ӨКСӨКҮЛЭЭХ КУРДУК БУОЛУОХХА

(Людмила Кулаковскаялыын сэһэргэһии)

Өксөкүлээх Өлөксөй саха литературатын төрүттээбит классик суруйааччы эрэ быһыытынан буолбакка, саха уонна аан дойду култууратыгар тустаах кылааты киллэрбит, үйэлээх боппуруостары киэҥ хабааннаахтык таарыйар научнай, публицистическай үлэлэринэн эмиэ үрдүктүк сыаналанар. Биһиги сүгүрүйэр классик суруйааччыбыт уола Реас Алексеевич Кулаковскай дэгиттэр дьоҕурдаах, көнө, эйэҕэс майгылаах суруйааччы, аҕатын туһунан киһи кэрэхсиир ахтыы сэһэнин суруйбута. Онтон бүгүн кини кыыһа СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет А.Е.

Кулаковскай аатынан институт дириэктэрэ, ф.н.к. Людмила Реасовна Кулаковская биһиги ыҥырыылаах ыалдьыппыт.

Людмила Реасовна, эн эһэҥ Өксөкүлээх Өлөксөй айымньыларын оҕолорго үөрэтии туһунан туох санаалааххыный?

  • Оҕолорго оҕо уһуйааныттан саҕалаан үөрэтиэххэ наада. Павловскайга Галина Егорова диэн саха тылын учуутала кыра оҕолортон саҕалаан, улахан дьоҥҥо диэри наһаа үчүгэйдик үөрэтэр этэ. Ити курдук ийэни-аҕаны, дойдуну, саха дьонун Өксөкүлээх курдук таптыырга уһуйуохха, Өксөкүлээх оҕолорго аналлаах хоһооннорун, үлэлэригэр эппит санааларын анаарыахха, үөрэтиэххэ наада. Ол кыайтарбат буоллаҕына атын ньымалары тобулан туһаныахха сөп. Оччоҕо оҕо өйө-санаата иитиллэн тахсыа этэ буоллаҕа дии. Хайа баҕарар омук хайаан да духуобунай лиидэрдээх буолан, кини өйүттэн өй ылан, үөрэҕин үөрэтэн үүнэн-сайдан өрө тахсар. Холобур, кытайдар Конфуцийдарыгар, казахтар Абайдарыгар сүгүрүйэллэр. Биһиги курдук сүүс

киһини ааттаабаттар. «Киһи өйө диэн дьикти» диэн өссө Конфуций суруйан турар. Оттон историк Ключевскай «норуот өйдөбүлүгэр адьас аҕыйах киһи хаалар» диэн эппитэ. Холобур, бэлиитикэни ылан көрдөххө, нууччаларга Петр I туох да мөккүөрэ суох сүдү уопсастыбаннай диэйэтэл. Оттон духуобунай өттүнэн ылан көрдөххө, төһө эмэ Толстой, Некрасов, Лермонтов эҥин курдук улахан суруйааччылар баалларын үрдүнэн аан бастакынан Пушкины ааттыыллар. Ити курдук хас биирдии омук тумус туттар лиидэрдээх буолар. Итиннэ сыһыаран эттэххэ 27 науканы олохтообут, саха литературатын төрүттээбит Өксөкүлээх сахаларга туох да эҥкилэ суох оннук киһи. «Письмо якутской интеллигенции» үчүгэйдик ырытан аахтахха барыта ырылхайдык арыллан кэлэр. Туох да бибилэтиэкэтэ суох сиргэ, Хачыкаакка олорон суруйан кэбиһэргэ улуу өй наада.

Өксөкүлээх оҕону үөрэтиигэ бэйэтэ туспа ньымалардаах курдук истэр этим. Ол хайдаҕый?

