиннэрэ, итэҕэллэрэ, номохторо» буолар. Ол эрээри ити кини кинигэтэ атын киһи — Николай Иосифович Толоконскай аатынан Иркутскай куоракка бэчээттэнэн тахсыбыта. А.Е. Кулаковскай биир саамай бөдөҥ научнай суолталаах үлэтинэн тоҕус уон сыллааҕыта Хачыкаат кытылыгар олорон суруйбут билиҥҥи олохпут оҥкулун, бэйэни салайыныы, суверенитет ылыммыт бэйэбит экономическай, политическай тутулбутун быһаарыныах тустаахпытын дьүһүйбүт «Саха интеллигенциятыгар суруга» буолар.

        Кини ити кэнниттэн 1912 сыллаахха Бүлүү училищетыгар учууталынан ананан үлэлээбитэ. Онно кинини кытта бииргэ үлэлээбит, биһиги бары билэр, киэн туттар киһибит, саха үөрэхтээҕэ С.А. Новгородов соҕуруу Петербург куоракка үөрэнэ барбыта. Кини оннугар ити үөһэ ахтыбыт киһибит Толоконскай, дьиэ учуутала идэлээх киһи, Томскай уокуруктан кэлбитэ. Бу киһи биир кыһын үлэлээн баран дойдутугар сынньана барарыгар А. Кулаковскай киниэхэ бэйэтин рукопиһын биэрбит уонна ону бэчээттэтэригэр көрдөспүт. Ол үлэҕэ барыта 337 өс хоһооно, 268 таабырын, ону таһынан сахалар билгэлээһиннэрэ, итэҕэллэрин көрдөрөр элбэх матырыйааллар уонна «Бэрт хара» диэн биир былыргы номох киирбиттэрэ. Толоконскай ити үлэлэри «бэйэм киэнэ» диэн, сорох матырыйааллары үөһэ-таҥнары тутан кинигэ ис тутулун үлтү бутуйан кэбиспитэ. Мин А.Е. Кулаковскай элбэх өрүттээх научнай уонна литературнай үлэтигэр тохтообокко, кини Муустаах байҕал кытыытыгар тайаан сытар улуустарга, чуолаан Усуйаанаҕа сырыытыгар тохтуурга холонобун.

      Өксөкүлээх Өлөксөй былыр Усуйаанаҕа сылдьыбытын туһунан оҕо эрдэхпиттэн истэрим. Ол гынан баран чуолкайын, кини хаһан, туох сыаллаах онно тиийбитин билбэт этим. Онон ити туһунан ордук сиһилии суруйарга быһаарынным.

       Алексей Елисеевиһи Бүлүү училищетын учууталыттан «үөрэҕэ сөп түбэспэтинэн» диэн сымыйанан сылтахтанан уураппыттара. Онон кини 1916 сыл сайыныгар Булуҥҥа үрдүкү начаалынай оскуола учууталынан ананан уонна сүрэҕэр-быарыгар сөҥөрө сылдьар санаата батарбакка, онно тиийэн хоту улуустары кэрийэн олохтоох омуктар олохторун-дьаһахтарын, тылларын-өстөрүн үөрэтэр сыаллаах борохуотунан Өлүөнэни таҥнары устан Муустаах байҕал кытыытыгар тиийбитэ.

       Тиийээт даҕаны хонон-өрөөн сыппакка, сотору хоту дойду чымаан тымныыта тиийэн кэлиэн иннинэ, күнү-дьылы баттаһа, хотугу уһук сирдэр олохтоохторун саҥаларын уратытын, уостан уоска түһэрэн номох гынар кэпсээннэрин, ырыаларын-тойуктарын, абыычайдарын, онтон даҕаны атын киһи кэрэхсиирин барытын ыйыталаһан, билэн, истэн, биири даҕаны сыыска түһэрбэккэ кумааҕыга суруйан, тиһэн ылбыта.

       Кини ити кэнниттэн Эйилиити таҥнары батан, Өлөөнүнэн Түмэт нэһилиэгэр тиийбитэ. Онно кини хас да күн устата хонон-өрөөн олорон, эмиэ бэйэтин дьарыгынан — суруйуунан күнүн-дьылын атаарбыта. Онтон сотору үлэлиэхтээх сиригэр — Булуҥҥа төннүбүтэ. Кинини манна өр үлэлэппэтэхтэрэ. 1917 сыл күһүнүгэр Дьокуускайга ыҥырбыттара уонна Верхоянскай уокуругун комиссарын дуоһунаһыгар ананарын туһунан эппиттэрэ. Алексей Елисеевич төһө даҕаны сөбүлүүр идэтиттэн, оҕолор барахсаттары билиигэ-көрүүгэ үөрэтэр учуутал үлэтиттэн барар санаата суоҕун үрдүнэн саҥа былаас модьуйуутун толороругар тиийбитэ.

       Кини 1918 сыллаахха Булуҥҥа саҥа былааһы олохтоһо, баайдар-тойоттор үрүҥ харахтарын өрө көрдөрбөккө хам баттаан, илиилэрин- атахтарын, өйдөрүн-санааларын кыаһылаан олорбут Хотугу Муустаах байҕал кытыытыгар бытанан олорор кыра-хара норуоту өрүһүйэ, кинилэргэ көмөлөһө, өйдөрүгэр өй, санааларыгар санаа уга эмиэ борохуотунан айаннаабыта.

       Онтон кини онно Верхоянскай уокуругар аналлаах таһаҕаһы тиэйиигэ дьону Булуҥҥа түмэр сыалтан кэлбитэ. Ол туһунан кини бэйэтэ кэлин бу курдук ахтан суруйбута: «Мин 1918 сыл олунньу ортотугар диэри Булуҥу бүтүннүүтүн, Усуйаананы, Абыйы, Аллайыаханы, Русскай Устьяны кэрийиэхтээхпин. Ити дойдуларга ас-таҥас тиэллиитин көрүтэлиэхтээхпин». Оччолорго Верхоянскай уокуругар аналлаах ас-таҥас Өлүөнэнэн Булуҥҥа тиэрдиллэрэ. Ону күһүнүн сир тоҥмутун кэннэ, бэдэрээтчиттэр кыһыны быһа табанан таһаллара. Дьэ, ол инниттэн Алексей Елисеевич Булуҥҥа кииннэнэн олорон бэйэтин былаанынан үлэлээн барбыта.