Ол чахчы, кини оҕолору үөрэтиитин туһунан научнай үлэлэри Евдокия Михайловна Поликарпова, Степан Константинович Колодезников суруйбуттара. Өксөкүлээх Бүлүүгэ уонна аҕыйах сыл Хачыкаакка үөрэппит оҕолоро кинини сүрдээҕин сыаналыыллар. Кини оҕону үөрэтиигэ туспа ньымалардааҕын туһунан аҕам суруйбута эмиэ баар. Холобур, буукубаны үөрэтэригэр: «А — ахчыйбыта аа», «У — уһаабыта уу», «О — онньойбута оо», «Э — энньэйбитэ ээ» диэн. Ону истэн үөрэммит оҕо үйэтин тухары өйдөөн хаалар. Николай Заболоцкай-Чысхаан «Айан аргыстаах, суол доҕордоох» ахтыытыгар Өксөкүлээх хайдах кинини олох холобуругар үөрэппитин туһунан суруйан хаалларбыта баар дии. Онно Өймөкөөҥҥө айаннаан иһэн биир тылы падеһынан ырыт эрэ диэбитигэр, уол саха тыла падежтаах буолуо диэн түүлүгэр да баттаппакка сылдьар буолан

соһуйа истибит. Аны «тарыҥ диэн тугуй?» эҥин диэн тугу көрбүтүн ыйыталаспытын киэҥ, дириҥ билиилээх буолан барытын тута быһааран, өйдөтөн биэрэр. Ол туһунан историческай наука дуоктара Егор Егорович Алексеев «Өксөкүлээх Өлөксөй» кинигэтигэр баар. «Суруксуттуу сылдьан табаарыстарыгар, билэр дьонугар айылҕа араас көстүүтүн быһааран научнай билиини-көрүүнү тарҕата сатыыра. Егор Дмитриеьвич Кулаковскай- Уот Хойостоон бэйэтин ахтыытыгар кэпсииринэн, биир күһүн Амма Үөттээҕэр (күөлгэ) муҥхалыы киирбиттэр. Онно хабах курдук үллэн, бүлүүһэ айаҕын саҕа лоторуйа тоҥмут муустары булан баран, Өлөксөй муҥхаһыттары ыҥыран ылан: «Бу тугуй?» — диэн ыйыппыт. Онуоха балыксыттар: «Уу оҕуһун тыына» — диэн эппиэттээбиттэр. «Суох, оннук буолбатах, манна газ баар эбит»,- диэн баран мууһу дьөлө охсубутугар, сып-сырдык уу өрө тыган тахсыбыт. Ону испиискэ уотунан даҕайбытыгар, «пур-пур-пур» гынан, олорор киһи саҕа өрө умайан күүдэпчилэммит. Ол газ уота Семен Слепцов диэн киһи саал былаатын сиэн айдаан бөҕөнү тардыбыт. Дьэ ити курдук тугу барытын бэлиэтии көрөн, быһаарыы биэрэр үгэстээх эбит. Педагогическай көрүүлэрэ эмиэ туспалар. «Тыа оҕото ыһыы кэмигэр төрөппүттэригэр көмөлөһүөхтээх. Онон ыам ыйыгар үөрэнэн бүтүөхтээх» уонна «Саха оҕото төрөөбүт тылынан үөрэниэхтээх» диэн туруорсара сурукка тиһиллэн хаалбыттара бааллар.

  • Өксөкүлээх Өлөксөй улахан дуобатчытын билэбит, ол туһунан кэпсии түһүөҥ дуо?
  • Кини дуобатчыт, саахыматчыт. Ыраах айаҥҥа барарыгар бэйэтэ быһан оҥорбут дуобатын, саахыматын куруутун илдьэ сылдьар эбит. Ол бэйэтэ оҥорбут саахыматын дуоската Чурапчы мусуойугар билигин да баар. Ону таһынан наһаа уус киһи. Маһынан, тимиринэн уонна муоһунан уһанар. Миэхэ кини оҥорбут шкатулката баар. Дневнигэр «решил сделать мебель» диэн суруйбут ээ. Онно кыра дьиэҕэ олорон, тартахха хомуллан хаалар миэбэллэри оҥортуур эбит. Оттон дуобатчытын туһунан араас кэпсээннэр бааллар. Чысхаан бэйэтин ахтыытыгар: «Дьоҥҥо сүгүн- саҕын кыайтара охсубат курдук быһыылааҕым. Алексей Елисеевич мин оонньуурбун эмиэ хайҕаабыта уонна наар кыайбыта. Кэнники да оонньоон мин кинини кытта муҥ саатар биирдэ тэҥнэһэн көрбөтөҕүм» диэн хомойо санаабытын

сэрэйбиттии Өксөкүлээх: «Миигин кыайар биир эрэ оонньооччу баар», — диэн уоскуппут. Кэлин ол ааттаах чабырҕахсыт Дьүлэй Бүөкээн буоларын билбит. Дьиҥэр утарсааччыларын хотуон ба- ҕарбакка итинник түстэххинэ маннык буолуо диэн этэн биэрэр үгэстээх эбит. Аны улахан оонньооччулары кытта оонньообутун суруммутун, өйүгэр тута сылдьара үһү. 1919 сыллаахха хотуттан Дьокуускайга кэлэн дуобатчыттары көрсүбүт. Кинилэр Ачаас уонна Дьүлэй Бүөкээн хайдах оонньообуттарын умнан мөккүспүттэр. Онуоха Өксөкүлээх: «Кинилэр маннык оонньообуттара», — диэн баран 1901 сыллаахха оонньообут уон тоҕус баартыйаларын суруйан биэрэн сөхтөрбүт. Ол туһунан Потапов ахтыыта баар.

  • Аны биологическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр Дмитрий Дмитриевич Саввинов «А.Е. Кулаковскай уонна норуот дьылҕата» кинигэтигэр Өксөкүлээх Өлөксөй айылҕа баайын туһаныыга уонна экологияны харыстааһыҥҥа үлэлэрин туһунан сырдаппытын сөҕө-махтайа аахпытым ээ.
  • Мин Өксөкүлээх туһунан төһөнөн элбэҕи ааҕан билэбин да, оччонон кини таһыччы киһи буоларын итэҕэйэрим күүһүрэн иһэр. Сааһыран, олоҕу билэр буолан истэҕим аайы итинник өйдөбүлгэ кэлэ турабын. Холобур, эн Дьокуускайтан Өймөкөөҥҥө, эбэтэр Булуҥтан Уус Дьааҥыга диэри сатыы барыаҥ этэ дуо? Суох. Оттон Өксөкүлээх собус-соҕотоҕун барбыт ээ. Аны саа диэни илдьэ сылдьыбат, быһахтаах эрэ

буолара үһү. Үстэ эһэни кытта киирсибит. Холобур, Өймөкөөҥҥө эһэни бултаабытын туһунан ахтыы баар. Биирдэ ол дойдуга тиийэ сылдьан баай Ньукулай Уоһукабыс Кырбаһааҥкынтан сыанатыгар ат көрдөөбүт. Ол кэмҥэ кинилэри адьырҕа эһэ буулаабытын булчуттар да кыайан өлөрбөккө сылдьар буолан биэрбиттэр. Онон Кырбаһааҥкын эһэни өлөрдөххүнэ биирдэ ат биэриэм диэн баран саа туттаран кэбиспит. Ахтыыга суруйбуттарынан Өксөкүлээх сүүнэ улахан, түөһүгэр мойбордоох уонна уһун ку- туруктаах адьырҕа эһэни өлөрбүт. Арааһа хантан эрэ айаннаан кэлбит гималайскай эһэ буолуо. Өймөкөөн дьоно-сэргэтэ сөҕөн-махтайан: «Хайдах өлөрдүҥ?» — диэн туоһуласпыттар. Онуоха Кырбаһааҥкын биэрбит саатын көрдөрбүт. «Пахай, ити ханньаҕар саанан дуо?» диэн үөгүлэһэ түспүттэр. «Доҕоттоор, онтон ол иһин таптаҕым дии», — диэн күллэртээбит. Уопсайынан, кини дьону хомоппот курдук саҥарар- иҥэрэр эбит. Холобур, тустан хоппут киһитин хомотумаары: «Эйигин ийэ сириҥ таптыыра бэрт буолан бэйэтигэр тарда турар ээ» диирэ үһү. Бэйэтин сүрдээҕин кыанар буолан, сэттэ киһини сүгэн баран оһох тула хаамара үһү. Ахтыыга кини наһаа сылбырҕатын бэркиһииллэр эбит. Ханна тиийдэ да саха, нуучча оонньууларын, кү- рэхтэһиилэрин уонна олоҥхо, оһуокай тэрийэрэ дииллэр. Биирдэ кинини аттарын дьаамнарга уларыта-уларыта 24 көһү эккирэппиттэр. «Ол саҕа сылайбыппын өйдөөбөппүн», — диэн педучили-