        Ити туһунан кини төрөппүт уола, саха биллиилээх суруйааччыта Реас Алексеевич Кулаковскай араас докумуоннарга, ахтыыларга олоҕуран «Аҕам олоҕо» диэн документальнай-публицистическай кинигэтигэр ылыннарыылаахтык суруйбута. Кинигэҕэ кэпсэнэрин курдук, оччолорго хоту сиргэ бүтүннүүтүгэр кэриэтэ үспүкүлээн, хаартыһыт, арыгыһыт элбэх этэ. Алексей Елисеевич төрүт олохтоохтору ыҥыран уопсай мунньахтары тэрийбитэ уонна олорго бэйэтэ улаханнык үөрбүт-көппүт сонунун — ыраахтааҕы бүрүстүөлүттэн уһуллубутун, норуокка көҥүл олох кэлбитин, киһи барыта тэҥ бырааптаммытын, сахалар бэйэлэрэ суруктаах-бичиктээх, оскуолалардаах, ыалдьыбыт дьону эмтиир балыыһалардаах, сайдыылаах дьон буолуохтаахтарын, арыгы, хаарты туох куһаҕаннаахтарын уонна олор бобуулаахтарын туһунан кэпсээбитэ. Ити кэнниттэн кини бэйэтэ ахтыбытын курдук, 1918 сыл күһүнүгэр, кырдьык, Усуйаана Хаһааччыйатыгар тиийэ сылдьыбыта.

         «Кулаковскай Усуйаанаҕа бастаан тиийиитигэр хамыһаар кэлбит диэн сурах тарҕаммыт. Дьэ, онно көрбүттэр олохтоохтор аан бастаан хамыһаар диэн ааттанар саха үөрэхтээх киһитин. Кини бэйэтэ сүрдээх киэҥ билиилээх, бараммат элбэх кэпсээннээх, эдэрчи соҕус, орто уҥуохтаах саха эбит. Кини аҕам аахха, Туомускай Өлөксөйдөөххө (Өлөксөй оҕонньор) киирэ сылдьыбыт. Дьиэлээхтэр хоноһолорун эмис чыыр балыгынан күндүлээбиттэр, биир-икки иһит арыгыны ис- питтэр. Онно ыалдьыт төрүт туундара дьонун инники олохторо хайдах буолуохтааҕын, сайдыахтааҕын кэпсээбит. Кини киһи барыта үөрэхтээх буолуохтаах, кэлин үөрэҕэ суох киһи муммут көтөр оҕотун курдук кэлэр-барар сирэ суох, тэбилик буолан сылдьыаҕа диэбит. Онтон хамыһаар Күндүлүн тааһынан тахсан, Чондоон үрэҕэр тиийэн Сэмэкэ оҕонньору кытта бииргэ олорбут уонна киниэхэ дьиэ тутан биэрбит», — диэн кэпсээбитэ миэхэ эһэм А.А. Томскай-Таптаа оҕонньор.

        Кулаковскай Хаһааччыйаҕа тиийэн Усуйаана улууһун съеһин ыыппыт. Бэйэтэ ыҥырыллыбыт дьон түмсүөхтэригэр диэри нэһилиэктэргэ сылдьан научнай суолталаах араас матырыйааллары хомуйбут, кырдьаҕастары кытта көрсөн тылларын-өстөрүн истибит, өйдөрүн- санааларын билбит.

Кэмниэ-кэнэҕэс нэһилиэктэртэн дьон мунньустан съезтэрэ саҕаламмыт. Онно Кулаковскай ыраахтааҕы былааһа сууллубутун туһунан балайда киэҥник кэпсээн тыл эппит. Түөрт киһиттэн састааптаах куттал суох буолуутун комитетын (билиҥҥинэн милииссийэ) тэрийбит. Ол дьоно милииссийэ эбээһинэстээх эрээри, туох даҕаны сэбэ-сэбиргэлэ суохтара. Кинилэр аҥардас саха быһахтаах буоланнар кутталлаах диэбит сирдэригэр барбаттара. Маны таһынан Алексей Кулаковскай дьаһалынан улахан айдаанынан-мөккүөрүнэн аҥардас дьадаҥылартан хас да киһи састааптаах ас-үөл комитета талылла сатаабыт.

         Алексей Елисеевич Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй Хаһааччыйаҕа сырыытын туһунан «Сахаада» хаһыакка кини төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах таһаарыыга кинини чугастык билэр, көрбүт, этиитин истибит дьон, 1967 сыллаахха «Хотугу сулус» сурунаал 2-с нүөмэригэр таһаартарбыт ахтыылара бэчээттэммитэ. Онно «Өлөксөй киһи киэнэ үтүөтэ этэ» диэн төбөлөөх ахтыыга А.Е. Кулаковскай Усуйаанаҕа сырыытын туһунан кэпсэнэр.

         Ол ахтыыны 1948 сылтан ССКП чилиэнэ, Аллайыаха оройуонун олохтооҕо Андрей Спи- ридонович Горохов 1962 сыллаахха кэпсээбититтэн Н.С. Пестряков уонна М.А. Тоноев суруйуулара бэчээттэммитэ. Оччолорго Аллайыаха Күүрэтэ туспа нэһилиэк быһыытынан Усуйаана улууһугар киирэрэ. Ол иһин Күүрэҕэ, Хоромойго, Бөрөлөөххө сырыы тиһигэ быстыбат буолара. Аллайыаха оҕолоро Тумакка уонна Хаһааччыйаҕа үөрэнэллэрэ. Кинилэр ортолоругар республикаҕа киэҥник биллэр учуонай-историк, профессор буолбут С.Н. Горохов, Советскай Армия саппааска тахсыбыт офицера, байыаннай училищены бүтэрэн баран Германияҕа сулууспалаабыт С.Н. Суздалов уо.д.а. үөрэммиттэрэ.

          Аны саха норуотун чулуу уола, бөлүһүөгэ, үөрэхтээҕэ Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй 1918 сыллаахха Хаһааччыйаҕа кэлэ сылдьыбытын туһунан, оччолорго онно баар А.С. Горохов ахтыытын ааҕыаҕыҥ. Мин манна ахтыллар сорох билэр дьоннорбун хос быһаарарга холоннум.

          «Алексей Елисеевич Кулаковскай Верхоянскайтан Усуйаанаҕа 1918 сыллаахха сааһыары кыһын кэлбитэ. Хаһааччыйаҕа кэлэн ханнык даҕаны ыалга, баайга, дьадаҥыга киирбэккэ, «түһэр» дьиэҕэ тохтообута. Саата- саадаҕа суоҕа, таһырдьа барааҥканан иһирдьэ баата сонноох сылдьара, ачыкылааҕа, хара бытыктааҕа, хаалтыстааҕа, боростуой киһи этэ. Кинини «хамыһаар» диэн ааттыыллара буолан баран, бэйэтин туһунан мээнэ кэпсэммэт үгэстээҕэ.

        Кулаковскай кэлэрин кытта мунньах буолар диэн сурах тарҕаммыта. Онуоха нэһилиэктэртэн быыбара суох ынырыллан, үксүн дьаданы дьон киирбиттэрэ. Барыта 150-ча киһи мустубута. Оччотооҕу кулуба Ефрем Горохов (билигин Хатаска олорор кырдьаҕас учуутал С.И. Горохов эһэтэ — Н.К.) уонна кини хос моонньохторо — баайдар, үгүстэрэ атыыһыттар этилэр.

        Кулаковскай дакылаатыгар биһиги билиҥҥи сорукпутунан дьону аччыктааһынтан быыһаан маҕаһыыннары тэрийиини, аһы-үөлү нуорманан, дууһанан түҥэтиини олохтооһун буоларын этэр. Бу соругу түргэнник олоххо киллэрэр аналлаах сэбиэти тэрийэргэ сүбэлиир. Кини бастатан туран быстыбыт дьону аһынан- үөлүнэн хааччыйар соругу толоруохтаах.

        Сэттэ киһиттэн састааптаах сэбиэт тэрилиннэ. Онно Санников Михаил Михайлович — бэ- рэссэдээтэл, быстар дьадаҥы, нуучча аҕалаах, саха ийэлээх, сытыы тыллаах-өстөөх киһи (М.М. Санников-Атыыһыт Миисэтэ, барон Э.В. Толль экспедициятын кыттыылааҕа, кини хаһаайыстыбаннай чааһын сэбиэдиссэйэ, биһиги эбэбитин В.И. Стрижеваны-Попованы ииппит киһи — таайа. Дьадайан баран 1920 сыл эргин Хаһааччыйаҕа өлбүт — Н.К.), Свинобоев — дьадаҥы, элбэх оҕолоох бааһынай киһитэ, эмиэ нуучча төрүттээх, кини суруксут буолла (бука, кини уола буолуохтаах, саха биллиилээх общественнай деятелэ, суруйааччыта П.А. Ойуунускай хаайыы түрмэтигэр өлөөрү сыттаҕына дьонтон эрэ барыларыттан истиҥник сыһыаннаспыт, эмтээбит-томтообут, Усуйаана Хаһааччыйатыттан төрүттээх, нуучча биэлсэрэ Свинобоев диэн урут «Хотугу сулус» сурунаалга суруйан турар. Свинобоев кэлин Ойуунускай биир үбүлүөйүгэр ыҥы- рыллыбатаҕыттан хомойорун биллэрбит этэ

  • Н.К.), Попов Гавриил — урут ыраахтааҕы эстиэн иннинэ кулуба буолартан кыккыраччы аккаастаммыт, баайдары сөбүлээбэт диэн тыл тарҕаммыт киһитэ (кини биһиги төрөппүт эһэбит Г.Д. Попов-Хабырыыһа оҕонньор, 1851- 1947 сс. Усуйаана улууһугар кэтэх кулубанан элбэхтэ талыллан үлэлээбит. 1930-с сылларга репрессияҕа түбэһэн тутулла сылдьыбыта
  • Н.К.), Горохов Николай Николаевич — дьадаҥы, урут быыбарынайынан үлэлээбит, бэйэтэ сугулааҥҥа дьуһуурунайдыы олорон ыраахтааҕы мэтириэтин хайа тардан сиргэ быраҕан нэһилиэнньэ ортотугар эмиэ сурах тарҕаммыт киһитэ, Трифонов — нуучча өбүгэлээх, үөрэхтээх, дьадаҥы киһи, Портнягин Иван Иванович саха, кыра үөрэхтээх, дьадаҥы киһи, сэбиэт казначейынан ананар. Сэттис киһи аатын өйдөөбөппүн, умнубуппун.