ще оҕолоругар 1924 сыллаахха кэпсээбит. Бука, сахалартан бастакы суруйааччы буола сатааччы, карательнай этэрээт хамандыыра Куоста Сокольников өлөрөөрү сойуоласпыта буолуо диэн уорбалыы саныыбын.

  • Людмила Реасовна, эн аҕаҥ уонна убайдарыҥ бэйэлэрин кыанар дьон курдук истэр этим. Кинилэр тустарынан кылгастык кэпсии түһэн ылыаҥ этэ дуо?
  • Аҕам күүстээх дуобатчыт, саахыматчыт уонна атаҕар кытыгырас этэ. «Сөҥ түһэ сырыттаххытына туох үчүгэй олоҕу олоруоххутуй? Чэпчэки санаалаах олоруохха, дьону уонна айылҕаны таптыахха. Оччоҕо барыта үчүгэй буолуоҕа» диэн үөрэтэр буолара. Аҕам миигин көтөҕө сылдьан, Алампа биһик ырыатын ыллыыра уонна: «Оо, Алампа барахсан кимнээх буолан, кимэ кэлэн кини бэчээттэнэ илик хоһооннорун таһаарыа буоллаҕай?» — диэн этэр буолара. Онтон анараа дойдуга аттанар сылыгар: «Алампа тахсыбатах хоһооннорун булан таһаартар», — диэн сорудахтаабыта. Алампаны наһаа чараас дууһалаах, наһаа култуурунай уонна дьоҥҥо истиҥник сыһыаннаһар суруйааччы быһыытынан ытыктыыра. Биһиэхэ оҕолорго Өксөкүлээххэ наһаа сүгүрүйэр киһи этэ диэн кэпсиирэ. Убайдарым да киһи сирбэт дьоно этилэр. Биирдэ Семен Петрович Данилов мин кыра убайбын Ясоны кытта бултуу сылдьыбытын туһунан сөҕөн кэпсээбитэ. Семен Петрович көрөн турдаҕына убайым биир куобаҕы ытан өлөрбүтүн, онно атаҕын анныттан куртуйах көтөн тилигирээн тахсыбытыгар, кэннинэн сальтолаан баран ытан түһэрбит. Аны мотуоркаҕа олорсон устан иһэн: «Тохтооҥ!» — диэн хаһытаабыт. Бары туох буол- лаҕай диэн соһуйбуттар. Киһилэрэ үрэххэ уулуу киирбит тайаҕы ыппытын эппит. Ону биэрэккэ тахсан, өлө сытарын булан ылбыттар. Савва Иванович Тарасов кэпсээнинэн Роман диэн икки миэтэрэ кэриҥнээх киһи, убайым уонна Савва Иванович буолан матасыыкылынан айаннаан испиттэр. Иннилэригэр дьаама түбэспит. Ясон ону көрө охсон, матасыыкылы өрө көтөҕөн таһаарбыт. Дьэ, күүс-уох бөҕө! Оттон улахан убайым Атос сахалартан биир бастакынан хайыһарга ССРС спордун маастара буолбута. Өксөкүлээх сыдьааннара итинник буоллахтарына, бэйэтэ хайдаҕа сэрэйиллэр буоллаҕа дии.

— Хайдах өлбүтүн туһунан кэпсиэҥ дуо?

— Өксөкүлээх 37 күн устата муна сылдьан аччыктаан этэрбэһин сототун уонна көһөн хаалбыт эбэҥкилэр тирии халҕаннарын сиэбит. Онтон тэптэрэн куртаҕа язва буолан, баара-суоҕа 49 сааһыгар Москва балыыһатыгар сытан өлөр. Кини этэрбэһин сиэбэтэҕэ, эбэтэр куртаҕын эмтээн үтүөрдүбүттэрэ буоллар, баҕар уһуннук олоруох этэ. Мин кэлин кини эппит тыла-өһө дириҥ ис хоһооннооҕун өйдүүр буоллум. Холобур, урут эдэр эрдэхпинэ «Письмо якутской интеллигенции» суругар саха интеллигенцията «сознательно бездействует» диэн эппитигэр улахан суолта биэрбэт этим. Оттон кэлин Санкт- Петербург архыыбыгар биир нэһилиэк үөрэхтээҕин үҥсэн үүрдэрбиттэрин булан аахпытым. Ол аата суруксуттаан айаҕын ииттинэр киһи, атын үөрэхтээх нэһилиэккэ баар буоллаҕына киниэхэ конкурент буоларын өйдөөн «сознательно бездействует» буоллаҕа дии.

  • Кини «Ырыа-хоһоон» хомуурунньуга сэбиэскэй кэмҥэ түөртэ тахсыбыта. Онно кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыстаҕын ахсын, тыла-өһө уларыйан испит. Бастакытынан, тылбыт бэйэтэ уларыйан биэрэр. Иккиһинэн, сэбиэскэй кэмҥэ бэлиитикэҕэ сөп түбэһиннэрэн соруйан көннөрөн биэрэллэр. Холобур, хомуньуус баартыйа «кэннитинэн кэҕиннэҕинэ» диэни «кэнникинэн кэҕиннэҕинэ» диэн киһи өйдөөн көрбөт да гына сатабыллаахтык уларыппыттара олох атын өйдөбүлү биэрэр. «Өрүс бэлэхтэригэр» «ол сиэнчэрдэр» диэни «ол сиэннэр» диэбиттэр. Ити кини оннооҕор өрүстэрин «сиэнчэрдэр» диэн үөхсэр, нууччалар аһара олохсуйдулар диэн сөбүлээбэтин ханарытан этэр диэри гыннахтара буолуо. Уруккута дьиҥэ сиэнчэр диэн тылы сахалар сыдьаан диэн өйдөбүлгэ тутталлар этэ. Сороҕор бэйэлэрэ грамотнайа суохтарыттан эмиэ сыыһа суруйан кэбиһэллэр. Холобур, «туруйа кэлэн» диэни «туруйалар кэлэннэр», «хоойнугар киирэн холльугуруу сытта» диэни «хоонньугар киирэн холдьугуруу сытта» диэн хоһоон тональноһын уларыталлар. Ама маны Өксөкүлээх айымньыта диэҥ үһү дуо?! Ол иһин кини бэйэтэ хайдах суруйбутунан бэчээттиир наада диэн академическай таһаарыы бэлэмнэнэ сылдьар.
  • диэн улаханнык ытыгылыы саныыллара буолуо дии.