        Сэбиэт саҥа талыллыбыт састааба А.Е. Кулаковскай этиитинэн аска-үөлгэ карточнай сис- тиэмэни олохтуохтаах. Дьон бары быһыллыбыт нуорманан аһыахтаахтар. Онуоха кылаассабай айдаан турда. Мустубут дьонтон Черкашин Ананий (төрдө Дьокуускай) диэн саха киһитэ баайдары утары ордук чобуотук, сытыытык тыл эттэ. Кини: «Карточнай систиэмэни булгуччу олохтуохха, баайдар илиилэригэр баар бурдуту, чэйи, табаҕы тэҥҥэ үллэрэн дьону аһатыахха наада!» — диэтэ. Ити киһи А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй дакылаатын толору бигэргэтэн, утумнаахтык көмүскээтэ. Биһиги нэһилиэктэн киирбит дьадаҥылар эмиэ ити этиини өйөөтүбүт. Ол эрээри баай- дар утардылар. Кинилэр ааттарыттан Бүлүү уокуругун исправнига Березкин сахалыы үчүгэйдик билэр нуучча киһитэ тыл эттэ. Кини: «А.Е. Кулаковскай ханнык даҕаны бырааба уонна боломуочуйата суох эрээри, бу айдааны соруйан таһаарда», — диэн буруйдаан туран атыыһыттар уонна баайдар интэриэстэрин аһаҕастык көмүскээтэ. Ол кэнниттэн Усуйаана баайдара уонна атыыһыттара бары: «А.Е. Кулаковскай соҕуруу дойдуга буолбут аймалҕаны манна олохтоору оҥостор ханнык да бырааба суох», — диэн утардылар. Онуоха А.Е. Кулаковскай олохтоох баайдары саралаан: «Сир бааһынайдарга бэриллэр, онтон фабрика уонна завод государствоҕа бэриллэрин туһунан сокуон таҕыста», — диэтэ. Ол эрээри А.Е. Кулаковскай туруорар боппуруоһун баайдар уонна атыыһыттар Антипин, Сэмэн Павлов, Суон Павлов, Артамонов, Санников Иннокентий, Санников Иван Иванович уо.д.а. сорунуулаахтык утардылар. Онон дьадаҥылар уонна баайдар мөккүөрдэрэ ый устата салҕанан баран, мунньах тохтуу-тохтуу буолла. Тиһэҕэр биир ыйдаах айдааннаах мунньах бүтүүтэ дьадаҥылар уонна баайдар илиинэн киирсиигэ тиийдилэр. Кинилэр икки аҥы, тус туспа тиэргэҥҥэ муһуннулар, өһүөннээх, эйэлэспэт харахтарынан көрсөллөр, үөхсэллэр. Эт Бас диэн күүстээх киһи баайдарга атыыланан дьадаҥыларга сутуругунан киирэр. Сэбиэти тэрийэргэ эбэтэр баайдар диэки буолан тэрийбэккэ диэн ис хоһоонноох икки аҥы испииһэк оҥоһуллар. Баайдар астаах дьон диэки тураҕыт дуу, аһа суохтарга, быстыбыттарга бараҕыт дуу диэн дьону аҕытаассыйалыыллар. Онтон кинилэр ыалларга дьиэлэринэн сылдьан арыгыны иһэрдэ-иһэрдэ дьону биһиги диэки буолуҥ диэн тылларыгар киллэрэ сатыыллар. Миигин эмиэ ыҥыран кэпсэппиттэригэр сөбүлэспэтэҕим.

        «Судаарыскайдары» кытта сибээстээх, кэнники кыһылларга кыттыбыт Чагин аҕабыыт (Гражданскай сэрии саҕана үрүҥнэргэ да, кыһылларга да тэҥинэн кыттыбыта — Н.К.), олохтоох киһи Томскай Иван Иванович (кэлин аатырбыт кыһыл бартыһаан, коммунист, Туматтан төрүттээх Анды Мурун буолуохтаах — Н.К.), Горохов Василий Алексеевич (кыһыл бартыһаан) А.Е. Кулаковскай туруорбут боппуруоһун мунньах устатын тухары өйүүллэр. Ол эрээри бу айдаан түмүгүнэн баайдар хотоллор. Онон Кулаковскай этиитэ олоххо киирбэккэ хаалар.

        А.Е. Кулаковскай дьону кытары үгүстүк кэпсэтэн остуоруйаны, сэһэни, ырыаны хомуйара. Кини онтон илин ааспыта, уу-хаар тахсыыта эргиллэн кэлбитэ. Илинтэн, Аллайыаха диэкиттэн кэлиитигэр суол суох буолан сайылыы хаалбыта. Кини Барабанскай Сэмэкэ диэн эбээн булчут оҕонньору кытта Чондоон үрэх баһыгар Быраҕаччы тааһыгар иккиэйэҕин эрэ сайылыыллар. Сэмэкэ оҕонньор: «Өлөксөй киһи киэнэ үтүөтэ этэ. Кини олорор дьиэбитин тутуспута. Куруутун суруйан тахсара. Хаһан да бүппэт кэпсээннээх этэ», — диэн ис сүрэҕиттэн убаастаан кэпсиирэ, дьиҥнээх доҕорунан ааҕара».

      Саха саарынын, сүдү киһитин А.Е. Кулаковскайы-Өксөкүлээх Өлөксөйү илэ бэйэтин көрбүт, кини тыл этиитин эт кулгааҕынан истибит Алексей Спиридонович Горохов, дьэ, итинник кэпсээннээх киһи буолла. Биһиги киниэхэ ахтыытын суруйтарбытыгар махтаныахпытын эрэ сөп. Манна даҕатан эттэххэ, Р.А. Кулаковскай «Аҕам олоҕо» сэһэнигэр Алексей Хаһааччыйаҕа Чордоон (Чондоон) үрэҕэр олорор Лебедев Иннокентий Семенович (Сэмэкэ Лэгиэнтэй) диэн быстар дьадаҥы эбээҥҥэ түбэспитэ, кинини бу киһи ыарыылаан аҕыйах хонугунан атаҕар туруорбута диэн суруллубут (152 стр.). Мин тус бэйэм Сэмэкэ оҕонньор И.С. Лебедев дэнэрин кытары сөбүлэһэбин.

       А.Е. Кулаковскай ити үөһэ этэн аһарбыт сирдэригэр тоҕо барбытын туһунан 1919 сыллаахха Верхоянскай уеһын управляющайыгар бу курдук быһааран суруйбута: «Хоту тоҕо бара сылдьыбытым туһунан аҕыйах тылы этиим. Халыма суолугар кураанах турар станциялары олохтуур наада этэ. Ол иһин Абыйга барбытым. Аллайыахаҕа 400 кэриҥэ мещаннар уонна сахалар акыйаантан балык тахсыбакка, хаһан да буолбатах сукка ылларбыттар этэ. Ол иһин онно сылдьар наада этэ. Онно тиийэн мин чукчалартан 100 табаны атыылаһан сутаабыт дьону хааччыйдым, 300 буут хааһына бурдугун тиэйэн аҕаларга дьаһайдым. Верхоянскай улууһугар анаан атыыһыттартан табаар уонна саа сэбин көрдөһөөрү Хаһааччыйаҕа барбытым».

         1919 сыллаахха тохсунньу 13 күнүгэр Верхоянскай уеһын коллегията ити этиллибит таһаҕаһы (бурдугу, тууһу, саа сэбин уо.д.а.) ити уокурук улуустарыгар түҥэппитэ. Холобура, ити мунньахха бурдугу бу курдук түҥэппиттэрэ: Булуҥҥа 264 буут бурдук хаалыахтааҕа, Верхоянскай улууһугар — 2800 буут, Усуйаанаҕа — 528 буут, Аллайыахаҕа — 325 буут, Русскай Устьеҕа — 400 буут бурдук барыахтааҕа.