— Мин үөрэрим диэн ханна да тиийдэхпинэ наһаа көмөлөһөллөр. Адьас эккирэтэ сылдьан көмөлөһөллөр дуу диэхпин баҕарабын. Биирдэ, өссө Борис Ельцин кэмигэр этэ, Санкт-Петербург архыыбыгар тиийдим. Атын сиргэ көһөөрү, нэдиэлэҕэ биирдэ-иккитэ эрэ үлэлиир буолбуттар эбит. Миигин күн аайы ааҕар саалаҕа сылдьан дьарыктанарбын көҥүллээтилэр. Эбиитин чэй сылытан аһаталлар эҥин ээ. Ол курдук төрүт да билбэт дьонум сакааспын була охсон абыраабыттара. Оттон маннааҕы, бэйэбит архыыппыт, бибилэтиэкэбит туһунан этэ да барыллыбат, наһаа көмөлөһөллөр. Ол түмү- гэр Өксөкүлээх икки тыһыынчаттан тахса докумуоннарын, ханна сылдьыбыта, тугу гыммыта барыта сурулла сылдьар күннүгүн уонна сүппүт хоһооннорун булаттаабытым. Сорох түгэҥҥэ Өксөкүлээх хоһооннорун атын киһи аатынан таһаарбыттар. Холобур, «Төрөөбүт соругум» уонна «Сүбэ» хоһоонноро лингвист Семен Андреевич Новгородов аатынан суруллубут. Мин бастаан ону көрөн «Оо, Новгородов үчүгэй баҕайы хоһооннордоох эбит дуу» дии санаабытым. Онтон миэхэ Софрон Данилов эрийдэ. «Люда, ити «Сүбэ» диэн хоһоону үчүгэйдик ааҕан көрөөр эрэ. Мин Новгородов гиэнэ диэн суруйбатахтара буоллар Өксөкүлээх хоһооно диэх этим», — диэбитигэр биирдэ «бабат!» дии түспүтүм. Софрон Петрович кэмпэриэнсийэҕэ ону эмиэ бигэргэтэн эппитэ. Дьэ, ол кэнниттэн дьаныһан туран хоһооннору тэҥнээн көрдүм. «Сүбэ» олох да «Ойуун түүлүн» кэннэ буолан таҕыста. «Ыарахан күннэр кэллэхтэринэ, өлө-өлө тиллиэхпит» диэннээх. Хоһоон тыла-өһө 78 бырыһыана Өксөкүлээх Өлөксөй гиэнэ. Оттон «Төрөөбүт соругум» эмиэ Өксөкүлээх Өлөксөй «Уотум иннигэр» диэн хоһоонугар сөп түбэһэр. Евдокия Иннокентьевна Коркина «установление авторства» оҥорботох. Литератураҕа ааптары быһаарыы туһунан анал научнай салаа баар. Ол көрдөбүлү хайа баҕарар лингвист билэр. Историческай, социологическай, лингвистическай ырытыы оҥоһуллар. Ол кэннэ эрэ бу киһи хо- һооно диэн быһаарыллыахтаах. Холобур, Новгородов фольклору хомуйбут тэтэрээтэ баар. Онно Оонньуулаах Уйбаан, атын да ырыаһыттар уонна бүтэһигэр Өксөкүлээх «Ойуун түүлэ», «Ойуун тойуга», «Билбит-көрбүт» бааллар. Олор быыстарыгар «Төрөөбүт соругум» хоһоон баар.

Ону Коркина бу Новгородов хоһоонноро дии санаан бэчээттэтэр. Ол таһаарарыгар хоһоон саамай сүмэтин, бэйиэт трагедиятын биллэрбит, кыһыытын-абатын эппит тылларын «осознанно» көтүппүт. Кэлин мин Евдокия Иннокентьевнаҕа тиийэн: «Бу Өксөкүлээх хоһоонноро быһыы- лаах»,- диэбиппэр «Буолуо даҕаны, Новгородов хаһан даҕаны хоһоон суруйбатах киһи», — диэбитэ. Чахчы да, олох эдэр киһи «Төрөөбүт соругум» уонна «Сүбэ» курдук дириҥ, дууһа аймааһыннаах ис хоһоонноох хоһооннору айа- рын саарбаҕалыыбын. Дьэ, билигин ону чөлүгэр түһэрэргэ төһөлөөх сыра барыаҕай?! Оччолорго Өксөкүлээх хоһооҥҥо этиллэрин курдук «Омук одурууннааҕыттан» улаханнык ыстарааптанан, «сиэнимсэх» баһылык тойонуттан үтүрүллэн-хабырыллан Бүлүүгэ олорор кэмэ этэ. Онон сүгүн үлэлэппэккэлэр улаханнык санааҕа-онооҕо ыллара сылдьара. Онно атаҕастанан ол бэрдимсиктэри хоһоонноругар хоһуйдаҕа дии. Ити олоҕор ыарахаттары көрсүбүт уонна дириҥ би- лиилээх эрэ киһи суруйар хоһоонноро. Оччолорго реальнай училищены саҥа бүтэрбит, олох ыараханын билбэтэх, очурдарыгар оҕустаран көрбөтөх баай дьон оҕото сатаан суруйар кыаҕа суоҕа буолуо ээ. Дьэ, билигин ону архыыпка харалла сытар докумуоннарынан, ахтыыларынан, научнай ырытыыларынан бигэргэтэ сатыыбын.

  • Людмила Реасовна, Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан институтуҥ үлэтин, түбүгүн туһунан билиһиннэрэ түс эрэ.

2010 сыллаахха ХИФУ ректора Евгения Исаевна Михайлова Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан институт аһарга бирикээс таһаарбыта. Бэйэм да соһуйан хаалбытым. «Открытие института Кулаковского моя давнешняя мечта» диэн резолюция уурбут этэ. Өксөкүлээх төрөөбүтэ 150 сылыгар диэри сүрүн үлэбит ситтэр диэн баҕа баар. Элбэх үлэтэ, ыстатыйата, докумуоннара тахса иликтэр. Научнай үлэлэрэ 1978 сыллаахтан бэчээттэнэ иликтэр. Урут бэйэтэ суруйбут тылын- өһүн уларытыы-тэлэритии бөҕө. Ону барытын мин улаханнык санньыйа көрөбүн. Ол иһин Ил Дархан быһаарыытынан биэстии сыл буола-буола Өксөкүлээххэ аналлаах улахан тэрээһиннэри тэрийии ыытыллар. Ол гынан баран, туһааннаах тэрилтэлэр, министиэристибэлэр бигэргэммит былааны толордулар диир кыаҕым суох. Бары көрө-билэ сылдьаҕыт, Өксөкүлээх Өлөксөй үбүлүөйэ диэн тыас-уус суоҕун. Мин онно төһөлөөх хомойорум буолуой? Миэхэ эрдэ урукку бэрэсидьиэммин Михаил Ефимович Николаев: «Эн ити төрүт сыыһа ылынаҕын. Төттөрүтүн кинилэр бэйэлэрэ оҥорон баран, эйигиттэн «сөп дуу, сыыһа дуу?» диэн ыйытыахтаах этилэр»,- диэбитэ. Оттон мин да кинилэри кэтэһэ сатаан баран, үөһүм туолан, ыксаан, тулуйбакка ылыннаҕым дии. Аҕам Реас Алексеевич: «Эн үлэлэһиэҥ этэ», — диэн этээхтээбитэ уонна Өксөкүлээх тахса илик докумуоннарын, хоһооннорун мин булан биэрбэтэхпинэ ким да дьарыктаныа суох дии санаабытым. Дьиҥэ литератор да, суруйааччы да буолбатахпын. Эһэм туһугар кыһалҕаттан эрэ дьарыктанабын, эбээһинэспин толоробун.