         Ити сыл олунньу 5 күнүгэр ол таһаҕаһы Булуҥтан, Верхоянскайга, Усуйаанаҕа бэдэрээтинэн көтөхтөрөөрү Верхоянскай управлениета 11020 солк. 50 харчыны Булуҥҥа ыыппыта. Ол докумуоҥҥа таһаҕас тиэйиитигэр Верхоянскайтан «бэрт аҕыйах киһи көстүбүтүн» туһунан этиллибит.

         Аны А.Е. Кулаковскай Абыйга сырыытын туһунан Е.И. Бережнев ахтыытын ааҕыаҕыҥ: «Кулаковскай бараатын кытта таас диэкиттэн кумалааннарга уонна дьадаҥыларга 100-тэн тахса табаны үүрэн киллэрэн түҥэппиттэрэ. Онон кумалааннар уонна дьадаҥылар киниэхэ олус махтаналлара».

        «А.Е. Кулаковскай биһиэхэ, Аллайыахаҕа, сааһыары, күн ортотун саҕана, үс сыарҕа табанан соҕотох каюру кытта тиийэн кэллэ. Биһиэхэ чэйдээтэ, эбиэттээтэ. Аан бастаан бэйэтин билиһиннэрэн: «Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөйбүн, суруйааччыбын, бэйэм идэбинэн дьарыктанабын. Билиһиннэрэ таарыйа икки хоһоону ааҕыым», — диэтэ. Олус да хоһуйар киһи эбит диэн барбытын кэннэ дьон сөҕөн кэпсэтэллэрэ. Табалар тута көстүбэккэлэр киэһэ хараҥаран барда, ыалдьыт сонун сиэбиттэн чүмэчи таһааран уматан баран сыҥаах баттанан олорон ыллаата. Тойуга дириҥ ис хоһооннооҕо, киһини үөрдэр, санааны чэпчэтэр хомуһуннаах уус-уран тыллааҕа. Онтон сотору саха остуоруйаларыттан кэпсээтэ. Кулаковскай салгыы этэр: «Биһиэхэ быйыл сүрдээх сут дьыл буолла. Дьэ, манна биһиги дьону өрүһүйэргэ дьаһаныах тустаахпыт».

      Кини ис сиэбигэр блокноттаах, харандаастаах сылдьар эбит. Ону таһааран билбэт тэриллэрин, малларын ааттарын суруйталаата. Түүн табалары көрдөөн булан аҕам кэллэ. Сарсыарда мин аҕабыныын икки сыарҕанан Өксөкүлээҕи Туораҕа, икки көстөөх сиргэ тиэрдэн биэрдибит.

      Эһиилгитигэр Булуҥ диэкиттэн уоннуу таба сэтиилээх дьон кэл да кэл буолла. Бурдук, арыы, саахар, муҥха илимигэр анаан сылгы кутуругун кылын аҕаллылар. Биирдии бууттаах буруус сибиньиэстэр кэлбиттэрин сүгэнэн суоран, быһа холуйан түнэтэллэрэ. Оннооҕор тобукка хатыллар көлөпүнэ баара. Итинник көмө Русскай Устьеҕа эмиэ оноһуллубута. Бэдэрээтчиттэр — таба сыарҕалаахтар бэрт үгүстүк таһаҕаһы Аллайыахаҕа аҕалбыттара». Бу ахтыыны 1932 сылтан ССКП чилиэнэ, пенсионер Н.И. Слепцов 1962 сыллаахха суруйтарбыт.

      Кулаковскай Усуйаанаҕа сырыытын туһунан Хаһааччыйа олохтооҕо, оччолорго 6-7 саастаах оҕо, билигин 80-тан тахсыбыт кырдьаҕас Егор Николаевич Слепцов-Дьөгүөрсэ ахтыытын ааҕабыт.

      «Хаһааччыйаттан сэттэ көстөөх Харгыы күөл диэн сиргэ 1920-1921 сылларга, оччолорго чороччу улаатан эрдэхпинэ, Кулаковскай биир ыалга тохтоон сааһаан ааспыта. Бу сыһыы буолбут күөл аҕыйах сыллааҕыта уута үрэххэ түһэн кытыыларынан онхой, дьорон уонна ортотугар күөл эрдэҕинээҕи дириҥ оҥхойо ордон хаалбыт көлүйэ уулардаах этэ. Ол сыһыыны тула сэттэ ыал олороро. Кинилэр аҕыйах да буоллар ынах сүөһүлээхтэрин хотоҥҥо тутан сайылаталлара. Ону таһынан холбоон үс сүүсчэкэ көлүүр табалаахтара. Оччолорго бу сыһыыга ыам ыйыгар халыҥ үөрдээх кэлии хаастар мунньустан туундара иэнэ ирэрин кэтэһэ сыһыы кумаҕын отун төрдүн сиэн, сынньанан абыранан ааһаллара. Олору көтүттэхтэринэ былыт курдук күнү бүөлүүр тыһыынчанан үөрдээх хаастар эриэккэс дьикти куоластарынан лыҥкынач- чы саҥаран иһийэн турар чуумпуну аймыыл- лара. Онтон күһүн балаҕан ыйыгар көтөр- сүүрэр оҕото улаатан уойаары, сынньанаары чугас эргин куһа-хааһа барыта эмиэ манна мунньустар быһыылааҕа. Билигин санаан көрдөхпүнэ, биһиги даҕаны сирбитигэр-уоп- путугар оччолорго көтөр кэлэр, төрүүр-үөкүүр буолар эбит этэ.

        Кулаковскай олорбут ыаллара Уйбааннаах диэн элбэх ынахтаах, үөрүнэн сылгылаах этилэр. Манна Кулаковскай олорор кэмигэр биһиги чугас ыалбыт орто уоллара Лэгиэнтэй киниэхэ хаста да бара сылдьыбытын уонна Кулаковскай «Саас кэлиитэ» диэн хоһоонуттан буолуо, ааҕан добдугуратарын сөҕөллө- рүн өйдүүбүн. Оччолорго Кулаковскай саҥа уолбут Харгыы күөлгэ киирэн буорун амсайан көрбүт уонна: «Олус үтүө буордаах сир эбит, сүөһү-ас үөскүүр кыахтаах сирэ буолууһу, онон эһиги манна олохсуйа сатааҥ», — диэбитин улахан суолталаах билгэлээһин быһыытынан өйдүүбүн.