  • Чахчы даҕаны үлэ, түбүк 605050 түһэ сылдьар эбиккин.
  • Билигин саамай санааргыырым диэн, уруккуну билэр бастыҥ дьоммутун куоттаран эрэбит. Кинилэр суруйан хаалларбыт духуобунай нэһилиэстибэлэрин кытта ким да ылсан үлэлэһэ сатаабат буолла. Ол иһин мин Өксөкүлээххэ сыһыары тутан, саҥа энциклопедическай бырайыак толкуйдаатым. Чэ, холобур, хас биирдии нэһилиэк, улуус бастыҥ үөрэхтээхтэрин, чулуу дьонун туһунан суруйдун. Мин куруук архыыпка хасыһан, оннук дьон элбэҕин билэбин. Оо, Өксөкүлээх Өлөксөй табаарыһа Илья Никифорович Башарин — какой святой человек! 1921 сыллаахха төһөлөөх элбэх бастаанньыстарга да, кыһылларга да билиэн түбэһэн сытар дьону өлөр өлүүттэн быыһаабытай? Сатаан аахпат үрүҥ саллааттарыгар тиийэн: «Тойотторгут бу дьону ыыталааҥ», — диэн суруйбуттар диэн баран бэйэтэ суруйбут кумааҕытын көрдөрөр эбит. Эбэтэр нуучча харабылыгар сахалыы суруйбутун тылбаастаан биэрэр. Аны Савва Семенович Собакин бэйэтин дьиэтин биэрэ-биэрэ дьону үөрэхтии сатыыр. Мин биир ыскаабым алдьаннаҕына ньиэрбинэйдиибин. Кинилэр буоллаҕына бүтүн дьиэлэрин босхо туран биэрэллэр. Биирдэ Суорун Омоллоон миэхэ: «Хайдах баччааҥҥа диэри эһэҕэр музей аспакка сылдьаҕыный?» — диэн хомуруйа этэн турар. «Хантан дьиэ булан аһабын?» — диэбиппэр, бэрт кэбэҕэстик «бэйэҥ дьиэҕин биэр ээ» диэбитин наһаа өһүргэнэ истибитим. Ама да мин буолтум иһин, икки оҕолоох, кэргэннээх киһи дьиэбин биэрэн баран ханна олоробунуй? Дьэ, үгэргээн эттэҕэ дии санаабытым. Ити улуу киһибит этиитин билигин наһаа өйдүүбүн уонна өйүүбүн. Дьон хамсаан биэрбэтиттэн, оҥороро элбэҕиттэн, сүгэһэрэ ыараханыттан ыктарар буоллаҕа. Ол да буоллар кэргэним Александр Васильевич Лыглаев баарына, мин бэйэм хамнаһым барыта Өксөкүлээх кинигэлэрин атыылаһыыга, малларын-салларын булууга, айаҥҥа эҥин бара турара. Хата кэргэним учуонай киһи, кэм обургу хамнастаах буолан абыраабыта. Кини бэйэтэ олох утарса сатаабат этэ. Онон туһанан Өксөкүлээх докумуоннарын балай эмэ хомуйса сатаатым. Итинник үчүгэй дьоммут элбэхтэр. Холобур, Өксөкүлээх Өлөксөйү көмүскэһэн Андрей Ксенофонтович Сивцев, Георгий Прокопьевич Башарин уо.д.а. үлэлэриттэн уһуллубуттара. Кинилэр тустарынан биһиги ыччаттарбыт тоҕо билиэ суохтаахтарый? Ити курдук Манньыаттаах Уолун, Барашковы, Артамоновы да ылан кө- рүөҕүҥ. Үгүстэр кинилэр улаханнык байа-тайа сылдьыбыттарын эрэ туһунан сурах хоту истэллэрэ эрэ эбитэ буолуо. Оттон кинилэр дьиҥ кимнээхтэрин, тугу оҥорбуттарын, тоҕо атын суолу тобулбуттарын туһунан олох билбэттэр. Ол туһунан суруйбатахпытына барыта умнууга хаалыаҕа.

Нэһилиэккэ кэллэххинэ эйиэхэ үөрэ-көтө кинигэ бөҕөтө бэлэхтииллэр. Ол кинигэҕэ суруллубут дьон туһунан атын улууска тиийдэххинэ ким да билбэт. Холобур, эн Суолаҥ бастыҥ дьонун Бүлүү Чочута билбэт. Биир устуоруйалаах кыра омук эрээрибит дьэ итинник наһаа бүгэн олоробут. Ол иһин, мин толкуйдаан көрөн баран, Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах бырайыагынан барыларын холбуохха сөп эбит диэн санааҕа кэллим. Биһиги литературабытын төрүттээбит, дьонун-сэргэтин туһугар олоҕун толук уурбут классик суруйааччыбыт тула түмсүөхпүтүн, сомоҕолоһуохпутун наада. Өксөкүлээх курдук буолуохха. Кини эппит кэхтибэт кэрэ тыллара, идеялара, научнай үлэлэрэ муҥутуур чыпчаал буолан, биһигини үрдүк ситиһиилэргэ угуйар.

— Людмила Реасовна, дириҥ ис хоһоонноох аһаҕас кэпсээниҥ иһин махтанабын. Эн эһэҥ, Өксөкүлээх Өлөксөй, төрөөбүтэ 140 сылын туолбутунан эйигин истиҥник э5эрдэлиибин уонна айар үлэ5эр ситиһиини, тус олоххор дьолу 6а5арабын.

Кэпсэттэ Иван ОСИПОВ.

Тарҕат:

Подписаться

Салгыы аах

Сүбэлиибит

Субэлиибит

Прозалар