        Кулаковскай олорбут ыаллара үөн-көйүүр өлүүтэ, ол эбэтэр атырдьах ыйыттан тааска, билиҥҥитэ заповедник сиригэр — Ыҥаанньа үрэҕэр тахсаллара. Кинилэр онно кыыл табалары өлөрөн, таас үрэхтэригэр туулаан дьарҕаа балыгы бултааннар, хатаран хаһааналлара. Ол Ыҥаанньа үрэҕэр олохтоох Көстөкүүн, Мас Таҥара диэн хос ааттаах, бөдөҥ-садаҥ көрүҥнээх эбээн оҕонньоро, Кулаковскай сири-дойдуну көрөөрү, булка-алка сылдьыһаары Ыҥаанньаҕа дьону кытта барыста диэн кэпсиирэ.

          1930-с сылларга бу сир ыалларын холкуоска киллэрэн, туох баар сүөһүлэрин холбоон, бэйэлэрин атын сиргэ көһөрбүттэрэ. Онтон ыла бу сыһыы быраҕыллыбыта, киһи-сүөһү сылдьыбат, оннооҕор көтөр-сүүрэр тохтообот буолбута. Бэйэм эдэрбэр биир киһи сырыытын сылдьыбыт, сири-дойдуну кэрийбит, көрбүт киһибин. 1950-с сыллар саҕаланыыларыгар оҕо эрдэхпинэ сылдьыбыт Ыҥаанньа үрэҕэр эбээн оҕонньоро Көстөкүүн-Мас Таҥара дьарҕаалыыр суурдугар таарыйан ааспытым. Онтон чугас, Ыҥаанньа үрэҕэ Чондоон үрэҕэр холбоһор төрдүгэр тииттэрдээх кураанах хордоҕоско турар тиит мутугар хаата суох сулумах бинокль ыйанан турарын булбутум. Ол бинокль аҕыс төгүл чугаһатара. Вена куоракка оҥоһуллубут этэ. Олус бэркэ, чуолкайдык көрдөрөрүн сөхпүтүм. Ол тиит төрдүгэр мутукчаны тэлгэтэн киһи сыппыт сэдибэ биллэрэ, талахтар төрдүлэрин сирийэн көрдөххө салгын кубарыччы охсубут туох эрэ кумааҕытын лоскуйдара сыталлара. Ол туһунан олохтоохтор, бука, онно Кулаковскай тохтоон ааспыт сирэ, биноклун умнубута уонна кыайан төннөн кэлэн ылбакка хаалбыта буолуо диэн сэрэйэллэрэ. Мин ол биноклу ити кэмҥэ Тумакка олорор, бултуур аҕа кынныбар биэрбитим. Кэлин киниттэн ону ханна гыммытын ыйыталаспатаҕым.

           Оҕо сааһым ааспыт, улуу киһи Өксөкүлээх Өлөксөй олоро сылдьыбыт, баара-суоҕа быһа холоон түөрт биэрэстэ төгүрүмтэлээх Харгыы күөлгэ таарыйан аастахпына долгуйа, астына, киэн тутта саныыбын. Эппитим курдук, ол саҕана бу сыһыыга көтөр-сүүрэр эгэлгэтэ тохтуура, төрүүрэ-ууһуура, тула өттүҥ түүннэри кус саҥатынан туолара. Күөл тулатынааҕы кураанах хордоҕоско отон, моруоска бөҕөгө, сыһыы тула сэттэ-аҕыс саастаах оҕолор көстүбэт үрдүктээх бэрдьигэс, соҕоон, билигин атын сиргэ үүммэт бэттиэмэ от өлгөмнүк үүнэрэ. Билигин санаан көрдөххө, Өксөкүлээх бу күөл буорун туһунан эппитэ, арааһа, оруннаах быһыылаах. Ол даҕаны иһин буоллаҕа, бу сир көтөрү-сүүрэри үмүрү тардара, от бөҕөтө доруоһалаах курдук көөнньөн хойуутук үүнэрэ.

          Дьэ ити курдук, Саха норуотун өркөн өйдөөҕө, бөлүһүөгэ Өксөкүлээх Өлөксөй Муустаах байҕал кытыытынан — Усуйаананан, Аллайыаханан, Абыйынан, Булунунан, Верхоянскайынан эргийэн Уһук Хотугу сиргэ олорор кыра-хара, кыаммат дьону аччыктааһынтан быыһаары, онно тутуллар дьаам станцияларын олохтоору, хоргуйан олорор нэһилиэнньэни аһынан-үөлүнэн хааччыйар сыаллаах сылдьыбыта. Ону таһынан кини хотугу кыраай олоҕун-дьаһаҕын, этнографическай уонна историческай матырыйаалларын, фольклору, саха тылын диалектарын, нууччаттан киирбит тыллары эбии хомуйбута. Ону барытын архыып докумуоннара, оччотооҕу кэм тыыннаах туоһуларын ахтыылара чопчу кэрэһэлииллэр, туоһулууллар. Ол үрдүнэн сорох историктар, литературоведтар бэйэлэрин үлэлэригэр историческай кырдьыгы толоостук кэһэллэр, архыып докумуоннарын соруйан сыыһа туһанан дьыала ис өттүн тиэрэ эргитэргэ дьулуһаллар.

          Оннук архыып докумуоннарыгар чиэһинэйэ суох сыһыаннаһыы холобурунан Н. Канаев, Г. Ефремов, Г. Тихонов «Саха литературатын историятын токурутан көрдөрүүнү утары» диэн 1953 сыллаахха нууччалыы, онтон 1955 сыллаахха сахалыы бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэлэрэ буолар. Кинилэр онно А.Е. Кулаковскайы 1918 сыл сааһыгар оччотооҕу былаас сорудаҕынан Уһук Хотугу сиргэ барбыт киһини «1918 сыл от ыйыгар Советскай былаас олохтоммут сураҕын истэн куоппута, сис хайалары быһыталаан, туундараны туораан Усуйаанаҕа уонна Абыйга, атыннык эттэххэ, Саха сиригэр Советскай былаас олоҕурбутун туһунан сурах өссө даҕаны тиийэ илик сирдэригэр күрээбитэ», эбэтэр «Бэйэтин баҕа өттүнэн Советскай былааһы утары ох- суһарга үрүҥ гвардейскай этэрээти тэрийэргэ нэһилиэнньэни хомуйууну ыыппыта» эҥин диэн туох даҕаны сиэргэ баппат дойҕохтооһуну, хоруотааһыны, буруйдааһыны соҥнообуттара.

        Хотугу Муустаах байҕал кытыытынан олорор аҕыйах ахсааннаах омуктары, кыаммат-тиийиммэт дьону-сэргэни аччыктааһынтан өрүһүйээри, олохторун-дьаһахтарын төһө кыалларынан өрө тардаары, чэпчэтээри, төрөөбүт дойдутугар, норуотугар уһун үйэлээҕи, үтүөнү оҥорон хаалларар сыалтан били бэйэлээх эрэйдэнэ, аччыктаан сордоно сылдьыбыт сүдү киһибитин бэйэбит дьоммут, үөрэхтээхтэрбит ити курдук ньүдьү-балайдык самнараллара, балыйаллара сүрдээх кыһыылаах, абалаах буолбаат!

        Төрөөбүт Сахатын сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн Сибиир үрдүнэн аата-суола киэҥник тарҕаммыт бөдөҥ историк-учуонай Г.П. Башарин Өксөкүлээх Өлөксөй олорон ааспыт олоҕун, хорсун-хоодуот сырыытын, үйэлэргэ анаан хаалларбыт дириҥ ис хоһоонноох үлэтин үйэтитиигэ, кини үтүө аатын-суолун кэнэҕэски көлүөнэҕэ хаалларыыга таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. Улахан учуонай өссө биир бөдөҥ үлэтинэн «Саха үс реалист суруйааччылара» диэн сахалыы уус-уран литератураны төрүттээбит А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев айымньыларын уонна кинилэр общественнай-политическай биографияларын, үлэлэрэ дириҥ суолталааҕын, бэйэлэрэ саха норуотун бастакы демократтара буолалларын дакаастаан сымыйа буруйдааһынтан босхолууру модьуйбута. Кини А. Кулаковскай, А. Софронов, Н. Неустроев нэһилиэстибэлэрин көмүскээһинэ, кинилэр үлэлэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдиигэ анаммыт үйэ аҥардаах үлэтэ, охсуһуута, хорсун быһыыта сиэрдээхтик сыаналанан Кулаковскай аатынан государственнай бириэмийэ лауреатын үрдүк аатын биир бастакынан ылбытын Саха сирин үлэлээн иитиллээччилэрэ дириҥ биһирэбилинэн көрсүбүттэрэ.

        Ону таһынан А.Е. Кулаковскай айымньыларын үйэтитиигэ, үөрэтиигэ хорсун санааны ылынан, дьаныардаахтык турууласпыт өссө биир киһинэн биллиилээх учуонай, Саха Республикатын наукатын үтүөлээх деятелэ Е.Е. Алексеев буолар. Кини 1966 сыллаахха «Өксөкүлээх Өлөксөй» диэн бастакы кинигэтин сахалыы тылынан таһаартарбыта. Егор Егорович бэйэтэ ахтарынан, өссө 1955 сыллаахха Москваҕа культура институтугар үөрэнэ сылдьан А.Е. Кулаковскай, А.И. Софронов, Н.Д. Неустроев литературнай нэһи- лиэстибэлэригэр партия уобаластааҕы комитета 1952 сыллааҕы уурааҕын сыыһатын өйдөөбүтүн туһунан ахтар уонна Канаев, Ефремов, Тихонов «Против извращений истории якутской литературы» диэн кинигэлэрин кириитикэлээн суруйбутун кэннэ туора көрүллэн, холуннарыыга сылдьыбытын санатар.

         Кырдьыга даҕаны, оннук этэ. Кулаковскайдааҕы көмүскэһэр саха өйдөөх интеллигенциятын туораталлара, самнараллара. Кулаковскай аатынан государственнай бириэмийэҕэ сиэрдээхтик түһэриллибит историк-учуонай Е.Е. Алексеев 1993 сыллаахха «Өксөкүлээх көмүскэлигэр» диэн ыстатыйаларын кинигэ- тигэр А.Е. Кулаковскай олорон ааспыт олоҕун, сырыытын, үлэтин, норуотугар оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн, үтүө аатын тилиннэрии туһунан киһини кэрэхсэтэр, астыннарар кинигэни таһаартарбыта.

      Саха бөлүһүөгэ А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй дьоҥҥо-сэргэҕэ саҥалыы өйү-санааны угаары, дириҥ билиини-көрүүнү тарҕатаары Саха сирин кытыы муннуктарынан, ыйдаҥалаах сыһыыларынан, тоҥуу хаардаах толооннорунан сылдьыталаабыта. Кини Уһук Хотугу Муустаах байҕалы сыттана сытар Усуйаана сиригэр-уотугар хаста даҕаны төхтөрүйэн баран аччыктаан сордонон, буһан-хатан, ыран-быстан Күндүлүн, Быраҕаччы таастарын, Силээннээх, Уйаандьы сис хайаларынан сатыылаан, Иргичээн, Чондоон сүүрүктээх үрэхтэрин туораабыта, Дьааҥы, Омолой төрдүлэринэн ытынан уонна табанан айаннаабыта.

         Кини саха уус-уран литературатын төрүттээбит бастакы тыл үөрэхтээҕэ, учуонай-фольклориһа, этнограба буолар. Ону сэргэ үөрэҕи-билиини тарҕатааччы, философ, саха норуотун инники кэскилин түстээччи, төлкөлөөччү, сүдү общественнай деятель этэ. А.Е. Кулаковскайы улуу Ойуунускай үрдүктүк сыаналаан маннык суруйбута: «Өксөкүлээх Өлөксөй аан маҥнайгы бүтүн Саха сирин үрдүнэн биллибит саха ырыа- һыта-хоһоонньута, айар тыл алгыстаах аҕата. Өксөкүлээх Өлөксөй хоһоонньут эрэ буолбатах, кини саха былыргы олоҕун чинчийээччитэ. …Кэнники кэлэр дьылларга саха үөрэҕин, саха тылын үөрэтэр дьон Өксөкүлээх Өлөксөй үйэтэ оннук этэ диэн туспа бэлиэтээн ааһыахтара. Сурукка суруллубут тыл үгэһэ, тыл хоһооно, айар санаа илбиһэ Саха сиригэр Өксөкүлээх үйэтиттэн ыла үөскээбитэ диэн бары этиэхтэрэ. Өксөкүлээх үөскээбит, олорбут, үлэлээбит бэлиэтэ хаалла. Айар тылынан сүппэт, өлбөт гына дьүһүннэннэ».

         Өксөкүлээх Өлөксөй өссө биир, өтөрүнэн хатыламмат, сүдү уонна чаҕылхай уратытынан, кини үөһэттэн айдарыылаах өтө көрөөччү буолар. Ону Москва астрологтара Сергей Безбороднай уонна Ольга Шалагина А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй олоҕун историятын, айар үлэтин-хамнаһын гороскобар алтыһыннаран баран сахалыы өйдөбүлүнэн итинник түмүгү оҥорбуттара. Ол туһунан киин уонна республика хаһыаттарыгар бу курдук суруйбуттар: «А.Е. Кулаковскай төһө даҕаны уустук, эриирдээх олоҕу олорон ааспытын иннигэр дьылҕатын ыйааҕынан кини саха суругунан уус-уран литературатын төрүттээччинэн буолбута.

         Кулаковскай айан-тутан, сырдатан, эҥсэн кэлбит олоҕун суолун улуу Ломоносов киэнигэр тэҥниэххэ сөп. Маныаха туох даҕаны мистика суох эрээри, сыллар алтыһыыларыгар, халлаан куйаарын сокуонугар кэтиллэбит. Нуучча тылын-өһүн олохтооччу М.В. Ломоносов 1711, нуучча поэзиятын аҕа баһылыга А.С. Пушкин 1799 сыллардаахха төрөөбүттэрэ. Онон литература үс генийэ үһүөн тэҥ сыыппараларынан (…11, …99, …77) түмүктэнэр сылларга төрөөбүттэрэ мээнэҕэ буолбатах.

        Биһиги орто дойдубутун көстүбэккэ эрэ салайар айылҕа күүһэ баар. Ол эбэтэр Ломоносов, Пушкин, Кулаковскай кэккэлэрэ биһиэхэ үөһэттэн ыытыллыбыт, Гений буолуу биир бэлиэтинэн өтө көрүү буолар. Кулаковскай өтө көрөр дьоҕурун биһиги кини 1910 сыллаахха суруйбут «Ойуун түүлэ» поэматыттан билэбит: Отучча сылынан урут

Охсуһуу олоҕун оҥостуммут,

Бэрт өр бириэмэттэн Сэрии тэрилин бэлэмнэммит,

Сүлүһүннээх сүрэхтээх,

Өрөгөйдөөх өйдөөх,

Ньармаанньыйа саарыстыбалаах

Дэбилгэннээх ньиэмэс омук диэн эбит аата…

Сокуон, солобуода икки

Соргу былдьаһар күнүгэр

Сор, муҥ икки

Солбонуйуо буоллаҕа.

Урукку олох, куолу Уларыйар күнүгэр Уһун сордоох сут Улугурдуо буоллаҕа.

Өбүгэ саҕаттан үгэс Үлтүрүйэр күнүгэр

Өлүү, үлүгэр бөҕө

Үтүрүйүө буоллаҕа…

        Хас биирдии киһи төрүүрүгэр сулустар уонна планеталар алтыһыыларынан суруллубут халлаан куйаарынааҕы коду ылар. А.Е. Кулаковскай күн өлүүтүн кэннинээҕи күҥҥэ төрөөбүтэ. Оттон күн өлүүтүн кэмигэр төрөөбүт дьон чопчу миссиялаах буолаллар. Кулаковскай күн сырдыгын көрөрүгэр халлаан оройугар гороскобун үөһэ өттө Меркурий (айан), тыл уонна литература планетата Венера (поэзия уонна таптал планетата), Сатурн (көрсүһүүлэр, ыарахаттары туоруурга көмөлөһөр өбүгэлэр планеталара) уонна Кулаковскай үрдүк аналын ыйар ый иитии Түмүгэ бааллар. Ону таһынан кини гороскобугар баар Марс планета Саха сирин гороскобугар литература кэрдииһин кытта сөп түбэһэр. Онон Кулаковскай сирдээҕи суола- ииһэ халлаан куйаарын ыллыгынан эрдэттэн айыллыбыта диэн бигэргэтиэххэ сөп. Айар тыл илбистээх аҕатыгар аата даҕаны мээнэҕэ иҥэриллибэтэх буолуохтаах: «Аlexix» гректии Lexix» (тыл) диэнтэн төрүттээх.

        Алексей Елисеевич Москваҕа 1926 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр өлбүтэ эмиэ түбэһиэхчэ буолбатаҕар ким да саарбахтаабат буолуохтаах. Онон Саха сирин чулуу уола, улуу киһитэ Алексей Елисеевич Кулаковскай- Өксөкүлээх Өлөксөй саха бастакы генийэ, ол эбэтэр өтө көрөөччүтэ, билгэһитэ, бөлүһүөгэ буолар.

        Айылҕаттан бэриллибит дириҥ өйдөөх уонна уһулуччу дьоҕурдаах, саха норуотун киэн туттар киһитэ Өксөкүлээх Өлөксөй үйэлэри нөҥүөлээн бүгүҥҥү биһиги олохпутугар тиийэн кэлбит айар илбистээх тыллара, дириҥ силистээх философскай уонна экономическай өрө көрүүлэрэ саха тыллаах баарын тухары сыаналана, салгыы ырытылла, үөрэтиллэ туруоҕа. Онтон биһиги, маннык кэрэ киһилээх саха норуота, хаһан даҕаны өлөн-охтон, эстэн- быстан биэриэ суохтаахпыт, куруутун үүнэ- сайда, чэчирии туруохтаахпыт.

Күндүлүн, кыраайы үөрэтээччи

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар